Кый ыраах соҕуруу дойдуттан улуу байҕалы уҥуордаан аҕалан ыыппыт кыыллара үйэтэ кылгаһын истэн баран бары да кэлэйбиппит. Баара-суоҕа үс-түөрт сыл эрэ олорор харамай үһү. «Па-па, оннук кылгас олохтоох сордоох хаһан биһиги аҕыс ыйдаах чэҥ муус кыаһаан дойдубутугар үөскүөҕүн, тэнийиэҕин…» – диэн Быралгы саба-сапсыйан кэбиспитэ. Боломуочунай: «Андаатарыҥ сай устата иккитэ төрүүр, уон биэскэ тиийэ оҕолонор, иккис төрүөҕэ ийэлэрин кытары кыстыыллар… Аны онтубут, ыкка дылы, оҕолоро харахтаныахтарыгар, борбуйдарын көтөҕүөхтэригэр диэри эмиийин үүтүнэн аһатар харамай…» – эҥин диэн, бэйэтэ көрөн чинчийэ сыппыт киһи курдук, үгүһү-элбэҕи кэпсээбитэ.
Соһуччу хассабыык кыыс аны Ылдьааҕа бэбиэскэ аҕалла. Биһиги киһибит этэ-сиинэ чөл, чэгиэн, онон сыыллыбата чуолкай, сэриигэ ыыталларыгар саарбах суох. Бэбиэскэҕэ өйүүн сарсыарда тоҕус чааска, Бүлүү байыаннай хамыссарыйаатын дьиэтигэр булгуччу баар буолуохтааҕа ыйыллыбыт, инньэ гынан Ылдьаа Айдаҥҥа баар балтын ааҕы көрсүбэккэ, бэл сонуокка сир тиэрэ сылдьар убайын Улахан Баһылайы да кытары быраһаайдаспакка, сонно тута хомунаат, манааҕатын быатын бобо тардан санныгар сүгээт: «Ыйбыт кэмнэригэр тиийэбин дуу, суох дуу», – дии-дии Балаҕаччылаата. Илдьит, ыҥырык эмискэччитэ бэрдиттэн, биһиги Ылдьаабытын ханна эрэ чугас үлэҕэ барар киһилии судургутук атаардыбыт, тыаһы иһиллээбит курдук туран хаалбыт дьонум итэҕэйбэккэ, «бу кырдьык дуо» диэбиттии, бэл сирэй-сирэйдэрин көрсөллөр. Ыалбыт Өлөксүөйэп Хабырыыл кэргэнэ Сөдүөрэ: «Баҕар тугунан эрэ дьиэктээн сыыйыахтара…» – диэн си буолуохтааҕар уоскутар.
Дэҥ, оһол киһи күүһүттэн-уоҕуттан, кыаҕыттан, үлэҕэ үөрүйэҕиттэн тутулуга суох, хаһан баҕарар тахсыан сөп. Быралгылаах көһөн күккүрээн кэлбиттэрин соторута, сарсыарда саҥа туран эрдэхпинэ, эбэм дьиэтин аанын нэһиилэ аһан, хаҥас ытыһынан агдатын аннын туттан, нэһиилэ тыын быһаҕаһа тыынан киирдэ.
– Айак-кыы… уу-уу… – диэмэхтиир.
– Хайа эбээ, хайдах буоллуҥ?
– Ынахпын ыан бүтэн баран тарбыйаҕы далга таһаараары гыммытым… Муоһа Суох оҕото түҥнэри көтөн, чоҥочоххо баран түһэн ойоҕоспун тоһуттум быһыылаах, бэрт куһаҕаннык тыаһаата, хоймостон хаалбыт…
Дьонум бары һуу-һаа буола түстүлэр. Настаа Огдооччуйалыын эмиэ долгуйа быһыытыйдылар.
– Төһө улаханнык ыалдьарый, оо дьэ… ыа дьэ… – диэмэхтииллэр. Өйөөн оронугар олороругар көмөлөстүлэр. Ырбаахытын арыйан эчэппит сирин көрдүлэр. Хайыы сах күөх баламах буолбут. Ойоҕосторо тостон искэ хоймостон киирбиттэрэ көрүөххэ сүөргүтэ сүрдээх.
Кыралар бары утуйа сыталлар, оҕолор уулара кытаанаҕа, биһиги киирэр-тахсар сүпсүлгэммитигэр отой да кыһаллыбаттар. Дьукаахпыт дьахтар, эргэ хотоҥҥо сылдьыбыт буолан, эбээ охторун көрбөтөх, эмээхсин оһоллонон баран ыҥыра да сатаабатах.
– Балаҕаччыттан биэлсэр аҕалыахха, дьаабы эбит, – Баһылай чыпчырынан ылар.
