Саһаан кэрдиитигэр араарсыыга Кыыча эмиэ били бөлөх уолаттары, кыргыттары кытта түбэспитэ. Кырбанналлар, “комсомол барышнята” диэн хомуруйдаллар даҕаны, ол уолаттар кыыһы бэйэлэриттэн араарыахтарын баҕарбаттар этэ. Итиэннэ төһө да “барышнята” аатырдар, Томмоттоох Кыыча икки ардылара ырааҕын харахтаах дьон ама көрөллөр буоллаҕа дии. Дьэ ол курдук кыыс кинилэри кытта үлэлэһэ сырыппыта. Аттыларыгар Томмоттоох үлэлииллэрэ. Кыычалаах биир сүрдээх баараҕай тиити охторорго быһаарбыттара. Икки уол эрбээбитэ. Кыыс үс уоллуун тугу эрэ суолтата суоҕу сэлэһэ турбуттара. Тиит эрбэнэн охтуо ыраахха дылыта. Онтон… ыарахана бэрдиттэн иҥнэри баттаан эрдэлээбитэ дуу, эрбээччи уолаттар эмискэ: “Тиит суулла-а!” – диэн хайа барбыттара. Кыыча аттыгар турбут уолаттар көрүөх бэтэрээ өттүнэ туора ыстаммыттара. Кыыс, соһуйан буолуо, даллайан туран хаалбыта. Үрдүгэр халлааны күлүктүүр аарыма тиит иэҕэйэн эрэрин көрдөр да, атаҕа сиргэ хам сыстыбыкка дылыта. “Бүттүм…” – диэн оччо чуолкайа суох, үдүк-бадык санаа төбөтүгэр кылам гыммыта. Көмүскэннэҕэ буолан, хараҕын быһа симмитэ. Онтон биирдэ өйдөнөн кэлбитэ: сирэйинэн отон угар умса түһэн сытар этэ. Хайдах буолан манна сытарын, хаһан манна охтубутун билбэтэ. Тиит сиргэ барчаланар тыаһын даҕаны истибэтэҕэ. “Хайдах хайдаҕый?” – диэн дьиктиргээн кэннин хайыспыта. Тиит сууллан мутуктара адаарыйан сытара. Кыыс кэнниттэн мутуктар быыстарыттан Томмот туран эрэрэ. Аҥаар атаҕынан үктэнэн иһэн сирэйин куһаҕаннык туттан ылбыта.
– Хайа, хайдаххыный? – диэбитэ кини кыыс аттыгар кэлэн, өрө тардаары илиитин уунан туран.
– Хайдах да буолбатахпын…
Кыыча тоҕо эрэ илиитин биэрбэтэҕэ: урукку охсурҕаланар үгэһинэн эбитэ дуу?
Уол саҥата суох үлэлиир сирин диэки доҕолоҥнуу турбута.
Кыргыттар саба сырсан кэлбиттэрэ. Һуу-һаа буолбуттара. Саҥаран-иҥэрэн көбүөхтэспиттэрэ. Кыыча туох-ханнык буолбутун онно эрэ өйдөөбүтэ: Томмот, хаһыыны истэн, сууллан эрэр тиит анныгар кыыс турарын көрбүт уонна ыстанан кэлэн бүтүн бэйэтин ыараханынан кыыһы киэр түҥнэри анньыбытынан охтон түспүт. Инньэ гынан Кыыча тыыннаах ордубут, бэл биир да мутукка таарыйтарбатах этэ. Ону өйдөөн, бүтэр бүппүтүн, алдьархай этэҥҥэ тумнубутун кэннэ кыыс дьэ куттаммыта: оо, өлө да сыспыт эбит. Томмот быыһаабатаҕа буоллар, билигин кини ити мас анныгар илдьи баттатан сытыах эбит. Уол арыычча, чыпчылыйыы түгэнэ хойутаан ыстаммыта буоллар, кыайан өрүһүллүө суох этэ, иккиэн өлүө этилэр. Били сэргэ турбут “мааны” уолаттар киниэхэ кыһаллыбатахтар, тыыннарын куоттарбыттар. Томмот буоллаҕына бэйэтэ да өлөрүн кэрэйбэтэх. Онуоха баһыыбалаан махтаныахтааҕар муҥ сатаатар илиитин уунан “абыраабата”. Оо, дьэ дууһа… Кыыча сирэйин саба туттубутунан чөҥөчөккө олоро түһэн ытаан барбыта: хойутаабыт кутталыттан, бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэнэн…
Сарсыныгар Кыыча уруок кэнниттэн таһырдьа Томмоту күүппүтэ. Уол тахсан быстыбатаҕа. Кыыс өр турбута. Күн арҕаа мыраан арҕаһыгар дугунуута уол дьэ көстүбүтэ.
