Арай Миичик өйдөммүтэ ханна эрэ сытар… Төбөтө ыаҕастаах уу курдук. Онуоха эбии дэлби тоҥмут. Суорҕан баара буолаарай диэн онон-манан харбыаланан көрбүтэ, мас адарайга сытар эбит. Эмиэ да хайа эрэ диэки чугаһынан дьон тугу эрэ кэпсэтэн лабаҥхалаһаллара иһиллэргэ дылы. Саҥа таһааран саҥараары гыммыта – куолайа кууран иэдэйбит, этэ-сиинэ бүтүннүү таастыйбыт. Чаас ырааттаҕа, пааратыгар барар кэмэ да кэллэҕэ… Бүгүн өссө семинар буолар этэ дуу диэн туруох санаата баара да, илиитэ, атаҕа дэлби көһүйбүт, өссө ханан эрэ ыалдьар курдук ээ. «Хайдах-хайдах баҕайыный, бээ эрэ, бу ханна баарбыный?» – диэн тулатын көрүнээри эргиллэн көрбүтэ, доҕоор, тимир эрэһиэҥкэлээх, таас өйөбүллээх «дойдуга» кэлэн сытар эбит.
Эмискэ Миичик төбөтүгэр бэҕэһээҥҥи күн киинэ лиэнтэтин курдук онон-манан быста-быста, одоҥ-додоҥ элэҥнээн ааста. Бастаан Бүөккэлиин кыргыттар куһаҕаннарын, үөннээхтэрин, ол быыһыгар Маришка акаарытын ырытан эрэр этилэрэ. Дэлби чэпчээн хаалбыт курдуга. Онтон аны топпотох аатыран, биирдэ өйдөммүтэ маҕаһыыҥҥа турар эбит. Эмиэ да уопсайга киирэ сатаан тугу эрэ дакаастыы турар этэ, бадаҕа. Вахтёрдаах комендант дьэс алтанын курдук кыыһыран, айахтара кытарымтыйа умайыктанан эрэрэ көстөргө дылы… Салгыы кимниин эрэ охсуһан эрэр этэ дуу, тугу эрэ тоҕута сынньар этэ дуу, хайдах этэй? Оо, отой өйдөөбөт буоллаҕа. Эмиэ да кимниин эрэ уолуктаһан эрэр быһыылааҕа… Дьэ дьаабы быһыы буолбут бадахтаах… Аны арыгы иһиэ суохпун, кэбис.
– Мичил Харахутов, таҕыс, – диэн тыйыс, суон куолас иһилиннэ.
Миичик аат эрэ харата нэһиилэ тымныы эркинтэн тирэнэн турда. Бүтүннүү бадараан буолбут быата суох бачыыҥкатын булан, кэтэ сатыы турдаҕына:
– Харахутов, айгыста туруоҥ дуо?! Хамсанан ис, бэҕэһээ киэптиириҥ, киэбирэриҥ бэрт этэ дии, – диэн формалаах милииссийэ ыххайбытынан барда.
Миичик соһуйда, ол быыһыгар олус кыбыһынна. Хаһан даҕаны манныкка түбэспэтэҕин дьэ итэҕэйдэ. Хантан күүс-сэниэ ылбыта эбитэ буолла, хап-сабар тахсар аан диэки хардыылаата. Ол быыһыгар «бу барыта түүл, сотору уһуктуом» диэн бүччүм санаалаах формалаах киһини батыһан истэ.
Сотору-сотору күлүүс тыаһа хачыгырыыр, ыарахан ыйааһыннаах тимир аан аһыллан кыыкыныыра иһиллэр. Миичик букатын манныгы киинэҕэ эрэ көрбүт буолан, хаайыы амырыын сытын отой сөбүлээбэтэ. Бу иһэн: «Билигин таһаараллара буолуо, Бүөккэҕэ кэпсээтэхпинэ, арааһа, итэҕэйиэ суоҕа», – дии саныы-саныы мас ааннаах хоско кэллилэр. Кинини арыаллааччы милииссийэ ааны тоҥсуйда.
