Биир күн сарсыарда эһэм оҕуһунан от тиэйэ барбытын кэннэ мин ыалбыт оҕолоругар тахсыбыта буолан баран эмиэ сохсо көрө тэбинним. Бу сырыыга баҕас «ыраата түһэр» санаалаахпын. Хаар халыҥаан, эһэм көтөрүн туһаҕын хаардыы сатаан баран кэлин эһэн кэбиһэн, аҥаардас сохсолоро эрэ хаалан тураллар. Күн бэҕэһээ көрөн баран төннүбүт икки сохсобун аастым, син уһуннук хаамтым, өссө хас да сохсону көрдүм. Салгыы бардым, күөл кэриитин быыһынан Тээкиччэ эбэ оол курдук элэгэлдьийэр. Сээкэйи саныы-саныы харбыалаһан иһэн көрбүтүм, арай биир сохсо эстэн, тирээбил маһа кыырайан тиийэн хаарга туруору түспүт. Сүүрэн тэлэмээттэнэн тиийбитим, баттык мас анныгар туох да суох… Сохсом бэйэтэ туран эрэ, тыал-куус хамсатан дуу, хайаан дуу, элбэрээгэ төлөрүйбүт. «Салгыы барбыт киһи дуу, суох дуу…» – дии санаан саараан тура түстүм. Оннооҕор урут эһэбин кытта барсан иһэн, бултуйдахпытына, ботуоҥкабар биир куобаҕы уган сүгэн баран мантан төннөрүм, ол иһин толкуйданным. Күөл соҕуруу эҥээрин үрэҕэ син чугас, онно үрэҕи туоруох иннинэ эһэм быйыл саҥа охсубут үөл баттыктаах сохсото баар. «Чэ ону көрөн баран хайаан да төннүөм», – дии санаат, эмиэ тэбинэн кэбистим. Били эстибит сохсом тирээбил маһын баттык үөһэ чөкө уурдум. Бэйэм сохсону өрө көтөҕөн туруорар кыаҕа суох киһибин.
Өр-өтөр гымматым, үрэх чугаһынааҕы лиҥкинэспит бөдөҥ тииттэрдээх кырдал саалынан өрө мэҥийэн кэлэн үрэҕи өҥөс гынным. Үрдүк кырдал эмискэ намтаан түһэр, үөһэттэн бары-барыта курдат, сэндэҥэрэн көстөргө дылы. Саҥа өрө үтэн үүнэн эрэр хойуу талахтар истэригэр сохсо иитэргэ анаабыт курдук кыра ырааһыйа оҕото баарыгар эһэм ииппит буор холумтаннаах сохсото эстэн бурҕайбыт. Тирээбил маһа көстүбэт, ханна эрэ хаар иһигэр чөм түспүт быһыылаах. Оччону көрбүт киһи кырдал үөһэттэн аллара сүүрүүнэн түстүм. Дьэ эбэтээ, биир туус маҥан куобах сохсоҕо баттатан, хайыы-сахха тоҥон тортойон сытар. Бастакы омуммар куобаҕым кэлин аҥаар атаҕа быга сытарыттан тутан тардыалаан көрдүм. Онтон өй ылан, туорай маһы өрө тардан, икки баттык маһы өндөтө сатаатым. Эһэм баттыктарын төбөлөрүн сүгэнэн хайа охсон баран туорайын онно кыбытар үгэстээх. Көтөҕөн мадьыктаһа сатаатым да, кыаллыбата. Булпуттан көрө матар киһи буолаары гынным. Били дьиэбэр куобах сүгэн тиийэн дьоммун үөрдэр санаалааҕым туолбатыгар тиийдэ. Куобаҕым таска быкпыт атаҕын имэрийэ-имэрийэ, хайдах ылбыт киһиний диэн, чохчойон олорон толкуйдаатым. Онтон сохсо үөһэ тахсан өрө көтө-көтө эккирээтим, ити кэннэ түһэн эмиэ туорайбыттан көтөхтүм. Бу сырыыга баттык мастар хоҥноннор, ханнык эмэ дьоҕойон өрө өндөттүм. Баара-суоҕа биэс саастаах кыыс оҕо итинтэн ордук күүс-уох да суох киһитэбин. Саатар субу аҕай титириир ыарыынан ыалдьа сылдьыбыт буоламмын, сыра-сылба, сэниэ диэн мэлигир.
