– Тугу сордоноҕун? – диэбитэ кини. – Эн, биирдэ баран эттэххэ, тутааччыгын дии. Тутууга сыһыаннааҕы барытын билэҕин. Миэхэ дьиэбин оҥорон биэр. Мин үчүгэйдик төлүөм. Онтон өссө оҥорторооччулар көстөн иһиэхтэрэ.
Дьиэ оҥорторооччулар көстүбүттэрэ. Өссө хас да куоракка. Бастаан, кырдьык, төлөпүөнүнэн соҕотоҕун үлэлиибин диэтэхпинэ, соһуйааччылар, онтон көрсөн баран тоҕо соҕотоҕун үлэлиигин диэччилэрэ суох. Тоҕо наһаа өр өрөмүөннүүрбүн өйдөөччүлэр. Ыксыыр дьон атыттары кэпсэтээччилэр.
Уонна оттон, дьүһүнүммүн-бодобун сөбүлээбэтэхтэр.
– Эһиги сирэйгитин көрүнүҥ эрэ, – диэн үөрэх сэбиэдиссэйэ биһиэхэ черчение уруогар хаһыытаабыта. – Эһиги көннөрү көрүҥ эрэ бэйэҕитин. Хараххытыгар ханнык да санаа кыыма суох. Мин иннибэр бараан үөрүн курдук олороҕут. Эһиги барааннар курдук дар акаарыларгыт. Аҥалаларгыт! Үүнэр көлүөнэбит!
Кини аттыбар туран мин уруһуйбунан далбаатанара. Төбөм үрдүгэр илиитигэр тутан турар кумааҕыта илибириирэ. Мин остуол сирэйин көрөн олорон төһө сил таммахтара түспүтүн аахпытым. Бастаан биир, онтон өссө. Олору таарыйымаары, сыҕарыс гыммытым, онно кини дьэ хам барбыта. Миигин көрбүтэ, өрө тыыммыта, лииһи бүк туппута уонна эппитэ:
– Дириэктэргэ бардыбыт. Малгын ыл.
Эмиэ барыбытын кэриччи көрбүтэ.
– Атыттар салгыы үлэлиигит. Уонна дьэ кылаастан тахсан көрөөрүҥ эрэ.
– Дьэ көр эрэ, Александр Степанович, үөрэнээччилэриҥ тугунан дьарыктаналларын, – диэбитэ кини, дириэктэр хоһугар киирбиппитигэр. —
Кэнэҕэски тутааччылар.
– Кинилэр биһиги уопсай үөрэнээччилэрбит, Аркадий Андреевич, – диэбитэ дириэктэр. – Уонна, баҕар, хаһан да тутааччы буолуохтара суоҕа.
Үөрэх сэбиэдиссэйэ кини остуолугар мин уруһуйбун бырахпыта уонна саҥата суох миигин тобулу көрбүтэ. Оттон мин дириэктэри көрөн турбутум. Тоҕо диэтэххэ, кинини бу иннинэ көрө илигим. Биһигиттэн кинини төрүт ким да көрө илигэ. Училищеҕа барыны бары үөрэх сэбиэдиссэйэ дьаһайара, оттон дириэктэр туһунан арааһы барытын кэпсииллэрэ.
– Тоҕо эн миигин ити үлүгэрдээх көрдүҥ? – кини сонньуйан ылбыта. – Эмиспин дуо? Эн Моргунову көрбүтүҥ дуо? Урут оннук киинэ баара, билэҕин дуо? Моргунов, Вицин уонна Никулин тустарынан.
Үөрэх сэбиэдиссэйэ дьигиһис гыммыта уонна эппитэ:
– Бырастыы гын, Александр Степанович, ол эрээри мин санаабар…
– Эйиэхэ махтал биллэрбиккэр, Аркадий Степанович, – дириэктэр кинини быһа түспүтэ. – Мин быһаарсыам. Кини миэхэ манна хаалан эрдин.
Үөрэх сэбиэдиссэйэ барбытын кэнниттэн, дириэктэр уруһуйбун остуолга уурбута уонна эмиэ мин диэки көрбүтэ.
– Чэ эрэ, ыл саҕалыахха. Онтон олоппосто ыл уонна чугас олор. Тоҕо эрэ эйигин төрүт үчүгэйдик көрбөппүн… Ситинник… Маладьыас… Дьэ билигин миэхэ ааккын эт.
