Ылдьаалаах биир күн урут сылдьа илик ыырдарынан бэрт киэҥ сиринэн тайаан, түһүүлэригэр чугаһаан иһэн мунан быстарбыт булчуту булбуттар. Киһи от үрэх кытыытыгар сытара үһү. Хайыһара суох, тоҥуу хаары оймоон иһэн охтубут. Хабырыыллаах табалара сиргэнэн, таныыларын тардырҕата-тардырҕата өрө ханарыйан чинэккэлээбиттэр, ыттар тиийэн сытырҕалыы-сытырҕалыы ыйыласпыттар. Туркуттан түһэн умса сытар киһини эргитэн көрбүттэрэ саха эбит, хараҕын нэһиилэ көрөн тугу эрэ саҥаран үлүгүнэйэ сатыыра үһү да, тоҥон, тыла булдьуйан, биир да тылы киһи иилэн ылан истиэн курдугу эппэтэх. Арбаҕаһа, ньылбата суох аҥаардас халтаҥ сонунан эбитэ, саата, сүгэһэрэ эмиэ суоҕа үһү. Ылдьаалаах туркуга сытыаран балааккаларыгар аҕалбыттар. Билбэт булчуттара биһиги дьоммут үүтээннэриттэн соччо ырааҕа суох сиргэ быстаран охтубут. Тимир оһох балаакка иһин сонно тута «үрэн» кэбиспит. Эрэлэ букатын эстэн сыппыт киһи, дьон түбэһэ түһэн булбутуттан үөрэн, эр ылан, хамсанан-имсэнэн кэлбит, эһэ үөһэ суураллыбыт итии чэйи иһэн, сылыйан тыла дьэ өһүллүбүт. Эт-хаан өттүнэн чэгиэн, бөдөҥ-садаҥ киһи буолан, тымныйбыта охсон салгыы ыалдьан хайаан сытан хаалбатах. Иэдэстэрин уонна хаҥас илиитин эрэ кыратык иһэлиппит. Охтубутун кэннэ Ылдьаалаах сонно тута булан уонна халыҥ былыттаах, нуһараҥ күннэр тураннар киһи хата улаханнык үлүйбэтэх. Ол булчут, Хаҕын киһитэ, Бөһөх Бүөтүр диэн эбит. Бултуу иккиэ буолан эмиэ табанан тахсыбыттар. Бөһөх сир кэринэ сылдьан үрэх иһигэр саһыл олугар чааркаан ииппит… Биир күн табаларын тэйиччи баайан баран, хайыһарын кэтэн, били чааркаан уурбут сиригэр чугаһаан иһэн ыраахтан көрбүтэ, дьэ эбэтээ, баай хара тыа сэдэхтик түбэһэр маанылаах харамайа уот кыһыл саһыл иҥнэн өрө мөҕө олороро үһү. Саһыл киһи сыбдыйан иһэрин көрөн, тыын былдьаһыгар өлөр мөхсүүтүн тилигирээбит. Биир түгэҥҥэ тимир чааркаан чыба кулугутуттан төлө ыстаммыт. Икки бууттаах чааркааны соспутунан куотан субуруҥнаабыт. Уһуннук мөхсөн ыарыыланан бэрт мөдөөннүк ойуолуура эбитэ үһү. Бүөтүр ону сырсан добуоччу ыраах барбыт. Чааркаан чээҥкээйилээх саһыл ыт мунна баппат ычыкынын иһинэн, куобах ороҕунан куотара эбитэ. Күүстээх бууттаах чааркаан буолан уҥуоҕун тоһуппут, хаан таммалыыра киһи иннигэр хойуу тыа быыһынан, оол курдук көстө-көстө, көөчүктээбиттии көп кутуругун соһон мөлбөрүҥнүүрэ үһү…
Бөһөх Бүөтүр кыттыгас бииргэ бултуур киһитинээн, Баһылай Кирииллин-Чаампара диэнниин, Лииндэ салааларын, Чигди үрэхтэрин бата сылын аайы бултууллара эбитэ.