Миичик син сырдык, ол эрээри барыта быылынан, кумааҕынан «көмүллүбүт» кыараҕас хосхо киирэн, күөх формалаах, саас ортолоох киһи иннигэр кыһыл бүрүөһүннээх остуол аттыгар атахтарыгар туорайдаах олоппоско олордо.
Милииссийэ Миичиги чочумча одуулаан олордо, онтон биир тыынынан:
– Дьэ, табаарыс Харахутов, хас саастаах ыччаккыный, ханна үөрэнэҕиний? – диэн ыйытта.
– Сааһым сүүрбэ, историк идэтигэр, СГУ-га үөрэнэбин, – киэн туттардыы Миичик хоруйдаата.
– Сөп, дьэ үрдүк үөрэххэ үөрэнэр, инникитин педагог буолар баҕалаах эрээригин тоҕо арыгыны иһэҕин уонна хаһааҥҥыттан амсайар буолбуккунуй?
– Арыгыны да? Бэҕэһээ бастакыбын боруобалаатым.
– Эс, ама дуу? Устудьуоннар иһэллэрэ-аһыыллара уруккуттан баар суол. Ийэҕин, аҕаҕын итинник албыннаа! – Пётр Петрович куолаһа дьиппинийэн барда.
– Кырдьык, бэҕэһээ бастакыбын боруобалаабытым, итэҕэйбэт буоллаххытына бииргэ олорор уолум Бүөккэ Ракитинтан ыйытыҥ, – Миичик, кырдьыгын балыйтаран эрэрин сэрэйбиттии, өрөсүһэ-өрөсүһэ саҥарда.
– Чэ, бастакыгын да буоллун… Ол эрээри Мичил Айаалович, эн манна арыгы эрэ иһэн тутуллубатыҥ, күлүгээннээн олороҕун. Ол эмиэ туһунан ыстатыйа. Тоҕо бэйэҥ киэҥҥиттэн атын уопсайга тиийдиҥ?
– Мин даа? – Мичил улаханнык соһуйда.
– Эн. Өссө общественнай миэстэҕэ айдаарбытыҥ, киэһээҥҥи чуумпуну уйгуурдубутуҥ таһынан, эбии хос түннүгүн үнтү сынньыбыккын.
– Эс, мин даа?! – Миичик букатын да уолуйа соһуйда. Ама, тугу да өйдөөбөт. Бу иэдээни, сааты-сууту.
Пётр Петрович кыһыл паапка иһиттэн хас да кумааҕыны ороон таһаарда:
– Бу 14-с куорпус комендана Захарова, вахтёр Петрова, 301-с хос олохтоохторо Иванова уонна Толбонова сайабылыанньалара сыталлар. Манна этиллэринэн, туох да эбиитэ суох, бэҕэһээ 10 чаас саҕана кэлэн, вахтаҕа айдаарбыккын, салгыы онно сөп буолбакка, аны 301-с хос түннүгүн тоҕута сынньыбыккын. Хос олохтоохторун ыт үрбэт, ынах маҥыраабат гына үөхпүккүн, кинилэргэ сааммыккын. Быһата, куһаҕан дьыаланы оҥорбуккун. Дьэ, туох диигин? Эмиэ сымыйа диигин дуу? Аны туран, уоскута сатаабыт табаарыс уолуҥ сыҥааҕын тоһуппуккун. Ити үһүс ыстатыйаҥ.
– Кими? Бүөккэни дуо? Эс… Мин тугу да өйдөөбөппүн, кырдьык этэбин… – Миичик төбөтүн санньытан, кубарыччы барбыт кырааскалаах муостаны одуулуу олордо.
– Дьэ, оччотугар тоҕо истиҥ уонна буруйу оҥордуҥ? Син туох эрэ сылтах, нууччалыы эттэххэ, «мотив» баар ини, – Пётр Петрович ураты сымсатык суон, модороон тарбахтарыгар күөх өҥнөөх, өтүүктээх платогун ылан, ачыкытын тааһын кичэллээхтик сото олордо.
