Читать книгу «Олох оҕо оонньуута буолбатах» онлайн полностью📖 — Татьяны Находкиной — MyBook.
cover

– Чэ, наар дьону буруйдаан саҥарыма. Тапталы киһи булбат, таптал бэйэтэ булар дииллэр, онон сүрэххит быһаарыа буоллаҕа. Эһиги Мариналыын олох олорорго олус ыксааҥҥыт бэйэҕитин, дьону даҕаны олус эрэйдээтигит. Хата, тур, чэйдиэххэ. Кэпсэттэххэ, кырдьык көстөөччү, тугу эмэ ыйдаҥардыахпыт, – Айыына түннүк таһыгар олоппос ылан олорор.

Нарыйа дьүөгэтигэр хардарбакка, улаҕа диэки хайыһан, оронугар түүрүллүөҕүнэн түүрүллэн, утуйардыы оҥоһунна. Төһө да сөбүлээбэтэх курдук тутуннар, дьиэтигэр Айыына баарыттан бөҕөхтүк сананан, халтаһата ыараан, хараҕа сабыллан барда.

V

Бөһүөлэк тула кэккэлии үүммүт лагласпыт хатыҥнар, кэрии тииттэр араҕас солко таҥастарын кэтэн наҥнаспыттар. Күһүҥҥү сөрүүн тыал кинилэри оргууй бигиирдии хамсатар. Төһө да ардахтаах силбик күннэр турдаллар, көмүс дуйунан оонньоон, айылҕа саамай үтүө кэмэ үүммүт.

Нарыйа бадарааны тумнан, балачча уһуннук хааман, дьиэтигэр кэллэ. Дермантин бүрүөһүннээх аанын аста, төрөппүттэрэ төгүрүк остуолларыгар утарыта олорон чэйдии олороллор эбит.

– Хайа, тоойуом, бүгүн хайаан эрдэлээн кэллиҥ? Командировкаҕа ыыппатылар дуо? – ийэтэ кыыһа эрдэ кэлбититтэн үөрэн, мичээрдии көрүстэ.

– Суох, массыынабыт алдьанан кыайан барбатыбыт. Оҥоһулуннаҕына эбиэттэн киэһэ барарбыт буолуо, – Нарыйа кэпсиирин быыһыгар остуолга олордо. Оҕо эрдэҕиттэн сөбүлүүр сайыны санатар дьэдьэн ойуулаах кыракый тэриэлкэтигэр өрөһөлүү кутуллубут соркуойдаммыт эти ийэтэ уунан биэрбитин иннигэр уурунна.

– Ханна туох наадаҕа бардыгыт? – итии аһы аһаан толору сирэйэ эбии кытарбыт аҕата Василий Семенович ыйытар.

– Түүлээххэ тиийэ хаһыаппытын сырдата, сурутууну тэрийэ барыахтаахпыт эрээри, оччо ыраах тиийбэппит быһыылаах. Саатар Танданан, Тиит-Арыынан сылдьыбыт киһи.

– Хойутаабыккыт, – аҕата түөһүллэн туран кухоннай үрдүгэр сытар улуустааҕы «Мүрү саһарҕата» хаһыаты ылан хоһугар ааста.

– Ийээ, Айыына эрийэ сылдьыбата дуо? – кыыс ийэтин диэки ыйытардыы көрдө.

– Суох, ким да эрийбэтэ. Григорийыҥ кэлбэтэ дии, – Дария Иннокентьевна кыыһын сирэйин-хараҕын мыҥыыр.

– Кэлбэтин даҕаны. Ким да кинини кэтэспэт, – Нарыйа сирэйэ тыйыһыра түһэр.

– Антах биир сыл олорбуккун буолбат дуо? Уонна хайдах итинник саҥараҕын? Кэллэҕинэ да кэлэр буоллаҕа. Кэлбит киһини бука эн да буоллар үүрбэтиҥ буолуо, – ийэтэ сэмэлиирдии көрөр.

– Чэ, ийээ, бүттүбүт. Кэргэн тахсар санаа суох.

– Нарыйа, массыынаҥ кэллэ быһыылаах. Массыына тохтуур тыаһа иһилиннэ, – аҕатын сөҥ саҥата саалаттан иһиллибитигэр кыыс, остуолуттан ойон туран кириэһилэҕэ бырахпыт тирии сонун, суумкатын харбаат, таһырдьа ыстанна.