Саһыл ситтэриэхчэ ситтэрбэккэ, сылбах бүтэйдии күөрэ-лаҥкы сууллубут, хаһан эрэ өрдөөҕүтэ улахан уот сиэбит, куобах уоһа адырҕаналаах сиринэн иннигэр бардар-бара турбут. Бөһөх туоһапкатыгар уонча ботуруоннааҕынан ыппыт да таппатах. Саатын уоһун иһэ мууһуран хаалан отой сыыһан кэбиспит. Уот кыһыл саһыл Чигди үрэҕиттэн тахсан аны Сэбирикээн диэн үрэҕи сыыйан барбыт. Саһыл да өлбөт үөстээх, булчут да, сырыыны-сылбаны сылдьыбыт киһи диэтэххэ, кыра оҕоҕо дылы баламаттык батар, ньоҕой майгылаах киһи буолан биэрбит. Кирииллиннээх ити үрэххэ урукку эргэ үүтээннэрэ баара, кэлин атын сиринэн ыырданан ол эргин сылдьыбатахтара хас да сыл буолбут, Бөһөх «онно тиийэн баран төннүөм» дии санаабыт… Арай туран, тыаһы иһиллээбит курдук иһийэ чуумпуран турбут халыҥ былыттаах халлаан, эмискэ куугуначчы тыалырбыт. Сааппас түһэр чинчилэммит. Сотору күүстээх тыал күүһүн-уоҕун ылан атын аҕайдык силбиэтэммитинэн барбыт, ити-бу көстүбэт, хойуу хаар түһэн үллүктээбит… Быыһа-арыта суох халыҥ былыт саба бүрүйэн, күн киирэн, тута хараҥаран хаалбыт. Тыал эбии сэтэрээн буурҕаҕа кубулуйбут. Бөһөх Бүөтүр бу сылдьан, ый, сулус көстүбэт буолан, соҕуруутун-хотутун, туһаайыытын, хайысхатын кыайан торумнаабакка мунан хаалбыт, үүтээн мантан чугас буолуохтаах диэн үрэх сүнньүн тутуһан хаама сатаабыт да булбатах, аны ол бутукаайдана сылдьан, өлүү түбэлтэлээх диэбиккэ дылы, аҥхалаат сиргэ хайыһарын тоһуппут. Бөһөх дьэ ити курдук иннин-кэннин билбэт буола таһы-быһа харааччы мунан хаалбыт. Сирэйин хоту мээнэ бадалайдаабыт… Түүн харыйа сыбар иһигэр киирэн кулуһун оттон хоммут… Нөҥүө да күнүгэр тыал ытыллара, хаар түһэрэ тохтооботох, халыҥ былыт биир кэм боруоран, нүһэрэ ыаһыран турара үһү. Бүөтүр эргэ үүтээнин көрдүү барбатах. Бэйэтин сылыктааһынынан «маннык бардахпына Чигди үрэҕин хайаан да булуохтаахпын…» диэн үлүбээй үнүөхтээбит. Хайыһара суох киһи халыҥ хаарга отой сир өппөтөх. Ахтатынан хомураҕы икки хонугу быһа кэһэн, бырда быстан охто сыттаҕына Ылдьаалаах булбуттар…
Бөһөх Бүөтүр ити курдук хайдах муммутун кэпсээбит. «Табаларым бааллан хаалбыттара, бөрөлөр түбэһэ түһэн тардыахтара…» диэн, биир кэм ол санаата үһү. Ылдьаа: «Сарсын сарсыарда эрдэ туран барыахпыт, билигин утуйан сынньан…» – диэбитигэр үс хонугу быһа хараҕын симпэтэх булчут, сылааска уҥуоҕа ууллан, сылаата таайан утуйбут… Ол эрэн саҥа муннулара тыаһаан эрдэҕинэ ыттар үрбүттэр. Хабырыыл туран чүмэчи умаппыт, бары уһуктубуттар, ити ыккардыгар туркулаах табалаах киһи тохтуур тыаһа иһиллэн баран, кэлэн балааккаҕа киирбит. Киирбит киһи Бүөтүрү көрөн саҥа аллайа түспүт: «Хайа, бу киһи манна кэлэн сытар эбит дуу… – соһуйуу-өмүрүү бөҕөтө буолбут, – мин сиргэ быстаран туома өллөҕө диэтим ээ, тибии-тибэн, суолуҥ-ииһиҥ ханан да суоҕа, болдьообут курдук буурҕатын оҕото…» Суол хайа сылдьааччы, түүҥҥү ыалдьыт, Бөһөх бииргэ бултуур доҕоро Кирииллин Баһылай эбит.
