Читать книгу «Ийэм кэпсиир… (2 чааһа)» онлайн полностью📖 — Семена Маисова — MyBook.
image
cover

Дойду үрдүнэн, ордук киин улуустарга, төһө да уот кураан, хара былыт курдук көтөн тирдьигиниир аһыыка аргыстаах сут сайыннар сатыылааталлар, Бүлүү эҥээр, чуолаан Төрдүс Тоҕус нэһилиэгэр, «Свердлов» аатынан холкуоска, кыһыччы от үүммэтэх сайына диэн суоҕа, аһыыка баара эрээри оннук айылаах оту эһэр үөн сэрии сылларыгар биһиги диэки үөскээбэтэҕэ. Ити-бу от үрэҕинэн бэйэ-бэйэлэрин кытары сиэттиһэн, ситимнэнэн барар улахан эбэлэр, көлүйэлэр, көрдүгэттэр дэлэй буоланнар сүөһү айаҕар сиир ото баҕас үүнэрэ. Оттонор сир элбэҕин иһин, дьаныһан туран, күөлү түһэрэн ходуһа сирэ таһаара сатааһын эҥин суоҕа…

Биһиги оҕолор, үөл мутук тоһута ыстанар томороон күннэригэр, үксүн дьиэбитигэр бүгэн олоробут, ол эрэн бэйэ-бэйэбитигэр сылдьыһабыт. Ыалтан ыал ыккардыгар сүүрэн истэххэ киһи тыына, мэктиэтигэр, күөрт күпсүйэн эрэрин курдук сүүгүнүүр. Күн кылгас, эрдэ хараҥарар буолан, өрөбүллэригэр Балаҕаччыттан кэлбит ыалым оҕолорун кытта дьиэҕэ оонньуубут: остуоруйалаһабыт, таабырыннаһабыт, хабылык хапсабыт, хаамыскалыыбыт, сордоҥ сиһин уҥуоҕунан тыксабыт, өртүбүөй эргитэн тирилэтэбит… Оттон доҕотторбут оскуолаларыгар үөрэнэ барбыт, суох кэмнэригэр Баһыычаан уонна Биэрэ кыыс буоламмыт бэйэбит уораҕайбыт иһиттэн тахсыбакка сээкэйи бары гынан саатыыбыт. Түбүк, дьарык көрдүүр киһиэхэ мэлдьи көстөр.

Ый ортото тымныы эбии сэтэрэн күүһүрдэ, кыра кыһалҕалаах киһи таска муннун да быктарбат үлүгэрэ буолла. Муус чомпой хаахынас халҕаны аһан тастан киирэр киһини көрдөххө, туома, биир кэм буруолаан бурҕачыйа сылдьар туман арбаҕаһы кэппиккэ дылы. Хотонтон киирбит дьахталлар этэрбэстэрин тилэҕин тыаһа лоп-лоһугурас… Хотон халҕанын анна титирик муоста халтархайа диибин диэн, туома, чоху көхсүн курдук. Дьиэбит түннүктэрэ лобуччу мууһуран, кырыаран хааллылар. Таас түннүккэ араас эгэлгэ ойууну тымныы оҕонньор оһуордаан кэбиспитин, барыга-бары сэргэх дьон, биһиги оҕолор кэрэхсээн көрөн саатыыбыт. Арааһынай ойуу-бичик, оһуор-мандар эгэлгэтэ дьэ онно баар. Онуоха эбии бэйэбит эмиэ кыра уһуктаммыт тымтык оҕото тутан олорон эбии уруһуйдуубут. Таба көрбүт көтөрбүтүн, кыылбытын, силигин ситэрэн эбэн-сабан биэрэбит. Оҕолор тус-туһунан анал түннүктээхтэр. Баһыычаан түннүгүн Биэрэ кыыс, быыс-арыт булан, киһи көрбөтүгэр уоттаах үөттүрэҕинэн дьөлө үүттээн чуучугуратан, хатыҥ хамыйаҕынан оройго да охсулла сыһар, улдьаанан да дугдуруллар, «чоочургуурга» да биэриэх буолаллар. Баһаам-баһаам, кыра кыыс барахсаны куттуур араас албастара.

