Айдаҥ дэриэбинэтэ хайа да ыаллыы сытар нэһилиэк холкуостарынааҕар ордук өҥнөрө. Ол – дьонун сырдык тыыннарын туһугар, сэмэҕэ-буруйга да тардылларын кэрэйбэт хорсун санаалаах бэрэссэдээтэл холкуоһу салайарыттан. Оннук бэрэссэдээтэлинэн дьон ааттыырынан «биһиги Өксөөммүт» буолар. Өксөөн, бэл эр киһи күүһэ-күдэҕэ өһүллэр холкуоһун ыар үлэтин, түүнүн-күнүһүн утуйар уутун умнан да туран үлэлээн букунайар. Ол сылдьарын тухары «эһинним-быһынным» диэн биир муҥатыйар тылы ыһыктан суҥхарбытын киһи истибэт. Кини өрүү, ыксаан-ыгылыйан барбат холку майгылаах, бэрт мөкү да быһыыны сиэллээн-кутуруктаан, сиилээн-сэмэлээн барбат үтүө өйдөөх дьахтар. Хата ол оннугар дьон сиэри таһынан түктэри кэмэлдьититтэн, аһара баран быртах быһыытыттан хомойбуту, самныбыты араастаан эридьиэстээн, дьиибэлээн-дьээбэлээн таһааран тустааҕы күллэрэн уоскутар, сэргэхситэр үгэстээх. Өксөөнү кытта бииргэ сылдьан үлэлиир киһи бэйэтин улахан дурдалаах-хаххалаах курдук сананыан сананар. Наар, мэлдьи: «Өксөөнтөн ыйытыҥ… Өксөөн билиэ… Өксөөн туох диирин истиэххэйиҥ…», – диэн буолан иһэр. Өксөөн ылыммыт, ылсыбыт күүстээх санаатын ыһыктыбатын дьон эрэ барыта сөҕөр-махтайар. Туохтааҕар да ордук, кини киһилии эйэҕэс майгыта, кыһалҕалаахха, кыпчыттарбыкка, атаҕастаммыкка ураты уйаҕас сүрэҕэ дьону тардар.
Мин, Арҕаа Кыргыдай, «Социализм суола» холкуос бэрэссэдээтэлэ Борокуоппай Алампадьыыстап киһилии сиэрин сүтэрбит кэмэлдьитин, майгытын санаан аһардахпына өрүү салла саныыбын. Сир ийэ барахсан хайдах итинник сидьиҥ дьону уйарын сатаан санаабаппын…
Күһүн, бастакы кырпай хаар түһүүтэ, добдурҕа саҕана, Арҕаа Кыргыдайтан Айдаҥҥа, Өлөксүөйэп Дьэмийээн Саабыс (Саҥсайаан) диэн салҕа ыарыы буулаабыт саас ортолоох киһи кэлэн хас да хоммута…
Саҥсайаан биир күн Уйбаныап Дьэримиэйдээххэ, күнүс, кураҥхарбыт сордоох, буспут мундуну дэлби сиэн-сиэн баран, тахсан ыалларын тиэргэнин аанын үөһээ сүрдьүгэһигэр, ырбаахытын алын бүүрүгүн хайа тардан ылан моҥнон өлбүт этэ… Табысхаан эмээхсин чабычахха балык уҥуоҕун кутан, ытын ыҥыра-ыҥыра дьиэтиттэн тахсыбыта, арай, утары күрүө баҕанатыгар өйөнөн, сибилигин аһаан, эбиитин махтанан тахсыбыт Саҥсайаан сордоох бэрт дьиибэтик такыйан олорорун дьиктиргээн, чугаһаан тиийэн көрбүтэ, киһитэ хайыы-сахха ыйанан килэччи көрөн мунуйан олороро үһү…