Сарсыныгар Бөһөх биһиги дьоммутугар улаханнык махтанан баран, кыттыгас доҕорунаан бултуур ыырдарыгар, үүтээннэригэр барбыттар.
Ылдьаалаах Баһылай тоҥ бил этин мэтийэ-мэтийэ кэпсээбит биир кэпсээннэрэ итинник. Аны арҕахтан тыатааҕыны «таһаарбыттарын» туһунан кэпсээбиттэрэ бэйэтэ туспа дьикти сонун. Эһэ арҕаҕын Кыраһа булбут. Ону биир күн оҥостон тиийэн иккиэн бултаабыттар. Арҕах айаҕын титирик бысталаан бүөлээн баран иһигэр ытан өлөрбүттэр, Ылдьаа киирэн, мас ытыртаран «томторуктаан», соһон таһааран астаабыттар. Сүрдээх эмис атыыр эһэ эбит, балааккаларыттан соччо ырааҕа суох сиргэ арҕах хастыбыт.
– Маанчык да үөрэниэх быһыылаах, Кыраһа курдук улаханыгар, кыратыгар барытыгар дьоҕурдаах, – Ылдьаа сүөгэй үүттээх хойуу чэйи иһэ-иһэ ытын хайгыыр. – Ытылла илик эһэҕэ, бүө маһын быыһынан, арҕаҕы өҥөйө сытан үрэн моргуй да моргуй, соһон таһаарарбытыгар тиистэһэн эҥин сүрдээх… Кыраһа – өйдөөх ахан ыт, мас көтөрө олорорун көрдөҕүнэ эккэлии-эккэлии киһиэхэ сыстаҥныыр, ыйылыыр, оччоҕо көтөр олорорун көрбөккө да иһэн тохтоон, таба көрөн ытан ылаҕын. Сорох ыт улары сырса сылдьан үрэр үгэстээх, олорбут маһын тарбыыр, инньэ гынан, көтүтэн кэбиһэн отой бултатааччыта суох.
Ылдьаалаах Хабырыыл сэһэннэрэ-сэппэннэрэ элбэх. Хойукка диэри ирэ-хоро кэпсэтэн баран биирдэ утуйдубут…
Сарсыҥҥы күнүгэр түүлээх бэрийиитэ буолла. Бултаабыт тииҥнэрин сүлэ-сүлэ тоҥорон аҕалбыттар, атын да түүлээхтэрин оннук дьаһайбыттар. Сүлүллүбүт тииҥи, инчэҕэйин ис гынан тиэрэ-тиэрэ, кытахха симэн тоҥороллор. Иһит туоллаҕына ириэрэн, хоҥнорон ылаллар уонна дьууҥҥа суулаан мунньан иһэллэр. Балаакка тимир оһох сойдо да тымныйбытынан барар, ол иһин сорох булчуттар сиргэ түүлээҕи хатарбаттар, элбэҕэ да бэрт. Саҥа дьыл эрэ иннигэр бултаабыт түүлээхтэрин аҕалан, хатаран туттараллар, таарыйа ыһык, өйүө ылан бараллар. Дьахталлар саба түһэн таҥастаһаллар, онон түргэнник бэриллэр. Тииҥи киэптээбэккэ, «тумсуттан» маамыктаҕа тиһэн, дьиэ иһигэр хатараллар. Бэлиэлээҕи айаҕынан сүлэн киэптииллэр…
Тыатааҕыларын түүрүллүбүт тириитин ириэрэн баран, таска таһааран эркиҥҥэ тиирэн хатара ыйаатылар. Сааскы сайа охсор чэбдик салгыҥҥа хаппыт ойуурдааҕы «арбаҕаһын» Ылдьаа маҥнай соҥоһоонноото, онтон куобах тириитин курдук ньылыбырыар диэри илиитинэн имитэн баран, тэллэх гынна. Үөһүн ийэлэригэр биэрдилэр: атыырын киэнэ дьахтарга, тыһытын киэнэ эр киһиэхэ улахан эмтээҕэ былыр-былыргыттан биллэр.