– Дьэ, итинник. Киһини кытта сүгүн кэпсэппэт. Сөбүлээбэт эрээри тугу гынаары бииргэ олорбутай? Төлөпүөнүнэн кэпсэппэт. Биир сыл олорбут да, саатар ыарахан буолбатах. Сааһа ыраатта, – Дария ботугуруурун быыһыгар иһитин хомуйа сырытта.

Нарыйа, УАЗ кэнники олбоҕор олороот, аргыстарын кытта күө-дьаа кэпсэппэккэ, массыына иҥнэл-таҥнал түһэригэр бигэнэн, утуйардыы оҥостон быар куустан тиэрэ түһэн олордо. Ийэтэ быйыл сайыны быһа Григорийынан иирдэ. От үлэтин саҕана, ийэлэрэ эрэ баарыгар кэлэн барбыт этэ. «Сүрдээх үчүгэй, номоҕон баҕайы уол. Саһарчы көрөн сахаҕа кырасыабай киһи. Үөрэҕэ суоҕа туох буолуой? Кылаабынайа, киһи быһыытынан үчүгэй буоллаҕына сөп. Бииргэ кыстаан баран, тоҕо сураҕа-садьыга суох сүтэҕин? Күһүн билсэ кэлиэх буолбута», – диэн кэпсээннээх тоһуйбута. Аҕата: «Хата, күһүн сыа сииһикпит», – диэбитэ. Күүтэллэр быһыылаах. Туох да буолбатаҕын курдук, киһи кыһыйыах, эрийэр буоллаҕа үһү. Түбэстэҕинэ, ийэтэ кэпсэтэр быһыылаах. Ийэтэ эрэйдээх билбэт, дьиҥ сирэйин билэрэ буоллар, атыннык саҥарыа этэ. Ону өҥнөммүт киһи курдук, барытын хайдах кэпсии сылдьыаҕай? Төрөппүттэрэ билбэттэр. Убайдара «табыллыбатаҕын» сэрэйэллэр быһыылаах. «Боруобалаан кэлэн көрдүн эрэ», – дэһэн эрэллэрэ. Мин дьоммор кэпсээбэтэхпин билэн наһаалаан эрэр. Ол эрээри кэлиэ суоҕа, кини да буоллар иһигэр дьаарханан эрдэҕэ. Нарыйа барытын ыраас илиистэн саҕалаан, күһүҥҥүттэн учууталлыырын тохтотон, улуус хаһыатыгар корреспонденынан киирбитин кэмсиммэт. Үлэлииргэ интэриэһинэй. Учууталлыырын сирбэт этэ да, хайдах эрэ оскуолаҕа киириэн баҕарбатаҕа, эбиитин улуус киинигэр миэстэ суоҕа. Тыаҕа барыан эмиэ тардыммыта.

