Иннибэр киэҥ-киэҥник хардыылан испит Баһылай тохтоон, тарбыйах үтүлүктээх илиитинэн ыйбыт сирин хоту көртүм – ычыкын быыһыгар биир туус маҥан куобах тэптиргэҕэ ыйанан тэйгэйэн турар. Үнүр манна табысхааҥҥа саҥа туһах иитэлээбитэ, онон бу эҥээр бастакы куобах ылсыым. Баһылай хас да табысхааны Арыылаахтан бэйэтиттэн ылбыта.
Тэптиргэҕэ тэйгэйбит куобаҕы сонно тута араарбакка маҥнай хайа диэкиттэн кэлэн иҥнибитин эҥин сылыктаан, чинчийэн көрөн тура түстүбүт. Дьэ ол кэннэ биирдэ эрэ булпутун арааран, кыл туһаҕын көннөрө түһэн баран хат иитэн кэбистибит.
Куобаҕы икки кулгааҕыттан ылан ыараҥнатан көртүм тэс курдук, табысхаан сиппит көп түүтүн имэрийэ түһэн баран туора сүгэн испит манааҕабын ылан уктум.
– Көр, дьэ маннык иитэҕин, – диэн Баһылай үөрэтэр. – Бэйэҥ кэрийэн көрдөххүнэ туһаххын бу курдук оҥотор буол…
Табысхаан тэптиргэҕэ иҥиннэҕинэ атаҕа сиргэ тиийэр-тиийбэт тэпсэҥэлии турар буолуохтаах, онтон өскөтүн атаҕа сиргэ отой тиийбэт түбэлтэтигэр куобах маҥнайгы соһуйбут омунугар түүрүллэ түһэн баран кэлин атаҕынан кыл туһаҕы быһа тэбэн кэбиһэр үһү.
Улахан Баһылай булт ымпыгын-чымпыгын эгэлгэтин туһунан ээр-сэмээр, наҕыл куолаһынан арааһы быһаарар, такайар.
– Араас буолуон сөп, ардыгар тэптиргэ маһа хамнаан, эбэтэр иһиттэн, атаҕыттан эҥин иҥнэн табысхааныҥ мөҕө олоруо, оччоҕо булкун бохсуйан баран биирдэ эрэ араарыахтааххын, тыыннаахтыы төлөрүтээри аны аһыҥ хаатын хайа тэптэрэн алдьархай буолуо, табысхаан туох да сүрдээх күүскэ тэбэр баҕайыта, – диэн Баһылай күлэ-күлэ сүбэлиир.
Мин булчут киһи саҥатын сыыска түһэрбэккэ бэркэ болҕойон истэбин, ылынабын, сороҕор улаханнык дьиктиргээбиппин хат нэмийэн токкоолоһобун.
– Куобах ол оччо айылаах күүскэ тэбэр дуо?
– Оо, тыын былдьаһыгар сүрдээх буоллаҕа дии. Табан тэптэҕинэ арбаҕаһы хайа тэбэн кэбиһэр кыыл диэтэҕиҥ…
– Тоҕо сүрэй… – улаханнык сөҕөбүн.
– Дьэ оннук, онон сэрэниэхтээххин…
Туһах иитиллибитин кэннэ салгыы хаамабыт.
Табысхаан бу ычыкыннаах, чыыбаайылаах, өлгөм сиибиктэлээх сири сөбүлээн, дэлэй төрөөбүт-ууһаабыт быһыылаах, холлороон курдук ороҕо ити-бу суолбутун быһа охсон ааһар; сорох орох усталыы дьурулаан кэлэ-кэлэ хас да салаа буола арахсар, уҥа-хаҥас тырыкаайданан сэмээр сүтэр-симэлийэр. Табысхааны сылгы инитэ дииллэрэ кырдьык, ол биир туоһутунан уһун кыһыны быһа, син биир дьөһөгөй оҕотун курдук, хаары хаһан аһыыр үгэһэ: онно-манна отон угун, муоҕу, лабыктаны тибилийбитэ ытыгырыыр…
Булт тэрилэ ымпыга-чымпыга, араас албаһа элбэҕин сөҕөбүн. Баһылай туттара-хаптара ылбаҕайа сүрдээх, сааһын тухары дьарык оҥостубут киһи үөрүйэҕэ да бэрт буоллаҕа, кини туһах иитэрин киһи көрдөр-көрөн туруох курдук. Үнүр кэлэ сылдьан биэс туһаҕы ииппит, барыта хатыйыы тэптиргэлээхтэр.
