Бэриэт Новосибирскайга төннөн кэлээт, кэтэхтэн үөрэнэ көһөргө, манна үлэ булунан үп-харчы өлөрөн дьонугар көмөлөһөрдүү быһаарыммыта. Кини дьонугар тугу да эппэтэҕэ, үөрэнэ сылдьарынан биллэрэ.
Институт салалтатыгар баар балаһыанньаны толору кэпсээбитэ, бэйэтэ быһаарыммыт толкуйун эппитэ. Салалта табатык өйдөөн үчүгэй үөрэхтээх, инники кэскиллээх исписэлиис тахсар уолга утары бараннар бары усулуобуйаны тэрийбиттэрэ: кини кэтэх үөрэххэ көспүтэ, институт иһинэн баар сибээс сыыппаранан ситимин научнай-чинчийэр лабораториятыгар үлэҕэ киирбитэ, уопсай дьиэтигэр салгыы олорорго көҥүл ылбыта.
Барыта санаа хоту буолбута. Кини онтон олус үөрбүтэ. Үтүө да салайааччылар бааллар эбит диэн махтаммыта. Салайааччы эрэ барыта маннык буолуоҕар эрэл оччотооҕу эдэр киһиэхэ бигэтик иҥмитэ.
Институтун туйгуннук бүтэрбитэ, үрдүкү научнай сотрудник буолбута. Хамнаһа куһаҕана суоҕа, бириэмийэни квартал аайы ботуччу биэрэллэрэ. Онон кини дьонугар көмөтө быстыбат этэ.
Кини биири эрэ саныыра – сибээс аныгы ситимэ кэскиллээҕин, сыыппаранан сибээс инники суолун тобулууга бэйэтин туох эрэ кылаатын хайаан да киллэриэхтээҕин. Онно туох эмэ мэһэй баар буолуоҕун санаан, түһээн да көрбөт этэ.
Бу «Радио» диэн лаборатория Сойуус судаарыстыбаннай научнай-чинчийэр саамай улахан институтун салаата буолбута. Аналоговай диэн аатырар куолаһынан сибээстэн түргэн сырыылаах сыыппаранан сибээскэ көһүүнү ырытыы, тобулуу, олоххо киллэрии судаарыстыба инники күөҥҥэ турар соруга этэ. Ону аан бастаан космическай сибээстэн саҕалаабыттара. Онон Бэриэт Сиидэрэбис космическай сибээс үлэһитэ буолан түөрүйэ быһыытынан айыллар сыыппаранан сибээһи дьиҥ олоххо киллэрэр минисхемалары таҥар уустук үлэҕэ ылсыбыта. Кинилэр сүрүн соруктарынан – космическай сибээс чуолкайын ситиһии, айанныыр тэтимин түргэтэтии буолбута.
Институт ааҕар-суоттуур киинин массыына саалата баараҕай дьиэ хас да этээһин ылара. Онно өй үлэтэ олус чуумпутук, хас биирдии үлэһит бэйэтин дьикти эйгэтин иһигэр барара, оттон исхиэмэлэри таҥыы үлэһиттэрэ микроскоп-ачыкыны кэтэргэ тиийэллэрэ, анал паяльниктарынан туһаналлара, микросхема ситимин оҥорон таһаа-раллара.
Табаарыһа Карцев Владимир Бэриэт талааныгар, билиитигэр-көрүүтүгэр чахчы сүгүрүйэрэ. Кини биир түгэҥҥэ табаарыһа «оччоҕо маннык гыннахха табыллыахтаах» диэн бэрт судургу быһаарыы ылынан бокуойа суох уларытан-тэлэритэн барбытыттан: «Ну, Бэриэт, ты молодец! Давай, Бэриэт, вперед!» – тыллары ыһыктаат, сотору Бэриэти спецовкатын сиэҕиттэн тардыалаабыта. Бэриэт: «Ты что?» – диэн сөбүлээбэккэ эргиллэ түспүтэ. Онуоха Карцев Володя олох маһыттан ойон турбута, Бэриэти туруору тарпыта, үөрэн чаҕылыспыт харахтарынан утары көрбүтэ, бэркэ боччумнанан туран: «Бэриэт, тебе отныне я присваиваю имя Вперед. Ты не Бэриэт, а Вперед!» – диэн, хаста да хатылыы-хатылыы, бокуойа суох бобута кууспута, бэйэтигэр ыбылы тарпыта. «Да?! Хорошее имя», – Бэриэт бэйэтэ да соһуйбута, үөрбүтэ, өссө астыммыта, күлэн тоҕо барбыта. Володя өссө күүскэ күлбүтэ, олус табыгастаах ааты булбутуттан астыммыта чахчы этэ. Ити кэмтэн ыла талаанынан сөхтөрбүт, ньуура суох үлэһитинэн биллибит саха уола Бэриэккэ олох даҕаны Вперед диэн дьоһуннаах, тапталлаах аат иҥмитэ. Институттар ити ааты олус сөбүлээн тутталлара.