«Социализм суола» холкуос бэрэссэдээтэлэ Алампадьыыстап – Ураанньы, Саҥсайааны, дьиҥинэн, ыкса аймаҕа. Ол эрэн быһыылаах куһаҕана муҥутаан, дэлэҕэ даҕаны, дьиэтигэр көрө сылдьыа дуо – туһата суох, бүппүт киһини. Дьэмийээн эрэйдээх бэрт эдэр сааһыттан салҕа ыарыы буулаан, бэйэбэр дылы, дьоно-сэргэтэ эрдэ өлөннөр, өйүөх-убуох, көмө-тирэх буолуох кытта төрөөбүтэ мэлигир муҥнаах, ыал устун ким тугу дук гыммытынан (ону да дук гынара дук гынан эрдэҕэ) үссэнэн, уу-хаар аһылыктанан атах-балай сылдьан оо, төһөлөөх эрэйи, сору-муҥу көрбүтэ буолуой?!. Бэйэтэ оннук эрэйи-кыһалҕаны эт эҥэринэн тэлбит, этинэн-хаанынан билбит эрэ киһи, арай, ону ситэри ситэн өйдүүр ини… Ыарыһах дьылҕаланар ыйаахтанан туох да үлэни кыайбат, өйдүүр-өйүүр чугас киһитэ суох Саҥсайаан сордоох хайдахтаах ыар санаа-оноо ытылҕаныгар ылларан, кэскилэ суох инники олоҕо ынырык аалыы, баттык буолан, эрэлэ букатын эстэн, муҥур уһукка тиийэн, өйө-санаата тууйуллан, бэйэтин быаламмыта буолуой… Киһи ону биир тылынан «бу курдук» диэн, туох да диэн быһа эппэт, баалаабат баҕайыта… Олох уустук…
Сир-буор аннынан иһиттэххэ, тыала суохха мас хамсаабат, Алампадьыыстап Саҥсайааны: «Дьон кумалааннаан да син сылдьар, эн да сырыт ээ…» – диэбит сураҕа иһиллэр.
Саҥсайаан өлбүтүгэр Өксөөн киһинэн сурук ыытан илдьиттээбитэ: «Кэлэн бырааккын илдьэ баран, көрөнистэн киһилии харай», – диэн. Алампадьыыстап кэлбэтэҕэ: «Бу былдьаһыктаах кэмҥэ, кыстык да үлэтэ үмүрүйбэккэ турдаҕына, хас кумалаан аайы күнү туһата суох алдьатыллыбат, көлө суох, онно бэйэлэрэ дьаһайдыннар…» – диэн тылынан илдьитэ кэлбитэ… Дьэ оннук айылаах киһи киэнэ мөкүтэ этэ, «Социализм суола» холкуос бэрэссэдээтэлэ Борокуоппай Алампадьыыстап – Ураанньы урааҥхай. Итинник дьон, сирэйэ-хараҕа суох аҥаардас кураанах, куллурҕас кыһыл тылларынан эрэ кыыран, сатаан салайар үлэҕэ тарбачыһан тахсан олороллорун – киһи сөҕөр эрэ. Дьиҥэр, Алампадьыыстап «үөһээ» дьоҥҥо алын сыҥаах буолан элэҥ-сэлэҥ түһэринэн, дьон тыынын толук ууран да туран ирдээбит дьаһалларын, араас сорудахтарын толорон иһэринэн эрэ иилиллэн сылдьыбыта…
Айдаҥ – элбэх киһилээх аата элбэх киһилээх сир, биир өтөххө бүгэн олорор курдук буолуо дуо, киһи сонуну истэ-билэ турар, Өксөөн да өрүү киирэ-тахса сылдьар; ыалларбыт да сээкэйи баллыгыраһаары ааммытын саппаттар. Эмээхситтэр эбэбэр күннэтэ ыалдьыттыыллар…
Арҕаа Кыргыдай атыыһыта Өлөксүөйэп Сиидэр лааппытыгар итэҕэстэнэн хаайыыга барбыт сураҕа иһилиннэ. Сиидэр – кэлии киһи. Илин Кыргыдайтан Бөтүрүөбэ Маарыйа диэн кыыһы кэргэн ылан баран «Социализм суола» холкуоска олохсуйбута. Эмиэ сир-буор аннынан иһиттэххэ, Алампадьыыстаптаах, туох эрэ дьыалы-куолу кумааҕытын бутуйан, хайа эрэ эридьиэстээх албастарынан эргитэн, бэйэлэрэ сиэн-аһаан баран, буруйа суох киһини уган биэрэн түбэһиннэрбиттэр курдук үһү… Дьонум: «Сиидэр кэргэнэ сордоох икки оҕотун кытта хаалаахтаабыт…», – дэһэллэр.
