Чоойун кытта төрөөбүтэ иккилэр. Маарыйа (Кутуйах) диэн биэстээх балтылаах, Лэгэнтэй диэн үстээх инилээх. Оҕолор аҕалара Саабынап Ыстапаан эбээ кэргэнэ Кудугуй оҕонньор бииргэ төрөөбүт Микиитэ диэн инитин уола. Ыстапаан сүөһү биригэдьиирэ – уһун күнү быһа, били, этэргэ дылы «өлөр да солото суох» түбүгүрэр (Ыстапаан кытта төрөөбүт быраата Ньукулай сэриигэ баран баран улаханнык сэймэктэнэн кэлэн, Балаҕаччы балыыһатыгар сытан өлөн турар). Кэргэнэ Ыстапаанньыйа, Арҕаа Кыргыдайтан кийиит кэлбит Кыһыччаан диэн киһи кыыһа. Мин Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпинэ Ыстапаанньыйа ийэбэр кэлэн барааччы. Саабынапка кэргэн сүктэн, акка мэҥэстэн уол дойдутугар баран иһэн өтөхпүтүгэр таарыйан наҕылыччы чэйдээн, уһуннук олорон ирэ-хоро кэпсэтэн-ипсэтэн ааспыттарын үчүгэйдик өйдүүбүн. Ыстапаанньыйа эмиэ холкуостаах, сүрэх-бэлэс бөҕөтө дьахтар. Ийэм барахсаны кытары бэртиилэрин иһин, биир үксүн ол да иһин буолуо, ийэм дьүөгэтэ этэ диэммин, чугас киһим курдук көрөбүн, бэйэтэ да майгыта үчүгэйэ олус. Ортоһуор, дьулугурас уҥуохтаах, төп-төгүрүк сирэйдээх, арыы саһыл ыраас хааннаах, киһини көрдөр эрэ наар, биир кэм мичээрдии сылдьар үгэстээх. Уһун, ыас хара суһуоҕун мөлбөччү өрүнэн, эбэтэр кэтэҕэр эрийэн тупсаҕайдык туттаран кээстэҕинэ, отой кыыс оҕо курдук көрүҥнэнэр, эр дьон эрэ хараҕа хатаныах нарын, ис киирбэх сэбэрэлээх. Ыстапаанньыйа, арааһата, мин ийэбиттэн уонча сыл балыһа буолуо. Эмээхсиннээххэ, уруулара дьоҥҥо, быыс-арыт буллар эрэ, үгэһинэн мичээрдээбитинэн, унаарыччы көрбүтүнэн куруук киирэн тахсар.
Ыстапаан аҕата Микиитэ биир саас андаатар сир уйатын хаһа сылдьан, син киэҥ сири тибилийэн баран, уһугар, холлороон хайа диэки хайысхаламмытын билээри сыгынньах илиитин батары уган – уйаларын түгэҕэр хаатыйаланан олорор андаатардарга илиитин ыстатан улаханнык моһуогуран турар. Андаатар ытырдаҕына ол курдук иилистибитинэн ыйана сылдьар адьынаттаах. Муннун ытыртарбыт ыт ыйылыы-ыйылыы, тула холоруктуу-холоруктуу хайдах да илгистибитин иһин, дөбөҥнүк арахсан биэриэ диэн саараныма даҕаны: ыстаабыт сирэ сиирэ бардаҕына эбэтэр таба убахтаттаҕына биирдэ эрэ төлө ыһыктар, бэйэтигэр холооно суох киҥнээх харамай. Микиитэ илиитигэр бытырыыс курдук иилиллэн тахсыбыт андаатардары төһө да часкыйа-часкыйа сонно киэр илгитэлээбитин иһин, ол ыккардыгар улаханнык «убахтатан», уһуннук бадьыыһыран хойукка диэри эмтэммитэ.
Айдаҥҥа кэлиэхпититтэн Ыстапааннаах оҕолоро ааммытын саппаттар, күннэтэ оонньуур, аралдьыйар, сэргэхсийэр ыаллара биһиги. Баһыычаан да Ыстапаанньыйалаахха санаата эрэ киирэ-тахса сылдьар. Саабынаптар оҕолоро бары үтүктүспүт курдук табысхаан тириитэ чомпой бэргэһэлээхтэр. Ийэлэрэ иистэнньэҥ ахан дьахтар, эргэттэн-урбаттан даҕаны аттаран, ыамайдарыгар сөрү-сөп, дьип-дьап гына таҥас тигэттээн кэтэрдэр. Оҕолор чомпой бэргэһэлэрэ бороҥ табысхаан тириитэ, арай, буодьута сиппит үрүҥ табысхаан «арбаҕаһыттан» тигиллибитэ эриэ дэхситик, тупсаҕай баҕайытык көстөр.
