Томмот Ойуурап кэпсээнин бэркэ болҕойон иһиттэ уонна киһитэ кинини кытта күлэн-элэктээн сэһэргэспэтин итэҕэйдэ. Ону ааһан бу кэпсээн кэнниттэн санаатаҕына, кини буруйа арыый аччыырга дылы гынна. Итиэннэ Кыычаны чахчы күүстэринэн кэлгийэн таһаарбыт буоллахтарына, Ойуурап этэрин курдук, кини кыыһы иэдээҥҥэ соҕотохтуу хаалларбытыгар тахсар. Алдьархай быатыгар, комсомольскай мунньах кэнниттэн кини Кыычалыын биирдэ да үчүгэйдик кэпсэппэтэҕэ ээ. Кыыһа сөбүлээбэтин аанньа тэйэ тутта сылдьыбыта. Кыыс тылын истибэккэ, уруккуларыныы сылдьыбыттара буоллар, бу иэдээннээх суолу, баҕар, моһойсуо хааллаҕа…
– Хайа, төрүт аһаабатах эбиккин дии. Мин кэпсээмминэн аралдьытан кэбистим дуу, тугуй?
Томмот тымныйбыт чэйин тобоҕун ыймахтаата.
– Суох. Топпун. Дьиэлиим, табаарыс Ойуурап.
– Бу да киһи, доҕор, – Ойуурап сонньуйда. – Дьиэбэр-уоппар ыалдьыттыы олорон баҕас ааппынан ааттыаххын. Мин эмиэ ааттаахпын ээ: Дороппуун диэн. Баһылай уола Дороппуун диэн.
– Чэ мин барыым, Дороппуун Баһылайабыс.
– Бэйи, хаһан үлэҕэ кэлэҕин?
– Билбэтим ээ…
– Тугу билэ сатаатаххыный, – Ойуурап уол тылын атыннык өйдөөтө. – Обкуому, обкомуолу кытта кэпсэтиллэн турар. Хайдах күн-дьыл кэлбитин бэйэҥ билэҕин. Наҕылыйа сатыыр кэм буолбатах. Үөрэххин кэлин ситэриэҥ. Билигин өстөөхтөрү утары охсуһуохха наада. Биир да күнү уталыппакка. Хас уталыйбыт күн иһин хааммытынан төлүүбүт. Чэ сөп. Өйүүн үлэлии кэл. Сөп дуо?
– Сөп…
Томмот Ойуурап ууммут илиитигэр илиитин биэрдэ.
“Сөбүлэстим дии… Ити аата аны ГПУ үлэһитэ буоллаҕым”, – диэн бэйэтэ да дьиктиргии саныы-саныы, кини сонун ылла.
ГПУ. Ойуурап үлэлиир хоһо. Үһүөлэр.
Түннүк аттынааҕы остуолга – Ойуурап. Ону утары, истиэнэни сырыһыннары, кыра остуолу туруорбуттар. Онно – Чыычаахап. Икки остуол иккэрдигэр өйөнөрдөөх мас олоппоско – Валерий Аргыылап.
Бу хоско эмискэ көтөн түспүт киһи манна хайалара ыйытылларын, хайалара ыйытарын чопчу этиэ суохха айылаах. Аргыылап, таһыттан көрөргө, ол курдук холкутук, кыахтаахтык туттубут. Кини туттан олорор киэбигэр ыар буруйдаах хаайыылаах сэбэрэтэ букатын суох: тыс курумуулаах атаҕын тыылыы тэбэн олоппос өйөнөрүгэр тиэрэ түспүт, бинсээгин нэлэккэйдэнэн, хаҥас илиитинэн өттүк баттаммыт.
Лаппа киэһэрдэ. Таһырдьа хараҥа хойдон, биир кэлимник харааран, түннүккэ кэтиллэн турар. Көрүдүөрүнэн ааһар дьон атаҕын тыаһа иһиллибэтэҕэ ыраатта.
