– Ол сэби-сэбиргэли ыатарара диэн кыра, Быралгыҥ дьахтары ыатарарын өттүнэн дьэ чахчы эр бэрдэ, – Дьабадьы Хабырыыл Ньукулайы хаадьылаан, күлэн үрүҥ тииһэ кэчигириир.
– Бээ эрэ, дьиэ таһынааҕы сонун хааллын, – Намыынап өттүгэстээн баран күөх оту быһа тардан ылан ыстыы сытар Кыра Баһылайга туһаайан: – Баһылай, хайдах-туох дойдуга сылдьан кэллиҥ, бэйэҕиттэн истиэҕи кэпсээ эрэ, – диир.
– Ээ, киһи кэпсиэҕэ туох кэлиэй…
– Үлэ боруона диэн ыарахан буолуохтаах.
– Бу айылаах балаһыанньа кытаанаҕар, туох үчүгэйэ кэлиэй. Арыый да чэгиэн киһи син сылдьыа этэ буо, испинэн аһааҕыран хаалан… Туох да аһын аанньа аһаппат, үргүлдьү аһарабын. Кыайан аһаабат киһи, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри тулуйан сылдьыбат.
– Дьэ ол тугу сиэтэллэр?.. – Улахан Баһылай токкоолоһор.
– Астара да туох аанньа буолуой, биир үксүн ону да сөбүлээбэккэ иһим моһуогурда ини. Мииннэрэ диэн – хаппыыста уута, килиэп оҕото, биирдэ эмит эпсээҥкэ хааһы дуома сиигин, ол-бу буолар-буолбат, туох да иҥэмтиэтэ суох уу-судураакы аһылык. Онтуларын да кыайан сиэбэппин, иһим төрүт сөбүлээбэт, бэйэм тугу биэрэллэринэн сиэхпин баҕарабын да кыаллыбат. Барытын харса суох бордурҕатан иһэр киһи син тулуктаһыа да этэ буо. Хата бэрт баҕайы майгылаах, миигиттэн балыс, саҥа кэлбит взвод хамандыыра нуучча уола баара олус хотторбуппун көрөн: «Санчааска баран көрдөр», – диэбитигэр, өс хоту онно тиийбиппин, быраас дьахтар көрөөт-истээт да сонно эмтэнэр сирдэригэр утаарбыта. Госпиталга балтараа ый сыппытым кэннэ бу дойдубар ыыттылар… Ыйааһыным аҥаарын кэриҥин сүтэрбит этим…
– Тоҕо сүрэй, доҕор… – Намыынап сөҕөр.
– Саха аһа диэн кырдьык, анараа дойду аһылыгар холоотоххо чыҥха атын буоллаҕа, – диир Дьабадьы.
– Искиттэн-үөскүттэн, эккиттэн-хааҥҥыттан тутулуктаах, сорохтор туох да буолбакка аһыыллар.
– Сэрэйдэххэ, үлэ да кытаанах үлэ ини? – наар Намыынап Хабырыыл үксүн ыйыталаһар.
– Биһиги холкуоспут үлэтэ да онтон итэҕэһэ суох. Манна дойдугар буолан син сээкэйи, бэйэҥ төрөөбүт аскын үссэнэргиттэн тулуйаҕын уонна биһиэнэ, ордук сайыҥҥы өттүгэр, били эппиккэ дылы: ууттан тахсыбытынан, тыаттан киирбитинэн ас буоллаҕа.
– Оннук, ити кырдьык… – Быралгы Баһылай этиитигэр сөбүлэһэ охсор.
– Сэрии сотору бүтүө дииллэр дии, – Улахан Баһылай дьонун эргиччи көрөр.
– Бүтүө, ол чуолкай, – Намыынап эрэллээхтик саҥарар, – хаһыат да сонунуттан, Балаҕаччыга бырабылыанньаҕа сырыттахха араадьыйа да кэпсиириттэн иһиттэххэ оннук.
– Уонна боломуочунайдар диэ…
– Ээ ол дьон диэн: үрүҥү да хара, хараны да үрүҥ диир эрэттэр ини.
