Читать книгу «Олох оҕо оонньуута буолбатах» онлайн полностью📖 — Татьяны Находкиной — MyBook.
cover

Татьяна Находкина
Олох оҕо оонньуута буолбатах

Сэһэннэр

Олох оҕо оонньуута буолбатах

I

Сарсыарда халлаан саҥа суһуктуйа сырдаан эрдэҕинэ, үдүк-бадык хараҥаҕа, Нарыйа төһө да эрдэтин биллэр, суорҕанын хаһыйа анньан ойон турда. Дьиэтэ сөрүүкээбит аҕай. Бэҕэһээ киэһэ утуйарыгар киллэрбит хардаҕастарын саллыбыттыы көрөн ылла. Инчэҕэй маһы уматар саҕа ыарахан суох быһыылаах. Төһө да салыннар, оһоҕун отторугар тиийэр. Ити төбөтүн эринэн баран улаҕа хайыһан сытар киһитэ бүгүн туран оһоҕу отторо биллибэт. Күн ортото туран, абыраатаҕына, оһоххо эбии мас быраҕан биэриэ уонна халлаан хараҥарыар диэри төрөппүттэринэн, табаарыстарынан сылдьан кэрэдэхтиэ, эбиитин иһэ уйарынан пиибэлиэ. Түүнүн хоно эрэ кэлиэ. Сокуоннайынан холбоһуон баҕарбат. «Билигин киһи барыта гражданскайынан олорор» диэн тыллаах. Нарыйа маннык олоххо олоруом диэн хаһан санаабыта баарай? Тыа улууһун сис ыалын оҕото этэ буоллаҕа. Ийэлээх аҕата иккиэн орто оскуола учууталлара, билигин да оскуолаларыгар үлэлииллэр. Куруутун чиэскэ-бочуокка сылдьаллар, иккиэн Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуннара. Оттон соҕотох мааны кыыстара атын улууска кэлэн бу билбэт дьонун-сэргэтин ортотугар ньыдьыраан олордоҕо. Былырыын пединституту бүтэрэн, алын сүһүөх кылаас учууталын идэтин ылбыта. Төрөппүттэрэ куоракка хааллара сатаабыттара да, атын сири, дьону-сэргэни көрүөх баҕата баһыйан, бу улууска анатан кэлбитэ. Дьиҥинэн, куораттан чугас илин эҥээр улуус эрээри, саамай түгэх нэһилиэккэ түбэһэн, куоракка киириэх диэтэххэ, ыраах дойду. Бастаан күнү быһа айаннаан улуус киинигэр киириэххэ, онтон иккис күн куораттыахха наада. Куоракка хонон баран, үһүс күн бэйэҥ улуускар айаннаан дьиэҕэр дьэ тиийэҕин, ону да, хата, улуус киинигэр олорор буолан. Кыһыҥҥы каникулга бара сылдьан, дьонуттан, ордук убайдарыттан өһүргэнэн, аны кэлимиэх буолан кэлбитэ эрээри, ханна барыай, барарыгар тиийэр. Саатар биир нэдиэлэ оһох оттортон сынньанан, ийэтин аһын-үөлүн аһаан кэлиэ этэ. Ити итириксити кэтээн олоруо дуо? Убайдара: «Киһилээх үһүгүн, тоҕо аҕалбатыҥ? Эйиэхэ иитиллэн олорор үөрэҕэ-үлэтэ суох киһи дииллэрэ кырдьык дуо?» – диэн сирэй-харах аспыттарыгар өһүргэнэн уҥуоҕун үлтү түһэ сыспыта, кыыһыран түтүө-татаа бөҕө буолбута.