Эһэм ардыгар, дэҥ сохсотуттан саһыл, кырса ылара. Кырса мэнээктээбит дьылыгар үрэҕи бата төттөрү-таары сыбыытыыр үгэстээх, ол тиҥсиринэ сылдьан сохсоҕо түбэстэҕинэ, иһигэр өссө мэҥиэлээх буоллаҕына, хайаан да киирэр. Саһыл курдук сэрэхэдийэн, үксүгэр тула чээччэйэн, ииктээн-саахтаан баран баран хаалбат. Ол иһин эһэм Өлөксөй бу үрэх үрдүнээҕи, бэйэтэ этэринии, «байанайдаах сохсотун» баттык маһын өрүү үөл маһынан саҥардан, солбуйан биэрэн иһэрэ.
Баттык маспын син өндөтөбүн, оттон куобахпын ылар кыаҕым суох. Аҥаар илиибинэн көтөҕөн туран, биир илиибинэн булпун ылаары ууннум да, кыайбаппын. Дьэ аба, кыһыы сүрдээх. Эмиэ тыын ылан сынньана түстүм. Онтон ити курдук эмэх чоҥочох хаартан чоройон турарын түөрэ тэбэн аҕалан сохсом айаҕын тиҥсиритэ уурдум. Туох баар күүспүнэн баттык маспын өрө көтөҕөн өндөтөн баран били чоҥочохпун сохсо айаҕын иһигэр тэптим. Баттыкпын ыыттым, онтум өрө өндөйөн хаалла. Куобахпын тардан көрбүтүм, хам сыстыбыт. Харса суохпар түһэн, буор холумтаҥҥа анньыллыбыт икки сэлиини төрдүлэринэн тоһуттум. Сэлии маһынан хаһан, үтэн-анньан, түөрэн булпун хоҥуннаран ыллым да, дьоммор көрдөрө охсоору өтөҕүм диэки торҕо көтүүнэн, «оҕолоох суордуу» түстүм… Балаҕаммар кэлбитим, эһэм тиэйэн аҕалбыт отун кыбыыга сүөкээн баран, субу аҕай киирэн чэй иһэн бурулата олорор, ийэлээх эбэм эмиэ бааллар. Куобах тутан киирбиппин көрөннөр дьонум соһуйдулар.
– Хайа, тоом, Ньалыбыдаҕыҥ өтөҕүттэн ыллыҥ дуо? – диэн эһэм ыйыта оҕуста.
– Һуох, эбэбит соҕуруу үрэҕинээҕи… эн сохсоҕуттан…
– Хантан даа? Ол оччо ыраах бара сырыттыҥ дуо? Тыый, оттон биһиги таһараа ыалга оонньуу олордоҕо диибит дии… – ийэм итэҕэйбэтэхтии туттар.
– Ханнык сохсоттон ыллым диэтиҥ? – эһэм хат нэмийэн ыйытар.
– Били, били… үрэх үрдүнээҕи, эн бурдук мэҥиэлээх куулгун ыйаабыт үөттээх сохсоҕуттан.
– Оок-сиэ, дьэ кырдьык ыраах тиийэ сылдьыбыккын дии. Ол бэйэлээх үөл баттыктаах сохсону хайдах өндөтөөхтөөтүҥ?..
Мин аҥаар илиибэр куобахпын, аҥаарбар тоһуппут сэлиим маһын тутан кэлбиппинэн дьоһуннаах аҕайдык туттан, бултаан кэлбит киһи быһыытынан, холумтан иннигэр туран сылгы тыһа этэрбэстэрбин эр-биир сэрэнэн топ-топ тоҥсуйан тэбэнэбин. Эһэм ону көрөн:
– Оок, бу киһи сэлиитин тоһутан ылбыт, дэлэҕэ булдун хааллара сылдьыа дуо? Дьэ булчут киһи диэн итинник, – дии-дии, хата хайгыыр.