– Томмот… – Кыыча уолу ааһан истэҕинэ аргыый ыҥырбыта.
Уол кини диэки дьиктиргээбиттии көрбүтэ. Эмиэ хаҕыс харданы ылыам диэбитэ дуу, тугу да саҥарбатаҕа.
– Өр да буоллуҥ… – диэбитэ кыыс.
– Ол… мааҕыҥҥаттан манна тураҕын дуо? – уол буруйдаммыттыы ыйыппыта.
– Мааҕыҥҥаттан…
– Өссө сотору бүттүбүт дии. Мунньахтаатахпытына, түүҥҥэ тиийдэхпитинэ да көҥүлбүт.
– Мин син биир күүтүөм этэ.
Уол соһуйан кыыс сирэйин көрө түспүтэ.
Аргыстаһан дьиэлэрин диэки хаампыттара. Балачча өр саҥата суох испиттэрэ. Полевой уулуссаттан туораан Кыһыл Армия уулуссатыгар киирбиттэрэ. Кыыс дьиэтигэр тиийэрэ, арахсаллара чугаһаабыта.
– Томмот, баһыыба… – диэбитэ Кыыча, атаҕын тумсун көрөн иһэн.
– Туох иһин?
– Бэҕэһээҥҥи…
– Ээ-э! Кэтэһэн сордоһон, баһыыбаҕа син тигистэ дии саныыгын дуо?
– Суох! – кыыс төбөтүн күүскэ илгистибитинэн тохтуу түспүтэ. – Инньэ диэбэппин. Диэм да суоҕа. Урут да инньэ дии санаабат этим.
– Инньэ диэбитиҥ дии. Өйдүүгүн дуо?
– Ол бэйэм… акаарылаан…
– Чэ баһыыбаҕар баһыыба.
Эмиэ балачча сыыһа-халты көрсө турбуттара.
– Томмот, эн…
– Мин?.. – диэбитэ уол, көһүтэн турбахтыы түһэн баран.
– Эн… эн… үчүгэйгин.
Инньэ диэт, Кыыча уулусса устун сүүрэ турбута.
“Үчүгэйгин…” Кыыча Томмокко сөбүлүү саныырын туһунан балтараа сыл устатыгар эппит тыла суос-соҕотох ити этэ. Бу көрсүһүү кэнниттэн сыл аҥаарыттан ордук кэм ааспыта да, бэйэ-бэйэлэрин сыһыаннарыгар хабааннаах атын биир даҕаны тылы уол Кыычаттан истибэтэҕэ. Томмот даҕаны ол туһунан төрүт тыл быктарбатаҕа. Баҕар, ити тылы кини улахаҥҥа уурбатаҕа, алдьархайтан быыһаттарбыт кыыс махталын эрэ курдук санаабыта буолуо… Ол эрээри Кыыча бүтэйдии сэрэйэрэ уол сөбүлүүрүн. Сөбүлүүрүн эрэ да буолбатах, тап… Чэ кэбис. Ол туһа туспа. Ити, баҕар, кини алҕас өйдөбүлэ буолуо. Кыыча бигэтик эрэнэрэ: Томмот кинини ханнык даҕаны кытаанах түбэлтэҕэ түһэн биэрбэтигэр. Томмоту адьас саарбаҕа суох итэҕэйиэххэ сөп этэ. Комсомолга ылыҥ диэн сайабылыанньатын Кыыча ол да иһин, уолу итэҕэйэн, биэрбитэ. Аккаастыахтара диэн дьиксиннэр да, итэҕэйбитэ. Кыыча санаатыгар, Томмот хаһан да сыыспат этэ. Барыта кини эппитин курдук тахсан иһэрэ. Арай бу түбэлтэҕэ алҕаһаабыта…