– Константин.
– Константин? Олус үчүгэй аат. Эн оччоҕо биир кэм уларыйбат майгылаах киһи буолуохтааххын. Ол үчүгэй. Эн уларыйбат майгылааххын дуо, Константин? Эбэтэр аатыҥ эрэ оннук дуу?
– Билбэтим ээ, – диэбитим.
Миэхэ дьиибэ баҕайы этэ, биһиги маннык, кини үлэлиир хоһугар олорорбут уонна өссө киһи өйдөөбөт ыйытыыларын биэрэрэ. Тоҕо диэтэххэ, мин кини хаһан күргүйдээн барарын кэтэһэрим.
– Билбэккин дуо? Дьиҥэр, ол наада ээ. Бэйэҥ тускунан, Константин, төһө кыалларынан элбэҕи билэ сатыахтааххын. Эн бэйэҥ тускунан тугу билэҕин?
Мин кини диэки көрөрүм уонна туох диэн хардарыахпын билбэт этим.
– Сөп, – диэбитэ кини. – Итиннэ хардарарга билиҥҥитэ бэлэмэ суоххун. Кэлин, баҕар, өссө ыйытыаҕым. Толкуйдаа. Онуоха диэри эт эрэ: суумкаҥ туһунан тугу билэҕин?
Мин кини диэки көрбүтүм уонна төрүт тугу да өйдөөбөтөҕүм.
– Аҕал эрэ миэхэ.
Суумкабын остуол нөҥүө ууммутум. Ону ылан ыараҥнатан көрбүтэ уонна мүчүк гыммыта:
– Ыарахан эбит. Манна туохтааххыный?
Мин эппитим:
– Үөрэнэр кинигэлэрим. Өссө физкультураҕа кэтэр таҥаһым. Бүгүн баскетболлуохтаахпыт.
– Сөөп. Өссө туох баарый?
– Тэтэрээттэр.
– Өссө.
– Уруучука.
– Маладьыас.Уонна?
– Онтон атын туох да суох.
Бэйэм испэр санаабытым: табахпын итиннэ умнубатым ини?
Кини суумканы остуолга уурбута уонна эмиэ уруһуйбун ылбыта.
– Онтон атыттар суохтар дуо? Эн суумкаҕар?
– Уруһуйдар дуо?
Кини этэр:
– Ээ оттон, уруһуйдар. Эйигин ол иһин манна аҕалбыттара дии. Өссө баар дуо? Миэхэ көрдөр. Эбэтэр эн физкультураҕа кэтэр таҥаскын ырыҥалыахпын баҕараҕын дуу?
Кини тэтэрээттэрбин биэс хас мүнүүтэ кэриҥэ арыйталаан көрбүтэ. Онтон туран түннүккэ тиийбитэ, балачча турбахтаабыта, төннөн кэлэн эмиэ биэс мүнүүтэ курдук арыйталаан көрбүтэ.
– Тоҕо манна барыта сыгынньах дьахталларый? Наар ону эрэ санаан тахсаҕын дуо? Сааһыҥ хаһый?
– Уон алтам.
– Ээ, оччоҕо өйдөнөр, – диэбитэ кини. – Хомуй барытын, онно истиэнэ таһыгар олор уонна күүт. Мин өссө ону-маны ситэриэхтээхпин.
Бастаан тоҕо табыллыбата биллэр, үөрүйэҕэ
суоххуттан буолбатах, тоҕо диэтэххэ, наһаа өр күүтэргиттэн. Ол туһунан санаабытыҥ кэнниттэн, өссө үс сыл ааһар эбээт. Онно өссө эн эмискэ кинилиин иккиэйэҕин эрэ хаалаҕын, – утары көрөн олорон, оо дьэ, мин туох да үөрүйэҕим суох ээ дии саныыгын.
Оннук, эн, кырдьык, олус өр күүтэҕин. Ол иһин үчүгэйдик сатаммат. Онуоха эбии кини эмиэ оннук буолуо буоллаҕа дии. Эбэтэр кыргыттар адьас атыны саныыллара дуу?
Онон хайыаххыный, уруһуйдуургар эрэ тиийэҕин. Бастаан моонньун, онтон саннын. Оннук тахсан иһэр. Олороҕун, кинилэргэ кыйытта саныыгын уонна уруһуйдуугун. Онтон атын тэтэрээти ылаҕын. Онтон эмиэ.