– Оннук… – Быралгы субу барыах курдук туттар.
– Мин, мин барыам… – эдьиийим Өксөөн сорудаҕынан ардыгар Балаҕаччыга сибидиэнньэ илдьэ баран кэлэрим, онон сылдьа үөрүйэх буолан быһа түһэн тыллана оҕустум.
– Чэ оччоҕо оҕо киһи эн да бар ээ, «оҕо атаҕа – ыт атаҕа» буоллаҕа, – Быралгы харахтарын кыаратан дьонум диэки көрөн ылар.
– Кытаат тоом… – Огдооччуйа эмиэ сөбүлэһэ оҕуста.
Мин иһиттим-истибэтим диэбиттии, ырбаахым таһынан халтаҥ соммун кэтээт, былааппын харбаан ылаат, илдьити тиэрдэ, быраас аҕала диэн ааттаан, сүүрэн тэбинэн хааллым. Мундулуҥдаттан «Калинин» аатынан холкуос соччо ырааҕа суох, сэттэ биэрэстэ. Саас буолан, онон-манан, оҥолох-чоҥолох халаан уута хоммута килэһэллэр, ынах этэрбэспин илитимээри устан санныбар сүгэн кэбиһэбин, киэҥ сиринэн тайаабыт, килээй уулаах сири аастахпына эмиэ анньынабын. Сыккыраан сүүрдэр от үрэхтэр салааларын, охтумаары хахыйахтартан тутуһан, дулҕаттан-дулҕаҕа ыстана-ыстана туоруубун…
Сирбин өр-өтөр гымматым, тэппит атахпын кубулуппакка тибигирэтэн Балаҕаччыга тиийэ оҕустум. Биэлсэр кыыс Валентина Чиэрэсэбэ балыыһа дьиэҕэ туспа хоско олороро. Саха бырааһа эдэр уол баара да хайа ыалга дьукаахтаспытын билбэтим, ол иһин быһа балыыһаҕа тиийдим. Киирбитим биэлсэр ыарыһахтарын көрө олорор. Нуучча кыыһа кэлбитэ баара-суоҕа икки сыл курдук буолбут эрээри, сахалыы хайыы сахха наадатын кэпсэтэрэ, киһини өйдүүрэ. Оттон сорох киһиргэс, дэрдэм майгылаах саха дьоно аармыйаттан, эбэтэр ханна эмит ыраах сирдэринэн тэлэһийэн, баара-суоҕа үс-түөрт сыл эрэ сүтэ түһэн баран дойдуларыгар кэллэхтэринэ, төрөөбүт тылларын төрүт «умнан» кэбиһэн «сору көрөллөрө». Кыргыдайга Кыҥнары Дьөгүөссэ диэн ааттаах киһи баара, соҕуруу куоракка бэтэринээр үөрэҕин бүтэрэн баран, сахатын тылын «умнан» кэбиһэн, Феодосия Кирилловна диэн учуутал кыыһы кытары куораттан дойдутугар тахсан иһэн, көлөлөрө атара сэлиинэн түспүтүгэр: «…Феодосия!.. Феодосия!.. Как это… Ну как это по нашенскому?… Ат бурдуур даа?!. Ат бурдуур даа?!.» – диэн ыйытан хойукка диэри күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр баран турар. Кыҥнары Дьөгүөссэ аҕыйах хонукка «тоҥон» баран, биир күн эмискэ «ирбит» сураҕа иһиллибитэ…
Мин дорооболостум, биэлсэр кыыска кэлбит сорукпун эттим. Илдьиппин истэн баран:
– Билигэн кэлээм… си-би-ли-гин… – диэн истэргэ олуона баҕайытык саҥараат, нөҥүө хоско сүүрэн хаалла. Бэйэтигэр сөрү-сөп эттээх-сииннээх, орто уҥуохтаах, бэрт сэргэх кыыс. Ону-маны олоотоомохтоон көрө-истэ турдахпына, үрүҥ халааттаах саха бырааһын батыһыннаран кэллэ. Мин туох илдьиккэ кэлбиппин быраас уол хат токкоолоһон ыйытта. Онтон хоһугар төттөрү киирэн, кыратык тугу эрэ суугуната-сааҕыната түһэн баран, суумка тутуурдаах тахсан:
– Бардыбыт, – диэтэ.
Бырааһым дьыралдьыйбыт уһун атахтарынан киэҥ-киэҥник хардыылаан хаамар, ол иһэн эбэм төһөҕө оһолломмутун, хайдах туруктаах хаалбытын ыйыталаһар. Кэлбитим курдук сүүрүө эбиппин да, бырааспын кытары аргыстаһаары, саппай уопсан кэнниттэн батыһан иһэбин. Бу сырыыга этэрбэстэрбин устубатым. Уулаах сирдэри ырааҕынан тумнан аастыбыт. Аргыһым бэйэбэр дылы ынах этэрбэстээх, илиитигэр туппут маҥан өҥнөөх суумката кыһыл кириэстээх, ол барыта миэхэ сонун көстүү.
