Читать книгу «Таптал уонна дьүккүөр» онлайн полностью📖 — Сайдама — MyBook.
cover

Гавриил Адамов-Сайдам
Таптал уонна дьүккүөр

Таптал уонна дьүккүөр

Бытие пусть определяет сознание,

но сознание не согласно…

Утуйар чаас саҥа буолла. Оттон уу чуумпу сатыылаабыта син ыраатта. Балаата уота ол чуумпуну ылынан эрдэ умуллубута.

Түбүктээхэп Бэриэт Сиидэрэбис санаа аралдьытарга диэн ааттаан бу кэлин күннэргэ хаһыат аҕалтаран ааҕар буолла. Онтукатын син сүүрбэччэ мүнүүтэ курдук ааҕар, ол кэннэ хараҕа сылайар, тохтоон хаалар. Чаас, икки чаас сынньанар, ааҕыытын эмиэ хатылыыр. Оннук эмиэ биир туспа эрэйдээх дьарыгы булан ылла.

Бу киэһэ уот умуллуон иннинэ эмиэ куолутунан хараҕа сылайан, төбөтө ыалдьан барбыта. Утуйар уу ыгыах буолбута.

Хаһыатын туора уурбута, утуйардыы сананан суорҕанын бүрүнэн кэбиспитэ. Кини хараҕын быһа симэн, икки илиитин атахтарын икки ардыгар кыбытан кумуйуоҕунан кумуйан баран нуктаан барбыта. Сылаата таайдаҕа, утуйбут этэ.

Уһуктан кэлэн туумба үрдүгэр уурбут чаһытын көрбүтэ: уон биири ааспыт эбит. Син утуйбахтаабыт, балтараа чаас курдук. Аны мантан түүн төһө, хайдах утуйара буолла?! Айбыт таҥара бэйэтэ билэн эрдэҕэ. Эргийэн ойоҕоһунан сыппыта, уҥа ытыһын иэдэһин анныгар уган хараҕын быһа симмитэ.

Эмиэ дьэ, хаһан утуйуохха диэри, санаа-оноо ытылҕана саҕаланнаҕа…

1

Түбүктээхэптэр төрүт түөлбэлэрэ Быйаҥнаах диэн аатырбыт күөл үрдүгэр турар Барҕа дэриэбинэ буолар.

Быйаҥнаах – икки көс кэриҥэ усталаах, хас эмэ биэрэстэ туоралаах, ортотугар дьоҕус арыылаах ытык эбэ. Көтөрө, балыга дэлэйинэн, хара тыатыгар кылааннаах түүлээх, булт-алт арааһа тоҕуоруһарынан үйэ тухары аар-саарга аатырар. Эбэ илиҥҥи үрдүк эҥэрин биир мааны кырдалыгар Барҕа дэриэбинэ олохсуйбут.

Бу күөл тулатыгар хатыҥ чараҥ үтүөтэ баар. Тиит, харыйа, бэс мас булкаастаах аар тайҕата муҥура биллибэт киэҥ сиринэн тайыыр. Алаастар диэн ааттанар киэҥ нэлэмэн сыһыылар аайы, Быйаҥнаахха да тэҥнэспэтэллэр, бэрт улахан күөллэр нэлэһийэллэр. Олор тулалара бы-лыр былыргыттан күөх быйаҥнарын өлгөмнүк өрө анньаллар. От барахсан муҥутаан үүммүт кэмигэр сэниэлээх соҕус сиккиэр тыал сипсийэн бардаҕына ходуһа киэҥ иэнэ муора долгунун санатан, араас өҥүнэн биир күдьүс долгулдьуйар, күн уотун кытта оонньоһор тамана кылапачыйа күөгэҥниир. Ол көстүү хайа да бэйэлээх нохтолоох сүрэҕин долгутар, иһийбит эрчимин уһугуннарар, ходуһа хоһууна буоларга булгуччу ыҥырар дьиктилээх. Дьон-сэргэ барахсан бу быстыбат быйаҥтан сомсон сүөһү, сылгы ииттэллэр – түөлбэ дьонун бу сүрүн дьарыгын ситимин быспакка хас үйэлэргэ илдьэ кэлбитин ким да билбэт. Билэ да сатаабат. Ол дьарык үйэлэр тухары баара, баар буолуоҕа даҕаны диэн өйдөбүл бигэтик иҥмит түөлбэтэ – Барҕа барахсан буоллаҕа!

