Читать книгу «Син биир күүтэр эбиппин…» онлайн полностью📖 — Галины Нельбисовой — MyBook.

Сордоох суха

Саас буолан, от-мас тэтэрэ симэнэн, чэлгийэн турда. Көмүс күөмэйдээх күндү ырыаһыт чыычаахтар өндөл күөх халлаан көҥүл күүлэйигэр күөрэйэ көтө күүгээн бөҕөнү түһэрдилэр.

Туох барыта тилиннэ, үөрдэ. Ийэ сир кэскиллээх чээл сирэм ньуура тубуста, дьэрэкээн таҥалай дьүһүнэ кэйдэ.

Бурдук ыһыыта буолла.

Хаампый оҕонньор уолунуун алаастарын үрдүнээҕи сонуоктарын тартара күөрэҥнэһэн тиийэн кэллилэр. Оҕонньор былыргы дуомунан уот оттон, сыт таһаарда уонна, илин диэки хайыһан туран, бэргэһэтин устан баран, ботугуруу-ботугуруу, кириэстэнэн сапсынна.

Онтон дьэ сирдэрин тартара киирдилэр.

Аҕыйахтык хаамтараат, сухалара ылымына:

– Тукаам, бэйи, тохтоо эрэ, – диэтэ оҕонньор. Сэргэ маһын хараҕатыттан көҕүрэтэн баран, оҕонньор, таптаҕым буолуо диэбиттии, аа-дуо сыыҥтаан «бар» гыннарда уонна: – Чэ хаамтар, – диэтэ.

Утаакы буолбата, аҕыйахтык хардыылаат, эмиэ:

– Тукаам, бэйи эрэ, тохтот, сухабыт хайдах эрэ тыҥырахтыыр ээ, – диэтэ. Оҕонньор, торбос үтүлүгүн илиитигэр ыаҕастыы ыйаан баран, буугунуу-буугунуу, токоотун кэлин биттэҕэр уларытан баайан аадаҥнаата. Бүтэрэн баран холкутук: – Чэ бар, – диэн буолла.

Суха сылдьыбыта аата эрэ биллэр-биллибэт гына тырыыпайдатан тахсан, эргитэн, бааһынайдыы хаамтаран иһэннэр, эмиэ саҥа иһилиннэ:

– Бэйи, нохоо, тохтот-тохтот! Ытаһа маспыт түспүт!

Онтон ытаһа мастарын булан уктаннар, иһирдьэ-таһырдьа дьоодьоҥнотон, баран истилэр. Суха аанньа ылбата, аппа сиргэ букатын таах барда. Оҕонньор, сүүһүн быччыһыннары тутта-тутта, күүһэ баарынан баттыы истэ. Эмиэ утаакы буолбата.

– Бэйи, тохтот, быһыыта, сыыһы ытырда, – диэтэ оҕонньор. Сыыстарын ыраастанан, эмиэ бардылар.

Иккис эргийиилэрэ буолла, уол оҕуһун тосту эргитэн алтахтатан эрдэҕинэ:

– Нохоо, тохтоо эрэ! – диэн хаһыы тоҕо барда. – Аны токообут сыҥааҕа тулунна, бар, сүгэни аҕал!

Сүгэ аҕаланнар, оҥорбута буолан баран, эмиэ айаннаатылар.

Саҥардыы хоҥнон эрдэхтэринэ:

– Киллэр-киллэр! – диэн оҕонньор дьохсооттоото.

Онуоха уол:

– Оттон оҕуһум сөпкө иһэр ээ, – диэтэ.

– Бэйи-бэйи, тохтот-тохтот!.. – оҕонньор тиритэ-хорута быһыытыйда, баттаҕын саҕатыттан көлөһүнэ саккыраан түстэ. – Ыраах баайан кэбиспиппит, төһөнү эмэ ардайдыы сылдьар, – дии-дии, эһитэ тарпыт курдук туттан-хаптан, ыга-ыгатык тардыалыы-тардыалыы, уларытан баайда уонна бэргэһэтин, түһэн эрдэҕинэ өрүһүйбүт курдук, түргэнник торбос үтүлүгүнэн өрө аста.

– Чэ бар!

Бардылар.

