Өссө сонуок саҥа хорутуллан эрдэҕинэ, ыанньык пиэрмэтэ, кыстык сирдэриттэн Быркылаахтан Мундулуҥдаҕа көһөн кэлбиттэрэ. Сүөһү маҥырааһына, оҕус айаатааһына, ыт үрэр, дьахталлар ньамалаһар, оҕолор ыһыытаһар-хаһыытаһар саҥалара барыта холбоһон, күө-дьаа олох сайылык иһин толорон кэбиспитэ. Чуумпу, луҥку, нуурал киэһэлэргэ чукаалар истэриттэн титиик түптэлэрин хойуу буруолара аа-дьуо, аргыыйкаан үрдүк мэҥэ халлааҥҥа өрө сыыйыллыбыттара… Тус-туспа сайылык оҕустара, үгэстэринэн, күөн көрсүүлэрэ саҕаламмыта, сыптарыҥ эмэһэ буолбут, тээһэҥкэстэрэ тэскэйбит атыыр оҕустар, уоттаах түптэ күлүн, суол хайыҥын тураҥын үрдүлэригэр саба ыста-ыста, дьүһүн-бодо бөҕөтө буолан, маска-окко аалынан килбэппит уһуктаах муостаах, будьуруйбут сүүстээх төбөлөрүнэн силбиэтэнэ-силбиэтэнэ, көхсүлэрин иһиттэн күрдьүгүнээн мөҥүрүү-мөҥүрүү, айахтарыттан күүгэн алла-алла, ахтылҕаннаахтарын көрсөөрү, тиэтэйэн ахан, айан суолун устун айаатыы-айаатыы сүгүллэҥнээн иһэллэрин көрөн, тэлгэһэ таһыгар оонньуу сылдьыбыт оҕолор куттанан хатыйыы күрүө алын сиэрдийэтин аннынан искэ төкүнүһэллэрэ, арыый кыанааччылара үрдүнэн ыстанаары ыстааны, ырбаахыны да хайа түһүү баара. Араас ханна барыай…
Настааччыйа, Улахан Баһылай, Дьабадьы Хабырыыл уонна өссө хас да дьахтар буолан, окко киириэххэ диэри, бүтэй тутуутугар сырыттылар. Биһиги олорор сирбититтэн, Мундулуҥдаттан, чугас Күүлэлээх диэн күөлү эргийэ бүтэй абырахтыыллар, саҥардаллар. Хатыйыы күрүө буолан буор хаһыллыбат. Сиргэ тоһоҕо төбөтө батары киирэр буола ирдэ да бүтэр. Обургу оҕолор, Килэкилээх Модьу, дьоннорун кытары бииргэ үлэлииллэр, көлөһүн күнэ аахсаллар. Холкуостаахтар окко киириэххэ диэри сылдьан баран, саас саҕалаабыт үлэлэрин күһүн ситэрэллэр.
Наарыһынай буостаны кэмиттэн кэмигэр аҕала турар. «Холкуос Суола» диэн улуус хаһыата кэлэр, ол сонунун бары сэргээн, үөрэхтээх киһиэхэ аахтаран мэлдьи истэбит. Онон тус-туһугар күүтүүлээх, кэтэһиилээх ахан хаһыат. «Үрүҥ суруктар» (дьон ааттыырынан) хам хаа-дьаа кэлэллэр, «хара сурук» кэлин биһиги холкуоска этэҥҥэтэ биллибэт.
Сэриигэ баран иһэн күрээбит күрүөйэхтэр тустарынан кыра да быркы сонун суох, син биир ылы-чып. Баһылайтан сурук биллибэт…
Бөтүрүөп таҥара күнэ эрэ буолуон иннинэ Балаҕаччыттан Айдаҥҥа ааһан иһэр хассабыык кыыс Кыра Баһылай куоракка кэлбит сураҕын кэпсээтэ. Биһиги соһуйдубут: эмиэ да үөрэ, эмиэ да дьаархана быһыытыйдыбыт. Наарыһынай Кыра Баһылай улуус киинигэр кэлбитин дьонтон истибит…
Бу сурах кэнниттэн нэдиэлэ курдук ааспытын кэннэ, кыркаҕа да суох биир үтүө күн түөртүүр ыам саҕана, арай, таска түбүгүрэ сылдьан көрбүтүм бороҥ аттаах киһи бурдук бааһынатын кытыылатан биһиги дьиэбитин көрдө-көрбүтүнэн иһэр. Киһибитин ээр-сэмээр кэтэһэ сылдьарбыт, онон тута биллим.
