Аргыылап оҕонньор, сону ыйыы-ыйыы, уолун батыһа көрдө. Куруҥ хардаҕастары хабан күөдьүйбүт көмүлүөк сырдыгар Валерийын киэбэ-таһаата ойуулана түспүтүн хайгыы одууласта. “Барахсан, дыраллан, саха оҕотугар үчүгэй уол. Ийэтэ биһикки соччо үрдүгэ суохпут да, икки намыһах киһиттэн өгдөс уҥуохтаах киһи син төрүүр эбит. Сахаҕа улахан киһи, – диэн астына санаата кини. – Уҥуоҕа көнөтүнэн да нууччалары кытта барсымахтаһара буолуо. Арыы саһыл хааннаах ньолбуһах маҥан сирэйэ, саһархайдыҥы ньаассын баттаҕа, сырдык соҕус кылдьыылаах хараҕа – ити барыта ийэтин киэнэ. Сирэйинэн эрэ ийэтин удьуордаабыт. Уоннааҕыта барыта миэнэ. Быһыыта-майгыта, тыла-өһө, өйө-санаата. Арыый атына диэн эдэр, имиллэ-хомулла илик буолан бардам, холуон эрэ…”
– Суондаа, аты сыгынньахтаан сарайга киллэрэн…
– Ээ, һуох-һуох, – Валерий аҕатын ситэ саҥардыбата. – Сити турар сиригэр хабыалата түһүөххэ эрэ наада… Мин күөс быстыҥынан бардахпына сатанар.
– Ээ-э?.. Сатаатар хоммоккун дуо?..
– Суох.
– Туох үлүгэр ыксалай, – оҕонньор утары этиппэт, дьаһайар быһыынан саҥарда. – Сарсыарда бар. Ол кэриэтин эрдэ тур.
– Ээ, суох-суох. Бар, Суонда, аппын хабыалат. Таарыччы кырыалаа, – Валерий, аҕатын дьаһалыгар кыһаллыбакка, Суонданы тиэтэттэ.
Аҕата уолун диэки сөбүлээбэтэхтии көрөн эрэ кэбистэ, тугу да саҥарбата.
Суонда таҕыста.
– Аммаҕа, Солобудаҕа, кыһыллар төһө элбэхтэрий?
– Икки сүүсчэкэлэр ини. Аахпатаҕым.
– Манна сылдьаллар дуу?
– Сылдьаллар.
– Итиэннэ миигин хонноро сатыыгын дуо? Арай сарсыарда дуу, түүн дуу тиийэн кэллиннэр?
– Бэйи, эн тоҕо манна кэллиҥ? Ханналаан иһэҕин? – Аргыылап оҕонньор хардарбакка хардары ыйытта.
– Бу дьонноруҥ истибэттэр ини? – Валерий хаҥас аҥаар диэки кыҥнах гынна.
– Ээ, утуйа сыталлар… – оҕонньор оһох диэки атыллаата. Кини тылын ылыннарбатаҕыттан, уола тук курдук эйэҕэстик кэпсээбэтиттэн кыыһыра быһыытыйан, тоҥуй соҕус куолаһынан көхсүнэн туран иккиһин ыйытта: – Ханна баран иһэҕин диибин дии?
– Ыраах.
– Ол ханна?
– Дьокуускайга.
– Ха… ханна даа? – оҕонньор эргиллэ түстэ.
– Дьокуускайдаан иһэбин диибин.
– Онно… кыһылларга дуо?
– Кыһылларга.
– Тугу-тугу дойҕохтуугун? Миигин, түөһэйбити, күлүү оҥостор дьүһүнүҥ дуу?
– Кырдьыгым, аҕаа, – аҕата соһуйбут сирэйин көрөн, уол куолаһа сымнаата.
– Онно… тоҕо бардыҥ?
– Куттаныма, аҕаа. Хомуньуус буола иликпин. Билиҥҥитэ бэринэр даҕаны санаам суох.
– Оччоҕо… тоҕо?
– Кыылы өлөрүөҕү баҕардахха, арҕаҕар киирэр баҕайы буолбат дуо?
– Ха… хайдах?