Оннук. Кинилэр бэйэ-бэйэлэрин хайдах санаһалларын туһунан ити суос-соҕотох тыл этиллибитэ. Оо, оттон кинилэр төһө үлүгэр үгүһү кэпсэттилэр этэй ити киэһэттэн ыла? Үөрэхтэрин, доҕотторун, учууталларын тустарынан. Саамай кылаабынайа, политика туһунан. Хас сэһэргэһии политзанятие, оттон Томмот пропагандист курдуга. Быһата, кини Кыыча штатнай, личнэй пропагандиһа этэ. Атын уопсай үөрэх өттүгэр сороҕор баһыйтардар даҕаны, уол политикаҕа киниттэн быдан киэҥ, дириҥ билиилээҕэ. Томмот бастакы күннэргэ советскай техникум студентката өйдүөҕэр бэрт судургу суоллартан саҕалаабыта. Ону истэ сатаан баран, Кыыча күлбүтэ:
– Томмот, баай баттала куһаҕанын, киһи киһини көлөһүннүүрэ түктэритин, аан дойду быйаҥын үлэ айарын, ол быйаҥы үлэ киһитэ бэйэтэ туһаныахтааҕын, көҥүл, тэҥ быраап, советскай былаас үчүгэйин миэхэ оскуолаҕа, техникумҥа үгүстүк үөрэппиттэрэ. Ити ханнык баҕарар чиэһинэй киһи ылыныахтаах, толоруохтаах суоллара. Мин эмиэ итини бүтүннүүтүн ис сүрэхпиттэн ылынабын. Төрүт саарбаҕалаама!
Уол итэҕэтэ сатыыр суоллара кырдьык олус судургуларыттан бэйэтэ даҕаны сонньуйбута. Дьэ ити кэнниттэн саҕаламмыта дьиҥнээх политическай оскуола. Брошюралар, кинигэлэр, томнар. Мөккүөрдэр. Цитаталар, цитаталар… Кыыча билиҥҥи политическай сайдыытыгар Томмот оруола туохтан да улахан. Кини суоҕа буоллар, хайдах-хайдах буолуо этэй? Ол эрээри… кини хайдах суох буолуой?.. Кини баар. Кини мэлдьитин баар… Кини суох буолуон сатаммат… Кини…
Кыыс ытыырыттан, санаатыттан сылайда. Сыарҕа айаныгар бигэнэн улам нухарыйан барда…
Кыыча төһө өр утуйбутун билбэтэ. Эмискэ хараҕын аһа түстэ. Кини, түһээн дуу биитэр нухарыйа сытан көннөрү санаатыгар дуу, Томмоту көрдө. Хомойбут, хоргуппут, кэлэйбит Томмоту. Кини хайдах ити туһунан санаабатаҕа эбитэй? Уол бүгүн, сарсын Кыыча дойдулаабытын истиэ эбээт уонна туох дии саныаҕай? “Суонда киирэн миигин күүһүнэн таһаарбытын хантан билиэҕэй? Ыллам ону киниэхэ эппэтэх баҕайыта ини. Миигин күрээбит диэн ама итэҕэйиэ дуо? Мин куораттан барыахпын, кинилэртэн, балыыһатааҕы ыарыһахтарбыттан арахсыахпын баҕарбатахпын кини билиэ суоҕа. Айахпар бүөлээх кэлгиллэн айаннаабыппын да билиэ суоҕа. Оччоҕо итэҕэйиминэ хайыаҕай? Оо, иэдээн да эбит! Туох баҕарар буоллун, кини эрэ итэҕэйбэтэр, кини эрэ миигиттэн хоргуппатар ньии! Бу туох үлүгэр аана суох алдьархайай! Суонда, били урут мин таптыыр Суондам, иэдээн бөҕөнү тэрийсэн, мин кэскилбин үнтү тэпсиһэн, мин ыраас ааппын хараардыһан, миэхэ дьон итэҕэллэрин түҥнэрсэн баран, ити көхсө бөгдьөллөн иһэр дии. Оо, дьон, санааҕыт тоҕо бачча харата, хараҥата сүрэй, сүрэххит тоҕо бачча дьэбирэ, тымныыта бэрдэй! Оо, абакка да буолар эбит! Туох истиэ-көрүө баарай?”