Бүгүн хас да саҥа туһаҕы чөҥөрүттүбүт, онно илии-атах буолан көмөлөстүм. Баһылай манааҕатыттан чохороон сүгэтин ылан, биитин мас хаатын сүөрэн тэптиргэҕэ сөп буолар титириктэри быһыталыыр. Үс титириги төбөлөрө хардарыта аасыһар гына туруортуур, холбоһор сирдэрин талаҕы көпсөлөөн баайан туттарар уонна ол ыккардыгар, ачаахха, тэптиргэтин маһын кыбыта уурар. Кыл туһаҕын хоймостубатын диэн, орох икки өттүгэр аспыт кэйим маһын быһах төбөтүнэн сиирэ анньан онно иҥиннэрэр. Ардыгар отунан бобо тардар. Итинник гымматаҕына тыалга-кууска туһах тиэрэ эргийэн табысхаан халты ааһан хаалыан сөп. Туһах төрдө элбэрээк сүргүөҕүн ис төбөтүгэр бааллар. Элбэрээк – сүргүөхтэммит талах, ону икки араастаан иитэллэрин туһунан Баһылай кэпсиир. Тутум эрэ саҕа буолуон сөп, оччоҕуна тэптиргэҕэ туһаҕыттан бааллар; аны талаҕы уһун гыналлар, оччоҕо элбэрээк буолбут талахтарын төрдүн хайытан дэлби имитэн, сымнатан баран тэптиргэ төбөтүгэр бэйэтин-бэйэтигэр хам кэлгийэн баайан кээһэллэр. Туһах иитиллэн баран элбэрээгин сүргүөҕүттэн ыксатыгар турар маска ойо охсон оҥоһуллубут анал олукка иҥиннэриллэр. Табысхаан орох хайа баҕарар өттүттэн сүүрэн иһэн туһаҕы кэтэн тарта да, били, тэптиргэ ыйааһынынан тардан турбут элбэрээгэ олугуттан төлө барар – куобах тэйгэйдэҕэ ол…
Баһылай тэптиргэтэ барыта «ураһалыы» туруоруу, арай, сир харатыгар, мас ириэнэҕэр бүкээх гынар. Туһахтарын элбэрээгэ даҕаны барыта төрдүлэрэ хайытыллан, имитиллэн баран тэптиргэҕэ бааллыбыттар, түөрэтин кыл гыннахха ночооттоох үһү, кырдьыга да оннук, туһах хатар да үлэттэн тахсар.
Баһылай биһикки үс туһаҕы эбии иитэн аны аҕыс туһахтанныбыт. Бэрэҕэ кэлиэхпитигэр диэри үнүр иитиллибит биэс туһаҕы көрдүбүт. Бастакы табысхааммытыгар эбии өссө иккини ыллыбыт, онон ордубут икки эрэ туһах кураанахтар. Үһүс куобахпыт кыра куобах, өссө онтукайыҥ, киһи дьиктиргиэх, дьыл баччатыгар диэри ситэ маҥхайбатах, көхсө бороҥ, өрөҕөтө эрэ кылбайбыт. Баһылай: «…Һатана иккис төрүөҕүн бүтэһигэ быһыылаах, аны-аныаха диэри бороҥ буола-буола… һэһэ…», – диир.