«Бу күннэргэ, Бүлүү байыҥкыбаатыттан ыҥырык ыытаннар, отой аҕыйах хонуктааҕыта, саастара саҥа сиппит уолаттарбыт утуу-субуу бэбиэскэ тута-тута баран, үлэни кыайар күттүөннээх эр киһибит да туома ордумаары гынна…» – диэн Кыргыдайтан, Балаҕаччыттан холкуос соругар кэлэ сылдьар киирбит-тахсыбыт дьон кэпсэтэллэр.
Айдаҥтан Намыынап Миитэрэй (Хоордук) уола Ньукулай ыҥырылынна. Хассабыык кыыс бэбиэскэни соһуччу аҕалан, Миитэрэй бултуу сылдьар буолан, уолун атаарбакка хаалла…
Били, сайын сүппүт күрүөйэхтэр сүппүттэринэн, туох да сурах-садьык иһиллибэт. Куораттан тахсыбыт милииссийэлэр, ол-бу сорукка таҕыстахтарын аайы, диһэртиирдэр дьонноругар, аймахтарыгар сылдьан сээкэйи эргитэн, угаайылаан ыйыталаһа, билэ-көрө сатыыллар да, күттүөннээх түмүгэ суох төннөллөр. Олохтоохтортон биир эмит дьон баҕар син сээкэйи «сибикилииллэрэ» буолуо да, үҥсэн биэрэр дэрдэм санаалаах киһи суох. Атын холкуоска хайа буолуохтар эбитэ буолла. Аны үҥсүбүт, туоһу буолбут киһи дьыалаҕа-куолуга тардыллан сыһыллара-соһуллара диэн эмиэ биир сор…
Мин от тиэйэн кэлэн баран, күннээҕи сүрүн үлэбин бүтэрэн иллэҥсийдэхпинэ, эдьиийбэр Өксөөҥҥө да сылдьабын, Уоһа Суох Маарыйалаахха да баран кэлэбин. Устунан Айдаҥ дьонун барыларын билэр буоллум, сорохторун – көрөн, сорохторун – кэпсэтэн-ипсэтэн.
Өксөөн дьиэтин иннигэр урукку мэлииһэ ампаара турар. Ону Таппаҕаараптар диэн ыал кэтэх ампаар гынан олороллор. Таппаҕаараптар аҕалара Хабырыыл сылгыһыттыыр, ийэлэрэ Маарпа кыра ыамайдарын Татыйдаах Аанатын көрөн олорор. Үс кыыһа: Биэрэ, Лиза, Маайыкка – Балаҕаччыга оскуолаҕа үөрэнэллэр. Маарпа алтыс оҕотун оһоҕостоох сылдьар. Улахан кыыстара Биэрэ миигиттэн биир сыл аҕа, уоннааҕылар балыстар. Ыаллар ийэлэрэ кэпсэтинньэҥ-ипсэтинньэҥ, элэккэй баҕайы майгылаах дьахтар, аҕалара эмиэ саҥалаах-иҥэлээх, күлүүлээх-оонньуулаах биир үтүө киһи. Маҥнай эбэбин кытары сылдьан баран, кэлин бэйэм кэлэ-бара киирэр-тахсар ыалым буоллулар. Маарпа хотонугар таҕыстаҕына оҕолору көрөн хаалабын хайыыбын, онон ыкса билсэн бардым.