Тээтэкээннэрин этин буһардылар, күөскэ баппаҕайын кытары уктулар.
Маарыйа эмээхсин:
– Тоҕойуом, күөскүн эргит эрэ, – диэбитигэр, уһун уктаах хамыйаҕынан түөрэ баһан булкуйа турдахпына, арай үүт-үкчү киһи илиитин курдук эһэ баппаҕайа адаарыйан тахсан кэлбитигэр соһуйан дьик гына түстүм. «Һук!..» диэбиппин истэн эмээхсин сонньуйан ылла. Кыылбыт этин сиирбитигэр сиэри-туому тутуһан «хоок!..» дии-дии айахпытыгар утаарабыт. Ол аата «эн эккин биһиги сиэбэппит, суор сиир…» диир үһүбүт, оччоҕо тээтэкээн киһиэхэ өстөммөт диэн өйдөбүл баар.
Булчуттар сонуннарын истээри хас да хонугу быһа ааммыт сабыллыбата, Айдаҥтан анаан-минээн кэлэн көрсөн бараллар. Тайахтарын этиттэн, балыктарыттан, сөп-сөп өлүүлээн, түҥэтэн бэристилэр.
Ылдьаалаах түүлээхтэрин Балаҕаччыга илдьэн лааппыга туттардылар.
Кулун тутар төһө да силлиэлээх, тибилгэннээх, эмиэ да курас, дьэҥкир дьыбар аргыһынан кубулҕатырдар, халлаан сылыйбыта лаппа билиннэ. Ахсынньы саҕаланыаҕыттан кырдьаҕастар «күөл уута көөнньөр» сорохтор өссө «сытыйар», «эргэрэр» диэннэр, ыаҕаһынан ууну баһары тохтотоллор, анньыынан муус алларан, ону тымтайга сүгэн тахсан ууланабыт.
Таска сылдьан мөскөйбүт мап-маҥан хабдьылар тэлээрэ көтөн ааһалларын күн аайы көрөбүн. Күөл тумуһахтарын көмнөхтөрө суйдаммыт, хойуу үөттэрин лабааларыгар хатанан олорон үнүгэстээн үссэнэн, аһаан ыбыгыратан солото суох буолаллар. Ылааҥы, чуумпу күн дьэргэлгэн ирбинньиктэнэ оонньуур. Сымнаҕас үрүҥ хаарга хаамсар ыалыкылар дьэргэлгэҥҥэ олус бөдөҥөөн көстөллөрө туһугар дьикти көстүү.
Улахан Баһылай талаҕы иэҕэн, хабдьы туһаҕын иитэригэр уллуҥах оҥортуур. Кыл хатан туһахтыыр, күн аайы иккини-үһү ылар, ардыгар кураанах да кэлэрэ ханна барыай. Ол эрэн үксүн илии тутуурдаах, өттүк харалаах буолар. Хабдьы – ырыган куобах курдук уу судураакы мииннэммэт, мэлдьи да астык амтаннаах, бэрт минньигэс эттээх көтөр. Дэлэҕэ да ыалдьыбыты түргэнник атаҕар туруораары мас көтөрүн этинэн, миининэн хатаҕалыы сатыахтара дуо.
Уһун күнү быһа таһырдьа салгыҥҥа үлэлээн букунайар дьон сирэйбит килэрийэ хараарда. Баһылай: «Мантан ынтах ыт-кус өттө баҕас салгыны да «хабыалаан» өннөнөр баҕайыта…» – диир.
Халлаан сылыйан Баһыычаан наар таһырдьа оонньуур үгэстэннэ, бэл Биэрэ кыыс, бойбоччу таҥнан баран, убайын кэнниттэн тооторуйан тахсан уһун күнү быһа тэлгэһэ иһигэр сээкэйи бары бодьуустаһан саарыыр. Киэһэ өссө кииримээри кирдиэхтэнэр.
