Оо, ийэм эрэйдээх… Маришка үөһэ тыынан ылла. Кини эрэ курдук дьылҕаламматах киһи…
Эмискэ кини ыраатан эрэр курус санааларын Аанчык уһуктубут атаах куолаһа үрэйдэ:
– Маришка-а, кофе иһэби-ит? Миэхэ, баһаалыста, оҥоруоҥ дуо? Төрөөбүккэр үөрбүтүм даҕаны.
– Һы-һы, үөннээх, албын да кыыскын. Тур, чэ. Чэйбитин өрүнүөххэ, – Маришка чаанньыгын оргутаары остуол диэки хаамта.
Кыргыттар күө-дьаа кэпсэтэн, хайыы үйэ эбиэт буолбутун билбэккэ хааллылар. Иккиэн көмөлөөн хортуоппуй хахтаатылар. Маришка эт кырбаан, хортуоппуйугар эбии соркуой буһаран тиритэ-хорута сырытта. Саас буолан хосторо итиитэ сүрдээх, бэл омуннаатахха, киһи тыына хаайтарар. Эмискэ ааны тоҥсуйдулар, дьуһуурунай кыыс кэлэн: «Иванова Марина, вахтаҕа түһүөҥ үһү», – диэтэ. Убайым кэллэҕэ дии санаан Маришка тиэтэйэ-саарайа аллара түстэ.
Вахтаҕа тиийбитэ: убайа ханан да көстүбэт. Арай улаханнык мичээрдээбит ханна эрэ көрбүт уола кинини супту одуулаан турар эбит. Кэннигэр икки доҕор атастаах. Уол мичээрдээбитин кубулуппакка вахтаҕа өйөнөн туран эрэ:
– Иванова Марина диэн эн дуо?
– Мин, – Маришка соһуйбуттуу хардарда.
– Манна олороҕун даа? – уол сытыытык ыйытар.
Маришка кэпсэтии бу курдук сытыы уонна быһыттаҕас буоларын куруук да сөбүлээбэт, биллэрдик соһуйда уонна өһүргэннэ:
– Тугуй, доппуруос дуо бу? – кыыс чыначчы тутунна.
Уолу халбарыччы анньан, аттыгар турар биир хара бараан табаарыһын кэтит тииһэ кэчигирээтэ:
– Бырастыы гын, Марина, Миичик ити кыбыстар дии. Ол иһин итинник саҥарар. Кини эйигин кытта ыкса билсиэн баҕарар.
Маришка бастаан утаа кыһыйан быһыта-орута саҥарталыан баҕарда, онтон этэ улам тымныйан, сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээн ылла.
– Эһиги эмиэ миигин бырастыы гыныҥ. Мин маннык дьону кытта билсээччим суох, – диэт, түҥнэри хайыста. Бу билсиһии маннык саҕаланыа суохтаах этэ диэн кини кулгааҕар ким эрэ сипсийэргэ дылы гынна. Тоҕо эрэ ити уолтан куттаныах, куотуох санаата киирдэ, тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буолла. Ыараабыт атахтарын нэһиилэ соһон, кирилиэһин аат эрэ харата биирдии үктэлин ааҕа дабайан, тыын быһаҕаһынан өрө тыына-тыына, хоһун диэки төттөрү дьулуста, сүрэҕэ тугу эрэ таайа сатаата да, таабырын уустук буолан биэрдэ.
Миичик вахтаҕа туран кыыс кинини кытта билсибэтэҕиттэн олус соһуйда, хом санаата, саҥата суох чочумча таалан турда. Билсиһии бу курдук хобдохтук түмүктэниэ эрэ диэн күүппэтэҕэ. Ама, кинини сирэр кыыс баар эбит дуу? Өссө хайдах эрэ куттаммыт, сиргэммит көрүҥнээх.
– Биир нуулга, Марина Иванова туһатыгар, – Коля, элэктиирдии турулус-эрилис көрө, Миичиги хаадьылаата.
– Санааҕытыгар ини. Син биир билсиэм. Көрөөрүҥ даҕаны, ити Марина миигин ытыы-ытыы эккирэтиэ. Ити бэйэтэ туормас эбит, – Миичик кыһыйбытын аһарынаары уолаттарын иккиэннэрин өттүккэ охсуталаата.
