Миитэрэй уута кэлбэккэ эргичиҥнии сытта. Этэ-сааһа аһыллан, өйө-санаата уйуһуйан, бүтүннүү кулгаах буолан хаалбыкка дылы. Оттон таһырдьа тыал тыаһа-ууһа сүрдээх, бэтэрээнэн киһи сытта да утуйуох курдук буолбатах.
Баччаҕа мас хаардыыр тыал булгуччу түһээччи эрээри, быйыл халлаан хаһааҥҥытааҕар да ордук кыйыдыйбыт. Уопсайынан, күн-дьыл уруккутугар холооно суох. Дьэ, хаһан кыһын оройугар тыалырбыта баарай?! Оттон билигин ахсынньы буоллун – тыал, тохсунньу буоллун – тыал, тыал да тыал… Бэл, бу бүгүн кэлэн, Миитэрэй сүрэҕэр-быарыгар кытта тыалырар курдук…
Урут Баһыкка оҕонньор (ол оччоҕо билиҥҥи миигиттэн биллэ эдэр буолуохтаах!) «аракыаталарынан халлааммытын тэһитэ ытыалаан күнү-дьылы буккуйдулар» диэн айманарын эмиэ да сонньуйа, эмиэ да бэркиһии истэрэ ээ. Ол бэйэтэ билигин ракетатааҕар буолуоҕу күтүрүөх курдук… Кими эрэ көмөн эрэргэ дылы, сынылыйан-онолуйан түһэн…
– Миитэрээй!!!
Бай да, ити ким ыҥырарый?! Ньукуус куолаһа дии… Урут сайын эрэ ыҥырар буолара эбээт?! Билигин кыһын буолбатах дуо?!
– Миитэрээй!!! Миитэрэ-эй!..
Тоҕо дуораана бэрдэй?!
Эмискэ миномёт миинэтэ чуһуурарга дылы гынна да, суорҕанын кууспутунан умса эргийэн баран, оронугар хам сыстыбытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла.
Тоҕо эстибэтий?!
Онтон кэмниэ кэнэҕэс сэрэммиттии төбөтүн өндөттө уонна бастаан бэйэтин, онтон сыттыгын-суорҕанын ээр-сэмээр бигээн көрдө.
Суох, баттаппатах эбит, хараҕын күүскэ да күүскэ симириктэтэн быһыта чыпчылыйталаан ылла. Уонна туох буолан…
Миитэрэй хантан да кэлбитэ биллибэккэ эмискэ баҕайы саба халыйан кэлбит санаатыттан-оноотуттан босхолоно сатаата да, туһа суох. Хаайтаран турбут уу, быыс-хайаҕас буллар эрэ, хайа да бэйэлээх сымара таас быһыты үлтү кумалаан, тоҕу көтөн тахсарыныы, биирдэ ааспыт олоҕун уот ытылҕаныгар баар буолан хаалла.
Сэрии… Кырыыстаах сэрии…
Кырдьык, кини армияҕа бэйэтэ тылланан барбыта. Дьиҥэр, тылламматаҕа да буоллар, хаһыс эрэ хомуурга түбэһэн буорах сытын син билиэ эбитэ буолуо?..
Арай сорохтор курдук хоту түһэн, мүччү көтүө ини?..
Оччолорго итинник санаа кинини ырааҕынан сылдьара. Оччоҕо олус да ыраас санаалаах, олус да итэҕэйимтиэ эбиттэр… мөлүйүөннэр дьылҕаларын үлтү кумалыыр иэдээннээх сэрии турбутун оччотооҕу Миитэрэй курдук өс киирбэх сүрэхтээх-санаалаах уолаттар уонна кыргыттар хантан таайыахтара баарай?..
Уонна, билигин кэлэн туох да диэбит иһин, бэйэ норуотунан, бэйэ дойдутунан, кинилэр ситиһиилэринэн дьиҥнээх киэн туттуу баара. Ол да иһин Сэмэн Сүүлүскэй эҥин курдук эр бэртэрэ, фашист адьырҕаны урусхаллааһыҥҥа кыттыбакка хаалаары гынныбыт диэн ыксаан, инньэ Күһүүр курдук сиртэн Ньурбаҕа диэри тоҥуу хаар устун сүүһүнэн көһү хайыһарынан айаннаан киирэн, бэбиэскэ туруорсан ыллахтара… Даа, Миитэрэй көлүөнэтэ оннук көлүөнэ этэ, билиҥҥи дьоҥҥо холоонноох буолуохтара дуо?! Һы-һы, букатын да били Лермонтов поэматыгар баар кырдьаҕас саллаат курдук тыллаһан бардым дуу?..
