Читать книгу «Олох оҕо оонньуута буолбатах» онлайн полностью📖 — Татьяны Находкиной — MyBook.
cover

Кыыһа оронуттан турар тыаһын истэн саҥата суох кэтэһэн олордо. Марина ытаан сирэйэ-хараҕа салбаҕырбыт, ыһыллыбыт кылгас баттаҕын көннөрөн өрүтэ аспахтыыр, остуол аттыгар турар олоппоско ыараханнык олордо. Айыына дьүөгэтин диэки ыйытардыы көрөн олордо.

– Сергей секциялаахпын диэн спортзалтан тахса да соруммата. «Барыахха» диэн этэн баран учительскайга кэтээн олордум. Оҕолор сэрэйдилэр быһыылаах. Хаһааҥҥа диэри олоруохпунуй, үс чаастан учууталлар да кэлитэлээн бардылар, – Марина титирэстээбит куолаһынан кэпсиир. – Бары мин сирэйбин-харахпын көрөллөр. Кинилэргэ сип гыммыты ситиигэ тиһэр, сап гыммыты сапка тиһэр дэриэбинэ сонуна буоллаҕа. Көрөр харах, истэр кулгаах, этэр тыл оҥостон эрдэхтэрэ.

– Бииргэ үлэлиир дьоҥҥун тоҕо итинник куһаҕаннык саныыгыный? Сергейдиин биир тылы булбатаххытыгар ким да буруйа суох. Нарыйаны даҕаны сыыһа буруйдуугун, – Айыына, иһигэр төһө да дьүөгэтин аһыннар, кытаанахтык саҥарарга быһаарынна. Бу түбэлтэҕэ аһыммыта буола оонньоотоҕуна, кыргыттарын эриирдээх-бутуурдаах боппуруостарын эбии күүркэтэн, дириҥэтиэн эрэ сөбүн чуолкай өйдөөтө. Күннээҕи кыһалҕа эрэ курдук сыһыаннастаҕына табыллыыһы.

– Нарыйа атаҕастаммыт-баттаммыт буолан барда дуу? Хоойго сытар холоонноох доҕордоох эрээри, тоҕо сокуоннайынан холбоспотуй? Сөбүлээн хоонньосто ини, – Марина хараҕын уутун сотторун быыһыгар бииргэ үлэлиир үөлээннээҕин быһа-хото саҥарарын тохтоппото.

– Чэ, бэйэҕит быһаарсыҥ. Мин дьон тус олоҕор орооһуо суохпун дии санаатым. Нарыйа билигин кыыһыран, хомолтотун этэн барда. Этэр эттэҕинэ эмиэ да сөп курдук. Оскуолаҕа үһүөн сылынан быысаһан кэлбиппит. Дьиҥинэн, үлэҕэ, үөрэххэ, олоххо, кэлин тиһэҕэр тапталга, бэйэ-бэйэбитигэр тирэх буолуохтаах этибит. Онтон биһиги көмөлөсүһүөхтээҕэр утарыта турдубут. Бөһүөлэккэ наар биһиги кэпсээммит буолла. Дьон киэһээҥҥи аһылыктарыгар кэһэ сылдьар кэпсээннэрэ, соһо сылдьар сонуннара буоллубут. Бары «хайдах буолаллар» диэбиттии, сирэйбитин-харахпытын кэтииллэр, – Айыына кыыһыран-абаран саҥарарын быыһыгар дьүөгэтин эмиэ да аһыммыттыы көрөр.

– Онон туох диэри гынаҕын? Бары миэхэ хараххытын аалбыт буоллаххытына, мин барыам, күн сарсын дириэктэргэ сайабылыанньа суруйуом. Сергейи итинник көтүмэх буолуо дии санаабатаҕым буруйум үһү дуо?

Эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ оҥордо, – дии-дии, кыыс тохтоло суох сүүрэр хараҕын уутун соттор.