– Ийэтээ… бу кыыс сүгүннээбэтигэр тиийдэ… отой оонньотууһута суох, буойууй эн… – диэн Баһыычаан Настааччыйаҕа үҥсэр. Онон Баһыычаан биһикки түннүкпүт ойуутунан-бичигинэн үксүн кыыс утуйа сытар кэмигэр саатыыбыт.

– Бу, көрүүй, Баһыычаан… – уолбар ыйан көрдөрөбүн, кырдьык да кыһыҥҥы тыа бүтүннүү кырыа буолан, хойуу көмнөҕү лөглөччү таҥнан көппөйөн турарын курдук. – Онтон бу көрүүй… көрүүй, оҕустаах киһи баран иһэр…

– Ханна?..

– Өйдөөн көр эрэ, бу – оҕуһа, бу – киһитэ… илиитин бу курдук туттубут, – диэн баран илиибин такытан көрдөрөбүн.

– Киһи курдук дии-и, эдьиэй… – Баһыычаан дьэ таба көрөн, сүрдээҕин сэҥээрэн хап-хара харахтара чоҕулуҥнууллар, мичээрдээбит ахан буолар. Онтон Баһыычаан сөмүйэтинэн «киһи иһин» баттыыр, онто сылаас тарбах сүрэҕэр ууллан дьөлөрүйэн хаалар. – Иһин көр!.. Иһин көрүүй!.. Ии-ии-ии… иһин көрүү-үй… – диэн кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии уолум күлэн иэрийэр, оччоҕо мин сонньуйан баран устунан ардыгар күлэбин.

– Өссө көрдүөххэ туох кыыл дуу, көтөр дуу баар эбит. Ким маҥнай булар… – диибин.

– Тоҕойдоруом, түннүккүт тааһын сэрэнээриҥ… – диир эбээ эмээхсин.

– Ыы-һыы…

– Сөп… – дэһэбит.

Баһыычааммынаан иккиэн, Улахан Баһылай оҥорбут талах олоппосторугар тобуктаан олорон, таас түннүкпүтүгэр «тымныы оҕонньор» ойуулаабыт кэмэ суох араас, эгэлгэ ойууларын, оһуордарын бары булан ылан саатыыбыт…

Тулаайах, чороҥ соҕотох ыал устун кумалаан кэриэтэ үүрүллэн, үтүрүллэн сылдьан баран, үтүө сүрэхтээх Маарыйа эмээхсин ииттэн, кини харыһылтатыгар, сылаас балаҕаныгар бу курдук күммүн-хонукпун бараан сырыттым. Ийэм барахсаны, таайбын Бүөтүрү, эбэбин Лөкүөрүйэни, эһэбин Өлөксөйү санаатым да уйадыйан, уоһум мэрбэҥнээн, устунан харахтарым уута сонно халыс гына түһэллэрэ, ол иһин төһө кыалларынан дьонум ааҕы ахтыбакка, санаам салаҥ ситимин атыҥҥа салайан, күннээҕи түбүккэ аралдьыйа сатыырым. Миигин мэлдьи сыппах быһахтыы сулуйар, аалар да аалар ыар санааттан аралдьытар, өрүһүйэр албаһым түбүк, үлэ эрэ этэ…

