Читать книгу «Санатыма дуу, ааспыты…» онлайн полностью📖 — Огдо — MyBook.
cover

– Толя, будь мужчиной, потерпи маленькие капризы своей невесты. Она ведь в «марьяжном интересе», – диэбитэ уонна эмиэ кубус-кураанаҕынан мичээрдээн ылбыта. – Хотя, ты уже доказал, что ты настоящий мужчина и уже преуспел в интимном плане… что весьма похвально. Зана, Толяҕа эттиҥ дуо, что ресторан заказан?

– Суо-ох, кини миигин таптаабат, маама! – Зана «чыычаах» ытыы олорбута.

– Толя, я буду конкретна. Өскөтүн Зана аата алдьаннаҕына, кэргэнэ суох төрөөтөҕүнэ, тебе не видать ни учебы, ни карьеры, ни жизни. Повсюду наши связи, ни одна душа тебя не подпустит хоть к какой-то работе. Үлэтэ суох хайдах киһи буолуоҥуй, тоойуом? Раз ситуацию решила ваша юная кровь, придется породниться с вами и воспитывать своих внуков. Өйдөөтүҥ? – Розалия Аманатовна, тимир-тамыр этээт, уол диэки кытаанахтык көрбүтэ.

Итиннэ туох өйдөммөтө баарый? Акаары да буолан абыранар ээ. Арааһа, ол түүн, Ульзана барахсанныын утуйа оонньоон, олоҕун тиэрэ эргиппит соҕотох кини, бэйэтэ. Кэргэн ылар туһунан хаһан да оройдоппот бэйэтэ, дьэ, түбэстэҕэ.

Аанчык, оо, Аанчык, эрэйдээхпин даа… Чахчы атаҕастаммыт, хата, Аанчык буолла. Олус сэмэй, килбик, ыраас санаалаах, чараас дууһалаах кыыс эбээт.

Хайдах бу балаһыанньатын киниэхэ этиэй?! Толя Аанчыкка убаммыта оччото, кинилиин куруук чэпчэки, холку буолааччы. Олус таптыыбын диэҕин, эмиэ да омуннаах, уохтаах буолбатахха дылы… Көннөрү, наһаа истиҥник санаһар буолан, бэйэ-бэйэлэригэр үөрэнэн хаалбыт курдуктар. Аанчык хаһан да кинини туохха да күтүрээбэт, мөҥүттүбэт. Уол бардаҕына барар, кэллэҕинэ кэлэр. Кулуупка бардым диэтэҕинэ, биирдэ буойсубутун, сыттаах кэллэҕинэ, сөбүлээбэтэҕин биллэрбэтэх Аанчык эмиэ да Толя бэйэтин ийэтин санатара. Кинини курдаттыы таайарын, көрөөт да тута өйдүүрүн билэр буолан, ардыгар Толя онуоха эрэнэн, ситэри эппэккэ, кыратык тумнан, албыннаан, быстах сырыыта да ханна барыай. Онтуката ити Ульзанаҕа улдьаарарга тиэртэҕэ…

Хайыах баҕайыный? Куорат сиргэ кыахтаахпын дэнэр киһиэхэ сибээс барыны быһаарар буолбута сонун үһүө. Өстүйбүт дьон, аймахтаспатах абалаахтар, эппиттэрин толорторо үөрэммиттэр, санааларын хоту салаллыбатахха, арааска да тиийиэхтэрэ. Оччоҕо? Ааты алдьаппыт, мааны кыыһы «моһуоктаабыт» акаарыны ким харыстыай? Дьиҥ иһигэр, ааҕыстахха, хата кинини муокастаатахтара эбээт… Ону ол дииллэрэ биллибэт. Үөрэҕин ситэри бүтэрбэтэҕинэ бүттэҕэ. Архитектор идэтэ хонтуора аайы көстүбэтэ эмиэ өйдөнөр. Атын сиргэ ханна күрэниэй? Саарбах. Ол аата, ыт сиэтин, Ульзананы, итиччэ баҕалаах кырасаабыссаны ойох ылан эрдин, оҕолоннун даҕаны дии санаата. Онтон… кыыс бэйэтэ да Толяны өр тулуйар үһүө, арахсаа ини. Толяны билбэ-эт, кини таптаабат дьахтарыгар наһаа сыҥаланыа суоҕа, оччоҕо кыыс түргэнник бэйэтэ да салгыа, арахсабын диэн айманыа. Оччотугар Толя туох да буруйа суох хаалыа, инники олоҕун (кини ирээтэ диэн баар ини, доҕоор?!) оҥостуо… Оттон Аанчык? Киниэхэ, төһө да кыбыһыннар, буруйданнар, олус эрэнэ саныыр, барытын өйдүө… Толя мэлдьи көмөлөһүө, ханна да быраҕан кэбиһиэ суоҕа…

– Өйдөнө-өр, – чочумча буолаат, санаатыгар аралдьыйан олорон, саҥа аллайбытын уол өйдөөбөккө да хаалла.

– Чэ, бэрт. Айдаан бүттэ. Барыта дьэҥкэ. Толя, дьоҥҥун кытта сарсын киэһэ кэлээриҥ, күүтэбит, – Розалия Аманатовна эргичис гынна, солконон суугунаан тахсан барда.

– Ульзана, тоҕо миэхэ кэргэн тахсыаххын баҕараҕыный? – Толя уларыйан хаалбыт куолаһынан ыйытта.