Кыра киһи Лэгэй хаамара бытаан, ол иһин Чоойун инитин сүгэн баран икки дьиэ ыккардыгар күн аайы орох тэбэн сүүрэн ыһыллаҥхайданар. Бары суксуруспутунан, бэйэ-бэйэлэрин батыаккалаһан киирэн кэлэллэр. Ардыгар ол курдук сүксүбүтүнэн, килбигийбит ыалдьыттыы, аан чанчыгар тураллар. Ону көрөн Баһылай: «Ааккыт-суолгут кимнээх диэн дьоҥҥутуй, хантан сылдьар оҕолоргутуй?..» – диэн билбэтэҕэ буолан кыра ыамайдары дьээбэлиир.
Эбээ, оҕолор киирдилэр да, бары чомпой бэргэһэлээхтэрин иһин: «Оок, Чомпойдор кэллилэр, үөһэ-аллара туруҥ эрэ…» – диир. Кэлин, биһиги дьиэ иһинээҕилэр бары даҕаны: «Чомпойдор киирдилэр… Чомпойдор бардылар…» – диир үгэстэннибит.
– Аҕаҥ үлэтигэр ойбута ыраатта ини? – Настааччыйа ыйытар.
– Барбыта… атынан барбыта…
– Хайа, оттон бу балтылаах иниҥ?..
– Дьиэлэригэр.
– Тоҕо хааллылар?..
– Маарыйа ийэм куллуку сирийэрин көрөр.
– Лэгэйиҥ?..
– Утуйа сытар.
– Утуйа сытар даа!.. – Настааччыйа улаханнык соһуйбут киһилии саҥа аллайар. – Ол, күн баччатыгар диэри утуйан оҥторо сытар киһи баар буолар үһү дуо?..
– Баар бөҕө буо… Бэйэтэ билэ сытара буолуо, төһөҕө диэри утуйарын, – Чоойун иэмэ-дьаама суох, уустук соҕустук хоруйдуур.
Эмээхсин таска тахсан, ыаҕаска борооску этин, эмиэ да ис-үөс оҕотун уган киллэрэр:
– Мэ тоом, Чоойун, маны ийэҕэр таһааран биэр, дьоҕойон биирдэ сииргитигэр, амсайыыга, – диэн кэһиитин биэрэр.
Чоойун үөрэ-көтө астаах ыаҕаһын ситии быатыттан ылан тахсыах курдук гынан эрдэҕинэ, эбээ кыра уолу санныттан тардан тохтотон баран, көхөттөн Баһыычаан сонун ылан кэтэрдэр.
– Сыгынньах сылдьыма, соҥҥун бүрүнэ сырыт! – диэн хайыы-сахха сүүрэн ыраатан эрэр уолга ыһыытыыр. – Хата бэргэһэтин умнубатынан бэрт ээ…
Аан тутааҕын тутан турбут эбэтин хонноҕун аннынан быкпыт Баһыычаан:
– Тө-төннөөр!!. – диэн муҥунан хаһыытыыр.
Баһылай наһаа уһаабата, сотору соругун ситэн кэллэ.
– Халлаан бу хаһан хаардыыра буолуой, айабыын, – диэн, кырдьыга да, аныаха диэри кыайан нэмийэн астык соҕустук хаардыы илик халлаанын сөхпүтүнэн, мөҕүттүбүтүнэн киирэр.
– Кэмэ кэллэҕинэ түһүө буоллаҕа, – эбээ буспут күөһүн кытыыга тарда-тарда хоруйдуур.
– Чоргута сүрдээх, күһүн син ыраатта да күттүөннээх хаар түһэ илик. Күөл мууһа тоҥон хата ыраатта, ойбон тэһэ сылдьан көрдөххө муус мэнээк халыҥаабыт.
– Кырдьык оннук ээ, сүрдээҕин халыҥаабыт, бэл көлөлөөх киһи туох да сээбэҥнээһинэ суох күөл кытыытынан, кутатынан кытта хайа баҕарар хаамтарыыһы, – диэн мин дьонум кэпсэтэллэригэр кыттыһабын.
