Читать книгу «Син биир күүтэр эбиппин…» онлайн полностью📖 — Галины Нельбисовой — MyBook.

Охоноон
(1921 сыл)

I

Кыһын. Сарсыардааҥҥы омун тымныы тумана, уҥуоргу тыа көстүбэт гына будулҕан буолан турбута. Киһи-сүөһү тыына бииргэм иһиирэн эрэр курдук сып-сыыгынас этэ. Мастыын-оттуун барыта чоҥкунас тыастаммыта. Бэл диэтэр көс быһаҕастаах ыал халҕанын тыаһа «кыыкыр» гынан иһиллэр этэ.

Дьэ тымныы бөҕө буолта!

Бу үлүгэр тымныыга сирэйиттэн-хараҕыттан уу ыгыллан тахсыар диэри ыга тоҥмут биир хамначчыт уол уһун баҕайы хотонноох, икки сирэйдээх оһохтоох суоруу балаҕаҥҥа киирэн иттэ турар этэ. Ол турдаҕына: «Нохоо, тахсан аты көлүй эрэ!» – диэтэ тойоно Бүөтүр оҕонньор.

– Сөп. Ол ханна байаҕын? – диэн, холумтаҥҥа атаҕын тос-тос тэбиэлии-тэбиэлии, тоҥон бөлүөстүбүт тылынан уол ыйытта.

– Нохоо, аны эн эрэпкиэм буолаҥҥын ыга үктээри, мин ханна барарбын силиэстийэлээтиҥ дуо?! Бэйи, аргыый хабарҕабар түс! Ол эрээри, баҕар, хотон куттуоххут даҕаны суоҕа! – диэн оҕонньор суон күөмэйинэн суоһуран кэбистэ. Уол, куттаммыт курдук, үтүлүгүн, бэргэһэтин холумтантан ылан, купчурус гынан хаалла.

– Дьэ өрө көрбүт оҕолор тыыннара тахсар дуу, суох дуу? Ама кинилэр бэйэлээхтэри туох «кыайар» үһү! Сыакаардар!.. Аны биһиги уочараппыт ама кэлбэтэх үһүө? Дьэ атаспын Ньохчоо уолун кытта кэпсэтэр күнүм үүннэ дуу, суох дуу? Мин үрдүбэр чохчойоро, боротокуолунан куттуура эрэ бэрт этэ. Араас баайбын: саҕынньахтары, хааһахтары – тутан ылаттыыра. Дьэ билигин хайабыт үрдүкү буолар? Бүөтүр оҕонньор дуу, имииһит Ньохчоо уола кини дуу?! – дии-дии, күлэн күһүгүрүү-күһүгүрүү, Бүөтүр оҕонньор урут сискэ хорҕотон турбут улаан атынан бырааба диэки сыҥнаран истэ.

Киэҥ Чөркөөх дэриэбинэ хотун томторугар киирэн кэллэ. Таҥара дьиэтин кириэһин көрөн баран, боччум баҕайытык кириэстэннэ. Былыргы бырааба олбуорун уҥа ааныгар үрүҥ былаах анньыллан турарын көрөн баран эмиэ кириэстэннэ. Тоҕо кириэстэммитин бэйэтэ да билбэтэ. Дьэ үс хонук иһигэр бу дойдуга киһи-сүөһү үксээбит. Иннэ-кэннэ кэрбэммит курдук мултуллубут, боччоруспут тоҥус төрдүгэстээх, таба саҕынньахтаах дьон, бииргэм «быраат, быраат!» дии-дии, үллэрэҥнэс буолтар. Олбуор ойоҕоһугар араас мас даҕаны, көмүс даҕаны ыҥыырдаах аттар, муус кыаһаан буолан, чохчоһон тураллар. Урукку волревком чарапчытын үрдүгэр хайыы-үйэҕэ былыргы бырааба өрүөлүн, аҥаар кыната тоһуннар даҕаны, анньан кээстэр. Уҥа диэки муннукка биир миҥэ атыыры биир тойоҥҥо биир киһи бэлэхтээн эрэр быһыылаах, дьон бөҕө бөлүөхсүбүт.