Киэһэ таска таҕыстахха чакылыччы халлыбыт хараҥа халлааҥҥа кэмэ суох бачымах сулустар сытыытык дьирибинэһэллэр. Ардыгар, киһи эрэ кэрэхсиэх, кустук араас өҥүнэн, солко таҥаһы тэлимнэппиккэ дылы, дьүкээбил ирбинньиктэнэ оонньуур. Ону көрөн Баһылайдаах: «Сотору буурҕарыыһы дуу…» – дэһэллэр. Ол эрэн халлаан тоҕо эрэ былытыра охсон биэрбэт, хата күүһүн-уоҕун ылан эбии сэтэриир, ол аата, оскуола оҕолоро бу да өрөбүллэригэр кэлэллэрэ биллибэт… Чөрбөйөн иһиллээтэххэ ханна эрэ, хайа эрэ ыаллар далларыгар от тэлгэтэ сылдьалларын курдук суугунас тыас иһиллэр. Мин урут Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпитинэ итинник суугуну от тэлгэтэн сааҕынатар тыастара буоллаҕа дии саныырым, онтум, кэлин ыйыталаһан билбитим, тымныы тыынын суугуна эбит этэ. «Хайдах түүннэри от тэлгэтэр ыалларый» дии санаан чомпой бэргэһэм хаймыы бүүрүгүн быыһынан быкпыт кулгааҕым «лыс» гыныар диэри дьиибэргээн турарым, аны ол быыһыгар, ханна эрэ толооҥҥо хаһан аһыы сылдьар сылгылар тыбыырсар, иҥэрсийэр саҥаларын истэн, бииртэн-бииргэ аралдьыйарым да үгүһэ… Ахсынньы, тохсунньу аам-даам тымныытын сэҥээрэр, сөбүлүүр киһи арааһа аҕыйаҕа буолуо, ол эрэн бу бытархан тымныы, бэйэтэ туох эрэ ураты, киһи тылынан сатаан эппэт кэрэхсэнэр, оннооҕор күүтүллэр, кэтэһиллэр дьиктилээх. Эһэм Хара Өлөксөй этэринии, ол Саха киһитин өйүн-санаатын биир туспа уратыта эбитин кэлин биирдэ эрэ силигин ситэри сыныйан өйдөөбүтүм…

* * *

Ахсынньы эргэтигэр Уйбаныаптар үҥсүүлэрин көрө куораттан түөрт киһи таҕыста. Суут, силиэстийэ үлэһиттэрэ, милииссийэлэр эҥин быһыылаах. Мин оҕо буоламмын, кинилэр чыыннарын-хааннарын соччо ырыта, ыаспайдаһа барбат киһибин. Куорумалаахтар кэлбит сурахтарын истэн, Маарыйа эмээхсин дьиксинии бөҕөтө. Тустаах дьоҥҥо аат-ааттаан суут үлэһиттэрэ, «ынкыбыдылар» тахсаллара – тус-туһугар ынырык суол. Сэрии кэмэ, байыаннай балаһыанньа буолан, сокуонтан, уураахтан туорааһын таҕыстар, бэрт кыра да дьиэс-куос көһүннэр эрэ, дьүүл кытаанаҕа, судургута этэ. Эмээхсин: «Хайаан да кыыспын илдьэ бараары кэлбит дьон буолуохтаахтар… Оччо айгыстан тахсыбыт дьон дэлэҕэ да мээнэ тиэстибэттэр…» – диэн ордук ыксыыр. «Оо, дьиҥ кырдьыгы анааран көрөр урааҥхайдар буолуҥ эрэ…» – диэн алгыы-алгыы уотун аһатар. «Ынкыбыдылар», үксүлэрэ да талыллан ылыллыбыт курдук, эттэрэ тардан көрбөт, хабыр майгылаах дьон буолаллара уонна сулууспаҕа оннуктары да арааһата сыымайдаан ылар быһыылаахтара. Ол ыаллыы сытар холкуостарга буолбут ынырык түбэлтэлэртэн, сурахтартан иһиллэрэ. Хата Өксөөн ол аайы кыһаллыбата, төттөрүтүн эбии холкутугар түспүккэ дылыта, «ыраас киһи ыксаабат, аньыыта суох киһи аймаммат» дииллэрэ Өксөөҥҥө көстөрө:

– Ийээ, тиэйэн да кэлбитим, ырдан да аҕалбытым суох, туохха айманнаххыный, кэбис… – диэн ийэтин уоскутар. Эмээхсин ыксыан ыксыыра: уола Баһылай барбытынан, били, күһүҥҥү кэннэ сурук да кэлэ илигэ, сурах да мэлигирэ, сэриигэ барбыта-барбатаҕа, ханна тиийбитэ-түгэммитэ биллибэтэ, аны кыыһын Өксөөн дьылҕата эмиэ иэрэҥ-саараҥ турукка киирбит курдуга…

Үҥсүүнү дьүүллэһии, суут «Свердлов» холкуос киинигэр Айдаҥҥа буолла. Мин Настаалааҕы кытары барыстым. Маарыйа эмээхсин кэри-куру, Баһыычааннааҕын кытары дьиэтигэр хаалла.

