Ити ыйытыыттан били Валерий сирэйигэр тоҥмут мичээр сүтэ оҕуста.
– Ньукууска наадалаах этим. Баар дуо? – диэтэ Валерий хап-сабар, бу түөрэккэй кэпсэтиини уурата охсуон баҕаран.
– Ол туох наадалааххыный?
– Көрсүөм, кэпсэтиэм этэ.
– Көрсөн тугу кэпсэтиэҥ этэй?
– Көннөрү… оттон…
– “Көннөрү” тугу? – оҕонньор куолаһа кытаатан барда.
Валерий оҕонньор маннык дьарымталаахтык саҥарарын бу аан маҥнай иһиттэ. Урут, семинарияҕа үөрэнэ сылдьан, кини Дьэримиэйи наар “тукаларыам”, “сэгэрдэриэм” диэн унаарыччы саҥарбыт намыын, сымнаҕас оҕонньор курдук саныыра. Валерий оҕонньорго ити харсаах тылларыгар өссө ордук харсаах тылларынан хоруйдуоҕун, кини дьарыйар саҥатыгар өссө ордук күүстээх дьарымталаах саҥанан хардарыаҕын баҕарда да, билигин кинини кыыһырдара букатын сатамматын, ол куһаҕан дьайыҥнаах буолуоҕун өйдөөн, сымыһаҕын быһа ытырбахтаата.
– Бииргэ үөрэммит дьон этибит дии. Онон…
– “Оҕо сааскытын санаһыаххыт” этэ, ээ? Сымыйаны лахсыйа турума. Эн тоҕо манна хараҥаны сырайданан кэлбиккин сэрэйбэтэ буолуо диигин дуо? – Дьэримиэй өҕүллүбүт сүһүөхтэрэ көнө, акыллыбыт бэйэтэ чинэйэ түһэргэ дылы гынна. – Ньукууска суох. Уонна чой мэйиигэр сүппэттик хатаа: кини эйиэхэ мэлдьи суох буолуо. Эн кинини букатын умун. Эһиги икки суолгут – туспа! Оттон билигин үтүлүгүҥ бу сытар, аан ити баар – самантан киэр буол!
Валерий абатыттан салҕалас илиитин үтүлүгэр уунна. Ол илиитэ бэйэтэ да өйдөөбөтүнэн сутурукка кубулуйан эрэрин бэлиэтии көрөн, тарбахтарын сараччы тута оҕуста. Оҕонньору кулгаах тааска чаҕылыннаран түҥнэрэн түһэриэн баҕаран кычыгыламмыт илиитин үтүлүгэр батары баттаата уонна ааттаһар, эккэлэс куолаһынан аргыый ботугураата:
– Дьэримиэй оҕонньор, мин эһиэхэ хаһан даҕаны куһаҕаны оҥорбутум суоҕа… Эн да миэхэ…
– Сөп… Сөп… Сибилигин дьүгэлийэ эрэ оҕус. Эн манна сылдьыбатаҕыҥ, мин эйигин көрбөтөҕүм буоллун. Ньукууһу эрэ тыытыма. Ньукууһу эрэ онно-манна сөрөөмө. Кинини уккуйар сураххын истиэм да – үтүөнү күүтүмэ. Кырдьаҕас дии санаама: тыыҥҥынан иэстиэм.
Бырастыыта-быраһаайа суох халҕан “лип” гынна.
Валерий абарбытын омунугар, тыаһыам диэн сэрэнэрин умнан, олбуор кэлииккэтин аанын тэбэн саайбыта лаһыгырыы түстэ. Олбуортан ойон таҕыста. Кыһыыта-абата кыынньан, уулуссанан сандаарбыт түннүк диэки сутуругунан дугдуруйа-дугдуруйа, бабыгыраата:
– Баш-ша-быык-тар! Шуолас-тар! Бэйи, кэпсэтиллиэ!
Оо, кини билигин, сатанара буоллар, сутурук курдук японскай гранатанан ити түннүгү төһө үлүгэр үөрүүнэн тоҕо быраҕыа этэй!