Айыыналаах Сергей Николаевич уруккуларын курдук оскуолаларыгар үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Онтон Марина быйыл бэйэтин нэһилиэгин оскуолатыгар үлэлии хаалбыт. Айыына этэринэн, оскуолатааҕы табаарыһынаан бэртиилэр эрээри, Сергей Николаевич ыҥырара эбитэ буоллар үөрүүнэн төннүөм этэ диир үһү. «Таптаабат киһини хайыахпыный, күүспүнэн таптаппат буоллаҕым. Мин да тапталым туһугар охсуһа сатаатым да, кыайбатым», – диэбит. Кырдьыга да, оннук быһыылаах. «Тапталы киһи булбат, таптал бэйэтэ булар» диэн өс хоһоонугар этэллэрэ оруннаах быһыылаах. Кини оскуолаҕа, университекка биир да уоллуун доҕордоспотоҕо. Үөрэҕин бүтэрэр сылыгар «кэргэн тахсыбатым, доҕордоһор уолум да суох, кырдьа барбыт кыыс дьылҕатын хатылыыр буоллум» диэн санааҕа кэлбитэ. Кыргыттара: «Дэриэбинэҕэ тиийээт да, нэһилиэк олоҕор актыыбынайдык кыттан, сытыыгын-хотуугун киллэрэн сырыт. Билиҥҥиҥ курдук уолаттары сирэ-тала сылдьыма. Бастакы сылбытыгар хайаан да бары кэргэн тахсыахтаахпыт», – диэн сорук туруоран өрүкүнэспиттэрэ. Ол түмүгэ – киһи сирэйин-хараҕын таба көрбөт кыбыстыытыгар киирдэ. «Киһи моонньугар иилистэ сылдьан баран төттөрү эргийдэҕинэ, сиргидэҕи сир сирэйдиэм, аатын-суолун ыытыам. Миэхэ сылы быһа эриллэҥнээн сылдьыбытын киһи барыта билиэҕэ. Онон ханна да куоттарыам суоҕа», – диэн Григорий улууска тыл бөҕөнү тарҕаппыт. Олус да куһаҕан киһини кытта сибээстэспит эбит. «Хайаан да тиийэн эн дьаабыламмыккын дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдиэҕим. Убайдаргынан куттаама. Бастаан эринэн иирбит боростотуукка балтыларын көрдүннэр», – диэн тыллаах. Билии-сайдыы сыстыбатах киһитэ буолара тылыттан-өһүттэн да көстөр. Соторутааҕыта эрийэн: «Сергей Николаевиһыҥ икки эдэр учуутал кыргыттары кытта эрийсэ сылдьар. Мариналаах эһиги умнуллубуккут ыраатта. Онон күтүөттүү тиийдэхпинэ араас буолбаккын», – диэн сааммыта. Дьиҥинэн, Сергей Николаевич кинини да, Маринаны да кытта сибээһи тутуспат. Үлэтинэн эрэ үлүһүйэ сырыттаҕа. Биирдэ эмэ кинини саныыра буолуо дуо? Саныыра буоллар, саатар биирдэ эмэ Айыынаттан ыйыталаһыа эбэтэр төлөпүөннүө этэ. Григорий саҕа эрийиэ суоҕа этэ дуо?

Эмискэ массыыналара нэксиэлээх суолга иҥнэл-таҥнал барбытыгар пассажирдар үөһэ-аллара түһэн ыллылар. Нарыйа санаатын ситимэ быстан хаалла. Тыыллаҥнаамахтаан, бэл, дьааһыйан ылла.

– Хайа, Нарыйа, туох санаатыгар-оноотугар киирэн тылгыттан маттыҥ? Биһигини кытта кэпсэтимээри утуйбута буолан ыллыҥ дуу? – кыыстан икки хас сыл аҕа солбуйар редактордара иннигэр олорон хараҕын араастаан чыпчылыҥната-чыпчылыҥната ыйытта.

– Бүт эрэ. Николай эмиэ үөҥҥэ тилиннэ, – Нарыйа эрэдээктэрин көхсүгэ охсон «тап» гыннарда.

– Нарыйа, эйигиттэн биири ыйытыахпын баҕарбытым ыраатта эрээри, тоҕоостоох түгэн түбэспэккэ ыйыппакка сылдьыбытым, – биир идэлээҕэ, корреспондент Сэмэн күлэн мүчүҥнүү-мүчүҥнүү ыйытар.

– Сэмэн, тугу ыйытаары гынаргын сэрэйэбин.

– Атын улуус уолугар кэргэн тахсан эрэр, өссө уол кэлэ сылдьыбыт үһү диэбиттэрэ.

– Баҕар, тахсыллыа даҕаны, онно туох баарый? Ол аайы 16–17-лээх кыыс буолбатахпын. Эһиги ыйытаргытын кэтэһэ сырыттахпына, сотору кырдьан сорсуйар инибин.

– Оо, кэм биһиги буоллахпыт, сыарҕабыт бытаарбыт, – уолаттар хаадьылаһан күлсэн ылаллар.

Бөһүөлэккэ киирэн, суол икки өттүн саҥа өҥөҥнөһөн эрдэхтэринэ, массыыналара эмискэ хорус гына тохтообутугар иннилэрин диэки күүскэ баҕайы дьүккүс гынан, эдэр дьон эбии күлсэн күйгүөрэн ыллылар.