Да, были люди в наше время,
Не то, что нынешняя племя…
Оонньуута суох, арай Даайа кинини талбыт буоллун – оччоҕо барыта хайдах эргийбит буолуо этэй?
Даайа… Даайа… Даайа…
Кинилэр үһүөн биир түбэ оҕолоро этилэр. Бары оскуолаҕа бииргэ киирэн, бииргэ үөрэммиттэрэ. Уонна оннук тутуспутунан бүтэрбиттэрэ. Оччотооҕуга сэттэ кылаастаах үөрэх этэ. Хойутаан оскуолаҕа киирэр буолан, сэттэ кылааһы да сиппит-хоппут дьон бүтэрэллэрэ. Онон ол кэмҥэ Даайалара көрбүт эрэ уол сүрэҕин нүөлүтэ сэлибирэтэр кийиит кыыс бэрдэ буола силигилээбитэ. Субу көтөн хаалыахтыы тырыбыныыр уп-уһун кыламаннаах, эбиитин эдэр саас тэбэнэттээх кыымынан ыһыахтана оонньуур хап-хара хараҕа, отон уутунан сотон кэбиспит курдук кып-кыһыл обуйук уостара, такымынан охсуллар толбоннурар суһуоҕа, мөтөгөркөөн түөстэрэ, быһа тутан кэбиспиттии быакагаркаан уонна имигэстэй бииллэрэ – барыта чочуонай этэ. Оттон күлүүтэ, алыптаах музыка буолан кутуллар лыҥкынас күлүүтэ!
Холкуос-нэһилиэк дьоно бары кинини сүрдээхтик сөбүлүүллэрэ. Бэл, Мыттыкы оҕонньор: «Даайа кыыс, кырынаас курдук кылыбырыйан, кулуһун курдук дьулугураан аастаҕына, миигинньик бөөхүллэ нохтолоох сүрэҕэ көбөн, толугуруу мөхсөн ханна баарын биллэрээхтиир буоллаҕа!» – дии-дии сүрэҕин туттан, дьону-сэргэни күллэрэн мытталлара.
Даайаны хоһуйаары, нэһилиэк уон биэһиттэн отутугар диэри саастаах сулумах уолаттара түөрэ бары хоһоон суруйуутунан ыалдьа сылдьыбыттара. Миитэрэй да онтон хаалсыбатаҕа. Ол кэмҥэ кини бастакы уонна бүтэһик хоһоонун суруйбута. Оннооҕор билигин, түлүк түүн да ойутан туруордахтарына, ол хоһоонун биирдэ да кэлэҕэйдээбэккэ биир тыынынан ааҕан биэрээ ини, таптал тууспаан кутаатыгар куустара сылдьан долгуйа тиспит тыллара ол курдук кытаанахтык өйүгэр-санаатыгар хатанан сылдьаллар. Тиспит да буолан, ити тыллар бэйэлэрэ бэйэлэриттэн төрөөн тахсыбыттара эбитэ дуу?..
Миитэрэй ытыһынан сирэйин саба туттан баран, бастаан сибигинэйэ былаан, онтон устунан тэтимиртэр тэтимирдэн, улаханнык иэйэн-куойан, хоһоон ааҕан барбытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла быһыылаах.
Сууллар сулус
Сиргэ тиийбит
Сүдү дьоллоох кыырпахтарын
Сүрэхпинэн чочуйаммын,
Сарпа уоттаах симэхтэри
Суоһалдьыйар эн суһуоххар
Сэрэнэммин кыбыттарбын,
Соһуйбучча, баҕар, ууруоҥ?
Хадаар санаам
Хаһыырбалыыр
Хаспахтарын арыйаммын,
Хостоохтообут уот тылларбын
Хоруоҥкалыы тиһэн баран,
Хоһоон гынан ууннарбын,
Хоойгор умсар улуу дьоллоох
Холооннооххор холуоҥ этэ?..