Доҕоро Владимир Карцев саҥа хайысхалаах научнай үлэтэ сэҥээриини ылан кандидатскай диссертациятын көмүскүү «Радио» институкка тиийэн сатамматаҕар Бэриэти ыҥыртарбыта. Онно кини исхиэмэ сырыытын билсиһэн баран Володя туохха сыыспытын чопчу ыйбыта, баар схеманы көннөрөн биэрбитэ. Ол табыллыбыта, ону ааһан өссө хайҕаммыта. Владимир Семенович наука хандьыдаата буолбута. Кини ситиһииттэн үөрэн, табаарыһыттан сөҕөн сууйдахтарын киэһэ: «Ну, Вперед, ну, Вперед! Какое правильное имя!» – диэн хаста да хатылаан, Бэриэти кууһан ылан эргичитэн үөрүүтүн биллэрбитэ.
Ол кэнниттэн Түбүктээхэптэн сүбэлэтэр, ыйытар элбээбитэ, исхиэмэ оҥорторуон баҕалаах уочарата да баар буо-лан ылара. Онон Бэриэт билиитин, сыыһаны була охсорун, ону быһа суолун тобулан оҥороро түргэнин туһунан институкка номох курдук кэпсээннэр элбээн барбыттара…
Командировкалар быыстала суох буолбуттара, сырыы кэҥээбитэ. Сойуус сибээһигэр үлэлиир Россия, Прибалтика, Украина куораттарын научнай уораҕайдарыгар ыйы-ыйынан сылдьара. Ол тухары Саха сирин уһук Барҕа дэриэбинэтин уолун билиитин-көрүүтүн, сатабылын сөҕөөччү көстөрө, элбиирэ. Сүбэлэтэр-амалатар даҕаны онтон итэҕэһэ суох этэ.
Саҥаны айыахха айылаах киһи элбэх бөҕө ээ, миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы. Дьэ, ону олоххо киллэрэр олус да ыарахан, бадьыыстаах, эриирдээх буолар эбит. Маннык салгыы бардаҕына дойдубут Сэбиэскэй Сойуус барахсан сайдыыттан хаалара ырааҕа суох буолсу быһыылаах.
Барытын туорайдаһа, сатаммат, ханнык эрэ балаһыанньаҕа сөп түбэспэт, маннык стандарт суох диэн сабыта баттыыр бүрүкүрээт наһаа да элбэх эбит. Оттон, доҕоттоор, саҥа айыллыбыкка патент биэрэ охсон, ол оннук наадалаах «стандарт» диэннэрин иҥэрэр туох айылаах ыараханнааҕа буолла?! Тоҕо ол табыллыбатый? Ким да билбэт. Барыта чып кистэлэҥ быһыылаах. Бу бэрэбиэркэлиир дьонуҥ бары ааттаах-суоллаах, урукку өттүгэр өҥөлөөх кырдьаҕастар. Ол чыыннарынан-хааннарынан саба баттаан олороллор, кинилэр эппиттэрин, муҥур уһугар түмүк оҥорбуттарын утарсар киһи баара да биллибэт.
Дьэ дьикти! Арааһа, ити партиябыт тойотторо бары кырдьаҕастар мустан үөлээннээхтэрин эрэ истэр, кимиэхэ даҕаны сабардаппат балаһыанньалара букатыннаахтык олохтоммут курдугар тахсар. Бочуоттаналлара сөп. Ону ким утарыай, суох. Ол эрээри саҥаны утарсар, саба баттыыр дьону баҕас тохтотуох, туоратыах баара, сынньалаҥнарын үчүгэйдик тэрийэн баран…
Билэрэ-көрөрө элбэх, ымпыктаан-чымпыктаан ырытар исписэлиис буолан Бэриэт исхиэмэлэрэ сигналлары хас эмэ төгүл түргэнник, быһаччы тиэрдэр кыахтаахтара. Ол көстөн турар кырдьыгын үрдүнэн ханнык эрэ балаһыанньа утарар, эргэрбит «стандарт» көҥүллээбэт. Элбэх утарсыы, муҥур уһугар хаайтарыы буолар. Хайыаххыный – уларытыы, кэҥэтии буолар, онон сибээстээн өйдөөх-хаанынан сигнал бытаарыытын олохтуурга тиийэҕин!