Били биһиги оҕонньорбут кэлэн, сыарҕатыттан түһэн, төрдүн кутуйах кэрбээбит сабыс-саҥа кыл көнтөһүнэн атын сэргэҕэ туомтуу тардан баайан кэбистэ.

Дьиэҕэ киирэн: «Ыстаап тойоно баар дуо?» – диэтэ.

– Баар. Аас! – диэн буолла.

Оҕонньор саалаҕа киирдэ.

– Куола, дорообо!

– Дорообо, кырдьаҕас! Кэпсээ, олор.

Итинтэн ааннаан, саас-сааһынан үгэргии-сэтэрии, икки «күннэрэ тахсан эрэр» баайдаах «хамандыыр» кэпсэппэхтээтилэр. Онтон Бүөтүр оҕонньор кистиир быһыынан эттэ:

– Дьэ, Куолаа, мин эйиэхэ этэр тыллаахпын. Бу биһиги нэһилиэккэ эрэпкиэм буола сылдьыбыт, уруккута мин хамначчытым, адьас дьиҥнээх баһамыык санаалаах киһи баар. Ол кини билигин дьиэтигэр кирийэн олорор. Дьиҥнээх кумуньуус киһи диэн кини буолар. Оттон мин түүбүн үргээмэхтээбит барахсан – куоласпын да быспыта, биир хонукка сибииккэҕэ да олорпута. Тугу барытын баай диэн аҥаардас миэхэ түһэрэрэ, араас сарыы мэрэбэдэйдэри, били чуоҕур кур оҕуспун өйдүүрүҥ эбитэ буолуо, ол тириитинэн бэртээхэй диэн хааһах оҥостубуттары барытын ылбыта уонна өссө эмээхсиннэри боротокуоллаан турар. Дьэ онон, холобур, мин билигин бырааппын туппучча, бочуоттаах киһи быһыытынан, бу киһини көрдөргүт үчүгэй буолуо этэ, холобур, кутталлаах, баһамыык киһи буолуо диэн этэбин. Санаатахха даҕаны, куһаҕаннык көрүллэригэр ааттаах Уот Субуруускай сүрэҕин ытарҕата буолуо дуо? Онон, мүччү харбата илигинэ, далай иһигэр баар эрдэҕинэ, өрүһүйэн, холобур, бэйэни биллэрдэр сөп буолуо этэ, – диэн баран, сүүһүн көлөһүнүн соттон кэбистэ. Уонна, бэйи, син үчүгэйдик этэн таһаардым ээ дии санаан баран эптэ:

– Чэ ити курдук, онон, тойонноотор тойонум, оҕолоотор оҕом, бэйэҕин кытта билсибэтэҕим иһин, ол боротокуоллана эҥиннии сылдьыбыт убайыҥ үүннээх-ыҥыырдаах үтүө тылын сиргэ-буорга хаалларбатаргын үчүгэй буолуо этэ, – диэн баран курун мөлтөтүннэ.

«Хамандыыр»: «Көр, бу оҕонньор эрэйдээҕи», – диэх курдук, ымах гынна уонна хаана ыараан, сирэйэ мырбас гынан баран:

– Ким диэтиҥ? – диэн лаппа ыйытта.

Бүөтүр оҕонньор эмиэ киһи истибэт гына кулгааҕар эттэ. Уонна ити Өлөксөй оҕо дьиэлэри-уоттары бэркэ билэр, кинини эмиэ боротокуоллаабыта диэтэ.

«Хамандыыр», оҕонньор этэрин истэн кэбиһэн баран, киэбирэ таарыйа бэстилиэтин таһааран сото-сото, сымыйатыгар кэллэҕинэ, ытырыык ыт курдук, сирэйин бырдьыһыннары тутта-тутта, дьэ кинилэр кыайан-хотон эрэллэрин, Дьокуускайы ылаллара чугаһаабытын, сэп-сэбиргэл үксүн, бууска кэлэрин, дьоппуон көмөлөһөрүн, оһумуойа кырдьыгы аҕыс гыммыт сэттэтэ сымыйаҕа булаан, кырдьык-хордьук кэпсээн барда. Кэлин тиһэҕэр тиийэн оҕонньортон сиэртибэ көрдөөтө.

