Читать книгу «Таптал уонна дьүккүөр» онлайн полностью📖 — Сайдама — MyBook.

2

Бэриэт оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммитэ, ордук ахсаан бары эйгэтигэр. Онус кылааһы хайҕал суруктаах бүтэрбитэ. Кини Сэбиэскэй Сойуус үрдүк үөрэхтэрин кыһаларын туһунан иһитиннэриилэр түмүллүбүт бэрт халыҥ кинигэни ити дьыл балачча сыымайдаабыта буолан баран, дьиҥинэн, хайа хайысханы таларын быһаара илигэ. Эйэҕэс-дьэллэм, кэпсэтинньэҥ-ипсэтинньэҥ, ылсары-бэрсэри улгумнук ылынар майгылаах Бэриэт уол долгуйар Дьо-куускай куоракка кэлээт, бэрт сотору атас-доҕор уолаттары булуммута. Кинилэр сүбэ-ама кэпсээннэригэр, дьүүл-дьүһүн сэһэннэригэр кыттыспыта. Онно ордук дойду киин сирдэригэр үөрэххэ тардыһыы күүстээх курдуга: сайдыылаах, киэҥ ыырдаах, бастыҥ учуонайдар түмүллүбүт сирдэригэр тиийэн үөрэнэр быдан ордук, кэскиллээх диэн ис хоһооннооҕо.

Аны биирдэ киинэҕэ сылдьаары дойдутун киһитэ Баһылай Наҕабыыһыны көрсөн сэһэргэспиттэрэ, кэлин ыкса билсиһэн барбыттара. Кини үөрэххэ туттарса кэлбит уолга сибээс тэрилтэтигэр монтерунан үлэлиирин эппитэ уонна сибээс эйгэтэ улахан кэскиллээх хайысха буоларын бэрт сэргэхтик, ылыннарыылаахтык ойуулаан сэһэргиир буолан биэрбитэ. Бэриэт бэркэ сэҥээрбитэ, сотору ханна үөрэнэ барарын быһаарыммыта – сибээс үөрэҕин талбыта. Дойдутун Барҕа дэриэбинэтин сибээһэ мөлтөҕө бу быһаарыныыга ордук суолталаах буолбута диэтэххэ омуна суох буолуохтаах.

Киирии эксээмэннэри бэркэ туттаран Новосибирскайдааҕы сибээс институтун икки миэстэтиттэн биирин хаһаайына буолан үөрүү-көтүү өрөгөйдөөбүтэ. Кини бастакынан убай кэриэтэ санаабыт, сүбэ-ама буолбут биир дойдулааҕар Баһылайга кэпсээн эҕэрдэ үтүөтүн, баҕа санаа бастыҥын туппута. Дьонугар аҕыйах тыллаах тэлэгирээмэ ыыппыта.

Үөрэххэ киирбит, олох киэҥ суолун арыйбыт уол улахан киһи буолбутун билинэн, Бэриэт Сиидэрэбис саҕа сананан бу дьыаланы уолаттарын кытта сууйар-тарыыр этиини ылыммыта. Уопсай дьиэҕэ халбаһы, помидор, оҕурсу, балык кэнсиэрбэтэ сокуускалаах аһылык буолбута. Кини арыгыны бу манна аан бастаан испитэ уонна төрүт сөбүлээбэтэҕэ. Кырыылаах дьэҥкир ыстакаан кыра аҥаарынан аһыы утаҕы испитэ, ол кэннэ ыыра аккаас-таммыта. Төбөтө кулахачыйбытын, куртаҕа аһыйбытын олус атыҥыраабыта. Сокууска аһа туох да амтана суох буолан хаалбыт курдук буолбута. Ону олус дьиктиргээбитэ, соһуйбута, ас амтана уларыйарын билэн наһаа сөхпүтэ. Уолаттар араастаан хаайа сатаабыттара эрээри, Бэриэти кыайбатахтара. Сотору суолун көннөрбүтэ, дьиэтин былдьаспыта.