– Чэ ол уһун кэпсээн, аҕаа.
– Уһаатын! – Аргыылап талах олоппоһу ылан уот иннигэр олордо, уолугар атын олоппоһу халбарыччы аста. – Эн миигин кытта үһү-таамах курдук кэпсэтимэ. Төрөппүт аҕаҥ буолабын. Онто суох быһаас барыаххыттан сүтэн хааллыҥ, дьонноохпун диэн, дьон курдук, биирдэ эмэтэ илдьит да ыыппаккын. Аны туран, бачча өр сылдьан кэлэн баран, хайдах-туох олордугут диэн ыйыталаһа да соруммаккын. Тиэтэйэриҥ оччо дуу, кыһамматыҥ оннук үлүгэр дуу?
Валерий аҕатын чиҥ-чаҥ куолаһыттан кыыһырбытын өйдөөтө. Ол да буоллар олус холурдук кэпсэттим дуу диэн буруйдана санаммытын таһыгар биллэрбэтэ, олоппоско олорбокко, көмүлүөк хардаҕастарыгар күөх төлөн үҥкүүлүүрүн одуулаһа турда. Ити туран аҕатын дьэбир харахтарын уота тирэммититтэн көхсө кэдэйэн барарга дылы буолла. Уол онтукатыттан, баччааҥҥа диэри кыра оҕо курдук аҕатыгар сүрүн баттатарыттан, бэйэтэ да кыйахана быһыытыйда.
– Мин күүлэйдии, көрүлүү сылдьар үһүбүн дуо? Сорох баҕас сарсыҥҥы күн тыыннаах буоларын дуу, суоҕун дуу билбэт даҕаны. Эһиги буоллаҕына сылаас дьиэҕитигэр бүгэн олорон арааһы дойҕохтуугут.
Оҕонньор уола буруйданан илэ-сала түспэтэҕин, хардары өһүргэнэн саҥарбытын иһигэр сөбүлүү санаата: “Чэ сити, үүт-үкчү мин… Сынньылба сыраан буолбатах, хатан тимир киһи. Өҕүллэҥниэн кэриэтэ тостуо…” Кини кыыһырбыта арыый уҕараан, куолаһын сымнатан, эйэ дэмнээхтик эттэ:
– Ким да эйигин көрүлүү сылдьаҕын диэбэт. Билигин күнэ-дьыла оннук. Киһи хонон турдаҕына турдум диир кэмэ. Сурахтыын сүтэн хааларыҥ куттала үлүгэрэ бэрт ээ. Ол иһин этэбин.
– Төһө да сүттэрбин, эһиги хайдах олороргутун барытын истэ-билэ сылдьабын. Ол иһин да бу быһа тиийэн кэллэҕим дии.
– Чэ сөп. Ити хааллын. Тыыннаах көрүстүбүт – үчүгэй. Ол эрээри өйү-төйү булунан, итиини-буһууну тумнан сылдьыахха баара.
– Ол аата хайдах?
Оҕонньор уолун саҥатыгар дьиэк киллэрбэт дьэбир дорҕоону, ону ааһан өссө улаханнык өһүргэниэх чинчини иһиттэ. Син биир тылын ылыннарбатын билэн, кини бу кэпсэтиини уһатар-кэҥэтэр туһата суоҕун өйдөөтө.
– Хайдаҕын бэйэҥ быһаар. Улахаҥҥын, – оҕонньор иҥиэттэн кэбистэ, уолун өрө көрдө. – Тиэтэйэр буоллаххына ньимийэн турума. Тугу да истибэккэ, бүтэй хааһахха хааттарбыт курдукпут. Илин тугуй-ханныгый? Олор. Кэпсээ. Бэппэлээйэп кыньараал сэриитэ кэлэн иһэр дииллэр. Кырдьык дуо?
