Читать книгу «Санатыма дуу, ааспыты…» онлайн полностью📖 — Огдо — MyBook.
cover

Көрдөрөн тахсан, сатыы олорор уопсайын диэки хаампыта. Соһуччу сонунтан өмүттүбүтэ дьэ арыый ааһан, арааһы эргитэ санаан барбыта. Дьиктитин, кини киһини өйдүүр буолуоҕуттан соҕотох бэйэтэ сотору баҕайы иккиэ буолуохтара баар ээ. Эс, тоҕо иккиэ эрэ буолуой? Кини, Аанчык таптыыр уолун Толигы кытта үһүөлэр дии, оҕолорун олус күүтүөхтэрэ, таптыахтара. Кыыс буоллаҕына үүт-маас Толя курдук кыраһыабай, ыраас сэбэрэлээх буолуо. Оттон уол буоллун? Оччоҕо, оччоҕо… Аанчык бэйэтин курдук бэрт номоҕон, ис киирбэх да буоллун ээ. Соннук, кыыс булгуччу Толяҕа маарынныан наада эбит, наһаа кэрэ, нарын буола улааттаҕына, дьон бары хайгыы, сөҕө, мичээрдии көрүөхтэрэ турдаҕа. Кинини куруук үөрүү-көтүү арыаллыа, дьоллоох-соргулаах эрэ дьон тулалыа. Оттон уол ийэтин курдук дьүһүннээҕэ саамай сөп, киһиэхэ барытыгар харахха быраҕыллара булгуччу буоллаҕай? Син биир сириллэн туора да көрүллүө суоҕа эбээт.

Итинник баламат санаатыттан иһигэр бэйэтэ да кыбыстан, Аанчык иһийэ-бүгэ охсон, бэйэтиттэн бэйэтэ көҥөнөн, салгыы тугу да ыраламмат буола сатаата. Бэйи, киэһэни күүтүөххэ, Толя үөрэҕэ бүттэр эрэ уһуо суоҕа, булгуччу кэлиэҕэ. Оччоҕо Аанчык сэрэнэн эрээри, эмиэ соһуччу баҕайытык бу сонунун быктарыа. Оо, төһө эрэ үөрэр, уол кинини эмиэ олус таптыырын, күн аайы эппэтэр да, сүрэҕинэн сэрэйбитэ ыраатта. Оччотугар оҕолоноллоро кинилэр иккиэннэрин дьоллоро буоллаҕа…

Кыыс уопсайыгар кэлэн суунна-тараанна, аһаата уонна үлэтигэр барардыы оҥоһунна. Кини бу Оҕо дьиэтигэр үлэлээбитэ хайыы-үйэ сыл аҥаарыттан орто. Хоһугар иккиэлэр эрээри, анарааҥҥы кыыһа уоппускатыгар дойдулаабыта ыраатта, сотору кэлиэхтээх. Ол кэмҥэ Аанчык бэйэтэ олордо. Кырдьыга, соҕотоҕун буолбатах, кэлэ-бара Толик хонуктуур буолбута син ырааттаҕа.

Үлэлиир сирэ ырааҕа суох, субу уопсай кэтэҕэр турар аныгылыы мааны оҥоһуулаах, соторутааҥҥы тутуу дьиэ. Оҕолоро да диэн, эрэйдээхтэр бары быыкаалар, кини бөлөҕөр сүүрбэ биэстэр. Аанчык манна күһүн үлэҕэ киирэригэр үксүлэрэ эмиийдээх эрэ этилэр. Быраҕыллыбыт, сириллибит барахсаттары бытыылкаттан суосканан аһатар кини соруга этэ. Сууларын уларытан, сууннаран-ыраастаан, саҥалыы суулаан оронноругар сытыарар. Кими эрэ эмкэ илдьэр, кими эрэ уйатын туорайыгар ыйаммыт тыаһыыр оонньуурдарын сахсыйан саарата сатыыр. Ол икки ардыгар хайаларын эрэ эмкэ, массаж хоһугар таһар, атыттарын төттөрү аҕалар. Сытар оҕоҕо илиитэ хаһан да киһилии тиийбэт, биир кэм массыына курдук хаба тардан ылар – сүүрэр, ылар – суутун уларытар, ылар – аһатар, ылар – эмиэ төттөрү сытыарар.