Ынах уулуур ойбонун, тибии тибэн кэбиһэн, көрдөөн нэһиилэ булабыт, ол сылдьан атахпытын сиикэйгэ да уган ылыы баар…
Ый ортотун ааһыыта эбээ эмээхсин сарсыарда хотонуттан киирэн халтаҥ сонун уста туран:
– Соҕотох туллук кэлэн далга чөкөллөн олорор. Бэриэтчит туллук кэлбит быһыылаах, көрөөрүҥ эрэ, аҕыйах хонугунан туллук бөҕөтө буолуо, – диэтэ. Маарыйа эмээхсин эппитин курдук сотору саас илдьиттэрэ туус маҥан туллуктар чубугураспытынан бардылар. Биир халыҥ үөр кэнниттэн иккис үөр кэлэн эбиллэн иһэр. Таска таҕыстахха өтөҕү эргийэ көтөр кынаттарын тыаһа биир кэм суугунас.
Эбээ эмээхсин үс хос кылы хатан туһахтаан, хаптаһын сирэйин быһах төбөтүнэн хайа анньа-анньа, онно кыбытан ытаһалаан доҕуур оҥордо, онтон үөрэнэн биһиги бэйэбит эмиэ доҕуур оҥостон бодьуустастыбыт. Ыалларым оҕолоро: Морууса, Маарпа, Модьу уол буолан бары бииргэ сылдьабыт. Доҕотторум оскуолаларыгар барбыт кэмнэригэр туһахтары Баһыычаанныын көрөбүт, сир уларытан төттөрү-таары бэрийэбит. Иҥнибит туллуктары эргэ хотоҥҥо, күкүр иһигэр мунньабыт. Киэһэ оҕолор оскуолаларыттан кэлэллэрин кэтэһэн аартыгы манаһабыт, дьиэҕэ киирэ-тахса доҕуурдарбытын кэтиибит. Маарпалаах кэллэхтэринэ, улаханнык бултуйбут дьон быһыытынан омуннуран кэпсии-кэпсии, бултаабыт туллуктарбытын көрдөрөбүт, бары үллэстэбит. Күн уһаан халлаан хойукка диэри имнээх, онон киэһэ борук буолуор, лаппа хараҥарыар диэри кыбыынан, далынан, хотон үрдүнэн тэлэкэччиһэбит…
Доҕотторум барахсаттар, оол курдук, айан суолун аартыгыттан тахсан, халыҥ көмнөх саҕынньахтарын устубут, сытыы чыпчырхай лабааларынан хаалбыт чэчир хатыҥнар быыстарынан күлүкүччүһэн, тиритэн-хорутан, тиэтэйэн-саарайан ахан, хаамар-сүүрэр ыккардынан иһэн: «Аа-наа!.. Аанаа!.. Биһиги иһэбээ-эт!..» – дэһэ-дэһэ салгыы сүүрэн туораахтанан кэлэн саба түһэн көрсүһэллэрэ кэтэһиилээх түгэн…
Сааскы өттүгэр өтөхпүт оҕолоро өрөбүллэригэр эрэ буолбакка, көлөлөөх көһүннэҕинэ, хаһан баҕарар кэлэн бараллар…
Муоһа Суохтааҕы үөскэ үүрэн киллэрэн ойбоҥҥо уулаталыыбын. Ойбон мууһа кыһыҥҥытын курдук дөйө тоҥмот, хаар типтэҕинэ төрүт да сиикэй буолар, чоргу да күҥҥэ чараастык чарчыйар, анньыынан биирдэ астыІ да тэстэр, сөп буола-буола оһоору гыннаҕына куйуур ойбонун курдук хайаан да куодаланар. Алларан курдурҕатан баран, мууһун сүүрүнэн ыраастаан кэбиһэбин. Тула өттө сүөһү халтарыйбатын диэн модьоҕолонор, ону ойо охсумаары сэрэнэн туттабын. Ойбонум «тиэргэнэ» ыраас баҕайы күрдьүүлээх. Анньыы, сүүр куруук хайыҥҥа анньыллан үөскэ тураллар. Боруохтара мууһурдаҕына сэмээр «топ-топ» тоҥсуйан, тэбээн ыраастыыбын. Киэҥ ойбоҥҥо хас да сүөһү холкутук кэккэлэһэ туран уулууллар. Ардыгар харсыһан хачымахтаһаллар, онон уулаан бүтэллэрин кэтээн, кэтэһэн турабын. Харса суох дьирэҥкэлэһэн үтүрүһэ сылдьан аны ойбоҥҥо түстэхтэринэ да көҥүл, бэйэтэ да киэҥ киэлилээх ойбон. Сүөһүлэр бытарҕан тымныы саҕанааҕы курдук уулуу охсоот, «оҕолоох суордуу» төттөрү хотонноругар түһэллэрэ тохтоон, халлаан сылыйан, нэһирэн, сүрэҕэлдьээбиттии аат эрэ харата ыадаҥнаһаллар.