– Ээ, туох… тапталтан…, кыыстан, чэ, диэххэ, – диэт, Миичик сирэйин эмиэ умса көрөн кэбистэ.
– Һа, кыыс, быстах таптал аайы итинник арыгылыыр эр киһи дьыалата дуо? Мөлтөх киһи быһыыта. Бачча эдэр эрээри. Сүүс тапталы көрсүөҥ. Оччотугар сүүстэ маннык быһыыланаҕын дуо? – Пётр Петрович кэлэйбитии сирэйин мырдыҥнатта.
– Чэ, уопсайынан, дьыала маннык: кыччаабыта усулуобунай син биир ылаҕын, силиэстийэ кэмигэр манна сытаҕын. Барыта быһаарылыннаҕына, иннэ-кэннэ билиннэҕинэ, сайабылыанньалаахтары кытта кэпсэтии бардаҕына, суут буоллаҕына эрэ босхолоноҕун. Барыта өйдөнөр? – Пётр Петрович олус түргэнник саҥаран добдугураппытын Миичик улаханнык өйдөөбөтөр да, төбөтүн иһигэр бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэйэн, үлүбээй кэҕиҥнии олордо.
Эмиэ тимир күлүүс халыгыраата, хаайыы тимир эрэһиэҥкэлээх ааннара күлэн аллараспыттыы кычыгыраатылар, түгэхтэн кэлэр дьаардаах сыт ыраас салгыны саба бүрүйдэ. Аппыт айаҕын сабар диэни билбэт адьарай дойдутун уйатыгар Миичик бастакы хардыыларын оҥорон эрэрин куойа маҥкытыгар ситэ оҕустарбакка, түүлүн-илэтин араарбакка, дьуһуурунайы кус оҕотун курдук батыһан истэ.
Маришкалаах Аанчык бүгүн, баскыһыанньаны өрөбүл күн диэбэккэ, эрдэ уһугуннулар. Миичик кэлэн айдааран-куйдааран, түннүктэрин тоҕута сынньыаҕыттан 3 эрэ хонук ааста. Маришка эмиэ да бэйэтин буруйданар курдук. Барыта хайдах эрэ. Аанчык Миичиги акаары, арыгыһыт, атаах эбит диэн наар дьүөгэтин өйдөтө сатыыр. Дьиҥэр, хара маҥнайгыттан Миичиги тэйитиэхтээх эбит, эрэл кыымын сахпакка. Ийэтэ куруук «Дьону хаһан да сэнээбэт, атаҕастаабат буол. Туох барыта сэттээх-сэмэлээх. Киһи эйиэхэ киһилии сыһыаннаһар буоллаҕына тэйиппэт буол» диэн такайыыта дьайбыта эбитэ дуу?
Сарсыардааҥҥы чуумпуну үрэйэн, чэпчэки атах тыаһа уопсай синньигэс көрүдүөрүнэн тоһугураан кэллэ уонна ала-чуо кинилэр ааннарыгар тохтоон, тоҥсуйан тобугуратта. Онтон кыргыттар «даа-даа» диэн хаһыыларын кэннилэриттэн ааннарын аргыый сэгэтэн, Маришка ханна эрэ көрбүт эдэр дьахтара киирэн кэллэ. Ол эрээри, омос көрдөххө, эмиэ да эдэркээн кыыска маарынныыр курдук нарын быһыылаах, кэрэ сэбэрэлээх саас ортолоох дьахтар буоларын саҥатыттан тута сэрэйдилэр.
– Үтүө күнүнэн. Бырастыы гыныҥ, сэрэтиитэ суох соһуччу кэлбиппэр.
Дьахтар харда хоруй көрдөөбөккө, аан аттыгар турар олоппоско олордо.
