Читать книгу «Ийэм кэпсиир… (2 чааһа)» онлайн полностью📖 — Семена Маисова — MyBook.
image
cover

Куоракка барааччылар аттаммыттара хас да хоммутун кэннэ, ат төннөрөөччүлэр бөрүкүтэ суох сонуннаах кэллилэр. Аара баран истэхтэринэ, Лууку Үрэҕэ диэҥҥэ тохтоон, холун тардынан сынньанан ыла түһэр кэмнэригэр, икки киһилэрэ, ыт мунна баппат ычыкынын иһигэр түһэн, куотан хаалбыттар. «Свердлов» холкуос дьоно эбит: Буолкап Бүөтүр Баһылайабыс уонна Уйбаныап Өндөрөй Никииппэрэбис диэннэр. Куораттан тахсыбыт хамыһаар хас да киһини кытары көрдөөн көрбүттэр да булбатахтар. Кэлин милииссийэлэр тахсан эмиэ, чугас эргин сири ордорбокко, онон-манан бары сыбыытаатылар, бэл түүн дьиэлэригэр тоһуур оҥорон көрө сырыттылар да, сүппүт дьон син биир көстүбэтилэр. Куоппут «диһэртиирдэр», ууга тааһы бырахпыттыы, таһы-быһа мэлийдилэр…

Сотору холкуос отчуттара ходуһаларыгар киирбитинэн бардылар. Маарыйа эмээхсин миигин улахан дьону кытары окко сырытыннарбата.

Дьиэҕэ хаалан эбээҕэ сээкэйи көмөлөһөбүн: оҕо көрсөбүн, бурдук тардабын, ынах хомуйабын уонна биир сүрүн, аналлаах үлэм диэн, уот күөдьүтүүтүгэр тыаттан амынньыар, хаппыт мас тоһутан, ардыгар сүгэнэн быһыта сынньан, сэбэһэ быанан сүгэн аҕалабын.

Ынахтары күҥҥэ түөртэ ыыллар. Кумаар, күлүмэн сүүллээн түһэн биир кэм кыынньар, ол иһин түптэ түптэлиибит. Оччоҕо сүөһүлэр соччо ырааппаттар, мэччийэн кэлэ-кэлэ түптэ буруотугар, уһун кыламаннаах харахтарын симириктэтэ-симириктэтэ, кэбинэ сыталлар.

Биһиги да дьоммут уһаабатылар, Бөтүрүөп таҥара күнэ ааспытын кэннэ Улахан Баһылай кийиитэ Настааччыйалыын хотуурдарын сүгэн Күүлэлээхтэригэр охсо бардылар. Огдооччуйа хонуу биригэдьиирэ буолан отчуттарын кэрийтэлиир, ким төһөнү охсубутун ачарбааһынан кэмниир уонна бэлиэ тоһоҕо анньан баран дьаралык кыбытар. Онон көрөн хас биирдии киһиэхэ тус-туһунан көлөһүн күнэ ааҕыллар. Хонуу биригэдьиирэ отчуттарын кэрийэн баран, дьонун кытары тэҥҥэ оттоһор.

Бырдах сүүллээн түһэн кыймаҥнас, куйаас күн күлүмэнэ биир кэм эймэнэн олорор.

«Быйыл от үүммүт…» диэн дьон кэпсэтэллэрин истэбин. Эбээ эмээхсини кытары ынах ыамын быыһыгар өтөхтөрү хоруйабыт. Огдооччуйалаах уоллара Баһыычаан оҕолору кытары хаалар. Маарыйа: «Баҕар миигин кытта сылдьан от охсуһуо, кыра хотуурда таптайан биэр…» – диэбитигэр Улахан Баһылай сонно тута, тутарбар-хабарбар сөрү-сөп, бэрт чэпчэки уктаах, дьаһамыр дуускалаах хотуур оҥорон биэрбитэ.

Өтөх сир чоҥочоҕо, маһа-ото элбэх, сороҕор хотуурбун маска таарыйан ылабын, оччоҕо биитэ ньыҕаллан тута сыппыыр, ону эмээхсин, быһах ончоҕунан «топ-топ» тоҥсуйан көннөрөн баран, кыра тоҥуулаах игиинэн аалан кылаанын хат таһааран сытыылаан биэрэр.