– Кыһыл Аармыйа кэлин наар кимэн киирэн иһэр дииллэр ээ, – Быралгы кэпсэтиигэ кыттан көх-нэм буолар…
Эр дьон арааһы кэпсэтэн өссө да уһуннук олордулар.
Сарсыарда туран аһаан бүппүппүт кэннэ, убайдара Баһылай кэлбитин истэн, Айдаҥтан Өксөөн балтын Тыккыр Маарыйаны кытта атынан кэлэн көрсөн бардылар. Баһылайы кытары кэпсэтэ түһээт, үлэ дьоно төттөрү түһүннүлэр.
Ыалдьан, уҥуохтаах-тириитэ эрэ хаалан дойдутугар эргиллибит киһини көрөн улаханнык саллыбыттара сирэйдэригэр-харахтарыгар көстөрө эрээри, ону таска таһааран биллэрбэтэхтэрэ. Сэрэйдэххэ бэйэлэрэ иккиэйэҕин төннөн иһэн кэпсэттэхтэрэ.
Өксөөн бу кэлэ сылдьан:
– Быркылаахха Болтуо Маарыйа эмискэ ыалдьан быстаахтаан хаалла, – диэн хобдох сонуннааҕа.
Уйбаныаба Маарыйа «Свердлов» холкуоһун биир баар-суох бастыҥ үлэһитэ этэ. Саас Быркылаах пиэрмэтигэр эрдэхпинэ көрөн да, кэпсэтэн-ипсэтэн да билсибит дьахтарым. Хотоҥҥо, саппай уопсан батыһа сылдьан, сэргэх сэбэрэлээх дьахтар аттыттан арахсымаары, бэйэм баҕабынан сээкэйи көмөлөһөрүм. Биир үксүн майгыта да үчүгэйэ бэрдин иһин, кылгас кэм иһигэр ыкса бодоруспутум. Аламаҕай майгылаах киһи аттыттан дьон-сэргэ арахсыбат үгэстээх. Дэлэҕэ да «үтүө майгылааҕы – үрүҥ айыылар арыаллыылар» диэхтэрэ дуо. Кыайыылаах-хотуулаах, ханнык да хара үлэни букатын киһилээбэт сүрдээх үлэһит дьахтар этэ. Ол бэйэтэ эмискэ, соһуччу өлбүтэ биһигини барыбытын соһуппута, дьиксиннэрбитэ…
Бэҕэһээ, күн оройун саҕана, Айдаҥ ыскылаатын сэбиэдиссэйэ Сэксэкэ Сэмэн атынан кэлэн, Балаҕаччыттан быраас аҕала, ыксаан ахан, Мундулуҥдаҕа тохтообокко да үргүлдьү түспүтэ. Быркылаахха Маарыйа улаханнык ыалдьыбытын туһунан кэпсээннээҕэ. Сотору икки атынан төттөрү тибилиннэрэн ааспыттара эрээри, быраас кэлиэр тиийбэккэ, Маарыйа эрэйдээх «быстыбыт» этэ. Күн бэҕэһээҥҥэ диэри үлэ-хамнас үөһүгэр оройунан түһэн, үлэлээн тилигирии сылдьыбыт эдэр дьахтар эмискэ өлүүтэ дьону долгуппута. Маарыйа кэргэнэ Тиит Уйбаныап сэриигэ сылдьара, барбыта икки сыл буолан эрэрэ… Сэттэлээх уонна тоҕустаах кыргыттара ийэлэрин балтыларыгар уонна эбэлээх эһэлэригэр хаалбыттара. Нуута, Аана, Маанньа диэн балтылардааҕа. Болчох Сэмэн диэн сурдьа – оскуолаҕа үөрэнэр обургу уол. Убайа Өндүрэй – били, сэриигэ ыҥырыллан, бэбиэскэ тутан баран иһэн күрээбит икки киһиттэн биирдэстэрэ. Мэлдьи убайын Өндүрэйи мөҕүттэрэ: «Төһөөҥҥө диэри күрээн хара тыаны дугуйданаары, сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньаммытыгар дылы, таах хаайыыга сытыйаары, дьон сылдьар сиригэр барыа этэ буо…» – диэхтиирэ. Сэрии кэмигэр сокуон кытаанаҕа, итинник күрээбит дьону «тыыннаах өлүктэр» дииллэрэ. Тутулуннулар да дьылҕалара судургутук быһаарыллара. Ол эрэн Маарыйаны ким да күрүөйэх, диһэртиир убайдааххын диэн сирэй-харах анньыбата. Үлэһитинэн да, майгытынан да – холкуоһугар улаханнык ытыктанар дьахтара.