– Чэ, манна вахтаҕа хам сыстан туруохпут дуо, уопсайбытыгар барыахха, – Бүөккэ ыксал муҥутаан, туох да туһа тахсыбатын өйдөөн, тахсар аан диэки дьулуста.
Вахтаҕа олорор икки кыыс тоҕо эрэ кинилэр диэки үөннээхтик көрө-көрө мичээрдээһэллэр. Миичик уолаттарын кэнниттэн субу тахсыах курдук буолан иһэн, вахтаҕа төттөрү эргиллэн:
– Уой, кыргыттар, миэхэ баһаалыста көмөлөһүҥ эрэ. Биир эрэ ыйытыктаахпын, – дии-дии вахта иһин хойуу кыламаннарынан соруйан сапсына-сапсына одууласта.
– Тугуй? – суон, этиргэн кыыс хап-сабар утары ыйытта.
– Ити Марина Иванова доҕор уоллаах дуо? – Миичик куолаһын тупсарына-тупсарына үтүөмсүйэ соҕус сэрэнэн сураста.
– Ким билэр… Ханна да сылдьыбат кыыс. Арай улахан бырааһынньыктарга уопсайбыт дискотекатыгар биирдэ эмэ сылдьааччы.
– Бэрт эбит. Аны хаһан «улахан бырааһынньыккыт» буолар?
– Бүгүн, – этиргэн кыыс эрэллээхтик хардарда.
Уопсайтан тахсан иһэн ити олорор кыргыттар кинини «красавчик» диэн ботугураспыттарын кылгас түгэҥҥэ истэн аһарда. Санаата көнньүөрэн, эрэл кыымнаах, хайҕал кынаттаах уолаттарын кэнниттэн уопсайын хоһун булла.
Киэһэ Миичик хаһан да киэргэммэтэҕин киэргэнэн, үтүөмсүйэ соҕус туттан, 14-с куорпуска уолаттарын кытта кэллэ. Дискотека саҥа саҕаламмыт быһыылаах. Кырааскаламмыт, туттубут-хаптыбыт кыргыттар фойе иһигэр төттөрү-таары киирэллэр-тахсаллар. Кинилэр ортолоругар Марина көстүбэт. 14-с куорпуһу кыыс дойдута диэн мээнэҕэ ааттаабатах буоллахтара, барыта кыыс үөрэ.
Уолаттар вахтаттан билиэт ыла охсон, үҥкүүгэ киирдилэр. Арай Миичик: «Тохтуу түһэн баран, киириэм», – диэн хаалла. Харахтара тохтоло суох кэлэр-барар оҕолор диэки. Харахтара «баҕар алҕаска Маринаны көрүөм» диирдии көрүөлэнэллэр. Арай кини аттынан Маринатын дьүөгэтэ, намыһах уҥуохтааҕа, ааһан иһэр эбит. Үҥкүүгэ түһэр санаата да суох быһыылаах. Халааттаах, хонноҕун анныгар «доширак» лапса кыбыныылаах. Уол кыыһы харытыттан харбаан ылла:
– Ээ, кыысчаан, эн Марина дьүөгэтэҕин дии?
– Уой, киһини куттааҥҥын, – Аанчык улаханнык соһуйбут сирэйдээх.
– Марина түһэр дуо?
– Суох, биһиги проработка суруйа олоробут. Үҥкүүлүүр санаабыт суох.
Чочумча саҥата суох туран баран Миичик:
– Оччоҕуна миигин хоскор киллэр, – диэн кытаанахтык эттэ.
Аанчык бу уол ньоҕой майгылааҕын тута сэрэйдэ. Кини күүстээхтик ыга туппут илиилэриттэн уонна соруйар былаастаах куолаһыттан кыһыйа быһыытыйда эрээри, саарыы түһэн баран, дьүөгэтэ кыыһырбыт сирэйин саныы биэрэн, хоһугар киллэрбэтэ.
– Ээ, Маришка сөбүлүө суоҕа, – диэн хардарда.
Миичик маҥан сирэйэ эмискэ кубарыс гынна. «Хайа муҥун куота-тэйэ сылдьар кыыһый? Иннин ылан баран тэйиллиэ», – дии санаата.
– Суох, киллэр. Син биир бүгүн буолбатаҕына сарсын, сарсын буолбатаҕына өйүүн билсиэм. Тоҕо миигиттэн куттанаҕыт? Ытырыам да, ыстыам да суоҕа. Уон биэс мүнүүтэтэ миэхэ анааҥ, бириэмэм бүттэҕинэ тута хоскутуттан дьүгэлийиэм.