Бэриэт Сиидэрэбис сэбиэскэй тутулу атыҥыраабыта – ханнык да дьыаланы анал үөрэхтээх исписэлиис эрэ би-лэрин, ол кырдьыгын билэн туран, ону партия эрэ билэр, сатаан дьаһайар, олоххо киллэрэр диэни илэ итэҕэйбэт буолбута. Бу сүөргү ситими кини олох сайдыытын туормаһын быһыытынан билиммитэ. Ол эрээри ону кэпсиир-ипсиир кутталын элбэх холобуртан көрбүтэ – инники олоҕун санаан дьаахханара, онно бастакы төрүөтүнэн кулаах эһэтин дьылҕата этэ.
«Сэбиэскэй Сойуус сайдыыттан хааллаҕына хайдах, туох буолан иһэрэ буолла?» – диэн ыйытыгы куруутун өйүгэр тута сылдьара.
Новосибирскай куоракка үөрэнэр саха ыччаттара сыл аайы сайыны көрсө ыһыахтыыллара. Бэриэт онно чох хара харахтаах, уһун суһуохтаах, сибэкки ойуулаах сиидэс былаачыйалаах, сэмэй баҕайытык тутта сылдьар курбуу курдук уҥуохтаах кыыһы бэлиэтии көрбүтэ.
Кыыс кини билэр дьонун, аммалары, кытта сылдьара, биир хампаанньа быһыылаахтара. Кини билсэр дьонун-сэргэтин көрсөн дорооболоһон, кэпсэтэн-ипсэтэн баран, сотору ол кыыс баар бөлөҕөр тиийбитэ.
– Дорооболоруҥ! – быйыл эргиэн институтун бүтэриэхтээх Амма ыччата Петя уонна кини кэргэнэ Света илиилэрин хардары-таары бобута харбаан эҕэрдэлэһээт, кыргыттар диэки хайыспыта. – Саргы, дорообо! Хайа хаһан сыа сиибитий? – үрдүкү куурус кыыһа табаарыстааҕын билэр, кинилэр холбоһоллорун курдук истибит буолан күлэ-үөрэ ыйыппыта. Кыыс кытаран хаалан баран: «Привет!» – диэн судургутук хардарбыта.
– Бу Сардаана диэн, мин биир дойдулааҕым, – Петя Бэриэт интэриэһиргии көрбүт кыыһын оргууй окумалыттан ылан бэттэх диэки чугаһатан билиһиннэрбитэ. – Биир нэһилиэкпит. Ксенофонтовтар диэн ыаллар мааны кыыстара. Мин курдук эмиэ эргиэн институтугар үөрэниэхтээх, ол эрээри кини үһүс кууруска быһа киирэр.
– Бай, ол хайдах? – Бэриэт кыыс сандаархай хараҕын утары көрөн туран, тугу да анаара барбакка ыйыппыта, онтон бэйэтэ да соһуйбута.
– Кооперативнай техникум кэннэ, – Сардаана быһаарбыта уонна илиитин утары ууммута.
– Үчүгэйдик үөрэммит оҕолорго салгыы үөрэнэллэригэр путевка биэрэллэр ээ, биһиэннэрэ. Онон кини быйыл үөрэххэ быһа киирэр. Бу манна билсэ кэлэ сылдьар, – диэн Петя сиһилии быһаарбыта.
– Олус үчүгэй! – Бэриэт кыыс илиитин туппутун ыһыктыбакка туран чахчы үөрэн, долгуйан туран эҕэрдэлээбитэ. – Аатыҥ да кэрэтэ бэрт дии. Амма бэлиэтэ бэйэтинэн турар, – диэн баран олус истиҥник мичээрдээбитэ.
Кыыс ити тыллартан кыбыстан имэ сардаана сибэкки курдук кытара кыыспыта.
