Саха литературата, биллэрин курдук, толору көрүҥүнэн ХХ үйэ саҕаланыытыгар үөскээбитэ. Маҥнайгы суруйааччыларбыт Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, Анемподист Софронов-Алампа, Николай Неустроев бэйэлэрин айымньыларыгар саха олоҕун-дьаһаҕын, оччотооҕу кэм бары кыһалҕаларын дириҥ хорутуулаахтык уонна киэҥ хабааннаахтык көрдөрбүттэрэ. Саха уратылаах өйө-санаата, толкуйа хааччахха хаайтара илик кэмигэр үлүмнэһэ үлэлээн, литературабыт көмүс кылаата буолбут бастыҥ айымньыларын суруйан хаалларбыттара. Хомойуох иһин, ити көҥүл кэм уһаабатаҕа. 1920-с сс. ортолоруттан уус-уран литератураҕа судаарыстыба уонна былаас өттүттэн кытаанах хонтуруол олохтоммута. 1925 с. бэс ыйын 18 күнүгэр тахсыбыт партия Киин кэмитиэтин «О политике партии в области художественной литературы» диэн ааттаах резолюцията уус-уран литератураҕа «күөрэйтэлиир» контрреволюционнай көстүүлэри, баайдыы санааны утары күүстээх охсуһууга ыҥырбыта. Саҥа үөдүйэн эрэр саха литературнай кириитикэтэ бу тыалга оҕустарар, классик суруйааччылар айар нэһилиэстибэлэригэр нигилистии хаҕыс сыһыан бу кэмтэн үөскүүр.
1927 с. буолбут П.В. Ксенофонтов баһылыктаах былааһы утарар хамсааһын саха интэлигиэнсийэтин, ол иһигэр суруйааччылар, үрдүлэринэн барбыта. Бу долгуҥҥа хаптаран, уопсастыба уонна култуура биллэр диэйэтэллэрэ, литератураны төрүттээбит В.В. Никифоров-Күлүмнүүр, А.И. Софронов-Алампа, айымньылара «Чолбоҥҥо» бэчээттэнэн, суруйааччы быһыытынан саҥардыы биллэн эрэр Г.В. Баишев-Алтан Сарын, П.И. Оросин-Хайыкы Бүөтүр, литературнай кириитик В.Н. Леонтьев хаайыы дьоно буолбуттара. 1928 с. атырдьах ыйын 9 күнүгэр партия Киин кэмитиэтин «О положении в Якутской организации» уурааҕа ылыныллыбыта. Манна обком биир сүрүн алҕаһын быһыытынан националистыы санаалаах саха интэлигиэнсийэтин үрдүкү араҥатын бэйэтигэр тардыбыта ыйыллыбыта. Н.П. Канаев «Зарождение и становление литературной критики в Якутии (1925—1940 гг.)» үлэтигэр суруйар: «Теперь все, что было сказано в постановлении в отношении “верхушечной части” националистически настроенной интеллигенции, стало целиком переноситься на литературу, в частности, на оценку творчества дореволюционных писателей. …Следовательно, никакой преемственности в якутской советской литературе не должно существовать, ибо развивается она на принципе строгой пролетарской классовости. Исходя из такой узко понятой природы пролетарской литературы, якутские критики стали полностью игнорировать значение дореволюционного литературного наследия для развития якутской литературы». Ити курдук, сүүрбэһис сыллар бүтүүлэриттэн литература уонна искусство айымньыларыгар партийнай-кылаассабай сыһыан букатыннаахтык олохсуйар, «бобуулаах» суруйааччылар уонна айымньылар диэн баар буолаллар.
Саха литературатын төрүттээбит классиктар, саарбаҕа суох, баайдыы санаалаах, омугумсук көрүүлээх суруйааччылар кэккэлэригэр киллэриллибиттэрэ. Манна суруйааччылар социальнай төрүттэрэ, ханнык араҥаттан үүнэн-үөскээн тахсыбыттара кырата суох оруолу оонньообута. Ол курдук, Күлүмнүүр Дүпсүн улууһун, Өксөкүлээх убайа Оонньуулаах Уйбаан Таатта улууһун кулубата буолан үлэлээбиттэрэ, Н.Д. Неустроев Байаҕантай уонна Таатта баайдара Слепцовтартан уонна Оросиннартан сыдьааннааҕа, Алампа убайа В.И. Софронов ВЯОНУ чилиэнигэр кандидат буола сылдьыбыта барыта аахсыллыбыта. Биллэн турар, көҥүл санаалаах, төрөөбүт норуоттарын муҥура суох таптыыр суруйааччылар айымньыларын ис хоһооно саҥардыы олохсуйан эрэр социалистическай реализм ирдэбиллэригэр сөп түбэспэт этилэрэ. Өксөкүлээх нэһилиэстибэтиттэн элбэх мөккүөрү таһаарбыт, араас утарсыылаах санаалары үөскэппит айымньынан «Ойуун түүлэ» поэмата буолбута. Кириитиктэр поэманы националистыы санааны күөртүүр айымньынан аахпыттара, эдэр ойууннары кыырарга үөрэтэр босуобуйа да диэн сыаналаабыттара, поэты киһини абааһы көрөр теорияны олохтообут Англия аҕабыыта Мальтус үөрэҕин тарҕатааччыларга да сыбыы сылдьыбыттара. Айымньы ортотугар сылдьар сэбиэскэй былаас туһунан суруллубут кэрчиги туспа тутан, эпилог курдук айымньы кэннигэр бэчээттииллэрэ эбэтэр олох даҕаны ылан быраҕан кэбиһэллэрэ. Айымньы ааптар хайдах суруйбутунан 1993 с. биирдэ тахсан турар.
