Түҥ түүн илин эҥээртэн, хотой кыыл курдук, сабырыйа, күөтүү көтөн кэллэ. Үөһээ өндөл халлаан мөһүүрэлии тохтор мөлүйүөн сулус ойуулаах күөх кууппал бэргэһэтин тимир кытаҕы саба уурбут курдук кэтэн, Уот Уйбаан оҕонньор ыал буолбут алааһын, Күҥкүрү, кыаҕар ылан, көй-хара күүлэтигэр хаайан, түүппэҕинэн бүрүйэн турар этэ.
Ырыых-ыраах илин диэки икки көстөөх Кириэс Тумул диэн сир таҥаратын дьиэтин ийэ куолакалын тыаһа ньирилээн иһиллэрэ. Ону истэ-истэ, алаас ыала, илин диэки хайыһан туран, кириэстэнэн сапсыналлара.
Бу аата көҕөрө күлүмнүүр чүмэчи сулус харахтаах Ороһустуба түүн Саха сиригэр тэнийэн кэлбитэ.
Алаас хоту өттүгэр, куобах суорҕанынан үллүммүккэ дылы, борокуот курдук ньолбоҕор, хаптаҕай балаҕантан икки сиртэн түүтэх-түүтэх саҕа кыым кыынньа, кытыаста оргуйар.
Ол эрээри биирдэрэ бэрт мөлтөх, кыыма хайдах эрэ соҥуйбут курдук көтөн тахса-тахса, тулаайах оҕо кэриэтэ муккуктук, тэттик-муттук дьиримнээн баран хараҥаҕа өһөн, умуллан хаалар. Оттон биирдэрэ тоҕо эрэ күүстээх, омуннаах: халлааны бүтүннүү китиэркэттэрбин диэххэ айылаах, күүгүнүү-күүгүнүү өрө оргуйар. Бу уот туһунан чыпчылыйбакка, бэйи, ол туох быгаары гынна диэн муҥунан көрбүт курдук, түөрт муус түннүк дьэҥкэрэн көстөр. Оттон биирдэригэр соҕотох түннүк, утуктаабыт киһи оргууй хараҕын сабан баран эмиэ көрөн кэлэрин кэриэтэ сүтэн хаала-хаала, кылаҥнаан, көстөн кэлэр.
Саалалаах, чуулааннаах үрүҥ дьиэҕэ ханаҕар диэн бэйэлээх, кытара буспут былтаҕар иэдэстээх хотун дьахтар оһох чанчыгар курупчаакы бурдугунан алаадьылаан бачыгырата олордо. Саалаҕа нэс соҕус сирэйдээх-харахтаах, хара бытыктаах, кыра үөрэхтээх тойон киһи, Уот Уйбаан уола Мөлөкүүрэп, мөгүрүллүбүт хаһатын имэринэн кээһэ сытта. Кини аттыгар бүрүөлээх остуолга үрүмэччи бэйэлээх Настя диэн үөрэнэр кыыстара альбом кинигэтин ойуулуу олордо. Суол аанын диэки 12-лээх кэриҥэ Уйбаанчык диэн уоллара биир килээр-малаар көрбүт Макаар диэн кэргэн киһилиин атыыр оҕус баһын сүлэн биликтии олордулар. Уонна хаҥас диэки биир дыгдалыйбыт, дьэлтэлдьийбит сирэйдээх-харахтаах эдэр кэргэн дьахтар сэлиэһинэй бурдугунан тиэстэ охсон либиргэтэ турда.
Дьиэ иһэ тип-тигинэс, тап-таҕынас, сып-сырдык.
Кирпииччэ оһох күндүл чаҕаан көмүс өргөн кытыастар уота кураанах маһы өрө лаҥкынатан, киэҥ дьиэҕэ китиэккээбит-киһиргээбит курдук таһыгырыы-таһыгырыы, тычыргыы-чачыргыы, илэ-бааччы күлэ-сала күлүбүрүү турар. Дьиэ иһэ, холлоҕостуун умайыахха айылаах, алтанныы кыыһа-хамсыы тыынна. Ол аайы эмис киһи тиритэн, ньалҕарыйан баран, өттүк баттанан ымаҥныы турарын курдук, моччоруспут муус түннүктэр күлэн дьэлтэрэҥнэһэллэр.