– Мин Мичил ийэтэбин, Мария Ивановна диэммин. Эһиги кини тугу гыммытын билэҕит. Чэ, онон ырааҕынан эргитэ барбаппын. Оҕом үйэтигэр арыгы диэни амсайбатаҕа. Маннык быһыы-майгы буолбутуттан биһиги, чугас дьоно уонна аймахтара, олус айманныбыт. Онно эһиги эмиэ буруйдааххыт. Уолбун оннукка тиэрдибиккит. Ыраас тапталын сыыска-буорга тэпсибиккит. Ону туох… туохха кэллим. Эһиги оҕобор үтүөнү эрэ баҕарар буоллаххытына, сайабылыанньаҕытын төттөрү ылыҥ. Мин харчы да биэриэм этэ. Күҥҥэ көрбүт соҕотох чыычаахпын бу айылаах… – диэн баран, дьахтар уйа-хайа суох ытаан барда.
Дьахтар ыстакааннаах ууну омуннаахтык омурдан, арыый уоскуйа быһыытыйда. Иһитин остуолга төттөрү уураат, махтанар диэни да билбэккэ, дьүһүнэ уларыйа оҕуста, дьэбир, дьиппиэн көрүҥнэннэ. Кыргыттары өһүөннээх хараҕынан иккиэннэрин биир-биир өтөрү-батары көрөттөөтө. Онтон хараҕын Маришкаттан араарбакка эрэ:
– Эн дуо, Марина?
– Мин… – диэтэ Маришка аат эрэ харата.
– Мин буолан… Балыгы сиэбэтэх куоска курдук ньылбыйан олороҕун. Дьон олоҕунан оонньуурум сыыһа диэбэккин дуу? – дьахтар тыйыстык ыйытта. Бу кэмҥэ дьахтар хараҕа уоттанан, уостуун-хаастыын уһуктанан, мунна кырыыланан, сүтүк бааһа сирэйигэр ойууланан олус дьулаан көрүҥнэннэ.
– Бээ эрэ, эн тоҕо тута Маришканы буруйдуугун? Миичиги кини арыгылаппыт үһү дуо? Маришка кинини таптаабат, ону хайдах гыныай?! Биитэр хара күүскүтүнэн таптатаары гынаҕыт дуу?! – диэн айаҕа умайыктаммытын Аанчык бэйэтэ да кулгааҕа эрэ истэн хаалла.
Дьахтар бу чобуо кыра кыыс тылларыттан ордук абарда быһыылаах:
– Көр да маны, сиртэн быкпакка сылдьан эрэ, өссө улахан, саастаах дьону утары саҥарбыт буола-буола. Бу дьүөгэҥ ол-бу араас буолан куймаҥалаабатаҕа буоллар, ама, мин оҕом итинниккэ түбэһэр үһүө?!. Туох ол баайдаах, чулуу дьонноох буолан, мин оҕобун бэйэтигэр тэҥнээбэтий?! Тугун сирэрий?!
Маришка соҕотох инбэлиит ийэлээх ыал оҕото буоларын хантан эрэ билэ-истэ охсубут быһыылаах диэн дьахтар тылыттан-өһүттэн тута сэрэйдэ. Эмиэ ийэтигэр курдук, сэнэбил, атаҕастабыл сыһыанын аан бастаан оҕотук ыраас дууһатыгар ыарыылаахтык ылынна.
– Ол мин соҕотох инбэлиит ийэ оҕото буолбутум мин буруйум үһү дуо?! Хайдах киһини итинник кэрээнэ суохтук сирэй-харах анньыахха сөбүй?! – бу кэмҥэ киниэхэ Уйбаныаптар өргөстөөх хааннара уһуктубутун Маришка бэйэтэ да сэрэйбэтэ.
– Өссө толоон оҕото инигин… – дьахтар сэтэрээн киирэн барда.