– Оҕолоор, түһүҥ. Хонтуораҕа кэллибит. Хаһыаккытын үчүгэйдик аҕытаассыйалааҥ. Элбэх киһи суруйтардаҕына, хаһыаппыт тирааһа үрдүө этэ, – суоппардара Кирилэ мөтөллөн олорон күлэн күһүгүрэттэ.

VI

Быйыл ардахтаах күһүн буолла. Сир-дойду барыта уунан туолан турар. Улахан техникалар хаһан кэбиһэннэр, суол олох суох. Сарсын улуус киинигэр оскуола хамаандата күһүҥҥү спартакиадаҕа күрэхтэһэ барыахтаах этэ да, оптуобустарын суоппара кыккыраччы аккаастанан кэбистэ. «Дэриэбинэттэн да кыайан тахсыахпыт суоҕа», – диир. Эбиитин оскуолаларын тыраахтардара алдьанан турар. Саппаас чаас суох. Сергей Николаевич оҕолорун сатыы илдьэр санаалаах этэ да, көдьүүстээх күрэхтэһии тахсыа суоҕа диэн куттанар, саатар бэҕэһээ, биир күн эрдэлээн барбыттара буоллар, сынньалаҥ күннээх буолуо этилэр. Онтон билигин айаннаатахтарына, сарсын буолар чааһыгар тиийэр кыахтаахтар. Хайыах баҕайыный? Сергей Николаевич тырахтарыыс уолаттарга барыларыгар тиийэ сырытта, үксүлэрэ алдьаммыттар, сорохторо окко сылдьаллар. Дириэктэрэ Иван Семенович: «Оскуола тыраахтара барбат буоллаҕына, эрэйдэнимэҥ, тохтуургутугар тиийэҕит», – диэн илиитин эрэ нэлэҥнэтэн кэбистэ. Онтон уолаттара барыахтарын баҕарбыттара сүрдээх, бэлисипиэтинэн барарга быһаарынан бары тимир көлөлөрүн тэбэ сылдьаллар.

Сергей Николаевич кэлин тиһэҕэр биирдиилээн көрүҥнэргэ күрэхтэһэргэ уонча оҕону илдьэ барар санаалаах оскуола диэки баран иһэн, иннигэр сэттис кылааска үөрэнэр Миитээ сүүрэн тилигирэйэн иһэрин көрөн тохтоото.

– Сергей Николаевич, сибилигин Афанасьев Кириисэ «Беларуһунан» улуус киинигэр соҕотоҕун барар үһү.

Аҕам эттэ. Таһаҕастаргытын барытын биэриҥ диир. Ситэри бырысыаптанан оҕолору илдьэ бар диирин сөбүлэспэтэх. Ыксыыр аҕай үһү, били учуутал кыыһы кэргэн ыла барар, онон убайа тыраахтарын улуус киинигэр диэри эрэнэн биэрбит. Онтон Горнайдыыр дииллэр, – Миитээ омуннаахтык кэпсиирин быыһыгар сирэйигэр көлөһүн бычыгыраабытын ботуой илиитинэн туора-маары соттуммахтыыр.

Сергей Николаевич Григорий Горнай улууһугар барарын истэн сүрэҕэ күүскэ тэбэн, эт-этэ тыҥаан күүрэн кэлбитин уолга биллэримээри илиитин сутуруктуу тутан соһуччу истибит сонунун аһарынна, сыыйа уоскуйан курус санааҕа куустарда. «Ол аата Нарыйа сөбүлэһэр буолан барар буоллаҕа… Эрдэттэн да сөбүлэһэннэр булустахтара. Чэ, ол миэхэ туох буолуой, холбостуннар да хайаатыннар» диэн санаатар да, сирэйэ-хараҕа биллэр гына уларыйда быһыылаах, тоҕо эрэ уола саҥатыттан матан, соһуйбуттуу оҥоччу көрөн турарын бэлиэтии көрдө. Санаатын киэр кыйдаан үөрэ-дьүөрэ үктээн, спортзал диэки бардылар.

– Григорий таһаҕаспытыттан олох ылыа суоҕа, онон бара туруоҕуҥ. Суолга ситтэҕинэ ылыаҕа. Улахан уолаттарга эт, сибилигин суолга тахсыбытынан барыҥ. Мин оскуолаҕа киирэ сылдьыам, эһигини ситиэҕим, – учуутала уолу ыксатардыы, иннин диэки үтүрүйдэ.