Бүөтүр оҕонньор барытын үөрэ-көтө иһиттэ. Оттон сиэртибэҕэ тиийэн баран, уларыйан курус гына түстэ. Онтон курун чиҥэтэ-чиҥэтэ эттэ:

– Дьэ билигин бу баһамыыктар сиэннэр табыгастаах тугум да суох. Ол эрээри, бөхсүннэххэ, син сээкэй тахсар оҕонньоробун. Хайа уонна мин тылбын эһиги ылыннаххытына, мин даҕаны толкуйданан көрүөм буоллаҕа дии, – диэтэ, күлэн күһүгүрүү-күһүгүрүү.

Оҕонньор санаатын ситэн, дьиэтигэр баран иһэн, биир чоҥкучах алаас үрдүгэр турар быыкаайык балаҕаны көрөн баран сиргэ силлээтэ.

– Тууй-сиэ! Бу ыт, бука, мэйиим быһаҕаһа баар эбээт! Көр, бу Доропуун түөкүнү уонна Кириһээни эмиэ кэпсиэх буолан бараммын умнан быһа сытыйан иһэбин дии! Төннүөм дуу, хайа үөдэний?.. Ээ чэ, атым да илистииһи, кэнники дьыала быһыытынан оҥорторон, суруйтаран киллэриэм, – диэн баран, айаннатан күпсүтэ турда…

II

Киэһэтигэр кыһыҥҥы кылгас күн эрдэ киирдэ. Сыыйа-баайа им сүтэн, боруоран барда. Күнүс көрдөххө өрө оргуйар туман өһөҕүрэн, хараҥа былыт курдук сабардаан, хаайдарбын-күөйдэрбин диэххэ айылаах, ыаһыра үтэн кэллэ.

Кыараҕас алаас үрдүгэр, тыа быыһыгар, кутуйах илдьи тыыппыт эргэ нэгин курдук быыкаайык тулаайах балаҕантан сэдэх соҕустук кыым тахса турар этэ.

Ким эрэ бурдук тардар быһыылаах – таас тыаһа кыыкырдыыр уонна им-дьим, атын саҥа-иҥэ биллибэт. Онтон дьиэ иһин өҥөйөн көрдөххө, биир бэрт ырыган, иҥиирэ эрэ күрэҥниир, көхсүгэр түөрт сиринэн түөн чэрдээх киһи, ырбаахытын устан баран, суол аанын чанчыгар бурдук тардан аала турар. Сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө, санаарҕаабытыгар сөп киһи эбит, тааһын да тыаһа, кини бэйэтин санаатыныы, аргыый аҕай аалар.

Бу балаҕан иһигэр таас тыаһыттан ураты киһи кулгааҕа-хараҕа иҥнэрэ атын туох да баара биллибэт. Таас эрэ тыаһа, аргыый лоһугураан, чочугураан кэлэ-кэлэ, эмиэ аргыый аалан, кыыкырдаан барар.

Арай имик-самык умайа турар уот сырдаан ылбытыгар кыһайан көрдөххө, оһох чанчыгар биир аҕыс-сэттэ саастаах, чачархай баттахтаах оҕо мас ат оҥорон оччоһо олороро уонна биир чороччу улаатан эрэр кыыс оҕо, үстээх-түөртээх уолчааны көтөҕөн баран, атаҕын холумтаҥҥа ууран, хоруонан тымтыкка суруйа олороро. Оҕото уута кэлбит быһыылааҕа: дьааһыйан оҥоҥнуу-оҥоҥнуу, туой субу-субу уокка турар күөс диэки кылап гына көрөр этэ. Ийэлэрэ хаҥас ороҥҥо ыарыта сытара. Өтөр буола-буола дириҥ ынчыга иһиллэрэ.

Дьэ уонна им-дьим, борук-сорук.