Лыык курдук дьонунан туолбут ааҕар балаҕан иһэ ыыс-быдаан табах буруотунан тунаҕыран турара. Кулууп аҥаар өттүгэр кыһыл сукуна сабыылаах уһун остуолга куораттан тахсыбыт дьон олороллоро, биирдэстэрэ милииссийэ куормалааҕа, өттүгэр эйэҥэлии сылдьар ыт буутун саҕа тирии хаалаах бэстилиэттээҕэ, оҕо киһи көрүүтүгэр, санаатыгар, чахчыта да чыычый көрүҥнээҕэ. Тоҕо эбитэ буолла, Өксөөн уонна Уйбаныаптар эмиэ кинилэри кытары биир остуолга кэккэлэспиттэр этэ.

Маҥнай куораттан тахсыбыт дьоннортон биирдэстэрэ: ортоһуор уҥуохтаах, мин көрдөхпүнэ, муннун анныгар чоҕу сыһыаран кэбиспит курдук бытыктаах киһи уум-саам күүгүнү тохтотон кырапыыннаах ууну харандааһынан тоҥсуйан тобугуратан баран, үҥсүүнү аахпыта. Үҥсүү ааҕыллар кэмигэр Уйбаныаптар: «Оннук… Итинник…» – диэн сэмээр сэҥээрэ олорбуттара. Өксөөн ол аайы кыһаллыбата, хата, дьэ эбии холкутугар түспүккэ дылыта.

Харалҕан харахтаах, хатыҥыр уҥуохтаах боломуочунай, хас да кыраһыын лаампата тэҥинэн умайан дьиэ иһин төһө да хото сырдаттар суругун көрбөккө, кумааҕытыгар умса нөрүйэн ааҕарын дьон кулгаахтарын чөрбөтөн, бэркэ чуумпуран олорон истибиттэрэ, онтон хайдах курдук үҥсүү ааҕыллан бүтээтин кытта кулууп иһэ тигээйи уйатын тоҕо тардыбыт курдук биирдэ өрө ытылла, суугунуу түспүтэ. Онтон-мантан төлө баран сурук ис хоһоонугар сөпсөспөт саҥалар иһиллибиттэрэ. Сорохтор, омуннаах өттүлэрэ, ойон тура-тура санааларын аһаҕастык этэн барбыттара…

– Сымыйа…

– Сымыйа үҥсүү…

– Төрүт суола суохха күтүрээһин…

– Ээ, ити баҕас баһааҕырдыы…

– Уйбаныаптар ити туох сирэйэ-хараҕа суох буолбут дьоҥҥутуй, доҕор! – дьон итэҕэйбэккэ ини-бии Ыстапааннаах Сэмэни сүрүргүүллэрэ.

– Уопсай аһы-үөлү көрөн-истэн бэрэссэдээтэл холкуостаахтарыгар, сөбүн көрөн, аттаран түҥэтэн аһата олорор…

– Холкуоһа да суохтарыгар диэриий, доҕор! – Сэмэн сөҥ куолаһа көөҕүнүүр.

– Өскөтүн оннуга да буоллар киһи омнуолуоҕа суох ини… – долгуйбут дьон санааларын итэҕэтиилээхтик тириэрдэ сатаан, арааһы бары, ардыгар түҥ-таҥ да, саҥаран, тыллаһан ылаллара.

– Өксөөн туох да буруйа суох…

– Биһиги холкуоска хоргуйан өлбүт таҥара көмөтүнэн… ээ, Өксөөн өҥөтүнэн этэҥҥэтэ суох, ол бэрэссэдээтэл үлэтин түмүгэ, туох хара балыырай, ол-бу буолан хойох хостоһо сатаабатыннар!.. – симии оһох кэннигэр олорбут Байках Маарыйа диэн икки хараҕа суох эмээхсин баара тайах маһын чочоҥнотор, чахчы долгуйан Өксөөнү көмүскээн илиитэ титирэстиир.

– Бэйи тохтооҥ, аргыыйыҥ… чуумпуруҥ!.. – үҥсүүнү аахпыт киһи уҥа илиитинэн далбаатаан уумсаам буолан күйгүөрбүт дьону чуумпуралларыгар ыҥырбыта уонна Уйбаныап Ыстапаан ыксатыгар олорор Өксөөҥҥө туһаайан, ол эрэн үҥсүллээччи диэки хайыспакка эрэ: – Александра Прокопьевна ити ааҕыллыбыт үҥсүүгэ тугу диигин? – диэбитэ.