– Бу курдук тоҥоруулаах дьыл буоллаҕына, хата, аны саас куйуурдаан сиэхпит, – Настааччыйа үгэһинэн, хайа баҕарар уустук түгэҥҥэ, наар үчүгэй өттүн, өрүтүн эрэ булан саҥарар.
– Били, куйуурдьут баҕайы дьон, – диир эбэм. Настаа күлэр.
– Уу, биһиги Баһылайдыын, хайа саас этэй, ол дьыл тоҥорбут да этэ, Күһээбиккэ куйуурдуу бара сылдьыбыппыт дии. Манчыыктаабыкка дылы бэрт эмис соболоох эрээри, саҥаттан саҥа ойбону тэстэххэ эрэ балыгын өлүүлээн бэрсэр күөл мууһун алларыытыгар киһи эстэр, тутайар да буолар эбит этэ, – диэн Настаа чахчы саллыбыт суолун санаан, мэктиэтигэр чыпчырынан, баһын быһа илгистэн ылар.
– Ойбону сатаан алларар киһи алларар, бэйэтэ туспа үөрүйэхтээх, сатабыллаах, – диир эбээ. – Биир кэм бадалайдаан, аҕарааннаан алларбаккын. Тура күүс тугу да быһаарбат, ити Киспэ, Талыабай оҕонньоттор дьэ анньыыһыт барахсаттар буолааччылар, көрүөх бэтэрээ өттүнэ күрдүргэтэн, курдурҕатан кээһээччилэр ээ.
Мин испэр «ол иһин да муҥхаҕа Киспэлээх Талыабай наар анньыыһытынан сылдьыбыттар эбит» дии саныыбын. Төһө да күһүҥҥү күрэх муҥхатын саҕана күөл мууһа чарааһын иһин, анньыыһыт дьон сатабыллаах туттуулара-хаптыылара онно да көстөрө, тааҕы-таах, били этэргэ дылы «тэһэ анньа-анньа» бара тураллара. Оттон туона саҕана, саас кыайыгас-хотугас анньыыһыттар бааллара – улахан абырал. Анньыыһыт дьон «туох эрэ курдук» ытыктана көрүллэллэр…
Хаар чарааһын иһин Баһылай уларын туһаҕын эһэ илик. Үнүр биир күн үс токутары ылан кэлтэ. Ол иннинэ хас да хабдьыны, биир хара улары аҕалбыта. Табысхааны син мэнээк бултаата. Баһылайбыт булдун, күрэхпит муҥхатын балыгын солбуйан сиибит, онно эбии сүөһүлэрбит барахсаттар үүттээх буоланнар – үрүҥнээх чэй, күннэтэ күөрчэх сиэн абыранныбыт.
Талах чааркааныттан ылбыт бэлиэлээҕин Баһылай таҥастаан баран лааппыга туттарар. Кэлин соло булан сиригэр барбатаҕа хас да хонно. Дьиҥинэн Арыылаах Бэрэтэ дьиэ таһа, чугас сир, киһи быыс-арыт булан күннэтэ да бара сылдьыан сөп эрээри, бэл онно да көстөр соло суох буолан хаалар. Мин Баһылай олорор күөлбүт куруҥар табысхааҥҥа ииппит туһахтарын хаста да көрбүтүм. Өҥө-түүтэ сиппит куобах кыл туһахха иҥнэн, тэптиргэҕэ ыйанан, ыраахтан кылбайан турара оҕо киһи санаатын сэргэхситэрэ кэмнээх буолуо дуо. Өссө биирдэ Оҕонньор Уҥуоҕун өтөҕөр бугул тэбэн ииппит чааркааныгар муҥур иҥнибитин ылан кэлбитим. Чааркааммын урут хайдах турбутун курдук хат ииппитим. Ол нөҥүө күнүгэр Баһылай, отун ыйаан кэлэн иһэн, мин ииппит чааркааммыттан атыыр бэлиэлээҕи араарбыт этэ: «Аана ииппит чааркааныгар бэлиэлээх түүнүнэн иҥнибит, бэйи, итинтиҥ да иҥнэр киһитигэр иҥнэр, киирэр киһитигэр киирэр…» – диэн саҥа-иҥэ буолта.
Кыдыбыл күөлүн диэки ииппит сохсолорун Баһылай бэйэтэ көрөр, мин ол эҥээр сылдьыбаппын. Настаа биһикки от тиэйэр сирбититтэн отой туора, халты сытар күөл.