– Ытаама, хайаҕыт да буруйа суох. Тапталтан киһи харалҕан буолар дииллэрэ кырдьык быһыылаах. Дьылҕа хаан бэйэтэ билэн эрдэҕэ. «Холбоһуоххун» диэн былырыын этэ сатаан кэбиспиппин истибэтэҕин. Киинэҕэ көстөр, кинигэҕэ суруллар тапталтан дьиҥнээх олох таптала олох атын, уустуктардаах буоллаҕа, – саҥарарын быыһыгар Айыына дьүөгэтин санныттан кууспутугар Марина ыга сыстан, саҥа таһаарбакка ытаан киирэн барда.

III

Саас. Кырыыһаттан таммахтар түһэн, оскуола кирилиэһэ уунан халыйбыт. Киэһэ дьыбар түстэр эрэ, сүрдээх халтараан буолар. Оскуолаттан киирэр-тахсар үлэһиттэр үөрэнээччилэрдиин бары кирилиэс өйөнөрүттэн тутуһан, сэрэнэн үктэнэллэр. Арай уол аймах, тирэхтээх дьон быһыытынан, эрэллээхтик дабайаллар.

Спортзалтан итииргээн баттахтара буруолуу сылдьар уолаттар футболканан эрэ ойуоккалаһан тахсан, кирилиэс өйөнөрүгэр кэккэлэһэ олордулар.

– Уолаттар, сарсын улуустааҕы баскетбол күрэхтэһиитигэр төһө элбэх хамаанда кэлиэй? – барыларыттан уҥуоҕунан кыра, киэҥ хара харахтаах уол сүрдээх синньигэс куолаһынан ыйытар.

– Ээ, Гоша, ситэри Сыырдаахтар кэлиэхтэрэ дуо диэн ыйытыаххын. Сибээс тахсар дии, эрийиэххин, – уолаттартан уҥуоҕунан улаханнара, саһарчы көрбүт сырдык хааннаах Ивашка хаадьылаан күлэрин быыһыгар уол саннын таптайан ылар.

– Ээ чэ, киһини эрэ күлүү гын, бэйэҥ да Бороҕоҥҥо киирээри иннигин-кэннигин билбэт буола долгуйа сылдьар инигин, – кырата да хаалсыбат.

Уолаттар күлсэн ньиргиһэллэр.

– Уолаттаар, тохтооҥ эрэ, мин арыый эрдэ төрөөбүтүм буоллар диэн кэмсинэ саныыбын. Ити эдэр учуутал кыргыттары төһө эрэ эккирэтиһэр этим, ордук Марина Николаевнаны, – хараҕын өрө көрбүт, тура сылдьар кытаанах баттахтаах, чиргэл, тустуук көрүҥнээх уол, төһө эрэ үчүгэйи эттим диэбиттии, уолаттарын хардары-таары көрөр.

– Оттон мин Нарыйаны эрийэ тутуом этэ, ити пиибэһит Григорийтан баҕас ордук инибин, – Афанасий түөһүн мөтөтөн баран быччыҥын таһааран уолаттарын иннигэр хаамыталыыр.

– Хайаларыттан да Айыыналара ордук. Боччумнаах. Онтон Мариналаах Нарыйа кэлээт да эр дьон кэннилэриттэн ырбаахыларын тэллэҕэ тэлээрэн олороро дии. Мин итинник чэпчэки характердаах кыргыттары олох сөбүлээбэппин, – Ивашка лоп бааччытык саҥаран кэпсэтиини түмүктүүр. – Киириэҕиҥ. Аны Сергей Николаевич истэн моһуорабытын көннөрүөҕэ. Саҥарбыттааҕар саҥарбатах оҥоруоҕа.

Ыраас, киэҥ-куоҥ спортзалга уолаттар ыстаҥалаһан киирээт, оонньуу сылдьар оҕолорго холбоһон, мээчик былдьаһан, сааланы уһаты-туора сүүрбүтүнэн бардылар.

– Оҕолоор, бүттүбүт, уон чаас буолла.

Учууталларын кытаанах саҥатын истээт, кыыстыын-уоллуун ким раздевалкаҕа, ким кылааска бөлөҕүнэн бардылар. Аҕыйах мүнүүтэнэн оскуола кураанахтанан, чуумпуран хаалла.