Өксөөн остуол үөһэ сытар дьыалатын-куолутун кумааҕытын уктубут эргэ, тирии бартыбыалын, тоҕо эрэ, ытыһын тилэҕинэн эрэмньилээх баҕайытык таптайан баран:

– Бу манна баар барыта: туох ханна, хаһан түҥэтиллибитэ, ороскуоттаммыта, хас биирдии киһитигэр тиийэ төһө, хайа ас бэриллибитэ, хантан атыылаһыллыбыта, «хамнаабат буон» харчыта туохха туһаныллыбыта, чыыһылата, күнэ-ыйа барыта… – Өксөөн куруук буоларыныы саҥата холку, этиитэ итэҕэтиилээх. – Тоҕо үҥсүү түһэрбиккитин сатаан санаабаппын. Холкуос үлэтин-хамнаһын дьыалатын, дөкүмүөнү, аһы-үөлү хамыыһыйа дьоно ааҕан, көрөн билистигит, дьон да санаатын истибит буолуохтааххыт… Ас-үөл чорботуллар да буоллаҕына, ис кыаҕы көрөн, туһанан, дьоҥҥо хайаан да түҥэтиллиэхтээх. Айах хамсатар баарын үрдүнэн дьону хоргутан өлүүгэ тиэрдии – ол буолуо, арааһата, ордук ыарахан буруй. Атын үгүс холкуостар хайдах дьаһанан олороллорун, «аһы хаһаанан» хайа түмүккэ кэлбиттэрин бэйэҕит да истэ, билэ-көрө сылдьаҕыт, онон мин тугу үгүһү-элбэҕи этиэхпиний, этэр этиим, саныыр санаам итинник… – Өксөөн ааҕар балаҕан мунньахтыыр хоһугар толору мустан олорор дьону эргиччи көрөн ылбыта.

Эдьиийим холкутун сөҕө саныыбын, «дьүүллэнэ» да олорор киһи курдук буолбакка, туох эрэ, быстах сорукка киирэн олорор киһи курдуга. Ол остуол үөһэ тэскэйэ сытар бартыбыалын кыбынна да, субу тахсаат, үлэтин-хамнаһын дьаһайбытынан, ыйыы-кэрдии биэрбитинэн барардыы букатын туттубут этэ.

Хас биирдии этиллибит тыл барыта боротокуолга суруллан иһэрэ. Сэкирэтээр бөрүөтүн тыаһа тохтоло суох кыычыгырыыра.

Бу тухары саҥата суох наар истэ эрэ олорбут бэрт оттомноох сирэйдээх-харахтаах, хара тирии сонноох киһи аа-дьуо устуулуттан туран хаста да көхсүн этитэн баран, ынах салаабытын курдук кэтэҕин диэки ньылҕаарыччы тарааммыт хара баттаҕын имэринэ-имэринэ:

– Ө-һөм!.. – диэн өссө төгүл көхсүн этиппитэ, – Сөп… Иванов Степан Васильевич уонна Иванов Семен Васильевич үҥсүбүт суруктара ааҕылынна, туох ис хоһооннооҕун бары иһиттигит… Сөп… Анал хамыыһыйа тахсан, холкуос дьыалатын бэрэбиэркэлээтэ, сиһилии көрдө-иһиттэ. Үҥсээччилэр уонна үҥсүллээччи санаалара биллэр, – куораттан тахсыбыт хамыыһыйа дьоно дьыала чуолкайа бэрдиттэн бэйэлэрин истэригэр эрдэ түмүк оҥорон бүппүттэр быһыылааҕа. – Мин хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин быһыытынан бу тахсыбыт анал хамыыһыйа туох түмүккэ кэлбитин иһитиннэрэбин: холкуос дьыалатын-куолутун кумааҕыта, дөкүмүөнэ барыта чуолкай, үлэ-хамнас аттаһыллыыта, киирбит, бэриллибит үп ханна, хаһан, хайдах туттуллубута, тыырыллыбыта дьэҥкэ… Холкуос олоҕо, кырдьыга да, атын, ыаллыы сытар эрэ холкуостарга буолбакка, оройуон өрүс уҥуордааҕы холкуостарыгар тэҥнээтэххэ таһыччы ордук. Этэҥҥэтэ эһиги холкуоска хоргуйан өлүү түбэлтэтэ тахса илик уонна инникитин да оннук буолуоҕар эрэнэбит… «Свердлов» холкуос бэрэссэдээтэлэ Саввинова Александра Прокопьевна бэриллибит былааны кэмиттэн-кэмигэр толорон иһэр. Бүлүү куоратыгар мэлдьи киирэн араас дьыалатын кудуххайдык быһаарсар уонна… уонна саамай сүрүнэ «Свердлов» холкуос үлэһит дьоно бэрэссэдээтэллэрин Александра Прокопьевнаны улаханнык өйүүллэрэ буолар. Онон ис дьыала уорганыгар киирбит бу үҥсүү сурук кырдьыга, дьиҥэ суоҕунан ааҕыллар…