Сураҕын иһиттэххэ, оҕонньоттор, оҕолор дьиэ таһыттан куобаҕы биирдиилээн эмэ син ылаллар быһыылаах. Бэҕэһээ, эбэттэн (Арыылааҕы үксүн харыс тылынан ханалытан ааттыырбыт) от тиэйэн истэхпитинэ Ньохо Миитэрэй уола Сахаарка икки табысхааны атахтарыттан талаҕынан эрийэн баран сүгэн иилиҥкэйдэтэн иһэрэ. Сахаарка – обургу уол, миигиттэн эрэ арыый балыс, бултуйан, сэгэччи мичээрдээн үөрбүт ахан этэ.
Огдооччуйа Быркылааҕыттан отун ыйаан хойут кэлэр үгэстээх, ол иһин биһиги күөспүтүн хоторунан аһаатыбыт. Идэһэ тиэрэ көтүллүбүт күнэ – дьоро күн, сайыны билбит сүөһү минэ да барар. Кэрчик-кэрчик бөдөҥ кырбаһынан буспут эти тэлэкэлии быһа-быһа тотуохпутугар диэри сиибит. Баһылай мөскүөм эти тииһигэр ытыран олорон, ууннары тарда-тарда, сытыы быһаҕынан быһа сотор. Туораттан көрөн олорор киһиэхэ, санааҕар уоһун тэлиэх да курдук. Маҥнай утаа саҥаиҥэ мэлийэр, айах тыаһа ньамыргыыра, миин иһиллэн сыпсырыллара эрэ иһиллэр. Биэрэ ынчыктыы-ынчыктыы борооскутун иҥиирдээх этин тардыалаһар, дьиэ иһэ хото сылыйан тириппит-хоруппут, муннун төбөтүгэр кып-кыра таммах оҕолоро быдьыгыраан тахсыбыттар, баттаҕа ыһыллан сүүһүгэр түспүтүн кыракый тарбахтарынан хаһыйан илдьэн кулгаахтарын кэннигэр кыбытар.
– Оһохпут барахсан үрэн кээспитэ тоҕо бэрдэй, эбиллибэтэҕэ даҕаны ээ… абыта-аа, – дии-дии эбээ санныгар быраҕынан олорбут сиидэс былаатынан сүүһүн көлөһүнүн соттор.
– Итийдэ ээ… халлаан да былытырыах курдук буолбут, түүн хата хаардыыра буолуо, – диир Настааччыйа.
Баһылай дьонун саҥатын истэн:
– Сылыйаары гыннаҕа, хата, дьэ хаардыаҕа, хайа муҥун.
– Сарсын баран баран, нөҥүө күнүгэр, хонон баран кэлэҕит дуо? – диэн мин Баһылайтан ыйытабын.
– Хонон. Сэксэкэ – бытаан, бырыынчык ахсааннаах, тардылыктаах соҕус киһи буолааччы, тугун эмиэ түүннэри айаннаан хоочугуратыахпытый. Иккиэн да ытыы сытар оҕобут, сайыһа хаалар ойохпут суох дьоммут… Арыылаахпыт туһахтара көрүллүбэтэхтэрэ ыраатта, чааркааҥҥа биир эмэ бэлиэлээх иҥнибитин кутуйах-итийэх, сиэҥ да сиир ини… Хата, Аана сарсын баран көрөн да кэлбэккин ээ, – диир Баһылай.
Мин, эгэ эрэ, туһах көрө бараары үөрэн сэгэс гына түһэбин:
– Көрөн буоллаҕа, – сөбүлэһэ охсобун, онтон от тиэйиэхтээхпин санаан: – Ээ, оттон оппут тиэйиитэ… – Настааччыйа диэки ыйыппыттыы көрөбүн.
– Бардаҕыҥ дии, холкуостаах киһи буоллаххыный, сарсын мин бэйэм икки оҕуһунан сылдьыам, – Настаа быһаара охсор.
– Эбэтэр от тиэйэн кэлэн баран дуу? – диэн мунаарабын.
