Читать книгу «Ийэм кэпсиир… (2 чааһа)» онлайн полностью📖 — Семена Маисова — MyBook.
image

Ньукуолаҕа киһи суола биллэр хаара түһэн баран сонно тута уулунна. Бурдук ыһыллан бүтээтин түһэ сырытта, онон саҥа ыһыллыбыт сиэмэҕэ туох да куһаҕана суох…

* * *

Быралгы Ньукулай дьээбэтинэн, дьиибэтинэн «баппатах» киһи этэ. Биир күн бааһынаттан эрдэ соҕус өтөҕөр кэллэ. Мин Баһыычааннааҕы кытары таска оонньуу сылдьыбытым. Арай, Ньукулай дьиэҕэ киирэн баран төттөрү таҕыста, сирэйэ-хараҕа турбут аҕай:

– Оҕолоор!.. Эбэҕит өлбүт!.. Хайдах көрбөккө сылдьаҕытый! – диэтэ.

Баһыычаан биһикки маҥнай утаа итэҕэйбэккэ таалан тура түстүбүт, онтон дьиэҕэ сүүрэн тиийэн, ааны сэгэтэн турар Быралгы хонноҕун аннынан көрбүппүт, арай, эбэбит эмээхсин оронугар сытар: айаҕын аппыт, быар куустубут, баттаҕа ыһыллыбыт уонна хамсаабат… Ити ыккардыгар Быралгы ситэ көрдөрбөккө биһигини үтүрүйтэлээн аанын саба оҕуста…

Мин Сыллыыр өтөҕөр дьоммор сүүрдүм, Баһыычаан ытаан марылыы-марылыы кэннибиттэн түһүннэ, ол иһэн туохтан эрэ иҥнэн, охтон «сарк» гыммыт тыаһын иһиттим… Киһи кыл түгэнэ кэм иһигэр элбэҕи да эргитэ саныыр, сүүрэн тыбыгырайан иһэн испэр, тоҕо эрэ, «эмиэ тулаайах хааллаҕым…» диэн санаа охсуллан ааста, сүрдээҕин ыксаатым…

Били Килээҥкий уола Ыачай Ыкынаачай дьиэтин муннугар тиийэн иһэн, Быралгы хаһыытыырын истэн, тохтоон, тыын быһаҕаһа тыынан аҕылаһа-аҕылаһа, кэннибитин хайыһан көрбүппүт: киһибит икки илиитинэн далбаатанан ыҥыртыыр эбит, бэйэтэ тиэргэн ортотугар турар:

– Кэлээҥ!.. Кэлиҥ!.. Эбэҕит тыыннаах эбээ-эт!.. – диэн ыһыытыыр.

– Ты-ты-ты-тыннаах диэтэ!.. Ты-ты-ты-тыннаах үһү!.. Эбээ тыыннаах диэтэ дии!.. – бу сырыыга, ыгылыйан кэлэҕэйэ эбии бэргээбит, ытаан сыҥыргыы сылдьар уолбун илиититтэн сиэппитинэн, аны төттөрү, муҥ көтүүнэн дьиэ диэки түһүннүм…

Тиийбиппит, Быралгы быарын тутта-тутта күл да күл…

Баһыычаанныын ааны эрчимнээхтик тэлэ баттаан дьиэҕэ көтөн түспүппүт: эбэбит оронун сыҥаһатыгар дьоройон, сэлии муоһа кырабыайкатынан, бэрт наҕыллык баттаҕын тараана олорор.

– Хайа тоҕойдорум, бу хантан бачча айылаах ыксаан, ыгылыйан кэллигит, ити Быралгы тугу хаһыытыыр?.. – диэтэ, биһиги сирэйбит-харахпыт турбутун көрөн, дьиктиргээн одууласта…

Бу турдахпытына Быралгы дьиэҕэ киирдэ, онто да суох кыараҕас харахтара букатын сүтэн хаала-хаала күл да күл.

– Ньукулай туохтан күлэр? – эбээ Быралгы уонна биһиги диэки көрүтэлиир.