Ийэтэ соһуйбуттуу, эмиэ да хомойбуттуу көрөн турара бу баарга дылы. Төрөппүттэрэ каникул бүтүөр диэри киниттэн тугу эмэ быһаарыа диэн быһа-хоту саҥарбакка, кэтэһэн көрөөхтөөбүттэрэ быһыылааҕа да, кыыстара дьонугар эппиэт биэрбэккэ кэлбитэ. Билигин истэригэр тутан төһө эрэ санаарҕаан эрэллэрэ буолуой? Онтон убайдара обургулар сири-сибиири барытын сиксийэн, хайыы-үйэ барытын истэн-билэн эрдэхтэрэ буолуо. «Бу күннэргэ төһө кыалларынан ити киһилиин быһаарыстахха табыллар. Эр оҥостон олордум да, сокуоннайынан холбоһон, иитэн-үөрэтэн киһи оҥорорбор тиийэбин. Хайдах эмэ гынан, тылга киллэрэн, дойдубар илдьибит киһи, убайдарым киһи-хара оҥорон көрүө этилэр. Саатар үлэҕэ ылыахтара. Билигин да сааскы каникул ыраах, киһитин тылыгар киллэрэн көрүө. Онтон барсыбатаҕына, дьыалата хаахтыйар. Дьон туох диэй? Кылааска үөрэнээччилэригэр хайа сирэйинэн киирэн иитэр-үөрэтэр үлэни ыытар. Кырдьаҕас төрөппүттэрэ төһө эрэ хомойоллор. Оттон убайдара ити киһини ир суолун ирдээн, хайаан да булан, аахсан тэйиэхтэрэ. Ол баар – саамай куттала. Дьон тылын-өһүн истибэтэх аньыыбар кэр-дьэбэр киһилиин олорон, олохпун бэйэм алдьатан эрэбин дуо? Айыыналыын сүбэлэспит киһи. Айыына ити тиэмэҕэ кэпсэтиэн олох баҕарбат. «Бэйэҥ илэ өйгүнэн оҥорбут дьыалаҥ, ким да күһэйбэтэҕэ. Киһи этэрин истибэтэҕиҥ» диэн тыллаах».

Нарыйа уһуну-киэҥи эргитэ саныырын быыһыгар сып-сап хомунан, дьиэттэн тахсан барда. Хара нуорка соно тэлээрэн, үрдүк хобулуктаах сапожкатыгар дугунан хааман чочоһуйда. Алын сүһүөх кылаас оҕолоро икки өттүттэн «дорообо», «дыраастый» түһэрэ-түһэрэ сырсан туораахтаһан ситэн ааһаллар. Бу оскуолаҕа быйыл күһүн үлэлии кэлбитэ. Дьиҥинэн, үлэлиир оскуолатыгар сүрдээҕин табыллыбыта эрээри, кэлээт сыыстарбыта. Сап-саһархайынан унаарыччы көрбүт уһун курбуу көнө уҥуохтаах кыыһы дэриэбинэ уолаттара сөбүлүү көрбүттэрэ, хас хардыытын кэтээбиттэрэ-манаабыттара. Кэтиир-маныыр уолаттартан ити киһиэхэ хараҕа хатаммыта, уһун, көбүс-көнөтүк туттубут дараҕар сарыннаах ис киирбэх уол сүрэҕин иһинэн киирбитэ. «Студенныы сылдьан кэргэн тахсыбатым, онон түргэтиэххэ, саас да ыраатан эрэр» диэн санааттан эбитэ дуу, уһуну-киэҥи саныы барбакка, уол оҕууругар киирбитэ. Кыргыттара сөбүлээбэттэрин биллэрбиттэрин үрдүнэн, уоллуун мээнэ «табаарыстаспыт» эрэ аатырбыта. «Үөрэҕэ суох, төрөппүттэрэ иһэр-аһыыр дьон» дииллэрин истибэтэҕэ. «Таптаатым – тайахтаахха тахсыам, сөбүлээтим – сүгэһэрдээххэ сүктүөм» диэн тылламмыта. Сүрдээх ыраастык-чэбэрдик туттубут, маанытык таҥныбыт, аҕыйах саҥалаах Григорий кини сүрэҕин иһинэн киирбитэ. Ким да тылын истиэн баҕарбатаҕа.

Айыына, уопсайга бииргэ олорор кыыһа, алтынньы ыйга улуус киинигэр нуучча тылын уонна литературатын учууталларыгар аналлаах икки күннээх семинарга барбытын туһанан уол олох арахсыбатаҕа. Түүнү быһа буолары-буолбаты кэпсэтэ сатыы олорбуттара. Кэлин тиһэҕэр уол хоно хаалбыта. Айыыната саҥата суох истэн эрэ кэбиспитэ. Уол хас күн ахсын арахсыбакка кэлэриттэн мэһэйдэтэн, биир күн таҥаһын-сабын, кинигэлэрин хомунан, үс буолан бэйэлэрэ да кыараҕастык олорор эдэр специалист кыргыттарга көспүтэ.