Оскуола харабыла Мэхээлэ иккис этээһи кэрийэн кэлэрин күүтэ таарыйа Сергей Николаевич батареяҕа көхсүнэн сыстан күүтэн турда. Мэхээлэ тыаһа суохтук чэпчэкитик дэгэйэ үктэнэн үөһээ этээстэн аллара түһэрэ иһилиннэ.

– Хайа, Сергей, күүтэн тураҕын дуо, чэ, уоту умуруоран аргыстаһан барыахха. Чэйдээн баран уон икки чааска кэлиэҕим, – Мэхээлэ рубильнигы саба баттаата.

– Оҕонньор, таһыттан көрөн баран бука барарыҥ буолуо ээ, – Сергей Николаевич күлэр.

– Суох-суох… 12 чаастан 1 чааска диэри баҕас достойно кэрийэн көрөбүн. Онтон халлаан сырдыар диэри иккитэ хаста таһынан сылдьааччыбын. Ол эрээри биирдэ эмэ. Аны дириэктэргэ киһини этээйэххиний, – Мэхээлэ күлэн лиһигирэтэр. – Сэргэй, эйигиттэн биири ыйытыахпын баҕарбытым ыраатта. Маринаҕын ылаҕын дуу, суох дуу? Үчүгэйкээн баҕайы кыыс. Итинник кэрэ кыыс миигин таптыыра буоллар, төһө эрэ дьоллонор этим. Оттон эн икки кырасаабысса куолары тала оонньуугун, абыраммыт киһигин.

– Бүт эрэ, хата, чэйдээт, оскуолаҕар кэлэн хоноргун толкуйдаа, – Сергей табаарыһын көхсүн «лап» гына охсор.

Мэхээлэ – оскуоланы бииргэ үөрэнэн бүтэрбит уола. Атаҕа көнтөс буолан, оҕо эрдэҕиттэн дьаадьаҥнаан хаамар. Кыра сылдьан остуолтан сууллубут үһү, онно атаҕын тоһуппутун олохтоох балыыһа биэлсэрэ сатаан туппакка оннук оспут. Онтон кэлин саҥалыы хаста да туттаран көрбүттэрэ табыллыбатах, кыайан токуруйбат, көнтөс гына оһон хаалбыт. Онон Мэхээлэ оҕо эрдэҕиттэн саастыылаахтарыттан итэҕэстээх курдук сананан оскуола кэнниттэн үөрэххэ барбатах, эгэ, аармыйаҕа сулууспалыа дуо? Кэргэн ылар туһунан хаһан да санаабат. Соҕотоҕун хааларга эйэлэспитэ ыраатта. Оскуоланы бүтэриэҕиттэн харабылынан үлэлиир. «Хоноргор куттанаҕын дуо?» – диэтэхтэринэ, «Туохтан куттаныахпыный, дьиэм чугас буолан үксүн киирэ-тахса сылдьабын», – диэн тыллаах эрээри, кэлэригэр-барарыгар төрөппүттэриттэн хайаларын эмэ эбэтэр табаарыс уолаттарын батыһыннарарын киһи барыта билэр. Ол иһин оскуоланы сабарын Сергей кэтэһээччи. Дьарыгын кэнниттэн барыларын кэтэһэн, оскуоланы хатаһан барааччы. Онон харабыллар киниэхэ бэртэр.

Сергей сырдык от күөҕэ өҥнөөх профлииһинэн саайыллыбыт, хараҥа кыһыл металлочерепица кырыыһалаах улахан дьиэ олбуорун аанын аһан үрдүк кирилиэһи өрө сүүрэн дэгэйэн дьиэтигэр киирдэ. Киирээт саалаҕа тас таҥаһын уһулан дьыбааҥҥа быраҕаттаат, куукунаҕа ааста. Оһоххо турар миискэни аһан көрөн, астынан, чыпчырынан ылла.

– Хайа, спортзалгар хоммокко, син кэллиҥ дуо? – дии-дии, ийэтэ Мария Павловна аргыый кэлэн остуолга иһитин тардыбытынан барда. – Киһи эрэ буолларгын аччыктаатыҥ дуо?

– Аччыктаан, ийээ. Мин ийэм кэтилиэтэ улаханын, минньигэһин.