– Кырдьык, – Валерий олоппоһу ылан, көхсүнэн оһоххо олордо. – Бу күһүн Пепеляев этэрээтэ Охотскайга, Аяҥҥа кэлбитэ. Сэттэ сүүсчэкэ киһилээх. Бары, муҥха соботун курдук, ыллар саһааннаах талыы нуучча дьоно. Үксүлэрэ офицердар. Генерал үөһэ генерал, полковник үөһэ полковник. Сэрии бөҕөнү ааспыт, итиини-буһууну билбит дьон. Пепеляев манан кэлэн Дьокуускайы ылар, онтон Сибиири сэриилээн, Россияҕа ааһар былааннаах. Сэбиэскэйи утары санаалаах барыта онно мунньуһунна. Артемьев этэрээтэ эмиэ холбосто. Пепеляев, былыр үйэҕэ манна кэлиэх киһи, тоҥустар табаларын аанньа биэрбэккэлэр, Ньылхаҥҥа тутуллан хаалла. Билигин дьэ саҥардыы бу диэки салаллан иһэр.
– Оо, айыым таҥарам… – Аргыылап оҕонньор ытыһынан сирэйин саба туттан бүк түстэ, үөһэ тыынна. – Аата, кэлиэ баар эбит…
Ааныс хаҥас диэкиттэн кэлэн остуолу оһох чугаһыгар сыҕарыччы аста, ол-бу астаах миискэлэри, тэриэлкэлэри аҕалан уурталаата, чэй кутта:
– Аһаа, тукаам. Бу алаадьыта сиэ. Бу көбүөр баар. Ахтыбытыҥ буолуо.
Итиэннэ бэйэтэ ойоҕостон ахтыбыт амарах хараҕынан уолун имэрийэ көрө олордо.
Аҕалаах уол сулбу-салбы аһаан бардылар.
– Аны бэйэҥ тускунан кэпсээ, – диэтэ Аргыылап оҕонньор.
– Бэйэм бу баран иһэбин.
– Баран иһэргин көрөбүн. Тоҕо бараргын ыйытабын.
– Генерал Пепеляев сирэй бирикээһинэн.
– Ол эйигиттэн атын киһини булан ыыппаттар үһү дуо?
– Ону ыйыталаспатаҕым, – Валерий өһөстүк хардарда.
– “Ыйыталаспатаҕым!” Ыйыталаһыахха наада. Бары туора киһиэхэ тиитин охтотторон баран тииҥин ичигэстиэхтэрин баҕараллар. Ыйыталаспат буоллаххына, үйэҥ тухары тиитин охторо сылдьыаҥ, тииҥигэр тииһиниэҥ суоҕа.
– Эн уолуҥ оннук акаары буолбата ини. Ким элбэх тииҥҥэ тиксэрэ өссө биллибэт.
Оҕонньор ситэ испэтэх чэйин холумтаҥҥа эстэ, бүлүүһэтин үөс диэки аста уонна кэргэнигэр эттэ:
– Бар, оҕоҕор өйүөтэ бэлэмнээ. Лэппиэскэтэ, арыыта, буспут эттэ суулаан Суондаҕа биэр. Үчүгэйдик уурдун.
Ааныс тугу эрэ ыйытыах курдук гынан иһэн оҕонньоро кырыктаахтык кынчарыйбытыттан тохтоото уонна саҥата суох хаҥас диэки барда.
Аргыылап дьахтар хаппахчытыгар киирэрин кэтэһэн олорон хамнаабат хараҕынан уолун тобулу көрдө:
– Эн билэҕин дуо ханна, туохха баран иһэргин?
– Билэбин.
– “Билэбин”, – оҕонньор, кыһыйан, эмиэ уолун үтүгүннэ. – Билэриҥ буоллар, итинник сулбуччутук хардарыаҥ суох этэ. Кыньараалыҥ тугу бирикээстээтэ? Онно туох соруктааххыный?
– Сэриигэ тугу бирикээстииллэрэ биллэр ини.
– Сэкириэт дуо? Аҕаҕыттан кистиигин дуо?
– Кистээбэппин. Билиэххин оннук умсугуйар буоллаххына, иһит, – Валерий кумааҕыттан ыйааҕы ааҕан эрэргэ дылы бүтэҥи куолаһынан саҥарда. – Биһиги диэки санаалаах дьону кытта сибээстэһиэхтээхпин. Кинилэри түмүөхтээхпин. Кыһыллар хас хардыыларын биллэрэ олоруохтаахпын. Пепеляев куоракка чугаһаатаҕына, өрө турууну тэрийэн, сэбиэскэй салайааччылары суох оҥортуохтаахпын…
Таһырдьаттан Суонда киирдэ.