Дьэ, онон мин ийэбэр – үөрэҕим кэнниттэн ханна тэлбэҥнии сылдьыбыппын кыайан быһаарбатаҕым. Киниэхэ уруһуйдарым туһунан уонна училище дириэктэрэ ол уруһуйдартан сылтаан миигин үлэлиир хоһугар үс чаас туппутун, онтон өссө ханна да ыыппакка дьиэтигэр илдьэ барбытын хайаан кэпсиэхпиний? Баран иһэн уулуссаҕа көрбүт хаамаайыларыгар барыларыгар харчы биэрбитэ, бүтэһигин дьиэтин таһыгар бүтүн бөлөҕүнэн турааччыларга түҥэппитэ. Чэ, наһаа да бөлөҕүнэн буолбатар, үс хас киһи чахчы баара. Онтон үһүс этээскэ киниэхэ тахсыбыппыт, кирилиэскэ ханнык эрэ эмээхсин олороро, онуоха дириэктэр – биллэн турар, биллэн турар, киир, мин эйигин күүппүтүм ыраатта, итиннэ куукунаҕа олус элбэх мунньулунна диэбитэ. Эмээхсин куукунаҕа бэрт өр иһити-хомуоһу тыаһаппыта. Тахсарыгар көхсүгэр улахан баҕайы үрүсээхтээх этэ, дириэктэр – ыарахан буолбатах дуо, соҕотоҕун хайдах илдьэҕин, тиэрдиэҥ дуо диэбитэ. Онуоха эмээхсин тиэрдиэм диэн хардарбыта. Онтон кини миэхэ биир ханнык эрэ кинигэни көрдөрбүтэ уонна ыйыппыта: уруһуйдаргын мантан устубутуҥ дуо? Мин суох диэбитим. Тоҕо диэтэххэ, мин хантан да үтүгүннэрбэтэҕим. Көннөрү өйбүттэн уруһуйдаабытым. Мин туохтан эрэ санаам алдьаннаҕына уруһуйдааччыбын. Онуоха кини ыйыппыта: кырдьык, мантан буолбатах дуо? Онно мин эмиэ суох диэтэҕим дии. Дьэ, онно кини ол кинигэни миэхэ биэрбитэ уонна дьиэҕэр көрөөр диэбитэ. Уонна сарсын уон биир саҕана кэлэрбэр эппитэ. Онуоха мин сарсын хонтуруоллуур үлэлээхпин, үөрэх сэбиэдиссэйэ өлөрүө диэбитим. Дириэктэр эппитэ – өлөрүө суоҕа. Дьиэлээ уонна кинигэни көр диэбитэ.
Ол да буоллар мин дьиэбэр син биир хойут кэлбитим, ийэм ол да иһин мөхпүтүнэн барбыта. Онтон мин кинини көрө-көрө хайдах да быһаарар кыаҕым суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, суумкабар били кинигэ баара. Ол кинигэни хайаан ийэбэр көрдөрүөхпүнүй! Онно баар уруһуйдары кини, биллэн турар, сөбүлээбэтэ чахчы.
Оттон Эдуард Михайлович сөбүлээбитэ. Эбэтэр сөбүлээбэтэҕэ дуу. Ону мин билбэппин. Ол эрээри киниэхэ интэриэһинэй этэ. Кини хоско киирээт, кинигэни остуолтан сулбу тардан ылан арыйталаабытынан барбыта. Сирэйэ хайдах эрэ буолан хаалбыта… Дьикти баҕайы. Онтон бэйэтэ этэр: эн тоҕо ийэҕин эрэйдиигин? Уруһуйданар аҕай, наһаа кыһаллар саҥа аҕа үһү. Кинигэни арыйталыыр уонна этэр: эн кэлэргин кэтэһэн өйүттэн тахса сыста дии. Милииссэйэҕэ эрийээри гыммыта. Бу туох кинигэтэй? Мин этэбин: оттон эн көрө тураҕын дии. Таһын көр. Онно барыта суруллубут. Кини этэр: Гойя, Капричос. Кини тугуй, худуоһунньук дуо? Мин этэбин: ону мин билбэппин. Миэхэ ити кинигэни дириэктэр биэрбитэ. Онуоха кини этэр: дьэ, сирэй-харах бөҕө дии. Эн, аны ийэҕин эрэйдээн бүт.