– Ньу-ньу-ньукулай… куһаҕан… наһаа куһаҕан… – Баһыычаан сирэйэ-хараҕа улаханнык кэлэйбит көрүҥнэммит.

Мин хоргуппут, кэлэйбит киһи быһыытынан эмиэ Ньукулайы ахсарбатахтыы көрөн ылабын. Биһиги биирбит ытаан, атыммыт куттанан сирэй-харах да саппаҕырбыта сүрдээх буолуохтаах.

Быралгы күлэрин быыһыгар:

– Оҕолору дьээбэлээн… дьээбэлээтим… Дьэ сүүрэр да хаарахаттар эбит… – дии-дии, син биир күл да күл. Онтон уоскуйа түһэн баран биирдэ туохтан «иэрийбитин» кэпсээтэ.

Эмээхсин ону истэн баран:

– Хайдах буолаҕыный нохоо!.. Сүрүн да… оҕолоруҥ муҥнаахтары куттааҥҥын… Дьээбэҕинэн батыа суоххун дии, – эбээ тимир-тамыр курдук кытаанахтык саҥарбытыттан Быралгы, киһи эрэ буоллар, мулук-халык буола түстэ.

– Ээ… көннөрү, дьиибэрэн… – Ньукулай кэтэҕин тарбаммахтыыр.

– Көннөрү диэн… Аны нөйөн, итинник дьээбэлэммэт буол…

Быралгы мөҕүллүбүт киһи сиэринэн эмээхсин саҥарбытыттан куһаахарык дьүһүннэннэ, өрө тыынан баран, торукуо ыстаанын өрө тардына-тардына, суккун сонун алын бүүрүгэ тырыттыбыта илбиргэстэнэ-илбиргэстэнэ, остуолга кэлэн саҥата суох хончоҕорго чэй куттан истэ.

Баһыычаан биһикки, эбэбит икки өттүгэр ороҥҥо чуочаһан олорон, эмээхсин Быралгыны сэмэлиирин истэбит. Мин эбээ Маарыйаны, хайдах эрэ, сонуннук одуулаһабын. Сибилигин «өлөн баран тиллибит» эмээхсин ордук күндүтүйэн көстөр.

Баһыычаан кирдээх иэдэстэригэр харахтарын уута халыйан түспүтэ дьураа буолан ойууламмыт. Ону эбэм кэннинэн, уолбун чугаһата тардан, ытыһым кырыытынан сотон биэрдим. Билигин даҕаны өрө эҥсэн сыҥырҕаан, сыҥсыйбахтаан ылар…

Киэһэ Настааччыйалаах, үлэлэриттэн кэлэн баран, Быралгы бүгүҥҥү «дьээбэтин» истэн, эмиэ сэмэлээтилэр. Буруйдаах киһи тугу утарыа баарай, уоһун үмүрүҥнэтэн, мүчүҥнээн эрэ кэбиһэр…

Улахан Баһылай Мундулуҥдаҕа, Саамыга күөл ырбыытыгар туулаан быччыкыны, мундуну баһаам баһар. Ыалларбыт Намыынап Хабырыыл уонна Дьабадьы Хабырыыл эмиэ туулууллар, илим үтэллэр. Саас, «тураах быта» түһэрин саҕана, истэрэ-үөстэрэ биллэ хапчыйбыт ыттар ырбыы соботун бахсыгыраччы сиэннэр, букатын мөлбөһүйэн хааллылар. Онон «быгыы» балыгын ыттыын-кустуун, кууруссалыын дэлэгэйдик аһаан абыранныбыт. Көтөрдөр күн аайы сымыыттыыр буоллулар. Олорор күөлбүт Мундулуҥда эбэ барахсан собото ордук эмис. Сүөһү этин миинин испэтэхпит ыраатта, арай, Ньукуолаҕа оҕуспут төбөтүн сиэбиппит.