– Мин буоллаҕына Бэриэт диэн уу сахалыы ааттаахпын, – кини сытыы бэйэтэ хайдах эрэ симиттибит курдук буолбута, илиилэрин ханна гыныан билбэккэ өттүктэрин сууралаабыта. Ол да буоллар син кыанан: – Манна сибээс институтун бүтэрэн баран ол институппар бэйэтигэр үлэлиибин. Онон куорат кырдьаҕас олохтооҕобун, – диэбитэ уонна бэйэбин наһаа арбанан эрэбин ээ дии санаан күлбүтэ буолбута.
– Бэриэт Сиидэрэбис улахан научнай-чинчийэр лаборатория тутаах, олус диэн наадалаах, тарбахха баттанар биир чулуу үлэһитэ.
– Петя, бээрэ, тохтоо, – Бэриэт табаарыһын илиититтэн тардыбыта.
– Тоҕо, доҕоор? Тугу эрэ сымыйанан кэпсиир буолламый… Барыта кырдьык, – диэн баран Сардаана диэки эргиллэн: – Космическай сибээс саҥа ситимнэрин көрдүүр, булар, ону олоххо киллэрэр биһиги өйдөөбөт дьыалабытынан дьарыктанар бэрт дьээбэ киһи, – диэбитэ итиэннэ дьэ ситэри кэпсээтим быһыылаах диэн тохтоон хаалбыта. Онтон күлэ-күлэ: – Сардаана, бу уолу үчүгэйдик көр, билис. Аны бэйэтэ киһи киэнэ бэрдэ, табаарыс, доҕор киэнэ талбыта, дьоһуна, – дии-дии, дьэ сиэрэ ситтэ диэбиттии Бэриэти санныттан таптайбыта.
– Адьас сибэтиэй бэйэтинэн кэлэн турарын курдук кэпсээтиҥ дии. Ити үлэм туһунан кырдьык. Онтон атына, оттон көстөн иһиэ буоллаҕа. Билистибит дии, – Бэриэт Сардаана кинини олус интэриэһиргии одуулаһа туралларын бэлиэтии көрбүтэ. – Бээрэ, салгыы тугу гынабыт?
– Сотору түһүлгэлээн олорон аһыырбыт буолуо. Эн ханнык хампаанньаҕа сыстар былааннаах сылдьаҕын?
– Мин соҕотох киһи ханна баҕарар сыстарым көҥүл буоллаҕа, – Бэриэт барыларын кэрийэ көрбүтэ. Сардааналыын харахтара харсыһа түспүтэ. – Атыҥыраабат буоллаххытына, эһиэхэ сыстыахпын сөп.
– Атыҥырыырбыт баара дуо? Аньыы даҕаны! – Петя өрө көтө түспүтэ. – Хата, ыҥыраары, биһиэхэ кыттыс диэн көрдөһөөрү гыммыппыт. Чэ бардыбыт, миэстэтэ булуоҕуҥ, – Петя бу сибилигин миэстэ булуохтуу олоотообута, онтон аны өй булунан. – Сардаана, эн Бэриэт биһиэхэ кыттыһарын утарбат инигин? – диэн бэрт дьээбэ ыйытыылаах буолан биэрбитэ.
– Эс, мин ол туох диэн? – Сардаана олус соһуйбута, хараҕа төгүрүйэ түспүтэ. Уолаттары хардары-таары көрүөлүү-көрүөлүү: – Ону мин тоҕо быһаарабын? Бииргэ сылдьар буоллаҕына сылдьар буоллаҕа дии. Эһиги табаарыскыт, эһиги быһаарыҥ ээ, – диэн баран, икки ытыһынан иэдэстэрин саба туттубута, туох дииллэрин кэтэһэн таалан турбута.
– Сөп, сөп, Сардаана, – Петя кыыһы холус соҕустук дьээбэлээбититтэн бэйэтэ даҕаны сонньуйбута. – Ити таах мээнэ, өскүөрүтүн! – диэн көннөрүммүтэ буолбута.
– Сардаана утарбат буоллаҕына, мин кыттыһан буоллаҕа, – аны Бэриэт ытаһа угааччы буолбута уонна Сардаана диэки эргиллэн хараҕынан имнэнэн ылбыта. Ол имнэнии киниттэн олох да ыйытыыта суох тахсан кэлбитэ. Ону кини атыҥырыах курдук буолан иһэн «буолбут сатаан төннүбэт» диэн өйүнэн хам баттаан кэбиспитэ.