Томмот ГПУ-га үлэлээбитэ нэдиэлэ кэриҥэ буолла. Оперативнай үлэһит диэн сололоох. Үлэтэ диэн Ойуурапка көмөлөһөр: хаайыылааҕы аҕалар, илдьэр, доппуруос боротокуолун суруйар. “Билигин кууруска эҥин үөрэнэ олорор түгэн суох. Онон, миигин кытта бииргэ үлэлэһэ сылдьан, хараххынан көрөн, кулгааххынан истэн, илиигинэн тутан үөрэннэххинэ сатанар. Итиэннэ эйэлээх нам-нум кэмҥэ киһи ыйдаан-сыллаан билиэхтээх суолларын билигин аҕыйах хонук иһигэр билэргэр тиийэҕин. Саамай кылаабынайа, эн өстөөҕү билэ-көрө үөрэн. Кини быһыытын-майгытын, тылын-өһүн, өйүн-санаатын. Төһө да дьүһүн кубулунан кистэнэ сатаабытын иһин кинини тыһыынчанан дьон ортотуттан эндэппэккэ буларга үөрэн”, – диэбитэ Ойуурап уолга үлэтин саҕалыыр бастакы сарсыардатыгар.
Кырдьыга, Томмот бастакы күннэргэ наар теория, политика былаастаах үөрэтэллэрин-такайалларын, ыйан-кэрдэн кэпсииллэрин истэн олоруох курдук санаабыта. Онтуката баара “теоретическай үөрэҕэ” Ойуурап ити быһаччытык эппит тылларынан бүппүтэ. Ол оннугар кини ГПУ күнүһү түүнтэн, түүнү күнүстэн араарбат түбүктээх үлэтигэр эриллибитинэн барбыта.
Билиҥҥитэ Томмот туохха да үөрэниэ, эбиллиэ суохха айылаах. Кини үлэҕэ киириэҕиттэн бүтэй сарсыардаттан хара түүҥҥэ диэри наар Аргыылабы доппуруостууллар да, харыс да сыҕарыйбыттара көстүбэт. Силиэстийэлэнээччини үгүс туоһуну кытта сирэй көрүһүннэрдилэр, буруйун саарабыла суох кэрэһилиир элбэх чахчыларынан сирэй-харах астылар. Аргыылаптара онуоха барытыгар хардарар тыла диэн иккиэйэх: “суох” уонна “билбэппин”. Атыны саҥардаҕына даҕаны наар төттөрүтүн тибэр: көрдөрөн туран үрүҥү хара, хараны үрүҥ диир. Адьас муннукка ыктардаҕына, ыыс-бурут тылынан үөхсэн тоҕо барар.
Бачча үгүс туоһу сөмүйэтинэн ыйа турдаҕына, бачча элбэх дакаастабыл кэрэһилиирин үрдүнэн буруйа суох аанньалбын диэн кубулунара сатамматын Аргыылап син өйдүүр быһыылаах. Ол иһин буоллаҕа буолуо, сэбиэскэй былааһы ис-иһиттэн өһүөннээхтик абааһы көрөрүн кистии да соруммат. Тэппи эрэ буоллар, коммунистары, чекистэри киһи иилэн ылбатынан кулгуйар. Ити ахсын Томмот иһигэр кыынньа түһэр. Тарбахтара кубарыйыахтарыгар диэри сутуруктуу тутан баран илиитин остуол анныгар анньар. Күн ахсын итинник. Оттон Ойуурап быыс буоллар эрэ уолга мэлдьи этэр: “Иһиттиҥ дуо? Көрдүҥ дуо? Дьэ көр, итинник. Өйдөө. Барытын өйдөө. Бука барытын…” Томмот ол аайы мунаахсыйа саныыр: “Дьэ итиннэ киһи өйдүү сатыаҕа туох баарый?”
