– Атахпын сүтэрбитим диэн, оннооҕор өлөн хаалыам этэ, – Өлөксөй үөһэ тыынан ылар.
– Кырдьык да оннук, тыыннаах дойдугун буллаҕыҥ, – Маарыйа эмээхсин Өлөксөй диэки көрбөккө эрэ сөҥ түһэн олорон сэҥээрэр. Онтон ыалдьыт хончоҕордоох чэйин иһэн бүтэрбитин көрөн хат кутан биэрэр.
– Дойдум үүттээх чэйэ кытары ураты минньигэс… Боруоҥҥа сылдьыбытым тухары, саатар, элэтэ биир саханы элэкис да көрсөн ааспатым. Киһи ыраах тэлэһийэн сылдьан төрөөбүт сирин-дойдутун, дьонун-сэргэтин ахтара диэн сүрдээх буолар эбит. Манна тэлгэһэм иһигэр кыыһырсыбыт, өтөҕүм иһигэр айдаарсыбыт кыр өстөөхпүн да көрсүбүтүм буоллар күндү сүтүкпүн булбут кэриэтэ сананыам этэ.
Таһарахтыыр уола күн уота быһа сиэн кубарыйбыт эргэ гимнэстиэркэтин уолугар «Хорсунун иһин» диэн соҕотох мэтээлин тыла хас хамсаннаҕын аайы эйэҥэлиирин оҕолор бэркэ диэн олус сэҥээрэн көрөбүт. Өлөксөй сэриигэ ыҥырыллыан иннинэ «Свердлов» холкуоска араас үлэҕэ үлэлээбит. Кытта төрөөбүт убайа Мэхээлэ диэн киһи үлэ боруонугар сылдьан, ыалдьан бу саас төннөн кэлбит. Инитэ Ыкынаачай, били миигин Кыргыдайтан Чохооччулартан аҕалбыт уол, боруон (бронь) биэрбит буоланнар холкуоһугар үлэлиирэ.
Эмээхсин остуолтан туран, саппыйатын сүөрэн, мохуоркатын кымаахтаан ылан удьурҕай хамсатыгар симэр, чиэстэн тымтык ылан уокка даҕайан уматан баран табаҕар даҕайан, икки омурдун хапсыҥнатан, «сопсоп» сообурхаччы күүскэ оборбохтуур.
Улахан Баһылай табаҕы төрүөтэх тардыбат, ыалдьыппыт эмиэ тарпат киһи эбит этэ.
Өлөксөй наҕылыччы чэйдээн баран аны таһараа ыалбытыгар Өлөксүөйэп Хабырыыллаахха тахсыбыта.
– Эрэйдээх үөрэн-көтөн ахан муҥнаммыт, барахсан… – эбээ ыалдьыт тахсыбытын кэннэ аһынан саҥарар. – Биһиги киһибит хайдах-туох сылдьаахтыыр… Кэлээ ини, сүрэҕим-быарым бөҕөх соҕус… – диир.