Онон Григорийдыын ыал аатын ылан олорбуттара син түөрт ыйа буолла да, киһитэ дьонугар илдьэн билиһиннэрэ илик. «Ол мин дьоммунуун билсэр туох наадалааҕый, төһө уһуннук чэчирээн олох олороору», – диэн аанньа ахтыбатахтыы этэр. «Оччоҕо тоҕо бииргэ олоробутуй?» – диэтэҕинэ, ыгдах гынан кэбиһэр. Киэһэтин куруутун арыгы, пиибэ сыттаах кэлэр. Саамай кыһыйара-абарара: эргэ баҕайы тирии куурканы, нэк буолбут нуорка бэргэһэни ханньаччы кэтэ сылдьар. «Миигинниин билсэргэр мааны баҕайы этиҥ дии, ол таҥастарыҥ ханна бардылар?» – диэн ыйыппытыгар: «Таҥастаах дьон ыллахтара дии…» – диэн баран күлэн эрэ кэбиспитэ. Кыыс күлүү-элэк курдук сыһыантан олус кыһыйбытын, бэйэтин акаарытыттан кэлэммитин иһин, бүтэр бүппүтүн кэннэ, сиргэ тимириэҕин сир кытаанах, халлааҥҥа көтүөҕүн халлаан ыраах. Дьылҕа хаан бэлэмнээбит дуу, бэйэтэ дубук үктээбит дуу олоҕор үрүҥэ-харата көстүөр диэри тулуктаһарыгар тиийэр. Бастаан киһитин таптыыр курдуга, оттон билигин барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ эрэ буолан олорор курдук.

Нарыйа кирилиэһи өрө дабайан, оскуола ыарахан аанын аһарын кытта итии салгын ил гынна. Көрүдүөрүнэн учительскайга ааһан иһэн, үөмэхтэһэн турар үрдүкү кылаас кыргыттара сэтэрээбиттии көрөллөрүн биллэ. Хайыай, төһө кыалларынан кыһаллыбатахтыы туттан, эбиитин соруйан хаамыытын бытаардан биэрдэ. Учительскайга киирээт, нуучча тылын уонна литературатын учуутала Наталья Григорьевна дьээбэлээх баҕайытык көрөн олорорун көрдөр да, кыһамматахтыы туттан, дьүөгэтигэр Маринаҕа чугаһаата.

– Дорообо, Марина, – диэн дорооболоһорун быыһыгар кыыһа ууламмыт хараҕын соһуйбуттуу көрөн ылла.

– Дорообо, – диэт, дьүөгэтэ кыыһы бэйэтиттэн сэрэнэ соҕус тутан халбарыччы анньаат, остуолтан кылаас сурунаалын ылан тахсан барда.

– Һы, дьэ, көр буолар буолла быһыылаах, – Наталья Григорьевна сыыбырҕаата.

Маныаха кини хос моонньоҕо Алла Борисовна өрө чаҥкынаан, ытаһа буола түстэ:

– Биһиги да баарбыт. Көрөн иһиэхпит буоллаҕа.

– Звонок буолбутун истибэккит дуо?

Завучтара Анна Акимовна кытаанах саҥатын истэн, учууталлар уруок буолбутун дьэ өйдөөбүттүү, сурунаалларын ыла-ыла, утуу-субуу тахсан бардылар.

Нарыйа учительскайга буолбут бүгүҥҥү быһыыны-майгыны төһө да өйдөөбөтөр, бу барыта кинини утары оҥоһуу буоларын сүрэҕинэн сэрэйдэ. Күн бэҕэһээҥҥэ диэри үөрэ-көтө көрсөр дьүөгэтэ ити икки ардыгар туох буола охсубутун бүгүҥҥү күнү ааспакка быһаарсарга сананан, учительскайтан тахсан барда.