Валерий сирэйин хоту харбыалаһан иһэрин уулусса төрдүгэр, дьахтар манастыырын чугаһыгар, тиийэн баран эрэ өйдөөтө. Уоһун иһигэр ботугураан үөҕүстэ. Кини военкомат үлэһитэ киһиэхэ сылдьыахтаах. Кини Дьокуускайга кэлиэн аҕай иннинэ ол киһи сулууспатын сорудаҕынан ханна эрэ барбыт этэ. Бүгүн Испирдиэҥкэ кинини кэлбит, көрдүм диэтэ дии. Кэлбит буоллаҕына, хайаан да көрсүөххэ наада. Түргэнник. Ол киһиттэн элбэх тутулуктаах.
Тииттээхэптэргэ киирэн табыллыбатаҕа Валерий санаатын түһэрбэтэ, куттаабата, киниэхэ чугуйар, төннөр, саараҥныыр быһыыны үөскэппэтэ. Хата ордук өсөһүннэрдэ, харса-хабыра суох оҥордо. Кини ол байыаннайын кытта уопсай тылы булуох тустаах. Булгуччу! Атын суол суох. Ону ситистэҕинэ ол-бу Тииттээхэптэр сөбүлүүллэрэ-сөбүлээбэттэрэ диэн улахан суолтата суох. Кинилэри кэлин, арыый кыаҕырдахха, хайдах баҕарар турку сыҥааҕыныы иэҕиэххэ сөп. Билигин өрө көрөн өгдөрөҥнөспүттэрэ хойут, санаа хоту өрө-таҥнары тутар саҕана, хата бэлэм сылтах буолуоҕа.
Аргыылап төннөн таас Реальнай аттынан туораан, казначейство дьиэтин чугаһыгар кэлэн тохтоото. Ахсынньы анысханнаах тымныыта обургу аан туманынан оргуйан, бэл иннигэр ууммут илииҥ көстүбэт үлүгэрэ буолан үчүгэй. Дьон көрүөхтэрэ, билиэхтэрэ диэн куттал суох.
Валерий түннүктэрэ ыстаабан сабыылаах, сарайыгар түспүт хаарга самнары баттаппыкка дылы намыһах дьиэни кэтээн, иһиллээн турда. Туох да саҥа-иҥэ биллибэт. Кини наадалаах киһитэ манна хос куортамнаһан олорор буолуохтаах. Олбуор кэлииккэтин анньан көрдө. Сабыылаах. Иккитэ-үстэ күүскэ тэбиэлээтэ. Ыт үрэн маргыйда. Тимир сыап кылырҕаата.
– Кимиэхэ наадалааххыный? – сотору олбуор иһиттэн эмээхсин дьахтар саҥата нууччалыы ыйытта.
– Военкомат үлэһитэ Соболевка.
Эмээхсин кэлииккэтин аста.
– Ыалдьыттаах дуо?
– Суох быһыылаах. Суох, суох. Баһаалыста.
Кэҥэс куукунаҕа баар буоллулар. Аһаҕас билиитэ аана сып-сылааһынан илгийбэхтиир. Куукунаны оһох уота эрэ сырдаппыт. Билиитэ аанын чугаһыттан атына барыта хараҥа.
– Эраст Константинович, эйиэхэ, – диэт, эмээхсин уҥа диэки хараҥаҕа киирэн сүтэн хаалла.
Хаҥас диэки халҕан тыаһаата. Аан сырдыгын сүрдээх кэтит сарын бүөлүү турда.
– Дорообо, Эраст Константинович, мин штабтан, – диэтэ Валерий иһиллэрдик доргуччу.