Анемподист Софроновы саха андеграунун бастакы бэрэстэбиитэлин быһыытынан көрүөхпүтүн сөп. Кини кимтэн эмэ тутулуктаах буолары адьас сөбүлээбэт суола этэ, суруйааччы көҥүл буолуохтаах диэн санааны мэлдьи этэрэ: «Госудаарыстыба суута суруйар идэлээх дьону алыс онон-манан майаачылаабакка, баар сокуон иһинэн туох көҥүл, быраап бэриллэрин биэрэр буоллаҕына, суруйааччы киһи ол-бу тылтан, салгынтан куттаммат, кыбыстыбат буоллаҕына, сайдан суруйан, идэтин таһааран иһиэх тустаах. Таһыырдаах оҕо килбик буолар, ол кэриэтэ ол киһини өһүргэтиэм, ол сууту кыыһырдыам диэн симиттэн-куттанан, тыынын эрэ мананан сылдьан суруйбутуттан хаһан даҕаны үчүгэй сурук тахсыан сатаммат» («Саха суруга, саха үөрэҕэ», 1922). Поэт гражданскай сэрии событиеларын норуот трагедиятын быһыытынан ылыммыта, тоталитарнай систиэмэ көлөһөтө үлтү ныһыйан ааспыт көлүөнэтин хараастыылаах дьылҕатын хоһоонноругар тиспитэ, бэйэтин кэмин кырдьыктаах поэтическай летопиһын айбыта («Оҕо утутар ырыа», «Хаайыылаах», «Оруоһун ахтылҕана», «Олох сүүрүгүн дорҕооно»). Алампа бобуулаах айымньылара, ол иһигэр үрүҥнэр гимнэринэн биллибит «Саха ырыата» хоһооно, омугумсуйууга буруйдаммыт, «санаа түһүүлээх, оҥорууну-ыйааҕы итэҕэйиилээх, мистика уонна фатализм элеменнэрдээх» «Нууччатымсыйбыт», «Бүдүрүйбүт көммөт» пьесалара 1996 с. «Ырыа быстыыта хоһоон» диэн хомуурунньукка күн сирин көрөн тураллар.
Чаҕылхай талааннаах Николай Неустроев нэһилиэстибэтиттэн бу хомуурунньукка «Куттал», «Үрүҥ күөлгэ» кэпсээннэр, «Тар» кэмиэдьийэ киирдилэр. Аныгы кэмҥэ киһи киһиэхэ сыһыана уларыйыытын, сиэр-майгы сатарыйыытын уйулҕаһыт суруйааччы кыраҕытык бэлиэтии көрөн суруйбут. Ол эрээри, бу олох хартыынатын хайдах баарынан дьүһүйэр айымньылар өр кэмҥэ идиэйэтэ суоҕунан уонна националистическайынан ааҕыллан бобулла сылдьан баран, 1995 с. биирдэ бэчээттэммиттэрэ.
Онон көстөрүн курдук, литератураны төрүттээбит классиктар саха олоҕун-дьаһаҕын кырдьыктаахтык көрдөрбүт айымньылара омугумсуйууга буруйдаммыттара, суруйааччылар бэйэлэрэ «революция уонна гражданскай сэрии сылларыгар контрреволюция диэкки охтубут, норуоту утарбыт буржуазнай суруйааччылар» быһыытынан өр кэмҥэ ааҕыллыбыттара. Кулаковскай, Софронов, Неустроев ааттара 1960-с сс. саҥаларыгар ырааһырбыта, ол эрээри нэһилиэстибэ тула мөккүөр уларыта тутуу сылларыгар диэри салҕанан барбыта.