– Киллэр!.. Таһаар-таһаар! Тууй-йиэ! Көрөн хаамтар, мин эйигин ардайдатыма диибин ээ. Хайы үөдэн, сырыыта табыллыбата, доҕоор! Туой тыҥырахтаан быһа сытыйар буоллаҕа үһү. Бэйи эрэ, тохтоо! – диэн, оҕонньор сухатын суолун тарыйбахтаан, ыраастаан, кэннинэн состо. Оҕустара кэннинэн барбакка, биир айдаан турда.

– Сирэйгэ биэр!..

Биир былырыыҥҥы ардай быһыылаах, үрдүк соҕус мөҥүрүөн сир кэлбитигэр суха дириҥник ылла. Оҕонньор, өссө дириҥник ыллын диэбит курдук, туох баар күүһүнэн баттаан истэ, кыһыы-аба ыраатта, мэктиэтигэр сыыҥа субуруйан түспүтүн билбэтэ. Онтон били томтор эмискэ бүтэрин кытта, суха, босхо баран, тумсуттан иҥнэн өрө тэптэ да, оҕонньору ыраах, төбөтүн оройунан эһэн кэбистэ.

– Чэ бэрт да сор, доҕоор! Көр сүнньүбүн быһа түһэ сыстым дии! Сатана сэбэ туох үөдэн буолан хаалла? Урут оттон бастыҥ сэппит аатырар этэ дии. Бу күһүн Өрөһөөк уларса сылдьан сырыытын уларытан кээспит эбит буоллаҕа. Ити тухары киһи киэнин аанньа ахтыбаттар. Бу маннааҕы ытаһата эмиэ түспүт эбит дии, быһыыта. Бар, нохоо, ыл ол маһы аҕал!

– Бу маһы дуо?

– Хараҕыҥ тэстээрэй, эн көрдөххүнэ, ити мас дуо? Мутук буолбат дуо?! Ону аҕал диибин эбээт, – дии-дии, сүрүн мас аллараа өттүгэр ытаһа оҥорон буугунаста, уоһун элээмэтэ тэллэллибит, көхсүн туома богдьоллубут. Оҕустара буоллаҕына алаас уҥуор сүөһүлэри одуулуу турда. Оттон уол: «Ити туйаарарга киһи буорунан быраҕан тириэрдиэ дуо?» – дии саныы турдаҕына, «Чэ бар!» – диэн саҥа иһилиннэ.

Суха сырыыта арыый табылынна, оҕонньор эмиэ аа-дьуо сыыҥтыыр, холкутук унаарытан «һай-ай» диир буолла. Бу икки ардыгар үһүс эргийиилэригэр сухалара эмиэ тыҥырахтаан, өрүтэ тэбиэлээн, икки ойоҕоһунан оонньоон киирэн барда.

– Бэйи, тохтот! Бу сэппит эмиэ иһигэр киллэрдэ, – диэтэ Хаампый. Били саҥа оҥорбут ытаһалара түһэн хаалбыт эбит, ону эмиэ кыыһырса-кыыһырса, көрдөөн көрдүлэр да булбатылар. Онтон сылтаан чэйдии таҕыстылар.

Оҕонньор, чэйэ оргуйуор диэри ытаһатын оҥорон баран, сухатын тимирин ыраастаан көрө туран: «Хайа, бу сээбэспит букатын босхо барбыт эбит дии! – диэн соһуйда. – Ытаһалаатахха сатаныыһык», – диэн баран, хооһолдьуйан тиийэн, төҥүргэстэн мас хайа охсон аҕалан ытаһалаата. «Кытаанахтык киирдэр үчүгэй этэ», – дии-дии, маҕыйа-маҕыйа саайан дардырҕата туран көрдөҕүнэ, сухатын этэрбэһэ холбойон таҕыста. «Бай! Хайа, аны холбойон таҕыста дии!» – диэтэ оҕонньор уонна, буугунуу-буугунуу, ытаһатын быһан, сухатын оннун үүтүн устун олордон кэбиһэн баран отуутугар тиийдэ.

– Бу ас оргуйбут буоллар таһаар эрэ.

Уол уоттан чаанньыгын таһаарда.

Чэйдээн бүттүлэр.