– До… рообо… Ханнык…
Валерий, киһитин ситэ саҥардыбакка, ойоҕоһунан кыһарыйан, иһирдьэ атыллаата. Анарааҥҥыта, дьиибэргээн, аанын тутааҕын туппутунан киниэхэ эргилиннэ. Валерий кини дьүһүнүн удумаҕалатан билэрэ. Лаампа сырдыгар кыһайан көрөн баран: “Кини… миэхэ үкчү ойуулаан кэпсээбиттэр эбит”, – дии санаата. Үрдүк, искэл, сонтоҕор муруннаах, чөҥөрүттүбүт харахтаах, ньылаарыччы тарааммыт убаҕас баттахтаах төрөл нуучча киһитэ. Хаһалаах быһыылаах. Маҥан ырбаахытын таһынан иэннэриктэммит.
– Табаарыс, эн… – дьиэлээх киһи сөбүлээбэтэҕин биллэриэхтии саҥаран эрдэҕинэ, Валерий кулгааҕар сыста түстэ:
– Үтүө киэһэ, тойон штабс-капитан.
Анарааҥҥыта сүр сылбырҕатык эргиллэ биэрэн халҕаны ыга тарта, ыалдьытын үрдүгэр саба нөрүллэн туран суостаахтык сибигинэйэн бардьыгынаата:
– Кимҥиний?
– Эн доҕоруҥ буолабын, тойон штабс-капитан.
– Манна ханнык да штабс-капитан суох. Манна Облвоенком отделын начальнига баар. Аадырыскын алҕаһаабыккын, табаарыс.
– Мин алҕаһааччым суох, тойон штабс-капитан.
– Штабс-капитан манна суох диибин дии… – дьиэлээх киһи быыппаһынна. – Киһилии тылы өйдөөбөт буоллаххына, өйдөтөр сири начаас булларыам – ЧК-ны! Онно көрдөөбүккүн ылыаҥ – симилиэс буулдьаны!..
– Аргыый тиэриллэҥнээ!.. Чэ эн доҕоруҥ буолумуум даҕаны. Эн доҕотторуҥ доҕордоробун. Оччоҕо син биир эн доҕоруҥ буолан тахсабын буолбат дуо?
– Кимнээҕий ол… мин доҕотторум?
– Пепеляев генерал туһунан истибитиҥ ини? Кини…
– Шантажист… Провокатор… – дьиэлээх киһи килбэчигэс тирии тобуктаах галифетын сиэбиттэн күтүр бэйэлээх, бар түүлээх сутуруктарын сулбурута тардыталаата.
– Чөт! Молчать!..
Ити тыллар сибигинэйэн эрээри, киһини соһутар, самнарар сүр дьарымталаахтык, сытыы кылыһынан быһыта баттаан кэбиһэрдии эрчимнээхтик этилиннилэр. Дьиэлээх киһи ах баран, били сутуруктарын өттүгэр сыһыары туттуталаан чынайа түспүтүн өйдөөбөккө да хаалла.
– Быһахта аҕал!
Дьиэлээх киһи остуол дьааһыгыттан бүлгү тутуу быһаҕы ыла охсон биэрдэ. Валерий сонун тэллэҕин муннугун көтүрдэ, онтон биэтэскэ сыһыары тигиллибит маҥан таҥаһы көтүрү тардан уунна:
– Аах!