Мин онно эрэ сэлии маһын илдьэ кэлбиппин өйдөөн, үтэһэ курдук үөтү кыс мас үөһэ быраҕабын. Атын оҕонньор эбитэ буоллар, сэлии маһын тоһуппуккун диэн мөҕүө этэ. Кэлин эһэм куобахпын сохсо анныттан ыларбар эмэх төҥүргэһи баттык мас анныгар кыбыппыппын көрөн: «Бу барахсан албаһын көрүөҥ этэ, ити да толкуйтан тахсар…» – дии-дии, күлбүтэ. Урут өтөхпүт таһынааҕы сохсоҕо куобах баттаппытын көрдөхпүнэ сүүрүүнэн кэлэн дьоммор этэрим. Ийэм эбэтэр эбэм сонно тута мин кэннибиттэн саппай уопсан баран, «күүстээх» дьон быһыытынан, сохсо баттыгын көтөҕөллөрө, мин хаптаччы баттаппыт куобаҕы сохсо айаҕынан тардан ыларым, арыт хам сыстыбыт буоллаҕына ону да хоҥнорор туһугар үлэлээҕэ. Сорох куобах түөрт атаҕын сэлии быыһынан сараччы тэбэн өллөҕүнэ ордук уустугурара.
Эһэм Ньалыбыдах өтөҕүн таһыгар охсубут сохсолорун баттык маһын мин күүспэр холоон чэпчэки гынара. Ол оннугар икки баттык маһын ортотугар эбии үөл мас ууран биэрэрэ, оччоҕуна куобах киирэн эспит сохсотугар кэллэхпинэ аан бастаан ол ортоку маһы ылан туспа уурарым, дьэ уонна чэпчээбитин кэннэ үрдүгэр тахсан эккирээн хоҥнорон баран көтөҕөрүм, кэлин өссө, отой да албаһыран, булпун туорай маһы тирээбил атаҕын маһыгар ууран баран ыксаабакка хоҥнорорум. Тирээбил маһа модьута уонна түөрт сиринэн «уостааҕа», онон туорай мас төлө барбата. Чэпчэки баттыктаах сохсо булда собуур дииллэрэ кырдьык. Ардыгар сэлии маһын үлтү кэбийэн тахсан да барар.
Титириир ыарыынан ыалдьа сылдьыбыт кыһыммар, ахсынньы аам-даам тымныыта түркүннээн түһэн турдаҕына, биир киэһэ дьиэҕэ аһатан баран чэпчэтиннин диэн таска таһаарбыт ыппыт Маанчык, маҥнай Мискээйэптэр уонна Муттуйдар ыттара үрбүттэрин кэннэ, кинилэргэ көҕүйэн, үрэн маргыйда… Ыт үрэрэ туһугар улахан сэргэхсийии. Нэк буолбут куобах бэргэһэбин, эһэм халтаҥ сонун санныбар иилинээт, таска ойон таҕыстым. Оол курдук Мискээйэптэр тэлгэһэлэрин таһыгар икки сыарҕалаах ат турар. Күн бүтэ кылгаан, борук-сорук буолан да аанньа көстүбэт, сыарҕаҕа дьоннор олороллор быһыылаах, моһуоннара эрэ барыҥныыр. Кэннибиттэн ийэм тахсан хантайа-хантайа көрө сатаата да, кимнээх кэлбиттэрин эмиэ билбэтэ. Тымныыта сүр, далга, кыбыыга от тэлгэтэ сылдьалларын курдук тымныы тыына суугунуур, биир кэм сааҕыныы сахсыллар, балаҕаммыт кэннинээҕи ойуурга үөл мутук тоһута ыстанан тыһыргыыр. Уоспун үмүрүччү туттан баран силлээтэхпинэ астык аҕайдык «чууп» гынар. Оҕо киһи ол тыаһын истээри чигдигэ силлээмэхтээн син тура түстүм. Хата бэргэһэлээх буоламмын кулгааҕым эминньэҕэ «тыс-тыс» тыаһаабат. Муттуйдар кыыстара Тахтаха кулгааҕын үлүтэн кэбиһэн дьиэттэн тахсыбат. Хараарыар диэри үлүйбүт кулгаахтара үүт-үкчү хоруорбут алаадьы курдуктар.
Чэпчэтиммит ыппытын батыһыннаран, балаҕаммытыгар төттөрү киирэн хааллыбыт.
– Хайа кимнээҕий бачча хойут хараҥаны харахтаммыт?.. – эһэм, сирэй оһох иннигэр дүлүҥ олоппоско олорон, мас чааркааныттан бүгүн ылан кэлбит бэлиэлээҕин сүлэ-сүлэ, ыйытар. Бэлиэлээх субатыгар хаан олорбутун уоһунан дэлби оборон ыла-ыла силлээн, ханан да чэлкэх тура сылдьыбатаҕын курдук туртатан кэбиһэр.