Эрэй диэтэҕиҥ, ити хас биирдии хамсаныыта, ол аата үлэтэ, оҕолор эрэйдээхтэр ытабылларынан доҕуһуолланар. Ким эрэ ыҥырар, үҥсэргиир, ардыгар эмиэ да кыыһырар курдук ытыырын Аанчык аны арааран билэр буолбута. Инньэ да гыннар, хайыай? Сүүрбэ биэс кырачааҥҥа соҕотох ийэ буолар наһаа уустук. Дьиҥэр, этэҥҥэтэ буоллар, хас биирдиилэрин төрөппүт ийэ бэйэтэ чөкө, күнү быһа бүөбэйдиир аналлаах этэ. Кини икки илиитэ итиччэ элбэх оҕоҕо, хайдах да гын, син биир тиийбэт. Кып-кыра барахсаттар тот эрэ буолалларын хааччыйар кыахтаах. Сорохтор, сууларын уларытааккын, сонно илиттэхтэринэ да, аныгыскы уочаракка, Аанчык хаһан биир-биир барыларын бүтэриэр диэри, сыталларыгар эрэ тиийэллэр. Дьиҥэр, үлэ ирдэбилигэр этиллэринэн, барыта чааһынан болдьохтоох. Ол эрээри оҕо робот буоллаҕай, эн чааскар кыһаммат. Аһаабытын сыыһын сонно тута ииктээн баран хам аччык буола түһэр, тохтоло суох ытаан бэбээрэр эрэйдээҕи кини, түбүгүн быыһыгар кистээн, булгуччу эбии аһатар. Аһынара оччо. Тыынар тыыннаах эрэйдээх сыыһа-халты түспүтэ эн ханнык да быраабылаҕар баппат. Буолаары буолан төрүү иликтэриттэн тулаайах хаалбыт бу оҕолор…

Аанчык, оҕолорун аһынан, син биир быыкаатык да буоллар быыс булан, ааһан иһэн сууларын анныгар илиитин батары биэрэн, илийбитин-илийбэтэҕин бэрэбиэркэлиир. Инчэҕэй буоллаҕына, тута иккистээн уларыта охсор. Оччоҕо эрэ ытаан мэрбэҥнээбит сирэй, «һуу» гынан, мичээрдииргэ дылы гынар. Онуоха уһуннук ымманыйан туруоҥ баарай, кураанах суоскатын айаҕар угаат, кыыс салгыы сүүрүүнэн кэриэтэ атын дьаһалыгар ыстаннаҕына эрэ барытын кэмигэр толорор, бүтэрэр кыахтанар.

Ити өссө кыра диэн манна баар саастаах сиэстэрэ кини кэлээтин кытта сэрэппитэ. Оҕолор улааталлар, хамсаан, туран-олорон бардахтарына, ирдииллэрин биллэхтэринэ, ытабыллара үксүүр, көрүллэллэрэ эбии уустугурар. Ону да кыыс өйдөөбүтэ. Биирдэ эмэ илиитигэр ылан көтөхтөҕүнэ, иһиллээбиттии ах барар кырачааны, ама, тугу да билбэт диэҥ баарай? Кимнээҕэр бэркэ илиини араараллар, кыратык да чугаһаатаргын, соҕотохто хатааста, силим курдук сыста түһэллэр уонна, туох дииргин күүппүттүү, чуумпура иһийэллэр. Кып-кырачаан тарбахтарынан түөскэр хатана түһэллэр уонна эйэргээбиттии уу-хаар баспыт харахтарынан мичээрдээн муҥнаналлар. Сып-сырдык саһархайдыҥы харах, сороҕо күөх, сороҕо хара… эрээрилэр тоҕо эрэ бары биирдик, көрдөһөр-ааттаһар курдук көрөргө дылылар. Оччоҕо, хайа да бэйэлээх дьахтар, бу кырачаан барахсаны халбарыччы анньар кыаҕыттан ааһара буолуо ээ. «Эрэйдээхтэр ийэлэрин эрэйэллэр ээ, быһыыта» дии санаатаҕына, бэйэтинэн охсон, ийэтэ суох улааппыт оҕо сааһын санаан, уйадыйан ылааччы. Ол иһин ити туһунан санаабат буола сатыырга кини кэнники ыйдарга син мээнэ үөрэннэ.