Валерий ах барда.
– Кыһаллыма, кэпсээ. Суонда, кэл, итиитэ киллэр.
Валерий сөбүлээбэккэ көхсүн этиттэ эрэ, таһыгар онтун биллэрбэтэ.
– Соругум сүнньэ итинник. Оттон ымпыгын-чымпыгын билиҥҥитэ бэйэм да билбэппин.
– Онно дьоҥҥут элбэх дуо?
– Бааллар.
– Ол киһи эрэнэр дьонноро буолуо дуо?
– Билбит суох.
– Билбэккин… уонна баран иһэҕин, – оҕонньор аа-дьуо тииһин быыһынан сыыйан саҥарда. – Чыкааҕа акаарылар олороллоро буолуо дии саныыгын дуо? Онно сылдьар буулдьа ардаҕын ортотунан сэриигэ киирэрдээҕэр ордук кутталлааҕын өйдүүгүн дуо?
– Эйиэхэ барыта сатаммат: “билэр” эмиэ сатаммат, “билбэт” эмиэ сатаммат, – Валерий чааскытын тыастаахтык халбарыччы аста. – Өйдөөтөрбүн да, баран истэҕим дии. Бэйэбит быар куустан олордохпутуна, ким биһиги туспутугар охсуһуой?
– Өйдөөх киһи уоттаах чоҕу атын дьон илиитинэн тарыйтарар баҕайыта.
– Түмүк күн тиийэн кэллэҕинэ оннук “өйдөөхтөр” абыраныахтарын билбэтим.
– Саарбаҕалаама: өлүүлэриттэн матыахтара суоҕа. Өссө атын киһи өлүүтүн кытта куду харбыыллар ини.
– Көрүллүө.
Мөккүһэн да уолун иннин ылыа суоҕун билэн, оҕонньор тохтоото. Кини төһө да эппитин иһин, уола барар хаанын ылыммыт быһыылаах.
Валерий остуолтан туруоҕун саныы-саныы, аҕата хамнаабакка олороруттан турбата. “Быһааскы кэннэ оҕонньор биллэ хоттороохтообут. Төрүт да намыһах, хатыҥыр бэйэтэ өссө ордук намтаабыкка, синньээбиккэ дылы буолбут. Урут даҕаны көтөх сирэйэ өссө суптуйбут. Омурда харбыйбыта улааппыт. Арай хараҕа уруккутунан. Өссө ордук уоттаммыкка айылаах. Итии уотунан буолбатах, тымныы уотунан. Ол оннугар хата Суонда эбии соноон көскөйбүт. Били хомсомуоллар “күөх истээх баай” диэн ыллыылларын курдук. Омос көрбүт киһи Суонданы тойон, аҕабын хамначчыт дииһик”. Ити санаатыттан сонньуйуох курдук буолан иһэн, Валерий аҕата бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэтэрдии ботугуруурун иһиттэ.
– Ыттар… Бэйэлэрэ барбаттар, кинини ыыталлар… Дьиккэрдэр…
Ааныс сүөгэйдээх бүлүүһэни тутан иһэн тохтуу түстэ:
– Ол ким?.. Бэлиэрий, ханна бараҕыный?..
– Дьокуускайга, – уол баҕарбатар да хардарда.
– Ханна да бардын, эйиэхэ наадата суох, – оҕонньор сүөгэйдээх бүлүүһэни кэргэнин илиититтэн сулбу тардан ылан, дьалкылдьыппытынан остуолга бырахта. – Эр киһи ханна барара-кэлэрэ дьахтар дьыалата буолбатах.
Эрин тылыгар кыһаллыбакка, Ааныс уолун аттыгар кэллэ.
– Тоойуом, хаһан бараҕыный?
– Билигин.
– Тыый! Түүннэри дуо? Бачча тымныыга… Кытаатан сэрэнэн сылдьыый. Тымныйаарыгын. Ити бэйэҥ саһыл саҕынньаххын кэтиминэҕин туох абааһы баҕайытын кэттиҥ? Сонуҥ эмиэ бөрүкүтэ суох.