Тохсунньу ый эмиэ сирилэтэн түһэн тымныыта сүр, ахсынньыга ыбылы ылбытын төрүт ыһыкта илик. Таска тахсан чуучугуруу сылдьан силлээтэххэ «чуус» гынан хаалар. «Киһи силэ сиргэ тиийбэккэ, тоҥон тостор бытарҕан тымныыта» диэн дьэ маны этэн эрдэхтэрэ дэһэбит. Тыа үөл маһа хабараан тымныыттан тоһутталанан тыһыргыыр тыаһа иһиллэр. Бэл, туохха да кыһаллыа суох айылаах халаахтаабыт суор көтөр ыгдаччы тоҥон, булчут айатын, туһаҕын кэрийэрин тохтотон, чаллах тиит мутугар халлаан былытырарын кэтэһэн халыҥ көмнөххө саһан сукуллан олорор буолар…
Баһылай куобахха иитэр кыл туһаҕын хатыйыы тэптиргэлиир. Бүкээх тэптиргэ хаалбыта ыраатта. Билигин үөл маһы бүк тардыаҥ эрэ кэрэх, уон аҥы тырыыҥкаланан бытарыс гына түһэр. Баһылай өтөҕүн таһыгар бадьыыстанар, төттөрү-таары таакырыыр, биир эмит куобаҕы син аҕалар. Холкуос хотонугар сүөһүгэ оҕуһунан от тиэйэр. Икки көлөнү сэтиилэнэн, отун икки сыарҕаҕа балтарыктаан лөглөччү тиэйэн, киэһэ отой хойут биирдэ бүтүннүү кырыа кыаһаан буолан хоочугураан-чуучугураан киирэн кэлэр. Дьэ ол сылдьан кэлэ-бара куобахтыыр. Тэптиргэҕэ ыйаммыт куобах кыл туһаҕы быспат. Аны күөл тумуһахтарыгар хас да сиргэ сохсолоох, ону таһынан өссө айа тардан эҥин си дьүгээр сылдьыбат.
Хас да сыл куобах мэнээгэ буолан баран, кэлиҥҥинэн төрүөҕэ аһара тахсан олус элбээн, сааһыары куобах бөҕө сутаан өлөн турар. Ыран, тоҥон өлбүт табысхааны ылан көрдөххө – хаппыт куопчахаанныы чэпчэкитэ сүрдээх. Кыһын кэбиһиилээх оту тэллэй курдук чуочайыар диэри бүтүннүү кэбийэн кэбиһэллэр. Отторун төрдө олус куоһанан сууллан түһэн, бэйэлэрин сохсолуур түбэлтэлэрэ кытары тахсар. Баһылай оннук сууллубут биир оттон аҕыс куобаҕы аҕалан турар. Оччо айылаах муста сыппыттарын киһи эрэ сөҕөр, биллэн турар, түүн хараҥаны харахтанан, саары саҕанааҕы хара күөх оту, бэлэми сиэн мултугулдьута сылдьан баттаттахтара. Табысхаан хараҥаҕа харса суоҕар түһэн мээнэ онньоҥхолуур үгэстээх.
Баһылай аҕалбыт сорох куобаҕа туох да сулуйара суох буолар, оннук булт тириитэ кытта өҥө суох, таҥас гынан киһи абыраммат.
Табахтарынан эстибит дьон куобах сааҕар үөт хаппыт хатырыгын кырбастаан, мэлийэн, ону булкуйан, хамсаларыгар симэн тардаллар. Аһара баран араас оту-маһы барытын боруобалаан, буруолатан көрөллөр.
Улахан Баһылай талах чааркааныттан бэлиэлээх, өссө ардыгар солоҥдо кытары ылар. Онтутун Айдаҥҥа бардаҕына лааппыга туттарар.
«Свердлов» холкуос өҥ сураҕын истэн биир эмит кыаммат, ыал устун ускаай сылдьар дьон, хайа эмэ көлөлөөххө олорсон, кэлэн хонон-өрөөн бараллар, ыал аайы солбуһа «уу-хаар» иһэн тахсаллар…
Биир күн Өксөөн кэлэ сылдьан, киһи куйахата күүрүөх, бөрүкүтэ суох, ынырык сонуну кэпсээтэ. «Жданов» аатынан холкуос олохтооҕо Очуон Уйбаан диэн киһи Балаҕаччынан эргийэн Айдаҥҥа кэлэн иһэн, дэриэбинэ көстөр сиригэр букатын чугаһаан баран, суолга охтон, үлүйэн өлбүт. Кыыл-сүөл бадьыыстыа диэн, онуоха-маныаха, дьаһайыахтарыгар диэри Айдаҥҥа аҕалан холкуос ыскылаатын үрдүгэр таһааран уурбуттар, төһөтүн да иһин сүөһү этин кытары киһи өлүгүн бииргэ сытыарар сүрэ бэрт буоллаҕа. Өлөөччү муҥнаах аймахтардаах эбит, тыллабыр тиийбитигэр, сыарҕалаах оҕуһунан кэлэн тиэйэн бараары, түөрт намаатын саратан адаарыччы тоҥмут киһини үөһэттэн түһэрэллэригэр, бэйэлэрэ да нэһиилэ иэҕэҥнэһэ сылдьар сордоохтор, мүччү тутан, тоҥ чигдигэ хас да тарбаҕын тосту түһэрэн кэбиспиттэр, ону торуттубут сонун сиэбигэр уган илдьэ бараахтаабыттар…
Ыаллыы нэһилиэктэргэ, холкуостарга «хара сурук» өтөр-өтөр кэлэр. Ити курдук, үксэ хобдох сураҕы, сонуну мэлдьи истэбит.