Муоһа Суох минньигэс баҕайытык сэмээр сыыйан уулуурун сэҥээрэн көрөбүн. Маҥнай омурда туолуор диэри сүүгүнэччи оборор, онтон куолайын «кулк» гыннаран дьэ ыйыстар. Хас ыйыртаҕын аайы «биир буолла… икки, үс, түөрт, биэс…» диэн ааҕабын. Сотору ынаҕым аҥаар муостаах саллайбыт төбөтүн өрө көтөҕөн тулатын атын аҕайдык, кыраҕытык сыныйбыкка дылы көрүөлэнэр, айаҕын чамырҕата-чамырҕата туора-маары салбанар. «Тыын ылар» быһыылаах. «Бытыгыттан» хоруоҥка курдук ып-ыраас дьэҥкир уу чоккуруур, онтон эмиэ хат нэмийэн салгыы уулуур. Үрүҥ ас бастыҥынан хатаҕалыыр ынахпыт барахсан, Муоһа Суох, мунна күлтэйэн, иһэ тэскэйэн киһи күлүөн курдук быһыылаах-таһаалаах… Сотору сүөһүлэр уулаан бүтэн бары хотоннорун диэки субуһаллар. Аара баран иһэн сыарҕаттан от тохтубутун сииллэр. Саас барахсан күүһүн-уоҕун ылан иһэрэ лаппа биллэр, салгына ырааһа, чэбдигэ, күн сарпа сарадах сып-сырдык сардаҥаларынан угуттуу тыгара астыга сүрдээх. Үрдүк кырдал үөһэ турар дьиэлэр оһохторун титирик урааларыттан үрүҥ торҕо буруолар күөх халлааҥҥа өрө сыыйыллан тахсан уҥа-хаҥас күөгэлдьийэ тураллара кэрэтик көстөр. Ыттар үрэн ньаҕырҕаһар саҥалара иһиллэр…
Ый бүтэн эрдэҕинэ Кыра Баһылайтан сурук кэллэ. Буоста таһааччы хассабыык кыыс аҕалла, суругу киниэхэ бэйэтигэр аахтардыбыт. Дьиэбитигэр төрдүөйэхпит эрэ, дьоммут үлэлэригэр. Дьиэҕэ хаалааччылар түөрэ үөрэҕэ суох дьоммут. Сурук ис хоһооно маннык:
«Убаастабыллаах дьонум бука бары дорооболоруҥ. Туох-хайдах олордугут? Настаа Огдооччуйаҕа суруйтарбыт суругун туппутум. Ылдьааны хата баччааҥҥа диэри ыҥыра иликтэр эбит дии. Ийэм өлүөр дуо?.. Баһылай тыатыттан тугу тыыппалаһар? Оҕолор этэҥҥэлэр ини? Бу балтым Өксөөн суругун тутаат, аахтараат да тута сурук суруйтардым… Холкуос үлэтин-хамнаһын онон хата сиһилии билэ сытар киһибин.
Кыһыл Аармыйа, субуотка иһитиннэрэринэн, күн аайы саҥаттан саҥа сирдэри, куораттары ылан кимэн киирэн иһэрин бэйэҕит да истэ-билэ сылдьар инигит. Өтөхпүттэн, дойдубуттан кэлэр сурук күндү да буолар эбит.
Мин иһим ыалдьан госпитальга сытан таҕыстым, билигин доруобуйам үчүгэй. Манна аҕыйах саха баар. Биир кэлэр, атын барар. Саҥа билсиэх-көрсүөх курдук буолан истэхпитинэ тус-туһунан биригээдэлэргэ араартааннар, ыыталааннар тэйсэн хаалабыт.
Чэ манан мин кылгас суругум бүтэр. Этэҥҥэ буолуҥ. Аныгыс сурукка диэри.