– Кэргэннээҕиҥ буоллар миигиннээҕэр минньигэстик астаан аһатыа, көрүө-истиэ этэ. Маринаҕын дьиэҕэр аҕалыаххын, бэс ыйын саҥатыгар сыбаайбалаан ньиргитиэ этибит. Аҕаҥ биһикки кырыйдыбыт, биһиги саастыылаахтар сиэннэрэ ыраатта, – ийэтэ бэйэтин баҕа санаатын кэпсиирин быыһыгар уолун аһынан хатаҕалыы олордо.

– Ийээ, бүт. Кырдьыгынан эттэххэ, Маринаны былырыын сөбүлүүр курдугум, таптыыбын да дии саныырым. Оттон быйыл хайдах эрэ тэйбит курдукпун. Бэйэм да билбэппин, – Сергей хортуоппуйдаах кэтилиэти хабыалыырын быыһыгар ийэтин диэки көрөн ылар.

– Сибэккиттэн сибэккигэ үрүмэччи курдук тэлээрэҕин да, кэлин тиһэҕэр кураанаҕы кууһан хаалаайаххыный? Ол Афанасьевтар уоллара Григорий ойоҕор бэһирдиҥ дуо? Дьон саҥатыгар киирэр буоллуҥ быһыылаах, – ийэ уолун сонньуйа одуулуур.

– Ийээ, эйиэхэ хаста эттим. Маринаны сөбүлээбэт эрээри хайдах кэргэн ылыахпыный? Онтон кырдьыгынан эттэххэ, Нарыйаны эрдэ көрсүбэтэхпиттэн хомойобун. Оччоҕо, баҕар, сыбаайбалаан ньиргитиэ этибит, – уол ийэтин санныттан сымнаҕастык кууһан иэдэһиттэн сыллаан ылар. – Чэ, мин утуйа бардым. Сарсын сэттэ чааска туран уолаттарбыныын сүүрэ барыахтаахпын.

– Хаһааҥҥа диэри кыра оҕо курдук олоххо оттомо суох сыһыаннаһаҕыный? Олох оҕо оонньуута буолбатах. Эн да сааһыҥ ыраатта, сүүрбэ алтаҕар бардыҥ. Кырдьан баран кылыыһыт буолан эдэр кыргыттартан сириллэ сылдьаайаххыный? Оччоҕуна өйдүөҥ дьон олоҕунан онньообуккун, – Мария Павловна тимир-тамыр курдук туттан, иһитин сайылыыр.

– Бу, ийэбит, бүт эрэ. Мин орулуур отут сааспар кэргэн ылбытым да, улаханнык итэҕэстийбэккэ турабын, – аҕалара Николай Сергеевич хоһуттан ааҕа сылдьар хаһыатын туппутунан тахсан кэлэр.

– Ээ, бу оҕонньор ороһу уолун көмүскэһэ таҕыста. Хата, бэрт киһи билигин да сиһин этэ ситэ, буутун этэ буһа илик кыра оҕо диэ… – ийэлэрэ тэҥҥэ кырдьыбытын эйэргии көрүстэ.

Сергей Николаевич, төрөппүттэрэ хаадьылаһа кэпсэтэллэрин истэн турбахтаат, хоһугар киирэн, аанын ыга сабынна. Хайыы-үйэ утуйардыы оҥоһуллубут оронун сонньуйа көрдө. Күн ахсын итинник. «Бэйэм да ороммун хомуйбат үһүбүн дуо?» – диирин үрдүнэн аҕата барахсан күн сирин көрдөрбүт соҕотох отуччалаах оҕотун оронун сарсыардатын хомуйан, киэһэтин утуйарга бэлэмнээн кэбиһэр. Солото суоҕар тэптэрэн таҥаһын-сабын онно-манна быраҕаттаатаҕына, ким-хайа иннинэ миэстэтин булларбыт буолар.