Олунньу ортото «Свердлов» холкуостан сэриигэ барбыт Баһылаайап Сөдүөт диэн киһи эмиэ араанньы буолан, анал хамыыһыйа сыыйан, дойдутугар төннөн кэллэ. Сөдүөт дьонноох-сэргэлээх киһи: ийэтэ, аҕата Айдаҥҥа олороллор, бииргэ төрөөбүт түөртэр, үс балтылаах. Сөдүөт кытта төрөөбүттэриттэн улаханнара. Хаҥас илиитэ бүлгүнүн ортотунан суох. Кыра төҥүргэс оҕото орпутун, дайбаннаҕым буолан, атын аҕайдык чороҥолотон хаамар. Сэриигэ барыан иннинэ, хайа да хара үлэни кыайа-хото тутар, холкуос биир төһүү үлэһитэ эбитэ үһү. Эргиллэн баран, Балаҕаччыга лааппыга харабынайдаата, иккиэ буолан түүҥҥү өттүгэр солбуһа сылдьаллар диэн эмээхсин кыыһа Маарпа кэпсиир…
Тарбытын эмти охсон киллэрэн лыыбаҕа, үөрэҕэ булкуйан сиэн ыраатыннардыбыт. Кэлбит-барбыт, быстарбыт дьоҥҥо эмээхсин туох баарынан-суоҕунан аһыттан бэрсэр, онон тарбыт олунньу ыйга тиийэн бүтэн хаалла. Лыыбабыт холбо үс гыммыттан биирэ билигин да баар. Бурдук тардыыта – мин үлэм, күннээҕинэн, сиирбитин оҥостон олорон суорунаҕа лүһүгүрэтэбин. Нэчимиэн сииктээх туорааҕын, анал тимир лиискэ кутан баран, сирэй оһох суоһугар ыйаан куурдабын. Бурдук куурдар лиис түөрт өттүгэр тирбэҕэ быалаах буолар, онтуттан көхөҕө ыйанар. Туорааҕы хатарбатахха суоруна кыайан хоппот, ньаҕайдаан кэбиһэр. Үчүгэйдик ситэ куурбут, хаппыт бурдук туорааҕа ыстаатахха лыс гынар. Куурбут бурдугу, кэлиигэ соҕоҕунан сынньан баран, улахан чабычахха кутан сиксийэбин, оччоҕо сыыһа-буора ыраастанар. Чабычахтаах бурдукпуттан сабардаан ыла-ыла суорунам хайаҕаһыгар кутан сэмээр тардабын. Олус үлүһүйэн түргэнник тартахха куруппалаан кэбиһэр, ол иһин ыксаабаппын, наҕылыччы үлэлиибин, киҥинэйэн муннум анныгар буолары-буолбаты ыллыыбын, добуоччу уһуннук олоробун. Тардан бүтэрим саҕана сирэйдиин, баттахтыын түөрэ үп-үрүҥ буолан хаалабын, кэлин былаат баанан олорор үгэстэнним, оччоҕо бурдук күүдээнэ көтөн баттахпын маҥхаппат. Тастан киирдэххэ, бурдук тардан кикирийэ олорор киһи сирэйэ-хараҕа туос курдук кубарыйан баран, көрөн-истэн чоҕулуҥнатан киһи эрэ күлүөн курдук дьүһүннэнэр.