Сардаана буоллаҕына ити имнэниигэ хардаран эмиэ имнэммитин бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта. Онтон төттөрү хайыһан, күлэ-күлэ, айаҕын хам туттан кэбиспитэ.
Ол күн кинилэр бары бииргэ сылдьыбыттара. Кэпсээн, сэһэн-сэппэн элбэх этэ. Ордук кыыс Амма туһунан: кини сардаана сибэккинэн симэнэр, сайынын сылаас, талыы күннэрин, дьэдьэн сытынан тунуйар чагдалар күөҕүнэн сууланар бүччүм ырааһыйаларын, Амма ыраас уутугар сөтүөлээн чомполонор кэрэтин, саһарчы буспут бурдуктаах бааһыналарын, үтүө үлэһит дьоннорун, талыы-мааны кыргыттарын, уолаттарын туһунан сэһэргэспиттэрэ. Бэриэт ону бэркэ сэҥээрбитэ уонна ону барытын хаһан эрэ көрбүт киһи дии санаабыта.
Бэйэтэ ыйытыы күүһүнэн дойдутун туһунан быһыта-орута кэпсээн аһарбыта. «Кэлин кэпсиир түгэн көстөр ини. Бүгүн Амма туһунан истэрим, билэрим ордук курдук. Эһиги кэпсээни быһымаҥ. Истэргэ олус үчүгэй», – диэн Амма дьонун, хата, үөрдүбүтэ.
Ыһыах олус үчүгэйдик ааспыта. Саха сирин араас муннуктарыттан мустубут, билиини-көрүүнү эккирэтиһэн манна кэлэн көрсүбүт ыччаттар билсиһиилэрэ, доҕордоһуулара кэҥээбитэ, күрэхтэһиилэрэ тыҥааһыннаах этэ.
Сибиир киэҥ иэнин тухары үөрэнэ сылдьар ыччат сырдык ыра санааларын туох да кистэлэ, хос санаата суох үллэстэр сэһэннэрэ сонун, инники кэскили түстүүр ис хоһоонноох этилэр. Ону бигэргэтэн оһуохай дэгэрэҥ тыллара ил-эйэ эҥээрдээх, билсии-көрсүү тулааһыннаах, үөрэҕи, үлэни өрө анньар күүрүүлээх, дойдуга тиийэн дьол-соргу тэнийэр аныгы олоҕун тэрийэр туһунан буолбуттара. Ордук үчүгэй түһүлгэлэр сунтаардар тойуктарын тула кэҥээбитэ. Бүлүү эҥээр ыччат дьон өбүгэ үгэһин умна иликтэрин илэ бааччы көрдөрбүттэрэ. Оттон илин эҥэртэн биир да оҕо оһуохайга холонон көрбөтөҕө.
Бэриэт ыһыахтан эрдэ соҕус төннөр, лабораториятыгар киирэн биир тобула сатыыр боппуруоһун бэрийэр, бэрээдэктээн кумааҕыга киллэрэр санаалаах этэ. Ол эрээри кини Сардаананы көрсөн, билсиһэн тардыллыбыта, анарааҥы дьыаланы олох да умнан кэбиспитэ. Кыыс тас көрүҥэ, сымнаҕас, сылаас майгыта, килбик эрээри ис-тиҥ мичээрэ барыта уол санаатын хоту этэ. Кини маннык кыыһы көрдүү, кэтэһэ сылдьыбытын бүгүн билиммитэ.
Кинилэр Петялаах уопсайдарыгар тиийэн бэйэлэрэ, онно баар сквергэ балайда олорбуттара, кэпсэппиттэрэ.
– Олус үчүгэйдик сырыттыбыт дии, – Сардаана ыйытар харахтара эппиэти күүтэллэрэ чахчы этэ.
– Мин тус бэйэм олус астынным, – Бэриэт утары көрбүтэ. – Ордук эйигин кытта билсибиппиттэн, – диэбитэ уонна кыыс илиитин ылан бобо туппута. Сардаана илиитин сулбу тарпатаҕа, онтон эр ылан, үөрэн буолуо: – Сардаана, мин дьиҥинэн эрдэ төннүөх буолбутум ээ, кыра үлэ баара, – диэн билиммитэ.
Кыыс быһа түһэн ыйыта охсубута:
– Оттон тоҕо төннүбэтиҥ?