Саар Көстөкүүн таҥара күнүн диэки, тылбыйар кынаттаахтан ордук хойутааччылара, үөл кустан бастыҥнара, хайа да сааһыт долгуйа кэтэһэр көтөрө анды кэллэ. Биһиэхэ андылыыр киһибит суох. Баһылай сааламмат, оттон үөл кус бадараан көтөрүн курдук тиргэҕэ бэйдиэ иҥнибэт. Ыалбыт Хабырыыллаах бэрсэллэр. Эмис анды хоргунун халбыйан ылан чохоолго кутан баран, этин онно уймаан сиэтэххэ аһара минньигэс. Чууп (буор атах) диэн ааттыыр андылара улахан андыттан арыый кыра, кыната үрүҥэ суох буолар уонна атаҕа хап-хара. Улахан анды тумса кыһыл уонна араҕас өҥнөөх, ону кыргыттар кырааска оҥостон кумааҕыга уруһуйдууллар. Дьээбэлэнэн уостарын, иэдэстэрин бистэллэр. Мин Биэрэ иэдэһин анды тумсун кыһылынан биспитим, кыыһым, хайдах эрэ, дьикти баҕайы буолан көһүннэ. Эбээ ону көрөн:

– Оо, оҕом чээ баҕайы буолбут, – диэн сэҥээрдэ, күллэ.

Сылаас, луҥку күннэр үүнэннэр, дьиэ аана тэлэччи аһаҕас. Халҕаны анал быатыттан дьиэ эркинигэр чоройон турар тоһоҕоҕо баайан кэбиһэллэр. Баһыычааннаах «эр дьон» буоллахпыт буолан, ардыгар, Ыстапаанын кытары туспа бүгэн, бэйэлэрэ-бэйэлэригэр оонньууллар. Биһиги кыргыттар, дьиэттэн-дьиэҕэ бара-кэлэ, таска киирэ-тахса, сээкэйи бары гынан аралдьыйабыт. Ол сылдьан, арай, биирдэ көрбүппүт Биэрэ кыыс, кыргыттары үтүктэн, анды тумсунан сирэйин бүтүннүү: ордук чорботон иэдэстэрин, уостарын, дьабадьыларын үлтү ньаҕайдаан кэбиспит. Онтута доҕоор, били кэпсиир чөчүөккэлэрэ диэн баара дуо, атын дьабайыы. Кыргыттар күлүстүбүт аҕай. Бэл Баһыычаан, «кустуу бараары» мас саатын ыла киирэ сылдьан, Биэрэни көрөн саһыгыраччы күллэ.

Баһыычааҥҥа Улахан Баһылай мас саа оҥорон биэрэн турар, онтутун харыстаан, «сууйан-сотон» илдьэ сылдьар. Ол эрэн маҥнай утаа эрэ, аҕылыгар бэрийэ түһэн баран тохтообута, кэлин бултуур тэрилбит сонуна ааһан онно-манна мээнэ сытара үксээбитэ. Саа сороҕор итии чаанньыгы уоттан таһаарар көхөҕө, ардыгар атах тэбэнэр маска, аһара баран уот булкуйар үөттүрэххэ кытары кубулуйар. Онто хара хоруо буолан баран мултуллан турарын көрөн Быралгы:

– Хайа нохоо, Баһыычаан, сааҕын сотуоххун, уоһун иһэ ньоҕойдонон булдун табыа суоҕа, – диэн дьээбэлиир.

Быралгы, уола үлтү хаайбытыгар, кыараҕас харахтарынан кыҥыы-кыҥыы кыһан кыладыйан, Ыстапааҥҥа эмиэ мас саа оҥордо. Ыстапаан олус чөкө оҕо, саатын мэлдьи оронун баһыгар ууран кэбиһэр, мээнэ ханна түбэһиэх бырахпат, «бултанаары» гыннаҕына эрэ ылар.

Кыра уолаттарга ох сааны оҥорботтор, сэрэхэдийэллэр, аны ону-маны тобулу ытан, тэһэ сүүрдэн кэбиһиэхтэрэ, эбэтэр сүөһүнү, ыты эҥин аҥаабыллаан дэҥниэхтэрэ диэн. Арыый да улааталларын кэтэһэллэр.