Кыра Баһылай сэмээр хаамтаран кэлэн атыттан түһэн, тиэргэн тас өттүгэр турар сэргэҕэ көлөтүн баайда. Атын самыытыгар синиэл сонун чөкө эрийэн төргүүлээбитэ көстөр. Холунун төлүтэ тыытан, ыҥыырын ылан күөх кырыска сэргэ төрдүгэр өйөннөрөн кэбистэ, тириппит миҥэтин көхсүн сөрүөтүнэн сапта…
Мин ортотунан истээх, оргуйбут, сойбут уулаах сылабаар уутун дьиэҕэ киллэрэн чаанньыкка сүөкээри тахсан баран, сылабаарым аҥаар тутааҕын туппутунан, Баһылайы көрөн турдум. Бу кэмҥэ, бэйэм да уҥа кулгаахпынан төрүт истибэт киһи, эбээ хаста да ыҥырбытын истибэтэхпин, ону дьиктиргээн эмээхсин таска тахсан баран уолун көрдө. Үктэлтэн түһэн, утары иһэр киһини тиийэн кууһа түстэ… Баһылай ийэтин сүүһүттэн сыллаамахтаата, кэлэн миигин эмиэ төбөбүттэн имэрийэн, оройбуттан сыллаан ылла. Онно эрэ өйдөөн көрдүм, Баһылай олус да уларыйбытын, дьүдьэйбитин… Иэдэһин уҥуохтара кырыыланан, харахтара көмүскэлэрин иһигэр иһирдьэ киирэн, хорумматах сэҥийэтин бытыга сулардыы түһэн, тор курдук уоһун үрдүнээҕи бытыга уһаан, ол быыһынан, хатыран быһыта барбыт уостара көстөн, уларыйбыта сүрдээҕэ… Иһинэн моһуогуран, улаханнык хотторо ыалдьан уҥуохтаах-тириитэ эрэ хаалбыт этэ. Ийэтэ уолун ити ынырык дьүһүнүн көрөн, аһынан, одуулуу-одуулуу, ис-иһиттэн эҥсэн өрө тыына эрэ турбута…
– Хайа, дьоҥҥут үлэлэригэр дуу? – Баһылай хата куолаһа сэниэлээҕэ, өлүөр киһилии чөллөркөйө.
– Настааччыйалаах Күүлэлээххэ бүтэй тута сылдьаллар, – мин хардара охсубутум.
– Бүтэй тута… – Баһылай күн сырдык сардаҥаларыттан саатан харахтарын симириктэтэ-симириктэтэ, үөһэ хантайан, биир да кыырпах былыт сыстыбатах күөх халлаан диэки көрөн ылбыта. – Бүтэй тута… – диэн иккистээн хатылаабыта, түөһүн муҥунан чэбдик салгыны өрө тыыммыта. Ити этиллибит элэтэ эрэ иккиэйэх тыл киниэхэ ураты кэрэтик иһиллибиттэрэ быһыылааҕа. Сыччах ити омос иһиттэххэ бэрт судургу тыллары хатылаан саҥарбытыттан да дойдутун, өтөҕүн олуһун диэн ахтан кэлбит киһи муҥутуур үрдүк иэйиитэ иһиллэрэ.
– Оҕом Биэрэ ханнаный? – диэн ыйыппыта.
– Кыргыттары кытары оонньуу сылдьар… – эмиэ мин хоруйдуу охсубутум. Сонно тута, иһиттим-истибэтим диэбиттии, Намыынаптарга сүүрэн тиийэн, үрүмэччини сырсан, охто-охто, кыбыыга сүүрэкэлии сылдьар Биэрэни көтөҕөн мадьалытан аҕаллым. Баһылай иннигэр кэлэн турбуппар Биэрэ маҥнай утаа дьүһүнэ уларыйбыт, бытык иччитэ буолбут аҕатын, харахтарын кэҥэтэн атыҥырыы көрөн кэдэрис гынна.