Бу түгэнтэн арыгыттан илэ өйдөөх төбө олус дьиктитик дьалкыйарын, тугу да толкуйдаан быһаара сатаабат буоларын билбитэ. Бэриэт Сиидэрэбис кэлин ону өссө илэ билэн чиҥник өйдөөбүтэ. Олоххо ханнык да ыарахан кэмнэргэ, ону уҕарытар быһаарыылары ылынарга илэ өйү тута сылдьан толкуйдуур, тобулар наадатын уонна ол эрэ бэйэ санаатын-оноотун модьуратарын итэҕэйбитэ. Аны кини ол атын дьонтон олус тутулуктааҕын билбитэ. Ордук үрдүк өһүөлээхтэртэн… Чэ, бээ, ити олус киэҥ кэпсээн. Ону кэлин…

* * *

Түбүктээхэп диэн араспаанньа кырдьык да наар түбүгү эрэ түөрэр дуу, үөдэн дуу?!

Төрүт-уус киһибит Түбүк Төрөл диэн эбитэ үһү. Айылҕаттан уҥуох, күүс-уох өттүнэн маанылаппыт бэйэтэ, кыанара бэрт буолан буоллаҕа, үлэнэн үлүһүйбүт, биир сиргэ олорон турбат, үлэ үмүрүйдэ диэн тохтоон сын-ньаммат, түбүктэн түбүгү булан ыла турар барахсан эбит. Онтон ситимнээн биһиэхэ араспаанньа кэлбит, таҥара дьиэтин дьаһалынан, ханнык эрэ аҕабыыт быһаарыытынан. Дьиҥинэн, уу сахалыыта бэркэ иһиллэр буолан баран тустаахха баттыгастаах соҕуһа биллибитэ ыраатта… Бээ, кэбис, ону төрүттэргэ хомнуур сыыһа.

Бэриэт Сиидэрэбис оронуттан туран туалекка киирбитэ. Ииктии сатаабыта да дуоннаах кэлбэтэҕэ. Хабаҕырбатах да эрээри санаа арааһын тута сылдьан, үөрэммиччэ, бу дойдуга киирбитин өйдөөн сонньуйан ылбыта. Кини оргууй чөмөөр үктээн түннүккэ кэлэн, сабыытын сэгэтэн ыйдаҥа сырдыгар аллараа тэлгэһэҕэ кэккэлэспит аҕыйах массыынаны кыҥастаспыта.

Аныгы үйэ мааны массыыналарын арааһа, дьэ, дэлэйдэ. Аны массыына баай киһи бэлиэтэ буолбатах быһыылаах. Олох тупсарын бэлиэтэ, дьыала эккирэтиһиитин ситэ сатыыр миҥэ көлө. Арыычча киһи бары атыылаһар, иэскэ да киирэн туран…

Ааспыт үйэ 70-с сылларыгар кыра массыына сэдэх да этэ. Райкомҥа, райсовекка, сопхуос дириэктэрдэригэр эрэ баара. Чааһынай киһи ол туһунан саныыра да сатаммат курдуга.

Үөрэнэ сылдьан, 16 сааһын туолан пааспар ыларыгар аҕата, тырахтарыыс Сиидэр, үлэтиттэн көҥүллэтэн, кинини илдьэ оройуон киинигэр дириэктэр массыынатынан барбыттара. Оо, онно ол массыына астык да этэ, тойон саҕа санаммыта ээ! Биһиги дойду суола тибиитэ-хаһаата диэн бэйэтин киэнэ буоллаҕа. Хор онно иҥнибэккэ барара, дьэ, күүстээх этэ доҕор, иккитэ буксуйа сылдьыбыппытын аахсыбатахха. Оччолорго ол барахсаны тааҥкаттан итэҕэс санаабатаҕым. Сүрдээх сэп этэ…

Саахса үлэһитэ дьахтар ааппын муодарҕаан:

– Бу туох муода дуу, моһуок дуу аатый? Бэриэт буола сытыйан?! – диэн баран остуолтан төбөтүн өндөтөн миигин балачча кыҥастаспыта.