Томмот Ойуурап тулуурун сөҕөр: биирдэ даҕаны куолаһын улаатыннарбат, дибдийбэт, ыкпат-түүрбэт. Хаайыылааҕа үөҕүстэҕинэ даҕаны тугу да хардарбат, истэр эрэ. Уол көрдөҕүнэ, Аргыылап үөхсэн силэ бырдаҥалыырын Ойуурап бэрт холкутук, ону ааһан кэрэхсээбиттии одуулаһан, сыҥаах баттанан олорор буолар уонна анарааҥҥыта кырыыр-таныйар тыла баранан, уоҕа эстэн, олоппоһугар төттөрү түстэҕинэ, аа-дьуо: “Бүттүҥ дуо? Чэ оччоҕо аны манныкка эппиэттээ…” – диэн эмиэ ыйытан барар. Туоһуларынан, чахчыларынан хаайсыы, аккаастаһыы, үөхсүү оччоҕо эмиэ хат саҕаланар.
Биирдэ Аргыылап курдук өстөөҕү киһи кыайан тулуйан өр доппуруостуо суоҕун туһунан Томмот тыл быктарбытын Ойуурап соһуйа истибитэ:
– Һы! Эн өстөөх хайдах буолуо дии санаабыккыный? Тулуйуох тустааххын. Чэкиис тулуйбат буолар бырааба суох.
Бүгүн Аргыылабы эмиэ күнү быһа доппуруостаатылар. Эмиэ туһа суох. Томмот суруйар доппуруоһун боротокуолугар, эмиэ бэҕэһээҥҥитин, икки-үс хонуктааҕын курдук, нүрү-хары мэлдьэһэр, үөхсэр тыллартан ураты атын тыллар суохтар. Аргыылап бүгүн хаһааҥҥытааҕар да наһаалаата. Маннык быыһа суох сидьиҥ үөхсүүнү Томмот урут истэ илигэ. Нуучча, саха тылларыгар итинник быдьар тыллар бааллара буолуо диэн да санаабат этэ. Кини төрөөбүт нэһилиэгэр Тыллаах Кыскыйдаана диэн үөхсүүтүнэн, мөкү майгынынан сураҕырбыт дьахтар баара. Аргыылапка холоотоххо, Кыскыйдаана эрэйдээх адьас турар ууну долгуппат, күөх оту тосту үктээбэт айыы барахсана эбит. Соҕотох киһиэхэ бачча үлүгэр сидьиҥ, быртах тыл, хараҥа санаа, өһөхтөөх өс түмүллэрэ сүрүн…
– Кырасданьыын Аргыылап, сарсыарда эппитим курдук, бүгүн силиэстийэҥ тиһэх күнэ, – диэтэ Ойуурап аа-дьуо, күнү быһа үрдүгэр суккуллубут үөхсүүттэн хараара дьэбидийэн олорон. – Сарсын дьыалаҕын өрөбөлүссүөннэй түрүбүнээл көрүүтүгэр биэрэбит.
– Ханна баҕарар биэриҥ: ырайга да үтэйиҥ, аадка да тимирдиҥ – миэхэ син биир, – Аргыылап, атаҕын оллооннуу быраҕан баран, тииһин быыһынан силлээн “чырк” гыннарда. – Кырдьыгы эттэххэ, эһиги трибуналгытыгар силлиибин!
Ойуурап остуол кэнниттэн сулбу ойон туруохча буолан иһэн “лах” гына төттөрү олордо уонна, тугу эрэ ыйыстан эрэрдии, дьүккүк гынна.
– Кырасданьыын Аргыылап, силгин-хааххын кыана түс. Мин эйигиттэн аҕыйах боппуруоһу эрэ ыйытарым хаалла. Аны эн биһикки, бука, бэйэ-бэйэбитин салгытыспаппыт буолуо…
– Хомойуом суоҕа!