Аанчык куттаммыт харахтарынан Миичиги көрөн ылла:
– Чэ, бардыбыт. Маришкаҕа бэйэҥ быһаараар. Мин атын хоско бардым. Сотору, уон биэс мүнүүтэнэн, кэлиэм. Дьэ, сэрэн, ону-маны гына сылдьаайаххыный?
– Эс, ама дуу? Аата, куттаныма, тугу да гыныам суоҕа. Эр киһи биир тыллаах. Арба, аатыҥ ким диэний? – Миичик санаата көнньүөрбүтэ харахха тута быраҕылынна.
– Аанчык, – кыыс төбөтүн умса туттан кэбистэ. – 301-с хос ол турар.
Миичик эрэйэ суох киирбититтэн санаата көнньүөрэн үөрүү, эрэл кынаттаах Аанчык ыйбыт хоһугар тиийэн, сэрэнэн ааны тоҥсуйда.
– Кимий? Киирэн иһиий. Аанчык, кэм да үөннэнэ сылдьаҕын дуо? – хос иһиттэн намыын куолас иһилиннэ.
Уол ааны сэрэнэн арыйан хоско киирэн кэллэ. Маришка кыра остуолга кинигэ бөҕөтүн кэчигирэтэн, суруйа олорор эбит. Миичиги көрөн олус соһуйда:
– Хайа, бу кимий? Тоҕо кэллиҥ? – кыыс, бу ыйытыыларын тоҕо биэрбитин бэйэтэ да өйдөөбөтөр, туоһулаһар киһи буолла.
– Эйигин көрөөрү, билсэ кэллим, – уол хорсуннук остуол таһыгар кэллэ.
Маришка, куолаһын соното сатыы-сатыы, куттаммытын биллэримээри:
– Ким эйигин киллэрдэ? Чугаһаама уонна… таҕыс! – диэн кыыһырбытын уонна сөбүлээбэтэҕин биллэрэн түҥнэри хайыста.
– Үтүө санаалаах Аанчык. Эс, ама да, киһини кытта ыраахтан хаһыытаан билсэбин дуо? – диэн Миичик тахсар санаата суоҕун биллэрэн, Маришканы эргитэ тарта уонна тобулу уун-утары көрдө.
– Мин эн курдук сыстаҥныы сылдьар ньүдьү балай уолаттары сөбүлээбэппин, – Маришка мантан салгыы уол тугу да гынар былаана суоҕун сэрэйэн, арыый холкутуйда.
– Сөбүлүөҥ буоллаҕа дии.
– Суох, сөбүлүөм суоҕа.
– Баҕар сөбүлүөҥ, – уол эппитин үрүт үөһэ кэлиилии кэбэ турда.
Миичик мичээрдээтэ, хос иһин эргиччи көрдө.
– Мин аатым Мичил Харахутов, табаарыстарым уонна чугас дьонум бары Миичик дииллэр. Табылыннаҕына, аны үс сылынан историк учуутал буолуом. Мэҥэ Хаҥалас ыччатабын. 12-с куорпус 416-с хоһугар олоробун… Ийэлээх аҕам – учууталлар, биир убайдаахпын. Спортсмеммын…
– Араспаанньаҥ тугун дьиктитэй? Харах уута диэнтэн тахсыбыт дии. Уонна?
– Уонна дуо? Араспаанньам аҕам киэнэ. Билбэппин ээ, туох суолталааҕын. Оттон эн? Манна Аанчыктыын иккиэн эрэ олороҕут да?
– Иккиэн, өссө тугу интэриэһиргиигин?
– Чурапчыларбыт диэбиккит дии, ханна үөрэнэҕит?
– Журналистика салаатыгар.
– Сөп, хаһыс куурускунуй?
– Бастакы… Өссө интэриэһиргиир буоллаххына, бииргэ төрөөбүт иккиэбит. Ийэм дайаарка, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Чурапчы Мырылатыттан сылдьабын. Аанчык – Чакыр. Өссө?
– Марина, эн наһаа кыбыстыма уонна кыыһырыма ээ, эйиэхэ олох барсыбат. Хайдах эрэ эн Мона Лизаны санатаҕын дии. Ону билэҕин дуу?
– Ордук кулгааҕыҥ майгынныыр диэ.
