– Дьоҕойон, борооскубутун тутуннубут, – эбээ үгэһинэн харыс тылынан хоруйдуур.
Өксөөн сылбырҕатык туттан-хаптан таҥаһын сыгынньахтанна: саһыл тыһа бэргэһэтин, икки салаалаах сатанах алын көхөтүгэр куондарыттан иилэн кээстэ, бэйэтигэр сөрү-сөп тэлигириэйкэ сонун устан эмиэ ыйаата. Аан чанчыгар турар атах тэбэнэр маһы ылан оһох иннигэр кэлэн ынах этэрбэһин кичэйэн, сэмээр «топ-топ» охсон тэбэннэ. Баһыычаан биһикки итир саллан сии олорорбутун көрөн:
– Бу дьон, хата, истэрин хайыы-сахха булуммуттар, – дии-дии күллэ. Утары сүүрэн кэлэн тобугар иилиллэ түспүт Биэрэни төҥкөйөн сүүһүттэн сыллаан ылла, Баһыычаан биһиккини эмиэ эр-биир хатырбыт тарбахтардаах кэтит ытыһынан имэрийтэлээтэ. – Хайа тоом, Аана, хайдаххыный, амаҕын, этэҥҥэҕин дуо, ыалдьыбакка хайаабакка сылдьаҕын ини? – диэн ыйытар.
– Ы-һыы, – мин кылгастык хоруйдуубун, онтон саллыбыт итирим түүрүччү буспутун Өксөөҥҥө ууммуппар быһа тардан ылан итииргэппэккэ хайаабакка айаҕар уган сиэтэ.
– Мийнигэс да эбит, – диэн Биэрэ саҥатын үтүктэн астыммытын биллэрдэ. – Бу хотун баҕас, арааһата, топпут быһыылаах, бэл чоҕочуга кыһаллыбат буолбут, – диэт атаҕар адаҕа курдук ыйана сылдьар кыра кыыһы бэрт чэпчэкитик хонноҕун анныттан өрө көтөҕөн ылаат, остуол анныгар турар дүлүҥ олоппоһу атаҕын көхсүнэн хаһыйа тардан олордо. Биэрэ эдьиийигэр көтөхтөрөн уһуннук таалбата, сотору түһэн «бэйэтин дойдутугар» оронугар барда.
Эбээ кыыһыгар чэрии булкаастаах чэйин саһарчы барыар диэри хойуутук үүттээн кутан биэрдэ уонна биһиги ыксабытыгар талах олоппоско олорон, хамсатыгар мохуорка симтэн табахтаан бусхатта. Ол олорон ырбаахытын алын эҥэлэйин тэниччи тардан көрүнэ-көрүнэ:
– Оо, бүтээхтээбит, сиидэ курдук буолбут, хайдах көрбөтүм эбитэ буолла, хаһан-хаһан түһэн бу сиирий ээ-э, – диэн түөрэтэ бүттэтэ суох үүт-дьөлөҕөс буолбут халадаай ырбаахытын эҥэлэйин өҥөйөн көрө-көрө саҥа аллайар.
Өксөөн сэмээр, наҕылыччы чэйин иһэн сыпсырыйарын быыһыгар:
– Табаахтыыр дьаллык биир куһаҕана дьэ ити, – диэн, бэйэтэ табаҕы төрүт тарпат киһи, ийэтин сэмэлээбитэ буолар.
Эмээхсин, суораты ыспыкка дылы, сир симэҕин курдук бытыгырас ойуулаах күөх сиидэс ырбаахытын алын эҥэлэйэ бүтүннүүтэ табах уота тэһэ сиэн биирдэ бүттэтэ суох буолбут. Ити – табахсыт дьахталлар эрэ биллэр бэлиэлэрэ. Табах уота түһэн тэһэ сиэбит ырбаахылаах дьахталлары киһи үгүстүк көрөр. Өссө чараас ырбаахыга түстэҕинэ кэм умуллар. Оттон тэлигириэйкэ, баата ыстаан үөдүйүөхтэриттэн кыым ити таҥастарга хатанара сэрэхтэнэн турар. Ботуу курдук халыҥ баатаҕа «саспыт» кыым көрүллүбэккэ хааллаҕына «көрдүгэннээн» сии сылдьар, онтон биир эмит түгэҥҥэ, салгын оонньоотоҕуна, өрө күөдьүйэн тахсыан сөп, оччоҕо дьэ тэмтэргэн буолар.