Оттон биир уоппут эҥээрэ атын буолла.
Бии сааһын тухары күлэр-алларастыыр, өргөннөнөн күлүбүрүүр бэйэтэ хараҕа өспүт, омуна умуллан, ытаан-соҥоон эрэр курдук үдүк-бадык, имик-самык.
Бастаан көрдөххө, көннөрү санаарҕаабыт, туох эрэ ыарахан аһыыга ылларбыт курдук ылы-чып, борук-сорук…
Оттон өр буоллахха, барыта тымныйан, тыйыһыран, ынчыктыахха дылы буолан барар. Киһи куйахата дырдыргыыр, иэнэ кэдэҥниир – туох эрэ харбыах курдук сарбаҥныырга дылы буолар, баттыах курдук үллэҥнииргэ дылы гынар уонна ханнык эрэ иин дьыбарын тымныытынан аҥылыйар. Муннуктара, ынчыктыы-ынчыктыы, бүтэй хааһах курдук үллэҥниир. Сыбах оһоҕун кэннин хараҥата субу таҥнары харбыахха айылаах барыҥныыр, сарбаҥныыр, холлоҕосторо, баҕаналара күлгэри уорҕатын курдук килбэлдьийэр. Бии көстөр соҕотох муус түннүгэ, куттаммыт курдук, оҥой-саҥай көрөн, хараҕыттан уу-хаар баһан, ытыы турарга дылы…
Маннык дойдуга киһи ама баар буолуо дуо? Баар буоллахтарына, өлөн да бүттүлэр ини…
һук! Ол эрээри, бэйи, дьэ уота арыый хамсаата: мас сыыһа эбии быраҕылынна. Ноо! Торбостор соһуйбут харахтарын уоттара көҕөрөн көһүннүлэр… Үгүстэрин! Уон ордуга биир торбос – сүүрбэ ордуга икки харах! Бии сарбаҥныыр оһох кэннинээҕи хараҥа, бии үллэҥниир муннуктааҕы хара арыый кирийэргэ дылы гыннылар.
Өйдөөн көрдөххө, бу аан дойду киэргэлэ, ньургун чэчирэ – икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх бу хотон балаҕаҥҥа, иин иһигэр син биир эмиэ баар эбит. Оо! Кимнээхтэр, хайдах эрэ дьон, хайа эрэ муҥнаахтар буоллугут?
Тугуй, доҕоор?! Чөчүөккэлэрэ диэн буоллаҕа дуу?.. Аҥаар хараҕа суох, эрбэһин курдук сэрбэйбит баттахтаах, мас эмэгэт курдук уҥуох сирэйдээх, дьүһүнэ-бодото эмиэ дьахтардыы, эмиэ эр киһиэхэ дылы, онон-манан ыт тырыта тыыппытыныы тырыпыай-ирипиэй даба ырбаахылаах, тоҕуттан бараммыт торбос сутуруолаах атах сыгынньах киһи, Ороһустуба кэлбитин чахчы биллим, төрүөхпүн төрөөбүт киһибин диэххэ айылаах, оһох чанчыгар туох эрэ иччи курдук буолан баран хайдыбыт хамыйаҕынан эргэ күөс түгэҕэр куруппанан хааһылаан, үөрэ-көтө, туора-маары салаан, аһаан ньаҕарайдана олорор эбит. Бии кини мас бырахпыт. Дөксө арыый сырдаабытын кэннэ көрдөххө, хаҥас диэки орон көһүннэ. Ол ороҥҥо туох эрэ үллэҥнээтэ. Ханнык эрэ убаһа суорҕан элээмэтин саптыбыт биир оҕонньор сытар эбит. Дириҥ соҕустук ынчыктаан баран аргыый:
– Дьаакыап, бааргын дуо? – диэн ыйытта сытыахсыт.