Бу сырыыга Миичик ис иһиттэн тэбэнэттээхтик күллэ. Маришка бэйэтэ эппит тылларыттан эмиэ арыый сымныы быһыытыйан мичээрдээн ылла. Кыыс көнньүөрбүтүттэн эрэх-турах сананан, уол салгыы кимэн барда.
– Марина, мин эйигин бастакы көрбүт күммүттэн олус сөбүлээтим… Таптаатым да диэххэ сөп. Орто дойдуга төрөөн баран эн курдук кыыһы биирдэ да көрсө иликпин. Аһыыр аһым ас буолбат, утуйар уум уу буолбат, үөрэх эмиэ таах хаалла… Барыта, барыта эйигиттэн… эйигиттэн эрэ.
– Эн киһини күлүү гыныма эрэ. Мин эйигин букатын да билбэппин. Хайдах бастакы билсибит күҥҥүттэн саҕалаан ситэ билбэт киһигэр тапталга билиниэххэ сөбүй?
– Оттон ол иһин билсэ кэллэҕим дии, – диэт, кыыс хаҥас илиитин нарын тарбахтарын ылан, иэдэһигэр ыксары сыһыарда.
Бу дьикти турукка, соһуччу түгэҥҥэ, өйдөммөт быһыыга-майгыга куустаран турар эдэр сүрэхтэр эйэргиир эйгэлэрин эмискэ хоско көтөн түспүт Аанчык чаҕаарбыт куолаһа үрэйдэ:
– Уой, бу тугуй? Уон биэс мүнүүтэ ааста. Эчи, бу уол килэпээйин. Хайыыгыный ити? Бар, таҕыс!
– Үтүө санаалаах аанньал Аанчык, туох да буолбата. Сибэкки хагдарыйбата, халлаан хараҥарбата. Мин сыалбын-сорукпун ситистим, тылбын тутуһабын. Билигин мин эһиги көмүс уйаҕытыттан, күндү хоскутуттан тахсыам. Миэхэ көмөлөспүккэр барҕа махтал, – диэн баран, Миичик сүр имигэстик кыыс иннигэр бокулуон оҕуста.
Аанчык бу дьикти уолтан соһуйан, мэктиэтигэр, сирэйин ханньаччы туттан мырдыҥнатта. Онуоха эбии кинини ийэтиттэн тэйитиллибит эһэ оҕотугар майгыннатта. Ону бэлиэтии көрөн, Маришкалаах Миичик күлэн тоҕо бардылар.
Мантан ыла Маришкалаах Миичик ураты, уустук сыһыаннара саҕаламмыта.
1998 сыл. Эмиэ күүтүүлээх сандал саас Сэргэлээххэ эргиллибитэ. Күн уһаан, халлаан лаппа сылыйан, таһырдьа күүлэйдиэххэ, таптал долгунугар уйдарыахха бэрт да бэрт.
Маннык үтүө күннэргэ Маришкалаах Миичик икки ардыларыгар, хара куоска кыбыллыбытыныы, Аанчык убайа Чаҕыл уол чаҕылыйан киирбитэ. Кини былырыын үөрэҕин бүтэрэн, куоракка үлэлии сатаан баран, тыаҕа тардыһан дойдутугар Чурапчылаары сылдьара.
Маришка бастаан Чаҕылы бүтэйдии сөбүлүүр этэ, кэнникинэн кинини көрбөтөҕүнэ суохтуур, биир кэм өйүттэн таһаарбат буола сылдьыбыта. Онтукатын, бэл, баар-суох дьүөгэтиттэн Аанчыктан кистиирэ.
Бүгүн Миичиктээх Маришка аатырбыт «Титаник» киинэҕэ барыахтаахтар. Дьон даҕаны бу киинэ тула кэпсэтии бөҕө. Сураҕа, киинэ бүттэр эрэ, көрөөччүлэр бары астынан ытыстарын таһыналлар эбитэ үһү. Оннук күүстээх иэйиилээх киинэ диэн бэҕэһээ Миичик кэпсээбитэ.