Кыыча кэлгиэлээх атаҕынан, түүрүллэ түһэн баран, нүксүллүбүт көхсү тэптэ. Суонда соһуйан эргиллэ биэрдэ. Кыыс онно көрбүтэ: Суонда икки хараҕа дьолтойо испит, эттээх иэдэһинэн дьэҥкир таммахтар субуспуттар. Бу айан киниэхэ даҕаны чэпчэкитик тиксибэтэх, суолу быһа ытыы испит быһыылаах. Ону көрөн, кыыс сүрэҕэ “атый” гынна.
Суонда, ытыы олорорун өйдөөн, сиэҕинэн сирэйин туора-маары сотунна. Кыыча мөхсөн тиргилиннэ. Суонда атын тохтотто, бобуосканы өҥөйдө. Кыыс хараҕынан “сүөр!” диэн көрдөстө. Көрдөһүө дуо – модьуйда. Суонда туран кыыс айаҕын босхолоото, кэлгиэтин сүөрдэ. Кыыча дэлби тоҥмут эбит: сүөрүллэн олороот титирээн дьигиһийдэ. Кыһыҥҥы күн хайыы-үйэ киэһэрбит. Хара тыа суолунан иһэллэр эбит.
– Ха… хан…на… кэл…либит?.. Бу Мэл… дьэхси дуо?
Суонда тоҥхос гынна.
“Ырааппыппыт даҕаны…” – дии санаата кыыс.
– Суон…таа… Төннүөх… Куо…ракка… Үөрэниэм… Доҕотторбор… Абыраа, төннүөх… Суон…таа!..
Суонда төбөтүн илгиһиннэ.
– Суонтаа, төннүөххэниий!.. Аһын даа!..
Суонда өссө күүскэ илгиһиннэ.
Аккаас. Булгуччулаах аккаас. Суонда хаһан даҕаны эппит тылын кэспэтин Кыыча билэр. Кини тойонугар Аргыылапка кыыскын таһаарыам диэн эрэннэрбит буоллун да, ону толорор. Тылын толорбокко хаалларыан кэриэтин өлүө. Ону ааһан кыыс кини хараҕар өссө атын санааны аахта: “Эн кыраҕын. Эйиэхэ туох үчүгэйин бэйэҥ да билбэккин. Ону аҕаҥ билэр. Эн куоракка хааларыҥ куһаҕан, дьиэҕэр тахсарыҥ ордук. Эн миигин мөҕөҕүн эрээри, мин эйиэхэ үтүөнү баҕарабын”. Хайдах да элэ-была тылы этэн Суонда санаатын төттөрү хайыһыннарар кыах суох.
Ол да буоллар Кыыча, суолунан төттөрү сүүрэргэ сананан, сыарҕаттан ыстанан түстэ. Суонда, баҕар, бэркиһиэ, кыыс тылын быһа гыныа суоҕа… Кыыча, көһүйбүт атаҕар кыайан уйуттубакка тэмтээкэйдээн баран, саҥардыы иннин диэки үнүөхтээн эрдэҕинэ, Суонда бобо харбаан ылан бобуоска иһигэр аста.
– Ыы-ыы-ы! – диэтэ кини дьиэк биэрбэттик.
Дьэ ити… Ити аата киниттэн мүччү туттарбаккын…
Суонда сыарҕатыгар олордо, атын соруйда.
– Суон-да-а-а!.. Көр…дөһө…бүн!.. Аат…та…һабын!..
