Читать книгу «Таптал уонна дьүккүөр» онлайн полностью📖 — Сайдама — MyBook.

6

Сардаана уонна Бэриэт доҕордоһуулара таптал кутаатынан күөдьүйбүтэ.

Сыл буолаат ыал буолар туһунан сүбэни тобулбуттара. Онон Сардаана үөрэҕин кэнниттэн дойдулуур, Бэриэт уоппуска ылан Аммаҕа, кыыс дьонуттан көҥүл, алгыс ыла тиийэр буолбута.

Новосибирскай, Толмачево аэропорда. Күүтэр саалаҕа ыскамыайкаҕа Түбүктээхэп Бэриэт уол уонна Ксенофонтова Сардаана кыыс туох да саҥата суох ыбылы куустуһан баран олороллор.

– Бэриэт, уоппускаҕын хаһан биэриэх курдуктарый? – Сардаана сибигинэйэ соҕус ыйыппыта.

– От ыйыгар көрдөспүтүм, туох да диэн утарбатахтара. Биэрэллэр ини, – Бэриэт бэрт холкутук, эрэллээх куолаһынан хардарбыта.

– Табыллара буоллар, – кыыс хайдах эрэ саарбахтыыр курдук, симик баҕайытык ити тыллары ыһыктыбыта.

– Биэриэхтэрэ, Сардаана, – Бэриэт чинэччи туттан кыыс сирэйин одууласпыта, икки илиитинэн тібітүн күөйэ туппута, онтон уу сахалыы иэдэһиттэн сырылаччы сыллаан баран. – Саарбахтаама, Сардаана, барыта табыллыа, – диэн күлүм аллайыынан түмүктээбитэ.

– Бэрт буолуо этэ. Мин өөр да өр кэтэһэрим буолуо диэн куттанабын ээ, – кыыс төбөтүн Бэриэт санныгар ууран кэбиспитэ.

– Эн этэҥҥэ тиийэн дьоҥҥор көмөлөс, элбэх аста бэлэмнээ, кэтэс. От ыйын иккис аҥаарыгар мин бу баар буола түһүөм. Оттуохпут-мастыахпыт, сир астыахпыт.

– Сөп, Бэриэт! – кини доҕорун ыбылы кууһан ылбыта.

Дьокуускайдыыр рейскэ регистрацияны биллэрбиттэрэ.

Бэриэт Сардаанатын уураан, иэдэһиттэн, сүүһүттэн сырылаччы сыллаан, алгыс тыллары этэн атаарбыта.

Ыал буолар киһиэхэ уоппусканы үөрэ-көтө, үтүөнү эрэ баҕаран туран биэрбиттэрэ. Ол эрээри кэтэх санаа син биир баара. Бэриэти көмөлөһүннэрэр, сүбэлэтэр баҕалаах элбэҕэ. Ол дьон кинини ханна да ыытыахтарын, мүччү тутуохтарын баҕарбаттара. Онон уоппускаҕа диэ-ри өрүсүһүү, үөмэхтэһии балачча этэ. Бэриэт даҕаны ону таба өйдөөн буолуо, күнү-дьылы аахсыбакка туран, үлэҕэ төбөтүн оройунан түспүтэ. Соруктаах үлэни түргэтэтэр, улгумнук тобулары күөттүүр, бириэмэни ыксатар күүһүнэн кини Сардааната этэ.

От ыйын 17 күнүгэр киэһэ Бэриэт Дьокуускай куораты булбута. Кини аймахтарыгар хоммута. Аммалыырын эппитэ буолан баран, тоҕотун быһаарбатаҕа.

Нөҥүө күнүгэр сарсыардаттан маҕаһыыннары кэрийэн кэһии хомуйсубута. Сардаана ийэлээх аҕатыгар эр-биир обургу ыстакааннары ылбыта. Бэртээхэй бэлэҕи толкуйдаатым диэн астынан, аны онно туох эрэ диэн суруктаах буолуохтаах диэн универмакка баар гравировка киоскатыгар тиийбитэ. Иһиттэрин хостоон эргим-ургум көрө туран: «Бээрэ, ол мин туох диэн, киммин диэн сурук-бичик түһэрэбин?» – диэн улаханнык мунаарбыта. «Күтүөттэн» диэн олох сатала суох (буола илик буоллаҕа дии), «Бэриэттэн» диэҕи, ол эмиэ киммитий диэн буолуоҕа диэн сыымайдаан баран, суруллара табыллыбат эбит диэн түмүккэ кэлэн ыстакааннарын төттөрү суулаан суумкатыгар уктан кэбиспитэ.

Дьиэ кэргэҥҥэ диэн ааттаан истиэнэ чаһытын ылбыта. Онно эмиэ туох да суругу түһэрбэтэҕэ. Оттон Сардаанатыгар сибэкки букета ылан кичэйэн суулаппыта.

Күтүөттүү барар киһи быһыытынан маанытык таҥнан, хаалтыһын иилинэн балачча улахан бартыбыалын, көстүбэт гына сууламмыт чаһытын сиэккэҕэ уган, сибэккитин букетын чөмчөччү тутан өрүһү теплоходунан туораан Аллараа Бэстээх автовокзалыгар кэлэн автобус ыйыталаспыта. Автобус барбыт, аны сарсын эрэ барар диэн буолбута.