Баһыычаан куул ботуоҥкатын толору «кустуур». Дьиэҕэ киирэн «булдун» эбэтигэр биэрэр. Улахан Баһылайы үтүктэн дьоһуннаах аҕайдык туттар. Эбэтэ оҕотун «булдун» состуок иннигэр сүөкүүр, онто: баһа суох манчыык элээмэтэ, эмэҕирбит ат адаҕата, хатырык-итирик эҥин буолар.

– Оо, оҕом барахсан баһаамы бултаабыт. Маны киэһэ, дьэ үчүгэйдик ыдьырыччы буһаран сиэхпит ээ… – диэн эмээхсин күө-дьаа буолар.

Быралгы ону көрө, истэ олорон:

– Ити дьон бултарын буһаран сиэтэхпитинэ бүгүҥҥүлээх эрэ буолар инибит, – дии-дии кыараҕас харахтарынан Баһыычааны кыбытан одуулаһар.

Баһыычаан куруук бултуйар буолбатах, санаата түспүт, кыыһырбыт кэмигэр кураанах ботуоҥкатын киллэрэн оһох кэннигэр эбэтэр муннукка кыыратар.

– Хайа нохоо, кус көппөтө дуо бүгүн?.. – Быралгы син биир уолу хаадьылыыр.

Биһиги киһибит маҥнайгы «байанайдаах» саата уһун үйэлэммэтэҕэ, тэлгэһэ таһыгар мээнэ бырахпытын хайа эрэ ынах ортотунан булгу үктээн баран эбиитин үрдүгэр холлон кэбиспит этэ. Ол эрэн, Улахан Баһылай сотору саҥа сааны оҥорон биэрбитэ. Саа силигин ситэрэн бэл ыстыыктааҕа, уруккутунааҕар таһы-быһа ордуга. Быралгы этэринии, уол ботуруона бүтэр түбэлтэтигэр, булдугар ыстыыгынан түһүөхтээх…

* * *

Күөл кэриитинэн, сэлэлии үүммүт бөдөҥ хатыҥнаах сиринэн сэмээр хаама сылдьан эбэбин кытары чэрии хомуйабыт. Сааскы сир уутун тото испит хатыҥ чараҥ сытыы чыпчырхай сыбыдах лабаатын үнүгэһэ, хайыы- сах, хайа баран күөх сэбирдэх сэмээр быган, сараччы баран бөдөҥөөн сиккиэр тыалга суугунуу тыаһыыр, биир кэм долгулдьуйа, күөгэлдьийэ хамсыыр. Саҥа тыллан, собо тылын саҕа улаатан эрэр күп-күөх сэлибирэс сэбирдэҕи туттахха сыстаҥнас…

Чэриини чэй гынан иһэбит, эбээ эмээхсин этэринэн, искэ-үөскэ эмтээх үһү. Онно-манна чэрии лоппоруттан харааран турарын көрдүбүт да, кыра, чохороон сүгэнэн логлу охсон ылабыт, сорох чэриини киһи быһаҕынан кыайан хоҥнорбот, таһа эрэ бытарыйан кэлэр, оннук кытаанах, чиҥ буолар. Олус үөһэ үүммүт чэриини ыттан ыла сатаабаппыт.

Айдаҥҥа ыал эрэ барыта чэрии, хатыҥ үөһэ хомуйар буоланнар, чугас эргин чараҥнары, күөл кэриилэрин тордоон бүтэрэллэр, онон ырааҕынан тайаан сырыттаххына биирдэ эрэ булумньуланаҕын. Оттон манна аабылаах хатыҥ тыа эрэ дэлэй, дьиэбит таһыттан соччо тэлэһийбэккэ хомуйабыт. Ардыгар эр дьон эмиэ сорук оҥостон тыаҕа тахсан чэрии тоноон киирэллэр.

Булумньубутун сыалыһар тириититтэн тигиллибит утакааммытыгар хаалыыбыт. Утакааны сүгээччи мин, эбэм чохороонун кыбыммытынан чэрии көрдөөн уҥа-хаҥас олоотоомохтуур. Маарыйа эмээхсин хаһан да тайах мастаммат, арай кутаҕа тыыраахы сымыыттыы киирэригэр эрэ ураҕастанара.