Мин ону хантан билэн-көрөн тугу быһаарыахпыный. Арай мүлүк-халык буоллум быһыылааҕа. Аҕам абыраабыта:

– Сөпкө соһуйаҕын, – аҕам утары көрбүтүн кубулаппакка быһааран барбыта. – Ити өбүгэлэрбит ааттара. Бэриэт Бэрдэ диэн киһи баара үһү. Тугу барытын бэриэттээн оҥоро сатаабыт, бэриэттээн билэ охсубут, сытыы-хотуу уола хаан. Ол киһи курдук киһи киэнэ кэрэмэһэ буоллун, олоҕун бэриэттээн дьаһанар үөрүйэхтэннин диэн санааттан ити ааты иҥэрэн турабын.

– Эмиэ да бэрт эбит, – пааспар суруйар хотун сэҥээрбитэ. – Аата көмөлөстөҕүнэ олоҕор абыраныа этэ буоллаҕа, – кини ити тылларыгар онно улаханнык саарбахтыыр дорҕоон баара.

Бэриэт Сиидэрэбис оччотооҕу хотун соччо итэҕэйэ сатаабатах сирэйин-хараҕын үчүгэйдик өйдөөн хаалбыта. Оннооҕор бу ыалдьан, умнара-тэмнэрэ улаатан баран, ол харахтары бу баардыы өйдүүр. Ааппыт ол бэриэттээн толкуйдуу охсон, ону быһаара охсорго тиргилиннэрэн, дьэ, ханна-ханна, онно-манна тириэрпэтэҕэ баарай?!

Кини ити санаатын салгыы ырыта барбатаҕа. Илиитинэн салгыны сапсыйан баран хаҥас ытыһынан сэҥийэтин имэрийбэхтээбитэ, харахтарын соттуммахтаабыта. Түннүк сабыытын кичэйэн саппыта, оронугар төннүбүтэ.

3

Бэриэти уопсайга ылбыттара. Аҕыйах хонукка Новосибирскай куорат үтүө миэстэлэрин кытта билсибитэ. Ол билсиһии кэнниттэн онно-манна аралдьыйбакка үөрэххэ төбөтүн оройунан түспүтэ. Умсугуйан үөрэнии түмүктэрдээх буолбута: эксээмэннэри үчүгэйдик туттарара, оттон спецпредметтэргэ наар «туйгун» сыананы ылара. Иккис куурустан саҕалаан билэ-көрө сатыыр уолу учууталлара чорботон бэлиэтиир буолбуттара. Ону туһанан институт научнай лабораториятыгар орох тэппитэ, онтон арахпата. Сотору онно бэйэ киһитэ буолбута.

Сэбиэскэй Сойууска биир улаханынан биллэр «Сибтекстильмаш» собуокка сылдьан, анаан туруоруллубут бырагырааманан бэйэлэрэ үлэлиир станоктары кытта билсибиттэрэ. Устудьуон киһи аныгы техника муҥур ситиһиилэринэн сэбилэммит тэрилтэни олус диэн сөбүлээбитэ. Собуокка үлэлиир исписэлиистэри кытта билсибитэ, ордук научнай лаборатория үлэтин интэриэһиргээбитэ. Кини манна иллэҥ буоллар эрэ кэлэр, ону-маны ыйыталаһар, ити уустук станоктар исхиэмэлэрин иҥэн-тоҥон билэ сатыыр дьарыктаммыта.

Бэриэт институт бибилэтиэкэтиттэн тахсыбата. Сибээскэ тахсар саҥа ситиһиилэри, арыйыылары эккирээн, булан билсэр, ырытар адьынаттаммыта. Ол сылдьан сорох исхиэмэлэргэ тугу эмэ көннөрөр, судургутутар өттүн тобулар буолбута. Онтукатын туһунан учууталларын кыт-та санаа атастаһара, ырытыһара, бэйэтин булуутун көмүскүүрү да сатыыра.

Иккис кууруһу «туйгунунан» бүтэрбитэ. Научнай куруһуок бастыҥ истээччитэ, аатын курдук бэриэттээн билээччи-көрөөччү, саҥаны тугу эрэ тобула сатааччы, ол тула сытыы мөккүөрү тэрийээччи кини буолбута…

* * *

Үһүс куурус саҕаланнаҕын кыһын аҕата дэҥҥэ түбэһэн суорума суолламмыта.