IV

Нарыйа бүгүн, оскуолатыттан кэлээт, тоҕус сорунан, ийэ-хара көлөһүнэ түһэн туран инчэҕэй маһы хайытта, оһоҕун отунна. Оһоҕо эбиитин умайбакка сордоото. Саҥа умайан сыыгыныах курдук буолан иһэн, умуллан хаалан кыһытар буоллаҕа үһү. Билиитэҕэ уурбут чаанньыга оргуйан бидилийэрин кытта, итии чэй куттан иһэргэ сананан остуолга саҥа олорон эрдэҕинэ, аана тэлэччи аһылынна, дьиэҕэ тымныы салгын кутулунна. Нарыйа ким кэлэн турарын сүрэҕинэн сэрэйэн, олоппоһугар тоһоҕоломмут курдук олордо. Ааны хатаабатаҕын кэмсинэ санаата. Сэрэйбитин курдук, хара тирии кууркатын нэлэркэйдэнэн, маҥан хаймыылаах хара спортивнай бэргэһэтин төбөтүн оройугар уурунан, хара эрэһиинэ саппыкытынан бадарааны үлтү тэпсибитин уһулбакка Григорий дьиэ ортотугар биирдэ баар буолла.

– Хайа, тапталлааҕым, соҕотоҕун сорсуйан олороҕун дуу? Сураҕа, Сергей Николаевичтыын тыанан-толоонунан таптаһан ырааппыт үһүгүт дуу? Ол үөрэҕэ, үлэтэ суох, арыгыһыт боростуой ыал уолларыгар ойох буола сылдьыбыт дьахтарга ымсыырар эбиттэр дуу? Сокуоннай ойох буолбатах буолаҥҥын эр киһиттэн эр киһиэхэ үрүмэччи курдук көтө сырыттаҕыҥ. Дьэ, көрүөхпүт, төһө өр тэлээрэргин. Итинник дьахтары «сэлээрчэх» диэн ааттыыллар. Сэлээрчэх… – Григорий Нарыйаҕа ынан кэлэн, итии чэйдээх ыстакааны харбаан ылаат, сибилигин сирэйигэр ыһыах курдук туттан байааттаҥныы турда.

Кыыс кутталыттан сүрэҕэ тиҥиргэччи тэптэ, сирэйэ итий гынна.

– Тохтоо эрэ, ханнык быраапкынан миигин үөҕэҕиний? Эн киһилии испэккэ-аһаабакка сылдьыбытыҥ буоллар, мин эйигин кытта холбоһон, ыал буолаары олоробун буолбатах дуо? Эн бэйэҥ хара маҥнайгыттан сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо курдук олорбутуҥ. Мин төһөлөөх этэ сатаабыппыный? – Нарыйа төһө да куттаннар, утарсарга сананан, хотоойутук тутунна.

– Мин оннук акаары буолбатахпын, эн бэйэҕэр тэҥнээбэккин дууһабынан тута билбитим. Төрөппүттэрим туһунан истэн баран сирэйиҥ мырдыс гыммытын көрбөтөх үһүбүн дуо? – Григорий ыстакаанын туппутунан ыган истэ. – Сибилигин маа бэйэлээх маҥан сирэйгэр итии ууну ыһан, ким да көрбөт оҥоруом.

– Ыс, онтон… Эр киһи элээмэтэ буоллаххына, мөлтөххө илиигин көтөҕөн бэйэҥ саатыаҥ, – Нарыйа чаҕыйа да санаатар, Григорийы үтүрүйэн, куотардыы оҥостон аан диэки баран истэҕинэ, уол ыстакааннаах чэйин истиэнэҕэ үлтү быраҕаат, кыыһы баттаҕыттан харбаан ылан, муостаҕа умса садьыйда…

Сергей Николаевич эрчийэр уолаттарыныын уулуссанан сүүрэр-хаамар икки ардынан бэдьэйэн иһэн, учууталлар уопсайдарыгар дьахтар хаһыытын истэн чугурус гыннылар. Сергей Николаевич өйүгэр «Нарыйа хаһыытыыр!» диэн санаа чаҕылҕанныы элэс гынна. Учууталлар уопсайдарын олбуоругар биирдэ баар буолла. Дьиэ аанын тэлэйэ тарпытыгар ынырык хартыына көһүннэ. Григорий туох да көмүскэлэ суох муостаҕа сытар дьахтары тэбиэлии турарын көрөөт, хайдах да буолуон билбэтэ, кыбдьырына түһээт, эр киһини эргилиннэри тардан, маҕыйа түһэн баран түҥнэри охсубутугар киһитэ муостаҕа тиэрэ таһылынна. Саҥа үнүөхтээн туран эрэр Нарыйаны Сергей илиититтэн харбаан туруору тарта. Аан таһыгар көрөн турар үөрэнээччилэриттэн кыбыстыбакка, нэһиилэ байааттаҥныы турар кыыһы көхсүттэн өйүү тутан таһырдьа тахсарыгар көмөлөстө.