Биирдэ, Маарпалыын мэлииһэ ампаарыгар тахса сылдьыбыппыт. Ыаллар кыһыҥҥы таҥастарын, сээкэй бөхтөрүн ууруналлар эбит этэ. Мин хараҕым сандалы сирэйин саҕа уп-улахан мэлииһэ таастарыгар хатанта. Үүт-үкчү биһиги бурдук тардар суорунабыт киэнин курдук эрээри улаханнара сүрдээҕэ. Бу таастарыгар бурдук мэлийбэт буолбуттара ырааппыт, өссө сэрии инниттэн… Мэлииһэ тааһын оҕус тардара үһү. Уустук оҥоһуулаах быһыылааҕа, эҥин араастаан кэрдиистээн, ымпыктаан-чымпыктаан холбооттоон, ытаһалаан, хараҕалаан аттаран, ыпсаран оҥорбуттара омос харахтыыр киһиэхэ көрүөххэ дьиктитэ. Сүрдээх дьоһуннаах даардааҕа. Мэлииһэ сээкэй тээбириннэрин тус-туспа араартаан кээспиттэрэ сороҕо сүппүт да быһыылааҕа…
Били, Мундулуҥдаҕа бииргэ бурдук быспыт кыргыттарбын Мытыйыс Маарыйатын уонна Аанатаны куруук көрсөбүн. Маарыйа аҕата Мытыйыс Борокуоппай намыһах уҥуохтаах, хатыҥыр, кэнниттэн көрдөххө уол оҕо тойтойон турарын курдук чөрү-чөкөччү оҕонньор. Кыыһыныын иккиэйэҕин эрэ олороллор. Кыра соҕус, хоп курдук ампаар дьиэтин Маарыйа ыраас баҕайытык тутар эбит, киһи кута-сүрэ тохтуох айылаах барыта-бары орун-оннугар хомуллуулаах, дьаһаллыылаах.
Дэриэбинэҕэ хомсомуоллар түмсүүлэрэ диэн баар. Хомсомуолларын кэмитиэтин сэкирэтээрэ – эбээ кыыһа Тыккыр Маарыйа. Өтөр-өтөр ааҕар балаҕаҥҥа түмсэн мунньахтыыллар. «Ырааһы көрөр хамыыһыйа» диэннээхтэр, ону Мытыйыс Маарыйата салайар. Сөп буола-буола окумалларыгар кыһыл өрбөх баанан баран, ыаллары кэрийэ сылдьан, дьиэни-уоту хайдах тутан, дьаһанан, төһө чэбэрдик олороллорун көрөллөр-истэллэр. Кыргыттартан «улахан үөрэхтээхтэрэ» – сэттэ кылаастаахтар. Үс-түөрт да кылааһынан түмүктээбиттэр элбэхтэр, оскуола боруогун атыллаабатах отой үөрэҕэ да суохтар үгүстэр. Сэрии буолан, үлэни-хамнаһы кыайар, сиппит-хоппут эдэр уолаттар суохтарын да кэриэтэ.
Айдаҥҥа Холодоох Уйбааннаах диэн ыаллар бааллар. Үс сии-кырбас, сыры-сыллатааҕы оҕолоох эдэр ыаллар эрээри, сүөһүлэрин хотоно туруорбах балаҕан дьиэлэрин кытта силбэһэ турар. Уйбааны, ырааһы көрөр-истэр хамыыһыйа дьоно хотоҥҥун быйыл эмиэ дьиэҕиттэн араарбатаххын диэн мөхпүт, сэмэлээбит сурахтара иһиллэр. Холкуос үлэһитэ Холодоох: «Эһиил, аны күһүн, көһөрүөм…» – диэн, сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньаммытыгар дылы, хайыҥ охсунан, кыргыттар этэллэринии, «хаһыс да төгүлүн кураанах эрэннэриитинэн» көмүскэммитэ буолбут. Мытыйыс Маарыйата бэркэ абаран: «Эдэр дьон аата, олох саҥа ирдэбилигэр сөбүлэһэ охсон, оҕолорун да санаан, саастаахтары көҕүлүү таарыйа, сэбэр соҕустук олоро сатыахха баара, чэ баҕар кыра оҕолоох дьон дьиэлэрэ сыыһырдын-бөҕүрдүн даҕаны, оттон хотон, олорор дьиэлиин бииргэ сыста, силбэһэ турара, иһинэн сылдьар ааннааҕа баҕас отой, төрүт сөбө суох туттунуу…» – диир. Этиэх эттэҕинэ – кырдьык оннук.