Суонда эргиллибэтэ. Арай көхсө эбии нүксүйдэ.
Кыыча тобуктаан кинини моонньуттан кууһан ылла:
– Суон-да-а!.. Оо, өйдөөбөтүҥ тугун сүрэй!.. Истиий даа!..
Суонда бөгдьөллүбүт көхсө дьигиҥнээтэ. Кыыча марылаабытынан ол көҕүскэ умса түстэ.
Хаардаах хара тыа дьиппиэрэн, боруоран барда.
Сурах туохтан үөскүүрүй? Сороҕор чахчы суолга олоҕурар, ону ким эрэ кэпсээбититтэн тарҕанар. Сороҕор туохтан төрүттэммитэ, кимтэн саҕаламмыта биллибэт буолар. Ии кэриэтэ төрдө-төбөтө, уһуга-муҥура көстүбэт идэлээх. Арай айан тыала айаарбытыттан, сиккиэр тыал сибигинэйбититтэн үөскээбит бэйэтэ дуу диэх айылаах буолар…
Кыыча үөрэҕэр кэлбэтэх маҥнайгы күнэ айдаана суох ааста. Студентка кыратык ыарытыйан эбэтэр ыксал кыһалҕаланан уруогун көтүтэрэ манан дуо? Онон паартаҕа кыыс миэстэтэ кураанах аҥайан турарын ким да соччо аахайбата. Арай Томмот хараҕа сотору-сотору ол кураанах паартаҕа иҥнэр уонна староста уол таабылыгар кыыс араспаанньатын туһугар көҕүһэтии бэлиэтин субуччу тарта.
Иккис күн улахан биримиэнэ саҕана соһумар сурах техникуму саба сүүрдэ: Аргыылаба үрүҥнэргэ күрээбит үһү. Дойдутугар да буолбатах, дьонугар да буолбатах – үрүҥнэргэ. Бэл Кыыча сыарҕаҕа кэлгиллэн сытан наар куһаҕанын талан санаатаҕына даҕаны итинник диэхтэрэ диэн санаа өйүгэр киирбэт этэ. Ити сураҕы бастаан кыргыттар биллилэр. Кыыс аймах биллэ да, өр буолсу дуо – хараҥаччытааҕар түргэнник кылаас кылааһы тилийэ көттө.
Томмот, ити сураҕы истээт, соһуйан, дөйөн, мээнэнэн көрөн турбахтаата. Кини өйүгэр батаран өйдүөн хайдах да сатамньыта суоҕа. “Үрүҥнэргэ күрээбит”. Ким? Кыыча! Уол итини ким хантан истибитин быһаара сатаата. Уолаттар, кыргыттар бэйэ-бэйэлэригэр аһарсан истилэр. Томмот үөһээ мэндиэмэнтэн аллара түстэ, аллараттан үөһэ таҕыста, кылаастан кылааһы кэрийдэ да, тугу да кыайан чуолкайдаабата. Ким эрэ эппит, ким эрэ истибит, ким эрэ кэпсээбит. Кимэ да чопчута биллибэт. Алдьархайдааҕа диэн өссө атын. Бииргэ үөрэнэр оҕолоро ити ынырык сураҕы тута итэҕэйдилэр, буолуох буолбутунуу иһиттилэр: баай кыыһа баайдарга, үрүҥ кыыһа үрүҥнэргэ күрээтэҕэ дии. Онуоха киһи дьиктиргиэҕэ туох баарый? Хата төһө эмэ хаайса-буойса сатыыр үрдүнэн көмүскэһэр, өссө комсомолга киллэрэргэ дьулуһар дьон бааллара. Ол дьоннорго кэһэлтэ буоллун.
Үөрэх бүттэ. Студеннар таҥнан тарҕаһан эрдэхтэринэ таһырдьаттан киирэр аан диэкиттэн саҥалар иһилиннилэр.
– Аргыылабаны ыйыталлар!
– Байыаннай дуу?
– Чыкааттан үһү дуо?