Кэлбиппит эбэм оронугар сытар. Эр дьон уонна Огдооччуйа сонуоктарыгар барбыттар. Эмээхсини кытары Настаа уонна дьукаахпыт Маарыйа бааллар. Оҕолор таска оонньуу сылдьаллар. Киһи кэлбитин көрөн искэ киирээри гыммыттарын Быралгы кэргэнэ киллэрбэтэ.
Быраас халтаҥ сонун устан хортууһун кытары көхөҕө ыйаан кэбистэ, сонун иһинэн үөһэ эриммит үрүҥ халаатын түһэриннэ, тааска сылаас уу куттаран илиитин суунна, Настаа аҕалбыт ыраас сотторугар сотунна. Кыһыл кириэстээх суумкатын арыйан, туруйа сототун икки баһын хаптаччы сынньан баран тиэрэн кэбиспиккэ дылы, «иһиллиирин» таһааран, кулгааҕын даҕайан, эмээхсини эргитэ сылдьан, ытыһын сыһыаран илиитин көхсүн тоҥсуйа-тоҥсуйа, кичэйэн көрдө-иһиттэ.
Быраас эбэбин «чинчийэрин» сыныйа одуулаһан турдахпына Настааччыйа тарбаҕын төбөтүнэн санныбын таарыйан имнэммитигэр эргиллибиппэр:
– Аһаа, аһыы иликкин дии, аскын бэлэмнээтим… – диэн сэмээр саҥарда. Баарыын сарсыарда тураат да, остуолга олорбокко сорукка сүүрбүт киһи кырдьыга да аччыктаабыппын. Маарыйалаах кус буһарбыттар. Эмис кус бөтүөнүн мотуйа-мотуйа, быраас туттарын-хаптарын көрөн харахтарым онно. Настааччыйа эмээхсин атаҕар олорон эмиэ бэркэ сэҥээрэн көрөр-истэр.
Балаҕаччы бырааһа эбээ бэгэччэгин тарбаҕын төбөтүнэн баттаан сүрэҕин тэбиитин ааҕар быһыылаах. Онтон икки ытыһын дыргыл сыттаах испииринэн соттон баран эмээхсин ойоҕоһун сэмээр имэрийдэ-томоруйда. Маарыйа хаста да саҥа таһааран айакалаан ылла…
– Сүрэҕэ үчүгэй эбит, уҥа икки ойоҕоһо тостубут, онто искэ бэттибит, ол иһин олус ыалдьар, – уол суумкатын хасыһан, эмин-томун аттаран, суол-суол араартаан туох эрэ суулаахтары хаалларда. – Ыарыыта мүлүрүйэригэр… Сотору үчүгэй буолуоҕуҥ… – диэн быһыта баттыалаабыкка дылы быһаарда, ыйыы-кэрдии биэрдэ.
Быраас остуолга кэлэн киниэхэ бэлэмнээбит астарын аһаата: арыылаах лэппиэскэни, эмис кус этин сыа-сым курдук тутан сиэтэ, итии чэйи астына истэ. Үчүгэй аһы тото аһаан баһыыбалаата, онтон көхөҕө ыйаабыт таҥаһын таҥнан Балаҕаччытыгар барда.
Быраас тахсан барбытын кэннэ Быралгы ойоҕо Маарыйа:
– Ити тоҕо куһун этин сиэн баран «аһыы баҕайы эбит» диэтэ, сөбүнэн да соҕус туустаабытым ээ… – диэн улаханнык мунаахсыйан дьиэ иһинээҕилэри барыбытын күллэрдэ.
Эмээхсин быраас биэрбит эмин, арааһата, сиэбэтэҕэ быһыылааҕа: «Ити оҕо барахсаны омуммутугар таах ыҥырбыппыт… Дэҥ-оһол тахсар ыйааҕын мэлдьи куота көтөр уустук…» – диэн тугу эрэ ыла-ылбычча киһи өйдөөбөтүн саҥаран эрэрэ…
Кырдьаҕас киһи диэтэххэ, Маарыйа эмээхсин бэрт түргэнник үтүөрэн, өрүттэн хаалла. Бэйэтэ билэринэн, сатыырынан, хайа эрэ оту дуу, силиһи дуу итии ууга суурайан иһэрэ, түөһүн, ойоҕоһун бистэ-бистэ имэринэрэ. Сотору хотонугар тахсан үлэлээбитин курдук үлэлээн хачыгырайбытынан барбыта. Эбээ үчүгэйдик оһуор диэри, тарбыйахтары таска Быралгы кэргэнэ биһикки таһаартыыр буолбуппут, аҕыйах хонуктаахха диэри киһиэхэ өйөтөн турбут ньирэйдэр, дьирээлэһэн, өчөһөн түһэн хата сүрдээхтэр. Далга таҕыстылар да тэбиэһирэллэр: кутуруктарын өрө хорото-хорото, орулуу-орулуу сүүрүү-көтүү мааны.