Эмиэ киирэн хаамтаран хаахынатан бардылар. Дөрүн-дөрүн «һай-ай» диэн хаһыытыы-хаһыытыы, оҕонньор баттаан титирэстэһэ истэ.

Тахсаннар эргийдилэр. Уол сатаан сиэппэтэ.

– Киллэр! – диэтэ оҕонньор. Онтон, наһаа баран хааланнар: – Таһаар, таһаар! – диэн хаһыы буола түспүтүгэр, уол:

– Эмиэ «таһаар» диигин, эмиэ «киллэр» диигин, – диэтэ.

Онуоха оҕонньор:

– Сатаан сиэппэт буола-буолаҕын, өссө этиһээри гынаҕын дуу, баранаак?! – диэн баран, оҕуһун эмискэ кымньыылаан «кус» гыннарда да, сүүрэр быата быһа ыстанна, уол төкүнүйэ түстэ, оҕус босхо барда. Дьэ айдаан, бардьыгынаһыы, ытаһыы бөҕө турда…

Онтон эргийэн кэлэн бараннар оҕонньор:

– Бу сырыыга арыылыахпыт, бу өттүнэн эргий. Ол төҥүргэһи аттынан, ол суоруулаах тиити көрдө көрбүтүнэн бар, – диэн ыйда. Аҕыйахтык хаамтараат, сонуок бүүрүгэр тиийэн: – Нохоо, тохтот, тохтот! Аны бу сэппит тобулу киирэн барда, – дии-дии, оҕонньор сухатын түөрүтэ баттыалаата… – һук! Хайа, аны хаптаһыммыт босхо тиийэн кэллэ… Чэ ити курдук, быата быстыбыт. Дьэ үчүгэй да өлүүтэ, доҕор! Бүгүн сатаан үлэлээбэт дьон буоллубут… Туох да буоссалааҕы оҥоппотубут. Мантыкабытын аны туохпутунан баайарбытый? Бэйи, хата этэрбэһим быалаах эбит ээ, – диэн, онуоха үөрбүт курдук, дабдас гына түһэн, тииһинэн түһэ-түһэ, баайда. Бүтэрэн хоҥуннулар.

Бэрт кылгас сири бардылар да, били төҥүргэс аттыгар тиийэн оҕонньор:

– Тохтот-тохтот! – диэн улаханнык хаһыытаата, сухатын, тардыалыы-тардыалыы, төлүтэ баттыалаата.

Уол тохтоото, оҕус, хаһыыттан куттанан, тохтообото, умса дьулуруйда. Инньэ гынарын кытта тыас тыаһа хачыгыр гына түстэ да, суха буортан мүччү ыстанан тиийэн кэллэ. Онуоха оҕонньор өрүһүспүт курдук хап-сабар олордо охсон, иккитэ-үстэ баттыалаан баран өйдөөн көрөн:

– Бай! Сухабыт тимирэ хаалбыт дии! Тууй-сиэ, дьаат! Дьэ букатын үрэлиннэ. Үчүгэй да хара сордоох сэп буолар эбит, – дии-дии, ыадар-ыадар хааман тиийэн көөртө, сухатын тимирэ туура баран, иҥнибит сиригэр туһунан сытар эбит.

Хаампый оҕонньор маннык сордоох сэбинэн үлэлээн, үрүҥ-хара көлөһүнүн үйэтин тухары үгүһү тохпута…

1927

Куоттарбыттар

Дьиэ таһа хабыс-хараҥа. Салгын бүтүннүү сып-сыыгынас ыыс-будулҕан туман. Тыа, толоон олорчу тоҥ хаарынан саба көмүллэн сыталлар.

Балаҕан иһэ, холлоҕосторо күлүгүрэн, муннуктара харааран, суол аана чэҥирэн, түүл-бит курдук буолан, ыараан, ынчыктыы сытарга дылы. Кини ынчыктыыра, өрө уһуутуура үөлэс устун иһиирэн тахсан, тыал буолан улуйар курдук.

Оһох уота, утуйан эрэрдии, хараҕын быһа симмэхтии-симмэхтии, имик-самык умайар. Өтөр буола-буола күлүм гынан сырдаан ылар, оччоҕо, көрбөт буолбут киһи ытаан хараҕыттан уу-хаар баспытын курдук, муус түннүк оҥоҥноон ааһар.