Ити соһумар үлүгэртэн Бэриэт өйө-санаата ыһыллан хаалбыта, олус соһуйбута, хомойбута. Кини санаатыгар аҕата өрүү баар буолуохтааҕа, кинини ханнык да алдьархай, оһол, быһылаан булгурутуо диэн өйүгэр да оҕустаран көрбөт этэ. Хаһан да улаханнык ытаабытын өйдөөбөт. Арай бу түбэлтэҕэ кини олус айманан куорат кытыытыгар тахсан, мастар быыстарыгар олорон уйа-хайа суох ытаабыта, хомойбут, хоргуппут тыынын таһаарбыта. Бу кэннэ эр санаатын ылынан, дьиппинийэн, ыал улахан киһитэ буоларын, онон улахан эппиэтинэһи сүгэрин билинэн, көтөр аалга олорон дойдулаабыта.

Ийэтэ Оппуруоһа эмискэ баҕайы алта оҕотун, сүөһүлэрин, сылгытын кытта соҕотоҕун туран хаалбыта. Улахан киһи Бэриэт ыраах баҕайы үөрэнэ сылдьара, быраат, аҕатын аатын ылбыт Сиидэр Дьокуускайга педучилище физкультурнай салаатыгар үөрэнэрэ. Атыттар бары Барҕаҕа бааллара.

Бэриэт дойдутугар кэлэн аҕатын уҥуоҕун төрөөбүт буо-ругар кистээбитэ, уол оҕо буолан ытык иэһин толорбута.

– Ийээ, чэ, сүбэтэ тобулуоҕуҥ, – аҕаларын тоҕус хо-нуктаах ахтыытыгар, дьон тарҕаспыттарын кэннэ бэйэлэрэ эрэ хаалан баран, улахан уол тыл быктарбыта. – Дьиэҕэ эр киһи хайаан да наада. Онон мин быйыл үөрэхпин ситэрэн баран кэтэхтэн үөрэххэ көһөргө сананным. Бары түмсэн, бииргэ буолан олорорбут быдан ордук буолуо.

Остуол тула уу чуумпу сатыылаабыта. Олорооччулар, улаханныын-кыралыын, хардарыта сирэйдэрин көрсүбүттэрэ, тугу эрэ кэтэһэрдии илиилэрин кумуччу туттан остуол анныгар уган, аны, ийэлэрин диэки хайыспыттара.

Оппуруоһа итинник эрэ быһаарыныыны күүппэтэх буолан соһуйан мах бэрдэрэн, улахан киһитин хомоппот санаатын урутатан, туох диэҕин сыымайдыы олорбута.

– Бэриэт, эйиигин инньэ диирэ буолуо диэн сэрэйбитим, – ийэ барахсан ити, дьиҥэр, ханарытан эппит саҥата этэ. Ити туһунан төбөтүгэр оҕустарыахтааҕын саҥа өйдөөн кэлбитэ. – Этэриҥ сөп. Улахан киһи тыла, – Оппуруоһа ити кэннэ чааскытыгар эбии сылаас уу кутуммута, ылан сыпсырыйбыта. Онтон уолун утары көрөн олорон. – ¤ыччыай, ити соччо сөбө суох быһаарыныы буолуо. Биһиги манна элбэхпит, улааппыт дьоммут. Сүбэ-ама күүһүнэн тугу барытын, куруутун баар, билэр-көрөр дьыалабытын кыайар-хотор кыахтаахпыт. Онон эн муох-чуох буолбакка үөрэнэриҥ наада. Үөрэххэр үчүгэйгин. Биһиэхэ манна учууталларыҥ махтанар суруктара кэлбитэ ээ – үөрэххэ үчүгэйиҥ, бэрээдэктээҕиҥ туһунан. Оҕолоргор суол тэлээччи эн буоллаҕыҥ дии. Биһиги дьиэҕэ, аҕабытын суохтаппат туһугар, эн үөрэҕиҥ баар-суох кылаабынай дьыалабыт буолар. Онон эн үөрэн, наар үчүгэй сыананан бүтэр, – ийэ барахсан ити тылларын этэн баран остуол тулатыгар олорор оҕолоруттан, чугас аймахтарыттан бигэргэтии көрдөөн: – Сөпкө этэбин буолбат дуо? – диэн ыйыппыта.