Мин кинини көрөбүн уонна саныыбын: хата бэйэҥ дьүһүҥҥүн көрөрүҥ буоллар. Эн суоҕуҥ буоллар, мин ити дьахталлары, баҕар, адьас атыннык уруһуйдуом этэ. Итинник мөкүтүк буолбатах.
Тоҕо диэтэххэ, кинилэр, кырдьык, миэхэ наһаа мөкү быһыыланан-таһааланан тахсаллар этэ. Ол эрээри мин уруһуйдуурбун сөбүлүүрүм. Олороҕун, уруһуйдуугун – оччоҕо хайдах эрэ чэпчиигин.
Оттон Эдуард Михайлович ол кэмҥэ миигин адьас сөп оҥорбута. Мин оннооҕор киниттэн сылтаан аармыйаттан куотумматаҕым. Дьиҥэр, куотунуохтаах этим. Ол эрээри кини оччолорго миигин чахчы сордообута.
Мин хоспор киирэн олорооччу уонна кэпсэтээччи. Биир рота курсаннара эрдэхтэринэ мин аҕам хайдах курдук акаарытын өрүү кэпсээн тахсааччы. Уонна ийэм акаарытыгар киниэхэ кэргэн тахсыбытын ырытааччы. Тоҕо диэтэххэ, оҕо үөскээбитин да кэннэ аҕам киниттэн куота сылдьыбыт, өссө түннүгүн анныгар атын кыргыттары кытары уураспыт-сылласпыт үһү. Мин төрөөбүтүм да кэнниттэн, кини куруутун ханна эрэ сүтэн хаалыталыыр эбит. Биирдэ ийэм кинилэр роталарыгар тиийэн, миигин тугунан да аһатарым суох диэбит. Мин оччолорго икки саастаах үһүбүн. Оттон аҕам ханна сылдьара биллибэт. Онуоха кинилэр ону-маны булан миигин, аччык оҕону, аһаппыттар. Онтон аҕабын хараҥаҕа имитэ түһэн биэрбиттэр. Чопчута оннук гыныахтарын баҕарбыттар, ол эрээри ол кэмҥэ аҕам номнуо рота хамандыыра эбит, кини эппит – чэ, кытаатыҥ. Онон тохтоон хаалбыттар. Чэ, биир тылынан – кини наһаа куһаҕан үһү.
Оттон Эдуард Михайлович үчүгэй. Тоҕо диэтэххэ, кини ийэбин иэдээҥҥэ бырахпатах. Соҕотох хаалбытын кэннэ өйөөбүт уонна көмөлөһөргө мэлдьи бэлэм. Бэл, кини номнуо маннык туох да туһата суох уоллааҕын да иһин.
Ону таһынан Эдуард Михайлович наһаа өйдөөх. Тоҕо диэтэххэ, кини ким хайа иннинэ бу уларыта тутуу туохха тириэрдэрин, Горбачев диэн кимин, бас билиигэ ылыы диэн тугун өйдөөбүт. Ол иһин аармыйаттан эрдэ барбыт. Онно хаалбыттар бары акаарылар. Оттон Америка президенэ – хоҥ мэйии.
Эдуард Михайловиһы истэр чахчы дуоһуйуу этэ. Ол гынан баран мин саҥата суох олорооччубун. Дьиҥэр, уруокпар бэлэмнэниэхтээх этим даҕаны. Тоҕо диэтэххэ, ийэм миигиттэн көмөлөһөрбөр көрдөспүтэ. Дьэ ол иһин мин көмөлөһөрүм. Саҥата суох кини остуолбар хасыһарын көрөн олорорум. Онно кини тугу көрдүүрүн билбэппин. Кинилэри аармыйаҕа, баҕар, оннук үөрэппиттэрэ буолуо.
Өссө кини хаһыаттарга сурук суруйара. Ханнык хаһыаты атыылаһар да, барытыгар суруйара. Телевидениеҕэ эмиэ. Оттон биһиги кинини истиэхтээх этибит. Биирдэ тыаҕа тэллэйдии барыахтаах этибит, оттон кини телевизорынан тугу эрэ көрбүт этэ уонна
О проекте
О подписке