Куораттан тахсыбыт анал хамыыһыйа Айдаҥ ааҕар балаҕаныгар ыыппыт дьүүлүн түмүгэ итинник этэ. Уйбаныаптар сымыйа, олоҕо суох үҥсүүнү түһэрбиттэрин иһин миэрэҕэ тардыллыбыттара. Ыстапаан Баһылаайабыс биригэдьиириттэн уһуллубута. (Бу түбэлтэттэн ыла, сэрии бүтүөр диэри, биир да үҥсүү сурук «Свердлов» холкуос дьонун аатыттан ис дьыала уорганыгар түспэтэҕэ).

Огдооччуйа, Настаа, мин уонна ыалбыт Маарыйа буолан, суут түмүгүттэн үөрэн, ый быыһа хараҥаҕа суолбутун билбэккэ да өтөхпүтүгэр кэллибит. Суут уурааҕын истэн эмээхсин үөрүүтэ сүрдээх…

Өксөөн туох да буолбатаҕын курдук, үлэлээбитин курдук үлэлии сырытта. Биир өлүүгэ сылдьыбыт дьоно истэрин эриэнин көрдөрөн үҥсүбүттэриттэн хомойбута да, суут түмүгүттэн үөрбүтэ да көстүбэт. Өксөөн олус холку майгылааҕа, үлэтэ-хамнаһа да майгытын курдуга, барыны-бары эрдэттэн лоп бааччы суоттаан-былааннаан үлэлиирэ, кини туппута-хаппыта түөрэтэ, ала бэлиэ, үйэлээх буолара. Өксөөн модьу, суон куоластааҕа, аны эр киһи да сөҕүөн курдук, бэйэтин холугар күүстээх дьахтар этэ. Саас, маҥнай Быркылаахха кэлбитим утаата, Айдаҥҥа барса сылдьыбытым, онно Өксөөн сэттэ уон биэстии киилэлээх кууллаах бурдуктары икки өттүгэр кыбынан баран ыскылааттан таһааран сыарҕаҕа уурарын көрөн сөҕө санаабытым. Эдэр уолаттар көрө-көрө саллаллара эрэ. Өксөөн буоллаҕына күлэн, мүчүҥнээн эрэ кэбиһэрэ. Бачча эдэр уола хаан дьон итини кыайбаккыт, маны көтөхпөккүт дуо эҥин диэн, киһиргэс киһилии, хаһан да, кими да күлүү-элэк гынан хаадьылаабата. Ол чахчы кыахтаах киһи ураты сэмэй майгылаах буоларын туоһута этэ.

