Читать книгу «Байанайдыын көрсүһүү» онлайн полностью📖 — Валерия Андросова — MyBook.
image

Атамаан моонньоҕон

Кураанах кустартан ханныга саамай улахан эбитий? Биир саас маннык түбэлтэ буолан турар. Өрүспүт эрдэ ырбыыланан, көҕөннөрү муус устар сүүрбэтиттэн номнуо бултаан бардыбыт, бураанынан сааһыырбытыгар эрдэ көһөн кэллибит, балаакка тиирэн, бородуукта бөҕө холболоон, дугдалары сөргүтэн, олох бэлэм буоллубут. Көҕөннөр үс күн, үс түүн биллэн баран ааһан хааллылар, биир да кус көппөт кэмэ. Таах күнү-дьылы ыытымаары, сарсыарда аайы бэс тумулбутугар улардыы тахсабын. Ол саҕана үтүө сарсыарда сүүрбэччэ улар тэҥинэн охсор буолара, бииргэ эмэ үөмэн киирэн туоһапканан ытан ыларым. Оннук ыам ыйын бастакы күнэ буолла, убайым хаһаас бытыылка арыгы хостоото, кыттыгаспыт Баһылай эмиэ биири таһаарда. Балааккабыт айаҕар кыракый остуолга ас-үөл тардан, күҥҥэ сыламныы-сыламныы, аһаан-сиэн бардыбыт. Иннибитигэр өрүспүт ырбыыта номнуо кип-киэҥ байҕал буола ирбит. Үөрэ-көтө баллыгыраһа олордубут. Арай таҥнарыттан халыҥ үөр моонньоҕон сирилээн кэллэ, мэктиэтигэр остуолбут кэннигэр саспыта буоллубут. Иккитэ, үстэ эргийээт, ырбыыбытыгар кэлэн түстүлэр. Балааккабыт турар эмпэрэтэ үрдүк буолан, сыыллан киирэн одууластыбыт, сүүсчэкэ кустаах үөр. Сир-халлаан барыта моонньоҕон иһиириитинэн туола түстэ, чуумпуран турбут кытылбыт сэргэхсийэ түстэ. Дьэ, доҕоттор, хайдах гынабыт? Ырбыыбыт кэҥээбитэ сүрдээх, доруоп сааларбыт тэппэт сиригэр түһэн олороллор. Мин балааккаҕа сыыллан киирэн халампаас ылан, хас кус баарын ааҕа сыттым, убайдар тугу эрэ сибигинэһэллэр, маскхалааттары хостоотулар. Арай ол одуулаһа сытан өйдөөн көрбүтүм, биир аарыма улахан моонньоҕон атыыра уста сылдьар, үөлээннээхтэриттэн омуннаатахха үс төгүл бөдөҥ эбит. Убайдарга эппитим, халампааһы былдьаһа-былдьаһа сөҕүү бөҕө. Миигин, быһый киһини, чугас кустуур күөлбүтүгэр ыыттылар, биир дугдабытыттан туоһапкалары ыллара. Начаас эргиллэн кэллим, былаан Барбаросса, балаһыанньа байыаннай буолбут. Биһиги икки убайбынаан маскхалааттаах, туоһапкалардаах өртөөҕү талахтар быыстарынан үөмэн аллара эмпэрэ анныгар киириэхтээхпит, онон ытар дистанциябытыгар чугаһатыахтаахпыт, эбиитин кустар чугаһыы түһэллэрин көһүтүөхтээхпит. Баһылай, аптамааттаах киһи быһыытынан, эмпэрэ үрдүгэр күөрэтиигэ хаалар буолла, баҕар, үрдүнэн көтөн таҕыстахтарына диэн. Билигин сирэйдэрбит боччумун көрөр киһи күлүө эбит, саатар орто холуочук буойуттар, дьэ байыаннай садаанньабытыгар бардыбыт. Доруоптар уостарыгар хаар симиллибэт гына тирээпкэлэри анньыалаатыбыт, туоһапкаларбытын илиибитигэр туппутунан, таҥнары сыыллан киирдибит. Кустарбыт бэйэлэрин аймалҕаннарыгар буолан, кыһаллыбатылар даҕаны. Манаан, ытар сирбитигэр тиийдибит. Тиэрэ сытан хайыһан хамандыырбыт Баһылай сирэйин көрөбүт. Киһибит эрбэҕэ көстөр, былаан туолан эрэр диэн буолла. Балачча сытан баран тулуйбатыбыт, хата оруобуна атамаан моонньоҕон мууска таҕыста, атын доҕотторуттан лаппа улахана дьэ бэркэ да көһүннэ. Сүүстэн эрэ тахса миэтэрэ. Убайбынаан эрэбил гына, иккиэн тэҥинэн ымсыырбыт моонньоҕоммутун ытан саайдыбыт. Хата, онтукабыт мууска тиэрэ таллас гынан хаалла. Атыттара былааммытын тутуспуттуу, тыалы утары биһи диэки хайысхалаах өрө сирилээн таҕыстылар. Тыал тыаһынааҕар дьэ халыҥ тирилэтии буола түстэ, сүүс кус уун-утары барылас гыммыта аанньа буолуо да. Дьэ күүстээх артиллерия үлэлээн барда, Баһылайбыт биэстэ ытан аҕыс куһу үрдүбүтүгэр таммалатта. Биһиги да хаалсыбатыбыт, үһү охтордубут. Кустарбыт үрүө-тараа барыахча буолан баран холбоһон өрүһү өксөйө турдулар. Эмиэ эдэр саллааты күөлтэн эрэһиинэ тыыны ыллара ыыттылар, абакка. Төттөрү-таары сүүрэкэлээн, хата, өйдөнөн хааллым. Дьонум остуолга олорон иһиттэрин тобоҕолообуттар. Тыыны соһон киллэрэн ууга түспүт кустары хомуйдум, күүстээх сүүрүгү кытта киирсэн, ырбыы утары тиийэн, эрдиинэн тардыалаан били аарыма моонньоҕоммутун ыллым. Улахана сүр дьэ, били кыра хардырҕас хаас саҕа буолсу. Тахсыбытым кэннэ эргитэ сылдьан үөрэтии буолла, дьүһүннүүн, быһыылыын олох моонньоҕон моонньоҕонунан.