Дьэ ити курдук барыны-бары хото сэҥээрэн кэпсэтэ-ипсэтэ Арыылаахпыт Бэрэтигэр кэллибит. Ыллык күөл үрдүнээҕи өтөххө киирэн симэлийэн хаалла. Өтөх добуоччу киэҥ эбит, мин урут сылдьа илик сирим, онон барыта сонун. Дьон олохсуйа сылдьыбыт туоһута – балаҕан сэмнэҕэ да, күрүө элээмэтэ да баара көстүбэт. Өтөх саҕатыгар, үрдүк мэҥэ халлааҥҥа өрө тарбачыһан дьулуһа сатаабыкка дылы, баараҕадыйбыт аарыма тииттэр үүнэн тураллар, силлэриттэн-боллоруттан түһэннэр чэгиэннэрэ сүрдээх быһыылаах. Мин хараҕым ордук биир бэлиэ тииккэ хатанна: хаһан эрэ өрдөөҕүтэ төбөтө тостубут дуу, туох дуу – ол да иһин буолуо, тиит төргүү мутуктарыттан саҕалаан үөһээ өргөстөрүгэр тиийэ, киһи эрэ сөҕүөн курдук модьураабыттар уонна элбэх баҕайы салаа буолан хойдубуттар ахан, «сайын, мутукчата сараччы баран кылыыланан тыллан турар кэмигэр, оо, кэрэ да көстүүлээх буолуо ээ…» дии саныыбын.
– Ээ, бэйи!.. Биһиги куобахтарбытын манна хаалларыахха буоллаҕа, тугун таһаҕас оҥостон сүгэ сылдьан, төннөн иһэн ылыахпыт… – диэн Баһылай табысхааннарын биир манааҕаҕа уган синньигэс титирик төргүү мутугар ыйаан, хаалларан кээстэ…
Өтөх турар сирэ күөл кырдалыгар холоотоххо намтал эбит. Арыылаахтан түһэр от үрэх уолбут, саас лаппа дириҥиир, сүүрүктэнэр үһү. От үрэх силээнин ааһа көтөөт да кырдалга тахсаҕын. Кырдал күөлү уҥа өттүнэн эргийэ барар, түөрэтэ хоп-хойуу отон уга, сылгылар тэпсэн сорох сирин хараардыбыттар. Үрдэл тыа өттө, түөрэн ылан лөглөччү олордуталаабыкка дылы, арыы-арыы ычыкыннардаах, эмиэ да кур сэтиэнэхтээх, талахтаах сиикилэрдээх. Сотору, киһини түөһүн тылынан, биир сиртэн сараадыччы, хойуутук үүнэн тахсыталаабыт кытыаннаах сир кэллэ. Кырдал саалынан тымыр курдук тыргыллар ыллык, сайын сир ириэнэҕэр кыыл-сүөл сырыырҕаан, хаһаннар, ардыгар сото ортотунан дириҥээн куоһаахтанан ылаттыыр, ол аайы от-мас силиһэ тырыкаайданар, онтон иҥнэн өрө хантаарыҥныы иһэн туруйалаан эҥин да ылабыт… Ыллык күн көрөр өттүн кырылас кумаҕа хараара сытарын бэрт өтөрдөөҕүтэ хас да улар таастаан сиэн хаһан тунайдаабыттар. Көтөрдөр урукку суоллара эмиэ көстөр, үнүр хаары бөһүтэ сылдьыбыт ириэриигэ суоллара ууллан, улаатан хаалбыта туома эһэ баппаҕайынан тирэнэн тиҥсиринэ сылдьыбытыгар дылы буолбут.
Киһи кута-сүрэ эрэ тохтуох айылаах күөлү эргийэ барар үрдүк кырдал лиҥкинэспит бөдөҥ тиит мастарынан ситэри тупсубут. Мин кумалааннаах бөдөҥ мас элбэҕин сөхтүм. Сорох көҥдөй иһиттэн сайыҥҥы чыычаахтар уйаларын отторо намылыһан, санньылыһан тураллара көстөллөр. Өргөстөнөн тахсыбыт тиит салааларын ыккардыгар тураах дуу, суор дуу арбахтара харааран тураллар. Иннибэр, оол курдук, өссө биир арбахтаах тиит көстүбүтүн көрөн «суорбут уйата тоҕо элбэҕэй» дии санаан аһардым, онтум өйдөөн одууласпытым оруктаах мас эбит – биир сиртэн чохчолоһо үүнэн тахсыбыт хойуу мутук. Оруктаах маһы тыаҕа таҕыстахха киһи син түбэһэ түһэн харахтыыр айылҕа биир дьикти көстүүтэ. Түгэнтэн сиэттэрэн арааһы эргитэ саныыбын, оругу көрөн, дойдубар Арҕаа Кыргыдайга Оруктаах диэн муҥхаланар күөл баарын тэһэ саныыбын. Киһи сылдьарын тухары бииртэн-биир санаа утаҕын бэйэ-бэйэлэрин кытары ситимнээн бара турар үгэстээх. Дьон кэпсэлин иһиттэххэ, сорох мөлтөх харахтаах булчут, үөл-дьүөлгэ, борукка, оругу көтөр олорор дии санаан саанан ыппыт түбэлтэлэрэ кытта бааллар.