– Хахалдьыйаларга икки сыарҕалаах ат кэлэн турар, – диир ийэм.
Кимнээх, туох дьон буолуохтарын таайа сатыыбыт.
Маанчык холумтан ыксатыгар анал олбоҕор сытан сыа тилэҕин саланар. Эбэм хаҥас диэки хонук аһылыкпытын буһараары куобах эттиир, хол-буут арааран хастыы тардыталыыр. Мин уҥа диэки, килэпэччийэ ньалҕарыйбыт муус түннүк анныгар, аһыыр остуолбутугар куобах кулгааҕын кэбийэ-кэбийэ, өртүбүөй эргитэн тирилэтэбин да, санаам барыта ити таһараа ыалга кэлбит аттаах дьоҥҥо.
Бу курдук олоро түспүппүт кэннэ таска аттар туйахтарын тыаһа тоҥ чигдини чуучугур-чаачыгыр үүттээн кэлэр тыастара иһилиннэ, сыарҕалар бэтириэстэрэ сырыластылар. Маанчык, өндөс гынаат, «мук-мук-мук» диэбитин эһэм буойда. Ыппыт ити кэннэ аны дьон киирбитин да иһин кыһаллыбат.
Ити ыккардыгар киһи кэлэн аан иннигэр иһиллэнэр курдук тохтоон тура түстэ, онтон күрэҥ ынах тириитэ бүрүөһүннээх муус чомпой буолбут халҕаны хаачыгыр гына аһан, хойуу туманы өрүкүтэн, киирэн кэллэ. Тууна бааммыт тииҥ кутуруга моойторуга бүтүннүү хаар кырыа буолбут хойутаабыт айанньыты өйдөөн көрбүппүт, Тээкиччэттэн икки көстөн ордуктаах Хочуолу күөлүгэр балаҕаннаах Хообуйап Мэхээлэ эбит. Дьэ онуоха эрэ биһиги сэрэйдибит, кимнээх бачча киэһэ ханна ааһан, баран иһэллэрин. Мэхээлэ ойоҕо Тыытыгынай Маарпа диэн биэс уонуттан эрэ тахсыбыт дьахтар араҥ ыарыынан ыалдьыбыт үһү диэни истэн олорорбут. Хообуйаптар бука бары дьиэнэн куораттаан иһэллэр эбит.
Биһиги эҥээр холкуостары кэрийэн ыалдьыбыт дьону көрөн-истэн эмтиир суос-соҕотох Тилийэ диэн биэлсэр баара. Ол киһи Мэхээлэ кэргэнэ бэрт дьиктитик ыалдьыбытын уорбалаан, куораттан луохтуур ыҥырбыта тахсан Тыытыгынай Маарпаны көрөөт да, сонно тута хайаан да бары дьиэнэн, оҕолуун-улаханныын Бүлүүгэ киирэллэригэр модьуйбут.
– Ычча-оо!.. Дьиэлээхтэр, туох кэпсээннээххит?.. – Мэхээлэ саҥа тигиллибит куондардаах үүс бэргэһэтин устан, хонноҕун анныгар кыбынан туран, бэркэ диэн долгуйбут, титирэстээбит куолаһынан ыйытар.
Хообуйап киһи хараҕын таба көрбөт, биир кэм сүүрэкэлии сылдьар харалаах харахтардаах киһи. Атын кэм эбитэ буоллар, урукку үгэспинэн, күлүө эбиппин да, дьонум бары оттомуран олорор дьүһүннээхтэрин иһин туттунабын. Мэхээлэ урут биһиэхэ дэҥ-дуҥ охсуллан сылдьан, ардыгар хонон да ааһара. Саҥа үүс бэргэһэтин, арааһата, куораттаан иһэр киһи буолан маанымсыйан кэппит быһыылаах, урут итинник бэргэһэлээҕин тоҕо эрэ көрбөтүм.
– Улахан туох да сонун суох… Эһиги бу куоракка айаннаахтаан иһэҕит дуу? – эһэм, бэлиэлээҕин киэбигэр тиирэн мас тоһоҕону тумсугар саайа-саайа, хардары ыйытар.