Киэһэ, болдьоспут сэттэ чаастарын саҕана, Миичик Маришкалаах уопсайдарыгар кэллэ. Вахтёр уолу үчүгэйдик билэр буолан, бэрт түргэнник аһарда. Кини бэрт холкутук, муннун анныгар киҥинэйэ-киҥинэйэ, Байбал Сэмэнэп тапталга анаммыт биллэр ырыатын ыллыы-ыллыы, Маришка хоһугар кэллэ. Арай ааны тоҥсуйан киириэх курдук гынан эрдэҕинэ, Маришка намыын куолаһа:
– Бу Кыайыы күнүгэр. Аанчыгы көр эрэ, хайдах туттубутун, – дии-дии күлэн кычыгыратта.
– Оттон бу кимий? – суон, сөҥ куолас сыыйан ыйытта.
Бу түгэҥҥэ Миичик хоско киириэх курдук дугдуҥнаан иһэн туттунна. Маришка сөҥ куоласка туох диэн хардарарын истээри, мэктиэтигэр тыынарын кыатана турда.
– Ээ, бу Мичил Харахутов. Көннөрү табаарыс, – Маришка ураты намыыннык эппиэттээтэ.
«Көннөрү табаарыс…» Эмискэ, күннээх халлааҥҥа этиҥ эппитинии, бу тыллартан Миичик тыына хаайтарда, уопсай дьиэ кыараҕас көрүдүөрэ өссө синньииргэ дылы гынна. Миичик, күөмэйин туох эрэ бүөлүү анньан кэбиспиттии, тугу да гыныан билбэккэ биир сиргэ тэпсэҥнии турда. Ол да буоллар «сыыһа иһиттим ини» диэн бүччүм эрэллээх ааны сэрэнэн тоҥсуйда. Аан нөҥүөттэн эппиэт кэлэрин күүппэккэ, ыараабыт атахтарын аат эрэ харата соһон, хоско иһирдьэ киирэн кэллэ.
Арай көрбүтэ, Маришката биир уоллуун Аанчык оронугар олорон, хаартыска көрөллөр эбит. Миичик, күнүүлээн хараҕа ирим-дьирим да бардар, бу уол ким буоларын тута сэрэйдэ. Кини мөссүөнүн Аанчык фотоальбомугар үгүстүк көрөрө. Арай көрдөҕүнэ, кыыстаах уол хайдах эрэ олус ыкса сыстыһан олороллор эбит.
Миичик мэктиэтигэр уһун бэйэтэ кыччаан, сытыы бэйэтэ сыппаабыт курдук буолла. Манныгы эрэ көрүөм диэбэтэх буолан, саҥата суох кыбылла-кыбылла, кыыс аттыгар олоро биэрдэ. Маришка эмиэ ону сэрэйдэ бадахтаах, эмиэ буруйдаммыт киһилии туттан, кинини тулалаабыт уолаттар икки ардыларыттан туран кэллэ уонна долгуйбут куолаһынан:
– Миичик, билсэн кэбис, бу Аанчык убайа Чаҕыл. Чаҕыл Толбонов.
– Чаҕыл диэ… Ону мин хайыыбыный? – Мичил тыйыс соҕустук хардарааччы буолла.
– Эбэм биэрбит аата. Киһи аата олоҕор улахан суолталаах диирэ, – уол, туох да буолбатаҕын курдук, холкутук эппиэттиир.
– Аанчык ханна баарый? – Миичик иккис ыйытыыта судургу уонна дьикти буолла.
– Эдьиийбит аахха барбыта, сотору кэлиэ, – Чаҕыл эмиэ туох да буолбатаҕын курдук хоруйдаата.
– Оччоҕуна эн манна тугу гына сылдьаҕын? – Миичик күнүүлээбит санаатыгар бу тыллар кини уоһуттан өр да өр өһүллэн түстүлэр.
Чаҕыл эмиэ холку. Арай Маришка ыксаабыт көрүҥнээх.
– Балтым аахха кэлбитим, Маринаҕа кэлбитим. Көннөрү кэпсэтэ, билсэ.
Ордук тиһэх тылларыттан тэбиэһирэн, Миичик абарда аҕай, биллэрдик өһүргэннэ. Өссө диэ, кини манна өссө… кини Маришкатыгар соруйан, Аанчык суоҕар, билсэ кэллэҕэ. Ханнык быраабынан, ким этиитинэн, туох көҥүлүнэн…
– Эс, табыллыбат буоллаҕа! – диэтэ да Миичик охсуох курдук уолга өттөйөн кэллэ. Бу көрсүһүү тугунан түмүктэниэ эбитэ буолла? Араллааны соһуччу Чаҕыл Толбонов быһаарда. Эппиэт биэрэр санаата суоҕун көрдөрөн эбэтэр кэлэйбитэ бэрдиттэн, бу киһилиин аахсан да диэн диэбитэ эбитэ буолуо, биир хоруй тыла суох төбөтүн быһа илгистэ-илгистэ, хос аанын сэгэтэн, тахсан баран хаалла.