Кыайан туттарбатах айаас сылгы дал иһигэр сүүрэн сиэлэ-кутуруга ыһыллан уйуһуйа сырыттаҕына, ханнык эрэ албаһынан, Дьөһөгөй оҕотун майгытын сатаан нэмин табан сыһытан, тутан ылан быалыыра. Эдьиийим дьонугар-сэргэтигэр сыһыана да үчүгэйэ бэрдэ, кинини да олус ытыктыыллара. Бэл аҕа саастаахтар «эдьиийбит» дэһэллэрэ. Кырдьыга да, сэрии саҕаланыаҕыттан, бу бүрүүкээбит аас-туор дьылларга салайан кэлбит холкуоһуттан биир да киһини хоргуйан өлүүгэ тиэрдибэтэх бэрэссэдээтэллээх холкуостар, арааһата, тарбахха баттаналлара дуу. Эдьиий барахсан хор ол курдук киһи киэнэ үтүөтэ, салайааччы киэнэ сатабыллааҕа, бастыҥа этэ. Кини тугу да кыайбытын-хоппутун иһин, ону сонун оҥостон кэпсэнэ, түөһүн тоҥсунан өрөйө-чөрөйө барбат олус сэмэй майгылааҕа, мэлдьи күлбүтүнэн-үөрбүтүнэн сылдьар сырдык, эйэҕэс, ис-киирбэх, номоҕон сэбэрэлээҕэ. Бэл санааҕа-онооҕо ылларан санньыйбыт түгэннэргэ Өксөөн киирэн кэллэр эрэ, аҥаардас кини тас дьүһүнүн да көрөн, киһи тута сэргэхсийэ түһэрэ.

Суут буолбута хас да хоммутун кэннэ Өксөөн ыҥыырдаах атынан дьиэтигэр кэлэн барбыта. Үгэс курдук күлбүтүнэн-оонньообутунан киирэн кэлбитин көрөн ийэтэ:

– Сэгэрим сыыһа хата этэҥҥэ… – дии-дии кыыһын сыллаан ылбыта. Өксөөн ол аайы долгуйбатаҕа, хата сонньуйбута: – Туохтан айманнаххыный ийээ… – диэн аа-дьуо унаарытан суон, модьу куолаһынан саҥарбыта, – хата, чэйгин кут, итии киллэриэҕи, халлаан да тымныыта сүрдээх, ат үөһэ олорон дьагдьайан тоҥо сыстым ээ, – диэн кэпсэтиини атыҥҥа көһөрбүтэ.

Мин Өксөөн туохтан эмит кэлэйэн, хомойон, биитэр санаарҕаан көмүскэтэ ууламмытын, ытаабытын хаһан да көрбөтөҕүм…

* * *

Тохсунньу ыйга, ороһооспо кэмигэр, сүллүүкүттэр тахсыбыттарын кэннэ, ардыгар Айдаҥҥа бара сылдьан көрдөххө көхтөөхтөр, ордук эдэрдэр, арааһы бары дьээбэлэнэллэр. Хас нэһилиэк, холкуос аайы сүрдээх сэргэх ыччаттар баар буолаллар, оннук эдэрдэр быыбарданан хомсомуол кэмитиэтин сэкирэтээрдэринэн, чилиэннэринэн талыллаллар уонна ыччаттары үлэҕэ да, үөрэххэ да иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьар салайааччыларынан буолаллар.

Кэтиллэ илик саҥа тигиллибит этэрбэһи айаҕыттан тутан баран, тумсун хардары-таары эргитэн, аан айаҕын диэки «хаамтараллар». Онтулара «этэрбэс хаамтарыыта» диэн ааттанар эбит. Аан боруогар тиийэн этэрбэс тумса хайа диэки хайыспытынан көрөн барыһыайдыыллар. Этэрбэс тумса таска хайыспыт буоллаҕына дьиэттэн кийиит тахсан барар, этэрбэс тумса искэ хайыспыт буоллаҕына кийиит киирэр диэн тойоннууллар.

Биир этэрбэскэ буор, атыныгар от угаллар. Оонньуур киһи хараҕын баайаллар, атах таҥастарын бутуйа уураллар, хараҕа баайыылаах киһи тиийэн илиитин иминэн көрдөөн биир этэрбэһи таарыйар «бу!..» диэн этэр. Буордаах этэрбэһи туппут киһи буор дьадаҥы буолар, оттоох этэрбэһи таба тайаммыт киһи баай, байылыат олоххо олорор.

Аны дьиэ үрдүн маһын «огдообо… холостуой…» диэн хардары-таары аахтараллар. Онно үрүт мас «огдообонон» бүттэҕинэ огдообоҕо, «холостуойунан» бүттэҕинэ кэргэннэнэ сылдьыбатах киһиэхэ холоонноох доҕор буолан эргэ тахсаҕын, эбэтэр уол буоллаҕына төттөрүтүн ойох ылаҕын дэһэллэр. Үрүт маһы эрдэттэн ааҕан билиэхтэрэ диэн өһүө ортотунааҕы биир маһы ыйан, таарыйан баран «чэ маныаха диэри аах…» дэһэллэр. «Холостуойтан» эбэтэр «огдооботтон» ааҕарын эмиэ туспа, манньыат быраҕан баран биирдэ саҕалаталлар.