Кэпсээнтэн кэпсээн. Айдаҥҥа Тыккаай Ньукулай, удаарынньыктаабытын иһин, холкуос салалтата бэлэх биэрбит баата ыстаанын табах уотугар сиэтэн, бэйэтэ туспа араллаан тахсыбытын туһунан дьон күлсэн кэпсэтэллэр…
Арай, сааһыары кыһын, Өксөөн сарсыарда сугулааныгар баран испит… Утары Тыккаай Ньукулай, хайа эрэ ыаллар отторунан хачаллыбыттарыгар, дьоҕус соҕус от оҕотун, салҕамдьыга диэн атын сыарҕатыгар тиэйэн иһэрэ үһү… Өксөөн көртө, соһуйуон иһин, Тыккаайын баата ыстаанын буута буруолуур эбит, ону Ньукулай ойоҕолуу сиккиэр тыаллаах буолан бэйэтэ билбэккэ испит. Били, этэргэ дылы кэмниэ кэнэҕэс ыстааныгар хатанан көрдүгэннээн сии сылдьыбыт уоту тыал күөдьүтэн тэһэ сиэн этигэр тиийбитигэр биирдэ эрэ, өрө халахайдана түспүт… Өксөөн хаар ытыһан саба тутан умуруорсан көмөлөспүт. Төһө да кыл түгэнэ, кылгас кэм курдугун иһин хаппар куҥун син обургутук сиэппит. Хаамарыгар ыстаана аалан уһуннук эрэйдээбитэ үһү. Кэлин, ааһар ааспытын кэннэ дьахталлар: «Тыккаай, дьэ сүрүн сиргин сиэтэ сыспыккын…» – диэн дьээбэрэн күлсэллэрэ. Ньукулай: «Сыарҕабар тиэммит отум дьоҕус этэ, хата табахтаан баран отум үөһэ олорботохпун ээ, ыстааммыттан оппор кыым түспүтэ буоллар дьэ кырдьык да алдьархай тахсыахтаах этэ…» – диэн бэйэтин тэмтэргэнин кэпсии-кэпсии күлэрэ.
Эбэм хамсатын соппойорун быыһыгар:
– Ыаллыы нэһилиэктэртэн туох сонун иһиллэр, тугу биллиҥ-көрдүҥ? – диэн Өксөөнүттэн ыйытар.
– Улахан туох да сонун суох… Сурах хоту иһиттэххэ, «Сэссэлииһим суола» холкуос бэрэссэдээтэлин Борокуоппай Алампадьыыстабы үлэтиттэн устубуттар үһү. Үҥсүү баарын иһин куораттан боломуочунайдар тахса сылдьыбыттар дииллэр. Хоргуйан өлбүт холкуоһун дьонун түөрэтин «ыалдьан», эбэтэр араас оһолго өллүлэр диэн суруйан биэрэр киһи, туох эрэ «алҕаһа» билиннэҕэ, арылыннаҕа дии. Дьон хайа муҥун тулуйан сылдьыай, тыл хоноро, үчэһэ туолара диэн эмиэ баар баҕайыта, саарытын анньар «чобуолар» көһүннэхтэрэ, оннооҕор көстөн турар үрүҥү – хара, хараны – үрүҥ диэн үҥсэ сатааччылар үгүстэр буолбаат… Ол эрэн арыый «үөһээҥҥилэрбит» бука, хоргуйан өлбүтү – ыалдьан өлбүт диэбиккин диэн кирдиэхтэтээри тахсыбатылар ини арааһата, бэйэлэрэ дьону хоргуппатах «үтүө дойдуга» олорор аатыраарылар, – диэн Өксөөн урут улаханнык кэлэйэ сылдьыбыт киһи быһыытынан ахсарбатахтыы, сэҥээрбэтэхтии саҥарар. – Туох да суота-солуута суохха, хаста-хаста кырыммыттарай, хата кинилэр сололоро да бэрт… Алампадьыыстап бука туох эрэ лаппа улахан «дьиэгэ» арыллан түөрэҥнээтэ, туллаҥнаата ини, кини киһи.