Арай таас эрэ тыаһа аргыый аалан кыыкырдыыр, арай Охоноон эрэ санааргыыр этэ. Кини ревком буола сылдьыбыта, онтон сибиэркиирэ эбитэ дуу, эбэтэр дьахтара ыалдьан буолта эбитэ дуу, биитэр баттыгас эмиэ эргийэн, эмиэ хамначчыт буолан, киһи аатын ылбакка, сөптөөх өлбүгэ сүкпэккэ, баайдар атахтарыгар үҥэ, сааһым тухары оҕолордуун, ойохтуун муҥу-сору көрөрбүт кэллэҕэ диэн санааргыыра дуу? Дьэ тоҕо эрэ кини санаатын ыар былыт баттаабытын курдук этэ. Ревком буола сылдьыбытыттан куттана саныыр этэ да, мин туох даҕаны куһаҕаны оҥорботоҕум, норуот иннигэр сылдьыбытым, тугу тыыталлар үһү диэн бэйэтэ бэйэтин саататара. Ол икки ардыгар, саалаах-саадахтаах бандьыыттары санаатаҕына, этэ атый-атый гынара. Кини ол аймахтар бардамнарын, буруйа да суох киһи хаанын тоҕоллорун кэрэйбэттэрин билэрэ. «Табаарыстарбар күрүүр кыаҕым суох буолта абатын!» – диэн кини хараастан турбута.

Таас тыаһа дөксө улам бытааран барбыта. Бу икки ардыгар өйүгэр туох эрэ сырдык күлүм гына түспүтэ. «Оттон билигин күрээтэхпинэ? Хайыһар кэтэн баран, сис устун тус арҕаа, Дьокуускай диэки, түһэ турдахпына, дьоммор, кыһылларга? – диэн, хараҕа уоттанан, сирэйэ сырдаан кэллэ. Онтон балаҕанын иһигэр турарын өйдөөн кэлэн баран: – Оттон оҕолорум, ойоҕум эрэйдээхтэр…» – диэн, эмиэ төбөтүн санньыччы туттан, тааһын эмиэ аргыый тардан барда.

Сотору таас тыаһа уурайда.

Били имик-самык умайа турар уот, күлбүт курдук, чачыгырыы түстэ. Харахпар сыыс киирдэ диэххэ айылаах, ыһыырынньык чүмэчи остуол үрдүгэр чипчилиҥнээн кэллэ. Онуоха көрдөххө, киэһээ аһылыктарын аһаары олорбуттар. Оҕолор үөрүүлэрэ, күлсүүлэрэ диэн сүрдэммит. Били кыра, үстээх Төгүрүк диэн уолчаан: «Аҕаа, көй эйэ, бу миэхэ сыа баай», – дии-дии, быыкаайык сыаны күлэ-күлэ, баһын кыҥначчы туттан баран, көөчүктээтэ. Онуоха Охоноон: «Чыычаахпын да, ити дьүһүннээххэ үөрээхтээҥҥин», – диэт, төбөтүттэн сыллаан ылла. Бу курдук аһыы олордохторуна, таһырдьа эмискэ ыт үрэн тоҕо барда. Охоноон, бачча киэһэ туох кэллэҕэй диэн, этэ «дьар» гына түстэ.

Утаакы буолбата, аан дэлэй соҕустук тэлэс гынна уонна тыастаахтык «хап» гына сабылынна да, бэргэһэлэрин куондарыгар күөх таҥас тигиилээх, саалаах үс киһи быыкаайык балаҕаҥҥа соҕотохто тиргиллэ түстүлэр. Киириэхситтэртэн биирдэстэрэ: «Таҥын!» – диэн, күргүйдээн бирикээстээтэ. Охоноон иһигэр: «Оо, үлүгэрим эбит», – дии санаата. Сүрэҕэ быллыгырыы түстэ, көрүмүүм диэх курдук, биирдэ эрэ хайыһан көрөн баран: «Ол ханна?» – диэн ыйытта.

– Ханна буолуой, быраабаҕа буоллаҕа дии, эйигин волревком бэрэссэдээтэлинэн талаары гыналлар, – диэтэ били бирикээстиир киириэхсит.