– Буолуо-буолуо…
– Ол иһин даҕаны…
– Ким үчүгэйдик билэрий?
– Чыычаахап ханнаный?
– Чыычаахап!
– Түргэнник!
Томмот тиийбитэ, кылгас маҥан байыаннай бараан сонноох, эргэ куобах бэргэһэтигэр сулустаах, аҕамсыйбыт нуучча киһитэ турар эбит. Хаҥас илиитин курунан түөһүгэр ыйаабыт. Байыаннай Томмоту уҥа илиитин бэргэһэтигэр даҕайан көрүстэ:
– Копылов. Красноармеец. Больницаттан, – диэтэ нууччалыы. – Кыыча Аргылованы көрсүөхпүн баҕарабын.
– Кини суох, – Томмот ботугураата.
– Ханнаный?
– Билбэппин.
– Бүгүн үөрэммитэ дуо?
– Суох. Кэлбэтэ.
– Бэҕэһээ?
– Эмиэ суоҕа.
– Тоҕо?
– Билбэппин.
– Тоҕо?
Томмот саҥата суох төбөтүн илгистэн эрэ кэбистэ.
– Кини эһиги студенткаҕыт буолбат дуо? Уонна хайдах билбэккит? Баҕар, кини ыалдьан сытара буолуо. Көмө күүтүөн сөп. Оттон эһиги билбэккит!
– Күрээбит дииллэр…
– Ханна?
– Үрүҥнэргэ…
– Ким ону көрбүтүй?
– Билбэппин…
– Ким инньэ диир?
– Би… билбэппин…
– “Билбэппин!” Ишь ты! Ким да тугу да билбэт, ким да тугу да көрбөтөх уонна сурах хоту “күрээтэ” дииллэр! – сүүнэ улахан Копылов бэйэтэ да иэдэйэн турар Томмоту сэмэлээн, мөҕөн үллэҥэлээтэ. – Эн ким диэҥҥиний? Чычахов? Иһит, Чычахов, эн сибилигин кини олорор дьиэтигэр бар. Тугун-ханныгын чопчутун бил. Уонна субу киэһэ биһиэхэ, больницаҕа, кэлэ сырыт. Ыарыһахтар күүтэллэр. Ыалдьыбыт буоллаҕына, биһиги доктор ыыттарыахпыт.
Томмот Кыыча олорор дьиэтигэр сылдьа илигэ. Кыыс хаһан даҕаны кинини киирэ сырыт диэн ыҥырбат этэ уонна кинилэр бииргэ сылдьалларын дьиэлээхтэр көрүөхтэрин баҕарбат курдуга. Аргыылап баай кыыһын бэрт быстыбыт-ойдубут ыалга олохтооботоҕо чахчы, кэм бэйэтигэр дьүөрэлээх соҕус ыалы буллардаҕа диэн Томмот сэрэйэрэ. Оннук да быһыылааҕа. Уол бу дьиэ хаһаайынын, саҥаран-иҥэрэн сэлибирээбит, илэ-сала көппүт, арыы-сыа ньалҕарыйбыт Ыллам Ыстапааны, кэлэ-бара көрөрө.
Томмот иһиттэн олуурдаах кэлииккэни өр тоҥсуйда. Сөҥ баҕайы саҥалаах ыт үрэн баргыйар. Үрэ-үрэ түһүөлээтэҕин ахсын тимир сыап кылыргыыр. Кэнникинэн ыт даҕаны сүрэҕэлдьии быһыытыйда: тохтуу түһэ-түһэ маргыйда. Кэмниэ-кэнэҕэс дьиэ күүлэтин аана тыаһаата.
– Кимий? – дьахтар саҥата ыйытта.
– Аргыылаба баар дуо? – Томмот хардары ыйытыынан хардарда.
– Суох!
– Ханна барбытай?
Дьахтар атаҕын тыаһа дьиэ диэки куучугураата.
– Ханнаный? – Томмот эккирэтэн хаһыытаата.
Дьиэ күүлэтэ “хап” гына сабылынна.