Уйбаныаптар Быркылаахтан сайылыктарыгар Томтор Суукка көһөөрү сылдьыбыттар этэ. Быйыл арыый да тардыллан, тоҕо эрэ, хойутаабыттара. Кыстыктарыттан Томтор Суут дьиҥинэн субу турар сир. Хас да ыал буолан дьукаахтаһан сайылыыллара.
Кэлин биирдэ истэбит. Маарыйа күнүс ыалдьан баран:
– Сайылыкпар баран кэлиэхпин баҕарабын, – диэн тылланан, соруктаах аҕайдык, аҕата Болтуо оҕонньорго этэн, сыарҕалаах оҕуска тиэллэн, өтөҕүн көрөн кэлбит. Маарыйа үлэҕэ үтүрүйтэрэн, сайылыгар барбакка сылдьыбыта үһү, кыһын иччитэх турбут өтөх балаҕанын дьукаах ыаллара бэйэлэрэ сууйан-сотон, көһөллөрө эрэ хаалан турара. Оҕотун тылыттан хаһан да тахсыбатах, судургу, улгум майгылаах оҕонньор муҥнаах, ытамньыйа-ытамньыйа, чугас сир буолан, кыыһын оҕус сыарҕатыгар таҥаска сөрөөн, өйөөн олордон илдьибит. Ол курдук Маарыйа эмискэ күүскэ ыалдьан, хаамар да кыаҕа суох буолан хаалбыт. Куһаҕан буолуон сүрэҕинэн сэрэйдэҕэ, сайылыгын көрүөн баҕарара оччото бэрдиттэн оннук көрдөстөҕө. Киһи ис санаата уустугун туох силигин ситэри сыныйан билиэ баарай…
Ийэтэ:
– Үтүөрүөҥ, бу хайдах буоллуҥ. Аматыйдаххына сарсын-өйүүн көһүөхпүт дии, ол ыккардыгар, кэбис, туох быһыытай… – диэбитин кыыһа истибэтэх.
Дьиэтигэр кэлэн баран Маарыйа уһаабатах…
Оҕонньордоох эмээхсин кыыстарын Томтор Суукка харайаахтаабыттара. Биһиги дьоммут Мундулуҥдаттан баран Маарыйа эрэйдээҕи дьаһайсыбыттара. Баара-суоҕа түөрт уонуттан эрэ тахсыбыт, майгыта үтүөтүнэн, хайа да үлэҕэ кыайыытынан-хотуутунан, дьон-сэргэ ытыктабылын ылыан ылбыт эдэркээн дьахтар олоҕу ситэ олорбокко соһуччу өлбүтүгэр дойдутун дьоно улаханнык аһыйбыттара. Кистээбиттэрэ аҕыйах хоммутун кэннэ кэргэнэ Тииттэн «хара сурук» кэлбитэ…
Мин Томтор Суукка сорукка бара сылдьан Маарыйа көмүллүбүт буорун көрөн турабын, сайылыктарын балаҕанын аанын аһан таҕыстыҥ да уун утары, халдьаайы саалыгар, оол курдук томтойоро. Тустаах дьоҥҥо, ийэтигэр, аҕатыгар, оо төһөлөөх эрэ ыар көстүү буолла…
«Сайыҥҥы от үлэтин биир күнэ – бүтүн дьылы быһаарар» дэммит от үлэтин былдьаһыктаах күннэрэ. Быйылгы сай урукку, ааспыт сайыннарга холоотоххо лаппа куйааһынан уратыланна. Сырылатан түһэн куйаас да куйаас… Бүтэй куйаас… Күнүс итиитэ бэрдиттэн, бэл, үөн-көйүүр, бырдах кытары кыната кууран суҕарыыр.