Оҕонньоттор кулуупка муҥха абырахтыыллар. Баҕадьыларын кынатын байбарылаан, ийэтин киэлитин кэҥэтэн, тупсаран биэрэллэр. Аны сааскы туоналарын муҥхатын билиҥҥэттэн бэрийэллэр. Муҥха абыраҕар, били, соҕотох дьэрэкээн бөтүүктээх Уйбаныап Дьэримиэй, Талыабай Уйбаан, Мытыйыс, Ньөкөөрөр, Киспэ Борокуоппай сылдьаллар. Кыра оҕолор, киирэ-тахса баҕадьы таҥылларын, абырахтанарын көрөллөр, ардыгар илии-атах буолан тутуһан эҥин көмөлөһөллөр, ол быыһыгар оҕолор-оҕолоро өтөн мэниктээн кыратык мөҕүллэн, «дьарыллан» да ылаллар. Ордук оройунан көрбүт Киргиэлэйэп Дайыыл оҕо тиийдэҕинэ айдаан хайаан да тахсар. Дайыыл хаһан да бэтиэхэтэ суох сылдьыбат. Быралгы этэринии, кыра уол үөннүрбэтэҕинэ «иһэ ыалдьар» үһү.
Аны Айдаҥҥа Сүөдэрэп Ньукулайдаах – Тыккаайдар диэн ыаллар бааллар. Сүөдэрэптэр диэн ааттара туттуллубат да быһыылаах, дьон-сэргэ Тыккаайдарынан эрэ билэллэр. Тыккаай – сылгыһыт, кэргэнэ Аана эмиэ холкуостаах. Биэс оҕолоохтор. Дьөрөллөөн, Чукчакыын, Суубуй, Бойбохо диэн уолаттардаахтар, Маайа диэн кыыстаахтар. Чукчакыын (Күүстээх Лобоойоп уола Ньукулайдыын хос ааттара биир) миигиттэн аҕа, Дьөрөллөөннүүн араа-бараабыт. Чукчакыын холкуоска үлэлиир. Ньукулайдаах Аана иккиэн эйэҕэс-сайаҕас, үтүө өйдөөх-санаалаах дьоннор эрээрилэр, оҕолоро төрүөтэх дьикти айылгылаахтар – Дьөрөллөөн, Чукчакыын, Суубуй эрэйдээхтэр өй-санаа өттүнэн итэҕэс-быһаҕас айыллан төрөөхтөөбүттэр. Бойбохолоох Аана – дьон-дьоно. Чукчакыын муҥнаах төһө да киһиттэн итэҕэс айыллан «түҥ-таҥ» тылластар, тугу соруйбуккун улгумнук, тук курдук толорор, ол да иһин холкуоска үлэлиир. «Биирэ итэҕэс буолан баран, атына алыс» диэбиккэ дылы Чукчакыын өйүнэн мөлтөх эрээри, айылҕа барахсан тура күүһү баҕас хатаҕалаан бэрсэ сатаабыт уола. Эр дьон дьээбэлээн мас да тардыһан көрөллөр, тустан да хачымахтаһаллар – Чукчакыын кими да киһилээбэт. Албас тайма диэни төрүт билбэт уол, бэрт сатамньыта суохтук мадьыктаһар эрээри, дьэ охтубат сүһүөхтээх киһи диэн кини, умса тардыа, туора садьыйыа эрэ кэрэх, утарсааччыта буору «сыллаабыта» эрэ баар буолар. Чукчакыын бүдүрүйбэт сүһүөҕүн дьон эрэ барыта сөҕөр. Уол барахсан сытыары-сымнаҕас майгылаах, ол да иһин дьээбэлээн, бадьыыстаан сордууллар. Сорохтор аахсыбат эрэ диэн наһаалыыллар да быһыылаах. Чукчакыын күрэс былдьаспыт киһитин хоттоҕуна, кыра оҕо курдук ытыһын таһына-таһына, өрө ыстана-ыстана үөрээхтээн бөҕө буолар. Бүтүн сүүрбэтигэр чугаһаабыт уол сирэйин бэрт олуонатык тутта-тутта үөрэн-көтөн, күлэн саһыгырыы-саһыгырыы эйэҥкэлиирин көрдөхпүнэ олус диэн аһына саныыбын. Таҥас-сап да мөлтөх эрэйдээҕэ, барыта абырах-ибирэх, ардыгар, бэл кыһын аам-даамҥа сорох сиринэн этэ көстөн кылбайа сылдьар тырыттыбыт, халтаҥ таҥастаах буолар да, төрүт тоҥор диэни билбэт киһи…
Өйүнэн мөлтөх, киһи эрэ аһыныах, өс хоту сылдьар Чукчакыын муҥнааҕы солуута суох үтэн-анньан, сороҕор бэрт быдьардык даҕаны хаадьылыылларын – биир бэйэм төрүт сөбүлээбэппин, оннук дьону ис-испиттэн абааһы көрөбүн. Ньүдьү-балай баламат майгылаахтар-сигилилээхтэр, сыа быыһыгар быччархай кыбыллыбытыгар дылы, хайа да сиргэ, ханна да бааллар.
