Соболев буоллаҕына, сабыллыбыт халҕаны аһан, туман үөһүгэр ыалдьытын көхсүн көрөн хаалла. Эрчимнээх атах дьулурҕатык кыычыргыы турда. “Сылдьара эчи хоодуотун. Куттаммата итиччэ үлүгэр дуу?” – диэн кини дьиктиргээтэ. Онтон устунан этин сааһыгар курас тымныы кутулларга дылы гынна: “Бэйи эрэ, арай… Арай ЧК соруйан ыыппыт буоллун… Провокация буоллун… Оччоҕо…” Соболев сонун уолугун саба туттан иһэн били маҥан таҥас лоскуйун өйдүү түстэ: “Арба, Рейнгардт суруга этэ. Чахчы киниэнэ. Ол баҕас чуолкай. Саарбаҕа суох. Оо, оннук эрэ буоллун…”
Эраст Константинович дьиэҕэ киирдэ. Билиитэ аанын өҥөс гынна, маҥан таҥаһын тобоҕун булуохтуу. Онуоха оһох күлүнэн бүрүллэн эрэр чохторо, элэктиирдии, кытарбахтыы чипчилиҥнэстилэр. Соболев, чугуун хаппаҕы саба тэбэн баран, хоһугар ааста.
Дьокуускайга 1922 сыл бүтэһик нэдиэлэтэ уонна 1923 сыл бастакы хонуктара үрдүк күүрээн үөһүгэр аастылар. Бу икки дьыл кирбиитигэр Саха сирин историятыгар сүҥкэн суолталаах баараҕай түмсүүлэр буоллулар: Россия Коммунистическай (большевиктар) партиятын Саха уобаластааҕы маҥнайгы конференцията уонна Саха АССР Советтарын маҥнайгы учредительнай съеһэ.
Комсомол обкома педагогическай техникум комсомолецтарын партийнай конференцияны уонна Советтар съезтэрин тэрийэн ыытар тэрилтэлэр дьаһалларыгар биэрдэ. Томмот Чыычаахап конференция кэмигэр партия обкомун дьыалаларын управляющайыгар ол-бу быстах сорудахха сырытта. Манна көрдө кини хотугу тыйыс кыраай чулуу коммунистарын, урут ааттарын эрэ истэн ытыктыыр дьонун илэ бэйэлэрин. Манна көрдө кини саха дьадаҥытын баайдары утары охсуһууга туруорбут ревкомовецтары, Гражданскай сэрии уотун ортотунан ааспыт аатырбыт кыһыл бартыһааннары. Күн-дьыл, быһыы-майгы делегаттар туттар быһыыларыгар, таҥнар таҥастарыгар да биллэр. Үгүстэр байыаннай гимнастеркалары таһынан батарантаастаах курдаахтар, бэстилиэттээхтэр.
Конференция аһылыннаҕын сарсыныгар “Автономная Якутия” хаһыакка Саха сирин хомуньуустара РК(б)П Киин Комитетыгар ыыппыт эҕэрдэ тэлэгирээмэлэрэ бэчээттэннэ: “Москва РКП КК. Саха уобаластааҕы маҥнайгы партконференция үлэтин саҕалаан туран, Киин Комитекка – компартия кылаабынай штабыгар, кини сирдьитигэр Лениҥҥэ итии эҕэрдэни ыытар. Компартия түмүллүбүт өйө-санаата уонна дьулуура конференция үлэтигэр бигэтик этиллиэхтэрэ. Коммунизм кыһыл знамята автономнай республика территориятыгар бүтүннүүтүгэр тулхадыйбаттык өрө тэлибириэҕэ. Конференция президиума. Дьокуускай к. Ахсынньы 24 к. 1922 с.”. Хаһыат күнтэн күн ахсын конференция үлэтин сиһилии сырдатан истэ. РК(б)П Саха уобаластааҕы бюротун политическай отчуотун, “Автономнай Саха сирэ уонна РКП соруктара”, “Национальнай боппуруос туһунан”, “РК(б)П Саха сиригэр хаһаайыстыбаннай политикатын соруктарын туһунан”, “Саха сиригэр ыччаттар союзтарын соруктарын туһунан”, кооперация, профсоюз тустарынан дакылааттары, конференция уураахтарын ис хоһооннорун сиһилии бэчээттээтэ. Конференция ааспыт кэми түмүктээн, партия обкомун бюротун уопсай политическай линиятын уонна практическай үлэтин сөптөөҕүнэн аахта итиэннэ инники үлэ хайдах барыахтааҕын эркээйилээн биэрдэ. Билиҥҥи кэм биир саамай сүрүн, тирээн турар соругунан илинтэн ааҥнаан иһэр Пепеляев армиятын урусхаллааһын буолар диэн конференция тоһоҕолоон эттэ.