– Эбээ, эбээ… көрүүй ол… эдьиий чөчүөккэ курдук дии-и… – дии-дии Баһыычаан эбэтигэр, мин бурдук тарда олордохпуна ыйан көрдөрөр, дьээбэлэнэн уоһун үмүрүтэ-үмүрүтэ, сирэйэ-хараҕа турбут ахан буолар.
– Ол, чөчүөккэни ханна көрбүккүнүй тоом, эдьиийгин дьиэ иччитэ тойооскуга холуугун?..
– Оттон, били, били эдьиий кэ-кэпсээбитэ дии… чөчүөккэ кубаҕай сирэйдээх диэн, – Баһыычаан эбэтин диэки ыйыппыттыы көрөр.
Маарыйа, кыра уол саҥатыттан сонньуйар, төбөтүн имэрийэн баран, үгэһинэн оройуттан сыллаан ылар. Эмээхсин оҕону аһаҕас сүнньүттэн сыллыыры сөбүлээбэтэ, «кута кутугунайар» диэн ааттыыра.
– Эдьиийиҥ бурдугун тардан бүтэрэн эрэр, билигин алаадьы сырдьыгынатыахпыт, – эбээ тимир кытыйаҕа тиэстэлээри сургуйбут уу кутар, бу кэмҥэ мин чабычахтаах бурдукпун тардан бүтэрэбин. Суорунабын кус кынатынан кичэйэн сотон ыраастаан баран, таас анныттан даарбын тардан ылан, мэлийбит бурдукпун кыл сиидэҕэ сиидэлиибин.
Баһыычаан алаадьы буһар сураҕын истэн үөрүүтэ үксүүр, саҥата-иҥэтэ элбиир, Улахан Баһылай оҥорбут талах оҕустарын харса суох харсыһыннарбытынан барар.
Күн билигин да кылгас, борук-сорук барыгылдьыйа охсон хаалбытын киһи билбэккэ да хаалар. Күннээҕи түбүк элбэх: сарсыарда туран эрэр, киэһэ утуйан эрэр буолабын…
Баһылай сохсотуттан табысхааны биирдиилээн аҕала турар. Көтөх баҕайылар. Буспутун кэннэ уллугун уҥуоҕун силиитин обордоххо «хатан хаалан» кэлбэт. Эмис куобах силиитэ обордуҥ да «сөлүгүр» гына түһэр, таманнаах табысхаан силиитэ минньигэһэ сүр. Ырыган куобах быара туох да амтана суох, чэлкэх курдук, ол иһин сиикэйдии сиэбэппит, оттон эмис дьылыгар наар сиикэйдии эрэ сэлибирэтэр бастыҥ аспыт, сылгы быарыттан туох да атына суох минньигэс. Куобах ис муотараҕа үүт-үкчү Дьөһөгөй оҕотун киэнин курдук. Ол иһин сылгыны куобах убайа дииллэр…
Баһылай Быркылаах пиэрмэтигэр, оттон Огдооччуйалаах Настаа Айдаҥ хотонугар от тиэйэллэр. Ол иһин урут-хойут кэлэллэр.
