Читать книгу «Ол түгэн уораана…» онлайн полностью📖 — Арчылана — MyBook.

3

Алаастыырап доҕоро Миитэрэй Хойутаанап тус олоҕуттан кэпсээбит түгэнин улаханнык сөҕө истибитэ. Булан-булан түбэспитин эбитин. Киһи букатын итэҕэйиэ суоҕун курдук. Арай кинигэҕэ-киинэҕэ итинник тоҕооһуу, сөп түбэһии баар буолар ини, оттон… Ол эрээри бары суруйааччылар, киинэ айааччылар да уобарастарын уонна сюжеттарын дьиҥ баар олохтон сомсон эрдэхтэрэ эбээт. Олоххо киһи хаһан да үөйбэтэҕэ-ахтыбатаҕа баар буолан соһутааччы. Хас үүммүт күн ол иһин сонун уонна хатыламмат кэрэ. Бээ, ханнык эрэ биллиилээх фантаст суруйааччы «олохтон ордук баай фантазиялаах тугу да билбэппин» диэн эппиттээх буолуохтаах этэ ээ. Бадаҕа, Жюль Верн этэ дуу. Таһыччы умнан кэбиспиппин. Букатын манна, бэрт чугас, кылаҥныыр курдук да – таба туттарбат. Киһи толкуйа диэн бэрт дьикти кыыл. Оттон дьылҕата диэн… Түҥ тыа буоллаҕа.

Доҕоро тылыгар төһө да кэмсинэбин диэбэтэр, уйулҕата улаханнык оонньуур эбит. Ол саҥатыгар-иҥэтигэр, туттуутугар-хаптыытыгар ырылыччы сурулла сылдьарга дылы. Эмээхсинин кытта сыһыана да тоҥуй соҕус быһыылаах. Бастаан дэриэбинэҕэ кэлбит киэһэтигэр тиийэн, Миитэрэйи ыйыталаспытыгар:

– Ханна сылдьарын мин билэр үһүбүн дуо? Сайын кэллэ да, маар түгэҕин булар киһи баар дии, киниттэн ордук отчут суоҕар дылы! – диэн өс-саҕа буолан кынтаарыҥнаабыта.

Олоҕор итинник ыарахан, соһумар суоллары көрсүбүт киһини кытта бииргэ олорор кытаанаҕа биллэр, ордук ол киһиҥ өйүн-санаатын бүтүннүү атын дьахтар баһылаабыт буоллаҕына. Сэрии ыар тыына киһи этигэр-хааныгар иҥэн хаалар адьынаттаах, ордук инники кирбиигэ сылдьыбыт, илэ-бодо сэймэктэспит киһиэхэ. Оннук дьон үксүгэр хааннара алдьанан туох да энчини сүгүн истибэт буолан хаалаллар. Эбиитин дойдуларыгар хаалбыт оҕолоро-кэргэттэрэ, аймахтара суорума суолламмыт буоллахтарына…

Соппуруон элбэх буойун ахтан аҥаардара эрэ хаалан кэлбит дойдуларыгар тус олохторо табыллыбатаҕын, иһээччи буолбуттарын, төрөөбүт түөлбэлэриттэн быралгы барбыттарын олус бэркэ билэр. Сорох-сорох ыал, холкуос олоҕо сэрии сылларыгар ол курдук айгыраабыта, эстибитэ. Ордук кураайы сирдээхтэр иэдэйбиттэр этэ…