Былыта суох ыраас күҥҥэ, салгын сылыйа иһийэр кэмигэр, ыраах илин диэки Дьааҥы хайаларын очуостара бэрт чуолкайдык көстөөччү. Оччоҕо уһун кураан күннэр үүнээччилэр. Дьэ ити кэмҥэ эдэрдиин-эмэнниин, кыыстыын-уоллуун бука бары хомуллан, бас-көс дьон дьаһалынан от-мас үлэтэ күөстүү оргуйар. «Биир күн дьылы быһаарар!» диэн этии маннык былдьаһыктаах күннэргэ анаммыт буоллаҕа дии саныыгын.

Күн тахсыыта саһарҕа бастаан Быйаҥнаах эбэ киэҥ иэнигэр чаҕылла сыдьаайар, көмүс мөһүүрэ кыырпахтарын сөтүөлэтэр. Онтон тиэтэйэ-саарайа Барҕа арҕаа эҥээриттэн саҕалаан бэрт сотору дэриэбинэни сылаас угутунан сабардыыр. Былыта суох буоллаҕына, күн тахсыаҕыттан киириэр диэри бу түөлбэ иэниттэн арахсыбат. Онон бу хоту дойдуга күн сылааһын муҥура баар буоллаҕына, ол муҥурун илэ билэр дойду – бу Барҕа!

Быйаҥнаах эбэҕэ үс үрэх уутун кутар. Саас аайы күөл уута лаппа эбиллэр. Угут дьылларга уу Барҕа томторугар балтараа хаамыы курдугунан эрэ тиийээччитэ суох. Онон буоллаҕа, айылҕа анаан оҥорбут кырдала буолар. Ол туһунан араас номохтор да бааллар, олортон биирдэстэрэ маннык:

Былыргы дьыллар мындааларыгар, урукку кэмнэр уор-ҕаларыгар Быйаҥнаах эбэ биирдик мэндээрэр иэнин эрэ билинэн, онтон атын буолуоҕун санаан да көрбөккө, сири-сибиири барытын сабардаан, сороҕор олох чуумпуран, ардыгар аймана дьалкыйан, силлиэ-буурҕа аргыстанан, барҕа быйаҥыттан дьону-сэргэни өлүүлээн аһатан-сиэтэн сыппыта үһү. Үгүс эр бэртэрэ эбэ мөхсөр-тахсар кэм-нэрин аахсыбакка туран туруулаһан көрөллөрө үһү. Ол хапсыһыыга икки атахтаах баһыйтаран тыыннарын былдьаталлара, бүттүүн мэлийэн сүтэн хаалар түгэннэрэ үгүс эбит. Онон кэлин хайа да бэйэлээх эр бэрдэ ханнык да тыынан, оҥочонон эбэ дохсун санаата уһуктубут буоллаҕына, санаммат буолбуттар. Кини тулатынааҕы алаастара буомуран маардарга кубулуйан сир-дойду таһаата кутаҥнас буола күөгэлдьийэр туруга кэҥээн испит. Олохтоох баай сир-дойду мөлтүүр-ахсыыр кэмэ кэлээри гынна диэн аатырар ойуунун ыҥыран ылан барытын сиһилии быһаарбыт, хайдах кэм кэлиэҕин өйдөппүт, эстии-быстыы чугаһаан иһэрин санаппыт. Ол кэннэ эбэ намыһах сирин ыйан, үллэр сүүрүктээх, будулуйар бурууктаах Орто бараан дойдуну хаба ортотунан киэҥ таһаа киэлитин кэҥэтэ устар, элбэх үөстээх улуу кудулу өрүскэ тиийэн уутун кутар суолун тобулар ыллыгын оҥор диэн көрдөһөр курдук дьиппиэн, булгуччулаах сорудах биэрбит. Ити барыта дьонуҥ-сэргэҥ инники дьоллоох олоҕун суолун арыйыы буолуоҕа диэн сэрэппит.