– Маарпам моһуогуран хаалан, бу оттон модьуйбуттара бэрдин иһин баран иһэбит. Үргүлдьү «Сибиэрдэлэп» холкуоһугар ааһыахпыт этэ да, ырааҕа бэрт ээ. Сарсыардаттан да хоҥнубут иһин ол биэс көс сири киһим, баҕар, тулуйуо суоҕа. Аны саатар сытайбыт курдук тымныы да сэтэрбитэ сүр… Оҕолор да иэдэйиэхтэрэ… Маарпа ыарыытыттан куттаналлара, саллаллара да бэрт…
– Оо, дьэ иэдэйээхтээбит сордоохторгут, – эбэм кыһалҕалаахтары аһынар.
– Оҕолор муҥнаахтар таска олордохторо бу тымныыга, – ийэм куобах тыһын имитэ олорбутун туора ууран баран, дириҥ толкуйга түспүт киһилии, сүүһүн мырдыһыннаран дьиэ иһинээҕилэри эргиччи көрүтэлиир.
Мэхээлэ биир кэм хонноҕун анныгар кыбынан турар бэргэһэтин убахтыыр.
– Чэ тугун уһатан-кэҥэтэн… Баҕар, хонноруоххут буолаарай диэн ыйыта киирдим, таһараа ыаллар отой чугаһаппатылар. Эһиги хайыыгыт?..
Дьонум хардары-таары, «эн туох диигиний?» диэбиттии, сирэй-сирэйдэрин көрсөллөр. Хообуйап, аккаастаары, батан таһаараары гыннылар дии санаан, синигэр түстэ быһыылаах.
– Саатар хотоҥҥутугар хонноруо суоххут этэ дуо… биир түүн? – диир.
– Эс, бу да киһи, дьону хотоҥҥо хоннорор диэн сүрэ да бэрт ини, – эһэм киэбигэр тиирбит бэлиэлээҕин сэбэргэнэ быыһыгар анньар.
Ийэм дьонун сирэйдэрин хардары-таары, түргэн-түргэнник сиидэс былааттаах баһын хамсатан, көрбөхтүүр:
– Хайдах аны да бүтүн үс көстөн ордук сири бачча хойутаан баран салгыы барыаххытый? Оҕолор тоҥон сөп да буоллулар ини бу тымныыга…
Мэхээлэ сирэйэ-хараҕа сэргэхсийэ түһэр:
– Дьиҥинэн ити эмээхсиним эрэ ол ыарыыга уорбаланар ээ. Оҕолор, кэбис, таҥара көмөтүнэн билиҥҥитэ этэҥҥэлэр. Бэйэм да муус өлүөр сылдьабын, онно баҕас саарбах суох, бэйэбин билинэр буоллаҕым.
– Таска кэтэһэн олорор оҕолор сордоохтор көһүттэхтэрэ. Маарпаҥ бэйэтэ дьиэҕэ киирэр кыахтаах дуо? – эһэм балаҕан иһинээҕи тыҥааһыны, кэчэһиини биирдэ төлөрүтэн кэбиһэр. Буолумуна, хаһан баҕарар дьиэлээх эр киһи тыла быһаарыылаах суолталанар.
– Тыый, бэл сүөһүтүн-аһын көрүнэр-истинэр киһи ээ…
– Чэ оччоҕо киллэр… киллэртээ… – диир эһэм.
– Оо, дьэ бэрт эбит… Мин сип-сибилигин, – диэт, Мэхээлэ Хообуйап, үүс бэргэһэтин төбөтүгэр уурунаат, таһырдьа дьөгдьөрүс гынан хаалар.
– Оҕонньор, хата бэркэ быһаарынныҥ, кэчэһэн нэһиилэ турдум, – диир эбэм.
– Холдьоҕон кэбиһэр сүрэ бэрт, санаам буолбата.
– Оннук-оннук… – ийэм тута сөбүлэһэ охсор.
Эбэм кыра алтан күөскэ укпут куобаҕын этин уулары-хаардары улахан күөс иһитигэр таҥнары тутан сүөкээн кэбиһэр. Эбии миинниир уонна кэлин сиирбитигэр анаан таска тоҥоро таһаараары бэлэмнээбит икки куобаҕын этин угар, сирэй оһоҕун уотун үөттүрэҕинэн булкуйан күөдьүтэ түһэн баран үрүт-үөһэ хардаҕас быраҕаттыыр.