Биир киэһэ таска тиэргэн чигдитигэр киһи хоочурҕаан кэлэр тыаһа иһилиннэ. Кыраһалаах булка сылдьаллар, Намыынап Хабырыыл ыта иччитин кытта Айдаҥҥа барсан турар, онон өтөхпүтүгэр айанньыт иһэрин эрдэттэн биллэрэн сэргэхситиэх ыппыт суох… Этэрбэс эҥин тэбэнэр тыас иһиллибэтэ… Муус чомпой буолбут халҕаны нэһиилэ арыйан, тымныы туманын өрүкүтэн, киһи түөрэҥэлээн киирдэ. Халҕан лип гына сабыллаатын харса суох дьиэ иһигэр өрүһүспүттүү кутуллубут туман, саһа, кирийэ сатаабыкка дылы, сыҥаһа ороннор анныларын былдьаста, тута симэлийэ, дьайҕара оҕуста… Арҕаа Кыргыдайтан сылдьар хаамаайы муҥнаах эбит. Сэниэтэ эстибит, бырда быстыбыт эрэйдээх буолара тута биллэр, көмүскэлэрэ төгүрүччү иилэнэн хойуоран хаалбыттар да, дьөлө үүттээн эрэргэ дылы уоттаах харахтара бэрт сытыытык чоҕулуһаллар. Аан чанчыгынааҕы адарай ороҥҥо хапсыйан олорон, саҥата-иҥэтэ суох сарыы сонун муос тимэхтэрин төлөрүтэ сатаата… Онуоха эмээхсин остуолуттан кэлэн сыгынньахтанарыгар көмөлөстө. Киирбит киһи нэк бэргэһэтин дуомун быата сыыҥар, сырааныгар биһиллэн, тоҥон иилистэн хаалбытын син өр букунайан сүөрдэ.
– Эрэйдээх, оо муҥнаах… иэдэйбит… – эбээ киирбит киһини аһынан хайдах да буолуон булбат.
«Ыалдьыт» нэһиилэ сүөдэҥнээн хааман, остуолтан тайанан олох маска олордо. Сүүһүн аннынан сүргүччү көрөн саҥа-иҥэ суох, сэниэ да эстибитэ, бырда да быһа түһэн быстыбыта бэрт быһыылаах. Баттаҕын кылгас гына, тэҥэ суох «сэлэттэрбитэ» дьүһүнүн эбии дьүдьэтэр. Кырыылаах икки иэдэһин улахан тымныыга иһэлитэн, үлүтэн кэбиспитэ хараараллар. Муннун анныгар тор курдук хойуу бытыктаах, сэҥийэтигэр онон-манан, абына-табына эрэ баар.
Быстарбыт, хаамаайы дьон өтөр-өтөр киирэн ааһар буоланнар, көрө үөрэнэн, соччо дьиктиргээбэппит. Эмээхсин чэй кутта, алаадьы бэристэ. Киһи аҕыйах омурт чэйи куолайын куллурҕатан истэ, лааппы чэйин бэрт минньигэстик амтаһыйан ыйыстар. Алаадьыны ылан быһа ытыран уһуннук ыстаан баран биирдэ эрэ дьүккүк гынар. Таҥнан олорор таҥаһа сэнэх. Сылаас дьиэҕэ киирэн ирэн, итии чэйи иһэн, имэ кэйэн кэллэ. Дьонум ону-маны ыйыталаспыттарыгар аҕыйах тылынан нэһиилэ кээҕинээн хоруйдаата.
Мантан киэһэ эбэм муҥха эмис соботун киллэрэн алтан күөскэ ыгыччы буһарда. Эрдэ хатырыктаммыт тоҥ собону сүгэнэн төбөтүн быһа охсон баран, үөһүн быһах төбөтүнэн дьөлө хаһан ылан кэбиһэр. Күөс сэмээр кыынньар кэмигэр киирбит киһи син сээкэйи кэпсээтэ. Эдэр киһи буолан итии киллэрдэ да сэниэлэнэ түстэ быһыылаах:
– Эһиги холкуос өҥ сураҕын истэн кэлээччи-барааччы элбэх дииллэр. Ону да арыый сэниэлээҕэ кэлээрдэҕэ… кэриимнэнээри аара охтубут да үгүс ини… Бу саас саһарардаан өлө сыспытым, хата балык быгыытыгар тиийэн өрүһүммүтүм, аны сынгаалаан саатар сатамматым ээ… Бииртэн-биир… Уһуннук ыарыһахтаан, үлэбэр тахсыбакка, абаансанан алыс «аһаан», холкуоспуттан таһаарбыттара… Хата быйылгы дьылга, туох буолан үөстэрэ тэстибитэ эбитэ буолла, муҥха балыгыттан эҥин холкуостаахтарыгар кэм тииһиннэрэр буоллулар ээ. Ол эрэн үлэни кыайбат, аһаах өттө баҕас билигин да букатын быстыынньа олохтоох… Күннээҕинэн күнү-дьылы кээрэтии. Үнүр бэрэссэдээтэлгэ бэйэтигэр киирэн туох эмэ ыстыырда бэрис диэбиппин, ыанньык пиэрмэтигэр ынах сааҕа таһаарааччылара «иһин убахтатан» (үксүн, муҥура ыалдьыбыт киһини инньэ дииллэрэ) өлөн, ол сордооҕу солбуйтараары тылламмыта, ону тугу эмит үссэнэн баран үлэлиэ этим буо диэбиппин батан таһаарбыта…
Күөспүт буспутун кэннэ наҕылыччы аһаан баран утуйдубут.