Томмот сүгүн кэпсэппэттэриттэн кыһыйда. Кэлииккэтин аанын олбуор титирэстиэр диэри тэбиэлээтэ.
– Кимиэхэ наадалааххыный? – Ыллам саҥата иһилиннэ.
– Аргыылабаҕа.
– Аргыылаба суох дииллэр буолбат дуо? Хайдах киһи тылын өйдөөбөт киһигиний? – Ыллам иһирдьэттэн көбүөлээтэ.
– Ас!
Дьарыйар, кытаанах саҥаттан дьааххаммыта дуу, Ыллам кэлииккэ олуурун сыҕарытан, кыһыл сирэйин быктарда:
– Бэйи эрэ, табаарыс… Эн хантан сылдьаҕын?
– Техникумтан… Учуутал техникумуттан…
Ыллам Ыстапаан мылаарыйбыт кыһыл сирэйэ эмискэ хараара түһэргэ дылы гынна.
– Тиэхиникиимтэн эрээригин тэбиэлиириҥ итиччэ эрчимнээх дуо?
– Ыстапаан, көрдөһөбүн, чахчытын эт: Кыыча ханнаный?
– Ханнатын айыы таҥара билэр, – Ыллам өрө чолох гынна.
– Хайдах? Ыалдьар дуо?!
– Айыым таҥарам, инньэ эрэ диэмэ, – Ыллам уоһа сэмэлиирдии ырбайда. Онтон уолу үөннээхтик быһыччы көрдө. – Бэйи эрэ, бу эн кини туоҕунаҕыный, көссүүтэҕин дуу?..
– Ханнаный диибин дии!
– Ырыых-ыраах…
Ыллам, күлүү-элэк оҥосторун кистээбэккэ, борук-сорук халлаан диэки өрө хантайан мылаарыйан турда.
– Сымыйаҥ!
Томмот дьиэлээх киһини кыһайан иһирдьэ атыллаата.
– Тохтоо! Ханнык быраапкы…
Ыллам Ыстапаан, түүрүллэ түһээт, уолу түөскэ кэппитэ олбуор уҥуоругар буола түстэ.
Кэлииккэ аана күүскэ сабыллан лаһыгыраата.
– Ас! Ас! – Томмот хатыылаах кэлииккэни тэбиэлээтэ.
– Көссүүгүн мүччү туппуккун… Хэ-хэ-хэ!.. – олбуор иһигэр күлэн алларастыыр саҥа иһилиннэ.
Томмот абатыгар биир кэм кэлииккэ аанын тэбиэлээн лаһырҕата турда.
Эмискэ бөрө саҕа күтүр бэйэлээх ыт сыабын халыгыраппытынан ойон кэлэн, кэлииккэҕэ өрүтэ ыстаҥалыы-ыстаҥалыы, үрэн баргыытаата.
Уол кыһыытыгар иккитэ-үстэ тэбиэлээн баран киэр хаамта.
Томмот, дьиэтигэр таарыйбакка, быһа балыыһаҕа тиийдэ. Копылову ыҥыттарда.
– Аа-а, Чычахов, – диэн мичээрдээбитинэн кэллэ анарааҥҥыта. – Хайа?
– Суох быһыылаах. Дьиэлээх хаһаайын барбыта диир.
Копылов мичээрдээбитэ мэлис гынна.
– Ханна барбыт?
– Чуолкайын билбэтим. Дьиэлээх киһи “ырыых-ыраах” диир. Бука, дойдулаатаҕа. Илин. Аммаҕа.
– Хайдах? Онно бандиттар…
– Уонна ханна барыай?..
– Даа… Кини иллэрээ киэһэ манна дежурнайдаабыта ээ. Барар туһунан тугу да саҥарбатаҕа. Өссө сарсын киэһэ эрдэ кэлиэм диэбитэ, – Копылов өлүөр илиитинэн сэҥийэтин туппахтана турбахтаата. – Кыыча, мин санаабар, оннук киһи буолбатах. Үчүгэй киһи. Манна что-то не так. Тоҕо кини онно барыаҕын сатаан санаабаппын. Чэ баһыыба. Туох эмэ билиннэҕинэ, кэлэн этээр. Биһиэннэрэ бары билиэхтэрин баҕараллар. Тугу да өйдөөбөппүн.