Таһараа ыалларбыт, Муттуйдар уонна Мискээйэптэр, Хообуйаптары батан таһаарбыттарын киһи эмиэ биир курдук санаан көрдөҕүнэ баалаабат даҕаны. Араҥ ыарыыны сорох дьон сүрдээх сыстыганнаах ыарыы курдук саныыллара. Ол кырдьыга-сымыйата биллибэтэ. Араҥ ыарыылааҕы төһө эмэ уһуннук көрөн-истэн, бүөбэйдээн, кыстык угун саҕа балаҕаҥҥа бииргэ олорбут дьон кимнээҕэр өлүөр, чэгиэн сылдьаллара эбитэ үһү.
Кырдьаҕастар кэпсэтэллэриттэн иһиттэххэ, кэлин араҥ ыарыы өссө сэдэхсийбит. Маҥнай үөдүйэрин саҕанааҕы курдук буолбатах дэһэллэр. Урут да оннук айылаах, «хара буоспа» курдук, алааһы алааһынан, өтөҕү өтөҕүнэн илэ абааһы кэриэтэ тилийэ көтө сылдьан ыалы-ыалынан имири сотон ааспатах ыарыы. Оннооҕор бэл буоспа, дьиэ дьонун бүтүннүү охторон баран, киһи эрэ дьиктиргиэх, элэтэ биир киһини ордорон «уот оттооччу» гынан хаалларара дэһэллэр. Эһэм Өлөксөй бэрт өрдөөҕүтэ «хара буоспаҕа» ыалдьан баран өрүттүбүтэ үһү. Сирэйигэр сүүтүк тоҥуутун курдук олорон хаалбыт эбирдэрэ ол ынырык ыарыыга хаптара сылдьыбытын туоһулууллар. Инитэ Отчут Мэхээлэ эмиэ эһэм курдук «буоспалаабыт сирэйдээҕэ». Дьон киэнэ талыыта, чэгиэнэ эрэ ити ыарыыны тулуйан, ордон хаалаллара.
Урут, араҥ ыарыы элбии сылдьыбыт кэмигэр, Бүлүү уокуругун үс улууһугар дьон ордук ыалдьаллара эбитэ үһү. Тоҕо, туохтан эбитэ буолла, биһиги эҥээр, Мастаах эбэ ыксатыгар олорооччулар ордук элбэхтик араҥынан моһуогуралларын туһунан кэпсииллэр.
Маҥнай Хообуйаптар оҕолоро бэйэ-бэйэлэрин батыаккалаһан, кинилэр кэннилэриттэн аҕалара, бүтэһиккэ ийэлэрэ Тыытыгынай Маарпа сүүһүн аннынан сургуччу көрөн киирдэ. Тас таҥастарын сыгынньахтанан аан ыксатынааҕы адарай ороҥҥо кэккэлэстилэр. Оҕолор отой туох да буолбатах сэргэх сирэйдээхтэр-харахтаахтар. Мин, элбэх киһи биирдэ тоҕо анньан киирбититтэн симиттэн, кыбыстан, соҕоруокка кэтэҕэр түһэн сэмээр быган көрөбүн… Маарпалаах Мэхээлэ араа-бараа саастаах, биэс уоннарын эрэ ааһан эрэр дьон. Улахан оҕолоро Даарыйа саҥа эт тутан эрэр, курбуһах курдук көнө, дьылыгырас уҥуохтаах эдэр кыыс, уоннааҕылар уолаттар: Сүөдэр, Ньукулай, Бииктэр диэннэр. Кыралара Бииктэр, миигиттэн улахан уол, сиһинэн ыалдьар эбит, бөрү-бөкчөгөр. Оҕо аата, бүдүгүрэ кырдьыбыт киһи курдук, умса нөрүйэ сылдьара мин көрөрбөр хайдах эрэ олуона баҕайы курдук.
Ыаллар кыыстара Даарыйа үс үөс гына кэтэҕэр мөлбөччү өрүммүт суһуоҕун биир кэм туппахтыыр, эрийэр, мускуйар. Кэккэлэһэ олорор инилэрэ Бииктэрдээх Ньукулай ынах этэрбэстээх атахтарын биэтэҥнэтэ хамсатан тэбиэлэнэ оонньуулларын имнэнэн буойталыыр. Отой туох да ыарыы сыстыбатах дьоно тута биллэр.