– Кэбис, инньэ диэмэ, кини да киһи буоллаҕа, – эбээ үгэһинэн «эркин кулгаахтаныа» диэн дьаарханан саҥарар.
Өксөөн ийэтин саҥатыгар кыһаллыбат.
– Һэ, чэ хайа…
– Оннук-оннук, – Настааччыйа, сураҕы-садьыгы истэ, билэ-көрө сылдьар сэргэх аҕай дьахтар, күрэ балыһын саҥатыгар сөбүлэһэ охсор.
Эбээ тугу да хардарбат, табахтаан бүтэн, хамсатыгар «хаһаас» хаалларбыт өссө да ситэри тардыллан бүтэ илик табаҕын, тойон эрбэҕэр силлээн баттыалаан баран сиэбигэр уктан кээһэр уонна туран хаҥас өһүө тоһоҕотугар ыаҕайаҕа ыйаан аһыппыт сүөгэйдээх иһитин ситии быатыттан ылан остуолга аҕалан уурар, муос ытыгынан ытыйан арыылыыр.
Ытык тыаһа убаҕас сүөгэйгэ биир кэм сирдьигинии тыаһаан иһэн сотору хойдон бүтэҥитик куллургуур эрэ буолар. Ити тухары дьонум сээкэйи кэпсэтэн айахтара хам буолбат. Настаа Өксөөнүттэн сээкэйи бары сураһар, ыйыталаһар…
Сүөгэй – үөрүйэх илиигэ бэрт сотору арыыга кубулуйар, эбээ арыытын «бэйэтин киэнигэр уулаах барар» диэн, туспа иһиккэ, күөл ыраас уутугар ыгар, ытыһыгар мэкэчитэн таптайбахтыыр уонна мэчикээҥҥэ «пэс» гына быраҕар. Ити арыылаабыт арыытын аны кыынньарыахтаах, төбүрэҕин туһунан араарыахтаах, дьэ уонна бүтэһиктээх ыыс-араҕас буола дьэҥкирбит арыытын тоҥорон, мунньан нолуокка диэн туттарыахтаах.
Улахан Баһылай дьахталлар кэпсэтэллэригэр кыттыспат. Өссө Мундулуҥдаҕа эрдэҕинэ быстан хатарыммыт хатыҥыттан киллэрэн, оһох иннигэр олорон сүгэ уктанар. Баһыычаан убайын ыксатыгар тобуктаан олорон ону көрөр.
Улахан Баһылай дьээбэтэ киирдэҕинэ эмиэ көрүдьүөс киһи диэтэҕиҥ, уһанарын көрөн кыҥналлан олорор Баһыычаан диэки эмискэ иҥнэс гынаат:
– Баһыычаан, Холодоох кыыһын Хоборооһу таптыыгын дуо?! – диэн күлбэккэ хайаабакка, оттомноох аҕайдык ыйытар.
– Ы-һыы… – Баһыычаан маҥнай утаа, санаатыгар буолан, ыйытыы эмискэччитэ бэрдиттэн тута хоруйдуу, сөбүлэһэ охсор, онтон дьэ өй ылан Баһылайы харахтарын кэҥэтиэҕинэн кэҥэтэн саҥа көрбүт киһилии одуулуур: – Ээ, ту-туох диигин? – диир. Дьиэ иһинээҕи дьон бары күлсэн тоҕо барабыт.
– Сөө-өп, өйдөнөө-өр, ити аата таптыы-ыр эбит, – диэн Баһылай уолу хаадьылыырын кубулуппат.
– Кыра оҕону баран, ол-бу диэн… – эбээ ыамайы ыаһахтыылларын сөбүлээбэт.