Суруйда уолгут Баһылай. Эһиги хайаан да суруйуҥ.
18. 12. 43.
Үс муннуктаах сурук, аҕыйах этиилээх да буоллар, бэрт күндү буолан биэрдэ.
– Харандааһынан, үчүгэй баҕайы буочардаах киһиэхэ суруйтарбыт, ааҕарга киһи эрэйдэммэт, – диир хассабыык кыыс. – Үнүр Баһылаайаптар уоллара Куолаттан сурук кэлбитин ааҕаары, оо, эрэйи да көртүм ээ. Муҥнаах сыыһата, алҕаһа да элбэҕэ…
Биһиги Баһылайбыт, үөрэҕэ суох буолан, киһиэхэ этэн суруйтардаҕына эрэ сурук ыытар киһи.
Күннэр-хонуктар эмиэ ааһан истилэр. Сааскы күн уһун, ол эрэн бииртэн биир түбүккэ аралдьыйан ону билбэккэ да хаалабын. Таһырдьа хото сылыйда, киһи-сүөһү тэпсибит сирэ быһа сиэһэн, тэлгэһэ иһигэр чалбах таҕыста. Далга, кыбыыга уһун кыһыны быһа тохтубут от сыата хараарбытын, туллуктарга ханыылаһан, ымыылар, чооруостар түһэн итигэстээн сии-сии, кинилэр эмиэ саас кэлбититтэн үөрбүккэ дылы, чыбыгыраһа-чыбыгыраһа, төттөрү-таары сырсыакалаһаллар. Хотонунан, далынан уһуннук сырыттахха ынах этэрбэс бэллэйэн хаалар, киэһэ сирэй оһох суоһугар ыраахтан сырайан сараҕадытабыт, ардыгар тыаллаах күн салгыҥҥа да ыйаан тэйгэтэн куурдабыт.
Биир күн Саамыттан Мундулуҥдаҕа сылгыһыт уолаттар икки атыыр үөрүн аҕалан хаайдылар. Сиэллээх Уола диэн сур өҥнөөх атыыр уонна Кыыллай Маҥана диэн үүт маҥан атыыр үөрдэрин көҥөнсөн, былдьаһан охсуһан бурҕачыстылар. Орулуу-орулуу харса суох кииристилэр: табыйсыы, логлорута ытырсыы, эргичис гына-гына тэпсии киэнэ кытаанаҕа. Бэйэлэрэ да аһаҕас турар хааччах тыа иһинэн барбыт «уоруйах кынатын» бата кэлэн бииргэ киирэн хаалбыттар. Уолаттар араара сатаан көрдүлэр да кыаллыбата, хайа да атыыр тахса охсон биэрбэтэ. Дьөһөгөй оҕолоро барахсаттар сиэллэрэ, кутуруктара ыһыллан олорор, өрө тура-тура, күөннэринэн түсүһэ-түсүһэ силиктэһэллэр. Туйах тыаһа лап-лачырҕас, тиис тыаһа лап-лаһырҕас…
Биир түгэҥҥэ Кыыллай Маҥана чугуруйан иһэн ласпайбыт кэтит самыытынан түөрт мастаах боотулу бүтэй үөһээ икки сиэрдийэтин тоҕо түһэн кэбистэ. Ити түгэни даҕаспытынан Сиэллээх Уола эргийэ түһээт, икки кэлин атаҕынан тэбэн кууһуннарда… Тыас тыаһа бүтэҥитик тас гынан хаалла, онно көрбүппүт Кыыллай Маҥанын илин уҥа атаҕын сотото ортотунан тостон тиэрэ баран, отой туспа эргийэн хаалбыт, чооҥкутун уҥуоҕа тириитин тэһэ көтөн тахсан кылбайбыт, хаан бөҕөтө ыраас хаарга ыһылла түстэ…
– Оо, атаҕын тоһутта!.. – уолаттар бүтэй иһигэр ыстанан киирдилэр. Кыайбыт атыыр охтубут атыырга чугаһаабата: сиэлэ, кутуруга ыһыллан, уйуһуйбута ааспакка, бүтэйи кыйа сүүрэ сырытта, ол эрэн түгэн булан, охтон баран үнүөхтүү сытар атыыры кэлэн сытырҕалаан көрөттөөтө. Ону үүрэн ыыттылар.