Кыраһалаах Маанчык хордоҕойго кутуйахтаан сии-сии, итииргээн, бугул күлүгэр кэлэн, тылларын былас таһааран аҕылаһа сыталлар. Хата, төһө да кураан сайын сатыылаатар, аһыыка соччо үөскээбэккэ абыраата.
Хойуу тыа ситэ сатаан баран мэктиэтигэр хараара көҕөрбүт, итиитэ бэрдиттэн нуоҕайа хоҥкуйбут…
Борокуоппайап таҥара күнэ ааһан, кус оҕото күөлгэ биир кэм хара тордох курдук устар. Ыттар айахтарыгар баһаам сииллэр быһыылаах. Кыраһа күн аайы кус ытыран тахсан отууга аҕалан быраҕар. Онто сороҕо сиикэй кынаттаах кус оҕото, ардыгар мискэччи уойбут сара да буолар. Маанчык Кыраһа курдук кус таскайдаабат. Кыраһабыт аҕалбыт «кэһиитин» күнүс үөлэн, сыа-сым курдук тутан сиэн кэбиһэбит. Күн уотуттан хаххаланан, кэлтэгэй от отуу оҥостубуппутугар олорон чэйдиибит…
Быйыл сайын окко дьоммун кытары тэҥҥэ сырыттым. Күүлэлээх эбэҕэ оттуубут, кырдьаҕастар этэллэринэн «син үүммүт», үөһүттэн тыатыгар диэри оҕустарар. Тыатын отун хотуур кыайан хоппокко соһон кэбиһэн хат-хат дайбатан эрэйдиир. Дьэ ол оннугар үөһүгэр киирдэххэ киһи кудуччу охсор. От араас: бэттиэмэ, чоокура, кулун кутуруга, халба дабыдала, аны үөһүгэр кута сиэлэ. Күөхтүү ылылыннаҕына, били эппиккэ дылы, сүөһү хараҕар диэри уобар ото. Мин хотуурум – лааппы аайы баар аҕыстаах хотуур. Настааччыйа киэнэ эмиэ миэнин курдук. Хотуурдарбытын Баһылайдаах бэйэбитигэр сөп гына уктаан, дуускалаан оҥорон-тутан биэртэрэ. Нэмин табан бэркэ таптайаллар, сытыы баҕайы буолар. Ону хата бэйэбит сатаан кылаан таһаарбакка мөлтөтөбүт. Баһылайдаах үөрэтэннэр, такайаннар кэлин син табан сытыыланабын.
Маҥнай окко киирэн баран Настааччыйалыын эппитин үөрэтэн кыра-кыралаан охсубуппут. Сарсыҥҥы күнүгэр балык этим лаппа көһүйэн хас далайыым аайы сиһим нүөлүйэн ыалдьара, онтон имиллэн сотору сымнаан хаалбыта.
Быралгы окко киирбит бастакы күнүгэр наһаа түһүөлээн, олус туттан кэбиһэн, ходуһаттан эт быстан нэһиилэ өөкөйөн тахсыбыта. Хата ону эбэм түөннээн түргэнник үтүөрдүбүтэ.
Кыра Баһылай дойдутугар кэлэн, ахтылҕаннаах үрүҥ аһын аһаан, сэмээр бэттэх кэллэр-кэлэн, бэл ыалдьар иһэ-үөһэ аматыйбыта…
Күн аайы бары бииргэ көхтөөх баҕайытык үлэлиибит. Маҥнайгы буһуу-хатыы күннэр аастылар да, кэлин ис-искиттэн үлүһүйэн наар үлэлии-хамсыы эрэ сылдьыаххын баҕарар буолаҕын, «бүгүҥҥүтээҕэр сарсын өссө ордук элбэҕи үлэлээбит киһи» дии саныыгын. Күнтэн-күн аайы ходуһа барахсан бэйэтэ да ото хомуллан, ырааһыран, тупсан иһэр. Бугул бөҕөтө бачыгыраан көрөргө үчүгэйэ дьикти.