Хор, оннук охсууну инчэҕэй эттээх, сылаас сүрэхтээх эрэ барыта уйаахтаабат…

Бэл, олоҥхо бухатыырдара адьарай аймаҕын кыайан-хотон баран, кыргыс кэмигэр сыстыбыт хара дьайдарын дьалбыйтараллар эбээт. Ол эрэ кэннэ биирдэ айыы дьонун кытта алтыһар кыахтаналлар. Хаантан хаан алдьаныыта диэн кытаанах. Киһи киһини билбэт үлүгэрэ диэххэ сөп. Соппуруон эмээхситтэр-оҕонньоттор бэйэлэрин ыккардыларыгар кэпсэтиигэ биир эмэ бэйэлэрин түбэлэрин киһитин туһунан «оо, барахсан сэриигэ барыан иннинэ үтүө да оҕо этэ…» диэн эмиэ да аһыммыттыы, эмиэ да хараастыбыттыы үөһэ тыыналларын син иһиттэ ини, истибэтэ ини. Ити баҕас, туох да албына-түөкэйэ суох, ис сүрэхтэн тахсыбыт тыллар буолуохтаахтар. Бэл, били сэрииттэн босхоҥ кэлбит тастыҥ убайа Байбааскы, кыратык холуочуйа түстэ да, ыллаан тахсар «Саллаат сүрэҕэ» диэн ырыатыгар этиллэринии, ийэ оҕотун билбэт муҥа буоллаҕа дии. Бээ, ити ырыа хайдах этэй?!

 
Халҕанын аһан дьиэтигэр киирдэ,
Кырдьаҕас ийэтэ билбэтэ:
– Кэпсээннээ, тукаам, ким-хайа этиҥ,
Хантан бу айаннаан иһэҕин?
 
 
– Оо, ийээ, – диэтэ, – эн уолуҥ этим,
Ол дьиэбэр эргиллэн бу кэллим.
Кыа хааннаах сэрии уотуттан ордон,
Төрөөбүт алааспын, дьэ, буллум…
 

– Эн уолуҥ этим… – Алаастыырап саҥа таһаарбытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла.

Оннооҕор кинини – инники кирбиигэ сылдьыбатах саллааты – ийэтэ барахсан хайдах көрүстэ этэй?! Уҥуох-уҥуоҕун барытын тутан-хабан көрбүтэ дии, ытамньыйа-ытамньыйа. Сэрииттэн лабааларын тонотон, эттэрин-сииннэрин сэймэктэтэн кэлээхтээбит саллааттары санаахтаатаҕа буолуо. Оттон ол илэ бодотун төрөппүт ийэтэ билбэт буолуор диэри кэбилэппит киһи өйүгэр-санаатыгар туох баас-чэр хааларын ким билиэ баарай?!

Онно холоотоххо, Миитэрэй хатат курдук кытаанах киһи эбит. Өссө, буолаары буолан, биир түбэҕэ улааппыт доҕорун тыыныгар турбут киһи диэтэххэ… Чэ, баҕар, билбэккэ да ыппыт буоллун, син биир – ыарахан. Бээ, туох диэтэ этэй: «Биир куттас саллаат олоҕун сиэртибэлээҥҥин атын уонунан саллааттар олохторун быыһыыгын, кыргыһыы кэмин дьэбир сокуона оннук!» Итигирдик диэн, төһө да бэйэтин кырдьыгын таһаарыннар, муҥура суох буруйдана саныыр быһыылаах.

Толкуйдаан көрдөххө, гвардия капитана Хойутаанап дойдутугар эргиллэн баран, партийнай-советскай линиянан үлэлии барбатах биир сүрүн биричиинэтэ ити буолара дуу? Бастаан утаа обкомтан кытта кыачаҥалата сылдьыбыт сурахтаахтар, оройуоҥҥа үһүс сэкирэтээринэн анаарылар. Муос-таас курдук аккаастаан кэбиспитэ дииллэр.

Сири-буору аннынан иһиттэххэ, обком эппиэттээх үлэһитин улаханнык өһүргэппит үһү. Ол – кырдьык Хойутаанап буочара. Итини Соппуруон урут даҕаны итэҕэйэ истэрэ, оттон бэҕэһээҥҥи кэпсэтии кэнниттэн өссө бигэтик өйдөөтө. Быһаччы бэйэтиттэн ыйыппатар даҕаны.