Атын массыыналар сырыылара баар ини диэн Бэриэт остолобуой таһыгар турар массыыналартан Амма диэки барааччылары ыйыталаспыта.

Кэнтиэйнэрдэри тиэммит Камаз массыынаҕа кэлэн табахтыы олорор нуучча суоппардартан:

– Мужики, может, вы в Амгу? – диэн ыйыппыта.

– Да, в ту сторону и едем. В чем дело?

– Мне срочно в Амгу надо, – кини ити тылларын кытта тэҥҥэ тута сылдьар малларын «бу көрүҥ» диэх айылаах өрүтэ көтөхпөхтөөбүтэ. – Проезд оплачу, – диэн эбэн биэрбитэ.

– Ну, давай, залезай. Почему бы не помочь доброму человеку.

Бэриэт бэркэ табылынным диэн үөрэн массыынаҕа киирбитин кэннин диэки утуйар миэстэҕэ утаарбыттара. Итиннэ сынньаныахха сөп диэн көҥүл биэрбиттэрэ.

Сотору айан саҕаламмыта. Суол бэртээхэй эбит, асфальт. Онтукабыт соччо уһаабакка бүттэ буолан баран таас суоллара да киһи улаханнык сирбэт суола. Манна тыа сиригэр маннык суол диэн ырыа буоллаҕа дии. Оо, мин дойдум суола «барахсаны» оттон суол диэн ааттыырга тиийэбит, онтон атыммыт суох.

Сырыылаах суол эбит. Кэлэр, барар массыыналар элбэхтэр. Үксэ таһаҕас тиэммиттэр. Суол бэйэтэ даҕаны киэҥэ-куоҥа сүрдээх. Айылҕата да эриэккэс: суолу быһа түһэр үрэхтэр, үрүччэлэр дэлэйдэр, муосталаммыттара сырыыны сыыдамсытара чуолкай, киириилэр, тахсыылар да балайда уһуннар эбит, мас-от, үүнээйи арааһа барыта солбуйсар. Саҥа көрөр киһиэхэ кэрэ, дьикти көстүүлэр биир-биир солбуйсан иһэллэр. Айанныырга сэргэх дойду эбит…

Амма төһө ыраах эбитэ буолла диэн Бэриэт кэтэһэ испитэ. Син балайда айаннаатылар, халлаан хараҥарда. Сотору дьоно тохтоон, аһаан баран утуйар буоллулар. Дьонун кытта үөрэ-көтө аһаста, кэпсэттэ-ипсэттэ. Аммаҕа тиийэллэрэ төһө хаалбытын чуолкайдаспыта, билигин да балачча баар эбит. Бэриэт хайдах эрэ атыҥырыах санаата биллэн барбытын хам баттаан кэбиспитэ уонна тахсан инники сидиэнньэҕэ олорон утуйан хаалбыта.

Кэргэн кэпсэтэ баран иһэр киһи сүрэҕэ тэбэрэ кэмнээх буолуо дуо, халлаан сырдыыта уһуктубута. Кини бу оло-рон хайдах эрэ ыраах баҕайы айаннаабытын, дьэ, дьиҥнээхтик атыҥыраабыта, «маннык ыраах буолуо суохтаах» диэн санаа мускуйан барбыта. Сардаана аҕыйах чаас айанныыр гына эппитэ ээ. Солобуодаҕа тиийдэххэ кини дэриэбинэтэ кэккэлэһэ турар гына ахтара.

Солобуода… Солобуода? Бээрэ, Сардаана ханнык Солобуоданы эттэҕэй? Амма Солобуодата диирэ ээ. Оччоҕо мин ханнык Аммаҕа баран иһэбиний, бу? Атын Амма диэн эмиэ баара буолуо дуо? Солобуодата суох Амма? Оннук буолуон сөп эбит. Кини харааччы булкуллан хаалбыта…

Суоппардар сотору уһуктубуттара, өрө баллыгыраһа түспүттэрэ, өндөҥнөһөн туран кэлбиттэрэ.

– Атастаар, мин бу күтүөт киһи хайа Аммаҕа баран иһэбиний? Слобода диэн Амма баар дуо? – Бэриэт хабаҕырбыт суоппардар таһырдьаны былдьаһар кэмнэригэр ыксаабыт куолаһынан ыйыппыта.

– Оо, дорогой, олох да атын хайысханы туппуккун. Пахай, сатамматаххын! Биһиги Ґіһээ Аммаҕа баран иһэбит ээ, – аллара ыстанан түспүт дьон ыстааннарын тимэҕин ситэ сүөрбэккэ, чэпчэтинэллэрин да умнан күлсэн тоҕо барбыттара.

– Ол Ґіһээ Аммабыт диэн хайа диэки баарый?!

– Эн хантан сылдьар, хантан кэлбит сахаҕыный? Слобода Амматын билбэт саха баар эбит дуу?! – күлэллэрин тохтотон улаханнык соһуйбуттара.

Тугу эрэ баллыгыраһа туран чэпчэтинэн, дьэ, уоскуйан сүбэ-ама тобула сатаабыттара.

Конец ознакомительного фрагмента.