Соболев таҥаһы тэниччи туппутунан кыраһыын лаампа диэки төҥкөйдө. “Эра! – диэн суруллубут онно чэрэниилэнэн. – Көһүт. Тиийиэхпит. Хайдах көрсөрү маны тиэрдэр киһи этиэ. Кини тыла – бирикээс. Август Р.” “Эра… Эра… Бэйи… Август… Ах даа!.. Кини. Чахчы кини! Кини туруору буукубалаах буочара. Полковник Рейнгардт”. Балтараа сыл устата элбэхтэ өлөр-тиллэр быһылааныгар бииргэ түбэһиспит киһитэ. Пермь куораты Пепеляев сэриилэрэ ылалларыгар, Кыһыл Армияҕа сулууспалыы сылдьан, иккиэн бииргэ түҥнэри эргийбиттэрэ. “Эра…” Соболевы итинник кини эрэ ааттыыра. Ону кыыс оҕоҕо дылы ааттыыгын диэн бастаан өһүргэнэ истэрэ. Кэлин үөрэнэн хаалбыта. Кинилэр Красноярскайга арахсыбыттара. Соболев онно, тифкэ ыалдьан, госпитальга хаалбыта. Үтүөрэн баран буруйун билиммит, сэбиэскэй былааһы ылыммыт военспец быһыытынан бу кырыыстаах тымныылаах сир уһуга дойдуга түҥкэлийэн кэлбитэ. “Хайа хайалыын тиксиспэт, киһи киһилиин булсар диэн мээнэҕэ эппэттэр эбит. Мин манна баарбын полковник хантан биллэҕэй? Ол эрээри билиминэлэр. Хата манна, Якутскайга, туох буоларын курдаттыы көрө-истэ сылдьаллар ини. Биир киһилэрэ бу тиийэн кэллэ дии. Ыыппыт агеннара өссө манан эрэ бүппэтэҕэ чахчы. Рейнгардт элбэхтэ кэһэйбит киитэрэй түөкүн. Кини түөрэккэй суолга киирэн биэриэ суохтаах этэ. Пепеляев похода чахчы кыайыынан бүтүөҕүн биллэҕэ дуу? Быстах, албын мэҥиэни хабыан сатаммат…”
Ахсааннаах чыпчылҕан иһигэр Соболев төбөтүгэр араас санаа булумахтаста. Кини, уһата-тэнитэ барбакка, сип-сибилигин иккиттэн биирин быһаарына охсоро наада этэ. Урукку штабс-капитан бассабыыктары, кинилэр диктатураларын ис сүрэҕиттэн абааһы көрөрө. Сэбиэскэй былаас суулларын туһугар кини олоҕуттан уратытын барытын биэрэрин даҕаны кэрэйиэ суох этэ. Ити туһугар кини кыргыһыыга даҕаны киирсэргэ бэлэмэ. Ол эрээри бу кыргыһыы кыайыынан түмүктэниэҕин бигэтик билэр буоллаҕына. Кыһыллар кыайтараллара чахчы буоллаҕына. Оттон туга-ханныга биллибэт суолга… Кини ааспыт өттүгэр элбэхтэ кэһэйдэ. Дьолго, кэһэйдэ эрэ. Аҕыс-сэттэ сыл устата сэриигэ сылдьан, Соболев тиһэҕэр тиийэн саамай кылаабынайа тыыннаах ордор эбит диэн санааҕа кэллэ. Ити да гыннар үрдүк өрөгөйгө, албан аакка тиксэр суолтан туора туран хаалар эмиэ да кыһыылаах буолуохха дылы. Итиэннэ сүгүн туора туруоруохтара суоҕа баар. “Күүрээннээх күннэргэ туора турбутуҥ”, – диэн ол кыайбыт-хоппут дьон эйигин биир буулдьа аһылыга оҥордохторуна даҕаны көҥүлэ.