Айдаҥҥа, Мохчолоһо Уйбаана диэн, куолдьар тыллаах-өстөөх, саарбах соҕус киһи баар. Ол киһи биирдэ сугулаан иннигэр эр дьон, эмиэ да дьахталлар, эргэ муҥха тэлгэтиллибитин көрө-истэ, сээкэйи кэпсэтэ олордохторуна, сэһэргэһэн хоҥкуҥнаһар оҕонньоттор ыксаларыгар, халлаан диэки хантайан өрө мылаарыҥныы турбут Чукчакыын ыстаанын иһигэр, сэмээр кэнниттэн сыбдыйан кэлэн, лоһугуруу тоҥмут хаардаах-муус үлтүркэйин уган кэбиспитэ. Чукчакыын эрэйдээх соһуйан, өтөрү кэйдэрбит борооску курдук орулаат, дьон баар диэн саатан, кыбыстан көрбөккө, көлөһүннээх ат буутайыныы килэрийбит дьыгынаал ыстаанын ньылбы баттаат мууһун-хаарын ыраастанан муҥнаммыта… Ону көрөн мин Мохчолоһо Уйбааныттан улаханнык кэлэйбитим, сидьиҥиттэн саллыбытым… Мохчолоһо уола, Чукчакыын сордоох хайдах да буолуон булбакка, саатар сирин кыбыстыбакка көрдөрөн, оһуокайга көтөн эрэр киһилии бэдьэҥэлиирин көрө-көрө, ыйа-ыйа биир кэм күл да күл буолбута… Дьахталлар часкыытаһаат айахтарын саба тутта-тутта сугулааҥҥа киирэн хаалбыттара, баллыгыраһа олорбут оҕонньоттор Мохчолоһо Уйбаанын тайах мастарынан сыыһа-халты охсон үүрэн ыыппыттара.
Ити түгэнтэн ылата мин Мохчолоһо уолун бэрт куһаҕаннык саныыр, дьонтон арааран атыҥырыы көрөр буолбутум. Сидьиҥ киһи түктэри кэмэлдьилээҕэ бэл сирэйигэр-хараҕар кытары сурулла сылдьар курдук буолар эбит этэ. Уйбаан бэйэтэ Мохчолоһо оҕонньор, Өрүүнэ эмээхсин диэн үтүө майгылаах оҕонньордоох эмээхсин соҕотох уоллара. Ол эрэн, дьоно муҥатыйалларыныы, кими батан итинник быһыыламмытын туох да билбэт.