Баҕа санаам
Балкылдьыйа
Барылаахтыыр байҕалыгар
Балааччытык-баламаттык
Баарыстана устаахтааммын,
Булуом диибин хаһан эмэ
Биир кыыс оҕо сүрэхчээнин
Булгу сүүйэр кистэлэҥи…
Суох, Даайа сүрэҕин сүүйэр кистэлэҥи кини булбатаҕа… Даайа сүрэҕин сүүйэр кистэлэҥи Ньукуус булбута…
Оттон кини, бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэр Соппуруон Алаастыырапка эппитинии, Дьокуускай педрабфагыгар, дойдутуттан тэйэн, Даайаны умнаары үөрэнэ киирбэтэҕэ (манна диэн эттэххэ, Соппуруон кини сэһэргээбитин «От үрэххэ» диэн кэпсээни суруйарыгар туһаммыта, ол кинигэтин анабыл суруктаан бэлэхтээбитэ билигин Миитэрэй сыттыгын анныгар сытар ээ).
Даайа сүрэҕэ Ньукууһу талбыта. Ньукууһу ордорбута.
Кырдьык, Ньукуус дьүһүннээх үчүгэйэ, майгылаах мааныта этэ. Онно эбии ырыата, үҥкүүтэ сыттаҕа дии. төбөтүн иҥнэччи соҕус кэннигэр быраҕан олорон, хормуоскатын араастык эрийэн-мускуйан бардаҕына, хантан да кэлбиттэрэ биллибэт алыптаах дорҕооннор эйээрэ кутулла түһэллэрэ… Ама, оннукка хайа кыыс оҕо сүрэҕэ битиргэччи тэппэт буолуоҕай?!
Аны кэлэн, букатын кыларыйан турар кырдьыгынан билинэр буоллахха, рабфакка киирэригэр санаатын түгэҕэр, бэрт ыраах да буоллар, ханнык эрэ эрэл кыымнара кылахачыһаллара. Баҕардар, үөрэхтэнэн, оччотооҕуга этэллэринии, хамыһаар буолан дойдубар кэллэхпинэ, Даайа миигин атын хараҕынан көрүө диэн. Ол да иһин туохха да аралдьыйбакка үөрэммитэ. Ол да иһин бииргэ үөрэммит кыргыттарын ортотугар «Дмитриан манаах» аатырдаҕа. Ол «манаах» түөһүгэр төһөлөөх улахан таптал кутаата күлүбүрүү күүдэпчилэнэрин бииргэ үөрэммит кыргыттара барахсаттар хантан билиэхтэрэ этэй?! Оттон уопсайга биир хоско олорбут уолаттара тулуурдаахтар да эбит. Боруобаҕа, кулгааҕар куба саахтаабыт киһитэ хас күн ахсын музыкалаатаҕа аатыран, мандолина муҥнааҕы тардырҕатарын истэн көр эрэ.
Миитэрэй биллэ-биллибэттик мичик гынан баран, баһын быһа илгистэн ылла.
Оччотооҕуга ону өйдүүр кэлиэ баар дуо?! Хомсомуол хотойо хоппотоҕо суох этэ ээт… Кырдьык, мандолинаны барбах тыаһатарын тыаһатар буолбута. Ол гынан баран, ол, сирэйинэн эттэххэ, чахчы тыаһатыы эрэ этэ, иэйэ-куойа уонна, саамай сүрүнэ, атыттар тыгыалас тымырдарын таарыйан дьиҥнээхтик оонньооһун сыта да суоҕа.
Айдарыы диэн, хор, оннук кытаанах. Киһиэхэ барытыгар биир тэҥник бэриллибэт. Төһө да ардыгар бэрт хотуулаахтык биир киһи сатыырын атын сатаабата суох диэтэрбит, дьиҥ чахчытыгар киһи сатыырын киһи сатаабата, дьэ, эмиэ баар буолар. Ону хомнуо хойут сииккэ сиэллэххинэ, хаарга хаамтаххына биирдэ долоҕойдоторуҥ баар – кыһыыта.
Оттон Ньукуус, төһө да эргиччи дэгиттэр дьоҕурдааҕын иһин, үөрэххэ барбатаҕа уонна, кырдьыгынан эттэххэ, оччотооҕу кэм ирдэбилинэн киирэр кыаҕа да суох этэ.
Ону Миитэрэй, оскуоланы бүтэрэр кэрэ-бэлиэ, бу кэлэн санаатахха – эмиэ да үөрүүлээх, эмиэ да хомолтолоох саастарыгар биирдэ кэлэн, соһуйа билбитин бу баар курдук өйдүүр.