Манна үксэ ыалдьааччылар сыталлар, ол аата эмтэммэт, эбэтэр уустук ыарыылаах диэн, төрөөттөрүн кытта кинилэртэн ийэлэрэ аккаастаммыттар. Чэгиэн баҕайы кырачааннары ардыгар иһээччи, күүлэй дьон бырахпыт буолаллар. Сорохтору онтон-мантан булаллар. Олору кэтээн көрөллөр, доруобай буоллахтарына, оҕото суох ыалга ииттэрэ биэрэллэр. Онуоха халыҥ уочарат. Сороҕор быыһылаан атын куораттартан, омук дьоно эҥин кытта ылаллар дииллэр. Ол тоҕотун, төһө уустугун, көҥүллэнэрин-көҥүллэммэтин Аанчык билбэт, ыйыта да сатаабат. Иһигэр оҕолоруттан наһаа көҥөнөр, кимиэхэ да биэриэн баҕарбат да, бопсор кыаҕа, биллэн турар, суох. Кини тыын соруга – бу оҕолору күннэтэ көрүү-харайыы, хаста да аһатыы. Онон бүтэр. Ытыыр-ыгылыйар буоллахха, бириэмэҕин таах ыыттаххына, хайа эрэ оҕоҥ аччык хаалар кутталланар буолаахтаатаҕа.

Үлэтин кыһамньылаахтык уонна түргэнник толорорун иһин кыыһы хайгыыллар. Оннооҕор Саҥа Дьылга эҕэрдэни кытта бириэмийэ биэрэн турардаахтар. Эбиитин эһиил үөрэххэ киирэргэ мэктиэлиэхпит диэбиттэрэ.

Онтон Аанчык олус үөрбүтэ, бука, ити эппиттэрин хоту сөбүлэниэ даҕаны. Быйыл учуутал буолбут киһи дуу диэн таах туттарсан көрбүтэ да, баала ситэ хапсыбатаҕа, кыайан киирбэтэҕэ. Дьиҥэр, атын дьоҥҥо итинник кэпсиир эрээри, кини үөрэххэ киирэ сатаабыта иһэ истээх этэ. Биллэн турар, төгүрүк тулаайах кыыһы баала да үгүөрүтэ суоҕун үрдүнэн ылбыттара. Миэстэ кырыымчык, баҕалаах баһаам этэ. Кини үөрэххэ киирбитин истэн, докумуонугар илии баттаан деканаттан тахсан истэҕинэ, биир ытаабыт-соҥообут, кып-кыһыл уостаах, будьурхай баттахтаах дьахтар, арааһа, оҕото хапсыбатах быһыылааҕа:

– Ханнык эрэ илэчиискэлэр бырахпыт оҕолоро тулаайах аатыран куонкуруһа суох быһа киириэхтээх үһү! Оттон мин оҕом, ийэлээҕин-аҕалааҕын, үрүҥ көмүс мэтээллэммитин буруйугар «хапсыа» суохтаах!

Кини оннугар киирбит ити тулаайаххыт, көрөөрүҥ да истээриҥ, икки ыйынан итирикситтии барыа, син биир үөрэҕи ылыа суоҕа, – диэбитин эт кулгааҕынан истибитэ, иэнэ кэдэҥнээбитэ.

Кыыс, паркет муостаҕа хам хатаммыт курдук, биир да хардыыны оҥорор кыаҕа суох туран хаалбыта. Икки хараҕыттан сып-сырдык таммахтар төтөлө суох тохтон барбыттара. Туман быыһынан көрдөҕүнэ, кинини буруйдаабыттыы одуулуур харахтар онтон-мантан, төгүрүччү өттүттэн, «дьэ, хайыыр эбит» диэбиттии, дьөлө үүттүүллэрэ.