– Өскөтүн ис сүрэххиттэн билинэн кэпсээтэххинэ, буруйуҥ арыый чэпчиэн сөп диэн сэрэтэн туран, тиһэх төгүл ыйытабын, – Ойуурап өйдөтө сатыырдыы тылларын биир-биир араартаан саҥарда. – Үс сыл тухары үрүҥ бандьыыттар этэрээттэригэр сылдьан, сэбиэскэй былаас иннигэр оҥорбут ыар буруйгун билинэҕин дуо?
Аргыылап силиэдэбэтэлин ыйытыытын букатын да истибэтэх быһыынан дьиэ хараҥа үрдүн одууласпыта буолла.
– Сөп. Эппиэттиэххин баҕарбаккын, – диэтэ Ойуурап, тохтуу түһэн баран. – Оччоҕо, баҕар, атын ыйытыыга эппиэттиэҥ буолаарай: Бэппэлээйэп эйиэхэ туох сорудаҕы биэрбитэй?
Аргыылап хараҕа дьиэ үрдүттэн утары истиэнэҕэ көстө.
– Аҕаҥ аахтан ураты ханна сылдьыбыккыный? Кими көрсүбүккүнүй?
Аргыылап хараҕа истиэнэ хас бэрэбинэтин ахсын тохтоон аллара түһэн истэ.
– Суолга икки кыһыл армееһы эн өлөрбүтүҥ дуо? Уонна хайдах куоппуккунуй?
Аргыылап хараҕа муоста билиинтиһигэр тиийэн тохтоото.
– Дьокуускайга Тииттээхэптэргэ сылдьыбытыҥ дуо?
Аргыылап аны көҕөрө хараарбыт түннүгү одууласта.
– Суобалабы хантан билэҕиний? Кини туһунан эйиэхэ ким эппитэй? Киниэхэ туох сорудаҕы тиэрдибиккиний?
Аргыылап олоппоһугар өссө тиэрэ түһэн, оллооннуу уурбут атаҕын чолоҥнотто.
– Саамай тиһэх төгүл ыйытабын: буруйгун билинэҕин дуу, суох дуу?
Аргыылап силиэдэбэтэлин диэки сэнээбиттии көрдө.
– Иһит эрэ, Ойуурап, эн хас эмэ хонугу быһа биири үрүт-үрдүгэр мээрилииргиттэн салпаккын дуо? Мин салтым.
– Куттаныма, Аргыылап, аны салгытыам суоҕа. Эппиэттээбэккин билэр эрээри ыйытабын. Силигин ситэрэн. Бүттүбүт. Аны билигин түрүбүнээл иннигэр турарыҥ хаалла. Онно даҕаны эйигин өр салгыппаттара буолуо. Доппуруоска эппиэттээбэккэбин, мэлдьэһэммин дьүүлтэн мүччү туттарыам диэн букатын саараныма даҕаны. Буруйуҥ бүтүннүүтэ дакаастанна. Сэбиэскэй былаас хаан өстөөҕө буоларыҥ ырылыччы көһүннэ. Билигин, сэрии кэмигэр, өстөөх хайдах дьүүллэниэхтээҕин бэйэҥ билэҕин. Бүттэ. Табаарыс Чыычаахап, хаайыылааҕы хаамыратыгар илт.
Томмот кобуратын харбаммытынан Аргыылап иннигэр тиийдэ. Анарааҥҥыта улгумнук тура эккирээтэ уонна аан диэки дьулуруйда. Аҥаар атаҕынан көрүдүөргэ үктэнэн баран, эмискэ эргиллэ биэрдэ. Сибилигин аҕай кыһаллыбатахтык, улахаҥҥа уурбатахтык туттубута сүтэ охсубут, хараҕа үс муннуктуу кырыыланан өһөҕүрэ хараҥарбыт, сирэйэ ытыыр-күлэр иккэрдинэн мырчыстан кэтирээбиккэ дылы буолбут.