Баһыычаан убайын дьээбэтигэр кыһаллыбат, өһүргэммэт. Баһылай сытыы быһаҕынан хаппыт хатыҥы эрилитэ кыһан күөдэллээбитин биир-биир ылан аһаҕас ааннаах оһоҕор быраҕар, уот бөһүөнэхтии кыһыллан, эриллэн тахсыбыт балык уорҕатын курдук көөбүллэри сонно тута тылыгар түһэрэн ылан түрдүгүнэччи сиирин көрөр, мэлдьи таһынан тахсан хаалар даба ырбаахытын эҥэлэйин ыстаанын иитин иһигэр симэн биэрэр.
– Кырдьык да, суорунаҥ тааһын буллуҥ дуо? – Баһылай Өксөөнтөн ыйытар.
– Бэҕэһээ Талыабай оҕонньор алдьаммыт суорунатын мэлииһэ ампаарын таһыгар аҕалан бырахпыт этэ, баран ылаарыый.
Баһылай аҥаар хараҕын симэн сүгэтин угун бэйэтиттэн арыый тэйиччи тутан эргичиҥнэтэн кыҥаан көрөр.
– Сэксэкэ ыйааһыныгар ыйаан тэҥнэниллиэ. Биир мөкөчүк, тэҥнээн аҕай кыладыйбыт тааһым сүтэн хаалбыт этэ, хайа ааттаах үөдэҥҥэ түспүтэ буолла, оҕолор оонньуу сылдьан от анныгар бырахпыттарын көрбөтөҕүм дуу. Ол эрэн көстүбэт этэ ээ. Сарсын ким солбуйарый?.. – диэн балтыттан салгыы ыйытар.
– Мытыйыс Маарыйата, Борускуолуун солбуйуохтара.
– Оо, ол оҕолорго оччоҕо ыйааһыннарын тааһын кыладыйан, тэҥнээн биэрдэххэ сатаныыһы, харах холооһунунан ыйыы үөрэммэтэх дьон наһаа туттан кээһиэхтэрэ. Сэмэн лааппытыгар баар ини, сибилигин бардахха сатаныыһы, – дии-дии Баһылай быһаҕын хаҥас өттүгэр эйэҥэлии сылдьар кыыныгар уктан, ньилбэгэр иилиллибит маһын сыыһын тэбэнэ-тэбэнэ, туран, барардыы оҥостор. Улар кынатынан, көөбүллээбит эрэдэһиннэрин кичэйэн сиппийэн биир сиргэ мунньан баран эһэкээнигэр биэрэр, онтон суппуун сонун кэтээт, нэк буолбут тииҥ бэргэһэтин төбөтүгэр уурунаат сып-сап, тиэтэйэ-саарайа тахсан барар.
Баһылай сарсын Сэксэкэ Сэмэнниин икки сыарҕалаах атынан Балаҕаччыттан Айдаҥ лааппытыгар сээкэй таһаҕас аҕала барыахтаахтар. Балаҕаччыга кэлбит маҥхааһай табаарын атыыһыт киһи Сэксэкэ баран тыырсар.
Дьон үксэ, дьахталлардыын кытта – табахсыт. Лааппыга кэлбит табаҕы сонно ылан бүтэрэн кээһэллэр, иэс суруйтарааччы да элбэх. Онон табах туох эрэ күндү ас курдук көрүллэр быһыылаах. Аһыыр ас ахтылынна да, үгэс курдук, табах эмиэ ахтыллар, «чаай, арыы, бурдук, ону кытта хайаан да табаах…» диэн буолан иһэр.