Саха литературатын историятыттан букатыннаахтык сотулла сыспыт, өр сылларга ааттара ааттаммат буола сылдьыбыт дьонунан уопсастыба биллэр-көстөр диэйэтэллэрэ, репрессияламмыт суруйааччылар В.В. Никифоров-Күлүмнүүр (1866—1928), К.О. Гаврилов-Тыа оҕото (1890—1938) буолаллар. Саха драматургиятын маҥнайгы хараҥаччытын – Күлүмнүүр «Манчаарытын» туһунан «Саха советскай литературатын историятын очеркатыгар» (1956) маннык суруллубут: «Саха буржуазията бэйэтин идеологиятын киэҥник тарҕатар наадатыгар уус-уран тыл орудиетын эмиэ туһаммыта. Ол курдук, «Саха союһун» биллэр лидерэ тойон В. Никифоров «Манчаары» диэн пьесаны суруйбута. …пьеса автора, дьиҥэр, историческай кырдьыгы токурутан туран, Манчаарыны төрүөтэҕиттэн түөкүн-уоруйах эрэ быһыытынан көрдөрбүтэ. Манчаары социальнай-кылаассабай майгыннаах бууннааһына, дьадаҥылары кытта үчүгэй сыһыана арыллан көрдөрүллүбэккэ хаалбыта. Ону таһынан, Никифоров пьесата националистическай тыыннаах айымньы буолара өтө көстөр этэ». Күлүмнүүр аата 1990-с сс. биирдэ тиллибитэ.
К.О. Гаврилов-Тыа оҕото 22 эрэ саастааҕар «Саха саҥата» (1912—1913) сурунаалга этнографическай хабааннаах түөрт кэпсээни бэчээттэппитэ. Айымньылар тыа киһитин майгытын, олоҕун-дьаһаҕын илгэтин хайдах баарынан чахчылаахтык уонна мындырдык ойуулуулларынан, тыллара-өстөрө хомоҕойунан киэҥ кэрэхсэбили ылбыттара. Кэпсээннэр С.А. Новгородов «Ааҕар кинигэтигэр» (1923) киирэн оскуола программатыгар үөрэтиллибиттэрэ. Онон, талааннаах прозаик аҕыйах да айымньытынан бэйэтин аатын саха литературатын историятыгар суол тэлээччи быһыытынан хаалларбыта. Гаврилов 1938 с. тутуллан хаайыллыбыта уонна ытыллан өлбүтэ. Суруйааччы айымньылара, үлэлэрэ уонна кини туһунан ахтыылар кыыһа М.К. Гаврилова хомуйан оҥоруутунан 1995 с. бэчээттэнэн тахсыбыттара.
«Бобуулаах ааттар» кэккэлэригэр И.Е. Кулаковскай-Оонньуулаах Уйбаан (1865—1921) уонна И.Е. Попов ааттарын киллэриэххэ сөп. Өксөкүлээх убайа Оонньуулаах Уйбаан бэйэтин кэмигэр киэҥник биллибит норуот ырыаһыта этэ. Кини «Сут ырыата», «Хонон турарбыт ырыата» айымньылара 1913 с. «Саха саҥата» сурунаалга бэчээттэнэн тураллар. И.Е. Кулаковскай 1913 с. саҥа тэриллибит Таатта улууһугар бастакы кулубанан талыллыбыта. Баһылыгынан үлэлиир кэмигэр нэһилиэнньэттэн сиэртибэ хомуйан, улуус быраабатын, фельдшерскэй пуун, икки кылаастаах училище дьиэлэрин туттарбыта. Ыраахтааҕы былааһын саҕана кулубалыы сылдьыбытын төрүөт оҥостон, кыһыллар 1921 с. Чурапчы Амматыгар ытан өлөрбүттэрэ. Кини айымньылара «Халлаан сырдыыра» диэн ааттаах хомуурунньукка 1990-с сс. аан бастаан бэчээттэнэн тахсыбыттара. Баай төрүттээҕиттэн сылтаан, өр кэмҥэ аата ааттамматах киһинэн норуот ырыаһыта К.Г. Оросины (1858—1903) эмиэ билиниэхпитин сөп. Кини 1895 с. Э.К. Пекарскай көрдөһүүтүнэн «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону суруйан биэрбитэ. Ону таһынан «Аан дойду айыллыбыт ырыата», «Арыгы ырыата» курдук кэрэхсэбиллээх айымньылардаах.
На этой странице вы можете прочитать онлайн книгу «Урут бобуллубут айымньылар», автора Валентины Семеновой. Данная книга относится к жанру «Современная русская литература». Произведение затрагивает такие темы, как «якутская литература». Книга «Урут бобуллубут айымньылар» была написана в 2019 и издана в 2019 году. Приятного чтения!
О проекте
О подписке