– Эһиги… миигиттэн сылтаан үөрэхтэн маттыгыт дуо? Бу мантан атыҥҥа барар кыаххыт суох?! Оччотугар мин барыам! Ылыҥ, киириҥ, үөрэниҥ, киһи буолуҥ. Ол эрээри, миигин сэнээмэҥ, илэчиискэлэр оҕолоро буолбатахпын, эһиги да үөрэҕэ суох син биир киһи буолуом, – диэт, сорунуулаахтык деканакка төттөрү киирбитэ.

– Докумуоммун ылыыһыбын, мин… атын сиргэ барыыһыбын, – диэн сымыйалаан кубарыппыта.

Онуоха дьиктитэ баара, бу икки ардыгар сибилигин үөрэн-көтөн тахсыбыт кыыс баччалаах былдьаһыктаах миэстэттэн тоҕо аккаастаммытын ким да туоһулаһа барбатаҕа, саҥата суох түргэн үлүгэрдик кумааҕытын була охсон утары ууммуттара.

Итинтэн эмиэ соһуйбут-хоргуппут кыыс, сап-салҕалас илиилэринэн били кумааҕылары куду харбаат, тахсар ааны былдьаспыта. Баҕар, ким эмэ хайдах-туох буоллуҥ диэбитэ буоллар, санаата уларыйыа эбитэ дуу. Ханна эрэ санаатын үгэҕэр күүтэ-эрэйэ санаабыта туолбакка, онтон ордук хомойон, синим биир диэт, иннин диэки дьүккүйэн испитэ. Ааҥҥа үмүөрүспүт оҕолору түҥнэри көтө сыһан көрүдүөр устун сүүрбүтэ. Өрөмүөннэнэ турар кураанах аудиторияҕа киирэн уйа-хайа суох ытаабыта дуорааннанан көрүдүөр нөҥүө уһугар иһиллибитэ быһыылааҕа да, кыыска ким да чугаһаабатаҕа. Бачча тухары атаҕастаммыт курдук санаммат буолара да, тыл баар эбит кыһыылаах да, ыарыылаах да. Кимнээх буолан көмүскэтиэй? Ханыыта суох эрэйдээҕи аҥаардастыы атаҕастаатахтара абатын… Кинини туора соторго хантан ылбыт бырааптарай? Кыл түгэнигэр, хаста да өсөһүөх, миэстэтин туран биэриэ суох курдук санаабыта эрээри, оо, ити харахтар… Бука бары кинини тымныытык, хаҕыстык, туохтарын эрэ былдьатан өһүрбүт курдук көрөр элбэх да элбэх сып-сытыы харахтар. Хайдах итинник дьулаан харахтары кытта биэс сыл эллэһэн, тэҥҥэ этэҥҥэ сылдьыахха диэтэххэ, ыарахан этэ. Ол иһин аккаастаммыта.

Дьиҥэр, ити кыһыылаах-абаккалаах түбэлтэ ааспытын да кэнниттэн, холкутуйаат, хайдах эрэ кэмсинээччитэ суох. Хата, туох имнэммитэ буолла, арааһа, дьылҕата харыстаабыт дьүһүнэ буолаахтыа, иннигэр кинини күүтэр туох эрэ улахан алҕастан мүччү туттаран быыһаан ылбыта буолуо дии саныыр. Кыахтаах баҕайытык атын үөрэххэ барыам да диэбитэ баара? Киһи да күлүөх, Аанчык докумуонун туттарарыгар хас да сиргэ туттарсарга холонор албаһы билээхтээбэтэ даҕаны ээ. Букатын да мантан атын үөрэх туһунан санаабакка сылдьыбыт кыыс толкуйа туора-маары сүүрэр кыаҕа суоҕа.