Онуоха Охоноон хайыһан көрбүтэ, били кини сэбиэскэй былааһы киртиппитин иһин боротокуоллаабыт Өлөксөйө баҕайы дьаабылана турар эбит. Кэлэйбит курдук, төттөрү хайыһан баран, Охоноон:

– Бэйи, саатар аһылыкпын ситэ аһатыҥ, – диэтэ.

– Ноо! Майаачылаама даҕаны! Урут да аһаабытыҥ-сиэбитиҥ сөп буолуо! – диэн баран, бандьыыт ыстыык кырыытынан Охоноону ойоҕоско оҕуста.

Охоноон, кыһыыта-аһыыта оргуйан кэллэ гынан баран, нэһиилэ туттунна. Ситэ аһаабакка турда. Туран: «Сыччыыйдаар, бу эти сиэҥ», – диэн, өлүү этин оҕолоругар түҥэттэ. Уонна, хараҕын уутун кистээн сотто-сотто, үс оҕотун биирдиитэ сыллаата. Кыра уолчаанын: «Чыычаахпын да», – дии-дии, сүрэҕэр ыга туппахтаан ылла. Онтон ынчыктыы, ытыы сытар ойоҕор: «Доҕоор, чэ, күн-хаан кэллэ… быраһаай!» – диэн бырастыыласта…

Киириэхситтэр Охоноону иннилэригэр уктан илдьэ таҕыстылар.

Дьиэ иһэ кураанахтанна. Үстээх оҕо: «Аҕаа!» – дии-дии, илиитин ууммутунан ытыы хаалла. Суох, аҕата төннүбэтэ, арай тиэрэ кэбиллэн аһаҕас хаалбыт аан устун тымныы туман эрэ өрө оргуйан киирдэ…

III

Түүн үөһүн саҕана. Хабыс-хараҥа хаайыы хоһо иин иһин курдук дьиппиэрэн турда. Түгэх диэки муннугар киһи ынчыга иһиллэр. Онон сабаҕалаатахха, биир киһи нэһиилэ олоруох курдук буолан иһэн, тайаммыт илиитэ уйбакка, «лис» гына түһэн, эмиэ им-дьим баран хаалла.

Онтон сотору соҕус тыын киллэрэн, истиэнэҕэ кэлтэгэйдии нэһиилэ өйөнөн олорон, ким бааргын, өрүһүй диэххэ айылаахтык, уҥуох илиитинэн салгыны харбыалаата. Суох, кими да булбата, арай муннук тымныы чэҥин харбаан көрдө. Онтон арыый көнөн, чэҥнээх эркиҥҥэ көхсүнэн өйөннө уонна «хар» гына хаанынан силлээтэ.

– Хара дьайдар!.. Бүтүн Арассыыйаны син биир кыайбакка саатыаххыт ээ. Абам эбит, бу кэриэтин биирдэскитин эмэ анныбар баттаан баран өлбүтүм буоллар! – диэн баран, бөтөн, сымыһаҕын быһа ытырда.

Бу олордоҕуна эмискэ күлүүс тыаһа халыгырыы түстэ. Хаайыы тимирдээх халҕана күлүр гына аһылынна, түөрт саалаах киһи ааҥҥа адаарыстылар.

Таһырдьа дьиэ ааныгар моойторуктаах хара ыт, тоҥнохпун даа, хаһан тахсаҕын диэх курдук, муннун хамсата-хамсата, хас киирэр-тахсар киһини сытырҕалыы олордо. Кэлин уһугар тиийэн ыксаата быһыылаах, бүрүөлээх халҕаны тарбаан тардырҕатта. Ол олордоҕуна арай эмискэ дьиэ аана тэлэс гына түстэ уонна биир саалаах киһи: «Чэт, бу туох ыта булла!» – диэт, ыстыыгынан өтөрү түстэ да, сыыһа анньан кэбистэ. Ол да буоллар ыт тахсыбыт дьону, тоҕо эрэ кулгааҕын ньылаччы туттан, хараҕын күлбүт курдук көрөн, батыста.