“Хайыахха? – Соболев харааччы мунан багдаллан турда. – Бу азиаты сибилигин үүрэн таһаардахха? Ол-бу кутталлаах сибээскэ киирсибэтэххэ? Оччоҕо бу дьиккэриҥ тута дьонугар биллэриэ. Оччоҕо кыһылларга букатыннаахтык эргийбиккэр тахсар, кэлин били кытаанах иэстэбилгэ түбэһэҕин. Кэбис… Рейнгардт, ыһыыт атамаана, бука, билэн холбостоҕо. Пепеляев хайаан да кыайарын эрэнэн. Оччоҕо билигин аккаастаан кэбиһэр хайдах да сатаммат. Оо, хайыах муҥуй?.. Сатана дьэбириэйэ умнубатах соруон”. Кини санаабатаҕа буоллар, Соболев, билиҥҥитин курдук, ылы-чып олорон бу айдааннаах күннэри аһарыа этэ. Уонна, Пепеляевтаах куораты ыллахтарына дьэ кинилэргэ холбоһуо этэ. Ону баара… “Хайыахханый? Чэ билигин сөбүлэммитэ буолуохха. Соччо куттала суох бытархай сорудахтарын толоруохха да сөп. “Кини тыла – бирикээс”, – диэбит дии. Бу азиат тылын. Олус кыаллыбат суолу этэр үһүө? Эттэҕинэ да ылыныллыа суоҕа. Чэ бэйи, хайдаҕа-туга көстөн иһээ ини… “Доҕоруҥ буолабын”. Доҕор курдук көрсөрбөр тиийэбин. Инньэ диэн хайыахпыный? Атын хайыыр даҕаны кыаҕым суох…”
Валерий дьиэлээх киһини кэтээн көрө турда. Кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ, Соболев бастаан ЧК-ны эҥин ахтыбытыгар кини улаханнык дьиксиммитэ. Киһи иһин эриэнин туох билиэ баарай. Полковник Рейнгардт суругун биэрэригэр: “Ол-бу буолан куйбаҥнаары гыннаҕына, дьаҕырыйа түһээр. Кини куттамсах. Уонна кыһылларга ис сүрэҕиттэн ылынан үлэлээбэтэ биллэр. Кыһалҕаттан сылдьара буолуо. Онон кини чааһыгар саарбаҕалаама”, – диэбитэ да, ону бигэтик эрэнэр күчүмэҕэй этэ. Бу сылларга киһи санаата араастаан уларыйыан сөп. Соболев даҕаны чахчы кыһыл диэки эргийиэҕин тоҕо сатамматый? Итинник саарбахтыы саныы туран, киһитэ били бастаан кыыһырбыта, быыппастыбыта улам симэлийэн, сирэйэ улам марбастан, ньэлгэйэн, сымнаан барбытын көрөн, Валерий көхсө кэҥии түстэ.
– Тойон штабс-капитан, ыалдьытыҥ сыгынньахтанарын көҥүллүөҥ дуу?
– Баһаалыста. Прошу… Тоһоҕо ити баар. Итиэннэ миигин, ради бога, Эраст Константинович диэ, – Соболев истиэнэни ыйан хараҕынан имнэннэ уонна ыалдьытыгар олоппоһу сыҕарытан биэрдэ, бэйэтэ ороҥҥо олордо.
Валерий илиитин ууммутунан кэллэ:
– Чэ, Эраст Константинович, билигин дорооболоһордуу дорооболоһуох.
Илии тутустулар.
– Кими кытта билсэр чиэстэнним? – Соболев илиитин араарбакка олорон ыйытта.
– Такыров… Петр Петрович.
– Дорообо, табаарыс Такыров.
Валерий киһитэ илиитин кытаанахтык ыга туппутугар букатын холкутаата. Бу чахчы бэйэ киһитин илиитэ.
– Чэ сөп. Онуоха-маныаха диэри “табаарыстар” да буолуох. Күүтэрбит даҕаны ахсааннаах хонук хаалла.
– Август Яковлевич… онно дуо? – Соболев быһаарыыта суох аан диэки садьыс гынна.
– Полковник Рейнгардт генерал Пепеляев дружинатын бастаан иһэр батальонун командира. Саха сирин коммунистартан босхолуур үрдүк чиэс аан бастаан киниэхэ тиксиэҕэ.
Соболев ойон турда:
– Төрүт умнан олоробун. Кыратык закускалыах. Көрсүспүччэ.
Валерий кинини илиититтэн тардан төттөрү олорто.
– Кэбис, мин манна өр буолуом суоҕа. Түүҥҥү патруллар тахсыахтарын иннинэ түспүт сирбэр тиийдэхпинэ сатанар. Ити суруккун аахтыҥ дии?
Соболев тоҥхос гынна.
– Итэҕэйдиҥ?
– Даа.
– Өйдөөтүҥ?
– Өйдөөн.
– Оччоҕо сибилигин таһааран оһоххо бырах.
Соболев саҥата суох куукунаҕа таҕыста.