Бу сылдьан, ыраас эттээх хатыҥҥа түбэстэхпитинэ, сороҕор туос хастыыбыт, дьиҥинэн туос от ыйыгар ордук дөбөҥнүк хоҥнор. Хастаабыт туоспутун түүрэн түрдьэлээн баран, талах сутукатынан баайан өтөхпүтүгэр сүгэн аҕалабыт. Эбээ хатыҥ туоһунан ынах ыыр ыаҕайа, күөрчэхтииригэр мэчикээн, ыһык илдьэ сылдьарга тымтака, үүт кутар чабычах, уолаттара балыктыылларыгар туос тымтай тигэр. Аҥаардас сарт тымтай диэн эмиэ баар буолар. Үксүн Айдаҥ ыаллара үлэһэн тиктэрэллэр.

Саҥа логлоруйбут чэрии сииктээх, инчэҕэй буолар. Сибиэҕэ тарҕата ууран күн уотугар, салгыҥҥа оҕустаран хатарабыт. Чэриини хойуутук бардаран, сүөгэй үүттээн истэххэ минньигэс баҕайы, лааппы чэйинээҕэр да астыктык ыаһыра саһаран көстөр. Эмээхсин маҥхааһай чэйигэр чэриини кырбаан булкуйан кээһэрин элбэтэр. Атыыга «Дорообо» диэн муос чэй баар, кытаанаҕа сүр, тохтуо, ыһыллыа диэн харыстаан, таҥаска суулаан баран сүгэ ончоҕунан эмти охсон чиэппэрдииллэр. «Дорообо» чэй муос курдук сүрдээх чиҥ дьаптайыылаах. Ортотунан туора-маары куоһаахтаах, онтунан аҥаардаан түөрт гынан чиэппэрдииллэр, ол аата түөрт муос чэй дэнэр. Хас биирдии чиэппэр аайы дорооболоһон турар киһи илиитэ ойуулаах, ол иһин «Дорообо» чэй диэн ааттаммыт.

Биир түгэҥҥэ таска тахсыбыппыт Баһыычааннаах Ыстапаан, били, хатараары тэлгэппит сибиэлээх чэриибитинэн сэриилэһэ оонньоон, тамнаһан хата ырааппыттар, онно-манна быраҕан элээрдии. Биирдэһэ бырахтаҕына атына ону ыла-ыла хардары экчиргэлиир. Эбээ буойталаан тохтотто, чэрии аҥаарын кэриҥэ бүппүт, саамай бөдөҥүн, илиигэ тутулларын ылаллар эбит. Онтон-мантан хат хомуйан мустубут. Ыстапааннаах Баһыычаан чэрии көрдөөн тэлэкэччиһии, көр дьон. Бу да сырыыга эмээхсин кыра уолаттары мөхпөтө, көннөрү маннык гыныллыбат, бу туһалаах диэн наллаан сүбэлээтэ эрэ. Ол өрө көбүөхтүү-көбүөхтүү бардьыгыныырдааҕар оҕоҕо ордук тиийимтиэ. Дьиҥинэн уолаттар даҕаны алҕаһаан итинник быһыыламмыттар. Тыаттан тиит, хатыҥ кунааҕын (оҕолор «сылгы туйаҕа» диэн ааттыырбыт) турута сынньан хомуйан, куулга сүгэн аҕалан, ону сыал оҥостон экчиргэлиир, оонньуур үгэстээхпит, онон баҕар кыра ыамайдар бутуллуохтарын да сөп…

