Чукчакыын муҥнаах өгдөҥкөлүү-өгдөҥкөлүү ытаан сыҥыргыыра тохтоото, били, ытыһыгар кистии туппут, көтүрү саайтарбыт балталарын, кыра оҕо лыаҕы тутан баран аны көтөн, куотан хаалыа диэн сэмээр кылатарыныы, кумуччу туппут сутуругун муннун анныгар тиэрдэн, тарбахтарын сэгэтэн көрдө уонна:
– Бааллар… – диэт, туох эрэ күндүнү булбут киһилии, өрө ыстаҥкалыы түстэ. – Ийэбэр биэриэм… ийэбэр биэриэҕии-им… – дии-дии дьиэтин диэки сүүрэн, дьыгынаал ыстаанын кэннэ кыаһалыктана турда.
Борускуобуйа биһикки Чукчакыыны аһынан хайдах да буолуохпутун булбатыбыт.
– Дьэ сордоох киһи… – диэн Борускуо, оол курдук, сүүрэн эрэр уолу батыһа көрө-көрө саҥа аллайар. – Хаарыан тиистэрин алдьаттаҕын, аны кэлэн хантан иккистээн киниэхэ итинник тиистэр үүнүөхтэрэй, туох да суота-солуута суохха эҥин араас буолан экчэҥкэлээннэр, дьон да бөҕөлөр. Бэйэлэрэ булсан, элэк-хаадьы оҥостон бадьыыстыы-бадьыыстыы, хата, атын аҕай хабытайданыы дии… – Борускуобуйа бэйэтиттэн-бэйэтэ тымтан кэлэн Тартаайаны сэмэлээн барда. – Чукчакыын «куһаҕанын» билэ-билэ тоҕо тыытаҕын, тугун иһин ити сордооҕу сэймэктии сатаатыҥ, тииһэ эйиэниттэн ордугун иһин ону көннөрөн биэрээригин дуо, киһи да бөҕөҕүн… Бэйэҥ кыраттан тымтар майгыгын билиммэт эрээригин туора дьону ыстырыыстаабат буол, туттунуохха да баар эбит…
– Ким ыстырыыстаабытын этэҕин?!. – Тартаайа бүк барбыт ырбаахытын сиэҕин көннөрүнэ-көннөрүнэ Борускуону сүүлэ киирбит оҕустуу сүүһүн аннынан сүргүччү көрө-көрө кынчарыйда, онтон тугу эрэ ситэри этэн хардарсаары айаҕын атан иһэн тохтоото, киһи эрэ буоллар, аахсан да туох туһа тахсыаҕын дии санаата быһыылаах. Чукчакыыны да, Миитэрэйи да кытта тутуһарын тухары төбөтүттэн түспэккэ, иилиллэн сылдьыбыт нэк буолбут тугут бэргэһэтин илиитин көхсүнэн кэтэҕин диэки хаһыйа анньынаат, сугулаан диэки соруктаах аҕайдык хааман, кэтит санна уҥа-хаҥас даадаҥныы турда.
Күнүскү аймалҕан итинэн тохтоото. Эр дьон өссө да сээкэйи сэһэргэһээри, хаһыат кумааҕытыгар табах эринэ хааллылар. Борускуо биһикки киэһэ мунньахха көрсүһүөх буолан араҕыстыбыт.
Мэхээлэйэп таҥара саҕана биир күн Улахан Баһылай оҕус борооскубутун өлөрдө. Мин Баһыычаанныын оһохпут уота күөдьүйэ умайбытын кэннэ, чугуун хаппаҕын арыйан олорон тымтыкка иилэн итир саллан сиэтибит, саһарчы буспут итир сарбынньаҕа хачыгыраан минньигэһэ сүрдээх. Онно сөп буолбакка аны салгыы үчэһэ кыстан быары итиргэ суулаан чоҕочу үөллүбүт. Оҕобутугар Биэрэҕэ саллыбыт итирбититтэн, чоҕочубутуттан ирээттээн бэрсэбит. Биэрэ ирээтин сиэн баран аныгы буһуор диэри кэтэһэ, күүтэ таарыйа «сэдэмньи аһылыгын» буорун салыы-салыы тойтоллон турар. Итир – уот төлөнүгэр сардьыгыныы буһар, сыата таммалаан чачыгырыы тыаһыыр, бэрт минньигэс сыт дьиэ иһин тунуйар.
Хаһан баҕарар, идэһэ туттуллар күнэ туох эрэ ураты күн курдук, дьиэ иһинээҕи дьон бары сирэйдэрэ-харахтара ордук турар, сэргэхсийэр, ас астаан уҥа-хаҥас лиһиргэйдэнии эбии тэтимирбиккэ дылы гынар.