Валерий аан быыһынан көрөн турда.
– Сурукка этиллибитин курдук, мин тылым эйиэхэ – бирикээс, – диэтэ Валерий эмиэ утарыта олорбуттарыгар. – Ол мин бирикээһим буолбатах. Полковник Рейнгардт да бирикээһэ буолбатах. Сибиир добровольческай дружинатын командующайа генерал-лейтенант Пепеляев бирикээһэ. Мин ону тиэрдээччибин эрэ. Онон байыаннай киһи бэйэҥ бэркэ билэриҥ буолуо: бирикээс дьүүллэһиллибэт, бирикээс толоруллуохтаах.
“Азиат!.. Дикарь!.. Иһит эрэ бу хаптаҕай мурун тылын-өһүн! Хайдах сэнэбиллээхтик, баламаттык кэпсэтэрий миигин, дворянины, ыраахтааҕы офицерын кытары!” – диэн Соболев иһигэр кыынньан кэллэ. Ол эрээри, онтун биллэрбэккэ, сөбүлэһэр быһыынан тоҥхоҥнуу олордо. Бу азиат, бэйэтэ этэрин курдук, связист, генерал Пепеляев бирикээһин тиэрдээччи эрэ. Почтанан кэлэр сурук кэмбиэрин кэриэтэ. Сурук ис хоһооно хайдах да буолбутун иһин кэмбиэргэ кыыһыра сылдьыаҥ дуо? Син ол курдук.
– Билэбин…
– Мин эйиэхэ бирикээһи тиэрдиэм иннинэ биир суолу быһаарыах тустаахпын. Генерал Анатолий Николаевич Пепеляев даҕаны, полковник Август Яковлевич Рейнгардт даҕаны эйигин үрүҥ армия идеалларыгар бигэ бэриниилээх, советскай былааска хаан өстөөх киһинэн, быһата, бэйэлэрин киһилэринэн ааҕаллар, – Валерий киһитин хараҕын утары көрдө. – Оннук дуо?
– Оннук.
– Мин эйигин тиһэҕэр тиийэ итэҕэйиэхпин сөп буоллаҕа дии?
– Ол эн бэйэҥ дьыалаҥ! – Соболев өһүргэнэн, көмүлүөктэн уот ыстанарын курдук, ойон турда, икки илиитин галифетын сиэбигэр батары баттаан, хос иһигэр төттөрү-таары хаамыталаата. Онтон Аргыылап иннигэр саба нөрүйэн туран, мөлтөх актер сценаҕа саҥарарыныы бобуллаҥнаата: – Эн… дворянины, офицеры кытта кэпсэтэргин умнума!
– Олор, Эраст Константинович, – диэтэ Валерий аргыый эрээри, кытаанахтык, модьуйардык. – Билигин ол-бу аайыттан сылтанан өһүргэнэн ыстаҥалаһар кэм буолбатах.
Киһитэ алҕас тылластым диэн буруйдаммыт, чаҕыйа быһыытыйбыт чинчитэ биллибитэ буоллар, Соболев эбии өһүргэнэн тиргиллиэх этэ. Оттон билигин кини ити кыйахаммытыттан төрүт кыһаллыбатах тымныы, дьэбир саҥаттан айахха бэрдэрдэ, кыыһырбыт уоҕа хайдах эрэ эмискэ мөлтөөн, өс киирбэх оронугар төттөрү бүк түстэ.
– Дворянины, офицеры кытта кэпсэтэрбин билэбин. Билбэтим буоллар, манна кэлиэм суох этэ. Ону тэҥэ… – Валерий киһитэ халты көрөн эрэр хараҕын тоһуйан батары көрдө. – Ону тэҥэ большевистскай облвоенкомат отделын начальнигын кытта кэпсэтэрбин эмиэ билэбин.