– Бассабыыктар саһыл сонноох дьону сөбүлүүллэр үһү дуо, дьахтаар?! – Аргыылап оҕонньор сөҥүдүйдэ. – Саҥам диэн саҥарар ээ…
– Дьокуускайга?.. Онно… – Ааныс тугу эрэ өйдүү сатыырдыы оҕонньордоох уолун сирэйдэрин олбу-солбу көрүтэлээтэ итиэннэ, чугаһаан, уолун саннын имэрийдэ. – Онно… тукаам, балтыгын Кыычаны булан көр-иһит эрэ. Суруга кэлбэтэҕэ ыраатта. Хайдах сылдьаахтыыра буолла.
– Бу акаарыны, уолуҥ онно уруу-хаан көрсө баран иһэр үһү дуо? – оҕонньор эбии кыбдьырынна.
– Ээх-ээх… – Валерий ийэтиттэн арахса охсоору эрэ сөбүлэммитэ буолла. – Чэ мин бардым. Түүн ыраатта. Хараҥаҕа кыһыллары ааһа түстэрбин сөп этэ.
– Кыһыллар манабыллара айан суолун устун баар буолуохтаах. Эн бэтэрээ туора суолунан бардаххына сатанар. Бэйи, Суонда эйигин буом сирдэри ааһыаххар диэри тиэрдэн биэриэ. Суонда, тахсан мин аппын Бэлиэрийгэ көлүйэн биэр. Арыый сэниэлээх буолуо. Кини атынан бэйэҥ айаннаа.
Суонда Ааныс уолугар бэлэмнээбит мөһөөччүктээх аһын туппутунан саҥата суох таҥнан таҕыста.
Валерийдаах оҕонньор туран эмиэ таҥнан бардылар.
– Үчүгэй сэптээх инигин? Суолга араас буолуон сөп, – Аргыылап сибигинэйэн ыйытта.
– Баар… Эн Суондаҕын наһаа хоойгор киллэрээйэҕин. Итинниктэри дьарыйа соҕус тутар ордук буолуо этэ.
– Куттаныма. Суонда – эрэл киһи. Аҥаардас дьарыйарынан ыраатыаҥ суоҕа. Аара ханна-ханна тохтуургун өйдөөн иһэр инигин?
Уол кэҕис гынна.
Тахсаары турдахтарына Ааныс хаҥастан ыаҕайа тутуурдаах кэллэ.
– Тукаам, бу дьэдьэннээх сүөгэйи оҕобор Кыычаҕа биэрээр эрэ. Дьэдьэни таптаахтыыр этэ.
– Бу дьахтары!.. – оҕонньор үөхсэн ботугураата.
– Чэ аҕал-аҕал!
– Тукаам, бука диэн сэрэнэн сылдьаарыый… Ыарыйдах…
Уол, ийэтин ситэри истибэккэ, халҕаны аста. Аҕата кини кэнниттэн таҕыста. Ааныс тымныы туманын ортотугар илиитэ даллайбытынан туран хаалла.
Суонда, дьиэлээх аты көлүйэн, уол таһаҕаһын көһөрдө.
Оҕонньор, алҕаан дуу, бырастыылаһан дуу, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, атын тула хаама сылдьан имэрийдэ.
Валерий муоһатын ылан сыарҕаҕа олордо.
– Бу барахсаммын харыстаан илдьэ сылдьаахтаарыый, – диэтэ Аргыылап оҕонньор сыарҕаҕа кэлэн уонна, тохтуу түһэн баран, нөрүс гынан аргыый ыйытта: – Бэппэлээйэп бу диэки төһөҕө кэлиэҕэй?
– Ый кэриҥинэн кэлэрэ буолуо.
– Бэйи эрэ, киһи чахчы эрэнэр суола быһыылаах дуу, хайдах дуу?
– Эрэнэн. Мин бэйэм чааһым бүк эрэнэн иһэбин. Оннооҕор Артемьевка холбоһуллубута. Онуоха холоотоххо…
– Кыһылларга соҕурууттан эбии сэрии кэлэ турар дииллэр дии.