Уйбаныап Баһылай диэн ааттаах хаамаайы «ыалдьыппыт» биһиэхэ үс хонно, онтон эмиэ салгыы ыал кэринэ Айдаҥ диэки бараахтаата. Тулаайах сордоох буолан туохтан да тутуллара суоҕа, үксүн да итинниктэр хаамаайылыыллара… Эмээхсин туораах бурдук оҕото, лыыба сыыһын бэрсэн ыытта.
– Оо, баччалаах аһаабытым кэннэ, үс хоннум дии, өссө өйүө, ыһык биэрээхтиир буоллаҕа, – диэн Баһылай сүрдээҕин үөрдэ.
Олунньу ыйга, эмискэ сылыйан, буурҕа бөҕө буола сырытта. Түүн утуйа сытан күүстээх тыал иһиирэ-иһиирэ улуйар тыаһыттан уһуктан кэлэн баран ардыгар уум букатын көтөр. Сирэй оһох уота сөҕүрүйдэ да, сонно тута, киһи этин-сиинин дьагдьатар сөрүүн биллибитинэн барар, сарсыарданан лаппа тымныйар, ардыгар улахан тымныыларга киһи тыына күдээриччи буруолуур, сапта сыппыт суорҕаныҥ саҕата бүтүннүү хаар кырыа буолар. Уһааттаах ууну быһаҕынан көйөн баран биирдэ эрэ хомуоһунан сомсоҕун.
Сирэй оһох уота умайан бүппүтүн кэннэ, хараҥаҕа оһох ураатынан аллараттан үөһэ көрдөххө, халлыбыт халлаан сулуһа дьирибинэйэн олорор. Сорох ыаллар улахан дулҕанан оһохторун ураатын ис өттүттэн бүөлүү анньан кэбиһэллэр, онтулара сороҕор кыым хатанан буруолуур, дулҕаны сиэн тыастаах баҕайытык күлү өрө өрүкүтэн сурк гына кэлэн түһэн соһутар. Киэһэ утуйарга кытарбыт чоҕу чөкөлөөн, күлүнэн көмөн, биир сиргэ тарыйан, оһох уйатыгар бугуйан кэбиһэллэр. Сарсыарда туран күлү тарыйдахха уоттаах чох арылыс гына түһэр, онно хаппыт амынньыары, киһиргэһи, туоһу быраҕан, үрэ-үрэ күөдьүтэн, уоппутун хат оттунабыт. Сорох ыаллар испиискэлэрин да харыстаан итинник туттуналлар, дьаһаналлар быһыылаах. Табахтарын үксүгэр кыһыл чоҕу төкүнүтэн ылан, эбэтэр уоттаах тымтыгы даҕайан уматталлар…
Ый эргэтин диэки биир чоргу күн киэһээ аһылыкпытын аһаан бүппүппүт кэннэ, Намыынаптар ыттара Баһырҕас үрэн моргуйбутугар, таска тахсан иһиллээбитим киэһээ дьыбарга Арҕаа Кыргыдайга түһэр аартык туһаайыытынан, өссө да көппөйөн турар көмнөхтөөх тыа үрдүнэн, таба эҥээнин, чылааҕын, буоталатын тыаһа бөҕө бэрт чуолкайдык эҥсиллэр… Дьоммут иһэллэрин тута сэрэйдим. Бэйэбит да бүгүн-сарсын кэлиэхтэрэ диэн кэтэспиппит ыраатта. Дьиэҕэ сүүрэн киирэн: «Ылдьаалаах иһэллэр быһыылаах, хаҥылда тыаһа бөҕө…» – диэтим.