Сыбах оһоххо саннын өйөөн, ырбаахыта суох, атах сыгынньах, торбос ыстааннаах оҕо тымтыгы туппутунан утуктуу олорор. Сэрбэйбит баттаҕын уот мөлтөх соҕустук сырдатар, төбөтүн күлүгэ биир эркиҥҥэ түһэн харааран турар.

Модьоҕо иннигэр ийэтэ эмээхсин кини этэрбэһин тигэн кыҥастаһар. Ийэ сотору-сотору туой үөһэ тыынар уонна уолун сүрдээх уйан баҕайытык көрөн кээһэр. Көхсүн иһигэр санаата баппат, туой куһаҕан санаалар, хараҥа былыт курдук, сабардаан кэлэ тураллар.

Түөрт нэдиэлэ буолла куоракка үөрэнэ сылдьар бастыҥ оҕото Ороһустубаҕа хайаан да тахсыам диэн сурук ыыппыта. Онтон бэттэх туох да сураҕы, арай куоракка дьаҥ баар диэнтэн атыны, истэ илик.

Тоҕо эрэ түүн аанньа утуйбат, куһаҕаннык түһүүр, сүрэҕэ мөхсөр буолла.

«Оҕом сыыһа, күннээтэр күнүм, ыйдаатар ыйым, чыычааҕым, сүрэҕим хайдах буоллаҕай? Огдоомо хаалтым уонча сыл буолла, ол тухары түүннэри-күннэри, сайыннары-кыһыннары кэтэһэрим-манаһарым кини этэ. Ол көмүһүм, кэлиэх буолан баран, тоҕо бу кэлбэтэ… Төһө да сордоннорбун, эрэйдэннэрбин, кинибин санаатахпына, бөҕөхсүйэрим, сүрэҕим-быарым үөрэрэ, ытыы олорон уоскуйарым: кини сынньатыа, сынньаныам диирим… Бу оҕом киһи буолара ыраах. Эрэйдээҕим сыыһа туой эмиэ убайын кэтэһэр ээ».

– Тоойуом, тугу утуктаан муҥнана олороҕун? Утуйуоххун.

– Ийээ, убайбын кэтэһэбин, хартыыналаах кумааҕы, кэмпиэт аҕалыах буолта.

Ийэтэ эрэйдээх хараҕын уута тигэ олорор этэрбэһигэр «топ» гына таммалыыр…

– Ийээ, тоҕо ытыыгын? Оччоҕо мин эмиэ ытыам… – уонна кууһа түһэн, уол оргууй ийэтин уоран көхсүттэн сыллыыр.

Ийэтэ хараҕын сотто-сотто:

– Чыычааҕым, чэ мин ытыам суоҕа, баран утуй. Убайыҥ сотору кэлиэ, аргыс табыллыбатаҕа буолуо, кэһиитин хартыына, нуучча аһа аҕалыа, чэ баран утуй.

Оҕо эрэйдээх дойур-дайыр тирии таҥаһыгар сууланан утуйан буккуруур.

Түүн уһуна сүрдээх, кэтэстэр бараммат. Уот өссө имик-самык буолан иһэр. Эмээхсин, өтөр-өтөр үөһэ тыына-тыына, биир кэм тигэр. Арай үөлэһин тыаһа, кини санаатыгар, оҕотун үөрэ кэлэн ытаан-соҥоон эрэрин курдук улуйар. Онтон, куһаҕан санаатын аралдьытаары, сайыҥҥы сылаас күнү санаатарбын диэн, хараҕын быһа симэн, сирэйин саба туттан уотун иннигэр бүк түһэн олорор. Ол олордоҕуна эмискэ арай ааны киһи тоҥсуйан тобугуратар. Эмээхсин соҕотохто санаата ыраастыйа, хараҕа сырдыы, сүрэҕэ тиҥ-тиҥ тэбиэлии түһэр. «Оҕом сыыһа дьэ кэллэ!» – диэбитинэн, ааны аһа охсон биэрэр.

Уол: «Убайым!» – дии түһэр, ойон турар.