Эбээ Маарыйа – түөнньүт. Кыа хомуйан баран маҥнай хатарар, онтон ытыһыгар имэрийэн хатыытын, сэбирдэҕин тымырын илдьиритэн тоҕор, салгыы быһах ончоҕунан үлтү сынньан, ньыһыйан баран тыытар, оччоҕо кыа букатын түү курдук сымныыр. Кыатын туоска суулаан, өһүөҕэ кыбытан уура сылдьар. Онтутунан иҥиирдэрэ хоҥнубут, эттэрэ быстыбыт дьону түөннээн эмтиир. Биирдэ «Жданов» аатынан ыаллыы холкуостан Тэһэкэ диэн оҕонньор эт быстан, сабыста кырдьыбыт, хара уралдьылаах, үрүҥ туйахтардаах, үүт маҥан аты миинэн, аат ааттаан, түөннэтэ кэлэ сырытта. Сиһин ыарыыта бэрдиттэн бөкчөччү туттан хаамара. Атыттан айакалаан-дьойоколоон нэһиилэ түспүтэ. Оҕонньору эмээхсин сонно түөннээбитэ. Тэһэкэ ырбаахытын устан бөкчөйөн олордоҕуна көрбүтүм, били, Мискээйэптэр аҕалара Хахалдьыйа курдук сиһэ түөрэтэ түөн быһа сиэбит чэрэ эбит этэ. Баһыычаан ону көрөн:

– Биир эбит… икки эб-эбит… үс эбит… – диэн биэскэ диэри аахпыта, онтон ордук ахсааны билбэтэ, онон өрө тыынан баран тохтообута. Итини да Намыынаптар кыргыттара Маарпалаах үөрэтэннэр, ханнык эмэ син удумаҕалатара.

– Бээ тоом, мэһэйдээмэ… – диэн эбээ Баһыычааны туора туран көрөрүгэр эппитэ.

Маҥнай ханан ордук быһа тутан ыалдьарын ыйыппыта, тарбаҕын сүрэҕинэн сэмээр баттыалаан көрбүтэ, онтон кыатын ууран баран испиискэнэн уматан түөннээбитэ, кыа умайан бүтэн этигэр тиийбитигэр кыптыый буутун төгүрүгүнэн ыксары баттаабытыгар, түүрүччү сиэммит кыа тобоҕо пос гына ойон хаалбыта. Оннук ойдоҕуна – түөн табыллан ууруллубутун туоһута үһү. «Кыратык сыта түс» диэбитигэр, Тэһэкэ налыйан нуктаан ылбыта. Түөн уурбут сирэ хабыллыбыт этэ. Оҕонньор ыарыытын тыына тахсан, төннөрүгэр көнөтүк туттан дьиэлээбитэ. Кэлин «уот ааныттан эмээхсиҥҥэ түөннэппэккэ» диэн дьоҥҥо махталын биллэрэн кэпсээччи. «Табыллан ууруллубут түөн бааһа уһуннук оһор, ол кэм устата симэһин сүүрэ сылдьар, сыыйа-баайа чэрдийэр, кыайан нэмин табан ууруллубатах түөн сонно оһон хаалар» диэн кэпсиирэ эмээхсин.

Эбээ саас миэхэ төбүрүөн тахсыбытын эмтээн турар. Уҥа илиим бэгэччэгэр үстээх алтан харчы саҕа төбүрүөн төгүрүйбүтэ. Эмээхсин хаппыт талаҕы быһан ылан уматан баран, сүгэ тимирин иэдэһигэр сүмэһинин сүүрдүбүтэ. Дьиктиргиэм иһин хаппыт талаҕы уот сиэтэҕинэ, үөл талахха дылы, сүмэһин кэлэрэ, онон төбүрүөнү бэйэтин таарыйбакка эрэ эргиччи биспитэ. Бэгэччэкпэр быдьыгыраабыт төбүрүөн сонно, аҕыйах хонугунан оһон хаалбыта. Кэлин Баһыычааҥҥа ити курдук баас иэдэһигэр тахсыбытын эмиэ бэрт судургутук эмтээбитэ.

Ыһыы үлэтэ бүтэн оҕолор арыый иллэҥсийдилэр. Хатыйыы күрүөҕэ чөкөһөн олорон күн арааһын бары сэһэргэһэбит, ол быыһыгар оонньуубут, кыра оҕолорбутун көрөн-истэн мэлдьи илдьэ сылдьабыт.