Тыытыгынай Маарпа саҥата-иҥэтэ чөллөркөй, туттара-хаптара тэтиэнэх аата, ыалдьара дьүһүнүгэр көстөр. Куттаммыттыы, сүүһүн аннынан көрөр-истэр, туохтан эрэ дьааххаммыттыы туттар.
Күөс буһуор диэри дьоммут сээкэйи сэһэргэстилэр. Эһэм Мэхээлэлиин тахсан аттары сыбыдахтаан, от тэлгэтэн аһаталаан киирдилэр.
Хообуйаптар ийэлэрэ ыалдьыбыта хас да сыл буолбут эбит. Өссө эрдэ хайа эрэ хоноһо дуу, ыалдьыт дуу Тыытыгынай Маарпа араҥ ыарыынан ыалдьыбыт үһү диэбитин истэн турабын. Оттон араҥ туһунан миэхэ Мискээйэптэр кыыстара, бииргэ оонньуур доҕорум Элэбэһиэтэ кэпсээбититтэн билэбин. Туора Күөлгэ оскуолаҕа сырыттаҕына киниэхэ эмиэ хайа эрэ улахан кылаас оҕото кэпсээбит. Кэпсэл буолан баран киэргэтиитэ, сэһэн буолан баран ситэриитэ, остуоруйа аата омуна суох буолбат. Онно кэпсэнэринэн, араҥ ыарыынан ыалдьыбыт киһи этэ-сиинэ онон-манан мэҥ курдук харааран тахсара үһү. Ыарыы киһи илиитин уонна атаҕын тарбаҕынан киирбит буоллаҕына, тарбахтара сүһүөхтэринэн быстан түһүтэлиирэ, сирэйин булбут буоллаҕына, мунна, уоһа сытыйан, куобах уоһун курдук силлэн, тиистэрэ килэйэн баран устунан ууллан тохторо эбитэ. Араҥ ыарыыга ыалдьыбыт киһи, дьиктитэ диэн, төһө да этэ-сиинэ ол айылаах сытыйан, туруттан түстэр, көрүөхтэн сүөргүтүк кэбилэннэр, этин ыарыытын билбэтэ үһү. Элэбэһиэтэ кэпсииринэн, оннук ыалдьыбыт киһи маҥнай аҥаар илиитэ, онтон иккис илиитэ туллара, онтон аҥаар атаҕа, аны биирэ… Дьэ ол эрэ кэннэ бүтэһигэр төбөтө быстан төкүнүйдэҕинэ эрэ, ол сору-муҥу көрбүт сордоох биирдэ өлөрө, күн сириттэн күрэнэрэ, энэлгэннээх эрэйиттэн арахсара. Туох да диэбит иһин ынырык кэпсэл. Мин доҕорум Элэбэһиэтэ аны ким эмит истиэ диэн, тула-мала көрө-көрө, бэл кулгаахпар саба түһэ-түһэ сибигинэйэн кэпсээбитин санаан, ис-испиттэн чахчы куттанан кэлэбин. Тыый, араҥнара аны миэхэ сыстаарай диэбиттии, Тыытыгынай Маарпаттан харахпын араарбаппын. Ол эрэн Маарпа дьүһүнэ-бодото Элэбэһиэтэ кэпсээнигэр тугунан да төрүт майгыннаабат, арай сирэй оһох тунаархай сырдыгар сирэйин тириитэ бүтүннүүтэ эбир курдук хараарар, баҕар, куттаммыт санаабар, ордук омуннанан көстөн харахпын баайан эрдэҕэ. Араҥ дьикти ыарыы. Дэҥ-дэҥ кэлээччи-барааччы ыалдьыттан, хоноһоттон иһиттэхпитинэ, онно-манна, алаас-алаас аайы арҕам-тарҕам ыһыллан олорор дьонтон биир эмит киһи эмискэ ити ыарыынан ыалдьыбыта иһиллэр. Кимтэн, туохтан сыстыбыта төрүт биллибэт. Луохтуур тахсан ол киһи чахчы араҥ ыарыынан моһуогурбутун биллэр эрэ, аны дьону сутуйуо, чэгиэн дьоҥҥо сыһыарыа диэн тута Бүлүүгэ киллэрэн, куорат таһыгар баар анал холуонньаҕа угаллар. Онтулара бэйэтэ хаайыы кэриэтэ үһү, ким да кэлэрэ-барара, киирэрэ-тахсара көҥүллэммэтэ.
О проекте
О подписке