Аан тыаһа кыыкыр гына түһэр, туман, сырсан эрэр курдук, өрүкүс гынар. Дарайбыт сарыннаах, үллүбүт саҕынньахтаах эр киһи даадайан киирэн кэлэр. Этэрбэһин тыаһа кыычыр-кыычыр гынар, бэргэһэтин, үтүлүгүн кырыатын тэбиир уонна: «Тоҕо тымныытай, тыалай, доҕор!» – диэн чып-чыха атын киһи саҥата, уһаат иһигэр саҥарар курдук, лиҥкиниир.

Уол ийэтиниин тугу саҥарыахтарын булбакка, соһуйбут курдук, тураллар уонна туой аан диэки көрбөхтүүллэр, тыас иһиллииллэр. Суох, туох да тыаһаабат, ким да киирбэт, арай туртаччы кырыарбыт аан дьыл оҕуһунуу аҕылаан эппэйэр.

– Дьэ, эмээхсиэн, үчүгэйинэн кэлбэтим, куһаҕан сураҕы аҕаллым…

– Хайа оҕом?.. – диэн баран, эмээхсин хараҕын уута субурус гына түһэр.

– Оҕоҥ… дьаҥҥа… барбыт үһү, – диэн киириэхсит, иин иһиттэн саҥарбыт курдук, лиҥкиниир.

Эмээхсин, сүрэҕэ быһаҕынан аспыт курдук мөҕүл гынан баран, хаһыытыы түстэ. Уол кууһан туран, күһүҥҥү сэбирдэх курдук ибигирии-ибигирии, кытта ытаата.

Ийэлээх оҕоҕо бу түөрт тыл туохтан да күүстээх буолла: аан дойду бүтүннүү өлбөөдүс гынарга дылы гынна, этиҥ охсубутун курдук туймаарта, дөйүттэ, салҕалас, байааттаҥнас оҥордо…

– Оо дьэ, бостуой даҕаны тылбын кыаммакка эмискэ эттим ээ, – диэн Ыкынаачай кэмсиннэ уонна төбөтүн имэриннэ, кини даҕаны уйадыйда.

– Чэ хайдах гыныаххыный, оҥорууҥ оннук буоллаҕа дии, муҥнаах эмээхсиэн, кытаат, тулуй! Мин быстыан эрэ иннинэ көрсүбүтүм. Миигин көрөн баран, сүрдээхтик үөрбүтэ уонна нэһиилэ: «Бырааппын үөрэттэрдэр, – диэхтээбитэ, онтон: Ийэм эрэйдээх», – диэн баран, ытаан баарта, кыайан саҥарбатаҕа. Кумааҕытын сыыһа бу баар, – остуолга аҕыйах аҕай кэлгиллибит тоҥ кумааҕыны уурда. – Чэ кытаат, тулуй! – аан тыаһа кыыкыр гына түстэ, Ыкынаачай таҕыста.

Эмээхсин эрэйдээх оҕотун тоҥ кумааҕытын үрдүгэр саба түһэн сүрэҕэр сыһыары тутта уонна, хараҕын уута субуруйа-субуруйа, сымыһаҕын быһа ытыран, саҥата суох бөтө олордо.

Балаҕан букатын хараҥарда, уот өстө. Арай үөлэскэ тыал эрэ улуйда. Дьиэҕэ эмээхсин энэлийдэ уонна уол модьоҕотун иннигэр, тугу эрэ кытаанаҕы толкуйдуурдуу, кимтэн эрэ тугу эрэ иэстэһиэн баҕарардыы, оһоҕун симик уотун тобулу одуулуу олордо…

Хабырыыс

Куйаас баҕайы күн этэ. Халлаан биир кэм сууйбут курдук ып-ыраас, биир да былыта суох. Күн уотуттан кэхтэ баран эрэр, хаһан эрэ сирэм күөх чыычаах уйата от кууран-хатан, аны кэлэн көҕөрүөм дуо диэбиттии, санаарҕаабыт, дьүдьэйбит курдук, күкээрэн сытар. Тыа, тугу эрэ иһиллээбиттии дуу, одуулаабыттыы дуу, хам-бааччы турар.