Түүн күтүр тымныыта, хараҥата олус хойдубут, бэл диэтэр сулустар тоҥон кыччыырга дылы гыммыттар. Халлаан буоллаҕына үрдүк бэйэтэ намтаан, симилиэс курдук дьэбидийэн, ыга баттыахха айылаах буолбут.

Аллара, үрэх толоонун ортотугар, арыы тыа, баатанан сууламмыт курдук маҥхайан, утуктуу турара.

Били дьон онно бардылар. Тыа саҕатыгар баар кыра соҕус ырааһыйаҕа тохтоотулар. «Тур манна!» – диэн, били Бүөтүр оҕонньор көрсүбүт бандьыытын «хамандыыра» бэлэһэ хайдыаҕынан хаһыытаан тоҕо барда. Чоҥкуйа тоҥмут тыа мастара: «һук! Бу туохпут кэллэ?!» – диэбиттии, соһуйан саҥа аллайарга дылы гыннылар уонна бары үмүөрүспүт курдук иһиллии-көрө, ылы-чып бардылар.

Икки илиитэ кэдэрги кэлгиллибит киһини улахан тиит аттыгар туруордулар. Кини аттыгар моойторуктаах хара ыт кэлэн, сүрдээх үчүгэйдик кылап-халап көрө-көрө, олорунан кэбистэ. Киһи, ытын көрөн баран, дьэ билигин эрэ өйдөммүт курдук, сүрэҕэ ыарыйда. Кини хараҕар үстээх уолчаана көһүннэ, күлүмнүү турар аламай күнэ арыллан ааста, кэргэнэ, имииһит аҕата, табаарыстара, Ленин сырдык мэтириэтэ – барыта хараҕар субу ирбэнньиктийэн кэллилэр… Онтон Охоноон эмискэ:

– Сиэхситтэр, сиэҥ! – диэн хаһыытаата уонна икки хаамыыны утары атыллаата. – Эһигинниктэр быстан хаалбыт акаарыны миигин эрэ сиэххит, оттон сэбиэскэй былааһы син биир тиискит хотуо суоҕа! Чэй, ытыҥ, сиэбиккит көлөһүммүн, сүлбүккүт тириибин, аны иһиҥ ыраас хааммын!

Охоноон ревком өлөөрү туран хаһыытаабыт хаһыыта, ой дуораана буолан, дьыбардаах салгыҥҥа ыраах куҥкунуу турда…

Саа сомуогун тыаһа лаһыгырыы түстэ. Ылы-чып, ким да тыына да иһиллибэтэ, оттуун-мастыын кирийэн, алдьархайы көһүтэн, чуумпуран турдулар.

Онуоха: «Бу баар!» – диэбиттии, саа тыаһа дэлби ыстанна. Охоноон охтон түстэ. Ыт, ыйылыы түһэн баран, туора ыстанна. Саа тыаһа, санаарҕаабыт курдук, сатыы ойуур үрдүнэн сатарыйа турда. Маҥан хаарга хара баттах хамсаабакка харааран сытта…

Дьэ, доҕоттоор, сүрдээх түүн үүммүт эбит!

Түүн түүн курдук, хараҥа дьайыҥыран, ынчыктыы дьуоҕаран, барыгытын да ыйыстыам этэ диэх курдук, дьиппиэрэ тымныйан, күлүгүрэ баттыы турбута…

IV

Нөҥүө күнүгэр арыы тыа үрдүгэр хара суор, хааҕыргыы-хааҕыргыы, көтөн дапсыйа сырытта.

Киэһэ буолан, от-мас күлүгүрэн барда. Арыы да тыа им бүтэй этэ. Арай чугас соҕус оҕус сыарҕатын тыаһа кыыкырдаан иһилиннэ уонна оҕонньор киһи саҥата аргыый «һай» диэтэ.

Утаакы буолбата, сылгы тыһа этэрбэстээх, тордох ыстааннаах Чооруос диэн дьаам дьиэни ититэ тутуллан киирбит оҕонньор оҕуһугар мас тиэйэн кэлэн, били ырааһыйа кытыытыгар тохтотто уонна, сирэйин-хараҕын кырыатын соттон баран, аҥаар хараҕын хайыы-үйэҕэ суор оҥон сиэбит доҕорун Охоноону одуулуу турда.