– Баарбын, – диэтэ, хааһытын тобоҕун торбос муостатын баһыгар, долборук муннугар (кистэлэҥ умуһахтаах эбит) илдьэн уура-уура уонна хатырыгынан саба тардан кэбистэ.
Бу икки ардыгар оҕонньорбут түҥ-таҥ буолан барда.
– Күн төһө буолла? – диэн ыйытан саайда.
– Күн буолбатах, түүн ээ, – диэтэ Дьаакып. Ону биирдэрэ «түөртүүр ынах» диэн иһиттэ.
Бу түөһэйбит оҕонньор кимий диэтэххэ, кырдьык даҕаны күнүн саҕана оччотооҕу үйэҕэ киһи аатыран сылдьыбыт ааттаах Уот Уйбаан бэйэтэ этэ. Дьиҥ төрдө-ууһа быстар дьадаҥы, уус дьон этилэр. Хас да сыл устатыгар Лаамыга, тайҕаҕа сылдьыбыта. Онтон «көнөн» кэлэн, иккис ойоҕун киһиттэн арааран ылбыта. Бэрт сытыы өйдөөх, ыпсарыылаах, уоттаах тыллаах киһи этэ. Аҕа бэлэмигэр хаалбыт, ынах кэннин кэтиири эрэ билэр дьонтон атын киһи этэ. Сут дьылга уу таһаарар массыына оҥорторон, онон ходуһатын угуттаабыта. Быа миэлиҥсэтэ оҥорон, улуус бурдугун кини тартарбыта. Эдэр эрдэҕинэ көнөтө-туруорута, хоодуота да сүрдээҕэ үһү. Кыраттан сылтаан Семенов диэн сэтээтэли сирэйгэ биэрэн баран, дьыалаҕа ылларбакка, куотан хаалбыта үһү. Сааһын тухары, туох да үөрэҕэ суох эрээри, албакаат эбит. Чугастааҕы баайдар, куттанан, аахсар киһилэрэ кини эбитэ үһү. Ыраахтааҕы үйэтин саҕана сокуоннайын туолбут киһи барыта өлбүгэ сүктүн диэн мөккүһэрэ үһү. Күнүн саҕана ойууну, таҥараны даҕаны итэҕэйбэт курдук буолара. Сыылынай судаарыскайдары кытта доҕордоһор, кэрэхсээн кэпсэтэр кини этэ. Олор кинини «Сиимэнэбис» диэн ааттыыллара үһү. Кырдьыгынан, бу хараҥаҕа баттаппыт тыа сиригэр ахсааннаах киһи этэ. Оттон билигин, түүн буолбутун билбэккэ, «күн төһө буолла?» диэн ыйытар буолан сыттаҕа, төрөппүт оҕолоро аттыларыгар көрбөт, дьиэлэригэр олорпот буоллахтара, хотоҥҥо Дьаакып сордоох көрүүтүгэр биэрэн олортохторо… Кыбысталлара, сааталлара бачча эбитэ дуу, абааһы көрөллөрө, кэччэйэллэрэ бачча эбитэ дуу, ону туох да билбэт…
Ону толкуйдаабакка эрэ оҕонньор диэки эргиллэн көрдөххө, бу сордоох оронуттан оргууй туран кэллэ. Ону Дьаакып баран сиэтэн аҕалан, бүтүннүү көстүбэт ынах сааҕа дүлүҥ олох маска, уот иннигэр, олорто уонна эттэ: «Оҕонньор, сарсын Ороһустуба эбээ, бу киэһэ алаадьыта, ону билэҕин дуо?»
– Ээ, суох, тукаам, билбэппин, – диэтэ оҕонньор уонна, буспут куолас курдук саһара маҥхайбыт төбөтүн түөһүгэр түһэрэн, тайаҕар өйөнөн, уотун туомугар иттэ олордо…
Дьаакып үрүҥ дьиэҕэ таҕыста.