– Сөп, сөп… Оннук… – оҕолор хоруйдара судургу этэ.

– Бэриэт, ийэҥ этэрэ саамай сөп дии саныыбыт биһиги, – Оппуруоһа бииргэ төрөөбүт балта Маайа кэпсэтиигэ кыттыспыта. – Эн үөрэҕиҥ биһиги аймахха барыбытыгар улахан суолталаах. Ыччаппыт бары эйигин үтүктүө, батыһыа этилэр буоллаҕа дии.

– Нохоо, Бэриэт, бу орто дойдуга букатын кэлбит суох. Дьылҕа хаан быһаарыытынан ким уруттуур, ким хойутуур, – аҕаларын Сиидэр убайа, аймах ытык кырдьаҕаһа Көстөкүүн Түбүктээхэп тоҥолохторун остуолга ууран икки ытыһын холбуу тутан, онно сыҥааҕын өйөөбүтэ, билигин да уоттаах харахтарынан аймах дьон тумус туттар оҕотун тобулу көрөн олорон сүбэтин саҕалаабыта. – Сиидэргэ толорута суох дьылҕа анаммыт эбит. Кини дьылҕатын салҕааччылар бааргыт. Бу кэчигирэһэн олороҕут, – ытыһын нэлэҥнэппитэ. – Онон эһиги этэҥҥэ саҕаламмыт ханнык да дьыаланы дьалкытар, түөрэҥнэтэр туһунан араас санааны булунумаҥ. Туох барыта дьалкыйда, тугу барытын түөрэҥнэттиҥ да – ол хаһан даҕаны эмискэ тохтоон хаалбат. Хаһан баҕарар биэтэҥниирэ, будулуйара, буккуллара уһун буолар. Ону оннун булларарга эмиэ сыра-сылба наада. Онон эн үөрэммитиҥ курдук үөрэн, улахан үөрэхтээх киһи буол. Омук бэртэрин кытта тургутуһар кыахтаах киһи буол. Аймахтар санаабыт, сүбэбит оннук…

* * *

Атаҕастанар диэн олус да абалаах. Аны ону утары тугу да гынар кыаҕыҥ суоҕа өссө кыһыылаах, ону ааһан олус ыарыылаах. Бу кэбилэнэ сытабын дии. Аныгы мэдисиинэ күүстээх буолан өрүтүннэҕим. Били абаҕам Көстөкүүн барахсан эппитигэр дылы, Дьылҕа хааным өссө да кэми-кэрдиини утары уунар буолан улаханнаппатах буоллаҕым. Саамай үчүгэйэ – өй-санаа төттөрү барбатаҕа, бысталамматаҕа үчүгэй…

Эһэм Бүөтүр, ийэм аҕата, олус сүрэхтээх, тэрээһиннээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ тылын ылыннарар киһи киэнэ кэрэмэһэ эмиэ быстах дьылҕаламмыт эбит. Түүннэри, күннэри түбүгүрэн, утуйар ууну умнан, бэйэ толкуйунан, илии-атах күүһүнэн кыаҕыра сатаабыт, элбэх сүөһүнү, сылгыны ииппит. Сэбиэскэй былаас олохтонорун, үлэһит, сүрэхтээх-бэлэстээх дьон кыаҕырыахтарын туһунан өрө күүрүүлээх кэпсээни кини биһирии көрсүбүт ээ. Онтон аны артыаллар, холхуостар тэрээһиннэрэ сүөһүлээх-астаах дьон үрдүнэн баралларын сөбүлээбэтэх. Сөп ээ. Үйэтин тухары хара көлөһүнүнэн муспут баайын буор босхо биэрэр диэни ким сөбүлүөй?!