Ханнык эрэ кубарыйбыт эргэ хортуустаах, саҥа сиидэс ырбаахылаах, алтан бирээскэлээх саары этэрбэһи салаҥ соҕустук кэппит, уҥуоҕунан үрдүк саас ортолоох киһи былыргыта ааттаах, аны түөһэйэ быһыытыйбыт, сиппиллибит улаан аты миинэн хаамтаран кирдиэхтэтэн истэ. Кини тириппит-хоруппут, дэйбииринэн өр буола-буола сапсынан ылар уонна, өссө утуктаан тоҥхох гынан ыла-ыла, уутун үргүтээри гыммыттыы, ол-бу диэки көрөн ылаарыҥныыр. Ата аат эрэ харата хааман, төбөтүн таҥнары туттан сиҥнэрдэтэлээн иһэр. Кинилэр уҥа өттүлэригэр, суолтан чугас, үс мас күрүө саҕа үрдүк ньэчимиэн бурдук үүнэн араҕастыйан турар. Бу бурдук, үөһэттэн көрдөххө, биир кэм алтантан куппут курдук, мөлбөйөр.

Барыта төгүрүччү им-ньим, барбах ат эрэ туйаҕа хаппыт суолга бытаан соҕустук лабыргыыр уонна туох барыта куйаастан буһан саспыкка дылы…

Эмискэ арай дьахтар саҥата: «Хабырыыс!» – диэн аргыый киһини ыҥырда.

Киһи «дьик» гына түстэ уонна «ээ, төрүт утуктуу иликпин» диэх курдук, муҥунан көрөн, эргиллэ хайыспыта – ойоҕоһугар, бурдук быыһыгар, кубаҕай сирэйдээх, ырбаахытын былаатынан бөрдөнө курдаммыт дьахтар, буруйдаах киһилии төбөтүн төҥкөччү туттан баран, сиэрпэтин биитин көрбөхтүү турар эбит.

– Ээ, Өкүлүүн эбиккин дуу? Бу манна тоҕо кэлэн тураҕын? – диэн били аттаах киһи ыйытта.

– Бу манна, Ньукунуордаахха, бурдук быстара ыыппыттара.

– Ээх дээ, – Хабырыыс атын хаамтара турда.

Өкүлүүн, бурдук күрүөтүн тахсан, били киһини атын ойоҕолуу, аргыый батыһа хаамта.

– Хабырыыс, мин эйигин көрбөтөҕүм өр даҕаны буолла… Былырыын арай түүн итирэн киирэн дэлби сынньан-мөҥөн баартыҥ. Онтон бэттэх букатын сылдьа иликкин. Кэлиэ дии санаан кэтэһэбин, күүтэбин да, кэлбэккин… Оннооҕор бу күһүн, дьиэм таһынан ааһан баран, киирэн тахсыбатаҕыҥ… Оо, Хабырыыс, сатаатар биирдэ сырыттаҕыҥ дуу! – диэтэ Өкүлүүн, сылгыһыт ыҥыырын төргүүтүттэн тутуһан иһэн.

– Ол мин эйиэхэ тоҕо сылдьыамый?

– Оттон биир кэскиллээх, ойохтуу-эрдии ааттаахпыт буолбат дуо?.. Сатаатар биирдэ киирэн тахсыбат буолаҥҥын… Хабырыыс, тохтоон бу күлүккэ сынньана, кэпсэтэ түспэппит ээ…

Итини этэ-этэ, Өкүлүүн, ааттаабыт курдук, киһини тобулу көрө-көрө, аны ат көнтөһүттэн тутан, сэргэ хааман истэ.

– Чэ бэйи, тохтуу да түһүөххэ син, – диэн Хабырыыс холку соҕустук атыттан түстэ. Кинилэр титирик күлүгэр олордулар.

Өкүлүүн сүрдээхтик үөрдэ, үөрүүтүттэн бэйэтэ кыбыстыбыт курдук, сир диэки көрөн баран мичиҥнии олордо.

Ол курдук саҥата суох олорбохтоотулар.

Онтон Өкүлүүн: «Хабырыыс, сатаатар биирдэ эмэ таарыйбат буолаҥҥын. Миигин ахтара буолуо диэн сүрэҕиҥ таайбат бэйэккэтэ дуу?» – диэтэ.