– Бу курдук сытыылыыгын… – дии-дии бурууһунан анньан көннөрөр, силигин ситэрэн кикириччи анньан игиилиир, түмүгэр кылаанын таһааран сэмээр хататынан тардар. – Отой сэрэнэр буол, хотуурга алҕас сээкэйгин быстыаҥ, оту хоппотоҕун иһин, эккэ баҕас эмэ-эмэ киириэ… – диэн сүбэлиир, такайар. Эбээ, төһө да сааһыран эмээхсин аатырдар, туттара-хаптара сымса, тэтиэнэх.

Кумаары, күлүмэни улаханнык баардылаабаппын, мээнэ ыал устун атах балай сылдьыбытым тухары сайынын буһан, кыһынын тоҥон-хатан кииллийэн, арааһы көрөн, эҥин эгэлгэ эрэйи эҥээрбинэн тыыран, үөрэнэн хаалан, сылгытыйан, кыра кыһалҕаҕа кыһаллыбат буолбут киһибин.

Хадьымал таҕыстаҕына үөнэ-көйүүрэ тарҕыыр. Бырдах өҥүрүк куйааска кыната кууран күнүс арыый аҕырыыр, дьэ ол оннугар киэһэ сиик түһүүтэ туран кэлэр. Түптэлэс бырдах ортотугар сылдьан эмискэ хаптас гынан көрдөххүнэ турбут сириҥ, мэктиэтигэр, оҥойон хаалар. Сөп соҕустук букунайа-букунайа ынахпыт ыамыгар тахсабыт.

Хотуурум суолун көрөн эмээхсин:

– Суолун көр… кыһыйара ырааһын, үөрэннэххинэ, ситтэххинэ-хоттоххуна арааһата отчут дьахтар буолууһуккун дуу, хайдах дуу… – дии-дии миигин саҥа көрбүт киһилии сыныйа одуулуур.

Маарыйа ыамыгар тахсарыгар өтөххө үлэлии хаалаары гынабын, ону:

– Барыах, барыах, иккиэн бииргэ сылдьыахпыт, чэйдиэхпит эҥин дии, – диэн хайаан да илдьэ барар, бэйэтиттэн араарбат. Дьиэбит чугас буолан утах эҥин илдьэ киирбэппит. Эбэм ынах ыыр кэмигэр түптэ түптэлиибин, бырдах сүүллээн түспүт кэмэ буолан сүөһүлэр чукаа таһыттан арахпаттар, мэччийэн кэлэ-кэлэ, түптэ буруотугар уһун күнү быһа салгыбакка биир кэм кэбинэн дьаадьаҥната сыталлар.

Сүөһүлэр ыаммыттарын кэннэ, оонньуу сылдьар Баһыычааммытын ыҥыран ылан баран чэйдиибит. Настаа кыыһа Биэрэ дьиэҕэ киһи суох кэмигэр Намыынап Хабырыыл кэргэнигэр Маарыйаҕа хаалар.

Күөрчэхтээх лэппиэскэни чэйи кытта сиибит. Баһыычаан баһын иһэ барыта саҥа, саатар тардыас, тардыаһын ааһан кэлэҕэй, аһыы олорон онтубут «сэһэнин» истэбит. Уолбут тугу эмит этээри гыннаҕына уһун баҕайытык: «Ии-ии-ии… ити көрүүй!..» – диэн баран харахтарын симириҥнэтэ-симириҥнэтэ уоһа үмүрүҥнүүр, онтон саннын дьигиһитээт эмискэ төлө биэрэн өрүһүспүттүү кэпсээн чабыгыратар. Ону истэн эбээ эмээхсин күлэр, мин айахпар уган испит лэппиэскэбин тохтотон, сонньуйан ылабын. Баһыычааммыт «тиэргэн киһитэ» диэтэххэ бүппэт сэһэннээх хаарахан. Эмээхсин:

– Тоом, сороҕун аныгыскы аһылыкка кэпсээр, аны бүтэн хаалыа, хаһаанан кээс, – диэн дьээбэлиир. Оччоҕо Баһыычаан тохтоон, «кырдьык да оннук ээ» диэбиттии турулус-ирилис көрөр, муннун аннын ньухханаат, күөрчэхтээх лэппиэскэтин бэрт минньигэстик мотуйбутунан барар…

Мин эмээхсин биэрбит бэйэбэр сөрү-сөп ынах этэрбэһин мэлдьи кэтэ сырыттым, онон атахтарым уруккум курдук хатыран хайыта баран хааннырбаттар. Аны туран мэлдьи этэрбэс кэтэ сырыттаххына, ардыгар уу киллэрэн уһун күнү быһа холлурҕатарыҥ эҥин да ханна барыай, киһи атаҕын чэрэ хоҥнон хаалар, устунан сымныыр, били муостуйа чэрдийбит тилэхтэриҥ атаҕыҥ таҥаһын уһуллаххына хас оллуру-боллуру, очуру-чочуру барытын билэр буолаллар.

Баһыычаан этэрбэстэрин устан тэлгэһэҕэ мээнэ, онно-манна тэбиэлэтэлээн кэбиһэр, наар атах сыгынньах сылдьарын сөбүлүүр. Атаҕа хатыран лабыай курдук чэр…

Оппутугар киирэрбитигэр уолбут батыһаары гынар да бырдаҕа, күлүмэнэ бэрдиттэн илдьэ барбаппыт, ыалбыт оҕолоро баар кэмнэригэр, олорго туттаран, оонньото хаалларабыт. Бэйэтэ-бэйэтигэр устар уһун күнү быһа тэлгэһэ иһигэр соҕотоҕун арааска аралдьыйан букунайарын да сирбэт киһи. Ардыгар оттон кэллэхпитинэ дьиэтигэр киирэн утуйан буккуруу сытар буолар. Эмээхсин барарыгар Маарыйаҕа: «Биһиги бардыбыт, били киһиэхэ хараххын хатыы сылдьаар…» – диэн хайаан да этэр…

Бу сырыыга аны мунньабыт. Хотуурдарбытын, сүөһү кэлэн аалынаары сээкэйин быстыа диэн, күрүө ортотугар охсуллан томтойбут бугулга өйөннөрө уурабыт. Оппут күрүөтэ бүтэй, сыарҕаны сыһыары тартаран баран үөһэнэн эһэн тиэйэр буоланнар, тоһоҕотун кэрдэн, үлтү сүргэйэн кэбиспэттэр. Мунньарбытыгар сороҕор эбэм бастыыр, ардыгар мин инникилиибин. Эҕэһэттэн эҕэһэҕэ үөһэ быраҕабыт. Илэчититтэн кыһыйа охсуллубут өтөх ото харбаннаҕына ып-ыраас көстүүлэнэр, мэктиэтигэр киһи сүүрүөн-көтүөн, оонньуон баҕарар.

Бэл аҥаардастыы биир эҥээргинэн тартахха киһи сылайар. Онон үлэбитин солбуһуннарабыт.

Чоҥочох тула үүммүт оту бэркэ сэрэнэн, хотуур баһынан бигээн көрө-көрө, сулуйабыт. Эмээхсин биһикки, били эппиккэ дылы, салаа да оту хаалларбат отчуттарбыт. Кырдьаҕас өттө бары да оту сыа-сым курдук кичээҥҥитик тутар дьон, бэл аҕыйах салаа от харбаммакка хаалбыт, сыарҕаттан тохтубут буоллаҕына хомуйан, итигэстээн ылаллар, кинилэр диэтэх дьон сатабыллаахтык тутталларын-хапталларын да киһи аҥаардас умсугуйа, кэрэхсии көрөн туруох курдук. Элбэххэ, үгүскэ үөрэнэҕин. Ол да иһин: эбэ, эһэ такайыытын ааспыт оҕолор ханнык да хара үлэ ымпыгын-чымпытын ордук билэллэр, салаҥ улахан киһитээҕэр сатабыллаах буолаллар.