Онон, тиһэҕэр, туга да суох хаалбыт кыыс, ол күн саҥата суох малын хомунан, абитуриеннаан бүппүтэ. Уопсайтан тахсан, аа-дьуо хааман, хайа диэки барарын бэйэтэ да билбэккэ, оптуобус тохтобулугар тиийбитэ. Онно баар кыра киоска түннүгүн аттыгар, быһыыта, бэрт өрдөөҕүтэ сыстыбыт, ардах-хаар үлбүрүйэн, күн уота тобулу көрөн, дэлби саһаран хаалбыт биллэриигэ хараҕа хатаммыта. Дьэ, онто дьыалатын барытын бэрт судургутук быһаарбыта. Кыыс итиннэ этиллибит нүөмэрдээх оптуобуска олорон, олус судургутук оруобуна «Күнчээн» Оҕо дьиэтигэр тиийэн кэлбитэ.

Хата, бу үлэҕэ түбэһэ түһэн абыранна даҕаны. Тулаайаҕын истэн, үгүс кэпсэтиитэ суох тута уопсайга олохтообуттара. Бастакы кэмҥэ бииргэ олорор кыыһа сүбэлээн-амалаан, үлэтин сатыар диэри үөрэтэн абыраабыта. Хаһан да кыһыл оҕону көрбөтөх кыыс маҥнай утаа соһуйбута сонун буолбатах. Баҕалаах барыга үөрэнэрин сиэринэн, дьахтар да буоларын быһыытынан, хаана оонньоотоҕо, оҕону көрөрүн-бүөбэйдиирин бэркэ сөбүлээбитэ. Куттанан чугуҥнаабакка, харса суох, этии-үөрэтии хоту, сүнньүн да сатаан кыаммат, үстүү эрэ киилэлээх кырачааннары бүөбэйдээбитинэн, имигэс бэйэлээхтик туппутунан-хаппытынан барбыта.

Сааһыары ити дьоно төһө эмэ бороохтуйдулар, доҕор. Аны сууламматтар, ыстаан, ырбаахы сыыһын кэтэн баран, илиилэринэн таймаҥнаһан, батыһа көрөн, кураанах суоскаларын соппойоллорун быыһыгар өссө мичээрдээн ылаллар. Тура-олоро сатааччылар да бааллар, саамай сытыылара, икки илиилэринэн тардыһан тураат, уйаларын кэрийэ хааман муҥнаналлар.

Ыалдьар оҕо атын эбит ээ. Сыппытын курдук сыттаҕа, атыттар хайдах да сайынныннар-эбинниннэр, ол эрэйдээхтэр, кыайан эргийбэттэр, төбөлөрүн көтөхпөттөр, оннооҕор, ыйааһыннара эбиллибэккэ дылы…

Итинниктэри кытта элбэхтик кэпсэтиэххэ, бодьуустаһыахха баара диэн мунньах аайы абаккаҕа этинэллэр да, үлэһиттэр кыамматтар.

Ньээҥкэ хамнаһа быыкаа, ол да иһин уһуннук тохтоон, олохтоохтук санаатын ууран үлэлиэн баҕалаах аҕыйах. Арай Аанчыкка табыгастаахха дылы. Ылар харчыта аһылыгар тып курдук тиийэр. Уопсайа босхо, күнүс үлэтигэр чэйдиир. Быстахха кэлбиттэр эн хайдахтаах да этиигэр-үөрэтиигэр кыһамматтар, аҕыйах кэмҥэ хамнастарын толуйдулар да, туох да иэһэ суох төттөрү ыстаналлар.

Ардыгар медик буолаары сылдьар устудьуоннары аҕалаллар. Олор хантан ньээҥкэ буолуохтарай, үрдүнэн-аннынан сууйан-тараан хайдах тутары-хабары билсэллэр эрэ, сүнньүнэн ыарыыны интэриэһиргиир буолан, сытар оҕоҕо ымманыйбаттар.