– Мин…
– Иһит! Мин эйиэхэ тиһэҕэр тиийэ эрэнэрим сөбүн дуу, сыыһатын дуу чопчутук билэрим наада. Ону миигиттэн бэйэм тириим харысхала эрэйэр буолбатах: соҕотох мин биитэр миигин кытта иккиэйэх-үһүөйэх киһи өлөрө суолтата суох. Ону миигиттэн дьыала туһа, биһиги уопсай охсуһуубут туһа эрэйэр. Өһүргэнэн тэлэкэчийиэх иннинэ итини өйдүөххэ наада.
– Чэ сөп. Бырастыы гын, – Соболев аргыый хардарда.
– Эйиэхэ кыра да саарбахтыыр санаа суох буоллаҕа дии?
– С-суох…
– Эн бэйэҥ дьылҕаҕын, олоххун бүтүннүүтүн генерал Пепеляев дьаһалыгар биэрэр буоллаҕыҥ дии?
– Даа!
– Үчүгэй. Билсиһиибит олус уһаатар да, барыта дьэҥкэрдэ диэххэ сөп. Эраст Константинович, бэйэҥ да билэриҥ буолуо: Пепеляев командующайдаах Сибиир добровольческай дружината бу күннэргэ Дьокуускайы туһулаан иһэр. Дружина 800 киһилээх. Олортон үксүлэрэ старшай офицердар: генерал Вишневскэй, генерал Ракитин, полковниктар Андерс, Леонов, Рейнгардт, Сайфуллин, Вандышев, Иванов, Самойлов, Шнапперман, Сивко… Чэ, быһата, полковник үөһэ полковник, майор үөһэ майор. Итилэртэн үгүстэрин эн билэр буолуохтааххын. Дружинаҕа олохтоох үрүҥнэр этэрээттэрэ холбостулар.
– Билэбин. Кыһыллар агентуралара куһаҕана суохтук үлэлиир.
– Хомойуох иһин, оннук. Ол эрээри онтукалара да кинилэри быыһыыра биллибэт. Саха сиригэр сэбиэскэй былаас самнара ахсааннаах хонук хаалла.
– Кыһылларга эмиэ көмө күүс соҕурууттан кэлэ турар.
– Буоллун. Илинтэн иһэр күүһү утары туох даҕаны туруулаһыан сатаммат. Генерал Пепеляев ыраахтан силистээх. Кини кэннигэр Америка, Англия уонна Япония тураллар. Бу үс ааттаах баай государство көмөтө тохтоло суох күүһүрэн иһиэҕэ. Дьокуускай дьиҥинэн Пепеляев большевизмы утары крестовай походугар бастакы пуун эрэ. Кини бүтэһик сыала – Сибиири уҥуордаан Москва Кремлигэр киирии. Чэ итини барытын эн бэйэҥ да өйдүүгүн. Эйигин агитациялыы сатыыр наадата суох.
– Таҥара биэрдин!.. – Соболев үөһэ тыынна, кириэстэнэн сапсынна.
– Таҥара бэлэм кыайыыны аҕалан биэриэ суоҕа. Барыта бэйэбититтэн тутулуктаах, Эраст Константинович. Эн, мин, биһиги бары туох-баар кыахпытынан бүтүннүүтүнэн ити улуу кыайыыны ситиһэргэ көмөлөһүөхтээхпит.
– Оннук-оннук.
– Дьэ билигин мин этэрбин үчүгэйдик өйдөөн иһит. Ол генерал Пепеляев эйиэхэ сирэй бирикээһэ. Бастакынан, эн кыһыллар Пепеляевы утары операцияларын былаанын куоппуйатын булуох тустааххын.
– Хайдах?! Командующай штаба военкоматтан туспа…
– Хайдаҕа – эн дьыалаҥ. Онуоха мин орооспоппун. Булан миэхэ тиксэриэхтээххин. Оччоҕо Пепеляев кыһыллар хас хардыыларын өтө көрө олоруоҕа. Байыаннай киһи бэйэҥ да өйдүүр инигин, ити былаан Пепеляев илиитигэр хайа кыалларынан эрдэ тиийэ охсуохтааҕын?