Балаҕан иннигэр турар сэргэ төрдүгэр, кэҥэс соҕус гына «тэлгэһэлээн» хаар куталлар, холонон илбийэллэр. Сарсыарда туран туох суоллаабытын көрөн арааһы билгэлииллэр: киһи атаҕын суола дьэрэлийбит буоллаҕына – ыал буолуу туоһута, аны оҕо атаҕын суола хаалбыт буоллаҕына – Айыыһыт Хотун илдьитэ, кыра киһи «кэлииһи» диэн сэмээр имнэнсэллэр сүөһү туйаҕын суола баар буоллаҕына – саас, Ынахсыт Айыыта үтүө хараҕынан көрөн, сүөһү төрүөҕүн тахсыытыгар. Ити да кэннэ, туох суола-ииһэ, ойуута хаалбытынан эгэлгэлээн, араастаан ыатарыы элбэх.

Биһилэх көрүүтэ, остуол хаамтарыыта, күөлгэ киирэн ойбону, иччитэх өтөххө эргэ балаҕаны иһиллээһин, онтон да атын араас дьиибэ, дьээбэ оонньуу үгүс…

* * *

Сэрии сураҕа дьону сэргэхситэр, кэлбит-барбыт айанньыттан сонуну истэ-билэ олоробут. «Биһиэттэрэ, бииртэн-биир куораттары ылан, кимэн киирэн иһэллэр үһү», – диэн кэпсэтэллэр. Балаҕаччыга, Дьоохуга, Илин, Арҕаа Кыргыдайдарга, Модукка биирдиилээн дьон «ис тиибигэр» хаптаран өлбүт сурахтарын син биир истэбит…

Айдаҥҥа, Таһарахтыыр уола Өлөксөй диэн киһи аҥаар атаҕын бэрбээкэйинэн быһа ыттаран, мас атахтанан төннүбүт сураҕа иһилиннэ. Ити сурах иһиллибитэ хас да хоммутун кэннэ, биһиэхэ, аллар атаһын Улахан Баһылайы көрсөөрү, Өлөксөй сыарҕалаах атынан кэлэн барда. Балтыһах тайаҕынан тирэнэн хаамара, мас атахтаах диэбиттэрин иһин биһиги оҕолор ол «дьикти» атаҕы көрөөрү гыммыппыт, онтубут быратыас атаҕын таһынан хаатыҥка кэппит буолан өлүөр атах курдуга. Эмээхсин чэй бэлэмнии охсубута. Сэрии алдьархайын, уоту-күөһү ортотунан ааһан, эбиитин эмсэҕэлэнэн эргиллибит саллааты бары туох эрэ курдук күндүтүк көрөрбүт. Таһарахтыыр уола төһө да чэгиэн этин сэймэктэтэн кэллэр, тыыннаах дойдутун буорун булбутуттан үөрүүтэ муҥура суоҕа. Биһиги саллаат ыалдьыты кытары бары бииргэ чэйдээбиппит. Кини тугу кэпсиирин барытын сыыска-буорга түһэрбэккэ болҕойон олорон истэрбит. Өлөксөй хойуу үүттээх итии чэйи сэмээр сыпсырыйан иһэ-иһэ, тиритэ-хорута, арҕаа, сэриигэ сылдьыбытын туһунан ыксаабакка сиһилии кэпсиирэ. Ол дойду ураты сиригэр-уотугар, эҥин эгэлгэ дьикти отугар-маһыгар тиийэ. Сорох кыһалҕалаах, эрэйдээх түгэннэрин, оонньуу-күлүү кэриэтэ сэһэргиир курдуга да, ол ааспытын эрэ кэннэ судургутук ахтыллар быһылааннар буолалларын бэл биһиги оҕо дьон кытары өйдүүрбүт. Атаҕар уонна эҥил баһыгар таптаран гуоспуталга икки аҥаар ый эмтэммит.

 







1
...
...
11