Уобаластааҕы партийнай конференцияны тилэх баттаһан Бүтүн Саха сирин Советтарын маҥнайгы учредительнай съеһэ муһунна. Уһуга-муҥура биллибэт киэҥ уорҕалаах кыраай бары өттүттэн: хоту, соҕуруу, илин, арҕаа улуустартан – сааһын-үйэтин тухары хараҥа батталга умса тэпсиллибит, саҥардыы өйө уһуктан, хараҕа аһыллан, саҥа олох сардаҥалаах күнүн диэки дьулуспут норуот бастыҥ дьонноро түмүстүлэр. Манна кэллилэр биллиилээх хомуньуустары, ревкомовецтары, сэбиэскэй активистары, интеллигенция бастыҥ дьоннорун кытта бииргэ баай хабалатыттан субу аҕай мүччү туттаран, харахтарын саҥардыы өрө көрөн эрэр хамначчыттар, тойот-хотун холоҥсолоох хотонуттан субу аҕай хостонон тахсыбыт, өссө да хоргус-килбик батараак дьахталлар. Манна кэллилэр араас омуктар бэрэстэбиитэллэрэ – сахалар уонна нууччалар, эбээннэр уонна украинецтар, эбэҥкилэр уонна латыштар. Байыаннай кители кытта эргэ түрүкүө ырбаахы, бинсээги кытта дүгдэгэр түнэ сон манна кэккэлэстэ.
Чыычаахап съезд секретариатын илии-атах үлэтигэр көмөлөстө. Кини съезд трибунатыттан Саха сирин кыратын-кыамматын тапталлаах дьонноро: партия обкомун секретара Максим Аммосов, Ревком бэрэссэдээтэлэ Платон Ойуунускай, кыһыл сэриилэр командующайдара Карл Байкалов революционнай охсуһуу уотунан төлөннүрбүт, өйү-санааны өрүкүтэр, куту-сүрү долгутар имэҥнээх этиилэрин иһиттэ. Ити дьону саҥаттан саҥа араатардар: Өлүөхүмэ уонна Бүлүү, Лена уонна Амма ыыталаабыт делегаттара – солбуйдулар. Кинилэр уостарынан “киһибин эбээт!” диэн аан бастаан киэн тутта санаабыт, сүһүөҕэр турбут, көхсүн көннөрүммүт, түөһүн муҥунан көй салгыны эҕирийэ тыыммыт көҥүл киһи этиҥ ньиргиэринии дуорааннаахтык саҥарда. Кыһыл таҥас сабыылаах трибунаттан чаҕыллар араатардарга, саала иһиттэн дуорайар эҕэрдэлэргэ саха норуота автономияны ылбытыттан муҥура суох үөрүүтэ, бу үрдүк үөрүүнү бэлэхтээбиттэрин иһин Коммунистическай партияҕа, Россия пролетариатыгар төлөннөөх махтала этилиннилэр.
Съезд Платон Ойуунускай бэрэссэдээтэллээх Саха Киин Ситэриилээх Комитетын, Исидор Барахов бэрэссэдээтэллээх Народнай Комиссардар Советтарын тэрийдэ.