Миитэрэйиҥ өһүргэс соҕус ээ. Төһө да арыт ардыгар устудьуоннааҕы үгэстэринэн бары-баллаччы хаадьыласталлар, сорох түгэҥҥэ биир тылтан сылтаан харыйаны таҥнары соспут курдук буолааччы. Оччоҕо эн кини иннин көстөн турар төрүөтүнэн да ылбаккын. Бэйэтэ этэригэр дылы «өһөс да чирэс, саллаат өрүү чиккэс!» Кытаанах киһи! Ол да иһин, кэргэнэ этэринии, «коллегалара уоппускаларын кэмигэр Крымынан, Кавкаһынан сылдьар кэмнэригэр үрэх баһыгар дьуоҕура сыттаҕа». Өссө оттообутун иһин кэлтэгэй да кэппиэйкэни аахсыбат-ылбат үһү ээ. Оннук хомуньуустуу өйдөөх-санаалаах буолуо дуо?..

Бэҕэһээ Миитэрэй кэпсээн бүтэн баран, хас да испиискэ маһын тостурута охсон уматтыбыт бөппүрүөскэтин тардан, суптугар уоһа ибигирии олордоҕуна, Соппуруон тоҕо эрэ Балыксыт Былатыаны санаан кэлбитэ. Өссө хайдах эрэ Николай Неустроев кини көрөн олорор лүҥкүрбүт халлаанын уонна тимир курдугунан тыбыс-тымныытык мэндээрийэр күөлүн ойуулаабыт диэх курдук санаан аһарбыта. Балыксыт Былатыан тоҕо дьон-сэргэ ортотуттан дьалты барбыта буолуой?! Оттон Миитэрэй тоҕо сайын аайы соҕотоҕун оттуу тахсар? Манна туох эрэ ситим-сибээс, хоһулаһыы баар дуо?..

Наака, бу түбэлтэҕэ да олоҕуран, үчүгэй айымньы суруллуон сөп быһыылаах.

Даайаны кытта булгу кэпсэттэххэ сатанар. Хата, мааҕын сарсыарда сэбиэт дьиэтигэр сылдьан болдьоһо охсубута ээ. Ыксаатаҕына сатанар, командировката сотору бүтүөхтээх. Машата хайдах эрэ олорор?.. Куораттыыр сахха дьэдьэн булбут киһи. Кыттыгыйкаан кыыттаана, сибиэһэй сүөгэйгэ булкуйан биэрдэххэ, төһө эрэ минньигэһиргэтэ-минньигэһиргэтэ сиэн ньымаардар…

Алаастыырап, итинник саныы-саныы, дэриэбинэ илин өттүгэр баран истэ.

Аҕыйах сыл анараа тыа дэриэбинэлэригэр мэндиэмэннээх дьиэ тутуллуо диэн санааҕа да суоҕа эбитэ буолуо. Ол бэйэтэ ити дьиэ дьэндэйэн тахсыбыта үчүгэйиэн. Бу эҥээргэ бастакы хараҥаччы буоллаҕа буолуо. Бу оройуон дьоно-салалтата мэлдьи да олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыырга дьулуһаллар. Сотору кэминэн манан асфальт бүрүөһүннээх уулусса тыргыллыа, онон массыыналар сырылыы сырсыахтара. Букатын куорат курдук буолуо. Оччоҕо ити түптэ тула мустубут ынахтар барахсаттар ханна барыах муҥнарай?..

Санаатыгар киирэн испит буолан, иннигэр атыыр оҕус айаатаан лоҥкунаппытыгар соһуйан өрө чинэрийэ түстэ. Эбиитин буруолуу сылдьар «лэппиэскэттэн» халтырыйан, букатын да тиэрэ таһыллан иһэн (хаарыан көстүүмэ!) арыычча өрүһүннэ.

Лаҥкыр муостаах сүүнэ улахан уу долгунун курдук күөх чуоҕур оҕус, онно эрэ кыһаллыбакка, буугунуу-буугунуу, күдэн бөҕөтүн өрө табыйан таһааран, хара былыт ортотуттан мааҕыҥҥытынааҕар өссө суостаахтык-суодаллаахтык лоҥкунаппытыгар, нөҥүө уулусса диэкиттэн, мин да баарбын диэбиттии, атын оҕус мөҥүрээн лүҥкүнэттэ. Күөх Чуоҕур ону истэн букатын буорайда, кэлин өттүн өрүтэ быраҕаттаан ылла да, батыччахтаан кэлэн, бугул саҕа түптэни күллэри баҕастары сүргэйэн таһааран, бүтүннүү бүрүнэн кэбистэ. Өрүкүйэн тахсыбыт күдэн былыта чэпчэки сиккиэргэ оҕустаран, Алаастыырап диэки болооро уһунна.