– Сарсыардаттан бараар, кэлин туһах да, чааркаан да мэнээк эппитим, күн да кылгас, сээкэйи бадьыыстаһаҥҥын хойутуоҥ, халлаан сырдык эрдэҕинэ ыксаабакка күөлгүн эргийэн, көрөн кэллэҕиҥ дии, биир эмит табысхаан ама бу чоргуга иҥиннэ ини, туһахтар көрүллүбэтэхтэрэ ыраатта, тэптиргэ буолан, сиэҥ эрэ сиэбэт диэн наһаа уһатан кээстибит… Туһахтаргын көрөн-истэн иитэлээр. Алыс чаачахайдаммыты, кэбирээбити хат иитэн боодьустаһа сатаайаҕын, саҥардаар, ол тураллар, – диэн Баһылай оронун үрдүгэр тоһоҕоҕо иилиллибит, түмүллүбүт бэлэм туһахтар диэки сэҥийэтинэн ыйар.
– Тэптиргэ туһаҕын, сэрэх муҥутаан, суор сиэбэт ини доҕор, – Настаа Баһылай диэки ыйыппыттыы көрөр.
– Ардыгар кыайан тэйгэйбэккэ, маһы эҥин эрийэ көтөн хайаан, өттүгэстээн хаалааччы, оччоҕо дьэ «хара сонноохтор» сонно ый-күн ыһыаҕа оҥороллор.
– Ха-хара сонноохтор диэн кимнээҕий? – Баһыычаан токкоолоһор.
– Суордары этэбин тоҕойуом, – Баһылай уолга быһаарар.
– Оттон бэлиэлээх иҥнэ сытарын таба харахтаатаҕына суор сиирэ буолуо дуо? – диэн ыйытабын.
– Бэлиэлээҕи суор сиэбитин бачча сааспар диэри көрө да, истэ да иликпин, тоҕо эбитэ буолла: этин сирэрэ дуу, ол эрэн оннооҕор буолуох сытыйбыт-ымыйбыт араас собулҕаны үссэнэр «күтүр» наһаа чымаадымсыйбата ини, тоҕо тоҥсуйбата эбитэ буолла, дьикти… Хата ол оннугар хаххан баар – тугу да ордорбот… Суор бэйэтэ да чааркаан иитиллибит көҥдөйүттэн, бугулуттан сүрдээҕин куттанар ээ, кини обургу, сэрэх муҥутаан, дэлэ буолуо дуо, элиэтээн, эргийэ көтөн эҥкээрэн-эҥкээрэн баран баран хаалар, чугаһаабат. Хатырык көҥдөйгө иҥнибит тииҥ, көҥдөйүн үлтү ыһан баран, таска да өлө сытар буоллаҕына бэл тыытааччыта суох. Дьиҥинэн тииҥ этин суор сиир бөҕө буоллаҕа, бэл киһи ас оҥостор булдун.
– Кырынааһы – ыытын сөбүлээбэтэ буолуо, – Настаа бэйэтин санаатын этэр.
– Туох билиэй, күтүр өстөөҕү, – диир Баһылай. – Ити, бу эргин сылдьар, өрдөөҕүттэн дойду оҥостубут икки кырдьаҕас суор бааллар, быыс-арыт туттардылар эрэ куобаҕы мэлдьи мэлитэллэр. Туох да сүрдээх «тииҥ мэйии» өйдөөх көтөрдөр. Мундулуҥдаҕа барыахпыт иннинэ, тэптиргэҕэ кыайан ыйамматах табысхаан баар буолла да, кэннибиттэн суолбун бата сылдьан сиэн кэбиһээччилэр; намыһахтык тэйгэйбит куобаҕы кытта, аллараттан ыстаҥхалаан тобулу тоҥсуйар адьынаттаммыттар этэ. Кэлин, уоран аһыыр албастарын өссө сайыннаран иһиэх курдуктара, отой туох да сүрдээх сиэмэх көтөрдөр. Билигин, хата, ама соҕустар дии.
Үнүр хомсомуоллар мунньахтарыгар бара сылдьыбытым. Мунньахтарыгар уон түөртэрин туола иликтэри киллэрбэттэр, ол иһин ыамайдар бөдөҥ оҕолор тугу кэпсэтэллэрин истэ, билэ-көрө сатаан, сэмээр ааны сэгэтэн өҥөҥнөһө сылдьаллара. Мин хойутаан тиийбиппэр кыра уолаттар: «Эн уон түөркүн туолбутуҥ дуо?!» – дии-дии ыххайан түһэн, хата, сүрдээхтэрэ. Олор истэригэр, били, бэҕэһээ икки табысхааны сүгэн намылытан иһэр Сахаарка баара. Кини туһаҕар иҥнибит уонча куобаҕын суордар тугун да ордорбокко, түөрэтин тоҥсуйбуттарын доҕотторугар абара-сатара кэпсиирэ.
О проекте
О подписке