– Кэл, Биэрэ, кэл… – диэн аҕата илиитин ууммутугар кыыс мин эҥил баспар сыстан сирэйин кистиир, ол быыһыгар эмиэ да кылап-халып «бытык иччитин» одуулуур… – Кэл… – Баһылай икки илиитинэн Биэрэни көтөҕөн ылан, бырдах сиэн быдьыгыраабыт, тэскэйбит иэдэстэриттэн сыллаамахтаата… Биэрэ аҕатын биллэ, моонньуттан кууста, симиттэн буспут моонньоҕон курдук харахтара чоҕулуҥнуур. Сайын таска оонньуу сылдьар кыра оҕо сирэйэ хаһан ырааһырбыта баарай. Муннун төбөтүн чукаа хоруорбут сиэрдийэтигэр аалыммыта хап-хара буолбут, тэскэйбит иэдэстэригэр, күрдьүгэс уорҕатыныы хара дьураалар көстөллөр. Тириппит сүүһүгэр саһархай баттахтарын сүүмэхтэрэ ыһыллан сыстыбыттар, кыыс онтун көннөрө сатаан, лыах кынатын дьэрэкээн өҥө биһиллибит, кыракый, мыс курдук кирдээх тарбахтарынан кулгааҕын кэннигэр хаһыйа анньа сатыыр…
Ахтыһыы маҥнайгы омуна ааһыыта дьиэҕэ киирдибит. Баһылай Биэрэтин муостаҕа түһэрдэ. Хортууһун устан тоһоҕоҕо иилэ бырахта, халтаҥ, суккун сонун устан ыйаата.
Эбэм аһын үрдүгэр түстэ. Уҥучахтан сүөгэй халбыйан таһаарда, лэппиэскэ быста. Остуолга тимир нэлэгэргэ үөллүллүбүт быччыкы өрөһөлөммүтүн, тоҕо эрэ, биир-биир туппахтаан, эргитэн көрдө. Сүөгэй үрүҥнээх, сап-саһархай, итии чэйи кутта. Баһылай остуолга олорон кыратык аһаата.
– Иһим ыалдьан уһуннук эмтэнним. Кыра-кыралаан борсонобун. Эмискэ элбэҕи сиэбэппин ээ… – диир.
– Буолумуна… ыран-быстан иэдэйбиккин дии, – эбэм уолун аһынан саҥарар.
Кыра Баһылай дойдутугар, дьиэтигэр кэлэн үөрбүтэ, сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ дьүһүнүгэр көстөр, сэбэрэтэ сэргэх. Итии чэйин сыпсырыйан, сэмээр иһэр.
– Уу, үчүгэйин, сүөгэй үүттээх дьиэм чэйэ, – мэктиэтигэр, таҥалайын чамырҕатан, амтаһыйан ыла-ыла ыйыстар. – Өссө кэм аматыйдым ээ, аат иһэ…
– Оннук эрэ буоллун, таҥара көмөтүнэн, – эбэм холорукка турар таҥара мэтириэтин диэки көрөн ылар. Буҕараадыста Маарыйа уолун Курустуоһу көтөхпүт мэтириэтэ урут өрдөөҕүтэ муннукка ууруллубутунан турара. Арай ойоҕосторугар дьоройбут анал олбохторго буоскабай чүмэчилэр умайбатахтара ырааппыт быһыылааҕа. Кэлин саҥа былаас кэлбитин да кэннэ, кинини ким да устан ылан быраҕан кэбиспэтэх. Дьиэ киэргэлин курдук муннукка турбутун курдук турар, кимиэхэ да мэһэйдээбэт… Эмээхсин кириэстэммэт. Ол эрэн куруук таҥаратын ахтан аһарар үгэстээх: «Таҥара көмөтүнэн» – диэн тыллаах. Ардыгар: «Айыы тойон таҥара барахсан…» – диэн туох баар айыыларын, тойотторун, таҥараларын барыларын биирдэ холбуу ааттыыр.
Биэрэ аҕатын тобугар көтөхтөрөн олорор. Сабырыйа үүммүт сэҥийэтин бытыгын дьиктиргээн көрөр.