Айыбын даа! Дьэ, дьоһун хартыына!

Алаастыырап ньыкыччы туттубутунан сэрэхтээх сири кытыытынан кыйан мүччү түһээт, кэлээри туран, ыалыттан ыйдарбыт хатыйыы үөт күрүөлээх тэлгэһэтин ааныгар хаамар-сүүрэр ыккардынан тиийээт, дьэ, биирдэ өрө тыынна. Сиэбиттэн болотуогун таһааран, сүүһүгэр бычалыйан тахсыбыт көлөһүнү туора-маары сууралаата уонна илиитигэр тута сылдьар сэлээппэтин кэтэн кэбистэ.

Сатана оҕуһа! Киһи сүрэҕин хайыта сыста дии…

Даайа күүтэн олорбут эбит. Үс атахтаах остуолга ас бөҕөтө тардыллыбыт. Иҥэ имнии тэтэрэн, тэри-тэрбэгэр сыры-сымнаҕас харахтара сандаара тырымнааннар, урут көрбүтүнээҕэр өссө ордук тупсубукка дылы буолбуттар.

Өссө кыыс сылдьан хайдах эрэ буолла?.. Били силбиэтэммит оҕуһум ханна дьөлү түһэн хаалла?! Ити сырдык кыымынан ыһыахтанар харахтар эйиэхэ эрэ анаан сыдьаайа тырымныыллара, кырдьык, дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо?! Сорох ол минньигэс түгэни үрүҥ түүлүгэр да билэрэ саарбах. Машата бу санаатын биллэҕинэ – иэдээн!

Алаастыырап сэмээр мүчүк гынна.

Туох да диэбит иһин, Миитэрэй сүрэҕин үйэ саас тухары туттарыан туттарбыт эрэ дииргэр тиийэҕин.

– Чэ, остуолга аас. Түннүкпүтүн арыйа сатыыбыт да, оһох оттулунна да дьиэбит өрүкүйэн хаалар. Итии буолуо. Бинсээккин ол көхөҕө ыйаа, – Даайа, таһыттан соччо биллибэт да, балайда долгуйбут быһыылаах (хаһан суруйааччыны күндүлээбитэ баарай?!) – Сотору ыалым Мэхээлэ киирэ сылдьыах буолбута, эн кэлэр сураххын истэн. үнүрүүн кулуупка буолбут көрсүһүүгэ тугу эрэ ыйыппакка хаалбыппын диир этэ. «Хотугу Сулуска» бэчээттэнэ сылдьар айымньыгар сыһыаннааҕы. Бастаан уларсыһа сылдьан ааҕа сатаан баран, тэһийэн-тулуйан көһүтүспэккэ, элбэх киһи сурунаалга суруттарда ээ, быһыыта.

Алаастыырап түөһүн киэн туттуу тиирэ тэбиэхчэ буолбутун сабыта баттаат, сүөгэй үрүҥнээх итии чэйи сыпсырыйан ылла уонна утары быыска ыйанан турар хаартыскалаах арааманы тонолуппакка одуулаата.

Араама ортотуттан сырдык сэбэрэлээх, иҥнэри кэппит пилоткатын ойоҕоһуттан баттаҕа будьуруйбут саллаат кинини эмиэ көрөн олорор эбит. Киэҥ эрилкэй харахтарыгар туох эрэ түгэҕэ биллибэт санньыар саспыт курдук.

– Ити мин Ньукуум… – Даайа ах баран олорболуу түстэ, онтон санныгар саба быраҕына сылдьар былаатын муннугунан эр-биир харахтарын сотунна. – Биһиги бииргэ улааппыппыт. Бука, Миитэрэй кэпсээтэҕэ буолуо. Оскуолаҕа олус үчүгэйдик үөрэммитэ, олус сайаҕас этэ. Ол эрээри Миитэрэй курдук үөрэнэ барбатаҕа. Ийэтэ ыарытыйара, сэрии саҕаланыа аҕыйах сыл иннинэ эмискэ баҕайы мэнэрик буолан хаалбыта. Ол, арааһа, убайын Дьөгүөр Хотооробу «норуот өстөөҕө» диэн хаайбыттарыттан сэдиптээҕэ эбитэ дуу, – Даайа Алаастыырабы тургутардыы көрөн ылла уонна туохтан эрэ өрүһүспүттүү быһаара оҕуста. – Хотоороп аата билигин ыраастаммыта ээ.