Автономия тэриллиитинэн республика үлэһиттэрин айхаллаан туран, съезд кинилэр туох баар күүстэрин сэбиэскэй олоҕу бөҕөргөтөргө туһулуулларыгар, оттон субу тирээн турар кэмҥэ үрүҥ генерал Пепеляев авантюратын үнтү сынньарга түмсэллэригэр ыҥырда. Съезд аһыллыаҕыттан сабыллыар диэри хас күнэ барыта норуот бүттүүнүн улахан бырааһынньыга буолан ааста. Маннык сүҥкэн өрө көтөҕүллүүнү, маннык үрдүк өрөгөйү Дьокуускай өссө көрө илигэ…
– Көрдөһүүгүн ылынарга быһаардыбыт. Бу аадырыска тиий…
Томмот Чыычаахап, итиэннэ туох диэн этэллэрин истэ барбакка, арбаҕар баттахтаах комсомол куораттааҕы комитетын секретара уол илиититтэн кэмбиэри сулбу тардан ылаат, көрүдүөргэ ыстанна. Аны төттөрү көрдөөн туруохтара диэбиттии, кумааҕытын хоонньун сиэбигэр тимирчи баттаата уонна түргэн үлүгэрдик кирилиэһинэн таҥнары сүүрэн түһэн таһырдьа тахсан, Улахан уулуссанан тэбиннэ. Хаамыы-сүүрүү иккэрдинэн элэгэлдьийэн иһэн: “Син ситистим ээ!” – диэн күлэн кэбистэ. Пепеляевы утары сэриигэ барыахтаах этэрээттэр тэриллэр сахсааннара биллиэҕиттэн кини хайаан да кыһыл сэриигэ байыаһынан киирэргэ быһаарыммыта. Саха сирин сэбилэниилээх күүстэрин командующайын штабыгар, военкомакка, ЧОН-ҥа, атын да этэрээттэр командованиеларыгар барыларыгар сылдьыталаабыта. Олор бары: “Комсомолец эбиккин, комсомол горкомуттан направлениета аҕал”, – диэн ылбатахтара. Обкомол, горкомол буоллахтарына комсомолецтары мобилизациялыыр туһунан дьаһал суох, онон үөрэммитиҥ курдук үөрэн, наада кэллэҕинэ биллэриэхпит диэн төттөрү утаараллара.
Бүгүн, төрдүс сырыытыгар, дьэ ситистэ ээ! Томмот бу сырыыга горкомол секретара уоллуун маннык тыҥааһыннаах кэмҥэ наһаа наҕылын, үөһээ сууттары кытта үчүгэйдик быһаарсыбатын туһунан кимиилээх соҕустук, этиһэ да былаастаан кэпсэтэр санаалааҕа. Онтуката баара хата кини дьылҕатын хайыы-үйэ быһааран, кумааҕытын суруйа охсон бэлэмнээн олорор эбит. “Урут элбэхтэ мөҥүттүбүтүм, ордук-хоһу саҥарбытым эрээри, ити секретарым үчүгэй баҕайы уол ээ! – диэн Томмот кинини хайгыы санаата. – Пепеляев урусхалланыар диэри, техникум, быраһаай! Кыһыл байыас Томмот Чыычаахап эйиэхэ кыргыһыы хонуутуттан төлөннөөх эҕэрдэтин ыытар!”
Чыычаахап Саха сирин сэбилэниилээх күүстэрин командующайын штабын дьиэтигэр киирдэ. Харабыл илиитин чанчыгар күөрэс гыннарда.
– Табаарыс, пропуск? Кимиэхэ кэллиҥ?
Томмот сиэбиттэн били кэмбиэри ылан биэрдэ.
– Ханнык хоско эбитэ буолла, – диэн ботугураата.
Харабыл, ыстыыктаах саалаах аҕамсыйбыт кыһыл армеец, кэмбиэр аадырыһын, лаампа уотугар кыҥастаһа-кыҥастаһа, аахта уонна төттөрү уунна:
– Табаарыс, манна буолбатах, атын сиргэ аадырыстаах.
– Хайда-ах?!
– ГПУ-га, – кыһыл армеец уулусса диэки сапсыйда.
– Куппууга? – Томмот кэмбиэри сулбу тардан ылан аахта: “ГПУ-га, 5 ѕ-дээх хоско, таб. Ойуровка”.
– Даа. Кыһыл ыччат уулуссатыгар, – кыһыл армеец илиитэ эмиэ күөрэс гынна.
Томмот кэмбиэрин ытыһыгар баччыктаабытынан саҥата суох таһырдьа салбыҥнаата. Таһырдьа тахсан, соһуйбутун омунугар, тоҥорун даҕаны билбэккэ, сонун нэлэккэйдэммитэ нэлэккэйдэммитинэн дөйөн турда.