Маарыйа эмээхсин чаанньыгын тобох уутун сүөкээн, уотугар хаппыт хардаҕастары эбэн, чэйин саҥалыы өрдө. Огдооччуйалаах Настаа тахсан эмиэ иһиллээтилэр. Элбэх турку ылаҕа айан суолугар ыйылыы сыыйыллар тыаһа чэбдик дьыбарга сороҕор субу иһиллэр курдук, эмиэ да ыраатан, тэйэн хааларга дылы…
Син уһуннук күүппүппүт кэннэ дьоммут табалара дьэ көһүннүлэр. Кыраһалаах Маанчык утары сүүрэн кэлэн, тула көтө сылдьан эккэлээн бөҕөлөр, омуннарыгар туома киһини түҥнэри көтүөх айылаахтар. Кыраһа икки кэлин атахтарыгар ыстаҥалыы-ыстаҥалыы, илин атахтарынан түөспүттэн тайанан туран, сирэйбин салаан ньалыбыратан ылар. Настааччыйалаах ыттарын ымманыйан таптыы-таптыы имэрийэллэр-томоруйаллар…
Ылдьаалаах табаларын бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи, тус-туһунан, тиэргэн иһигэр күрүө тоһоҕотугар баайталаатылар, туркуларын хос-хос тартартаан кэбистилэр, курайдарын күрдьүккэ туруору анньыталаатылар. Ылдьаа тайах тыһа этэрбэһин хаарын уостаах үтүлүгүн төбөтүнэн топ-топ охсуолаан тэбэнэн баран, туркутун дьуун сабыытын быатын сүөрэн, биир дьоһуннаах били кууһан биһигини кытары ньуу-ньаа буолан дьиэҕэ киирэр. Ийэтэ Маарыйа турарыгар билин баһын хамсатан: «Дорообо!..» – диэн дьээбэлэнэр. Эбээ ону көрөн сэгэччи туттан мичээрдиир: «Улахан да бил эбит…» – диэн сөхпүтүн биллэрэр.
Ылдьаа тас таҥаһын сыгынньахтана охсон, тайах этэрбэһин уһулан, уот иннигэр өссө эбии кичэйэн тымтык маһынан оргууй тэбээн тобугуратар, адарай оронун анныттан дьиэҕэ анньынар кылгас остоох ынах этэрбэһин ылан кэтэр.
Өтөх ыалларын биир уратыларынан, үгэстэринэн, булчуттар маҥнай кэлбит күннэрин, киэһэни бары бииргэ атаараллара. Ол сиэринэн Хабырыыл кэргэнэ Сөдүөрэлиин эмиийдээх кыыстарын бойбоччу суулаан көтөҕөн киирдилэр. Хабырыыл таба тыһа курумуутун устан, чэпчэки олооччу анньыммыт.