Өссө орук туһунан эбэм биир дьиктини кэпсээн турар. Былыр эдэр кэргэнниилэр хас да сыл ыал буолан бииргэ олорон баран оҕоломмотохторуна оруктаах мастан оҕо көрдөһөллөр эбит. Тоҕо ала чуо оруктаах мастан көрдөһөллөрүн билбит суох. Бүтэй эттээх-сииннээх киһиэхэ көстүбэт хайа эрэ үрүҥ айыы биллибэт «дьоно» сүбэ сүбэлээтэхтэрэ… Дьэ ол оҕо кыайан үөскээбэтэх дьахтара оҕо кута көрдөһөн, оруктаах мас анныгар үрүҥ аас сылгы тириитин тэлгэтэн, маннык сиэргэ-туомҥа кэтиллэр анал тигиилээх туоһахталаах дьабака бэргэһэни кэтэн, иннигэр кыынньыбыт дьэҥкир ынах арыылаах чохоолу уурунан, сөһүргэстээн олорон дойду иччититтэн аат-ааттаан, үҥэн-сүктэн, кыһарыйбыт кыһалҕатын кыһаллан туран этинэн көрдөһөрө, ааттаһара эбитэ. Дьахтар ити курдук аймаһыйан, аһыллан туран ааттаспытын кэнниттэн, кини көрдөһүүтүн көстүбэт улуу күүстэр истибит, ылыммыт, иччилээх тылын-өһүн «сээ» диэн сэҥээрбит буоллахтарына – үөһэттэн, дьикти «үөн» кэлэн үрүҥ сылгы тириитэ олбоххо түһэрэ эбитэ. Дьахтар ону сиргэммэккэ, куттаммакка – сүбэлээбит, ыйбыт «эйгэтэ» тугу сибигинэйбитинэн хап-сабар хаба тардан ыла охсоот, били, чохооллоох арыытыгар угаат, сонно арыытын кытта бииргэ иһэн, ыйыстан кээһиэхтээҕэ үһү… Ол түспүт үөн ооҕуй буоллаҕына дьахтартан кыыс оҕо төрүүр эбит. Аны туран биир дьиктилээх – орук оҕото тордуос майгылаах уонна эбиитин үйэтэ кылгас буолара үһү. Итинтэн сиэттэрэн үлэни-хамнаһы кыайар-хотор, саастарын үгэнигэр сылдьар эдэр дьон быстах былаҕайга былдьатан оһолго, эбэтэр ыалдьан өллөхтөрүнэ «орук оҕотугар дылы кылгас үйэлэннэҕэ баҕас тоҕо бэрдэй…» дэһэллэр…
Кырдал тыа диэки өттө эмискэ дэхси кырыс сир буолан барар, эмиэ арыы-арыы ыркыйдаах. Үрдүк сир саалыттан көрдөххө син тэйиччи, оол курдук, бөдөҥ тыа иһигэр, саһа, кирийэ сатаабыкка дылы тыымпы көлүйэ көстөр. Мин ити көлүйэ хайаан да ааттааҕа-суоллааҕа буолуо диэн ыйытаары салгыны эҕирийэн айахпын атан эрдэхпинэ Баһылай бэйэтэ быһа түһэн:
– Оол, көлүйэ көстөр, көрөҕүн? – диир.
– Көрөн.