Омурҕан аайы үгэспитинэн үлэбитин уларытабыт. Субуу субулунна да иккиэн чомойдоох кыраабылынан тута бугуллаан иһэбит. Субурҕал анныгар ардыгар кутуйах киирэр, ону дэлби үктээн биири эмит чыбыгыратабыт. Бэйэтэ да өтөх сир буолан хорооно баһаам, онно-манна тураҥы сүргэйбитэ харааран көстөллөр, орохторо орҕочуйар. Күтэр эмиэ баар да өлөртөрбөт, анаан дьарык эрэ гыммыт киһи бултаһар булда. Дьирикилэр кутуруктарын өрө хоротон баран, өтөх тулатынааҕы сороҕо сууллубут, сэмнэҕэ эрэ хаалбыт, хайа сахтааҕы хатыйыы бүтэй сиэрдийэтинэн сүүрэн ааһаллар. Охсуллубут хадьымалга тыыраахылар, хоптолор, киһиттэн куттаммакка, аһыыкалаан сиэн тойтоҥноһоллор.

Үс хонуктааҕы куурбут оппутун барытын мунньан, бугуллаан баран биирдэ эрэ дьиэбитигэр тахсабыт. Баһыычаан биһиги иһэрбитин көрөн:

– Ии-ии-ии… Эбээлээх Аа-ана иһэллээ-эр!.. – дии-дии утары сүүрэн ибигирэйэн кэлэр, үгэһинэн атах сыгынньах сылдьар буолар. Этэрбэстэрэ тэлгэһэ иһигэр-таһыгар онно-манна устуллан оҥоһоллор.

– Хайа тоом, атаҕыҥ таҥаһын тоҕо мэнээк устаҕын, ыт эҥин ытыран илдьэ барыа дии, – эмээхсин Баһыычаанын төбөтүттэн имэрийэр, оройуттан сыллаан ылар уонна итиннэ-манна сытар этэрбэстэри хомуйар. – Кэппэккин дуо? – диэн ыйытар.

– Һ-һ-һуох!.. – Баһыычаан аккаастыыр, баһын быһа илгистэр. Эбээ этэрбэстэри дьиэҕэ киллэрэн быаларыттан баайан баран тоһоҕоҕо ыйыыр. Ардыгар: «Кэт!.. Кэт!..» – диэн хаайан син кэтэрдэр, суох, Баһыычаан таска тахсаат, сонно тута устан хайа түбэһиэх тэбиэлэтэлээн кэбиһэр…

Дьоммут, холкуос отчуттара, ходуһаҕа сарсыарда ааттаах эрдэ киирэн баран, киэһэ күн арҕаа саҕах тыатын үрдүнэн кытара кыыһан лаппа дьааһыгырбытын кэннэ, отой хойут биирдэ эрэ харбыалаһан кэлэллэр. Биһиги, өтөхпүтүгэр хаалбыт дьон, чэйбитин бэлэмниибит. Киэһэ бүтэһик ыаммытыгар сылдьан баран, сылабаарбытын оргутан, баарбытынан-суохпутунан аспытын тардан, Баһылайдааҕы кытары бииргэ аһаары кэтэһэбит, киирэ-тахса арҕаа аартык айаҕын манаһабыт.

Сүрүн аһылыкпыт – собо. Окко сылдьар киһи харата суох хайдах да сатаммат.

От үлэтин былдьаһыгар сайыҥҥы үтүө күннэр, бииртэн-биир бүтэн иһэллэр. Эмээхсини кытары өтөхпүтүгэр чөкөтөлөөбүт бугулларбытын кэбистибит, кыра тыкаары бугуллар буолан иккиэн сүгэбит. Өтөх бугулун олус бөдөҥөттөххө анна кыайан куурбакка сытыйан, лааҕыран хаалар үгэстээҕин иһин дьоҕус гынаттыыбыт. Син обургу боскуйалары томтоттубут. Маарыйа таҥалай эргинэнэн тахсан бэйэтэ түстүүр. Кэбиһэрбитигэр көтүрбүт күрүөбүт аҥаар эҥэлэйин хат туттубут.

Биир күн оппутун кэбиһэн дьиэбитигэр тахсыбыппыт, Баһыычааммыт атаҕын тилэҕин бытыыл тааһыгар улахан баҕайытык тэлэ үктээн кэбиспит. Намыынап Хабырыыл кэргэнэ хат-хат хаттыгастаан өрбөҕүнэн баайбыт, ол үрдүнэн хаана таска өтөн тахсыбыт. Уолбут атаҕын төбөтүнэн дугунан нэһиилэ хаамар.