Настааччыйа биһиги ыксабытыгар талах олоппоско олорон, тобугар тардан үчэһэ кыһар, эбээ кытахтаах борооскутун хаанын, бөлөнүйбүтүн, илиитинэн илдьи убахтаан булкуйар, үүт кутар, туустаан тумалыыр уонна муос ытыгынан күүгэннириэр диэри ытыйан күрдьүгүнэтэр, тас сыатын ис гына ытык угар тиэрэн бэлэмнээбит очоҕоһугар таас чааскынан хаанын баһан ылан кутан култатар. Сотору хааннаах очоҕосторун кытаҕар хаалаан тахсан ампаарын иһигэр хаар ыһан баран, чөкө-чөкө эрийэ уурталаан тоҥортуур. Эбэбэр тымтык тутуһан көмөлөһөбүн.
Борооску төбөтүн саас Ньукуолаҕа сиэхпит диэн ууран кэбистилэр. Сиһин уонна атахтарын иҥиирин туспа арааран ылбыттарын эмээхсин «хаттын» диэн сэбэргэнэҕэ ыйаата. Хойут сыыйан ылан сап гыныа. Ардыгар иҥиир сап да бэйи кэмчитийэр кэмнэрдээх. Дьахталлар иҥиир көрдөһө ыалга сылдьалларын элбэхтик көрөөччүбүн. Иҥиир сап – өрбөх сапка тэҥнээх буолуо дуо – сүрдээх бөҕө. Ынах, сылгы, тайах, таба этэрбэстэр, курумуулар – бары иҥиир сабынан эрэ тигиллэллэр. Идэһэттэн туга да хаалбат. Бэл үөһүн бырахпаттар. Эмээхсин ынах сүөһү үөһүнэн ойоҕостотон ыалдьыбыт киһини эмтиир. Эр киһиэхэ – тыһыта, дьахтарга – атыыра эмп буолар диэн кэпсиир. Сэбиргэхтэппит киһи үөһү иһэн эмтэммэт, тас өттүнэн, ыалдьар сиринэн бистэн омунуохтанар. Арай «ойуурдааҕы» үөһүн бистэн да, иһэн да тутталлар. Аны киһи эрэ дьиктиргиэх, эбээ кэпсииринэн, дэҥнэтэн, сорох сылгы эмиэ үөстээх буолар үһү, ол курдук таба эмиэ. Дьэ ол улахан эмтээх буоларын кырдьаҕастар былыр-былыргыттан кэпсэл оҥостооччулар диэн эмээхсин ахтан аһарааччы.
Баһылай борооскутун кутуругун «кыын оҥостуллуо» диэн эмиэ чөкө ыйаан хатаран кээстэ; муостарын «көбүөр» ытыга буолуохтара диэн өһүө быыһыгар анньыталаата.
Настааччыйа идэһэтиттэн лыглыччы буһаран күөстээтэ: этин, өрөһөтүн, бүөрүн, быарын, быысаһын барытын булкуйда. Хаһан баҕарар идэһэ бастакы күөһэ үгүөрү буолар.
Баһылай тыҥаны уонна таалы кэрчик-кэрчик сыа-сым курдук тутан бысталаан үчэһэҕэ үөлэр. Биһиги, уос-тиис тииһиниэх дьон, киниэхэ илии-атах буолабыт. Биэрэ итири, чоҕочону син сии сатаата, онтон тыҥаны уонна таалы сөбүлээбэтэ. Маҥнай үөлүллүбүт тыҥаны, онтон таалы: «Аал эрэ…» – диэн быһа ыстаан амтаһыйан, айаҕын ньамырҕатан көрөн баран, сэҥээрбэтэҕин уонна аһаан бүппүтүн биллэрэн сүүрэн тиийэн түүрүллүбүт таҥас үөһэ ыттан, «иһэ сиигирэн» топпут киһи быһыытынан бэйэтин дьаалатынан оонньоон барда.
Ардыгар, таал тас субатын алдьаппакка эрэ сэрэнэн бүтэйдии ибили тутан убахтаан илдьиритэн баран, уһук өттүн хайытын иһигэр эт, сыа симэллэр, онтон хайыппыт сирдэрин сабынан баайан баран буһараллар, ол минньигэһэ сүрдээх.