– Өйдөөн да… – Соболев үөһэ тыынна. – Суох… суох…
– Сөп. Аны иккиһэ. Кыһыллар этэрээттэрин иһигэр бэйэ дьоннорунан агитацияны күүһүрдэн, ол этэрээттэр Пепеляев диэки эргийэллэрин ситиһиэххэ наада. Маныаха туттуллар прокламацияны, ыҥырыыны мин эйиэхэ сотору тиксэриэҕим.
– Дьэ саарбах…
– Эрдэттэн саараама. Үсүһэ – Пепеляев Якутскайга кимэн киирэр кэмигэр куорат иһигэр өрө турууну тэрийэн байыаннай штабы, ревкому, обкому, телеграбы ылыталыахха наада.
– Даа… Ити барыта тылынан эттэххэ эрэ дөбөҥ, – Соболев бириэйдэммэтэх сэҥийэтин имэрийбэхтээтэ.
– Ким да дөбөҥнүк ситиһиллиэ диэбэт. Ол эрээри кыһалыннахха кыайтарыан сөп.
– Итини барытын ким тэрийэр?
– Эн!
– Мин?! – Соболев өрө көрө түстэ. – Билэллэр дуо кинилэр мин киммин? Мин кыахпын? Мин баара-суоҕа облвоенкомат рядовой үлэһитэбин. Ону даҕаны соччо итэҕэлэ суох, кэтэбилгэ сылдьар үлэһитэбин. Мин волшебник буолбатахпын. Сааратыахпын сатаммат.
– Эраст Константинович, эн кимҥин бэрт үчүгэйдик билэллэр. Билэллэр уонна эрэнэллэр эн өйгөр, сатабылгар, хорсун быһыыгар. Итиэннэ соҕотох буолуоҥ суоҕа. Мин эйигин сотору сорох наадалаах дьону кытта билиһиннэриэм. Аан бастакы соругуҥ – кыһыллар операцияларын былаана. Ол былааннара хайыы-үйэ оҥоһуллубут буолуохтаах. Аҕыйах хонугунан онтукалара мин илиибэр тиксиэ диэн эрэнэбин.
– Суох… суох… Ону мин хантан ылыахпыный?.. Хайдах… Бэйэҥ даҕаны санаа… – Соболев Валерий диэки ааттаһардыы көрдө. – Хайдах… санаан көр…
– Мин буолбатах, эн саныахтааххын, – Валерий дьэбирдик хардарда. – Чэ ити курдук. Мин хойутаатым.
Ыалдьыт таҥынна.
– Эраст Константинович, атаарыаҥ дуу: ыккыт үрүгэнэ бэрт этэ.
– Ах даа… даа…
Таһырдьа таҕыстылар.
– Өссө биирдэ санатабын, Эраст Константинович, – диэтэ Валерий кэлииккэ халҕанын тутааҕын тутан туран. – Бирикээс дьүүллэһиллибэт, бирикээс толоруллар.
– Даа… Даа…
– Аҕыйах хонугунан билсиэм. Ол кэлиибэр былаан эн илиигэр баар буолуохтаах.
– Хайдах?! Иһит эрэ…
– Көрсүөххэ диэри.
Халҕан “лап” гынна.
“Сыраан… Дырысааҥкы… Уонна өссө офицер ааттаах ээ! – диэн сэнии, сиргэнэ саныы-саныы, Валерий туман быыһынан соҕуруу диэки түстэ. – Воля диэн мэлийбит күтүрэ быһыылаах. Дагдайбытын аанньа далай акаары баҕайы дуу, баатыгарын. Эппиппин толотторо иликпинэ сүгүн олордуом суоҕа. Сөпкүн көрөрүм буолуо. Былааны баҕас буллаттаран тэйэр инибин. Ол кэриэтин баһыҥ бардын. Туттахтарына, баҕар, тыллаа даҕаны. Такыровы көрдөөн такырыйа сүүрдүннэр!..”
О проекте
О подписке