– Как это тоҕо? – кыыс мэндээриччи көрдө. Хайыы-үйэ уоскуйбут быһыынан итинник туруору ыйытыыттан соһуйбут көрүҥнэннэ. – Оттон… хотя бы, чтобы выехать за пределы? Допустим, в Лондон хочу… онно кэргэнэ суох кыргыттарга виза биэрбэттэр буолбат дуо? А мне нужна языковая стажировка, хотя бы… на год, на два и более…

«Тууй-сиэ, дьэ, чахчы да акаары быһыылаах» диэн уол кэлэйдэ даҕаны…

Ыал буолуу араастаах. Онон Толя туһугар бур-бур буруо таһаарар бэрээдэк бэйэтэ салаллыбыта. Биир эрэ ситэ өйдөммөт курдуга, бэйэ дьылҕатыгар бэйэ орооспото хайдах эбитэй? Быһата, бу балаһыанньаҕа бэринэн кэбиспит уол барытыгар дьонунан салай-тарыыга сөбүлэһэн испитэ. Ол иһин ити Ульзана дьонунуун урууластылар, силистээх-мутуктаах сибээскэ силим курдук сыһыннылар быһыылаах. Кылаабынайа, ким да кими да чыычылаабат. Таптал уота кинини таарыйбат. Баҕар, Зананы дэҥҥэ өрө салаан ааһара буолуо да…

Уол сүрэҕин түгэҕэр ханна эрэ ыраах Аанчык баар. Ону санаатаҕына, түөһэ ыарыылаахтык хам тутарын иһин хара күүһүнэн ахтыбат буола сатыыр. Кыыс иннигэр буруйдаах, чахчы албын эрэли иитиэхтээн, тулаайах эрэйдээҕи туһаммыт сидьиҥ эн диэтэхтэринэ, сөбүлэһиэх кэриҥнээх.

Баҕар-баҕарыма, Зана куруук кини аттыгар. Ол бэйэлээҕин биирдэ эмэ халты көрдө да, мааны кыыс кэтэҕэр Аанчык көрсүө мөссүөнэ көстөн ааһар. Иннигэр турар куорат хартыыната кыыстан букатын атын. Холку бэйэлээх, номоҕон сирэйдээх, уурбут-туппут курдук таһаалаах, олус нарын туттуулаах. Ол сып-сылааһынан илгийэр мэтириэт уһаабат, элэкис гынан ааһар. Тапталым диэҕин, Аанчык киниэхэ наһаа чугас доҕору, бэйэ киһитин санатар. Эбэтэр итинник буолуохтааҕа эбитэ дуу…

Толя куттас киһи быһыылаах. Тоҕо эрэ ирэ-хоро «оҥортообут дьыалаларын» киһилии дьаһайбата. Олортон саамай хомолтолооҕо – Аанчыкка бэйэтэ бара сылдьан кэпсэппэтэҕэ. Дьулайбыта оччо. Кинилиин арахсар санаата суох, атыҥҥа аралдьыйбакка сылдьан Зананы ойох ылабын диэн хайдах быһаарыахтаах этэй? Баарынан кэпсиэн… бастаан кыбыстыбыта. Аанчыгы «көмүһүм, чыычааҕым» дии сылдьан атын кыыстыын хоонньостум дииригэр хайдах да кыаҕа тиийиэ суох курдуга. Ол иһин иһийбитэ, туох буолан иһиэн кэм көрдөрүө диэн найыламмыта. Эппитэ да буоллар, ким итэҕэйиэй, барыта да наар аанньа буолбута буолбаат? Ол иһин Марыына баабыска кинини ирдээн кэлэ сылдьыбытыгар да туолкалааҕы тугу да булан быһаарбатаҕа. Онтон ити бэҕэһээ эмээхсин Аанчык суругун биэрбитэ. Уолу буруйдуур, хомуруйар биир да тыл суоҕа. Олоххун оҥоһун, мин туспар долгуйума, барыта этэҥҥэ буолуо диэн, ким эрэ кикпитин курдук, олус холкутук сүбэлээн, сөбүлэспитин биллэрэрдии, судургутук суруйбут этэ. Ханан да аат да, араспаанньа да суох, ким кимиэхэ тугу туһаайбыта, суругу ыыппыта өйдөммөтө. Ол да иһин, көрдөрөн туран дуолу туттарарга, сымыйалыырга бэрт төрүөт буолбута. Аанчыкка айдаан тахсыан сэрэйбит курдук сэрэхтээх суругу ыыппытыгар махтана санаабытыттан бэйэтэ да бэркиһээбитэ, «дьаабыланан, аны туос сымыйаччы буоларым итэҕэс эбит» диэн иһигэр бэйэтин бэйэтэ мөҕүттүбүтэ.

Ульзанатыныын туох олоҕу олоруон билбэт, кырдьыга, билэ да сатаабат. Бу кыыс иһэ истээҕин син сэрэйэрэ ээ. Аймахтары кытта билсиһиигэ, көрүдьүөс баҕайы, кыыс «олоххо быһаарыныылааҕын, дьаһаллааҕын» бэлиэтээн кэпсээбиттэрэ. Дьэ, ким билэр, дьаһала диэхтээн туга кэлбит үһү, оттон быһаарыныыта диэн эппитин толорторо үөрэммит хаппырыыс, атаах диэтэххэ, оруннаах буолуо дии саныыр Толя. Төрөөбүтүгэр Ульяна диэн сүрэхтээбиттэрин улаатарыгар абааһы көрөн, пааспарын ыларыгар Ульзана диэн уларыттарбыт. Инньэ гынан докумуона барыта Ульзана аатыгар толоруллубут. Тыаҕа баар аймахтара эрэ, эбэтэ-эһэтэ буоланнар «Уля, Уула» диэн ыҥырдахтарына, тымтан тырыттар да, хайыай, төрөөбүт аата этэ буоллаҕа. Ону улахан туох эрэ дьоһун ситиһиитин курдук кэпсииллэриттэн Толя «һык» гыммыттаах.

1
...