Үөрэтэр бэһис кылааһыгар ааспыт уруокка биэрбит хоһоонун нойосуус ыйыта олорон, санаата дьүөгэтигэр Маринаҕа иэҕиллэн кэлэ олордо. Ити туох буоллаҕай? Марина аны сайын Сергей Николаевичтыын, маннааҕы физкультура учууталыныын, дойдутугар баран сыбаайбалыахтаах. Марина Сергейин олус сөбүлүүр, кэпсээнэ барыта кини эрэ туһунан буолар. Николаевич учуутал быһыытынан үөрэнээччилэригэр сөбүлэтэр, сүрдээх үлэһит, спортзалтан тахсыбатын кэриэтэ, бириэмэтин аахсыбакка үлэлиир. Кини үлэлиэҕиттэн оскуола улууска комплекснай күрэхтэһиигэ бириистээх маҥнайгы миэстэттэн икки сыл тухары түһэ илик. Онон оскуола дириэктэрэ Иван Семенович ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьар.

Ол курдук оскуола микроавтобуһа, ханна да айаннаабакка, бастакынан спортивнай күрэхтэһиигэ барарын учууталлар бэркэ диэн билэллэр. Учууталлар сөбүлээбэттэрин биллэрэн, дириэктэр истибэтигэр муннукка-ханныкка ботугураһаллар эрэ, педсовекка, планеркаҕа тоҕо эрэ саҥарбаттар. Сергей Николаевич мээнэ сылдьыбатын, хайаан да кыайыы-хотуу аргыстанан кэлэрин билэллэр. Оттон Марина оскуолаҕа эмиэ тарбахха баттанар омук тылын учуутала, улууска ыытыллар предметнэй олимпиадаларга үс иһиттэн түспэт.

Ама, эмиэ күнүү буолуо дуо? Ааспыт саас улаханнык күнүүлээн турар. Улууска оскуолалар икки ардыларынааҕы профсоюзнай тэрилтэлэр күрэхтэһиилэригэр баскетболга кыргыттар хамаандаларын эрчийэ сылдьан: «Нарыйа, арыый биир сыл эрдэ кэлбитиҥ буоллар, эйигин таптыа эбиппин», – диэн тыл быктаран кэбиһэн нэһилиэккэ кэпсээҥҥэ киирбиттэрэ. Марина күһүнү быһа күнүүлээн, ытаан-соҥоон баран, хата, кини Григорийдыын булсан, тохтообута. Дьиҥинэн, Сергейдиин кинилэр ханнык да сыһыаннара суох. Онно даҕаны Сергей Николаевич оонньуу былаастаан эппитин Марина олус күүркэтэн турар.

– Нарыйа Васильевна, уруһуйдаан бүттүбүт, – кылаас старостата Лира чаҕаарбытыгар соһуйбуттуу өрө көрө түстэ. Бэһис кылаас – кини саамай сөбүлүүр кылааһа. 10–11 саастаах кыргыттар, уолаттар оҕо-оҕо курдук билэ-көрө сатыыллара сүрдээх элбэх. Бэйэлэрэ да бэрээдэктээх, үөрэхтэригэр дьаныардаах, бары нэһилиэк кыахтаах ыалларын оҕолоро.

– Лира, тэтэрээттэри хомуй, – диэн электрическэй чуораан тыаһын кытта тэҥҥэ учуутал уруок бүппүтүн биллэрдэ.

II

Нарыйа уруоктара бүтэн, оскуола кирилиэһиттэн тоһугураан түһэн истэҕинэ, кэнниттэн Айыына Алексеевна ситэн ылан тоҕоноҕуттан ылла.

– Нарыйа, биһиэхэ киирэн чэйдээн ааспаккын дуо?

Кэпсэтэ түһүө этибит, – Айыына төгүрүк маҥан иэдэстэрэ тэтэрэ кыыспыттар, күлэн мичилийбитигэр үрүҥ тиистэрэ кэчигирэстилэр.

Айыына сүрдээх холку, сымнаҕас, болҕомтолоох, дьүөгэлэригэр барыларыгар ийэлии амарах сыһыаннаах, куруутун күлэн мытырыйа сылдьар, ордук үөрэнээччилэр сөбүлүүллэр. Сыллата ыытыллар Учуутал күнүгэр «Мин сөбүлүүр учууталым» диэн анкета толоруллуутун түмүгүнэн иккис сылын «Үөрэнээччилэр сөбүлүүр учууталлара» ааты ыла сылдьар. «Эһиил испииһэккэ киирбэппин, үөрэнээччилэрим олус атаахтатан кэбиһэннэр, кыайтардахпына, хомойон өлөр буоллаҕым», – диэн күлэр.