“Кэбис, сибилигин горкомолга төннүөххэ уонна, секретарь уол остуолун сутурҕалаан баран, бу суругун сирэйигэр быһа быраҕан биэриэххэ. Кыргыһа тахсарга тылламмыт киһини куппууга ыыталлар. Мин ол куппууга туох сыһыаннаахпыный? Итиэннэ өссө: “Көрдөһүүгүн ылынныбыт”, – диир. Куппууга көрдөспүппэр дылы. Ол иһин сатана уола сүрдээх албын сирэйдээх ээ. Бэйэм даҕаны ханна, кимиэхэ, тоҕо тиийэрбин үчүгэйдик ыйыталаспакка, ыстаҥалаан түһэммин…” Ити курдук кыыһыра санаан аҕыйахта хардыылаатын кытта Томмот өйүгэр хаһан эрэ истибит икки тыла кылам гына түстэ: “ГПУ дивизиона”. Арба даҕаны! Буолаары буолан өссө кыһыл сэриилэр саамай күөн туттар этэрээттэрэ сурахтааҕа. Онно, бука, бастыҥтан бастыҥ, чулууттан чулуу дьону сүүмэрдииллэрэ чахчы. Секретарь уол миигин онно сөптөөх диэн ыыппыта буолаарай? Кырдьык, оннук буолуо. Уонна миигин, сэриигэ көрдөһөр киһини, тоҕо куппууга атаарыаҕай? Пепеляевы утары сэриигэ хата ким-хайа иннинэ куппуу дивизиона тахсыаҕа. Маҥнайгы уоттаах хапсыһыыга кини киириэҕэ. Ону баара секретарь уол барахсаны мөҕө сылдьабын. Чэ бэйэм даҕаны өрө-таҥнары буккулламмын тойон бөҕөбүн…”
ГПУ икки мэндиэмэннээх таас дьиэтигэр Томмот биир тыынынан кэриэтэ тэбэн тиийдэ. Биэс нүөмэрдээх хоһун өҥөс гынан көрбүтэ: ким да суох. Ааны аппатан укпут төбөтүн төттөрү ылан эрдэҕинэ кэннигэр табахтан, тымныыттан бүппүт хардьыгынас саҥа иһилиннэ:
– Эн миэхэ наадалааххын дуо, табаарыс?
Томмот эргиллэ биэрдэ. Эргэ барааҥка сону санныгар иилэ быраҕыммыт, хара бараан уҥуох сирэйдээх, нүксүгүр соҕус аҕамсыйбыт хатыҥыр киһи хаҥас илиитигэр хас да лиис кумааҕыны, уҥатыгар буруолуу сылдьар хамсаны тутан турар эбит.
– Ойуурапка кэллим.
– Ойуурап диэн мин. Киир.
Томмот, иһирдьэ атыллаан иһэн, хос иһин эргиччи көрөн ылла. Олбуор диэки тахсар соҕотох түннүктээх барык-сарык кыараҕас хос. Онон-манан кэрдиистии кыһыллыбыт сирэйдээх, аҥаар өттүгэр тумбочкалаах, чочуллубут атахтардаах сүрдээх улахан эргэ остуол хос аҥаарын былдьаабыт. Ол үрдүгэр тааһа тордоҕурбут кыраһыын лаампа. Уҥуор-маҥаар икки олоппос.
Ойуурап олорбутугар олоппоһо, “айыкка-бы-ын!” диирдии, хаачыгыраата.
– Олор. Кэпсээ, – диэтэ кини уонна, хамсатын чубуугун айаҕар батары биэрээт, били тутан киирбит кумааҕыларыгар умса түстэ. Тыыннахха күөмэйи кычыгылатар чаркааскай табаҕын буруолатан бурҕаҥната-бурҕаҥната, уоһун аргыый ибирдэтэн, өр аахта. Аахпытын сөбүлээбэтэ быһыылаах. “Эс!” – диэн ботугураат, олоппоһугар чинэс гынна уонна эмиэ Томмоту көрө биэрдэ. – Хайа, доҕоор, кэпсээриий!
Томмот кэмбиэрин уунна. Ойуурап кыракый лоскуй кумааҕыны ылан ааҕан баран остуолга уурда, үрдүгэр ытыһынан “лап” гына оҕуста:
О проекте
О подписке