Идэһэлэммит ыал сураҕа кыра дэриэбинэҕэ сонно тута биллэр. Тастан хас да дьахтар киирэ сырыттылар, эбээ кинилэри кыра кыбыныылаах, илии тутуурдаах ыыталаата. Ити – идэһэлэммит эрэ ыал үтүө үгэһэ. Ол эрэн «амсайыыга» диэн бэрсии туох дуоннаах буолуой, дэлэҕэ да «сүүтүк саҕа сис үөһэ, сөмүйэ курдук хаан оҕото, ытыс кэриэтэ харын дуома» диэн өс номоҕо үөскүө дуо. Хаһан уонна ханна бэрсибиттэрин мыынсыбыт дьон ити курдук тылласпыттарын ким да билбэт.
– Хата халлаан сылааһыгар тутуннубут, сүөһү сыата, үөрүгэ быһахха соччо сыстыбат буолан абыраата, барахсаныҥ син куҥнаах, таманнаах эбит ээ, хара мурун уойумуна, үтүрүм ынах буоллаҕай, итинтэн ордук буолуо дуо, бэрт-бэрт доҕор… – диэн Улахан Баһылай идэһэтин хайгыыр.
Улахан тымныыга, кырдьык да, быһах биитэ ынах сүөһү сыатыгар сыста сылдьар, онтон тугун дьиктитэ эбитэ буолла – төһө да күскэччи уойбут сылгы сыата, хайдахтаах да түптэлэс тымныыга быһах тимиригэр сыстыбат. Ити – сылгы сыата, этэ – ынах сүөһү этиттэн уратылааҕыттан…
– Оннук-оннук, оннооҕор «хара иһэ» сыа омоонноох, – диэн Настааччыйа харыстыы соҕус саҥаран, эгэ-дьэгэ буолар.
– Быйыл сүөһүгэ өҥ сайын ааста ээ, холкуос да киэннэрэ куһаҕана суох этилэр, – Баһылай үнүрүүн сүөһү өлөрүүтүгэр сылдьан көрбүтүн-истибитин кэпсиир. – Быйыл от да оттонно, онон кэтэхтиин, уопсайдыын аны сааскы күөҕү этэҥҥэ көрсөр от баар.
– Сэрии да сураҕа киһини сэргэхситэр… – Настаа санаата көнньүөрбүччэ, хас саҥаны барытын сэҥээрэн, сэргэх аҕайдык иилэ хабан ылан санаатын этэн иһэр. – Сүөһүлэр кыстыахтараа-а, бэйэбит бу дьылы этэҥҥэ, ыалдьыбакка-сүппэккэ эрэ туоруу сатыахха… Күөххэ тиийдэххэ онтон салгыы туох-ханнык буолара бэйэтэ көстөн иһиэ. Баҕар онуоха диэри, өссө оннооҕор да эрдэ, сэрии бүтэн дьоллонор күммүт үүнүөҕэ…
– Оо, этимэ даҕаны – эн эппэтэҕиҥ, үөһээ үрдүк айыылар бэйэлэрэ эппит-тыыммыт буоллуннар… этэҥҥэ… – эбээ үгэһинэн кэм да айыыларын, таҥараларын ахтар, муннукка оҕотун көтөҕөн турбут Буҕараадыста Маарыйа онно эрэ оҥойон хаалбыт холоругун көрөн ылар.
Таҥара мэтириэтигэр сүгүрүйэр, сөһүргэстиир аны көҥүллэммэт, бобуулаах. Сибэтиэйдэр сырдык мөссүөннэрин ыйаан турар ыаллар сэмэҕэ тардыллаллар, эргэ хаалынньаҥ олох сиэрин-туомун тутуһар ньүдьүбалай, аныгылыы өйө-санаата суох дьонунан ааҕыллаллар. Ол эрэн билигин да кистии-саба кириэс охсунан тобуктаан олорооччулар, сир-буор аннынан сибигинэһэн кэпсэтии хоту иһиттэххэ, син бааллар үһү. Хайыахтарай үөрэнэн хаалбыт үгэстэрэ буоллаҕа. Салалтаҕа үлэлиир сорох үтүө дьон ону көрбөтөҕө буолаллар. Оттон, ордук куораттан тахсыбыт, Быралгы этэринии «олус кытарбыт» дэрдэм милииссийэлэр, биир эмит бэрдимсийбит боломуочунай – таҥараларын ууран турар ыалга түбэһэ түһэн сырытталлар эрэ хайаан да хомуйтараллар. Дьиҥинэн ол Буҕараадыста Маарыйа оҕотун Курустуоһу кытта ойууламмыт, хайа эрэ уус тарбахтаах тупсаҕайдык уруһуйдаабыт мэтириэттэрэ дьиэ киэргэлэ буолан турбуттара тугу мэһэйдиэхтэрэй. Тоҕо саҥа былаас дьоно, ыалга киирээт да, илэ абааһыны көрбүккэ дылы, ону букатын сөбүлээбэттэрин мин биир бэйэм сатаан өйдөөбөппүн. Таҥара этэр ыйааҕа, үтүө сүбэлэрэ – киһини наар кэрэ эйгэҕэ, үтүө суолга эрэ салайаллар ээ уонна баран дьэ тоҕо ол көйгөтүллэллэрэ кырдьык да дьикти.