Хотон дьиэ иһэ эмиэ сыыйа чуумпутуйда, боруорда. Арай, туох эрэ улахан ыарыыга баттаппыт курдук, тот сүөһүлэр ынчыктыыллара иһиллэр. Сонно көрдөххө даҕаны, имик-самык, туттахха даҕаны, тыбыс-тымныы, ибис-инчэҕэй, сып-сытыган буолан, хотон дьиэ таҥнары тайахтанан, күлүгүрэн турда. Ол ортотугар бии эдэр эрдэҕинэ дьон таҥара гынан үҥпүт, илин-кэлин сүүрбүт оҕонньордоро суос-соҕотоҕун, кэрэх төрдүгэһин курдук, хохоллон олороро.
– Туох айыым иннигэр бу курдук тутан эрэр буоллулар, ама да кырдьыбытым, түөһэйбитим иннигэр. Айыы тойон таҥара, баар буоллаххына, миигин, хаарыан бэйэлээх икки атахтаахтан туоратыллыбыты, соҕотоҕун хаалбыты, туохха да туһата суох буолбуту, эрэйбин сарбый, эппин-хааммын, айыылаах дууһабын илиигэр тут! Туох гынаары оҕоломмутум буолуой? Туох гынаары оҕо иннэ дии-дии муҥнаммытым буолуой? Оо, икки атахтаах, өйүҥ-санааҥ сүрүккэтиэн! Бу тухары бу дьоллоругар иирбит хара сордоро дуу! Аата аньыытын, саатын!.. Айыым-таҥарам, эрэйбин кылгат!.. – бу курдук диэн көрдөһөн, оҕонньор сүрдээх улахан суолталаах чиҥ бокулуону торбос муостатын үрдүгэр уурда уонна, ынчыктыы-ынчыктыы, оронун диэки сыылла…
Хотон аана кыыкыр гына түстэ. Оһох кэнниттэн саах күрдьээччи Дьаакып, кыпчырыйан тахсан, чанчыкка көрөн-истэн кылахачыта турда. Бии анараа дьиэҕэ үллэр, күлүгүрэр бэйэтэ бу килбиэннээх дьиэҕэ оҕо курдук сэрбэйэн, туох эрэ эргэ миинньиги туруору туппут курдук буолан кыччаан, симэлийэн хаалла. Үрүҥ дьиэ дьоно күлэ-сала, күлүмүрдүү олороллор эбит. Хайыы-үйэҕэ остуолларыгар аһыы олорбуттар.
– Дьаакыап, кэл, мэ – бу оҕонньор алаадьыта, бу бэйэҥ киэнэ, – диэн хотун икки сиринэн симилиэс абырахтаах, лааҕа бараммыт тимир тэриэлкэни уонна биир мас чохоону биэрдэ. Дьаакып кирик-харык туттан, тырыпыай ойон кэлэн, ылла.
– Бу оҕонньор киэнэ дуо?
– Туох акаарыный, доҕоор! Оттон мас чохооҕо оҕонньор киэнэ буолбат дуо? Таас тэриэлкэнэн далбардаттараары гынаҕын дуо? Эчи сууйуута да кыайтарбат, – диэтэ хотун.
– Хайа, даҕаар, аны хараҥаҕа тоҕо түһэн кэбиһээрэй, баран уотта тутан биэриҥ, – диэн тойон дьаһайда.
– Бэйи, мин киириим, – диэтэ бии альбом суруйар кыыспыт.
– Чэ, хорум эрэ, онно эмиэ тугу көрдөөн ол инчэҕэй хотоҥҥо киирээри гынныҥ? Ол үтүө эһэҥ сыыҥын-сыраанын тэпсээри дуо?
– Суох, мин эһэбэр киирбэппин ээ, Дьаакыпка уот эрэ тутан биэриэм этэ.
– Чэ сүгүн олор. Бар, нокоо, эн уотта тутан биэр.
Бии Уйбаанчык диэн көйгө уолбут, үөрбүт курдук, эттигиэт-эппэтигиэт диэххэ айылаах ойон туран тымтык умата охсон киирдилэр.