– Тарбыйахсыт! Кумалаан! Умнаһыт! Ыт! – Аргыылап икки дьабадьытынан күүгэн үллэн таҕыста. – “Бүтэрбит” буола-буола! Эйиигинньик кэрэдэх бүтэриэ үһү дуо миигин? Хата, дьиккэр, аны аҕыйах хонугунан мин атаҕым анныгар сыыллыаҥ! Ааттаһан мин этэрбэһим уллуҥаҕын салыаҥ! Хара ыт, онно мин эйигин сөпкүн көрүөм! Онно мин эйиэхэ үрдүгэр сыптарыйа оонньуом! Бэйикэй, уус! Тойон-хотун буолан чолоҥноһоргут аҕыйах хонук хаалла! Аҕыйах хонук! Ол кэнниттэн…
Томмот Аргыылабы көрүдүөргэ аста.
Хаайыылаах үөхсэр хаһыыта көрүдүөр уһугун диэки тиийэн сүттэ.
Ону истэн турбахтаан баран, Ойуурап күүһүн муҥунан сутуругунан остуолун сырбатан кууһуннарда.
– Куонтура! Бандьыыт! – диэн бабдьыгырыы-бабдьыгырыы, олоппоһугар суулунна уонна икки илиитин адаархай тарбахтарынан баттаҕын баччыктаммытынан остуолугар умса түстэ.
Томмот хоһугар төннүбүтэ, Ойуурап, хомунан, кумааҕыларын остуолун дьааһыгар укталыы олорор эбит. Кини, уол биэрбит боротокуолун лиистэрин өрө-таҥнары арыйбахтаан көрөн баран, үөһэ тыынан кэбистэ:
– Аргыылабы тутарга кыратык тиэтэйдибит быһыылаах. Атын, арыый холку соҕус кэм эбитэ буоллар, өссө кэтээн сырытыннара түһүөх баара. Ону ол билигин хайа киһигинэн кэтэтиэххиний? Уонна уһатан көрдүгэннэтэ сатыыр кыах да суох. Кыым быгыалаатар эрэ сабыта баттаһан умулуннарарга тиийиллэр. Онон силиһэ-мутуга кыайан ситэри ылҕаммакка хаалар. Абалаах баҕайы! Чэ ол эрээри Аргыылапка кириэс туруоруохха өссө да эрдэ. Сорохторо, кырдьык, ити курдук сымыһахтарын быһа ыстаабытынан өлөөччүлэр. Сорохторо күн сырдыга күндүтүн тиһэх мүнүүтэлэригэр син өйдөөн кэлээччилэр… Оо, түүн буолбут дии! Хойутаабыппын. Барыах.
Таһырдьа тахсан, Ойуурап эргэ бараан сон саҕатыгар төбөтүн кистээн саҥата суох истэ. Суолун арахсыытыгар тиийэн эрэ баран үтүлүктээх илиитинэн уолу санныга таарыйда уонна аргыый эттэ:
– Чэ бар, утуй, сынньан… Мин аһыы охсон дьуһуурустубаҕа кэлэбин…
Итиэннэ тымныы туманын быыһынан нүксүлдьүйэ турда.
Томмот ити хайдах эрэ ис-иһиттэн сэниэтэ суохтук этиллибит тыллары истэн, хараҥа күдэриккэ барыҥныыр холбоҕор көхсү көрөн эрэ баран өйдөөтө, Ойуурап төһө үлүгэр сылайбытын. Ол иһин даҕаны Аргыылап ити дьүһүлэнэрин туох ааттаах инчэҕэй эттээҕэ тулуйуон сөбүй! Аргыылап иннинэ өссө төһө өстөөх Ойуурап илиитин иһинэн ааспыта буолуой? Ол аайытын итинник муҥ эрийэн эрдэҕэ. Ону баара тугун холкутай диэн сөҕө саныыра ээ. Ити аата буоллаҕа, Ойуурап бэйэтэ этэринии, “чэкиис туох-баар уйулҕатын утаҕын сутуругун иһигэр хам тута сылдьара” диэн. Сибилигин төннөбүн диэтэ дии. Дьуһуурустубалаан түүнү быһа түбүгүрүө итиэннэ сарсыарда эмиэ, бүтүн суукканы быһа утуйбут киһи курдук, суунан-тараанан хаахынас олоппоһугар олоруо. Оннук дьоннор. Көрдөххө, эмиэ да киһиттэн ойу-быһа ордук киэптэрэ суохха дылы уонна хантан итинник модун күүһү-күдэҕи сомсоллоруй кинилэр?