– Эһиги, уопсайынан, оҕоҕутун көмүскүү кэллигит дуу, биитэр, миигин үөҕэ кэллигит дуу? Мин ийэм, кырдьык, төрдө-ууһа биллибэт, тулаайах дьахтар, оттон аҕам Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Иванов Руслан Иванович диэн киһи кэрэмэһэ, үтүөтэ, киэҥ, халыҥ аймахтаах төрүт дьон төрүөҕэ этэ дииллэр. Өссө… – диэн эрдэҕинэ дьахтар сирэйэ көҕөрчү кубарыйан, өссө уһуурга дылы гынна:
– Уой… ама… ама… хайаан оннук буолуой?! – диэт, айаҕын ытыһынан бүөлэннэ. Туох эрэ ынырыгы билбит курдук, харыс да сири халбарыйбакка, хараҕа ордук кэҥээн, тэбиэһирэ уоттанан, Маришканы чочумча тобулу одуулаан дөйөн олордо. Дьахтар итинник быһыытыттан кыргыттар да соһуйдулар. Будулҕаннаах муора тута уостарыныы, дьахтар симэлийдэр-симэлийэн, бастааҥҥы кэрэ дьүһүнүн кэттэ. Онтон сэрэнэ соҕус:
– Эн оччотугар чахчы Руслан уонна Надя кыыстараҕын дуо? Павлик диэн убайдааххын? Чурапчы Мырылатыттан төрүттээххин? – диэн хос-хос ыйыталаһа олордо.
Маришка тугу да өйдөөбөтө. Ол эрээри бу дьахтар кинилэр олохторугар ханан эрэ сыһыаннааҕын, ону таһынан аҕалаах ийэтин, бэл, убайын хантан билэрин мунаахсыйа сатыы олордо.
– Сир төгүрүк диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Баҕар соһуйуоҥ, Марина, ол эрээри эн… эн аҕаҥ Руслан – мин бииргэ төрөөбүт убайым.
Маришка тугу истибитин отой да итэҕэйбэтэ. Олус соһуйда, бөтө бэрдэрдэ. Мэктиэтигэр кулгааҕа куугунаан, онуоха эбии мэйиитэ эргийэн, хоһун иһэ кус-хаас тойугунан туолан, күөдэллэнэн барда, хараҕа туймаарда. Ханна эрэ Аанчык чаҕаарар куолаһа айманар да айманар.
Онтон өй ылбыттыы, тулатын көрүммүтэ, оронугар чөкөллөн олорор эбит. Аанчык тугу эрэ айманарын, дакаастыырын тохтоппот. Арай хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, Мария Ивановна икки хааһын түрдэһиннэрэн, көнө мунна кырыыланан, түннүгү мыҥыы турар эбит. Арааһа улахан толкуйга киирбит бадахтаах.
Тура түһээт, дьахтар эмискэ кыыс оронун кырыытыгар кэлэн, сэргэстэһэ олордо. Тугу да ыйыппакка, түннүккэ туран сааһылаабыт санаатын барытын тоҕо тэбээн кэбистэ:
– Дьэ, буолар да эбит. Хаһан эрэ ким эмэ Руслан кыыһын Миичигим таптаабытыттан оҕом маннык муҥҥа-сорго тэбиллиэ диэбитэ эбитэ буоллар, хаһан да итэҕэйиэ суох этим. Ол иһин эһиги хоскутугар тута киирээт, эйигин ханна эрэ көрбүт курдук санаабытым. Олох диэн дьэ дьикти… Аҕаҥ Руслан, оттон миэхэ убайым, миигиттэн биэс сыл аҕа этэ. Кини кырдык, ити эн эппитиІ курдук, олус үчүгэй киһи этэ. Оскуолаҕа киирэрбэр кини номнуо орто кылааска үөрэнэрэ. Ыал улахан оҕото буолан, куруук биһигини көрө-истэ сылдьара. Мин онуоха эбии олус атаах этим. Соруйан оҕолору кытта этиһэн, охсуһан баран, убайбар кэлэн үҥсээччибин. Оччотугар кини дьыаланы бэрт түргэнник быһаара охсооччу. Ол да иһин кинини дурда-хахха, эрэллээх эркин оҥосторум. Оскуолаҕа, университекка да сылдьан, арааһа, биир бастыҥ үөрэнээччи, устудьуон быһыылааҕа. Дьонум да киниэхэ олус эрэнэллэрэ. Бары кининэн киэн туттарбыт. Арай үөрэҕин бүтэрэн баран, аспирантураҕа ыҥырбыттарын аккаастаан кэбиһэн, барыбытын улаханнык соһуппута. Кимтэн да ыйыппакка, сүбэни-аманы көрдөөбөккө Чурапчылаан хаалбыта. Ол сүрүн төрүөтүнэн эн ийэҥ буоларын кэлин билбиппит.
