Ньукуус таайа Хотоороп Дьөгүөр бэйэтин кэмигэр улахан үөрэхтээх киһи дэһэллэрэ. Өссө Бүтүн Сойуус ыстаарыһата диэн бочуоттаах ааттаммыт Михаил Калинин кыыһын дуу, аймаҕын дуу билсэ сылдьыбыт үһү диэн кэпсэтэр буолаллара. Сөҕүү-махтайыы кытаанаҕа этэ. Лев Троцкай кинини хайҕаан, санныттан таптайбыта үһү диэн эмиэ сири-буору аннынан сэһэргэһэр этилэр. Саха АССР наркомугар тиийэ үлэлии сылдьыбыт киһи. Онтон эмискэ «тороскуус», «норуот өстөөҕө» аатыран хааллыбытын туһунан дьулаан сурах тарҕаабыта. Итинтэн сылтаан, чугастааҕы дьон Хотоороп аймахха сыһыаннара, мин оччотооҕу оҕотук харахпынан көрүүбэр, соччо уларыйбатаҕа быһыылааҕа. Ол да иһин буолуо, мин история уруогар кэпсэтэр «тороскуустарбар» Хотоороптору отой да дьүөрэлии санаабат этим.
Эгэ кэлэн, «тороскуус» аймаҕа, «норуот өстөөҕүн сыдьаана» сэбиэскэй үөрэх кыһатыгар киирэрэ элбэх уустуктардааҕын, ону ааһан, төрүт да сатамматын хантан сэрэйиэмий?! Оҕо бөчөөх буоллаҕым ээт…
Итини барытын дьиэбэр тиийэн, ийэбиттэн мөҕүллэ-мөҕүллэ, убайбыттан ыйыталаһан балайда удумаҕалаппытым. Оттон рабфакка үөрэнэр сылларбар дьэҥкэтик өйдөөбүтүм. Ол кэннэ Күн Ыстаалын «сын за отца не ответчик» диэн этиитэ дьиҥ олоххо кэлэн, букатын тиэрэ эргийэн тахсыбыт түбэлтэлэрин Миитэрэй бэйэтин уу хараҕынан көрдө ини, көрбөтө ини. Дьон да, олох да араас буолар эбит этэ…
Ол барыта кини долоҕойугар бэрт хойут тиийбитэ.
Сарсыныгар Ньукууска сыыһа тахсыбыт диэбитигэр, киһитэ сапсыйан эрэ кэбиспитэ. Ити итинник хаалбыта…
Оттон кинилиин Дьокуускайга учуутал рабфагар үөрэммит, пединститут икки мэндиэмэннээх мас уопсайын хоһугар бииргэ олоро сылдьыбыт, кэлин улахан суруйааччы буолбут Соппуруон Алаастыырап бэйэтин кэпсээнигэр Ньукууһу Тулааһынап диэн араспаанньалаабыта эмиэ дьикти ээ. Тулааһынап, Тулааһын… Ол аата, ким эбэтэр туох эрэ тулааһына, тирэҕэ диэн өйдүөххэ сөпкө дылы. Дьиҥэр, Ньукуустаах Мандаараптар диэн этилэр буоллаҕа дии. Оттон Миитэрэй тоҕо эрэ Тытыгынаайап буолан хаалбыт этэ. Тоҕо? Бу кэлэн өйдөөтөххө, соччо үчүгэйэ суохтук иһиллэр араспаанньа быһыылаах. Тытыгынайбыт буолан… Ону Алаастыырап тыыннааҕар өйдөөн ыйыппакка хаалбыт эбит. Соппуруон обургу туох эрэ түгэх санаалааҕа чуолкай. Миитэрэй ол сахха итиннэ суолта биэрэн, соччо толкуйдуу сатаабатах да буолуохтаах. «Кэпсээн суруйарбар эн түбэлтэҕин туһанабын дуо?» – диэбитигэр улаханнык утарса сатаабатаҕа. Хайыы үйэ кэпсээн бүтэн баран, тугу чымаарыстаныа да этэй, дьиҥэ баара?! Оо, онно Алаастыырапка сүүрбэччэ сыл сүгэһэр оҥостон, быһа ааллара сылдьыбытын тоҕу тэбээн баран, чэпчээбитиэн эриэхсит?! Таҥараны итэҕэйээччилэр олохторугар исповедь хайдахтаах курдук дириҥ суолталааҕын онно кэлэн дьэҥкэтик өйдөөбүтэ.
Соппуруон кэпсээнигэр, биллэн турар, эбии-сабыы элбэх. Уус-уран суруйуу буоллаҕа… Холобур, Миитэрэй ол бэстилиэтин элбэрээгин төлү тардыбыт кырыыстаах түгэнин туһунан кимҥэ да, хаһан да кэпсиир санаата суоҕа. Эгэ кэлэн, ону Ньургуҥҥа ханнааҥҥы санаатынан этиэ этэй?! Туох диэн?!