– Кээрэҥээ диэн көлүйэ. Тыаллаах-куустаах, ардахтаах, сипээ күн ити көлүйэҕэ кус тахсан бүгээччи. Күһүн хааман куобахтыы сылдьан өҥөйдөххө да, хойукка диэри кустаах буолааччы. Урут сылын аайы орулуос, ньырдаайы киллэрээччи, кэлин өссө сылдьыбыт да суох. Бэрэ Арыылаахха түһэр от үрэҕэ ити көлүйэни кытта ситимнээх. Көлүйэттэн тахсан барар үрэх, киһи ыстанан ааһар синньигэс эрээри, хараара чөҥөрүйэн сүрдээх дириҥ…
«Орулуос кус ити кырдал кумалааннаах тииттэригэр төрөөн баран, оҕолорун ол көлүйэҕэ киллэрэн эрдэҕэ…» диэн арааһы саныыбын.
Онон-манан абына-табына үүммүт кытыан быыһыгар ииппит Баһылай уларын туһаҕын бастакы хандаалаах тоҥуута көһүннэ. Хатыйыы тоҥуутун үс-түөрт, сороҕор икки, биир да айахтыыр эбит. Хас да тоҥууну аастыбыт, туох да иҥнибэтэх, көтөр түһэ сылдьыбатах. Салгыы хаамтыбыт. Баһылай табахтаабат онон тохтоон олоро эҥин түспэт, биир кэм бэдьэйэр…
Кырдал арыый намтаата: ото-маһа өссө тупсубукка дылы буолла, хатыҥ булкаастаах ойуурданна, аны өссө көөнньүбүккэ дылы дыргыл сыттаах сиһик үүммүт сирэ кэллэ. Тыа маһа мутукчатын, сэбирдэҕин суйдаммыт, арай, ала чуо сиһик эрэ ыыс-араҕас буола хагдарыйбыт сэбирдэхтэрин түһэрбэккэ тыаһы иһиллээбиттии саһарымтыйар.
Мин ордук биирдиилээн үүммүт модьу да модьу, бөдөҥ, суон тииттэри кэрэхсээн одуулаһабын, били, эһэм Өлөксөй оҕонньор кэпсиир остуоруйаларын дойдута бу курдук оттоох-буолуо, эчи үчүгэйин, онно сылдьыбыт киһи баар ини диэн эҥин эгэлгэни бары түөһэрбиттэн, ардыгар, бэйэм-бэйэбиттэн сонньуйан ылабын.
Төһө да кыстык хаар кылбайа түһэн – тыа, ойуур сайыҥҥы дьэрэкээн таҥаһын устубутун иһин, кини бэйэтин абылыыр кэрэ көстүүтүн син биир сүтэрбэт. Сыл хайа да кэмигэр ийэ айылҕа барахсан хатыламмат ураты кэрэтин хаһан да өлбөөдүппэт; өйү-санааны өрүкүтэр, абылыыр дьиктитин сатаан болҕойон, өйдөөн, сыныйан сэҥээрэн эрэ көрүллүөхтээх…
Бэл санааргыыр, сүөм түһэн хараастар кэмнэргэр ийэ айылҕа эн курус түгэҥҥин тэҥҥэ үллэстэн санньыйан ыларга дылы гынар; санааҥ эгди буолбут үтүө түгэҥҥин эйигинниин бииргэ үөрсэн эйэҕэс сипсиэринэн сипсийэн эбии дьоллуурга дылы арчылыыр… Оо, айылҕа… Айылҕа барахсан…
Өссө биир тоҥууну көрдүбүт да, туох да иҥнибэтэх. Күөлбүт кыра, дьаһамыр күөл, онон эбэбит уҥуоргу өтөҕөр кэлэ оҕустубут. Эрбэһининэн, дөлүһүөнүнэн, сиҥнибит уҥучаҕын тулата хаптаҕаһынан саба үүммүт дьоҕус өтөх. Илин өттүнэн ааннаах балаҕан баара үрдүн аҥаара сууллубут, симии оһоҕун мас титирик ураата быган турар сирэ эрэ ордубут. Хата ол оннугар дьиэ иннигэр дьэндэйбит модьу сэргэ хайа да диэки иҥнэйбэккэ, көбүс көнөтүк, бэрт сэргэхтик дьоройон турар. Балаҕан ыксатынан ааһан иһэн көрбүтүм, тураҕас сэргэ анныгар хайа сахтааҕы суоруна тааһын элээмэтэ иҥнэри түһэн сытаахтыыр… Оо, төһө эрэ туорааҕы мэлийбит суоруна эрэйдээх, туһата ааһан бу манна сэргэтин доҕор оҥостон таалбытын туох билиэ баарай…
Өтөх тыа өттүгэр кыра булгунньах оҕотун курдук томторҕоноҕо тупсаҕайкаан бэйэлээх кубаҕай тэтиҥнэр үүнэн дьулугураан тахсыбыттар, модьулара сүрдээх, бэрт өрдөөҕүттэн үүммүт чинчилээхтэр. Тэтиҥнэр анныларынан ааһан иһэн, үгэспинэн, үрүҥ субаларын имэрийэн, таптайан ылабын. Бурдугу биспиккэ дылы «дуйдаах» тэтиҥнэр умнастарыгар тарбахтарым сүрэхтэрин суоллара тараахтанан хаалаллар. Испэр «ити сотон ааспыт ойуу-оһуор – мин кэлэн ааспыт бэлиэм, туоһум буолан төһө өр туруохтарай» дии саныыбын… Дьикти иэйии саба кууһар…
Баһылай өтөх кытыытыгар хас да айахтаах тоҥуулаах эбит.