Томмот техникумун уопсай дьиэтиттэн ЧК хаһаарыматыгар көспүтэ. Онно аҕыс киһи сытар кэҥэс хоһугар, бэрт куйа да буоллар, син тэлгэнэр, саптар утуйар таҥастаах мас тапчааннаах. Кэтэ сылдьар ырбаахытын, ыстаанын сыттаннаҕына, барааҥкатынан үллүннэҕинэ, хата кимнээҕэр үчүгэйдик утуйан бургуйан турааччы.
Дьукаахтар мунньахха дуу, дьуһуурустубаҕа дуу тэбиммиттэр быһыылаах. Икки эрэ уол утары-таары муннукка утуйа сыталлар. Соторутааҕыта тарҕаспыттар: чэйдэрэ чаанньыкка кэм да сылаас. Томмот, бөҕүөрбүт тарбахтарынан чаанньык онон-манан хомуруттубут хара ойоҕосторун бобо харбаан турбахтыы түһэн баран, оронун аннынааҕы хаптаһын холбукатыттан нуорма килиэбин тобоҕун, аҕырбыт арыы тооромоһун ылан, аа-дьуо аһаата уонна күнү-дьылы ыыппакка утуйардыы тэриннэ. Кини аанньа утуйбатаҕа хас да хонно. Дьэ уутугар-хаарыгар киирэн кытаанахтык утуйан эрдэҕинэ “Тур!.. Түргэнник!..” диэн буолааччы. Тойон буолуо баара дуо, өссө да силимнэһэ сылдьар хараҕын ньылбы анньынаат, тиэтэл үлүгэринэн таҥнан, куорат хайа эмэ муннугар хараҕа тэстэринэн тэбинэригэр тиийэр. Мааҕын Ойуурап “бар, утуй, сынньан” диэбитэ да, кини субу да түүн тилэри утуйарын саарбахтыы-саарбахтыы, оронун оҥоһунна.
Томмот, төбөтүн сыттыкка тириэртэр эрэ таастыы барар бэйэтэ, бу киэһэ уута кэлэн быстыбата. Халтаһатын саптар эрэ үөхсэн сидьиҥ тылларынан ыһыахтанар Валерий Аргыылап, ол кэннигэр арыт күлэн мичилийэр, арыт ыгылыйан атаҕын тумсун одуулаан турар Кыыча өйүгэр көстө түһэллэр. Эргичийэ-урбачыйа, сонунан саба бүрүнэ сатаата да, туох да туһалаабата. Итиэннэ сатаатар арахсыахтара баара дуу! Аҥаардас Кыычаны көрөн, кистээн санаатыгар кыратык сылаанньыйа түһэн ылыан эмиэ сөп этэ (үлэни мэһэйдэппэккэ, бэйэ иһигэр санаан аһарбыкка ама куһаҕан баар буолуо дуо?). Биитэр Валерийы соҕотохтуу көрөн, өстөөххө өһү-сааһы өйдөөн, санааны түмүктээн, утуйан хаалыахха эмиэ син этэ. Ону баара биирдэһэ биирдэһиттэн арахсыа үһү дуо: Кыычаны өйдөөтөр эрэ субу Валерий көстөн бүөлүү түһэр, Валерийы санаатаҕына аны Кыыча тумарык быыһыттан субу дьэҥкэрэн тахсан тиийэн кэлэр. Кырдьык даҕаны, силлибэт гына ситимнэспит убайдаах балыстыы быһыылаахтар.