Бэл, иннин-кэннин билбэт буола тымтыбыт, үөхсэн-үтүргэннэнэн барбыт киһи – дьиэ муннугар холорукка турар, холку, сырдык сэбэрэлээх таҥара мөссүөнэ кэлэйбиттии одуулаан турарын көрдөҕүнэ – тута сыһыйа түһээччи, кини түктэри кэмэлдьитин, хайа эрэ чахчы ытыктанар сүдү кырдьаҕас улаханнык хоргуппуттуу одуулуурунуу – харахтарын куоттаран, умса көрөн кыбыстыбыттыы туттааччы… Дьэ уонна баран. Били, этэргэ дылы, «кыра ычалаах, кыараҕас ыырдаах өйдөөх-санаалаах» кыайан биир тылынан быһаарбат суола…
Эбээ Мундулуҥдаҕа эрдэҕинэ ууран турбут таҥараларын мэтириэттэрин Айдаҥҥа көһөн кэлэн баран, киирбит-тахсыбыт кэлии дьон харахтарын аалыыта буолара бэрдиттэн, өрбөххө суулаан-суулаан баран, ампаарыгар таһааран чөкө кистээн кэбиспитэ. Эмээхсин таҥараны кырдьык итэҕэйэр, ону сэргэ уотун, эбэлэрин, тыатын отун-маһын бары иччилэригэр олус диэн сүгүрүйэр, кини биһиэхэ наар этэрэ: «Бүтэй эттээх-сииннээх, киһи ортото көннөрү дьоҥҥо мээнэ көстүбэт, биллибэт улуу күүстэр чахчы бааллар, эһиги оҕолор ону куруук өйдүүр буолуҥ, ытык сиэри-туому мэлдьи тутуһан, быдан дьыллар саҕаттан күн бүгүҥҥүгэ диэри кэлбит төрүттэргит барахсаттар үтүө үгэстэрин, итэҕэллэрин ытыктаан илдьэ сылдьан, кэмиттэн-кэмигэр кинилэргэ сүгүрүйэн, айах тутан аһатан, быстыспат ситимҥитин, бааргытын биллэрэн кэпсэтэ-ипсэтэ эрэ сырыттаххытына – чөл куттаах, чэгиэн эттээх, өссө, ордук туохтааҕар да сүрүнэ, хайдахтаах да ыар олоҕу тулуйар, ону таһынан өссө ол сылдьан саҥаны айар-тутар, быстан-охтон биэрбэт күүстээх, ньыгыл санааланыаххыт…» – диэн. Кырдьык оннук!.. Санаа энчирээбэт күүһэ – ол буолар туохтааҕар да сүдү, байым күүс. Онтон санаа ньыгыл буоларын туһугар киһи – киһи быһыытынан, майгытынан, үтүө санаатынан – ыраастан ыраас куттаах-сүрдээх, киниэхэ мөкүнү да баҕарбыт, олох очурдарын тулуйбакка түҥнэстибит да киһиэхэ наар үтүөнү эрэ баҕарар сырдык санаалаах буолуохтаах…
Санааттан санаа салҕанар, муҥура биллибэт санаа эйгэтигэр бигэтэн бардар-бара тураҕын… Бииртэн-биир уустук уонна судургу өйдөбүллэр утум-ситим сиэттиһэннэр оргууй устан кэллэр-кэлэн иһэллэр, бииртэн-биир санаа утаҕа – саҥаны, сонуну арыйыы – кинини сэргээһин, кинини бэйэҥ эрэ толору өйдүүр өйүҥ-санааҥ дьикти иэйиитинэн толору ылыныы…
…Аан эрчимнээх илии күүскэ тардыбытыттан хаачыгыр гына тыаһаабытыгар саныы олорбут санаам ситимэ үрэл гынан хаалла.
– Дьэ-дьэ, идэһэ ини, аһаабыппыт дии… – эр киһилии куолаһынан быһыта баттыалаабыттыы саҥарбытынан тастан Өксөөн мичээрдээн үрүҥ тиистэрэ кэчигирээбитинэн киирэн кэллэ.
О проекте
О подписке