Мырылаҕа бэһис кууруска практикалана тахсан баран, Наадьаны таптаабыт этэ. Ол иһин туох баарын умнан, тугу да быраҕан туран, дьонун тылын ылыммакка Чурапчылаабыта. Ол айыыта онон. Көр, оннук күүстээх тапталга ылларбыт этэ. Ону мин кэлин биирдэ өйдөөбүтүм. Оччолорго мин дьонум олус аймаммыттара. Ордук ийэлээх аҕам иэдэйбиттэрэ. Онтон ыла ийэҕин илэ хаама сылдьар абааһы кыыһыттан атыннык ааттаабат этилэр, толору киһинэн да аахпат быһыылаахтара. Мин эмиэ оннук дии саныырым.
Онтон кэлин оттомуран, олох олорон, Наадьаны аһына саныырым элбээбитэ. Сурах хоту этэҥҥэ олороргутун истэн, испэр үөрэр этим. Ол иһин улахан аньыыбытыгар-харабытыгар Миичик эйигин таптаатаҕа буолуо. Ама да оҕо сааһыттан эйигин балтым дии сылдьыбыта буоллар манныкка тиийэр үһүбүөт? Кыаммат-түгэммэт чугас дьоҥҥун тэйитэр, биллэн турар, иэстэбиллээх буоллаҕа…
Мария Ивановна ити курус уонна киһи өйүгэр тута дэбигис сааһыланан киирбэт кэпсээниттэн сылтаан Маришка элбэҕи эргитэ саныы сытта. Уйан, чараас дууһатыгар эмиэ да аймахтарыттан кэлэйэн, эмиэ да ийэлээх Миичиги аһынар санаата көбөн, бу кэпсии олорор эдьиийэ Мария Ивановнаны өйдүү сатыыр сырдык санаа сүүрээнэ өйүгэр охсулларга дылы. Арай өйдөөн көрдөҕүнэ, Миичик ийэтэ кини аҕатыгар олус да маарынныыр эбит. Оо, бу түгэҥҥэ арай аҕам аттыбар баар буоллун? Туох диэ эбитэ буолла?..
Маришкалаах Мария Ивановна хаан-уруу аймахтар, эдьиийдии-балыс буоланнар эбитэ буолуо, бэйэ-бэйэлэрин биир тыла суох өйдөстүлэр. Аттыларыгар арай туора киһи Аанчык, тугу да өйдөөбөтөҕө, арай айаҕа дьэ сабыллан, чуумпуран, эмиэ бэйэтин иһигэр элбэҕи эргитэ саныы, олох эридьиэстээх, ардыгар киһи өйүгэр үөйбэтэх-ахтыбатах өттүнэн кулахачыйа эргийбитин таайа сатыы олордо.
Аҕыйах хонугунан Миичик таҕыста. Коменданы уонна вахтёру кытта кэпсэтэн, сайабылыанньаларын бэрт түргэнник ыллардылар. Маришкалаах Аанчык туһунан этэ да барыллыбат. Ол туһунан Мария Ивановналыын билсибит күннэригэр тута быһаарсыбыттара. Онон Миичик тахсыбыт күнүгэр ийэлээх аҕата уолларын куорат киинигэр турар 3 хостоох дьиэлэригэр аҕалан, тото-хана аһатан баран, Маришка туһунан бэрт эрэйинэн кэпсээтилэр, хайдах табылларынан өйдөтө сатаатылар. Ол эрээри ийэлээх аҕатын киһини итэҕэппэт сэһэннэрэ Миичик өйүн түөрэ ытыйан кэбистэ. Онуоха ийэтэ ыксаан уолугар убайын хаартыскатын көрдөрдө да, киһилэрэ отой ылыммат курдук туттар. Кини иннигэр хаартыскаҕа олорор киһини билэр эбит эрээри, Маришка аҕата буоларын отой итэҕэйбэт. Дьоно соруйан кыыстан араараары ону-маны саҥараллар диэн өйө-санаата утарылаһар.