Ол да буоллар, Миитэрэй кэнники кэмҥэ тоҕо эрэ ити кэпсээни хос-хос ылан ааҕар мээтик буолан хаалла. Сырыы аайы саҥаттан ааҕар курдук, сырыы аайы сүрэҕэ саҥаттан хааннааҕынан ытыыр… Кэпсээҥҥэ буоллаҕына, ардах түһэр да түһэр… Оттон Соппуруон өҥүрүк куйаас сатыылаан турар кэмигэр сылдьыбыта… Миитэрэй ону илэ-чахчы өйдүүр. Ымпыгар-чымпыгар тиийэ.
Алаастыырап тыа сиригэр от-үүт үлэтин сырдатар матырыйаал хомуйа тахсыбыт буолан, сири-дойдуну кэрийэн, кини отуулана сытар ходуһатыгар киэһэлик биирдэ тиийэн кэлбитэ. «Бөрөнү эрэ буолбатах, суруксуту эмиэ атаҕа аһатар», – дии-дии, барбах будьурхайдыҥы курдук баттаҕын өрүтэ анньына-анньына, харахтара чаҕылыһан, мылаллан турара букатын бу баар. Кырдьыга да, билбэк-кэ-көрбөккө тугу суруйуоҥуй?!
Аараттан холкуос бэрэссэдээтэлин көмүскэһэн, дэлби өрүкүнүйэн кэлбит этэ. Инструктор уол: «Райком быгыһыҥҥы быһаарыытынан сиилэстиир күөх маассаҕа анаан кукуруза ыһыллыахтаах бааһынатыгар бурдугу ыстарбыккын!» – диэн сэрииттэн мас атахтаах кэлбит Маппыайабы тыыннаахтыы тутан сиэх курдук үһү. Бэрэссэдээтэл: «Бастыҥ бааһынабыт, баһаам бурдук үүнүө, оттон кукуруза үүнэрэ саарбах», – диир эбит. Соппуруон: «Киин бэчээттэн көрдөххө, билигин үс-түөрт сыллааҕыта курдук кукурузаны булгуччу ыһарга сорудах суох, бастаан агротехниканы быһаарыы наадатын туһунан боппуруоһу ордук күүскэ көтөҕөллөр», – диэн арыычча алы гыммыт.
Эр бэрдэ кэһиитин биир иһит «Москуобускайы» күлтэйбит араҕас тирии бартыбыалыттан кылбатан таһаарбыта. Оччону көрөн туран, мин аатырар Кэбээйи соботуттан итэҕэһэ суох эмис уонна бөдөҥ собону үөлэн лэһигирэтэ да, мииннээн бидилитэ да охсубутум. Сирбитин-уоппутун алҕаан-аһатан баран, арыгыны үс ылтаһын куруускаҕа фроннааҕы үгэспинэн киллиргэччи кутаттаабыппын киһим дьиктиргии көрбүтэ. Киллиргэччи куппуппун буолбатах, үс гына үллэрбиппин.
– Тому парню, – диэбитим.
– Сөп-сөп, билэбин уонна өйдүүбүн!
– Суох-суох, эн билбэккин да, өйдөөбөккүн да… Бу Ньукуус киэнэ… – Соппуруон олус өйдүүрдүү туттубутуттан кыһыйан, мин хадьардаһан ылбыппын бэйэм да өйдөөбөккө хаалбытым.
– Ханнык Ньукуус?
– Кэлин кэпсиэҕим… баҕар… Чэ, көрсүһүүнэн!
Биир тыынынан хантас гыннаран кэбиспитим. Соппуруон барбах омурдубута:
– Мин итинник кыайбаппын.