– Куттас! Кус сүрэх! Кэлимэ манна! Маришка миэнэ, миэнэ эрэ. Өйдөөтүҥ! – Мичил уол кэнниттэн, арҕаҕын үрэйтэрбит эһэлии, хаһыытыы хаалла.
– Миичик, уоскуй. Хайдах буоллуҥ? Бүт эрэ! Аата сүрүн, – кини кэннигэр уолуйбут, ыксаабыт саҥаны истэн, Миичик дьэ өйдөннө. Эргиллэн, толору ойбон буола ууламмыт харахтаах Маришкатын көрөн аһына санаата. Ол эрээри кыыс Чаҕылга киниэхэ көннөрү табаарыс диэн эппитин санаан, түөрт атахтаах олоппос дуома турарын тыастаахтык туора хаһыйда. Кыһыйбыта, абарбыта билигин да ааспатах.
– Маришка, эт эрэ, эн, миэхэ… мин, мин… эйиэхэ көннөрү… табаарыспын дуо?
Кыыс саҥарбат. Арай нарын бэйэтэ, күүстээх тыалга үрдэрбит чэчир маһыныы, иэҕэҥнээн ылла. Миичик Маришка синньигэс тарбахтарын бобо тутан, бэйэтин диэки ыксары тарта.
– Тоҕо саҥарбаккын? Эбэтэр ити уолу таптаатыҥ дуу? Сыстаҥнаан бэрт сүрдээххин дии. Эйигин итинник эрэ буолуо дии санаабатаҕым.
– Эс, хайдах буолаҕын, Миичик, – кыыс сэниэтэ суохтук харарда, илиитин уолтан ыла сатаата.
– Оччоҕуна тугу гына олордугут?
– Көрбөтөҕүҥ дуо? Хаартыска көрө олорбуппут дии. Туох да кэтэх санаата суох.
– Оччоҕуна тоҕо миигин көннөрү табаарыһым диэтиҥ? Ама мин эйигин таптаабаппын эбэтэр биир да таптал тылын этэ иликпин дуу?
Маришка этэрим дуу, эппэтим дуу диэн иһигэр куутуйаламмыт санаатын өр соҕус сааһылаата. Онтон ээ, чэ, синэ биир дии санаат:
– Миичик, бырастыы гын. Ол эрээри биһиги сыһыаммыт хайдах эрэ… – Маришка хараҕын кистии туора хайыста.
– Эс, ол аата?.. Мин тугу да өйдөөбөтүм…
– Эн… дьиҥэр, куһаҕан уол буолбатаххын, ол эрээри мин эйиэхэ биирдэ эмэ таптал тылларын эппиттээҕим дуо? Уопсайынан, Миичик, мин эйигин таптаабаппын. Көнөтүнэн этэбин. Бэйэҥ да билэ, таайа сылдьар инигин? – кыыс эр санаатын киллэрэн, бүгүҥҥү күҥҥэ тыын боппуруоһу түргэнник быһаараары, киниттэн утары ыйытта.
Миичик саҥарбат. Арай тулата барыта күлүгүрэн, бүдүгүрэн ыларга дылы гынна.
– Оччотугар… барыта албын, сымыйа дуо… Эн биһиги сыһыаммыт? Мин ыраас тапталым…
– Сымыйа да буолуон сөп… Эн улахаҥҥа эрэнэр буоллаххына… Мин эйигин хаһан да албыннаабатаҕым… Хара маҥнайгыттан… Аны эн миэхэ кэлимэ. Туох да ыраата, дириҥии илигинэ. Мин атын уолу таптыыбын… – Маришка бүтэһик тылларын иһиллэр-иһиллибэт нэһиилэ ыган таһаарда.
Миичик эмискэ кыыс илиитин туппутун төлө ыһыгынна, эмиэ тыына хаайтарда, тахсар ааны былдьаста. Маришка эппит бүтэһик тыллара сытыы быһах кэриэтэ эдэр сүрэҕи хайыта сууралаатылар. «Атын уолу таптыыр, атын уолу таптыыр… кэһэй-кэһэй», – дии-дии, таптыыр кыыһын саҥата өй дуораана буолан, кулгааҕар сөҥөргө, ньиргиэрдээх этиҥ буолан ньириһийэн чанчыгар иһиллэргэ дылы. Тула өттө барыта туман курдук бүдүк-бадык.