– Һок, көр эрэ, бу да бэрт, – диэн сэмээр саҥа аллайар.
Улар туһаҕар икки бочугурас иҥнэн тэптиргэҕэ ыйаммыттар.
– Бочугурастар иҥнибиттэр дуу? – диэн мин көрөн да турдарбын ыйытабын.
– Хата бу тоҥуу барахсан куруук «кэһиилэнэр» ээ, үнүр мантан эрдэҕэс ылбытым, ити айахтан, – Баһылай көтөр кынатыгар эрийбит кыл туһаҕын араара-араара ыйан көрдөрөр. – Туһаҕын тоҥуу лабаатыгар эрийэн элбэрээги төлөрүппэтэх этэ.
Кырдьык да, үнүргү кэннэ хаар түспэтэх буолан, көтөр иҥнэн мөхсүбүт сирэ көстөр: тоҥуу айаҕар эрдэҕэс эриэн түүлэрэ ыһыллыбыттар, көннөһүллэн хат иитиллибит туһах ала бэлиэ.
Бочугурастары ылан эр-биир сирийэн көрдүм, көтөрдөр иҥнибиттэрэ ырааппыт, бөһүйэн хаалбыттар. Муннубун бочугурас түөһүн түүтүгэр уган сыллаан көрөбүн. Мас көтөрө атын көтөрдөртөн туох эрэ, тылынан сатаан этиллибэт дьикти минньигэс бэйэтэ ураты туспа сыта сүрэҕи-быары минньигэстик угуттуур. Үгүстүк бултанар күндү түүлээхтэртэн тииҥ кутуруга – уруккуну-хойуккуну санатар биир туспа дьикти кэрэ сыттаах буолар…
– Атыырын, тыһытын сатаан араараҕын дуо? – диэн Улахан Баһылай ыйытар.
– Һуох… Хайдах…
Баһылай мин тутан турар бочугурастарбын биир-биир ылан көрдөрөр:
– Бу, көр, атыыр бочугурас моонньо тумсун аннынан харалаах буолар… Бу доҕоро эмиэ атыыр бочугурас эбит… Тыһытын киэнэ моонньо харата суох, биир кэм эриэн…
Баһылай эппитигэр өйдөөн көртүм атыыр бочугурастар «мантыбытынан арааран дөбөҥнүк биллиннэр» диэбиттии моонньулара, хара тордоҕунан бэчээт уурбукка дылы, харалаах эбиттэр. Айылҕа араастаан, эгэлгэлээн айарын киһи сөҕөр эрэ.
Туһахтарбытын иитэн баран күөлбүтүн эргийэ салгыы саппай уопсан батыаккаластыбыт. Өссө хас да тоҥууну көрдүбүт да туох да иҥнибэтэх. Улардар түһэ сылдьыбыт эргэ да суоллара суох, арай, хойуу сэппэрээктээх, ычыкыннаах, эмиэ да талах булкаастаах сиртэн, бэрт ыраахтан, биир үөр хабдьы көтөн тилигирэһэн тахсан толоон үрдүнэн сапсына-сапсына тэлээрэн кылбайа турдулар.