– Атах сыгынньах тэйиэккэлээбитиҥ ити баар дии, кэһэй, – эбэтэ Баһыычаан атаҕын баайыытын сүөрэн, өссө да хаана тыккырыы сылдьар, ырбаччы барбыт сиикэй бааһыгар биэс тымырдаах оту саба ууран баран хат баайда, эчэппит атаҕар бэйэтин киэҥ остоох этэрбэһин кэтэртэ. Уол били дьэргэҥэлээбитэ тохтоон, муннун аннын ньуххана-ньуххана, саҥата суох эбэтэ сүбэлиирин истэр. Ол эрэн, оҕо аата оҕо, сотору били ырбайбыт бааһа үмүрүччү тардан оһон хаалла, кэлин кэһэй буолан этэрбэһин ол аайы устубакка кэтэ сырытта…

Сайын устата хаста да онно-манна уот туруталаата, күнүс тунах курдук бүркүк бүдүгүрэр, буруо сыта биллэр. Дьон уокка барыталаатылар-кэлитэлээтилэр. Ханна эмит уот сириэдийбит сураҕа иһилиннэ, тыллабыр кэллэ да, сонно тута, киэҥ сири хаба илигинэ, умуруоран иһэллэр…

Эбээ эмээхсини кытары олорор күөлбүтүгэр Мундулуҥдаҕа хаста да тыынан сылдьан кустаатыбыт. Маарыйа миигин дьоһуннаах хаптаһын тыытыгар мэҥэстэр.

– Тоом, эмискэ хамсанаайаҕын, тыы ууну баһыа, аны түөрэ ыстаныа, – диэн сүбэлиир, сэрэтэр.

Мин ити-бу умсан чомпооттонор, өссө да көтө илик кус оҕолорун уонна моточчу уойбут сара кустар от быыһынан сылыпыччыһалларын көрөн:

– Ити барда, бу барда!.. Ол умуста!.. – диэн оҕо киһи сиэринэн омуннурабын.

Баһылайдаах икки ыттаахтар, улаханнара Кыраһа диэн. Эдэр ыттара биһиги Тээкиччэтээҕи ыппыт курдук Маанчык диэн ааттаах. Кыраһа саһыл өҥүн курдук кытархай өҥнөөх, онто хара кырымахтаах. Маанчык кыытта маҥан өҥнөөх. Иккиэн да булка барытыгар дэгиттэр ыттар. Кыраһаны эсэһит, эрдээх ыт диэн дьон сүрдээҕин хайҕыыллар. Тайаҕы да элбэҕи үрбүт ыт дэһэллэр. Аны Кыраһа улаханыгар эрэ буолбакка, кыра булка эмиэ дэгиттэр. Тииҥи үрэр, куһу таһаарар уонна өссө туппут булдун – мас көтөрө буоллун, куобах буоллун – дьиэтин аанын үктэлигэр аҕалан быраҕар. Оннук ыты дьон «кэһиилээх» ыт диэн ааттыыллар, ураты айылгылаах, чахчы бастыҥ булчут ыт эрэ итинник үтүө үгэстэнэр.