Хайдах уопсайын булан, хоһугар чопчу киирбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Арай Бүөккэ соһуйбут куолаһа кинини «уһугуннарда».
– Тыый, Миичик, туох буоллуҥ?!
Миичик туох да быһаарыы биэрбэккэ доҕоругар:
– Табахта аҕал… уонна биир бытыылка буокката, – эрэ диэн бөтүөхтээтэ.
Бүөккэ доҕорун хаһан да маннык дьүһүннээҕин өтөрүнэн көрбөтөх буолан, туох эрэ бөрүкүтэ суох быһыы буолбутун тута өйдөөтө уонна истигэн оҕолуу биир-биэс тыла суох, сиэбигэр табахтаах сылдьарыттан ороон киһитигэр уунна. Киһитэ түннүгүн бордууһунатын да арыйбакка, тута иҥсэлээхтик табаҕын уматтан, иҥсэлээхтик оборбутунан барда. Бу түгэҥҥэ Бүөккэ туох эрэ туһалааҕы оҥорон эрэринии, түргэн үлүгэрдик таҥна охсоот, 5-с маҕаһыын диэки кыл тыынынан ыстанна. Миичик хоһугар соҕотоҕун олорон, табаҕын буруотугар чачайа-чачайа, үйэлээх сааһыгар табах буруотун бастакытын эҕирийбитин, маҥнайгы күүстээх таптал абылаҥыттан хомойбутун, хоргуппутун саныы-саныы, уйа-хайа суох ытыы олордо.
Өйүгэр араас өйдөммөт санаалар киирэллэр: Маришка хайдах да кинини сирэр буолуон табыллыбат. Ама, хайа кыыс кинини сириэхтээҕий? Урут дэриэбинэтигэр, билигин манна уопсайга, үөрэнэр да сиригэр, кэрэ аҥаардар ээр-сэмээр кыҥастаһалларын, кистии-саба сүгүрүйэллэрин эндэппэккэ сэрэйэрэ. Онтун үрдүктүк тутара. Сорохторун сэнии, мыына да көрөрө баар суол. Бэл, сытыы соҕустара тута билсиһэ охсон, киинэҕэ ыҥыралларын, тапталга билиниилээх сурук бөҕөтүн суруйалларын ахсааҥҥа да киллэрбэтэ. Онтунан холобурданан, уолаттарыгар киһиргии түһэр үгэстээҕин доҕотторо эмиэ бэркэ билэллэр.
Арай ити Маришка эрэ кинини болҕомтоҕо ылбат. Баҕар, соруйан гынара буолуо, күнүүлэтээри. Ол эрээри Маришка оннук буолуон сатаммат. Өссө баран, кэпсэтэн көрүөн баҕарталаата. Баҕар дьээбэлээбитэ буолаарай. Бээ эрэ, аны ити Аанчык убайын таптыыра эбитэ дуу? Ээ чэ, эмиэ күнүүлээтим дуу, сах. Маришка кимниин да сылдьыбат, мин ону бэркэ билэбин, сэрэйэбин.
Ити курдук Миичик син уоскуйан, санаата ыраах ханна эрэ тиийэн, аны нухарыйыахча буолан эрдэҕинэ, хоһун иһигэр Бүөккэтэ тыын быһаҕаһынан тыынан, атыннык көрөн-истэн көтөн түстэ.
– Чэ, Бүөккэ, кут арыгыгын. Өйбүн сүтэриэхпин наада. Маришка миигин үүрдэ, атын уоллаахпын диэтэ.
– Эс, ама? – Бүөккэ, туох буолбутун сэрэйдэр, төрүөтэ кыыска сытарын биллэр да, өйдөөбөтөх киһилии, элээр-мэлээр көрө-көрө остуолуттан икки ыстакааны ойутан аҕалан, орон диэки дьулурутта.
– Дьэ оннук… – диэтэ Миичик. – Аны мин олоҕум суолтата суох. Таптаан да диэн… Били эбэм этэригэр дылы «сибиинньэ оҕотун ииттэн да диэн»… Барыта таах сибиэ эбит.
О проекте
О подписке