Кэпсэл хоту иһиттэххэ, Балаҕаччыга, Мэкчэкиирэп Уйбааннаах диэн ыалга кытай оҕонньоро, сэрии буолуон инниттэн, дьукаахтаһан олорор үһү. Балаҕаччы диэн ааттаах үс күөл баар, олору араартаан тус-туһунан ааттаталаабыттар: Угут Балаҕаччы, Орто Балаҕаччы уонна Уһук Балаҕаччы диэннэр. Калинин аатынан холкуос дэриэбинэтэ Орто Балаҕаччыга турар. Мэкчэкиирэптэр буоллаҕына Угут Балаҕаччыга олороллор. Дьукаахтара, кытай оҕонньоро табах үүннэрэр дьарыктааҕын туһунан кэпсэтэллэрин Быркылаахха кэлиэхпиттэн истэбин. Табаҕын отун ситтэҕинэ быһан ылан баайа-баайа атыылыыр үһү. Эбээ: «Били, кытай оҕонньорун табааҕына…» – диэн кэлээччи-барааччы дьонунан үлэһэн сэбирдэх табах ылларан тардар. «Оҕонньоруҥ үүннэрбитэ хатана сүрдээх ээ…» – эмээхсин кытайын табаҕын бэркэ хайгыыр. Аһара хабархайын, хатанын иһин үөт хаппыт хатырыгар булкуйан арыый сымсата түһэн баран соппойоллор, онон омук оҕонньорун табаҕа бэйэтин умнаһын, силиһин кытта кырбанан, онно эбии «хатырыгы-итириги» кытта холбоһон элбиир, уһуннук барар буолан эмиэ биир туспа үчүгэйдээх үһү. Дэҥ куораттан тахсыбыт киһи бөппүрүөскэ табахтаах буолар. Урут хамсалаах эрэ дьону көрө сылдьыбыт киһиэхэ ол туох эрэ ураты аҕай сонун көстүү курдук. Онтуларын «хортуосунай» табах диэн ааттыыллар. Тупсаҕай оҥоһуулаах, ойуулаах, суруктаах, анал хаатыгар эриэ дэхситик кэчигирээн угулла сылдьар бөппүрүөскэлэри көрөргө да астык, киһи, оҕо эрэ болҕомтотун тардыах айылаах.
Балаҕаччыга олорор кытай оҕонньоро ойоҕо да, оҕото да суох киһи. Быралгы этэринии «аттакылар аймахтара» үһү. Кытай кэннэ, биһиги эргин, хайа да кэлии, омук дьоно суохтар. Арай, дэҥ нуучча боломуочунайдара куораттан Балаҕаччыга тахса сылдьыбыт сурахтара иһиллэр. Нууччаны бэһиэччик диэн ааттыыллар…
Таска чэпчэки атах тыаһа сүүрэн тыбыгыраан кэлбит тыаһа иһилиннэ, сонно тута аан аһыллаатын кытта Ыстапаанньыйа уола Чоойун төбөтүгэр чомпой бэргэһэтин кэтэн аҥаардас ырбаахынан эрэ киирдэ.
Настааччыйа күөһүн булкуйа туран:
– Ыччаа… бу уолуо-а, сыгынньах чынайан эрдэҕин, – диир.
Баһыычаан бииргэ оонньуур доҕорун көрөн утары сүүрэн кэлэр, онтон өй ылан төннөн, тымтыгар саллан буһарбыт «хаһаас» итирин аҕалан биэрэр.
– Биһиги кү-күөс буһарына сылдьабыт, бо-борооску идэһэлэннибит, – диэн улахан сонунун кэпсии охсор.
– Сонноох сылдьыаххын тоом, тымныйан, аны ыалдьан хаалыаҥ дии, ийэҥ дьиэтигэр баар дуо? – эбээ Чоойунтан ыйытар.
Чоойун: «Эһиил оскуолаҕа үөрэнэ барабыы-ын…» – диэн куруук киэн тутта кэпсиир, сэттэтин ааспыт бэрт сытыы сирэйдээх-харахтаах олус диэн чобуо, чолохочуйбут уол.
– Баар, ханна барыай… – уол хоруйа үгэһинэн быһаччы соҕус.
Эбээ доҕоро өлүүлээн бэрсибит итирин быһыта тарда-тарда, бэрт минньигэстик айаҕын чамырҕатан амтаһыйан сии-сии, чомпой бэргэһэтин буодьутун аннынан турулус-ирилис көрө-истэ турар, сыгынах үөһэ икки илин атахтарыгар тэллэйи кумуччу тутан олорон кэбийэн мултугулдьутар дьирики курдук уолу көрөн сонньуйар, устунан күлэр.
О проекте
О подписке