– Оттон эйиигин көрсөн, кэпсэтэн, – кини бобо тутан олорор илиини ибигирэтэн ылбыта. – Дойдуҥ Амма туһунан кэпсээҥҥин сөбүлээн, эйигин кытта бииргэ сылдьарбын биһирээн умнан кэбиспиппин дии.
– Оо, дьэ, мөҕүллэриҥ буолуо, – кыыс туох эрэ буруйу оҥорбут киһи курдук икки ытыһынан иэдэстэрин бобо харбаммыта.
– Эс, туох да мөҕүллүү суох. Бэйэм оннук үлэлээччибин, өрөбүл күннэргэ. Хата үөрдүм ону умнубуппуттан, эйигин кытта күнү быһа бииргэ сылдьыбыппыттан, – Бэриэт үөрбүтэ чахчы этэ.
– Ээ, чэ бэрт, – мөҕүллүү буолбатын сэҥээрбит курдук буолбута гынан баран Сардаана, дьиҥинэн, Бэриэт кинилиин сылдьыбытыттан эмиэ үөрбүтэ.
Кини бу Бэриэт диэн муокас баҕайы ааттаах уолу күн бүтүүтэ олус сөбүлээбитэ, «бастакы көрүүттэн таптал» диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ дуу диэх курдук санаа биллибитэ. Уол туһунан билиэн-көрүөн баҕарар санаата батарбакка ыйыппыта:
– Бэриэт, эн тоҕо маннык муокас баҕайы ааттааххыный?
– Дьэ, ити бэйэтэ туспа сэһэн. Өбүгэбитигэр итинник ааттаах баар эбит. Ону өйдөөн аҕам иҥэрбит, ийэм утарсан көрбүтэ үһү.
– Бэриэттээн иһэри урутаан билэр-көрөр киһинэн ааҕааччылар дии. Дьиҥинэн бэрт аат эбит ээ, Бэриэт, – кыыс сэҥээрбитин биллэрбитэ.
– Ити ааппын үлэбэр уолаттарым Вперед диэн уларыппыттара, аны кэлин наар инньэ диэн ааттыыр буоллулар.
– Хайа-а, наһаа сөпкө, бэркэ тылбаастаабыттар буолбаат, – Сардаана өрө көтө түспүтэ, бэрт истиҥник күлэн чачыгыраабыта. – Наһаа үчүгэй аат дии, Вперед! – кыыс тойон эрбэҕин чочоҥноппута. – Вперед, Вперед, – дии-дии, ойон турбута, икки илиитин халлаан диэки өрө ууммута.
– Сардаана, аргыый! Кэл бэттэх, – Бэриэт кыыһы илиититтэн харбаан ылбыта, бэйэтигэр тардыбыта, кууһан ылбыта, кулгааҕар сибигинэйбитэ. – Уоскуй. Баһыыба, үтүө баҕа санааҥ иһин! Наһаа үөрдүҥ дуо?
Кыыс уолга куустаран хайдах эрэ уоскуйан, налыйан хаалбыта. Бэриэт кыыс иһирэх тылларыттан үөрбүтэ чуолкай этэ. Оттон ол үөрүү кыыс дууһатыгар туох эрэ саҥа сүүрээни биллэрбитэ, эбии күүһү укпут курдук буолбута.
– Үөрдүм ээ. Олус интэриэһинэй, дьикти – Бэриэт уонна Вперед. Олус сөп түбэһэллэр, барсаллар.
Кыыс куустарыыттан босхолонон уолу илиититтэн оргууй тутан туран:
– Туохха барытыгар вперед буоллаҕыҥ дии! – диэбитэ.
Кыыс ити тылларын кытта уолтан тэйэ хаампыта, кинини үөһэттэн аллара, алларааттан үөһээ үөрэтэрдии, таптыырдыы имэрийэ көрөн балачча турбута. Бэриэт он-но эмиэ сөпсөһөн буолуо, кыыһы одуулуу, хас биирдии хамсаныытын кэтээн көрөрө.
– Чэ, мин барыым, Бэриэт. Мин эйигин кытта билсибиппиттэн үөрэбин. Бүтэһик көрсүһүүбүт буолбатах ини?
– Мин эмиэ билсиһииттэн үөрдүм. Көрсүөхпүт, күн сарсын да тиийэн кэлэрим буолуо.
О проекте
О подписке