Оттон Аанчык үлэтин наһаа сөбүлүүр. Сороҕор, солбуһар ньээҥкэ кэллэҕинэ да, тардыллан, арыый иллэҥсийбиччэ, ыалдьар оҕолор хосторугар баран анаан бодьуустаһар идэлээх. Саха буоллун, нуучча буоллун, омук буоллун, наар сахалыы туһаайан саҥарар, кэпсэтэ сатыыр, ыллыыр, утуу-субуу барыларын көтөҕүтэлиир. Сытааччылар эрэйдээхтэр сороҕор кырдьык да билэр курдук туттаахтыыллар. Аанчык атаҕын тыаһын истээт, ах бараллар уонна кинилэргэ тиийэрин күүтэр курдук иһийэ түһээхтииллэр. Оччоҕо кыыс иккилии оҕону уйаларыттан ылан түөһүгэр ыга кууһан түннүккэ чугаһата аҕалар. Сырдык буоллун, хараҥа буоллун, туох да ситимэ суох аҥаар кырыытыттан иһирдьэни-таһырдьаны, киһини-сүөһүнү, ыты-куһу арааран кэпсээбитинэн барар…

Манна киириэҕиттэн иһигэр кистээн иитиэхтиир биир ыралаах. Хаһан эрэ кини үөрэнэн, идэлэнэн, хамнаһа үрдээтэҕинэ, туһунан дьиэлэниэ уонна булгуччу мантан биир эмэ эрэйдээҕи иитэ ылыаҕа. Ол оҕотун оннооҕор хайдах эрэ хараҕар көрөн ыларга дылы. Эмиэ да дьиибэтэ баар, кыыс хаһан эрэ кэргэн барыахтааҕын туһунан тоҕо санаабатаҕа буолла, ыал буоллаҕына бэйэтэ оҕолонуохтааҕын эмиэ учуоттаабатах дии.

Аанчык итинник арааһы эрийэн-буруйан, быстах-остох булкуйан-тэлкийэн уһуннук санаабытыттан илистэ быһыытыйда, оргууй үөһэ тыынна. Оо, санаа диэн түгэҕэ дириҥиэн, сыыйыллара түргэниэн! Уопсайыттан үлэтигэр диэри, омуннаатахха, баара-суоҕа икки хаамыы. Ол икки ардыгар санаата ырааҕынан да «айаннатан» оонньоколоон ыллаҕа үһү. Барыта иэйииттэн саҕаламмыта ээ. Ийэ буолар үөрүүттэн, кистэлэҥ дьолтон уонна… соҕотох буолбатах долгуйууттан. Ол иһин, хаһан эрэ ылыахтаах оҕотугар туһаайан оргууй аҕай: «Чыычаах, тохтуу түһүөхпүт, бастаан оҕолонуохпут, онтон эйигин син биир ылыахпыт», – диэн бэйэтэ эрэ истэрин курдук сибигинэйдэ.

Кыыс үлэтигэр кэлээт, муус маҥан халаатын кэттэ, эмиэ оннук туналыйбыт халпааҕын оройугар уурунна, кэтэҕэр ыга тардан баанна. Сиэркилэҕэ кини иннигэр атын Аанчык турар. Уулуссаҕа буоллар наһаа оннук киһи хараҕар быраҕыллыа суох эбит да, маҥан халаат кими баҕарар олус тупсарар. Кини симиттибиттии туттубут сэмэй баҕайы ыраас сэбэрэтинээҕэр быһыыта-таһаата ордук уурбут-туппут курдук. Орто уҥуоҕар сөрү-сөп сип-синньигэс бииллээх, көбүс-көнө атахтардаах. Онуоха эбии илиитинэн үлэлиир кыыс имигэс санныларыгар дьүөрэлии нарын илиилэрэ харахха чуо быраҕыллаллар. Хамсаныыта имэрийэн эрэр курдук сэрэхтээх, наһаа намчы буолан, оҕо эйгэтигэр айылҕаттан сыстаҕас буоларга анаммыкка дылы. Күлэн мичийдэҕинэ сирэйдиин сандаарыс гынар ис киирбэх мөссүөнэ киһи эрэ хараҕар чуо быраҕылларын бэйэтэ сэрэйээхтээбэт…

Былырыын баччаҕа дойдутугар этэ. Аҕата суох буолбут кэмин саныырыгар наһаа ыарахан, ол иһин хаһан да оһуо суох чинчилээх бааһы тыыппакка, мэлдьи тумна сатыыр. Ордук-хос ыйыталларын эмиэ сөбүлээбэт, судургутук: «Ийэм кырабар өлбүтэ, бу диэн үчүгэйдик да өйдөөбөппүн. Оттон аҕам былырыын оһолго бараахтаабыта, онон төгүрүк тулаайахпын», – диэн быһыта биэрдэҕинэ, ким да эбии туоһулаһааччыта суох.