Кинилэр үс биэрэстэ курдук тэйиччи сытар алаастан сылдьан үөрэнэр этилэр. Ол үс биэрэстэлэрин Даайаларын суумкатын олбус-солбус тутан, күө-дьаа ону-маны ыаһахтаһан букатын да билбэккэ хаалаллара. Биирдэ эмиэ ол курдук эрийэ-буруйа дьиэлээн испиттэрэ. Сандааран-чаҕылыйан сааскы күн ааттааҕа этэ, онно эбии Миитэрэй история уруогар «тороскуустары кыайан-хотон» (һы, киһи билигин сонньуйа да саныыр) «туйгун» сыананы ылбыт буолан, көтүөн кыната эрэ суоҕа.
– Дьокуускай төһө эрэ улахан буолла? Оскуоланы бүтэрдим да, булгу үөрэххэ барабын. Бары бииргэ барар инибит, – Кэрэх Ыйаабыт тумулун быһан иһэн, сып-сылаас сыстаҥнас хаары ытыһан ылан, мөчөкө оҥороот, бэрт дьиктитик сараадыйбыт лабаалардаах хаһааҥҥыта эрэ чаҕылҕаҥҥа быһа дапсыйтарбыт баараҕай тиити быраҕан кууһуннарбыта. – Һа-һаа! Баар! Ворошиловский стрелок! Өссө биир тороскуус морбойдо!
Онтон дьоно саҥарбаттарыттан дьиибэргээн, хайыһа биэрбитэ:
– Хайа, тоҕо ньим бардыгыт?! – Ньукууһу хатыйан түһэрбитэ. – Э-һээ! Ийэҕин эмсэхтии сылдьыаххын баҕараҕы-ын! Эн эмиэ тороскуус быһыылааххын… – диэн иһэн, Ньукуус хараҕын көрө биэрээт, харан хаалбыта.
Ол харахтар туох санаанан сыдьаайбыттарын Миитэрэй бу билигин да кыайан быһааран этэр кыаҕа суох. Арай далга да баппат далай акаарытык быһыыламмытын тута сэрэйбитэ.
Ньукуус ойон туран, хаарын да тэбэммэккэ, аттыларынан Лэгэнтэй оҕонньор сыарҕалаах атынан сиэллэрэн иһэрин сырсан тиийэн ыстанан кэбиспитэ уонна эргиллэ биэрээт, быраһаайдаһан, бокуойа суох далбаатыы олорбута.
Оттон мин тугу да улаханнык өйдөөбөккөбүн, оннук даллайбытынан суол ортотугар туран хаалбытым. Ньукуус оннук далбаатаабытынан суол тоҕойугар киирэн сүппүтүгэр, дьэ, биирдэ өйдөнөн, сири умса көрбүтүнэн баран иһэр Даайаны сырсан таҥкычахтаммытым.
– Ити-ити… Тоҕо ээ?! – аҕылаабыт омуммар бопторон ылбытым.
Даайа миигин атаҕым тумсуттан үөһээҥҥэ диэри олус бэркиһээбит хараҕынан көрөн таһаарбыта:
– Ньукуус таайа Хотоороп туһунан букатын истибэтэх муҥуҥ эбитэ дуу?! – уонна суумкатын эһи тардан ылаат, сүр эрчимнээхтик иннин диэки хаама турбута.
Мин буоллаҕына, эмиэ даллайбытынан туран хаалбытым. Даайа уонча атылы оҥороот, миэхэ хайыспыта уонна:
– Миитээ, ити муҥураах тиити бырахпат буолаар. Ити кэрэх мас ээ, – диэбитэ.
Итини кини сибигинэйэ былаан эппитэ гынан баран, мин тоҕо эрэ олус чуолкайдык истибитим. Арааһа, уоһа хамсыырынан көрөн, сүрэхпинэн сэрэйбитим эбитэ дуу, хайдаҕа дуу. Дьэ, билбэтим.
Оттон Хотоороп туһунан ол да сахха хайдах тугу да билбэт буолуохпунуй, билэн бөҕө буоллаҕа дии. Дьонум дьиэ иһинээҕини-таһынааҕыны ибир-сибир кэпсэтэллэрин кулгаахтаах аата хайаан истибэт буолуомуй?!
Хойутаанаптар удьуор олохторо – дэриэбинэттэн үс көстөөх сиргэ сытар Бакамда сыһыытын хотугулуу-арҕаа өттүгэр баар кыра хоннох оҕото. Ситинтэн өрүс диэки барыыга балтараа-икки биэрэстэ кэриҥнээх сиргэ Арыылаах диэн алаас сытар. Ол – Хотоороптор олохторо.
О проекте
О подписке