Онуоха ойуун олус ыарахан, иэстэбиллээх сорудаҕы биэрдиҥ диэн муҥатыйыах курдук буолан баран: «Бар дьо-нум туһа диэн сорунан көрүөм», – диэбит. – Ол иннинэ үөһээлэргэ тиийэн көҥүл ылабын, тугу толук уунары бы-һаарсыах тустаахпын диэн сэрэтэн, кэм-кэрдии болдьоспут.

Болдьоспут кэмэ кэлбитигэр үс түүннээх күн кыыран дьигиһийбит, кутуран кулуһуппут, сата тылын барытын сааһылаан, алгыыр-кірдіһір тылын-іһүн ситимнээн, кэриэс-хомуруос тылыгар бэйэтин олоҕун толук уурарын кэрэйбэтин этэн, көрдөһөн-ааттаһан сыылла сылдьан балаҕан буорун сиппийбит, ыстаҥалыы сылдьан саһаан мас үрдүнэн өҥөҥнөөбүт. Ол быыһыгар көмүлүөк оһох кэннигэр туран сирэйэ икки эҥээринэн элэҥнээбит. Онтон «миигин күүтээриҥ» диэн баран оһох ураатынан сирилэс тыас доҕуһуолланан көтөн хаалбыт…

Өр соҕус буолан баран эргиллэн, оһох үөлэһинэн түһэн кэлбит. Намыраабыт, бытаарбыт курдук буолбут үһү. Балаҕан ортотугар ахчаччы тэбинэн туран: «Эбэбит уутун түһэрэр буолла, бэйэтин таһаатын аччатан, сиэрдээх үрдүгүн тутан турар аналын ылыныа. Кини тула дьон-сэр-гэ бөҕө олохсуйуо, сыспай сиэллээх, адаар муостаах таптаан тоҕуоруһар сирэ буолуо, үйэлэргэ кини баайын, быйаҥын туһунан сэһэн кэҥиэ, үһүйээн дэлэйиэ!» – диэн бэрт чиҥник, иччилээх баҕайытык тыл ыһыктыбыта үһү. Ол кэннэ хараҕын өҥүргэһинэн көрөн туран уһуутаабыт, дүҥүрүн былаайаҕынан хаста да сэниэтэ суох охсуолаабыт уонна сууллан түспүт да өлбүт. Кини бар дьонун инники олоҕун туһугар итинник толук буолбута үһү!

Быйаҥнаах кытылын өҥөйө Барҕа бөһүөлэгэ, оттон тулатыгар тэйиччи соҕус өссө үс түөлбэ баар. Кинилэр этэҥҥэ олохторун төрдүн-төбөтүн, иитин-саҕатын барытын эмиэ бу улуу эбэни кытта ситимнииллэр. Олохтоохтор бары билсиһэллэр, хардарыта көмөлөсүһэри умнубаттар, ыччаттарын ыал оҥортуур үгэстэрэ салҕанар. Маннык үтүө үгэстэрин киинниир, соргулаах сүбэни тобулар, инники сайдыыга сирдиир сирдэрэ, уйгулаах тусаһалара Барҕа буолар. Маны барытын кырдьаҕастыын, эмэнниин, эдэрдиин ылыналлар, киин уораҕайынан билинэллэр.

Холхуостааһын саҕана хас биирдии түөлбэ чугастааҕы кыстыктарын, сайылыктарын түмэн туспа холхуостар буолбуттара. Оттон сопхуостары тэрийиигэ бары кыттыспыттара, биир сопхуос буолбуттара, Барҕа дэриэбинэни киининэн билиммиттэрэ, «Быйаҥ» диэн ааты ылыммыттара.

На этой странице вы можете прочитать онлайн книгу «Таптал уонна дьүккүөр», автора Сайдама. Данная книга имеет возрастное ограничение 12+, относится к жанру «Современная русская литература». Произведение затрагивает такие темы, как «якутская литература». Книга «Таптал уонна дьүккүөр» была написана в 2021 и издана в 2021 году. Приятного чтения!