Баһыычаан Ыстапаанын кытары өтөх кэтэҕинээҕи кырдалга оонньуу барбыттар быһыылааҕа, чугас көстүбэттэрэ, саІа-иІэ иһиллибэтэ.
Кыра Баһылай дьонун, холкуоһун үлэтин-хамнаһын туһунан элбэҕи ыйыталаста. Мин сыҥаһа ороҥҥо олорон, Баһылай күө-барааччы кэпсиирин истэ-истэ, аһаҕас аанынан сылгы чыычааҕа дьиэ үктэлигэр кэлэн түспүтүн одуулаһабын… Тумсугар түү оҕотун ытырбыт, биир кэм уһун кутуруга тэйбэҥниир. Онтон туохтан эрэ тэһииркээтэ быһыылаах, көтөн тир гынан хаалла. Оол курдук көҕөрө тунааран көстөр үрдүк тыа бэтэрээ өттүнэн суор көтөн күпсүҥнүүр…
Баһылай наҕылыччы чэйдээн баран, таска тахсан, мас мастаммыт сиригэр, томточчу мунньуллубут олук ыксатыгар, суон дүлүҥ сытарыгар олорон, хаһыат кумааҕытын сиэбиттэн ылан хайа тардан, мохуорка куттан, кичэйэн эрийэн, эбиитин силинэн ньээлбээн сыһыаран баран, испиискэтинэн уматтан табах тарта. Ол олорон өтөҕүн, илбиргэстэнэн-салбырҕастанан лаглайа ситэн эрэр көҕөрбүт кэрэ айылҕатын, Мундулуҥда эбэтин, харахтарын симэ туттан кэрэхсээн одуулаһар…
Эмискэ дьиэ кэтэҕиттэн Маанчыктаах Кыраһа ойуоккалаһан кэлэн тиэргэҥҥэ киһи олорорун көрөн, хорус гына түстүлэр. Кыраһа сыт ылан хара муннун мултуруҥнатта.
– Ээ… Кыраһа… Маанчык!.. Маанчык!.. Кыраһа… – Баһылай ыттарын көрөн ымманыйбытыгар, дьэ доҕоор, ыттар сүүрэн кэлэн иччилэрин билэн ыйааста түстүлэр. Баһылайы муннуларынан үҥүлүйэ-үҥүлүйэ, тула көтө сылдьан, сирэйиттэн-хараҕыттан салаамахтаа да салаамахтаа буоллулар… Тутан олорбут бөппүрүөскэтин тобоҕун көөбүл быыһыгар төлө тутан, онтутун көрдөөн этэрбэһин тилэҕинэн ньыһыйан умуруорда.
– Кыраһа эбит дии… Ээ, Маанчык эбит буолбаа-ат… – Кыра Баһылай ыттарын таптаан ымманыйа-ымманыйа имэрий да имэрий.
Бу кэмҥэ Баһыычааннаах Ыстапаан, Кыраһалааҕы батыһан, кэннилэриттэн сырсан бөтөҥкөлөһөн кэллилэр. Баһыычаан икки дьирикини сиэбигэр уктубута быга сылдьаллар. Ыстапаан биир бурҕааны синньигэс кутуругуттан тэйгэччи туппут. Тиритии-хорутуу, аҕылаһыы-мэҥилэһии мааны. Баһыычаан, халлаан хото сылыйдаҕына тутуһар үгэһинэн, атах сыгынньах. Уолаттар бурҕаа хороонун ыттарын кытары тэбис-тэҥҥэ хасыһаннар, сирэйдэрэ хап-хара. Дэлэҕэ да сирэйэ кирдээх киһини: «Бурҕаалаан сиэтиҥ дуо?..» – диэн тыл дэгэтэ оҥостуохтара дуо.
Кыраһалаах Маанчык кыра иччилэригэр утары сүүрэн кэлэн бултарын сытырҕалаатылар. Эккэлээн кутуруктара эйэҥэлээн олорор.
– Оо, бу дьон кэллилэр!.. Булчуттар – Баһыычааннаах… Ээ, бу, били, мин аллар атаһым, былыргы киһи, Быралгы уола Ыстапаан оҕо буолба-ат?.. – Үс Ньукулайдааҕы кытары Кыра Баһылай барбытын кэннэ дьукаахтаһан турабыт, онон убайбыт маҥнай утаа, хайа оҕонуй дии санаан бутуллан ылла. Кыра уолаттары иккиэннэрин тэҥҥэ булгүннэриттэн бэйэтигэр сыһыары тардан төбөлөрүттэн сыллаталаата.