Кыраһалаах Маанчыгы кута саҕатынан батыһыннарабыт, бэйэбит арыый хаалан, күөл кытыытынан, сорох сиринэн өргүөт оттоох, эмиэ да таппа кулгаахтаах, кута сиэлин кыйа устабыт. Ыттар куһу субу-субу туталлар, кутуруктара эйэҥэлиир, ол аайы эбэм сэрэнэн тахсан хомуйар. Күөлбүт сорох эҥээрэ кутаҥнас кута, сороҕо чэй сирдээх, кытаанах үктэллээх. Тыы кытылга тиксэн кута хойуу сиэлин сырылаттаҕына, Кыраһалаах Маанчык сороҕор туппут кустарын аҕалан биэрэллэр. Кыраһа ардыгар хас да куһу холбуу ытыран аҕалар. Маанчык оннук буолбатах, биирдиилээн таскайдыыр. Кыраһа ытыллыбыт куһу ууттан таһаарарыгар эмиэ үһү-түөрдү хос ытыран таһаарар үгэстээх. Баһылайдаах күһүн буһук саҕана үөрдээх нэмэнэ кус бүөмнээн мустан аһыы сытарыгар түбэһэ түһэн, үөмэн киирэн, хоһулаан уонна көтөн тиргиллэн тахсыыларыгар күөрэтэлээн, биир үүккэ уончаҕа тиийэ куһу хаалларан баран наар Кыраһанан ыллартаралларын туһунан эмээхсин кэпсиир. Маанчык биирдиилээн эрэ таскайдыыр үгэстээх буолан, бэркэлээтэҕинэ иккитэ-үстэ кырынаат, муустаах ууга чаалыттаран, тоҥон, саллан хаалан киирбэтэ үһү, оттон Кыраһа хастыы да куһу биирдэ хос ытыран бэрт дөбөҥнүк таһааран биэрэр эбит.

Ийэ кустар оҕолоруттан көҥөнөн, мээтиргэһэ-мээтиргэһэ, төттөрү-таары көтөллөр. Моточчу уойбут саралар ардыгар ыттан куотан от быыһыттан ууга сарыкынайан киирэллэр, субу иннибитигэр устан ньолбойон тахсаллар, ону Маарыйа эмээхсин, тыытын туорайын икки өттүгэр үктэнэн тура сылдьан, эрдии салбаҕынан быһа охсон ылар. Эбээ төһө да сааһыран эмээхсин аатырдар, көстөр дьүһүнүгэр холооно суох, сүрдээх сылбырҕа туттуулаах, бэйэтин лаппа кыанар, бэрт тэтиэнэх эмээхсин. Бэл, орто уҥуохтаах эр дьону куотар уһун кыыһынааҕар Өксөөнтөн тутум үрдүк, эр киһилии дыраҕар сарыннаах, хоппо күрдьэх курдук кэтит ытыстардаах, бобо тутан ылыахха айылаах такыйбыт модороон тарбахтардаах, хара бараан сирэйдээх, күүс үлэтигэр кииллийэ хаппыт, тус-туһугар ураты айылгылаах, сүүнэ эмээхсин. Дьон-сэргэ да ытыктыыр ахан кырдьаҕастара.

Сөп буоларбытынан добуоччу элбэх куһу бултаан тахсабыт. Ыттарбыт эмиэ кэннибититтэн сонно кэлэллэр. Сара охтубут уонна кус оҕотун хото киллэрбит кэмигэр күөлбүт иһэ тылбыйар кынаттаах эгэлгэтинэн хара тордох курдук хараара туоларын киһи эрэ сөҕөр.

Тыыбытын кытылга тардан таһааран кыратык ууламмытын таҥнары тутан сүөкүүбүт уонна далаһа ойоҕоһунааҕы ньалыар ууга олордон кэбиһэбит. Инньэ гымматахха дьүөгэттэммэтэх хаптаһын түгэхтээх тыы курааҥҥа сахсайан хаалар. Туос тордуйа оҥостон, туолбут ууну баһаргар өрүү илдьэ сырыттаххына эрэ сатанар. Тордуйаларын умна баран баран сүрэҕэлдьээн төннүбэккэ, ууга да түһэ сыһар дьон бааллар.

Сара буоллун, кус оҕото буоллун тымтайга толору хаалыыбыт, онтубутун эбэм сүгэр. Өндөтөн көрдөххө тэс курдук буолар да, эмээхсин таһаҕас оҥостубат. Мин түөрт-биэс бөдөҥ куһу икки илиибэр ботуччу тутан баран, эбээ кэнниттэн саппай уопсабын.

Бу курдук Маарыйа эмээхсини кытары кус саарар кэмигэр өссө хаста да бултаатыбыт. Куспутун ыалларбытын кытары, үс ыал баһынан, үллэстэн сиибит.