– Буоллун! Пепеляев биир киһитэ биэс киһиэхэ холоонноох. Сэрии араас албаһын барытын билэллэр. Биһиги дьиикэй саллааттарбыт да, ол-бу бырадьаагы Коробейниковтар да курдук буолбатахтар. Итиэннэ генерал киһи кэм кыайарын билэн бачча чиэски дойдуга аттаммыта чахчы. Силиһэ-мутуга да ыраах курдук кэпсииллэр. Японнар, америкалар көмөлөһөллөр үһү.
– Айылааҕын оннук буоллун…
– Атын эрэнэрбит суох. Эрэннэххэ сатанар.
Суонда атын тэлгэһэ таһыгар таһаарда. Валерий, атын кини кэнниттэн салайан иһэн, ыаҕайаны кыбынан олорорун өйдөөтө. Тугу эрэ ботугуруу түстэ да, ыаҕайаны күрдьүк диэки элиттэ.
– Чэ быраһаай, – Валерий муоһалаах илиитинэн даллах гынна.
– Кытаат, тоойуом…
Дьыбардаах салгыҥҥа хараҥа суол устун туман биирдэ-иккитэ өрүкүйэн эрэ хаалла. Аргыылап оҕонньор аттар туйахтарын тыаһа иһиллибэт буолуохтарыгар диэри сэргэҕэ тайанан турда.
Халлаан өссө бүтэй хараҥа эрдэҕинэ сыарҕалаах ат иһэр тыаһа иһилиннэ.
Аргыылап оҕонньор оронугар олоро түстэ.
Өтөр аан сабыллан “лип” гынна.
– Суонда, эн дуо? – оҕонньор, хамначчытын тыынарыттан эндэппэккэ биллэр да, ыйытта.
– Ыык…
– Бэлиэрий үчүгэйдик барда дуо?
– Ыык…
Аргыылап кириэстэнэн сапсынан иһэн сиргэ силлээтэ: кини абааһыны да, таҥараны да итэҕэйбэт этэ. Итэҕэлэ, үҥэр үрдүк эмэгэтэ атын: үп-баай, күүс-күдэх.
Оҕонньор төбөтүн сыттыгар уураатын кытта халтаһалара ыпсыһан бардылар.
Ытыс таһынар ыас хараҥаҕа аллаах ат айаннаан халыһытан истэ. Чэпчэки хаһыапка сыарҕа, кыараҕас омоон суол өҕүллүүлэрин аайытын тииттэргэ охсуллан өрүтэ кыырайан, суол кырсын хам-түм таарыйан ыларга айылаах. Суонда төннүбүтэ икки чаас кэриҥэ буолла да, ат айанын быһыах чинчитэ биллибэт. Оҕонньор ол иһин да куһаҕан көлөнү миинэр миҥэ оҥостуо дуо? Хата кыһыҥҥы түүн уһуна абырыыһы. Сарсыарда чугаһаан эрэр да, халлаан кэм да хабыс-хараҥа. Бу ойоҕос суол сотору айан суолугар холбоһуохтаах. Улахан суолунан икки көс кэриҥин айаннаабыт кэннэ хаҥас туоруур суол кэлиэхтээх. Ол устун аҕыс-сэттэ биэрэстэни бардахха, ыал баар буолуохтаах. Аҕата оҕонньор былыр-былыргыттан иэс-күүс биэрэн сыл таһаарар ыала. Валерий онно тиийэн атын сынньатыа, бэйэтэ утуйуо. Киэһэ хараҥарыыта эмиэ суолугар турунуо. Кыһыл да, үрүҥ да ол туора үрэх баһыгар тугу сии тахсаллар үһү – онно тиийбэттэрэ чахчы.
Бытарытан тымныыта сүрдээх быһыылаах. Хараҥата да бэрт. Сир-дойду оттуун-мастыын, ыас хара халлаанныын бүтүннүү эпсэри тоҥон хаалбыкка айылаахтар. Көлөһүннэммит ат самыыта, маҥан кырыанан бүрүллэн, биллэ-биллибэттик турталдьыйар. Төһө да тымныы буоллар, Валерий тоҥуох чинчитэ биллибэт, кыараҕас суол ойоҕоһунааҕы тииттэри, сирэйгэ-харахха анньыллар лабаалары аһара сатаан, мөхсөн хата дэлби тириттэ.