Уйбаан сиэргэ баппат түктэри кэмэлдьитэ, сурах-садьык хоту иһиттэххэ, бэрт үгүс… Бэйэтэ угаайылаах өйө диибин диэн сүрдээх. Чыыннаах-хааннаах дьону, боломуочунайдары, аҕытаатардары сирэйдэрин эрэ салаабакка, ньыла көтөн эккэлээн эйэҥэлиир. «Ат сүүрдэҕинэ ыт хаалсыбат» диэбиккэ дылы – сыыһа да, сөп да буоллун, мэлдьи «ыйааһыннаах» дьон эппитин-тыыммытын эрэ сэҥээрэр. Киниэхэ дьыала ис дьиҥин толкуйдаан, ырыҥалаан көрөр эт мэйии диэн суох киһитэ. Мин испэр «итинник дьон салалтаҕа олороллоро, үрдүк чыыннаналлара эбитэ буоллар – бар дьону сиэх этилэр» дии саныыбын…
Биир күн, бэйэм соҕотоҕун Арыылаахпыттан от тиэйэн тахсан баран Таһарахтыыр оҕонньордооххо, кыра талах туркуга соһон, талкы илдьэн биэрэ бардым. «Эмээхсин талкытын уларыстын» диэн илдьиттээбиттэр. Таһарахтыыр атаҕын дьарҕата бэргээн, (эдэригэр, Түҥ өрүс үөһээ салаатыгар, Тигии Тумса диэн сиргэ эһэҕэ сохсо туруора сылдьан, баттык мас сууллан, бэрбээкэйин сүһүөҕүн үлтүрүппүтэ үһү) букатын соһуллан хаалан, онно-манна барбат-кэлбэт, улахан соругар эрэ, тайахха тэптэрэн хааман дуомнанар. Ойоҕо Ылдьаана кэм арыый да ама киһи дьиэтин күннээҕи түбүгүттэн ордубат. Сылгы тириитэ дуу, тыһа дуу имиттээри гыммыттар. Эмээхсиннээх оҕонньор кэлиҥҥэ диэри кэм тэтиэнэхтэрэ эбитэ, ону биир үксүн оҕолорун да аһыытыгар ньамньыраахтаабыттар. Кыра уоллара Ньукулай сэриигэ өлбүт, Ыкынаачайдара (били, миигин Быркылаахха, Маарыйа эмээхсиҥҥэ аҕалбыт уол), Арҕаа Кыргыдайга сэбиэттии баран баран, иһэ ыалдьан, очоҕоһо бааллан соһумардык быстан турар.
Үнүр биһиэхэ Былатыанаба Сөдүөрэ диэн дьахтар киирэ сылдьыбыта. Саас ортолоох эрэ дьахтар эрээри отой эмээхсин курдуга, букатын мап-маҥан баттахтааҕа, тугу да сэҥээрбэт буолбут, синигэр түспүккэ дылы ынырык дьүһүннээҕэ. Күнү көрдөрбүт баар суох соҕотох Уоһук диэн уоллааҕа сэриигэ ыҥырыллан, икки сыл курдук сылдьан баран өлбүт. Сөдүөрэ уолун аһыытыгар иэдэйээхтээбит этэ, «муҥнаах муҥатыйарын, сордоох суланарын сөбүлүүр» диэбиккэ дылы: «Аны кэлэн оҕолонор сааспын ааспыт киһибин… Орто дойдуга кэлэн дьүһүн кубулуйаахтаабытым диэн Уоһугум эрэ этэ, чыычааҕым, сүрэҕим ытарҕата, оҕом барахсан уҥуоҕа ханна ый-күн ыһыаҕа буолан ыһыллаахтаабыта биллибэт… Кимим кэлиэй кини кэннэ… олох олороохтоон да диэн… Мин баҕас сынньалаҥ соҕустук «баран» да хаалбыт киһи баар ини…» – диэн иэйэн-туойан муҥнанара. Тустаах киһиэхэ, итинтэн ордук амырыын алдьархай, ыар охсуу ама туох кэлиэй… Иэдээн!.. Барыта сэрии алдьархайа, сэрии содула… Төһөлөөх элбэх харах уутун тохпута, төһөлөөх үгүс – эдэр да, эмэн да олоҕун огдолуппута, кэрэгэй дьылҕалаабыта, түҥнэри түөрэхтээбитэ буолуой – ити айылаах «күн туллар, күһэҥэ быстар» сэриитэ…
Сөдүөрэ тахсыбытын кэннэ эбэм: «…Сору көрөөхтөөбүт муҥнаах, икки атахтаах хараҕын уута бүппэтэ кэллэҕинэ дьэ бүппэт, элбиир да буолар эбит… Аа, эрэйдээҕим сыыһа, өлүү айаҕын нэтээгинэн бүөлээбиккэ дылы, миэхэ уоскуттараары киирээхтиир буоллаҕа… Муҥнааҕыҥ баара өссө таһараа ыалларыгар ымсыыраахтыыр ээ, кинилэр икки уолларын сүтэрдилэр, ол эрэн кыыстара баар дии, миэхэ буоллаҕына тугум да суох диэн…» – диэн кыһалҕалааҕы аһынан саҥарбыта…
Туркубар талкыбын соһоммун Талыабай Уйбааннаах тэлгэһэлэрин таһынан ааһан истэхпинэ, дьүөгэм Бороскуобуйа хотонун таһыгар түбүгүрэ сылдьан, миигин түбэһэ көрөн ыҥырбытыгар тохтооммун сээкэйи кэпсэттибит. Борускуобуйа – Талыабай Уйбааннаах, Быркылаах уҥуор олорор Лэкээрэй эмээхсинтэн ылан ииттибит кыыстара. Урут дьукаах олорбут ыаллар кэлин тус-туһунан буруо таһаарыммыттар. Ньаадьылыылар бэйэ-бэйэлэригэр өрүү сылдьыһаллар, сүрдээх иллээх-эйэлээх ыаллар. Борускуо, быстах кэмҥэ, кулуупка остуорастыыр: оһох оттор, дьиэ сууйар уонна хомсомуоллаах киһи быһыытынан барыга-бары көхтөөхтүк кыттан сүүрэр-көтөр.