* * *

Биир күн мин, Баһыычаан, ыалбыт оҕолоро Морууса, Маарпа буолан хоспоххо кус үргээтибит. Эмээхсини кытта кустаан тахсан, онно эбии Баһылай тиргэтиттэн ылбыт куһа мунньуллан, элбэх баҕайы. Аны туран ыалларбыт ыттарыгар эбии хайа эрэ хаамаайылыы сылдьар кусчут ыт кыттыһан алыс элбэх көтөрү тутан кэбистилэр. Бөдөҥө-кырата диэн араара барбат сүөһүлэр, аҥаар кырыытыттан хардырҕаталлар. Сорох кус оҕото букатын кып-кыра, сиикэй кынаттаах муҥур купчуулар эҥин, тиргэҕэ эмиэ биир оннук иҥнэр, үргүүргэ дьаабы, бытаайыта бөҕөтө, бэйэтэ да чөркөөкү-иркээки, мороду эҥин. Ыттар туппуттарын, төһө түбэһэ көрөрбүтүнэн, барытын хомуйан тахсар дьоммут.

Биһиги сээкэйи кэпсэтэ-кэпсэтэ куспутун үргээн уһуннук олордубут. Кыра, ситэ илик кус оҕотун ким да үргүөн баҕарбат, бэйэ-бэйэбитин:

– Эн үргээ… кини үргээтин… – дэһэбит.

Эмис кус ньылбы тутуллара дөбөҥ буолан наар сара үрдүгэр түһэбит.

Арай ол олордохпутуна Айдаҥтан атынан кэлбит Өксөөн, хоспоххо биһиги ньамалаһар саҥабытын истэн, өҥөйөн көрдө.

– Хайа тоҕойдорум, кус үргүү олороҕут дуу, – диэтэ, онтон бэрт элбэх кус кутулла сытарын көрөн: – Уу, тоҕо элбэҕэй, маны барытын үргүүгүт дуо, бүгүн бүтэрэҕит дуо бу?.. – диир.

– Үргээн… кырата үргүүргэ наһаа куһаҕан… – быычыкаа сиикэй кынаттаах, муҥур купчуу кус оҕотун моонньуттан ылан көрдөрөбүт, онтубут санна чуочайан, иһэ тэскэйэн сүрдээх. Ону көрөн Өксөөн:

– Тоҕойдоруом, кыратын баҕас уһаакка уган кэбистэххит дии, – диэн дьээбэлиир уонна күлэр. Өксөөн тахсан барбытын кэннэ биһиги биирдии кус оҕотун уһааттаах түүбүт иһигэр түһэрэн кэбистибит. Кус түүтүн сыттык, тэллэх гыналлар, лааппыга туттараллар. Күһүн эбэбит куһун түүтүн хостуу сылдьан, били муҥур купчуулары булаттаан ылар:

– Оо, бу барахсаттар кустарын оҕолорун манна түһэрэн кэбиспиттэр дии… – иҥэн-хаһан соруйан бырахпыттара буолуо диэн санаа киирбэт. – Алҕас, элбэх кус оҕотун сыымайдыы сылдьан төлө туттахтара… – эмээхсин ботугуруур. Ону истэн Баһыычаан биһикки бэйэ-бэйэбитин көрсөн ылабыт… Кус оҕолоро чуочаччы хатан хаалбыттар. Дьабадьы Хабырыыл ытыгар Харабылга быраҕан биэрбиппитин бэрт минньигэстик хап гыннаран сиэн хардырҕатан кэбиһэр, «өссө баар дуо» диэбиттии салбана-салбана кыҥнаҥныыр, эйэргэһэн кутуругун эйэҥэлэтэр. Кус оҕотун уһаакка бырахпыппытын Өксөөҥҥө да, эбэбитигэр Маарыйаҕа да эппэппит…

Сайын барахсан бииртэн биир үтүө күннэрин билбэккэ да атааран истим. Иһим тот, санныбар кэтэр таҥастаахпын. Куруук Маарыйа эмээхсини кытары атахтаһан утуйабын. Билбэт да кырдьаҕастарын дьон ытыгылаан «эбээ» диир үгэстээхтэр, ол сиэри тутуһан мин эмиэ эмээхсини кэлин «эбээ» диир буоллум. Кыргыттарын Өксөөннөөҕү урут туттубатах, саҥарбатах, истэргэ наһаа үчүгэй, киһи этин-сааһын хаба ортотунан сайа охсон киирэр «эдьиий» диэн тылынан ааттаталыыбын…