Толялыын билсэллэригэр эмиэ ити курдук эппиттээх. Уол соһуйбута уонна тугу да саҥарбатаҕа. Ол күнтэн ыла кини кыыска сыһыана ордук иһирэх буолбута быһыылааҕа. Кинилэр Эргэ Саҥа дьылы атаарар саҕана түүҥҥү кулууп үҥкүүтүгэр көрсүбүттэрэ. Аанчык онно тиийиитэ соһуччу соҕуһа. Бииргэ үлэлиир кыыһын кытта таах сынньана таарыйа барсыбыта. Куорат сир ыччата сытыыта дэлэлээх дуо, уоллуун-кыыстыын тибийэн олороллоро. Онтон саллан кыыс муннукка турар остуолга турбаттыы сананан олорбута. Биир бытыылка суок атыыласпытын хороҥ от курдук өҥнөөх пластик туруупканан сыпсырыйа-сыпсырыйа, киэһэни быһа анаан үрдэрэр буруоларын быыһынан үҥкүүһүттэри одуулаабыта. Чахчы киэптэппитэ, эчикийэ хамсаналлара да эҥинин, эрийэн түһэн уустугун. Ол быыһыгар өссө өрүтэ ыстаҥалаһар эбиттэрэ. Бары да маарынныырдык хамсаналлара, онон, сэрэйдэххэ, саамай муодунай үҥкүү үгэнэ быһыылааҕа.

Арай, Аанчык ол туһунан тугу да билбэт. Тыас-уус, дирбиэн-дарбаан киһини да кытта кэпсэтиннэриэ суох айылааҕа. Аргыс кыыһа Люба, Аанчыгы барыах диэн ааттаһа сатаан баран, доҕотторун көрсөн бииргэ үҥкүүлүү ыстаммыта. Быыһыгар кыра хаалаах суоктарын күргүөмүнэн соппойоллор, арааһа, битийэ сырыттахха итиикэтэ да бэрт буолуо. Олорор киһиэхэ оннук үлүгэр сылаас буолбатах да, үҥкүүһүттэр хамсаныыларын күүһэ сыттаҕа. Имик-самык уокка киһи сирэйэ-хараҕа дьүүллээн көстүбэт. Онуоха эбии өтөр-өтөр туох эрэ буруотун саба үрдэрэллэр, оччоҕо букатын туман быыһыгар сылдьар кэриэтэ атын турукка киирэҕин быһыылаах. Ити сыттаах буруоттан тэттэн ордук кыыс аймах үөрэн ыстаҥалаһа түһэр, күлүү-салыы оргуйан олорор. Чахчы да куорат сир тыаттан атына манна ала-чуо көстөрүн сөҕөн, Аанчык кирийиэҕинэн кирийэн, ыраахтан көрө эрэ олорбута.

Танцпол ураты сэргэх «олоҕун» сонурҕаан-дьиктиргээн, барытын сыныйан көрө олордоҕуна, ааһан иһээччи уолаттартан биирдэстэрэ, дьоҥҥо үтүрүллэн быһыылааҕа, Аанчык илиитигэр кэтиллэн, иһэ олорор суога остуолга соҕотохто килэс гыммыта. Кыыс, соһуйан, бытыылкатын харбаан ылан олордьу уура охсубута. Ити икки ардыгар остуол сирэйиттэн саккыраан тохтубут суок дьууппатын балайда илиппитэ.

Кыыс, онтун тэллэҕин харбаабытынан, ойон турбута. Хайыан да билбэккэ, саатар тэбэнээри дуу нөрүйбүтүгэр, арай, илиититтэн ким эрэ харбаан ылбыта. Үрдүк уҥуохтаах, кип-киэҥ арылыйбыт харахтаах, тоҥсоҕор муруннаах, үөһээ уоһун үрдүгэр сип-синньигэс гына саҥардыы бытыгыраабыт бытыктаах, санныгар тиийэ уһун баттахтаах, ыраас сэбэрэлээх уол оҕото илэ бэйэтинэн турара.