– Массыынабын түргэнник манна аҕал! – диэн биир уолу соруйда.

– Сөп, – диэн уһун хатыҥыр уол сүүрэн акыҥнаабытыгар кэнниттэн икки табаарыс уолаттара тэҥҥэ сырыстылар.

– Сергей Николевич, ыыт, мин бэйэм барыам.

Эр киһи кыыстан тэйэ хаамта. Нарыйа кэлииккэҕэ өйөнөн сукуллан турда. «Бу сааты-сууту, акаары, кэһэй. Тугу кэлээт, дьону-сэргэни кытта билсибэккэ, эргэ тахсарга тиэтэйбиккиний? Билигин хайа сирэйбинэн оскуолаҕа барабын. Оскуолаҕа үөрэнээччилэрим, учууталлар туох диэн саныахтарай? Бэрт түргэнник мантан барыахха… Бу үлүгэр саакка киирэн баран, үөрэх дьылын түмүктүөм этэ диэн, биир ый туһуттан олоруом дуо?» Нарыйа төбөтүгэр онтон да атын иирчэх-баарчах санаалар элэҥнээн истилэр.

«Тойота-Виста» массыына учууталлар уопсай дьиэлэрин иннигэр хорус гынна. Сергей Николаевич үгүс кэпсэтиитэ суох, массыына кэлин аанын аһан, Нарыйаны олорто.

– Суох, мин ханнык да балыыһаҕа барбаппын, – Нарыйа утарса сатаата.

– Оччоҕуна ханна бараҕын? Кыргыттарга илдьэбин дуо?

Сергей Николаевич кэннин хайыһан, аһыммыттыы көрөн олорон ыйыппытыттан кыыс кыйахана санаата.

– Суох, ханна да барбаппын. Барытыгар бэйэм буруйдаахпын. Аанньа ахтыбакка, олоҕунан онньообуппар Григорий буруйа суох, итинтэн атыннык бэйэтин кыһыытын этэр кыаҕа суох буоллаҕа… Билигин ити киһи бардаҕына, таһаҕаспын хомунан, улуус киинигэр киириэм. Дириэктэргэ сайабылыанньабын хаалларыам, – Нарыйа уолга атаахтаабыт куолаһынан саҥарбытыттан бэйэтэ да соһуйа санаата. – Оскуола оҕолоро бары көрдүлэр. Билигин хас ыал ахсын киэһээҥҥи аһылык сокууската буоллаҕым.

– Күрүөйэх курдук хайдах мээнэ баран хаалыаххыный? Григорий охторон сытыаран тэбиэлээбитигэр эн кыырпах да саҕа буруйуҥ суох. Биһиги түбэспэтэхпит буоллар, туох буолара биллибэт. Кырбанан баран, хата, Григорий кырдьыгын таһаара олороҕун дуу?

– Көмүскэспэппин. Боруоста кинилиин өссө төгүл сибээстэһиэхпин баҕарбаппын. Хаһан эрэ быһаарсыахтаахпын сэрэйэр этим эрээри, илиитинэн киириэ диэн санаабатаҕым. Кырбаабатаҕа буоллар, биир ыйы тулуйуом этэ. Аны… тулуйар кыах суох. Бу дойдуга иккиһин эргиллэр санаам суох… – Нарыйа кистии-саба хараҕын уутун сотунна.

Кэлииккэ аанын тоҕо тэбэн, Григорий байааттаҥнаан тахсыбытыгар уолаттар үрүө-тараа сырсан хааллылар. Эр киһи массыынаны балачча көрөн турбахтаат, үөхсэ-үөхсэ иннин диэки суксугулдьуйа турда.