– Тоҕо бэрдэй тэһиилэрэ… – Баһылай көхсүн этитэ-этитэ тохтоон ол-бу диэки олоотоомохтуур. Ыалыкылар чугаһатан, олорон да биэртэрэ буоллар тугунан бултаһыай, саата суох.
Кырдалбыт бүтэн, «куобах уостаах», эмиэ да дэхси сирдээх сиикитиҥи сиринэн хаамабыт. Күөл бу эҥээрэ хойуу лабыкталаах киэҥ ырааһыйалардаах, төһө да хаар түстэр, онно-манна, ойдом-сойдом боллоруттан тахсыбыт үрдүк томторҕонолору тыал хастаабытыгар биир кэлимсэ хойуу лабыкта будьугуруу үүммүтэ көстөр.
Сылбах бүтэйгэ дылы тиит мас бөҕөтө үрүт-үрдүгэр иҥнэри-таҥнары түспүт сыбардаах, лааҥкы куруҥахтардаах сиринэн бэйэ-бэйэбитин батыаккалаһан хаамса түспүппүт кэннэ, табысхаан орох тэппит ычыкына кэлбитигэр Баһылай икки туһаҕы ииттэ.
Бу сылдьан суолбут устатын тухары хас да тииҥи көрдүбүт. Бэлиэлээх, солоҥдо да олуга онон-манан син мэнээк көстөр.
Эбэбитин бэрт түргэнник, кудуччу эргийэ охсон, баарыын хаалларбыт табысхааннарбытын ылан баран, сыгынах сытарыгар олорон сынньанныбыт.
Баһылай манааҕатын таҥнары тутан сүөкээбит куобахтарын сирийэн көрөбүт…
Халлаан киэһэнэн кыра сиккиэр тыалланан, саҕахтан ардах былытыгар дылы болоорхой сис былыт сыыйа-баайа тахсан киэлитин кэҥэтэн барда… Хайдах эрэ сылыйбыкка дылы буолла. Дьэп-дьэҥкир, сөрүүн салгын тохтуу-тохтуу от-мас сытынан илгийэрэ өйү-санааны ордук сэргэхситэр, дьэгдьитэр.
– Арааһата, нуһараҥнаан хаардаары гынна быһыылаах, – Баһылай хантайан, сирэйин өрө мылатан, аа-дьуо устар лүҥкүрэ хараарар «ыанньыйбыт» былыттары көрө-көрө күнүн-дьылын сылыктыыр.
– Аны түүн түһэрэ буолуо…
– Хаардаан… хаардыыр чинчилэннэ…
Халлаан бүркүгүрэн, сэмээр сылыйан – хааман иһэр киһи итииргээн, тиритэ быһыытыйан, эбэм тикпит бороҥ куобах тириитэ бэргэһэбин өрө сыҕайан төбөбүн сөрүүкэтэбин. Куондардаах саҥа бэргэһэм сылааһа дьикти, экчэҥкэлээн хаамтахпына кулгаахтара биир кэм көтүөх айылаах эйэҥэлэһэллэрин иһин быатыттан кэтэҕэр баайан туттаран кэбиһэммин мээнэ тэлэмээттэммэт. Онньуускам таһынан кэппит куобах куллукулаах ынах этэрбэһим кураанах атахпын сыпсылааһынан угуттуур, хайдах эрэ ис-испиттэн тэбиэһирэн хаамыах-сиимиэх санаа киирэр. Бэйэм да сайыны быһа от үлэтигэр буһан-хатан, эт-этим эрчимирэн, ураты күүһүнэн-уоҕунан туолбукка дылыбын. Кырдьык да оннук – тото аһыыгын, күүскэ үлэлиигин – оччоҕо үүнэн эрэр эт-сиин сайдыбакка ханна барыай, эккин алдьаппат курдук сатабыллаахтык аттаран эрэ үлэлэниллиэхтээх.