Кырдьыга, Солобуда чугаһа улахан сэрэхтээх сир. Сирин-уотун, тумнар суолун билбэт киһи тоһуурга кэтиллэ түстэҕинэ да көҥүлэ. Кыһыллар кэтэбиллэрэ сылдьар сирдэрин ааһа көттүм ини диэн эрэнэ санаан, Валерий эҕэ-дьэҕэ буолла. “Чэ, дьоллоохтук айаннаа, Ийэ дойдугун коммунистар диктатураларыттан босхолоһор үрдүк миссияҕын чиэстээхтик толор!” – диэбитэ Пепеляев генерал арахсарыгар уонна уҥа-хаҥас иэдэһиттэн үстэ уураан ылбыта. Билиҥҥитэ генерал сорудаҕа туолуох курдук: бачча ыраах сири үчүгэйдик кэллэ, мантан да антах этэҥҥэ буолар ини. “Үрдүк миссия…” Чахчыта оннук. Аҕам оҕонньор эрэйдээх, былыргы киһи сиэринэн, тэлгэһэтиттэн тэйиччини кыайан эргитэ санаан көрбөт ээ. “Эйигиттэн атын киһини булан ыыппаттар үһү дуо?” – диэхтиир. Талан-талан, сүүмэрдээн-сүүмэрдээн ыыттахтара дии. Ону өйдөөбөт. Дьиҥинэн кини киэн туттуон сөп этэ. Кэлин өйдүөҕэ. Кэлин, Дьокуускайга үрүҥ былааһа туругурдаҕына, Саха сирин бүтүннүүтүн биһиги бас биллэхпитинэ. Онно дьэ көрүллүө: Саха сирин салалтата ким илиитигэр киирэр? Ким бу барҕа баай хотугу кыраай аҕа баһылыга буолар? Оччоҕо, баҕар, Валерий Аргыылап үтүөтэ-өҥөтө, ордуга ахтыллар кэмэ кэлээрэй? Төһөтүн да иһин билигин дьон кэннигэр сөрүөстээччилэри, былааһы үллэстэр кэм кэллэҕинэ, тэргэн тэбиитин да саҕа сиргэ чугаһатыллыа суоҕа. Дьаһабылы охсуһуу уотун ортотунан ааспыт, өлөрү-тиллэри көрбүт дьон бэйэлэрин илиилэригэр ылыахтара. “Кэлин бэйэбит былааспыт туругурдаҕына, бу күчүмэҕэй күннэргэ ким хайдах быһыыламмыта, тугу-ханныгы гыммыта бэски хараҕар ыйаныаҕа, – диэбитэ саха үрүҥ этэрээтин командира Мэхээлэ Артемьев. – Кыайыы кэнниттэн бэлэмҥэ мээтиргиэм диэн ким даҕаны саарамматын!” Оннук буолуохтаах. Онтон атын буолуон сатаммат”. Генерал даҕаны Валерийы кытта кэпсэтэригэр эмиэ оннук санааны быктарбыта. “Саха сирин кэскилэ бу эһиги буолаҕыт. Саха сирин эһиги дьаһайыаххыт”, – диэбитэ. “Онон, оҕонньоруом, саарбаҕалаама: тиитин охтордорбут эрэ, тииҥин бэйэбит ичигэстиэхпит! Ол-бу ВЯОНУ* тойотторун, уобалас “управляющайа” Куликовскайдары эҥин үрдүгэ ытыарар биллибэт…”
Итини таһынан Валерий иһигэр чып кистэлэҥ былааннаах: Пепеляев Дьокуускайы сэриилээн киирэрин былааһы бэйэ илиитигэр ылан көрсүөххэ диэн. Чэ, холобура, генерал кэлэрин кини Саха правительствотын баһылыга биитэр Саха уобалаһын губернатора дуу аатыран тоһуйдун? Генерал бэйэтэ Саха сирин баһылыга буоларга суудайбата чахчы. Кини сыала атын, киэҥ, улахан – Сибиир, Россия, түмүгэр үрүмэччи маҥан атынан Спасскай боруотанан Москва Кремлигэр киирии. Онон, үчүгэй көмөнү тэрийэр эрэ буоллаҕына, Валерий Аргыылап да Саха сирин аҕа баһылыгынан ананарын кини утарсыа суоҕа. Дьиҥэ Валерий ол иһин бу кутталлаах сырыыга улгумнук сөбүлэммитэ.