– Хайа доҕоттор, кэпсэлгит?..
– Һуох… – дэһэллэр уолаттар тэҥинэн.
– Булкутун көрдөрүҥ эрэ, – Баһылай дьирикилэри, бурҕааны эр биир ылаттаан көрөн баран, дүлүҥҥэ быллаччы уурталаата.
– Ки-киэһэ, Ньукулай эбэтэр Баһылай үлэлэриттэн кэллэхтэринэ сү-сүлүөхтэрэ, – чобуо киһи Баһыычаан, сүүһүн көлөһүнүн сотто-сотто, убайын Кыра Баһылайы кытары кэпсэтэр.
– Ээ, биһиги дьон, онно тиэрдиэхпит дуо. Бу куйааска аны буорту буолуохтара, билигин сүлүөхпүт, – Баһылай күтэри кутуругуттан ылан, тоҕо эрэ, түүтүн үрэн көрөр. – Ыл, Баһыычаан, киирэн эбэҕиттэн быһахта аҕал, миигин «түүлээх» сүлээри гынар диэ. Баһыычаан иһиттим-истибэтим диэбиттии сорукка дьиэҕэ эбэтигэр сүүрэр.
Баһылай өр гыммата, уолаттар бултарын, ньылбы тардан, сүлэттээн кэбистэ.
Мин эбээ Маарыйаҕа сээкэйи көмөлөһөн, киирэ-тахса сырыттым…
Киэһэ, үгэстэринэн, күн дьааһыгырыыта үлэлэриттэн кэлбит дьоммут Баһылайы көрөн олус үөрдүлэр. Баһылай бэйэтэ да ыллам, элэккэй баҕайы майгылаах киһи, дьон баар диэн кыбыстыбакка, Настааччыйатын сүүһүттэн, сирэйиттэн сыллаамахтаан ылла. Ону көрөн Быралгы Ньукулай: «Эн биһикки эмиэ», – дии-дии ойоҕун Маарыйаны хам кууһан сыллаары дэдэгэччийэн барыбытын күллэрдэ.
Эбэм уҥучаҕыттан Айдаҥ ыһыаҕар, Өксөөн дьаһалынан, холкуостаахтарга өлөрөн сиэппит сүөһүлэрин этин уура сыппытын таһааран, алтан күөскэ ыгыччы симэн буһарда. Настаа алаадьылаата.
Киһибит иһинэн «моһуогурар» буолан соччо аһаабат. Бытыгын хорунан дьүһүнэ арыый да сэргэхсийбит, ол оннугар эбии ырбыкка дылы буолбут.
Хойукку киэһэ, күнүскү күн сырама уостан сөрүүн түһүүтэ, эр дьон дьиэбит таһынааҕы бурдук бааһынатын хатыйыы бүтэйин анныгар томтойбут күөх кырыска олорон арааһы сэһэргэстилэр.
Маарпа, Морууса буоламмыт дьоммут аттыгар сылгы ноһуомунан түптэ түптэлээтибит. Кыра, сиккиэр тыалга охсуллан түптэ хойуу буруота уҥа-хаҥас буруйар. Сылгы киитин түптэтэ ынах сүөһү киэнинээҕэр атын, сыта ураты минньигэс буолар. Буруота да өйдөөн көрдөххө от күөхтүҥү. Биһиги, обургу оҕолор, Баһылайдаах арааһы кэпсэтэллэрин, күрүө сиэрдийэтигэр чөкөһөн олорон биир да тылы сыыска түһэрбэккэ, сэҥээрэн истэбит, ол быыһыгар сөп буола-буола түптэбит киитин эбэн, көрөн-истэн бугуйан биэрэн бэрийэбит.
– Быйыл кэҕэ Бөтүрүөп ааһыар диэри эттэ, онон арааһа куйаас сайын сатыылыыра дуу, – Улахан Баһылай айылҕатын сылыктыыр.