Хайа да сүөһү Ынахсыт Айыыта арчылаатаҕына, үтүө хараҕынан көрдөҕүнэ эрэ этэҥҥэ турар. Сураҕын иһиттэххэ холкуоска уонна биирдиилээн кэтэх ыалга хастыы да тарбыйах тэҥинэн «аҕылыыр» ыарыы буулаан өлөллөр үһү. Биһиги тарбыйахтарбыт, Быралгы кэргэнэ этэринии, «таҥара көмөтүнэн» үһүөн этэҥҥэ сырыттылар. Маҥнай таска тахсыбыттарын утаата «сэргэ төрдүн уутун» иһэн кыратык сыптарыйа сылдьан баран кэлин саахтара хойунна. Ынахтар киэһэ хотоҥҥо киирэн аһыыллар, түүнүн искэ хоноллор, күнүскү өттүгэр куруук далга, көҥүл ыытыллан, күкүргэ симиллибит оту сиэн кирдиэхтэтэллэр. Кыһын хотоҥҥо тураннар самыылара, кыргыс үйэтин саҕанааҕы хоһуун хатырык куйаҕын курдук, лоһугураччы саах буолбут сүөһүлэр, таска тахсаат, дьаалаларынан маска-окко аалынан ырааһыран, түүлэрэ-өҥнөрө тупсан хаалла.
Сандал саас барахсан хайа да тыынар-тыыннааҕы дьэгдьитэр дьэҥкир салгынынан сайа охсор, ураты уһун тыынынан угуттуу кууһар. Хаар ирэн, сир харааран ийэ айылҕа барахсан, кыыдааннаах уһун кыһыны этэҥҥэ туораатым ээ диэбиттии өрө көтөҕүллэн, субу аҕай тыллаары, барыны-бары кэрэхсии кэтээн, сэргии иһиллээн сэгэйэн, өрө чөрбөйөн турарын курдуга… Арай олорор өтөхпүт арҕаа эҥээригэр, Килээҥкий уола Ыачай Ыкынаачай муҥнаах сэриигэ барыан иннинэ туттан иһэн хаалларбыт, өһүөтэ кээһиллибит ампаар дьиэтин холлоҕоһо, хаар, самыыр уута иҥэн, тыал-куус курдат охсон, эркиннэрин күн уота быһа сиэн хараарбыта аас-туор олох, сэрии ыар сыллара билигин да бүтэ, ааһа иликтэрин туоһулуурга дылыта…
Дьэрэмиэйэп таҥара – сааскы ыһыы үлэтин үгэнэ. Бурдук бааһыната күн аайы тиэриллэн хараардар-харааран, кэҥээтэр-кэҥээн иһэр. Биир булуукка икки оҕуһу көлүйэллэр. Дьабадьы Хабырыыл уола Модьу уонна Быралгы Ньукулай уола Килэки Болуодьа уһун күнү быһа оҕустарын сиэтэн сонуоктарын эргийэллэр. Онтуларыгар уолаттар көлөһүн күнэ аахсаллар. Киэһэ кэлэн, сылайдыбыт диэбэттэр, кыралары кытары тэбис-тэҥҥэ оонньууллар. Бырдах түһэ илик кэмэ буолан, бэйэтэ да үтүө күннэр турдулар.
Мин ынах хомуйа, мас сыыстыы сылдьан сонуокка киирэн сир тиэрэллэрин көрөбүн. Тимир булуук кыһын устата дьиппинийбит, силиһэ-мутуга суох сири сиирэ анньан ылан, өрө баһан таһааран тиэрэ быраҕар, нүөлсүйбүт буор сүмэһиннээх минньигэс сыта саба охсор… Саҥа тиэриллэн хараарбыт бааһынаҕа сылгы чыычаахтара түһэн сырсыакалаһаллар, кинилэргэ ханыы буолан хайа эрэ сайыІІы чыычаахтар тугу эрэ булан, итигэстээн сиэн, биир кэм тойтоҥолоһоллор, ыстаҥалаһаллар, ол быыһыгар дьохсооттоһон, боотурҕаһан да ылаллар.
О проекте
О подписке