Копылов, дьиибэргээн төбөтүн хамната-хамната, көрүдүөр устун бара турда.
Томмот Кыыча сүппүтүн хайдах даҕаны быһаарыан билбэккэ эрэйдэннэ. Кыыс дойдутугар тахсыбыта кырдьык быһыылаах. Атын барыах сирэ суох. Чэ сөп, буоллун даҕаны. Ол гынан баран кини тоҕо онно тахсар? Оҕолор этэллэринии, баай кыыһа буолан, баайдарга, үрүҥнэргэ тардыһан дуо? Итини туох диэн утарыаххыный? Дойдулаабыт буолла даҕаны, “кырдьык, оннук эбит” диэн, ити этиини кытта сөбүлэһэргэр тиийэҕин. Оччоҕо кини Кыыча туһунан санаата барыта сымыйа, Кыыча быйыл, былырыын киниэхэ эппитэ, саҥарбыта барыта албын, кубулунуу буоларыгар тахсар. Оччоҕо Кыыча дьиҥнээх дьүһүнүн кистэнэн сылдьар үөн, тыҥыраҕын кумуна туттубут кыыл, доҕор буолан кубулуммут өһүөннээх өстөөх эбит дии! Тугун сүрэй… Баҕарбатаҕыҥ даҕаны иһин, итиннигэр тахсар. Үөрэҕин быраҕан үрүҥнэргэ күрээбит баай кыыһын атыннык хайдах ааттыаххыный?
Ити аата оҕолор Кыычаны комсомолга киирэ сатаабытын сөпкө үүрбүттэр. Томмоту “баай кыыһыгар төбөтүн эргиттэрбит”, “кылаассабай сэргэҕин сүтэрбит” диэн сөпкө эппиттэр… Ити өссө кыра. Томмот доҕотторун утары барбыт таҥнарааччы эбит. Кубулуммут өстөөҕү комсомол кэккэтигэр киллэрэ сатаабыт таҥнарааччы. Кинини итинтэн атыннык ааттыахха сатаммат. Ол эрээри…
“Оо, Кыыча, Кыыча, хайдаҕый ити?! Төттөрүтүн этэр биир даҕаны чахчы мэлигир эрээри, мин итини итэҕэйиэхпин баҕарбаппын. Киһи мэлдьитин баҕарарын, сөбүлүүрүн эрэ оҥорор буолбатах быһыылаах. Баҕарбатарбын да, сырайга-харахха анньар чахчыттан ханна барыахпыный, итэҕэйэрбэр тиийэбин. Кыыча, эн эппитиҥ барыта албын, сымыйа эбитэ буолуо дуо ама?”
Ити курдук араастык саныы сатаан, харааччы мунан баран, Томмот сарсыныгар киэһэлик ГПУ-га тиийдэ. Кини тоҕо онно тиийбитин бэйэтэ чопчу билбэт этэ. Үлэтин туһунан кэпсэтиһээри барбыта диэҕи, онно үлэҕэ киирэрин-киирбэтин өссө быһаарына илигэ. Кини бу мунаах-тэнээх кэмигэр аҕа киһи тылын истиэн баҕарбыта. Ити баҕарбыт түгэнигэр Ойуурап, соччо-бачча билэ илик эрээри, биирдэ кэпсэтээт итэҕэйэ, ытыктыы санаабыт Ойуураба өйүгэр көстө түспүтэ. Кини Кыһыл Ыччат уулуссатынааҕы эргэ таас дьиэҕэ, бадаҕа, ол иһин кэлбитэ.
Ойуурап хоһун аанын хатыы турар эбит.
– Аа-а, Чыычаахап! Кэллиҥ дуу? Үчүгэй! – диэтэ кини Томмоту көрөн. – Миэхэ ыксал наадаҥ суох ини? Оччоҕо сарсын сарсыарда кэлээр. Сөп дуо?
О проекте
О подписке