– Барар да буоллаххына үөрэххин түмүктээн баран киһилии бар. Билигин күрээн бардаххына, ааккын-суолгун түһэрэр күүркэтиилээх сурах үөрэх управлениетыгар тиийэ тарҕаныа. Мин эйигин улуус киинигэр массыынанан киллэрэн атаарбытым туһунан эбэ-эбэ өссө тугу кэпсииллэрэ биллибэт. Онон дьиэҕин хатаа эрэ, кыргыттаргар бүгүн хонон уоскуйа түс. Чэ, бардыбыт, сөп дуо?

Нарыйа, балачча саҥата суох олорбохтоон баран, сорунуулаахтык массыына аанын тутааҕын аллараа баттаата.

– Кыргыттарга барбаппын, дьиэбэр хаалабын.

– Соҕотоҕун хааларгыттан куттаммаккын дуо? – Сергей Николаевич кыыс сирэйин-хараҕын одууласта.

– Ааммын хатаныам буоллаҕа. Сергей Николаевич, эйигиттэн көрдөһөбүн, миигин көрсө сатаама. Уонна… аны кэлэн… күнү-дьылы төттөрү эргитэр кыах суох. Бу дойдуттан букатыннаахтык барыам, – кыыс туттуна сатаабытын үрдүнэн хараҕын уута иэдэһин устун тохтоло суох сүүрэр.

Уол кыыһы уоскутаары илиититтэн ылбытыгар, Нарыйа, Сергей илиитин күүскэ баҕайы садьыйаат, массыынаттан түргэн үлүгэрдик тахсан барда.

Дьиэтигэр киирээт, долгуйара бэрт буолан, аанын балачча уһуннук бодьуустаһан туран хатаата. Григорий атаҕастаан барбытынааҕар, Сергей Николаевич киниэхэ болҕомтотун уурбутуттан ордук долгуйбутун сүрэҕинэн сэрэйдэ. Үөрэҕин бүтэрээт сааһа ырааппытын курдук санаммыта. Кини уоппускаттан тоҕо хойутаан киирбитэй? Сергейи аан бастаан көрөөт «һык» гыммыта. «Марина дьоллоох да кыыс, үчүгэй да уоллаах» дии санаан ылбытын олох умнубат.

Ааны тоҥсуйан тобугуратар тыастан дьик гынна.

Балачча кумуйан олорбохтоон баран, ааҥҥа сэрэнэн чугаһаата.

– Нарыйа, ааҥҥын ас эрэ. Соҕотохпун, – Айыына саҥата иһилиннэ.

Кыыс аан күрүчүөгүн төлө тарпытыгар Айыына киирэн кэллэ. Долгуйбут көрүҥнээх, түөһэ эп-эппэҥнэс, иэдэһэ тэтэрбит, сонун да ситэри тимэхтэммэтэх.

– Нарыйа, Сергей Николаевичтан барытын иһиттим. Бүгүн эйиэхэ доҕор буолан манна хонуом. Уопсайынан да, сөбүлэһэр буоллаххына, үөрэх дьыла бүтүөр диэри бииргэ олоруох.

– Ким эйигиттэн көрдөспүтүн манна кэллиҥ? Аҕыйах хонуктааҕыта дэриэбинэттэн үүрэр этиҥ дии, – кыыс дьүөгэтин өтөрү-батары көрдө.

– Бырастыы гын. Олох акаарыбын ээ. Дьон олоҕор тоҕо орооспуппун бэйэм да билбэппин. Марина олус аймаммытыттан, ытаабытыттан-соҥообутуттан, ыал буолаары сылдьар дьон олоҕун аймаата диэн толкуйдаабыппыттан итинник акаарытык быһыыланным ини. Бэйэм да кэмсинэ саныыбын, – Айыына кулук-халык туттар, чэй сылытаары электрическэй билииккэни холбуур.

– Сергей Николаевич ыйыытынан миигин араҥаччылыы кэлбит буоллаххына, тахса тур. Дьон олоҕун алдьаппыт мин буолуом. Буруй эрэ Моттойоҕо диэбиккэ дылы.