– Кыысчаан, бырастыы гын, алҕас таарыйдым бы-һыылаах, – диэн кини кулгааҕар таҕайан обургу соҕустук саҥарбытыгар, Аанчык долгуйан туох да диэн булбатаҕа.

Ол икки ардыгар уол ханна эрэ элэс гыммыта. Өр-өтөр буолбатаҕа, сииктээх салфетканы салыбыраппытынан субу тиийэн кэлбитэ. Онтун Аанчыкка ууммута уонна таарыччы:

– Билсэргэ бэртээхэй төрүөттэнним быһыылаах, эн таҥаскын буортулаабыт буруйдаах Толя диэммин, – диэбитэ.

Кыыс күлбүтэ, букатын да буруйдуур санаата суоҕун биллэрэн эйэргээбитэ, аатын эппитэ. Салгыы сэлэһиэҕи, ирэ-хоро кэпсэтиэҕи бэрт тоҕоостоох түгэн этэ эрээри, дирбийэр-дарбыйар тыас-уус тугу да иһитиннэриэ суох курдуга. Ол сатамньыта суох балаһыанньаттан иккиэн да саараабыттарын уол урут бэлиэтии көрөн:

– Аня, таһырдьа тахсабыт дуо? Манна айдаана бэрт эбит, – диэн тыл кыбыппыта.

Ити, кылгас да буоллар, олус күндү киэһэ этэ. Кыыһы инчэҕэй дьууппалаах барыаҥ дуо, тоҥуоҥ диэн туруорсан, Толя тута таксинан уопсайыгар аҕалан биэрбитэ. Сарсын, буруйун суотугар киинэҕэ барсарга ыҥырбытын кыыс аккаастаабатаҕа.

Оо, ол түүн бытааныан, эчикийэ сарсыарданы күүтэн да биэрбитэ. Сүрэҕэ мип-минньигэстик ыгыта туппахтаабыта, битигир-битигир тэбиэлээбитэ, имнэрэ кэйбитэ. Аанчык хараҥаҕа кытта кистээн мичээрдиир диэн тугун аан бастаан билбитэ. Билбитэ да буолуо дуо, маннык эбит диэн, дьэ, өйдөөбүтэ.

Күнү быһа сүүрүүнэн үлэлээт, киэһэлик уопсайыгар тахсыытыгар, үөрүөн иһин, аанын таһыгар Толя хайыы-үйэ хоруопкалаах кэмпиэттээх кинини күүтэн турара.

Бүттэҕэ ол, Аанчык ол күнтэн ыла күннэри-түүннэри күүтэр киһитэ соҕотох кини, Толя эрэ. Уол архитектор буолаары үөрэммитэ үһүс сыла эбит. Манна куоракка үөскээтэр да, тыаҕа дьоннордоох буолан, сахалыы-нууччалыы барытыгар сыстаҕас, элэккэй, булугас-талыгас, турбут-олорбут, букатын сиппит эдэр киһиэхэ маарынныыр.

Аанчык соҕотохсуйбут сүрэҕэ ити кэмтэн ыла иччилэммитэ, кимниин да үллэстиэ суох күндү кистэлэҥнэммитэ. Кыыс санаатыгар кини бу уолу сааһын тухары (онтубут да, саллайбыт сааһа диэхтээн, баара эрэ 17-тэ эбээт) билэр курдуга. Хайдах эрэ оннук, орун-оннугар буолуохтааҕын курдук, кини сүрэҕин суос-соҕотох чопчута бу уол буолбута. Кинилэр, ол да иһин буолуо, уһаабатахтара, били билсиэхтэриттэн нэдиэлэ эрэ кэриҥэ буолбуттара, кыыс биир хоско олорооччута уоппускаҕа бараатын кытта, киэһэ киинэ кэнниттэн Толя киниэхэ хоно хаалбыта…

...
5