Сорох дьон ыраахтан кэллэхтэринэ маҥнай утаа ууну омурдубут курдук саҥата-иҥэтэ суох буолаллар, онтон ирэн-хорон баран биирдэ эрэ тыллара дьэ өһүллэр. Биһиги Ылдьаалаахпыт уот ааныттан кэпсээн-ипсээн дэлэй дьоно, Арыылаах эбэлэрин тумуһаҕыттан, субу кэлэн иһэн, үөр уларга түбэһэн, икки хараны ытан ылбыттар. Өссө да сылаас сылдьар, тапараҕа уойбут эмис көтөрдөрү Огдооччуйалаах Сөдүөрэ эр-биир үргээн кэбистилэр. Хайа да көтөр сылааһыгар бэрт судургутук ньылбы тутуллар…
Сотору чэй оргуйан остуолга ас бэлэмнэннэ. Хабырыыллаах били көтөҕөн киллэрбит биллэрин эрбээн үөрэҕэстээтилэр, кыратык ириэрэ түһэн баран кырылаччы кыһан кэбистилэр. Бил этэ минньигэһэ сүрдээх. Мин үрүҥ балыгы бастакы көрүүм уонна амсайыым этэ. Айахха уктахха мэктиэтигэр ууллан хааларга дылы сыа да сыа. Туустуу-туустуу өрүс күндү балыгын этин хойуутук барбыт лааппы чэйин кытта тотуохпутугар диэри сиэтибит…
Бастакы сэмсэ аһылык кэннэ, халлаан хото хараҥарыан иннинэ, булду саамылааһын буолла.
Дьоммут сорук оҥостон барбыт сүрүн сонордоһор бултара кылааннаах түүлээх, ону таһынан арҕахтан эһэни, түөрт тайаҕы бултаабыттар, кыыл таба этин туспа тиэммиттэр. Бэйэлэрэ этэллэринэн «уу харамайа баҕас, өрүү да буоларыныы, өлгөмнүк бултаммыт». Хас турку аайы өрүс балыгын арааһа тиэллибит, үксэ үрүҥ балык: бил, хатыыс, чомугур, быйыт. Хара да балык баһаам. Аны туран элгээн эбэлэригэр соболообуттар, онтулара бөдөҥө сүрдээх, мин көрдөхпүнэ, бүтүн кытахха аҥаардас биир эрэ собо батыыһы. Маннык бөдөҥ соболору мин урут хаһан да харахтыы илигим. Дьоҕойон, оҕо киһи икки өттүгэр биирдии собону кыбыннаҕына да бэйэтэ сөп таһаҕас буолсу.
Эти, балыгы ампаарга тастылар. Мин Настааччыйалаах Огдооччуйаҕа илии-атах буолан көмөлөстүм. Түүлээхтэрин хааһахха хаалаабыттар, онтулара туркуларга кэлгиллэ сылдьаллар.
– Түүлээҕи сарсын сарсыардаттан сырдыкка бэрийиэхпит, – диэтилэр.
Олунньу эргэтинээҕи халлаан чакылыччы халлан, бииртэн биир-биир сулустар дьирибинэспитинэн бардылар, эбиитин эдэр ый көрсүөтүк хоҥкуйан, үүт бараан, дьикти уйаҕас чэбдик түүн күөртүү көтөн кэлэн түөрт саҕаҕы имэрийэ тутта, күөл уҥуоргутунааҕы эргэнэ тыа дьирбии курдук хараарда. Арай «халлаан уолун хайыһарын суола» эрэ, улаҕата-киэлитэ биллибэт киэҥ нэлэмэн куйаары хайа суруйан, үрүҥ тунах буолан өрө сыыйыллынна…
Кыраһалаах Маанчыкка бэҕэһээ киэһэ сиэбит собобут уҥуоҕун, уулаан-хаардаан таһааран, анал иһиттэригэр кутуталаатым. Биһиги дьиэҕэ киирэрбитигэр ыттар туркуларын аттыгар аһаан бахсырыйа хааллылар…
Үөрэҕэстэммит били кыһан кырылатан улахан тимир нэлэгэргэ өрөһөлөөн баран, амтанын билэн сэмээр сии-сии кэпсэтии-ипсэтии салгыы барда. Уһуннук сүтэн баран, киэҥ, чиэски сирдэринэн тэлэһийэн кэлбит булчут дьоммут сэһэннэрин истэн түүн хойукка диэри олордубут. Бииртэн-биир сэһэн-сэппэн, кэпсээнтэн кэпсээн салҕанан, ситимнэнэн бара турар…
О проекте
О подписке