Генералтан сорудах ылаат, Валерий командирыгар Артемьевка тиийбитэ. Барар буолбутун этэн эрдэҕинэ, анарааҥҥыта саба саҥарбыта: “Билэбин. Кэпсээмэ. Тылгын кыана тутун. Эн бараргын ким да билиэ суохтаах”. Дьокуускайга кими ыытары, арааһа, кини бэйэтэ ыйбыт быһыылааҕа. “Үөрэн аллайыма. Ыһыахтаан эрэр буолбатаххын”, – диэбитэ уонна Дьокуускайга кими-кими кытта кэпсэтиэххэ сөптөөҕүн ыйыталаабыта. Ити эрээри кини биир даҕаны бүк эрэнэр киһитэ суох кэриэтэ эбит этэ. “Билигин хайдах санааламмыта буолла – билбэтим. Сэрэнээр…” – диэн буолан испитэ. Түмүгэр тиийэн, интеллигенция санаатын иирдибит бассабыыктары, албын тылга киириммит саха үөрэхтээхтэрин үөхсэн, тииһин быыһынан сыыйбыта: “Чо-орт!..”
Валерий бу омос көрөргө соччо суоһа-суодала суох эрээри, дьиҥэр дьэбир майгыннаах, кытаанах санаалаах хатыҥыр киһиттэн улаханнык саллара, киниэхэ сүрүн баттатара. Артемьев хаһан да ыһыытаан-хаһыытаан силбиэтэммэт, охсон-тэбэн бырдаҥалаабат этэ. Ол да буоллар кини, тымныы хараҥа хараҕынан хайдах эрэ барыны барытын самнары көрөргө дылы буолан, ордук дьулааннааҕа. Валерий Артемьевтыын биир дойдулаахтар – Амма улууһун дьонноро. Артемьев уолтан сааһынан да аҕата, билиитинэн-көрүүтүнэн да быдан баһыйара. Кини Дьокуускайдааҕы учительскай семинарияны өрдөөҕүтэ бүтэрбит, хас да сыл учууталлаабыт киһи этэ. Ол иһин эбитэ дуу, кинилэр биир этэрээккэ сырытталлар да кыайан доҕордоспотохторо. Итиэннэ доҕордоһуохтарын иһин сөптөөх түгэн да суоҕа: наар сэриилэһии, тоһуйсуу, наар айан – эккирэтии биитэр эккирэттэрии. Ити билигин Валерий Саха сирин баһылыыр туһунан ыраланар да, кырдьыга, Артемьевтаах, бастарын уҥуоҕа бүтүн буоллаҕына, ол үрдүк соло иһин тиистэринэн-тыҥырахтарынан түсүһэллэрэ чахчы. Ити эрээри оччотооҕу билиэ. Маннык күүрээннээх күҥҥэ-дьылга киһи үөйбэтэҕэ-ахтыбатаҕа буолуон сөп…
Суол сыыры өрө ыттан барда. Арааһа, улахан суол мантан аҕыйах биэрэстэ хааллаҕа. Хараҥа даҕаны арыый убуу быһыытыйда, тыа биир кэлим хара истиэнэ кэриэтэ саба барыйара уурайан, биирдии тииттэр тус-туспа көстөр буолан истилэр. Ат айана биллэ бытаарда. Валерий тыын ылан саалын, бэргэһэтин кырыатын соттон суураланна. Хараҕа иннин, хараҥа суолу, одуулаһа сатыыр да, санаата кэннигэр, генералы кытта кэпсэтиитигэр иэҕиллэн төннө турар.
О проекте
О подписке