Төһө эмэ ыга баайыллыбыт ынахтар икки ардыларынан симсэн этэҥҥэ кэллилэр. Дьаакып ынах сааҕын балай эрэ бэллэйдээтэ да, кыһаммата, хата сылааһын таптыы истэ.
Оҕонньор хайыы-үйэҕэ утуйбут.
Дьаакып алаадьыларын киллэрэн былыргылыы ньахчаҕар, үс атахтаах дьоодьоҥнуу турар остуолга уурда уонна уотун оҥорон, хатырык эбии оттон баран алаадьытын ырытта. Оҕонньор киэнэ үс курупчаакылаах, ханнык эрэ арыылаах алаадьы буолла. Оттон киниэнэ түөрт курупчаакылаах буолла. Маны көрөн баран ымах гынарга дылы гынна, хараҕын туома кылахаччыйа түстэ. Кини оҕонньортон хайаан да ордорун сөбүлээччи, тэҥэ дуу, итэҕэһэ дуу буоллар, сарсыҥҥы күн сүөһүлэргэ бэрт дьаныардаах, үтүрүйүүлээх күн буолуо этэ.
– Эһээ, тур-тур, – диэтэ Уйбаанчык, оҕонньору тардыалыы-тардыалыы.
Оҕонньор уһугунна.
– Ким саҥараҕын? Оҕом Уйбаанчыккын дуо? Эйигиттэн атын ким миигин эһэм диэбит үһү, – оҕотун оройуттан аргыый сыллаан ылла. Уонна имэрийэ-имэрийэ: – Тоҕо киирдиҥ? – диэн ыйытта.
– Ээ, Дьаакыпка алаадьы киллэристим. Сарсын Ороһустуба үһү, инньэ гынан дьоммут алаадьы оҥорбуттара. Уонна, эһээ, мин эйиэхэ өлүүбүттэн бу икки алаадьыны киллэрдим уонна киэһэ дьонум утуйдахтарына алаадьыбын барытын киллэриэм, тииһэ суох киһи эн сиэҥ буоллаҕа дии, мин лэппиэскэ да сиэҕим, – диэтэ.
– Ээ, чыычаахпын даа! Миигин аһынар буруйдаах буолаҥҥын эн эмиэ көйгөлөнөн, сырдык үөрэхтэн матан, балбаах үлэһитэ буолан эрдэҕиҥ. Абатын даа, бу оҕом үөрэҕэ суох буолуох хара соро буоллаҕа! Аны кэлэн мин тугу гыныамый?.. Чэ, чыычааҕыам, алаадьыгын бэйэҥ сиэхтээ, мин өллөрбүн даҕаны өлүүм…
– Уйбаанчыак, чэ бар, таҕыс, дьонуҥ мөҕүөхтэрэ, – диэн Дьаакып дьаһайан киирэн барда, остуолун уот кытыытыгар тарта. Уокка турар хаарбах, тумсунан тэстэр чаанньыгын аҕалан, үүдэһиннээх буор чааскыга оҕонньорго чэй кутта уонна бэйэтигэр, түргэнник сойор, сөрүүн диэн, мас чохооҕо кутунна.
– Чэ, оҕонньоор, өндөй. Ороһустубабыт аһын аһыах.
Саҥата-иҥэтэ суох, хайдах эрэ түүл-бит курдук, илиилэрин иминэн аһаатылар. Арай Дьаакып эрэ айаҕын тыаһа чамыргыыра уонна торбостор кэбинэн кэрдиргэтэллэрэ иһиллэр.
Аһаан бүттүлэр.
Дьаакып кириэстэннэ, махтаммыт, сөп буолбут курдук тутунна. Барахсаным сыыһа, ийэтиттэн кини эмиэ ып-ыраас, көмүс чөмчүүк оҕо буолан түспүтүн, бу орто дойду ньургуна, киэргэлэ буолар аналлааҕын бэйэтэ да умнан, бу иин иһигэр тэпсиллибитин сирбэт курдук тутта-хапта олорбутун көрүөххэ, саныахха абатын!
О проекте
О подписке