– Сөп, биһиги бары бэлэммит ээ. Сергей Николаевич, оттон эн бэлисипиэтиҥ? – Миитээ ыйытардыы көрөн турда.

– Баар-баар. Миитээ, аҕаҕар илдьиттэ тириэрт эрэ. Кириисэни хайдах эмэ гынан кыра бырысыаптаан ыыта сатаатыннар, таһаҕаспытын кытта кыра кыргыттары олордуохпут.

– Мин аҕабын улаханнык истибэт киһи буолуо гынан баран этэн көрүөм, – уол, улахан киһи курдук муннун анныгар киҥинэйээт, ууну-хаары тумнубакка, чалбаҕы ортотунан сүүрэ турда.

Истибит сонуна төһө да ыараханын иһин, санааргыы олоруо дуо, сүүрэн-көтөн, күннээҕи олох кыһарҕаныгар санаатын дьайҕардан кэллэҕинэ-бардаҕына, Нарыйа сыыйа умнуллуо буоллаҕа. Күн-дьыл барытын эмтиир дииллэр. Дьиҥинэн, күн бэҕэһээҥҥэ диэри хайдах эрэ Нарыйа киниэхэ чугас курдук киччим санаалааҕа. Онтуката баара кыыс эмиэ куоппут. Кириисэ ииппит оҕууруттан дойдутугар да баран төлөрүйбэтэх. Ити барыта Сергей быһаарынымтыата суоҕуттан таҕыста. Эмиэ кураанаҕы кууста, эбиитин кинини ис сүрэҕиттэн чахчы бэриниилээхтик таптыыр Маринаны тэйиппитэ. Ийэтэ үнүр: «Атын киһи ойоҕо буола сылдьыбыт дьахтарга иирэн үчүгэйтэн куһаҕаны да араарбат буолбуккун, харааччы булкуллубуккун, ол дьахтар тарбаҕын хамсатыа эрэ кэрэх, онно сүүрээри бэлэм олороҕун», – диэбитэ. «Сыыспат киһи суох, эдэр оҕо ол биирдэ сыыһа туттубутунан үйэ тухары кириэтиир табыллыбат. Аныгы олох сиэринэн аҕыйах ый сокуоннайа суох олорбуттара улахан алдьархай буолбатах, кылаабынайа, сүрэх – быраап», – диэн аҕата, уолун өйөөн, ийэлэригэр утары саҥарбыта. Бэл, табаарыс уолаттара аанньа ахтыбатахтыы тыллаһаллар: «Кириисэлиин олоро сылдьыбыт кыыс буолан… Умун, бу кыыс элбэҕэр, достоинствоҕын түһэрэҥҥин. Хата, Маринаҕын баран ылбытыҥ ордук буолуо, киниэхэ да ымсыырааччылар элбэхтэр дииллэр».

Уолаттар этэллэринэн, кини билиҥҥи түбэспит балаһыанньатыгар саамай сөптөөх быһаарыныы – Маринаны кэргэн ылан сыбаайба ньиргитии. Оттон Нарыйалыын ыал буоллахтарына, дьон сиилээһинигэр түбэһэллэр. Нарыйа ону өйдүүр буолан, билигин олох чугаһаппат. Ама да, Григорийы көрөөт сөбүлээбитин иһин, киһи хайдах итинник түргэнник олох билбэт уолунуун бииргэ олорорго ыксыан сөбүй? Ийэтэ этэринии, чэпчэки, сэбирдэх кыыс буолан тута киһилэннэҕэ. Уол ону барытын өйдүүр эрээри, сүрэҕэ билиниэн баҕарбат, дууһата кураанахсыйан, бэйэтэ тулаайахсыйан сылдьар.

Оҕолоро алаас ортотугар саҥа тиийбиттэрин көрбүтүнэн Сергей Николаевич сыыры таҥнары элээрдэн түстэ. Суол кытыытынан, ходуһанан айаннаатахтарына, син барыыһыктар эрээри, бытааннар эбит. Санааларыгар тыраахтары уонна учууталларын кэтэһэн эрдэхтэрэ.