Онтон сылтаан киэһэ аны дьоно бэрт эрэйинэн Маришканы булан дьиэлэригэр аҕалан, уол иннигэр Маришка кыратыгар ийэлээх аҕатын кытта түспүт хаартысканы көрдөрдүлэр. Онно сырдык мичээрдээх, ыраас хааннаах кырачаан кыыһы түһэхтэригэр олордубуттарын көрөн, дьэ өйдүүр ийэтин убайа Маришка төрөппүт аҕата буоларын…
Миичик биирдэ өйдөммүтэ таһырдьа турар эбит. Дьоллоох Дьокуускай куорат киэһээҥҥи сөрүүн салгынын түөһүгэр толору эҕирийэн, арыыйда чэпчииргэ дылы гынна. Ол эрээри бу аҕыйах хонук иһигэр түргэнник уларыйа охсубут олоҕун кылгас кэрчигин өйүнэн-санаатынан, эт мэйиитинэн ылыныан баҕарбата. Хайдах Маришка кини балта, уруу-хаан аймаҕа буолуой? Эс, син биир киһи итэҕэйбэт…
Миичик чугас турар киоска диэки эрчимнээхтик хардыылата. Сиэбиттэн аҕыйах мөһөөхтөөҕүнэн хаа табаҕы уонна биир улахан иһиттээх пиибэни атыыласта.
Онтон ыла күн-дьыл Миичиктээх Маришкаттан ыйыппакка бэйэтин киэлитинэн оргууй устан истэ. Арай биир үтүө күн Миичик уопсайтан арыгылаан, охсуһан үүрүллүбүтүн, сааскы сессиятын саппатаҕын таһынан, биир да күн үөрэнэ кэлбэтэҕин туһунан Маришкаҕа дьүөгэтэ Аанчык, этэрбэс араадьыйатын туһанан, сурах хоту кэпсии оҕуста. Маришка эмиэ санааҕа ылларда. Убайыгар хайдах эмэ көмөлөһүөн санаталаата.
Биир киэһэ сыал-сорук оҥостон «саҥа» аймахтарыгар тиийдэ. Бэрт эрэйинэн дьиэлэрин булла. Үнүрүүн массыынанан сылдьыбыта да, саатар, суолун-ииһин быһа-таһы умнан кэбиспит. Биэс этээстээх таас дьиэҕэ кэлбитэ утары тимир домофон тоҥуйдук көрүстэ. Онуоха эбии квартиратын нүөмэрин чопчу билбэт. Хайдах киирэрин мунаара сатыы турдаҕына, хата, ыт оҕотун уһун быанан сиэтэ сылдьар кыра саастаах нуучча кыыһа тахсан биэрдэ. Түгэнинэн туһанан, Маришка иһирдьэ сылыпыс гынна. Сэрэнэн үктэнэн үһүс этээскэ таҕыста уонна хаҥас өттүгэр баар аан звоногун баттаата. Квартиратын 33-с нүөмэрдээҕин дьэ өйдөөн көрдө. Хаста да баттаабытын кэннэ тимир күлүүс хачыгырайа түһээт, дьэ аһылынна. Кыырыктыйбыт баттахтаах, сонос эрээри билигин да үтүө сэбэрэтин сүтэрэ илик саастаах эмээхсин иһирдьэттэн сыапка олуйуллубут аан нөҥүө кылайан көрөн баран, дьиктиргээбиттии Маришканы өр одууласта.
– Үтүө киэһэнэн… Мин бу Маришкабын ээ, Марина Ивановабын. Мария Ивановна баар дуо? – диэн дьиэлээх эмээхсинтэн толло соҕус ыйыталаста.
Онуоха анарааҥҥыта били маа бэйэлээх сымнаҕас сирэйэ таастыйан хаалла. Маришканы, уруккуттан билэр кыр өстөөҕүн соһуйа көрбүт курдук харахтара уоттанан, өтөрү-батары көрөн, баһыттан атаҕар тиийэ кыҥастаста.