– Баалаабаппын. Итинник иһэр туһуттан номоххо
киирбит наркомовскай нөҥүө ааһыахха наада…
(Кырдьыга да баара, арыгыны иһии биһиги дойду дьонугар ордук сэрии кэнниттэн сытайан турбута. Ол иннинэ да дьон син төрөөн-өлөн олордоҕо эрээри, билиҥҥи курдук буолбат этэ. Оччоҕо итириксит диэн да суох буолара…)
Салгыы күө-дьаа бииргэ үөрэммит кэммитин, оҕолорбутун ахтан барбыппыт. Киһи хаһан да баары, бүгүҥҥүнү ситэ-хото сыаналаабат үгэстээх ээ, ааспытын кэннэ санаатахха – барыта кэрэтийэн, күндүтүйэн көстөр. Ол – киһи уйулҕатын биир уратыта буоллаҕа. Онон, биһиги даҕаны, этэргэ дылы, үөспүт тэстэн, тимэхпит сөллөн, уруккуну-хойуккуну кэпсэппиппит. Салгыы дойдубут олоҕун, ыытыллар политика да тула санаабытын ирэ-хоро тэбэспиппит. Тэбэспиппит да буолан, үксүн мин куолулаабытым. Оттон Соппуруон ордук үөлүллүбүт собону сиэн лыбыгыратарыттан ордубатаҕа. Ахтыбыта оччо этэ. Уопсайынан, киһи төрөөбүт аһын күндүргэтэр да буоллаҕа. Ордук сааһыран, этэргэ дылы, кэннэ уһаан, иннэ кылгаан иһэн. Бэл, Саха сириттэн бастакы генерал Притузов уонна суруйааччы Ньукулай Якутскай соҕуруу охтор ыарыыларыгар сытан, дойдуларыттан уулаах отону өлбөт мэҥэ уутун курдук санаан үлэспиттэрэ диэн буолар. Оттон атын хайаларыгар эрэ – бадаҕа, улахан учуонай быһыылааҕа – кыайан дойдутуттан ыыттарбакка, ханнык эрэ атын сир отонунан солбуйбуттар, ону амсайан көрөн баран: «Суох, бу Саха сирин отоно буолаахтыа дуо?!» – диэн баран, төттөрү анньан кэбиспитэ үһү. Дьэ, ону кини хантан биллэ?! Отон эрэ барыта биир буолуон сөп курдук буолбатах дуо?.. Оннук буолбат эбит, киһи ханнык эрэ битинэн «бу дойдум киэнэ» диэн син биир араарар. Төрөөбүт дойду сыта-сымара, амтана киһи этигэр-хааныгар оннук дириҥник иҥэн сылдьар эбит ээ…
Онтон отууга киирэн, эмиэ ону-маны баллыгыраһа сытан, Соппуруон эмискэ баҕайы ыйыппыта:
– Миитэрэй, эн миигин соччо эрэммэккин дуу, быһыыта?..
Итини мин улаханнык сүөргүлүү да, сүөлүргүү да истибитим. Төһөтүн да иһин устудьуоннуур сылларбытыгар мииммитин балайда иһистэхпит дии. Билигин сүрдээн-кэптээн кэпсэнэр политическай репрессия сылларыгар. Оччолорго сэбиэскэй дьон, тутуллубакка-хааллыбакка да сылдьан, бэйэ-бэйэлэрин хобулаан мөлүйүөнүнэн донуоһу – үҥсүүнү, тыллабыры диэххэ сатала суох – суруйбуттара диэн билигин аһаҕастык суруйаллар уонна кэпсииллэр. Аны кэлэн, чыҥха атын кэмҥэ олорон эргитэ санаатахха, хайдахтаах нэгэй быһыыный?! Киһи өссө «хоту ыаллар» тимир кыпсыырдарыгар түбэспиттэр тустарынан этэ да барбат. Ол эрэйдээхтэргэ түһээтэхтээҕи да суоллары суруйтарбыттара чуолкай. Оттон атыттар?!
Дьолго, пединститут уопсайыгар кинилиин бииргэ олорбуттар ортолоругар оннук дьаабы быһыы тахсыбатаҕа. Онон Соппуруон инньэ дииригэр ханнык да төрүөт баар буолуон сатаммат курдуга.
– Куорат мааны киһитэ хайыаҥый?! Тыа учууталын атаҕастаан эрдэҕиҥ, – диэн хаадьыга кубулутуохпун санаабытым да, киһим кырдьык-хордьук ыйыппыт буолан биэрбитэ.
– Суох-суох, Миитэрэй. Мин чахчы инньэ дии санаатым.
– Бай, ол тоҕо?!
– Ньукуус туһунан кэпсиэххин баҕарбаккын дии…
Соппуруон обургу, көр, итинник олуйан турар. Сөп ээ, хайа булчут кыыл субу үктээн ааспыт буруолуу сылдьар суолун таба тайанан баран, сонордоспот буолуой?! Суруйааччыҥ да араас мыыдараһы-албаһы туттан сойуолаһар кыыла диэн ураты түбэлтэ, сонун тиэмэ буоллаҕа эбээт.
Оччо олуйтаран баран, хайыахпыный, кэпсиирбэр тиийбитим. Ол гынан баран, Соппуруон суруйбутун курдук отууга буолбакка, кутаа таһыгар олорон. Иһирдьэ сытан кэпсиэхпин, санаабар, ким эрэ отуу кэтэҕиттэн иһиллииргэ дылыта.