Быралгы кэргэнэ Маарыйа эбэбитин кытары дьиэҕэ хаалар. Эмээхсин быйыл өтөҕүн бэйэтэ соҕотоҕун оттоото, кыраны да көмөлөһөн эпсэриттэн сүрдээҕин астынар.
Ходуһаҕа сарсыарда ааттаах эрдэ туран киирэбит. Олорор өтөхпүтүттэн Күүлэлээх күөлүгэр оттуур ходуһабыт үс биэрэстэ кэриҥэ. Бары аргыстаһан сылдьабыт. Ардыгар эр дьон хаалан, «сөрүүҥҥэ хоннох ордук аһыллар» диэн, хойукка диэри охсоллор. Улахан Баһылай сарсыарда ким хайа иннинэ туран күөлүгэр киирэн илимнэрин тардан тахсар. Үс хас илими үтэр. Ардьатын балыга илим киэнинээҕэр кыра, ол эрэн онно да ардыгар лэһигирэс собо эмиэ киирэр. Баһылай илимиттэн ылбыт балыгын айахпытыгар сиирбитин холоон, хатырыктаан, үөстээн баран тымтайга сүгэн барабыт. Ходуһаҕа үөнэ-көйүүрэ бэрт буолан отууга хатырыктаабаппыт уонна Баһылайдаах Күүлэлээххэ тыылара суох, илимнэммэттэр. Күнүскү омурҕаҥҥа собобутун Настаа эбэтэр мин буһарабын. Дьоммутун балык бустаҕына биирдэ ыҥырабыт. Күтүр баҕайы алтан күөскэ сэмээр кыынньыбыт эмис собо, саһара хоргуннанан, миинэ-ото минньигэһэ олус. Күөс оргуйан «тэптэр» эрэ арыый кытыыга сыҕарытан наллаан кыынньарабыт, субу-субу хатыҥ хамыйаҕынан сэрэнэн түөрэ эргитэн булкуйабыт. Чэйбитин тимир солуурдарга оргутунабыт. Лааппы чэйэ кэмчи буолан үксүн чэриини кээһэн иһэбит. Үүппүтүн бытыылга илдьэ киирэн, сөрүүн умуһахха уга сылдьан үүттэнэбит. Хойуутук барбыт ыыс араҕас чэриини үрүҥнээн истэххэ кимнээҕэр бэрт. Нэчимиэн бурдугуттан буспут лэппиэскэбитин харыстаан киэһээ омурҕаҥҥа биирдэ эрэ сиибит. Күнүс эмис собону үссэнэн онон сөп буолабыт. Кыраһа тутан аҕалбыт куһун үчэһэҕэ үөлэн буһарабыт, ону кыра, улахан диэн сирэ-тала барбакка бары уос-тиис үллэстэбит. Аһа сиэммит үчэһэ дулҕа үөһэ анал миэстэтигэр анньыллан баран, Кыраһа сарсыҥҥы булдун кэтэһэн чоройон турар.
Балык буһан сөп буоллар эрэ дьоммун ыҥыртыыбын, күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ налыччы аһыыбыт. Собобутун киһи ахсаанынан сөп соҕус күөх оту үргээн, иннибитигэр уурунан, онно хоторобут. Миинин чөҥөйгө, тимир куруускаҕа куттан иһэбит. Күүстээх үлэҕэ сылдьар дьон омурҕан ыккардыгар лаппа аччыктыыбыт. Сыа-сым курдук тутан сиэбит собобут уҥуоҕун икки ыппытыгар үллэрэн биэрэбит.
Мин Маанчыктаах Кыраһаны эр-биир сүүстэриттэн имэрийэбин:
– Тоҕо Кыраһа курдук кус аҕалбаккыный? – Маанчыкпын мөхпүтэ буолабын. – Кыраһа күн аайы кус кэһиилэнэр, эн эмиэ инньэ гыныаххын, – диэн сүбэлиибин. Маанчык ол аайы кыһаллыбат, өйдөөх баҕайытык унаарыччы көрөн кэбиһэр. Ыттар куйааһа бэрдиттэн үөт күлүгэр тиийэн сытынан баран, кыһыл тылларын эйэҥэлэтэн аҕылаһан бараллар.