– Ґчүгэй дьылга Борокуоппайапка диэри этэр…
– Ким билэр, куйаарар эрэ куйаарбат, ол кэҕэ биһикки тойукпут диэн, билэбит эрэ билбэппит, – Быралгы билгэлээһини соччо ахсарбатахтыы туттар.
– Былыргылар, кырдьаҕастар обургулар син ону-маны сабаҕалаан эппит буолуохтаахтар, – Баһылай Быралгы тылыгар сөбүлэспэт.
– Ол эрэн, таах даҕаны куйаас сайын буолар чинчилээх, – Намыынап, били, дьэрэкээн, таба ойуулаах саппыйатыттан мохуорка кымаахтаан ылан хамсатыгар тойон эрбэҕинэн симэ-симэ сэһэргэһиигэ кыттар.
Дьабадьы Хабырыыл, табаҕын умна кэлэн, Быралгылыын биир хамсаны солбуһа тартылар.
Ыттар эргэ хотон кэннигэр, өтөх саҕатыгар үрэн моргуйар саҥалара иһиллэр. Арааһата «булчуттар» маска дьирикини таһаардылар быһыылаах, саҥалара-иҥэлэрэ ньамалаһар…
Хараан түүн буолуоҕун, бырдах кыынньыаҕын, хата, сиккиэр тыал сайа охсон, субу-субу ил гынан күүскэ сипсийэн ылара, сайыҥҥы киэһэни ордук тупсарар.
– От сиэмэтэ быйыл үчүгэй курдук дии, куораттан кэлэн иһэн көрдөххө, – Кыра Баһылай кураанах күөх кырыска өттүгэстээн сытан саҥарар.
– Оннук. Быйыл да этэҥҥэ сырыттахпытына сыл тахсар, кыстыыр оппутун булунар инибит, – Намыынап үрүҥ кыл дэйбииринэн туора-маары көхсүн охсунан ылар.
– Былырыын «буускаппын» отой хаалар гына тоһуппутум, хаарыан хотуурум… Саҥаны эллэнэн көрөрүм буолуо, – Дьабадьы өр кэм илдьэ сылдьыбыт хотуурун аһыйан ахан ахтар.
– Былдьаһыктаах «буускап» дьэ мэлийбит дии.
– Мэлийэн…
– Бэрт хотуур этэ, Арыылаахха уларсан охсо сылдьыбытым, – Кыра Баһылай оччотооҕу үлэлээбит кэмин саныыр быһыылаах, харахтарын кыаратан ымыйа от умнаһыгар ынах кута хаамарын одуулуур. – Сырылаан түһэн тыастыын уратыта.
– Аныгы хотуурдара отой муот, биир эмит табыллыбыта эрэ ама.
– Ити «буускап» курдук хотуурдары оҥоруохтарын, оннооҕор былыр уһаарбыттар, билигин баҕас ону сатаабат үһүлэр дуо?.. Оҕолор оскуолаттан кэлэ-кэлэ арааһы бары кэпсииллэрин иһиттэххэ, сорох-сороҕун киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, дьэ сайдыы бөҕө… – Быралгы чахчы дьиктиргээн ыйытар.
– Туох эрэ ураты кистэлэҥнээҕэ буолуо… Ону билбэттэр буо…
– Оннук ырата ини…
– Аныгы да хотуурдарга табыллыбыта олус сытыы. Атыылаһарга сатаан талыахха наада, – Намыынап чахчы билэр киһи быһыытынан дьонугар сүбэлиир. – Биир «бэчээтинэн» тахсыбыт, тэҥ нүөмэрдээх хотуурдары ыйааһыҥҥа ууран көрүллэр, сатаан, табан хатарыллыбыта чэпчэки, тыаһа-ууһа лыҥкынаан отой ураты…
– Эн билэр киһи билээрдэҕиҥ, сорох оннук ыатаран ыаспайдаабат.
– Чэ, эн даҕаны Балаҕаччы маҥхааһайыгар хотуур атыылаһаргар атыыһыт Сүөдэри сүүһүн көлөһүнэ бычыгырыар диэри сүүрдэр курдук буолааччыгын дии. Муҥур уһукка тиийэн оҕонньор дэлэҕэ часкыйыа дуо, һэ-һэ-һэ…
– Оннук ырата буолуо, – Быралгы мүчүҥнээн ылар.
О проекте
О подписке