– Оо, Айыына, кэпсэтэн бэйэм да сэргэхсийиэхпин баҕарарым сүрдээх эрээри, Марина туохтан эрэ миэхэ кыыһыран кырыыламмыт аҕай курдук көрдүм ээ, тоҕо буолуой? – Нарыйа хаамарын бытаардан, дьүөгэтин күлбүт сирэйин саҥа көрбүттүү болҕомтолоохтук одууласта.

– Бэйэҥ да сэрэйэр инигин. Киириэххэ, кэпсэтиэхпит. Марина бүгүн түөрт уруоктаах. Уруогун кэнниттэн Сергей Николаевич дьонугар бара сылдьыах буолбуттара. Онон киэһэ хойутуу кэлэрэ буолуо. Чэ-чэ, барыах, – Айыына кыыһын учууталлар олорор уопсайдарын диэки салайда.

Кыргыттар квартиралара сып-сырдыгынан, сылааһынан сыдьаайа көрүстэ. Барыта уурбут-туппут курдук орун-оннугар турар. Айыына сырдыгы, үрүҥү сөбүлүүр. Устудьуоннуур саҕаттан кини олорор хоһо сып-сырдык буолааччы. Ороннор хайаан да маҥан сабыынан, түннүктэрэ маҥан түүлүнэн бүрүллээччилэр. «Учуутал буолбакка, ситэри медик буолуоҥ этэ», – диэтэхтэринэ «Үрүҥү сөбүлүүрүм иһин медик буолуохтаах үһүбүн дуо, дьиҥинэн, удьуордаан да эмчит буолуом этэ да, хаантан наһаа куттанабын. Төрөппүттэрим иккиэн эмчиттэр ээ, онтон бэриһиннэрбитим диэн, маҥаны сөбүлүүбүн, оҕо сааһым үрүҥ оппуохалаах балыыһа дьиэлэригэр ааспыта», – диэн күлэн кэбиһээччи.

– Чэ, чэйдиэххэ, – бытархай сибэкки ойуулаах маҥан ыскаатардаах остуолугар иһитин тардыбытынан барда. – Бэрэскитэ сиэ, бэҕэһээ астаабыппыт.

– Эчи үчүгэйин, дьиэ бэрэскитин сиэбэтэх ыраатта. Чэ, кэпсээ, туох сонуннааххын? – Нарыйа дьоһумсуйа туттан, уһуннук кэпсэтэрдии оҥостон, атаҕын атаҕар хатыйа уурар.

– Нарыйа, кыыһырбакка иһит. Эн ити Григорийы дьиҥнээхтик таптаан эбэтэр сыыһа туттан хоонньоспут буруйгар кинилиин олороҕун дуу?

– Наһаа итинник быһа бааччы ыйыппат буоллаҕыҥ дии? – кыыс соһуччу ыйытыыттан мах бэрдэрэн, умса туттан балачча соҥуоран олорон баран бэйэтэ-бэйэтигэр кэпсиир курдук аргыый тииһин быыһынан сыыйан саҥаран барар. – Бастаан кырдьык Григорийы таптыыбын дии саныырым. Оттон билигин… бэйэм да билбэппин. Үөрэх дьыла түмүктэннэҕинэ, дойдубар барар санаалаахпын. Аҕыйах кэмҥэ тус-туспа бардахпытына, бириэмэ көрдөрөн иһиэ. Уопсайынан, үчүгэйдик үөрэтэн көрбөккө, олорорго ыксаабыппын. Дьүөгэлэрим, оскуолаҕа, университекка бииргэ үөрэммит кыргыттарым кэргэн тахсан барбыттарыттан хойутаан эрэбин диэн, уһуну-киэҥи толкуйдаабатахпыттан сороҕор кэмсиниэх санаам кэлэр. Сыыһабын билинэбин.

– Оттон ыарахан буолуом диэн куттаммаккын дуо? – Айыына дьүөгэтин үтэн-анньан көрөрүн тохтоппот.