Кыыллай Маҥана да, Сиэллээх Уола да иккиэн көлүллэр атыырдар этилэр. Бэдэрээккэ, бурдук таһыытыгар сылдьан бараннар соторутааҕыта ыытыллыбыт сүөһүлэр. Быһыылара сымнаҕас сылгылар эрээри ыҥыырданан мииниллибэттэрэ.
Сылгыһыттартан биир уол Айдаҥҥа сугулааҥҥа көтүтэ охсон кэллэ. «Бэтэринээр, Маппый Дьаакынап, куоракка барбыт, Өксөөн дьаһайан кэбиһиҥ, ааҕын кэлин да оҥоруохпут диэтэ…» – диэн эттэ. Кырдьыга да атаҕа тостубут сылгы аны хаһан сүөһү буолуой. Кыыллай Маҥана төһө да бэдэрээккэ сырыттар куҥнаах эбит. Уолаттар этин тиэйэн Айдаҥҥа илтилэр, ону холкуостаахтарга көлөһүн күнүн суотугар абаанса түҥэттилэр.
Баһыычаан атыырдар охсуһалларын көрөн улаханнык салынна. Маҥнай бүтэй аттыгар туран чугастан көрдө. Онтон маҥан атыыр бүтэйи үлтү түспүтүгэр куттанан, куотан кыапарыйан кэлэн, тэйиччиттэн, ыраахтан кыҥастаста…
Ыраах ыырдаах айаҥҥа ат, таба; дьиэ таһыгар, мас, от тиэйиитигэр оҕус – бастыҥ көлөлөрбүт. Бэдэрээт аттара (уончалыы ат) ыраах Дьокуускай куоракка бардахтарына бэрт өр буолан баран биирдэ эргиллэллэр. Суол устатын тухары анал дьаамнар бааллар. Көлөлөрү онно сынньатан, аһатан ааһаллар. Оттон дьаам аттара хас симиэбийэ аайы атын аттарынан солбуллаллар. Бэдэрээккэ наллаан соҕус сылдьар эбит буоллахтарына, дьаам сырыыта суһал, кудуччу буолар. Буоста, сээкэй ыксаллаах дөкүмүөн, отчуот барыта дьаамынан таһыллар, боломуочунайдар эмиэ онон тиэстэллэр. Дөкүмүөн барыта чуолкай, лоп бааччы, биэстии хоно-хоно саҥа сибидиэнньэ кэлэ-бара турар. Дьаамсык да, бэдэрээччит да бэйэлэриттэн ыһыктаналлар, өйүөлэнэллэр. Симиэбийэҕэ сылаас дьиэҕэ хоноллор. Дьаамнаах киһи кинилэри оргуйбут уунан, аттарын отунан хааччыйар. Көлө сууккатааҕы нуормата – буут от, ону «аһыыка атаҕа» ыйааһыҥҥа чуолкай ыйаан биэрэллэр.
Дьаамҥа сорохторо оҕолоох-уруулаах, дьиэ кэргэнинэн, кыһыннары-сайыннары олохсуйан олорор ыаллар үлэлииллэр. Сайын бэдэрээт аттара сиир отторун кинилэр оттууллар. Онтуларыгар туспа көлөһүн күнэ аахсаллар. Солбуллан хаалбыт аттары сылы эргитэн көрөллөр-истэллэр. Сайын ыҥыыр атынан ыраах айанныыр ордук сылаалаах, аны оІоойутун, бырдаҕын, күлүмэнин оҕото сыттаҕа.
Кыһын туркулаах табанан тамайа көтүтэр сыыдам, түргэн, ол эрэн табаны саҥаттан-саҥа лабыкталаах сирдэринэн көрөн-истэн мэччитэр бэрийээччигэ бадьыыстаах. Хастара ыытыах иннинэ чэҥкээйилэниллэр, бөрө мэнээктээбит дьылыгар биир туспа кыһалҕа, кыыл ыһыа, тардыа диэн кулуһун отто-отто, утуйбакка түүннэри сүпсүгүрэллэр, онтон да атын иирбэҕэ-таарбаҕа түбүгэ үгүс…
О проекте
О подписке