Дэриэбинэҕэ соло, быыс-арыт буллаллар эрэ дьон мустан, түмсэн сээкэйи сэһэргэһэр, кэпсэтэр ыаллара баар буолаллар. Биир оннук ыалларынан Айдаҥҥа – Талыабайдар.
Талыабайдаах дьиэлэрин иннигэр олох мастар баалларыгар чөкөһөн оҕонньоттор бүөмнээн тугу эрэ ыаһахтаһаллар, күллэхтэринэ сэҥийэлэрин бытыга сэпсэҥэлиир. Кинилэргэ Ньөкөөрөр Өндөрөй, Тартаайа диэн миигиттэн аҕыйах сылынан эрэ аҕа уолунуун кэлэн эбилиннилэр. Тартаайа кылгас соҕус ураҕас тута сылдьарынан салгыны охсон кууһуннартыыр. Сотору өссө Уйбаныап Миитэрэй – Чөөдүү диэн, хаҥас илиитин төрдүнэн сүтэрэн быйыл сайын сэрииттэн кэлбит киһи кэлэн холбосто. Чөөдүү халтаҥ сонун хаҥас сиэҕин сиэбигэр уктан кэбиспит. Миитэрэй дьоно суохтар, инилэрэ Сэмэн уонна Хочунуоп (хос аата) иккиэн сэриигэ өлтөрө, убайа Хатааһын Мэхээлэ сэрии арыый иннигэр лааппыга атыыһыттыы олорон итэҕэстэнэн хаайыыга барбыта (ойоҕо, баай Сынный кыыһа Маарыйа – тугу тыыммытынан сылдьар ыскай дьахтартан сылтаан итэҕэстэммитэ диэн дьон кэпсэтэллэрэ, эрэ түбэспитин кэннэ арахсан турар). Чөөдүү да, Хатааһын да биһиги Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпитинэ сылдьааччылар. Хатааһын үрдүк, улахан уҥуохтаах киһи этэ, дэлэҕэ хаайыыга барарыгар, миигин, биэстээх кыыһы, бүлгүммүттэн ылан бэйэтигэр эпсэри тардан төбөбүн имэрийэ-имэрийэ: «…Оҕом муҥнаах саатар ыстааным билэтигэр тиийбэккэ хааллыҥ, кэлэрбэр төһө улахан киһи буолан тоһуйаҕын…» – диэхтиэ дуо. Мэхээлэ хаайыыттан үргүлдьү үлэ боруонугар Буухта Тиксиигэ барбытын айыыта… Таайбын кытта Оттооххо олорор кэммитигэр – Чөөдүү Миитэрэйдээх – түөрэ сэриигэ ыҥырыллыбыттара ырааппыт дьон этилэр. Миитэрэй: «Ити айылаах алдьархайтан оннооҕор эн ордубуккун, ол биһиги диэн «тото аһыы-аһыы» сэриилэһэ эрэ сылдьыбыт дьон буоллахпыт…» – диэн наар, өрүү миигин аһынан тахсаахтыыра.
О проекте
О подписке