– Суох. Харыстанабын. Онно баҕас төбөбүн үлэлэтэбин, – Нарыйа хараастыбыт куолаһынан хардарар.

– Оннук эрэ буоллун. Нарыйа, оттон Сергей Николаевичка сыһыаныҥ хайдаҕый? – дьиэлээх кыыс итии чэй кутан ыалдьытын иннигэр уурар.

– Сергей Николаевичтыын ханнык да сыһыаным суох. Марина күнүүлээбитэ буола сылдьыан кэриэтэ, сайыны күүппэккэ, түргэнник холбоһуоҕун. Мин көрдөхпүнэ, Сергей Николаевич дьахтар аймахха бэйэтэ сытыы-хотуу, дьэллэм киһи быһыылаах. Хомууттана илигинэ кимниин баҕарар оонньоһуон сөп курдук көрөбүн. Онтон биир бэйэм үлэһит быһыытынан убаастыырын убаастыыбын эрээри, киниэхэ ханнык да истиҥ чуубустубам суох. Марина тоҕо оҥорон көрө-көрө миэхэ күнүүлүүрүй? – кыыс аны мин ыйытар уочаратым диэбиттии дьүөгэтин көрөр.

– Сергей Николаевич кэлин Маринатыгар наһаа тоҥуй. Биһиэхэ кэлин олох сылдьыбат буолла, кыыс бэйэтэ күнүс-түүн диэн аахсыбакка кэтээн-манаан, элбэхтик эккирэтиһэн дьон хараҕар бииргэ сылдьар курдуктар. Сергей ийэтэ да тугу эрэ уорбалаан, Маринаны бэйэтэ ыҥыран, дьиэтигэр сырытыннарар буолан эрэр. «Көһөн кэл» диэн бэҕэһээ ыҥырбыт этэ.

– Оттон оччоҕо барыаҕын, тугуттан тутуллар, – Нарыйа сэргэхсийэн, сирэйэ сырдаан кэлэр. – Мин да сымыйанан күтүрэнэн бүтүөм этэ.

– Ама да буолтун иһин, ийэтэ ыҥырда диэн, уол бэйэтэ көһөрө кэлиэн иннинэ хайаан барыаҕай. Кини эмиэ бэйэтин убаастанар буоллаҕа. Киһи да уларыйар эбит. Былырыын Сергей Николаевич Маринаттан күнэ тахсара, тапталга билинэн да биэрэрэ. Бу буолар быатыгар Марина уол тапталын уйанын-хатанын олус уһуннук эллээн, Сергейин мүччү тутар кэрдиискэ кэллэ. Билигин барыта эйигиттэн тутулуктанан турар. Нарыйа, эн табыллыбатым диэҥҥин дойдугар барыаҥ этэ. Мин ис санаам, чэ, итинник, төһө да сөбүлүү истибэтэргин, ситэри иһит. Туох да диэ, Григорийдыын билигин кыһалҕаттан олороҕун, онон дьыала дириҥии илигинэ баран хаалыаҥ этэ. Тэҥэ суоххут. «Аҥаара – таҥара маһа, аҥаара – күрдьэх маһа» диэн өс хоһоонугар дылы буолан түһэҥҥит. Бөппүрүөк бүөтэ, хадаар хаата киһи. Ону билбэккэ дылы, өссө бэйэтин көрдөрөн иһиэҕэ. Оттон Сергей Николаевич, мин көрдөхпүнэ, эйигин кырдьык сөбүлээн эрэр быһыылаах, – Айыына түргэн-түргэнник тылыбыратарын быыһыгар кыыһын сирэйин-хараҕын сэрэхэдийбиттии көрөр.

– Итини этээри ыҥырбыт эбиккин дии. Мариналыын сүбэлэһэҥҥит, кэпсэтэрбитигэр усулуобуйа тэрийэн, баччааҥҥа диэри оскуолаттан кэлбэт. Чэ, буоллун. Ол эрээри, үөрэх сылын түмүктүүр санаалаахпын. Туох эрэ улахан буруйу оҥорбут курдук куотар санаам суох. Григорийы да сиргэ-буорга тэпсэн, быраҕар туһунан толкуйдаабаппын. Киһилии холбоһон, ыал буолар санаалаах тиийдэҕинэ, үүрэн кэбиһиэм суоҕа. Онно суоҕунан мээнэ баайсыбакка, атын дьахтары көрбөт курдук Сергей Николаевичкытын тутуоххутун, – Нарыйа түргэн үлүгэрдик ойон туран сонун кэттэ, кыыһыран титирэс буолбут куолаһынан быһыта баттаан саҥарда. – Мин эйигиттэн итинниги күүппэтэҕим. Маринаҕа төһө да дууһаҕынан ыалдьыбытыҥ иһин, миигинэн тииһиҥ сааҕын сууйума. Атаҕастыыр киһигитин миигин булбуккут дии…