Көлөһүннээччи кылаастар пролетарскай революция хаан өстөөхтөрө буолалларын Томмот бэркэ билэрэ. Кини оннук дьону, тыа баайдарын, куорат эргиэмсиктэрин, үгүстүк көрбүтэ. Кинилэр, төһө да сытыары-сымнаҕас курдук көстө сатаан, тыҥырахтарын кумунан кистии туттан сылдьыбыттарын иһин, сөптөөх түгэн кэллэр эрэ, сэбиэскэй былааска хаһан баҕарар үҥүүнэн өтөрү түһэр баҕалаахтарын уол өйдүүрэ. Ол эрээри Ойуурап хоһугар киирэн эрэ кини кубулунар мааскатын киэр быраҕыммыт, харсыттан тахсан ис санаатын аһаҕастык этэр өстөөҕү субу сирэй сирэйгэ көрсүбүтэ. Дакылаакка, лекцияҕа кэпсэнэр, лозуҥҥа этиллэр, плакакка ойууланар өстөөҕү буолбатах, субу иннигэр турар дьиҥнээх тыыннаах өстөөҕү. Көрбүтэ уонна иэгэйэр икки атахтаахха төһөлөөх үлүгэр хара санаа муҥура суох дириҥ дьуоҕата, өһөгөйдөөх өс алдьархайдаах сүлүһүнэ баарын өйдөөн сөрү диэн сөхпүтэ, бэри диэн бэркиһээбитэ. Өскөтүн кыахтааҕа буоллар, Аргыылап бу кинилэри – Ойуурабы даҕаны, Томмоту даҕаны – кыратык да саарбахтаабатын ааһан, хайдах курдук үөрэн-дуоһуйан туран анараа дойдуга атаартыа этэй. Коммунистарга, комсомолецтарга – ким да буоллун – барыларыгар хайдахтаах үлүгэр харысхала суох дьэбир өс-саас баарый Аргыылап ити өһөҕүрэ дьэбидийбит хараҕар, сидьиҥ-быртах тылыгар?
Томмот кылаассабай өстөөҕү урут дьиҥэ хайдах эрэ абстрактнай соҕустук өйдүүр эбит. Онтуката бу аҕыйах хонук иһигэр эттэнэн-хааннанан, тустаах дьүһүннэнэн-бодолонон кэллэ. Маннык өстөөххө үтүө тылы, ыллыктаах санааны ылыннара сатыыр букатын туһата суоҕун кини илэ хараҕынан көрөн итэҕэйдэ. Сымаланан аллыбыт ойууру имири сиэн барчалаан иһэр уоту уус тылынан алҕаан умуруорарга сорунар сатамньыта суоҕун кэриэтэ. Маннык түбэлтэҕэ ол уокка утары уот ыыталлар. Уоту уотунан умуруораллар. Уотунан эрэ. Аргыылап курдук өһүөннээх өстөөххө үҥүүнү тоһуйуллуохтаах, батастаммыт өстөөх батастан самныахтаах! Оннук. Онтон атын буолуон сатаммат!
Томмот, хараҕар Валерий Аргыылап үөхсэн күүгэн аллыбыт айаҕын субу баар курдук көрөн, барааҥкатын иһигэр кыбдьырынан ылла. Туохтан да күүстээх, өһүллүбэт өс диэн кылаассабай өс буолар эбит, бадаҕа. Аргыылап итиччэ эдэр сааһыгар хайа иккэрдигэр итинник хара дьуоҕа хараҥа санаа хаата буолбут бэйэтэй? Адьас этин хас биирдии утаҕар, хаанын хас биирдии таммаҕар иҥмит суол быһыылаах. Саха өһүн хоһооно сөпкө да этэр эбит: “бөрөттөн бөрө төрүүр” диэн. Кырдьык, бөрөттөн куобах төрөөбөтө чахчы.