– Дьэ сырылатан түһэн куйаас дии, – Быралгы чөҥөйдөөх балыгын миинин сыпсырыйан иһэ-иһэ хаҥас илиитинэн, киртийэн өҥө көстүбэт буолбут сиидэс былаатынан, сүүһүн көлөһүнүн соттор.
– Мантан ордук туох үтүө күнэ кэлиэй, – Улахан Баһылай куйааһы хайҕыыр.
– Оннук бөҕө буо, – Дьабадьы сөбүлэһэр. – От күөхтүү хомуллара саныахха да үчүгэй. Кыһын күпкүөх оту атырдьаҕынан сыымайдыыр да астык… – күлүмэн ытыһын көхсүгэр түспүтүн тэс гына охсор.
Куйаас күн үүнэн кумаара соччо суох, хата ол оннугар күлүмэн биир кэм эймэҥнэс. Кыраһалаах Маанчык күүгэһи бултаһан субу-субу айахтара лабыргыыр. Ону көрөн Быралгы:
– Бу хапсаҕайдарын, хабыалаан түһэн таба туталларын, – диэн сөҕөр.
– Ходуһаҕа чэлгиэн сиргэ хата кыра сиккиэр тыаллаах буолан онон абыраата, охсорго үчүгэйэ бөҕөтө, – Дьабадьы хатыҥ уктаах хара кыл дэйбииринэн саннын охсунан ылар.
– Миин орто… ким да миин эптибэт дуо? – Настааччыйа дьонун кэриччи көрөр.
– Һуох…
– Сөп буоллум.
– Иккис омурҕаҥҥа барыбытыгар да наада буолар ини, – Кыра Баһылай күөлүн диэки чарапчыланан тугу эрэ одуулаһар.
– Онно баҕас былдьаһык буолара чуолкай, – Быралгы күлэн маҥан тииһэ килэйэр.
– Оччоҕо уҥучахха ууран кэбиһиэм, – Настааччыйа күөстээх миинин кыра иһиккэ кутан уҥучаҕар тиийэн отунан сабан эҥиннээн түбүгүрэр. Эбиитин хатырыгынан хаттыгастаан баран эмиэ отунан бүрүйэр.
Ыттар уҥучаҕы хаһыспаттар, аһаҕас да хаалбыт аһы Кыраһалаах отой тыыппаттар, иччилэрэ үөрэппиттэрэ, такайбыттара оннук.
Быралгы оллоонун маһын үөккэ туруору өйөннөрөн кэбиһэр. Оллоон ачааҕыттан ылыллан туруору ууруллубатаҕына айан абааһыта ааһан иһэн: «Дьонуҥ ханна бартарай?» – диэтэҕинэ: «Ол диэки бартара» – диэн ыйан биэрэрэ үһү, былыр инньэ диэн итэҕэл баара. Онон ааһар абааһыга сиэтимээри оллооммутун мэлдьи туруору тутан баран барабыт.
Ардыгар дьоммут омурҕан кэмигэр хотуурдарын таптайан кылаанын көннөрөн биэрэллэр. Улахан Баһылай хатыҥ чэкилиэргэ саайбыт кыстыга отуу харабынайын курдук дьоройон турар. Хатан тимирдээх анал өтүйэтэ кыстык анныгар күөх окко сытар. Ордук Хабырыыллаах Быралгы хас омурҕан аайы таптаналлар. Оттон Баһылайдаах сытыы хотуурдаах буоланнар соччо эллэнэ сатаабаттар, биир үксүн буускаптарын да тимирин харыстыыллар. Иккиэннэрин да киэнэ элэйэн өнчөхтөрүгэр чугаһаабыттар. Ол да үрдүнэн хотоллоро сүрдээх. «Буускап» хотуур өнчөҕөр, үс сиринэн, туора сотуу кириэс курдук бэлиэлээх буолар.
Улахан Баһылайтан уратылар бары, чэйдээн бүтэн баран табахтаан бусхаталлар.
– Сара баһаам охтубут эбит дии, урут бу эбэҕэ маннык саарбытын өйдөөбөппүн, – Кыра Баһылай үөскэ хараарсар кустары олойо-олойо одуулаһар.
О проекте
О подписке