Соччо ардаҕа суох кураан сайын буолла эрээри сир аһа эгэлгэтэ үүннэ, эмээхсини кытары күннээҕи түбүк быыһыгар чугас тыаҕа тахсан сир астыыбыт, туос ыаҕаска хомуйан киирэбит. Күһүн Айдаҥ лааппытыгар уулаах отону туталлара, кыра сээкэйгэ мэнэйдэһэллэрэ. Моонньоҕону, дьэдьэни күөрчэххэ ытыйан, булаан сиэтэххэ, ол минньигэһэ бөҕөтө. Тыаҕа таҕыстахха араас сир аһын баҕас айаҕым аһыйыар, тииһим кыйыар диэри борсонобун.

Сай ортото Үрэҥ диэн күөлгэ уот туран дьоммут уонча хонукка онно сүпсүгүрэ сырыттылар. «Свердлов», «Жданов», «Калинин» холкуостартан элбэх киһи кэлэн, сотору умуруордулар.

Бааһынаны дьирики, күтэр, кутуйах булар, бурдугу сиир, хороонноро онно-манна оҥоһоллор, орохторо орҕочуйар. Бурҕаа баһаам бурдугу хаһаанар. Дэҥ түбэһэ түстэххэ, түөрт-биэс киилэ кэриҥэ бурдук аһа, туорааҕа баар буолар. Ону чабычахха кутан дьиэбитигэр илдьэбит. Маттаҥаа хасааһын сонуок иһигэр буолбакка, бүтэй тас өттүгэр чугас соҕус мас төрдүгэр, кытыан анныгар, кураанах дулҕа анныгар эҥин хороон хастан мунньар. Сайылык оҕолорун кытары күтэри, дьирикини бултаһабыт. Талах чааркааны хорооннорун айаҕар иитэбит. Син иҥнэр. Булпутун, булчут дьон сиэринэн, эбэбит үөрэппитин курдук бэйэбит таҥастыыбыт, күтэрбитин ахтатынан хайытан сүлэн хаптаһын киэпкэ маһынан тоһоҕолоон тиирэбит. Онтон моҕотойу кырынаастыы айаҕынан сүлэбит. Сатаатахха, үөрэннэххэ судургу. Күтэрбит, күрдьүгэспит хаппыт тириитин үллэстэбит. Мин ирээт тириибин Ылдьаалаах лааппыга туттараллар. Биир күтэр тириитэ – уон аҕыс-уон тоҕус харчы, ол санаабытыгар сүрдээх элбэх курдук. Аны туран «халлаантан түһэр» үп буоллаҕа. Күтэр харчытыгар испиискэ, мохуорка ылан кэлэн баран: «Бу оҕолорбут бултаан ыллыбыт ээ…» – дэһэллэр. Дьоммут хайҕыылларыттан ордук үчүгэй биһиэхэ туох да суох.

Дьирики бааһынаҕа кыайан өлөртөрбөт. Үксүн ыт маска таһаарар, ону экчиргэлээн, түстэҕинэ ыкка туттаран бултуубут. Күтэр хасааһа дэҥнэтэн биирдэ эмит көстөр, оттон дьирики хасааһын отой буллартарбат. Бааһына тулатыгар, чугас эргин тыаҕа, оскуола оҕолоро этэллэринии «бирэдиитэллэри» сонордоһон, уһун күнү быһа сылдьабыт. Ол эрэн дьиэтээҕи түбүкпүтүн умнубаппыт, анал үлэбитин лоп бааччы толоробут…

Атырдьах ыйын ортотуттан бурдук буһан барар. Киэҥ сонуок иэнин тухары, толору ас куппут, саһарчы буспут нэчимиэн сиккиэр тыалга долгулдьуйа устаҥныырын көрөргө астыга сүрдээх.

Ый кээрэниитэ холкуостаахтар бурдуктарын хомуура саҕаланна. Сорох дьахталлар сиэрпэнэн быһан сырылаталлар, сорохтор түүтэхтии-түүтэхтии баайаллар уонна соһулуомнууллар.