Арай ол олордохпутуна, таҥнарыттан икки бураан айаннаан иһэллэр. Убайым дьиибэ баҕайытык туттаат, кустары хомуйан кистэтэлээн кэбистэ. Алданы өрө сааһыы көһөн иһэр нуучча атастар эбит, бэһиэлэй айаннаан иһэллэр. Тохтоон сынньаннылар, кыратык кэһии бэристилэр, тост бөҕө көтөҕүлүннэ, убайым дьиибэ боппуруоһун эттэ: «Какая порода уток самая большая у нас?» Мөккүөр бөҕө буола түстэ, икки нуучча: «Көҕөн!» – дии түстүлэр, биирдэрэ: «Атыыр орулуос көҕөннөөҕөр ыйааһыннаах буолар!» – диир, төрдүс киһилэрэ «Улун!» – диир. Балачча өр мөккүһүннэрэн баран, убайым: «Самая большая утка – шилохвость!» – диэтин кытта күлсүү. «Поспорим на ящик», – диэн буолла. «На пол-ящика», – диэн хардардылар. Илии тутустулар. Балааккатан таһааран иннилэригэр бырахта. Күөх харахтар сиргэ таммалаһа сыстылар, киһи сатаан сахалыы үтүктүбэт нууччалыы тылынан сөҕүү бөҕө буолла. Биирдэрэ аллараа киирэн сыарҕаларыттан саҥата-иҥэтэ суох уон буокканы аҕалан остуолга кэккэлэтэн кэбистэ. Биирдэрэ фотоаппарат хостоон тута-тута түһэрдэ.

Итинник эргинии дьыалаҕа маастар убайым: «Один снимок – пузырь!» – диэн саайда, аннараалар сөбүлэнэн үстэ түстүлэр. Сотору ыраах ыырдаах дьон айаннаатылар. Оо, накаас дьыала буолла, түгэҕин көрүөхтэригэр диэри тохтуохтара баара дуо, ыксаан көмөлөспүтэ буолабын да, уйуммаппын, утуйа мээрик киһибин. Кус киирэр эрэ киирбэт, икки күн хайдах ааспыта буолла. Үһүс күн, өй-төй булан, син кустаатыбыт. Мууспут сүрдээҕин хараарбыт, сотору хамсыыһы. Киэһэлик үс киһилээх этэрээт хааман иһэрин көрдүбүт, улахан сүгэһэрдээхтэр, мууска киирбэккэ кытыл устун иһэллэр. Убайым үөнэ эмиэ хамсаата, ол дьону отой абырах курдук көрөр. Бэйэбит дьоммут эбит, биһигиттэн аҕыйах килэмиэтир тэйиччи сытар күөллээхтэр. Убайдар үөрэ-көтө көрсөөт, сакалааттаһар айдааҥҥа бардылар,