Бу олордохпутуна «тып-тып-тып…» тыас тыбырҕаабытыгар көрбүппүт, биир тииҥ ыксабытыгар үүнэн турар суон тииккэ ыттан эрэр эбит. Тохтуу-тохтуу ыксаабакка сэмээр тилэҕин тыбыргата тыаһатан үөһэ дьулуһар… онтон биһиги хамсаммыппытыгар эмискэ өрө куһугураан таҕыста.
– Муостаммыт дии, – тииҥ күһүн түүтэ ситтэҕинэ бороҥ өҥнөнөр уонна кулгааҕын түүтэ уһаан хойуу киистэлэнэр, ону «муоһа» дииллэр.
– Ээ бу тииҥ таһа кырдьык сиппит эбит, ол эрэн субата хайдаҕа биллибэт, ити билигин кэлэн иһэн көрбүт биир тииҥмит халтаҥ этэ дии, кулгаахтара мултуйан түһэннэр, баларыҥ да сиртэн бултаан урут-хойут ситэллэр ээ…
– Оннук эбит дии…
– Ардыгар отой даҕаны инньэ ахсынньыга диэри кыпкыһыл суй сыгынньах тииҥ кытары баар буолааччы.
– Ол аата дьыл оччотугар диэри сайыҥҥылыы халтаҥ дуо?..
– Һээ, солоҥдо курдук баҕайы туох аанньа буолуой.
– Ахсынньы аам-даам тымныытыгар ол халтаҥ «таҥастарынан» тоҥмоттор үһү дуо?..
– Дьэ туох да билбэт, тииҥ буолан хаалар киһи билиэ этэ арай…
Мин күлэн ылабын.
Улахан Баһылай бүгүн, тоҕо эрэ, санаата лаппа көнньүөрбүт. Түүтэ соролоон саппыйааннаммыт тииҥ бэргэһэтин дуомун, ааҕар балаҕаҥҥа сээкэйи баллыгыраһа, сэргэхсийэ баран иһэр эдэр уоланныы, кэтэҕин диэки кыҥначчы уурунан, тииҥи одуулаһан мылтайан олорор салгын сиэн килэрийбит сирэйин көрөн күлүөх санаам кэлэр.
– Көр ол, Аана… Өссө биир тииҥ баар, итинтиҥ доҕоругар ыттыбыт дии, – диэн Баһылай саҥарбытыгар көрбүтүм, тиит төбөтүн диэки хара өҥнөөх, эмиэ «муостаммыт» тииҥ көп кутуруга эриллэн чэрэйэн олорор. Мин уруккуну тэһэ санааммын:
– Биһиги биирдэ, Маарпалааҕы кытта ынах сылгылыы сылдьан, күһүн, биир тииккэ биэс тииҥ олороругар түбэспиппит, – диибин.
– Буолааччы, оннук мустар, түмсэр мастарын «тииҥ оонньуур» маһа диэччилэр. Биир маска уончаҕа тиийэ тииҥ тоҕуоруһааччы, мин оннугу бэйэм көрөн турабын. Ити баҕас дьэ кырдьык…
– Тоҕо элбэҕэй…
– Дьэ элбэх. Күһүн хайа эмит булчут оннукка түбэстэҕинэ табыллар, биир мастан кыратык омуннаатахха туома бэргэһэ аҥаарын бултуйар… һэ-һэ…
– Оттон тииҥнэр, ардыгар, хас да буолан дьукаах кыстыыллар дии, муҥутаан хас буолан кыстыыллара буолуой?..
– Мин дьиэ таһыгар, ити Арыылаахпытыгар тииҥнии сылдьан, киэһэ борукка төннөн иһэн биир уйаны тоҥсуйан биэһи бултаабытым… Өссө элбэх буолан кыстыыллар диэччилэр, ол эрэн оннукка түбэһэ иликпин. Ылдьаа: «Сэттэни өлөртүм…», – диэччи.
– Сэттэ буолан биир уйаҕа сыталлар?!. Эчи элбээбиттэрин… Уйалара дьэ улахан уораҕай буолуо ээ… ээ-э?..
– Ээ суох, наһаа улааппат, ол эрэн элбэх аата элбэх, биир тииҥ хорҕойор уйатынааҕар баҕас киэҥ буоллаҕа.
О проекте
О подписке