– Нарыйа, хайдах буоллуҥ? Сымыйаны этэргэ дылы олус кыыһырыма эрэ, дьон этэрин этэбин. Тыала суохха мас хамсаабат, – Айыына дьүөгэтэ аатын билбэт буола кыыһырбытын көрдөр да, иннин биэрэр санаата суох.

– Маринаҕа эт, кыыһырбыта, күнүүлээбитэ буолан, учууталларга киһини утары туруоран, оскуолаҕа мээнэ ытаабатын-соҥооботун эрэ. Ынах кэйбит ынаҕын кэйэр. Киһини дьон айаҕар олус уган эрэҕит, – диэт, эргичис гынан тахсан иһэн Маринаҕа муннунан кэтиллэ түстэ.

Кыргыттар иккиэн утарыта көрсөн туран, чугуруҥнаһа түһээт, тыал курдук силир гынан хардары-таары ааһыстылар. Марина киирээт, сонун да уһулбакка, хоһугар тилир гынна.

– Хайа, туох буоллуҥ? – Айыына хоско батыһан киирбитэ, кыыһа оронугар умса түһэн ытаан санна дьигиҥнии сытар. – Марина, этиий, туох буоллугут, Сергей ханнаный? – Айыына эппиэт күүтэн балачча турбахтаан баран, хоруй ылбакка, хостон тахсан, плиткаҕа уу сылыта уурда.

Уута сылыйарын күүтэ таарыйа, түннүгүнэн уулуссанан ааһар дьону көрө туран арааһы эргитэ санаата. «Ити дьон табыллымаары гыннылар. Марина, уһаппакка-кэҥэппэккэ, былырыын кэргэн тахсан хаалбыта буоллар, хата, оҕо сыта биллибит буолуо этэ. Дьиҥинэн, Сергей кыыһы иннин-кэннин биллэрбэт буолуор дылы эккирэтиһэн, тапталга билинэн аҕай биэрбитэ. «Холбоһуоххун, мүччү тутан кэбиһээйэххиний. Кыыс кыыкынайдааҕар элбэх», – диэтэҕинэ, «Ханна барыай», – диэн күлэн кэбиһээччи. Онтуката ити буолла. Хайдах гынан чугасаһыннарабын. Арай бу субуотаҕа Сергейи илдьэ күүлэйдии кэлиҥ диэн Симанан ыҥыртаран көрөрүм дуу? Онтон атын ханнык да сылтаҕым суох. Сима аны бэйэбэр иҥээҥнээн киирэн барар дуу? Чэ, мин киниэхэ табаарыстыы сыһыаннаахпын билэр, онон өйдүүр ини. Нарыйа хомойон бараахтаата. Тас көрүҥүнэн, киһи быһыытынан, үлэһитинэн дэгиттэр үчүгэй кыыһы Сергей таба көрдөҕө. «Салалтаҕа тахсыан сөптөөх специалист, олох тутуохха баар этэ», – диэн оскуола дириэктэрэ профком мунньаҕар хайҕаан эрэрэ. «Кэм кини кулгааҕа бүөлэнэн биэрэр», – дьахталлар кистии-саба күлсэн эрэллэрэ… Иккиэн үчүгэйдэр, хайаларын да киһи мыыммат кыргыттара».

На этой странице вы можете прочитать онлайн книгу «Олох оҕо оонньуута буолбатах», автора Татьяны Находкиной. Данная книга имеет возрастное ограничение 16+, относится к жанру «Современная русская литература». Произведение затрагивает такие темы, как «якутская литература». Книга «Олох оҕо оонньуута буолбатах» была написана в 2013 и издана в 2013 году. Приятного чтения!