– Кимиэхэ үтүө, кимиэхэ мөкү… Сытыган үөдэн, сирэҕэс, оҕобутун ситэри сиэбэккэ гынан баран, аны бүгүн кинини бүтүннүү ыйыста кэллиҥ дуо?! – диэн кэһиэҕирэ барбыт куолаһынан бөөҕүнээн, иннэ-кэннэ биллибэт кырыыс-сата тылларын кутан киирэн барда.
Маришка бөтө бэрдэрдэ. Куолайын туох эрэ бүөлүү анньан кэбистэ. Ону кытта икки иэдэһинэн хараҕын уута сүүрбүтүн билбэккэ да хаалла. Өйүгэр араас санаалар киирдилэр. Кини иннигэр хайалара турарын кыыс тута сэрэйдэ.
– Кимим баар диэҥҥин эн манна кэлэн, өссө дьон ыйыталаһа тураҕын?! Эмиэ ийэҕэр дылы илэ сиэхсит эбиккин. Биир оҕобор топпоккоҕут аны иккиспэр сананныгыт дуо?! Тыыннааҕым тухары икки харахпар көстүмэҥ! Урут даҕаны харалдьыкка хараарбыты, саахха төрөөбүтү ылымматаҕым, билигин да ылыммаппын! Киэр барыҥ! Баҕайылар, сиэхситтэр! Дьүгэлийиҥ! – дии-дии эмээхсин байааттаҥнаан тахсан, икки илиитинэн охсуох курдук салгыны хайыта сууралаата.
Маришка соһуччута бэрдиттэн саҥарар да, эппиэттэһэр да кыаҕын сүтэрэн, икки хараҕар тобус-толору уу баһыылаах тахсар аан диэки ыстанна. Таһырдьа тахсан, сымыһаҕын быһа ытыра-ытыра, атаҕастабыл уонна сэнэбил тыйыс тыынын төрөппүт эбэтиттэн толору билэн, оптуобус тохтобулун диэки сүүрэ турда.
Онтон ыла Маришка майгыта тосту уларыйда. Аймахтарыгар кыһыйан-абаран, ийэлээх аҕатын сырдык ааттарыгар сүгүрүйэн туран, туох баар кыаҕынан, сатабылынан үөрэх-билии улуу муоратыгар төбөтүн оройунан түспүтэ. Ол быыһыгар ийэтин сырдык, ыраас ыратын, аймахтарын сэнэбиллэрин, ыар атаҕастабылларын суурайан, ити санаата кэлин кэнчээри ыччат кэнэҕэскилээх сарсыҥҥытын устун дьулурҕатык, олох тэтимин хоту устан, ханна эрэ ырыых-ыраах симэлийэн хааларга дылы…
Оо, олох, олох…. Эн дьол икки, сор икки аргыстаах, ардыгар түһүүлээх-тахсыылаах, эридьиэстээх, эндирдээх, арыт ыллык буолан тыргыллар, арыт киэҥ аартык буолан арыллар, сороҕор эргэ өтөх суолун омоонугар кубулуйар дьикти-дьиибэ тутуллааххын. Кими эрэ төбөтүттэн имэрийэн, албан ааты уруйдуур, кэскили түстүүр, сүдү талааны, күүһү-күдэҕи иҥэрэр, уйгулаах баайы-дуолу куду анньар, иэйиилээх тапталынан кынаттыыр ийэлии амарах, уйаҕас дууһалааххын.
Ол эрээри төрдү-ууһу, уруу-хаан аймаҕы билиммэккэ, күннээн-күөнэхтээн сылдьар, мин аҕай дэммит, икки атахтааххын, хаһан эрэ иннинэн сирэйдээх син биир эргиллэн кэлэн иэстэһэр, бэйэтиттэн да буолбатар, бэдэриттэн сойуолаһар, кэнчээритин кэнниттэн кэтинчэ да буоларыгар наадыйбат, кими да бырастыы гыммат ураты сиэрдээх айылгылааххын…
О проекте
О подписке