Хабырыыс хортууһун устан күөх дулҕа төбөтүгэр уурда уонна, сүүһүн көлөһүнүн сотто-сотто, эттэ:

– Ол тоҕо таарыйыамый? Туох да наадам суох. Ол бииргэ олоруохпут этэ диэхтиигин да, эн хараҥа муннуккар олорон миэхэ туох туһата кэлиэй. Туох эмэ үчүгэй астаах, хойуу чэйдээх буолан, киһини астыннарыаҥ дуу! Бэйэҥ билэҕин, мин син мааны буолбут киһибин, миэхэ үчүгэй ас, түс-бас кэпсээн-ипсээн, ыраас таҥас-сап наада. Мин оннуга суох биир да хонугу сатаан тэһийэн хонорум биллибэт…

– Билигин Кириһээн оҕонньорго бааргын дуу? Онно тугу гынаҕын?

– Онно баарбын. Сылгыһыт уол буолан, үрүҥ-хара түүлээҕин мин бөрүөрэбин, – диэн баран, Хабырыыс, сэргэх киһи быһыытынан, титирик мутукчатын тоһутан ылан көрө олордо.

– Бөрүөрэбин буолан, эн ат үрдүгэр олоро сылдьан талбыккынан көрүлүүгүн, сорох ыал сааҕын күрдьэн муҥнанар, сааһын тухары хотонтон тахсыбат…

– Ээ, эн, акаары, тугу өйдөөтөҥүй. Мин туох киһибин сааһыҥ да тухары өйдүөҥ суоҕа. Эн миигин дьаарбайар эрэ курдук саныырыҥ буолуо да, оннук буолбатах. Хор, мин бүтүн улууска биллэр сылгыһыт буолабын, ол чааһыгар ким даҕаны миигин кытта кыайан тэҥнэспэт. Ити бүгүн утуктуу-айанныы испиппин көрүмэ, мантыкаҥ, кыыла турдаҕына, хата атын оҕо буолуоҕа: туох гынаары Кириһээн баай сылгыһыта буолбут үһүбүн? Хор, үөһэттэн оҥоһуулаах, анатыылаах кэриэтэ киһибин. Сааһым тухары сэнэхтик сылдьыбытым. Сылгыһыт буолуом иннинэ сааһыт этим… Ол эн олоҕуҥ диэн эмиэ олох буолуо дуо? Хор, ону өйдөөхтөөбөккүн, – сөпкө да эттим диэбиттии, өссө толкуйдуур курдук, халлааны өрө мыҥаан көрө олордо.

– Өйдүүбүн ээ, Хабырыыс…

– Ытаары гынныҥ буолбат дуо уонна өйдүүбүн диигин…

– Суох, мин ытаабаппын… – диэхтээтэ, өссө ордук төҥкөйө-төҥкөйө, Өкүлүүн. – Оо, Хабырыыс, аньыытын ньии, мин сордооҕу сатаатар эн аһымматыҥ… Хайа дьоллоохтор бииргэ олороннор, ыал буолаллар… Бу эйиэхэ эргэ тахсыбытым уонча сыл буолла, ол тухары биирдэ эмэтэ ойох-эр курдук кэпсэттэхпит, доҕордостохпут, бэйэ-бэйэбитин аһыныстахпыт, таптастахпыт дуу… Сатаатар биирдэ киирэн хоммоккун…

– Ээ, таптаһыы диэн… туох таптаһыыта баар буолуон сөбүй? Биһиги ааппыт эрэ эрдии-ойохтуу… Мин эйиэхэ букатын туора киһибин: мин буоллаҕына бастыҥ сылгыһыппын, маанытык үөскээбит киһибин, эн буоллаххына хотон киһитэҕин, ол кэлэн хайдах сатанан, ханнык эмэ паараҕа дылы, – дии-дии, сылгыһыт ытыһын имэриннэ.

– Оттон… син бэргэһэлэммиппит буолбат дуо?

– «Бэргэһэ» буолаахтаан. Ол Өндүрүүс оҕонньор мээлэ холбооттоон кэбиспитэ диэн…

Им-ньим, саҥата суох ах баран олордулар.

Нөҥүө тыа быыһынан сылгылар сырсан ааһаллар, ону Хабырыыс сүтэриэр диэри көрөн олорон баран: «Хамнаһыҥ төһөнүй?» – диэн ыйытта.

1
...