“…Оттон… оччоҕо Кыыча?..” Томмот төбөтүгэр саба тардыммыт барааҥкатын арыйа баттаата. Ол да буоллар кыыс дьүһүнэ сүппэтэ. Убайын кэнниттэн субу күлүм аллайан улам дьэҥкэрэн таҕыста. Уонна: “Оттон мин?” – диэн ыйытардыы биллэ-биллибэттик кыҥначчы туттан турарга дылы. Томмот ол көстүүнү кыйдыахтыы төбөтүн илгистэн иһэн тохтоото. Чэ бэйи, кэбис. Бу санаата киниттэн син биир арахсыа суоҕа. Бүгүн аһарыммытын иһин, сарсын син биир мүччүрүйбэккэ күөрэйиэ. Хаһааҥҥа диэри кини бу курдук тумна көтөн бэйэтин бэйэтэ албыннана сылдьыаҕай? Иккиттэн биирин быһаарыннаҕына сатанар. Уталыппакка, сүрэх-быар ыарыыта оҥостон иэрэҥнэтэн өр илдьэ сылдьыбакка эрэ. Бүтэһиктээхтик уонна букатыннаахтык. Сөп!
Улаҕа өттүгэр, истиэнэ диэки эргиллэн, Томмот, уруккутун курдук аралдьытына сатаабакка, ааспыт сүүрбэччэ хонугу быһа ыарык-баттык оҥостубут санаатын аргыый саас-сааһынан санаан барда.
“Оо, Кыыча!.. Соруйан куһаҕанын талбыкка дылы, ааттаах баай Аргыылап кыыһа буолбут муҥҥун ньии. Ити Валерийы кытта биир ийэттэн-аҕаттан төрөөтөҕүҥ. Кинилиин биир хоойго сытан, биир остуолу тула олорон, биир тэлгэһэҕэ күөлэһийэн улааттаҕыҥ. Бөрөттөн бөрө төрүүр. Валерий – чахчы бөрө, хаанымсах торҕон бөрө. Оттон эн? Эн бөрө кыыһа, бөрө балта эмиэ бөрө буолуоҥ дуо? Аһыыта өссө хаанныра илик, кыра, ол да буоллар син биир бөрө буолуоҥ дуо? Оо, сүрүн…”
Томмот, ити түктэри көстүүттэн куота сатаабыттыы, атын өттүгэр эргилиннэ. Кини Кыычаны аан бастаан техникум олбуоругар көрүөҕүттэн ыла туох-туох буолбутун бүтүннүүтүн эргитэ санаата. Кини кыыска сыһыаннааҕы барытын өйдүү сатаата. Кыыс хас тылын, хас хамсаныытын. Уонна кини кыыһы хайдах даҕаны аһыҥастаах бииһигэр дьүөрэлиэх санаата кэлбэтэ. Өйдөөн истэҕин ахсын сып-сырдыктык, ып-ыраастык, ап-аһаҕастык сандаарыччы көрбүт кыыс көстөн кэлэ турар. “Харах – дууһа сиэркилэтэ” диэн аахпыта Томмот ханнык эрэ нуучча суруйааччытын кинигэтигэр. Билэн итинник этэн эрдэхтэрэ. Оччоҕо куһаҕан киһи дууһата кини хараҕар хайаан да көстүөхтээх ээ. Кыыча хараҕа мэлдьи, оҕо киэнин курдук, сып-сырдыктык чаҕылыҥныыра. Онно үчүгэйтэн, үтүөттэн ураты туох даҕаны ыаллаабат этэ. Баҕар, үрүт эрэ өттө оннук, ол анныгар атын, дьиҥнээх өй-санаа кистэнэн сылдьара буолуо дуо? Оо, һуох, кыыс хараҕа, үрүйэ уутун курдук, түгэҕэр тиийэ сардаҥаран көстөрө ээ. Кэбис-кэбис, Кыыча кубулуммат этэ. Кини дьиҥ бэйэтинэн, хайдах баарынан сылдьара.
О проекте
О подписке