Даайа остуолтан туран, хоһугар киирдэ. Онтон бэрт кичэллээхтик чэй көмүһүгэр сууламмыт кинигэни аҕалла.

– Ньукуу таайын эмиэ олус сөбүлүүрэ. Бу Ойуунускай кинигэтин бэлэхтээбитин, оннооҕор Ойуунускай эмиэ «норуот өстөөҕө» аатырбыт кэмигэр, хараҕын харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьыбыта. Ону миигиттэн ураты ким да билбэт буолуохтаах, бэл диэтэр, Миитэрэй кытта. Оттон аҕалара Ньукуу кыратыгар Тайҕаҕа көмүскэ сылдьан, дэҥҥэ түбэһэн суох буолбута үһү. Арай биир букатын билбэт киһилэрэ – бадаҕа, куорат диэкиттэн сылдьар – балайда үбү-харчыны аҕаларын ирээтэ диэн аҕалан биэрбитин хотунум букатын бүтэһик күнүгэр диэри улаханнык уйадыйан-махтанан туран ахтара…

Алаастыырап бүтүннүү кулгаах буолан олордор да, кинигэни сэрэнэн суутуттан арааран, эргим-ургум тутта.

Кылаана да кыларыйан көрбөтөх. Олох сабыс-саҥа сылдьар. Ханна да харахтыы илик кинигэтэ эбит. «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо. Үс оонньуулаах олоҥхо (норуот олоҥхотуттан)» диэн. 1930 сыллаахха Дьокуускайга үс тыһыынча ахсаанынан тахсыбыт. Кинигэ маҥнайгы сирэйигэр күөх чэрэниилэнэн, бытархай буолан баран, кып-кырылас буочарынан латынныы алфавитынан суруйбуттар: «Bu kinige sin biir bert kinige buolar. Surujdum Mandaarap Njukuus. 1938 syl.»

Алаастыырап тыастаах баҕайытык өрө тыынан ылла уонна хайыы үйэ түгэҕэ оҥойбут чааскытыттан чэй испитэ буолла. Ол албаһа Даайа хараҕын халты ааспата. Кэпсээбитин кубулуппакка олорон, тэскэйбит алтан сылабаартан чэй кута охсон биэрдэ.

– Ньукуум тоҕус оҕолонуохпут диэн ыраланаахтыыра. Дьиҥэр, букатын эдэр киһи итинник санаалааҕа, билигин кэлэн толкуйдаатахха, бэрт дьикти дии. Мандаараптар да, Хотоороптор да удьуордарын салҕааччы быһыытынан өйдөөхтүүрэ дуу, бэйэтин… Ону барытын кырыыстаах сэрии туора соттоҕо… – Даайа эмиэ хараҕын соттон ылла. – Сэрии! Сэрии хааннаах баппаҕайынан биһиги түбэни ыараханнык тайаммыта. Турбут-олорбут уолаттарбыт барахсаттар сэриигэ барбыттара уонна үксүлэрэ эргиллибэтэхтэрэ. Оо, дьэ, кырдьык, иэдээннээх күннэр-дьыллар этилэр… Тыылга оҕо-дьахтар, оҕонньор-эмээхсин эрэ хаалбыта. Мин билигин эргитэ санаан көрөбүн ээ, хайа да киһи дьоло диэн нус-хас сананыы быһыылаах. Оттон сэрии саҕана барыта куттал этэ. Ким эрэ өлөр, боруонтан хара сурук кэлэр, үлэ-хамнас кыайтарбат, ас-таҥас бэрт кырыымчык… Хараҥаттан хараҥаҕа диэри үлэлиирбит. Түүн кылгаһын аан бастаан ол онно билбитим…