Тахсан, хайыы үйэ умуллубут кутаа күлүн бурҕаҥната булкуйан, аҕыйах барбах кылахачыйар кыымнары буламмын үрэн сирилэппитим. Итиирдик балайда бадьыыстаспытым да, Соппуруон бэрт тулуурдаахтык кэтэспитэ. Дьүрү биир да тылы саҥарбатаҕа. Арай, отууга киирэн, ырбаахытын иилинэн тахсыбыта. Бастакы омунугар, истэ охсоору, маайканан эрэ кылбаҥнаан тахсыбыт этэ. Төһө да сайын буоллар, түүн аата түүн, син дьагдьайдаҕа буолуо.
Кутаабын соруктаах аҕайдык сөхсүйэн баран, чөҥөчөк үрдүгэр быһыы килиэбинэн саба ууруллан турар ылтаһын хомуллубуттаах куруусканы ылбытым:
– Хайа, Ньукуус, испэтэххин дуу?! Сөп ээ, бэл, наркомовскайы испэт этиҥ. Чэ, оччоҕо манан мин онуоха-маныаха диэри бэйэм санаабын-онообун сайҕаан көрүүм, – иһит көп аҥаарынан сылдьар буокканы, эргитэ түһээт, таҥнары куттубутум. – Баалаабат инигин, куорат «энтэлигиэнэ» киһи?!
Соппуруон син биир «мыык» да диэбэтэҕэ. Мин, булгунан кэбиһээри, сылтах көрдүүрбүн сэрэйдэҕэ.
Оттон мин килиэппин сытырҕаан ылаат, харахпын быһа симэн, чочумча олорболуу түспүтүм. Куолайбын хатыылааҕынан хайы салаан киирбит арыгы уота сыыйа эппин-хааммын сылытан, биир гына тарҕаабыта. Хайдах эрэ бэйэбин эмиэ уоттаах-кырыктаах атаакаҕа киирэн иһэр курдук санаан аһарбытым уонна кэпсээн барбытым…
Хайдах баарынан… кырдьыгынан эттэххэ, хайдах өйдүүрбүнэн…
Суох, аһаҕастык кэмсинэрин кэмсиммэтэҕим. Хомуньуустуу өйдөөх-санаалаах этибит буоллаҕа…
Оттон билигин Миитэрэй хомуньуустуу өйө-санаата суох дуо?.. Билиэтэ баҕас баарын баар, туттарбатаҕа… Ол гынан баран, совхоз партийнай кэмитиэтэ ыһыллыаҕыттан усунуос да төлүү илик уонна бүтэһик быыбар иннинэ ыҥырбыт мунньахтарыгар да эмиэ барбатаҕа. Онон Миитэрэй хомуньуус дуу, хомуньуус буолбатах дуу диэн боппуруоһу айбыт бэйэтэ билэр. Билигин кини киирбит Сэбиэскэй Сойуус Коммунистическай партията суох, ыспыттара. Ону киниттэн ыйыппатахтара…
Уонна өлө-тиллэ көмүскээбит модун Сэбиэскэй Сойууһа да, сахсайбыт мас уһааттан тимир уобуруччутун сулбу охсубуттуу, киһи сымыйаргыах, көрүөх бэтэрээ өттүгэр ыһыллан-үрэллэн хаалла…
Уулаах, үөл уһааттан уобуруччутын си-дьүгээр ылбаккын, кыаллыбат даҕаны…
Оччотугар сэбиэскэй дойду кураанах, иччитэ суох, көҥдөй көхсө эрэ турбут буолан тахсар дуо?!
Миитэрэй илиитин иминэн харбыалаһан, эрдэ бэлэмнээн уурбут чэйдээх чааскытын ылан, өрүһүспүттүү иһэн киллиргэтэн иһэн киэр аста.
Бу хаһан сүтэр кырааска амтанай?! Сарсын Дьулуһу соруһан, муус киллэртэрдэҕинэ сатаныыһы. Сайын Даайа хантан эрэ булан аҕалан, буочукаларын соппут кырааската, дьэ, кыаҕын ылаары гынна. Аҕынньата төллөөрү ыксатар. Кыыһа бэйэтэ амтаны билбэт. Түөһэйэн талымастыыр дии саныыр быһыылаах. Мэлдьи сотон-сотон кэлбит кырааскам диэхтиир да, дьэ, билбэтим. Итэҕэтээри, кырааска бааҥкатын кытта киллэрэн көрдөрөр этэ да, суруга-ойуута биирин иһин хаачыстыбата чыҥха атын дойду ээ, быһыыта… Тас киэп уонна ис хоһоон мэлдьи бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэһэллэр диэн буолбат ээ бу орто дойду очурдаах-чочурдаах олоҕор…
Ып-ыраас кылыгырыы сүүрэ турар дьүүктэ уутун испит киһи баар ини… Ып-ыраас…
О проекте
О подписке