– Оо, бу эрэйдээҕим бу сытаахтыыр эбит дии… Тыый, сүрүкэтин ньии… Дьэ уһун сордоох, өлөн биэрбэккэбин, арааска да түбэһэн эрэбин. Аны бу хаарыаннаах оҕобун уматыах сорум үһү. Хара дьайдар инньэ диэн кыһайдылар, бэйэбин өлөрүөх буолаллар… Сор да буолар эбит, – диэн баран, Чооруос, ытыы-ытыы, сыарҕатыттан маһын сүөкээтэ.

– Бу эрэйдээхпин хайдах гыныах муҥмунуй? – диэн, Чооруос, ыйыппыт курдук, Охоноону көрөн кэбистэ. Суох, хата Охоноон үрүҥ-хара көлөһүнүн атын дьон дьолугар тохпот, хааһаҕы, мэрэбэдэйи туппат, баай батталыгар биир тылы утарбат буолан, уһуктубат уһун уутун утуйбута…

Онтон Чооруос, үс маһы түһэрэн баран, Охонооҥҥо барда. Хааныгар хам тоҥмутун нэһиилэ хоҥнордо. Баҕана курдук хороччу тоҥмут киһини туруору анньан, көтөҕөн илдьэн, аны ыалдьыа диэх курдук, маһын үрдүгэр аргыый сытыарда уонна, аҥаар үтүлүгүнэн тоҕо эрэ сирэйин-хараҕын саба ууран баран, өрүһүспүт курдук маһын кыстаан, түргэнник испиискэ ылан уматта. Лабаххай тыаһа таһыгыраабытынан барда. Сытыы тыҥырахтаах кыыл тииккэ ыттан эрэрин курдук, мас устатын тухары уот тиэтэйэ-саарайа, бачыгырыы сүүрдэ. Утаакы гыммата. «һаай, дьэ оттобор угуннум», – диэх курдук, төгүрүйэ көтөн ылла, саҕынньаҕын түүтүн күүдэмчилэттэ, онтон, «дьэ-дьэ» диэххэ айылаах, сирэйин салаан хараарыҥнатта.

Дьэ улам-улам амтаһыйбыт курдук, китиэккии-киэбирэ, сирилээн истэ. Күөнэ кытарда, ортото хараарда, кыһыл хаан тоҥмут төбүрэҕин курдук, ыарахан кыымнаах кыырык төлөнө күүгүнүү көттө. Чооруос, көрөн туран, этэ саласта, куйахата ытырбахтаата, уҥуоҕа босхо барда. «Бостуой уматаммын», – дии санаата, дьүһүнэ уларыйда, бөтөн барда…

Уот күтүр, илэ-бааччы кыайан-хотон, үллэ күлүмнүү, өргөһө уһуктанан, күүгүнүү-күүгүнүү, саһыгырыы-саһыгырыы, бачыгырыы турда. Ол аайы тыа түгэх күлүк хараҥата, улаатан кэлэ-кэлэ, ынчыктыы-ынчыктыы, иҥиэттэн кэбиһэ сытта.

һук! Дьэ сиҥнэн соҕотохто намтаата. Быһыта-хайыта тыытарга дылы гынна, хараарбахтаата, будулуйда уонна өһөх хара буруо үллэ-лөглөрүйэ оргучуйан таҕыста.

Онтон көрдөххө, харам улам-улам кыччаата, бытарыйда, арай төбөтүн эрэ уҥуоҕа харааран сыппахтаата. Онтон уот: «Дьэ бүтэн эрэр», – диэн, холкутуйбут курдук, мөлтөөтө, бытаарда, улаханын бүтэрэн, кыратын итигэстэһэн барда.

Онуоха көрдөххө, били төҥкөгөр тиит лабаатын хаара ууллан, харах уутун курдук таммалыы турар этэ. Тыам иһэ, эмиэ санаарҕаабыт, соҥуйбут курдук, ылы-чып буолла.

Арай арҕаа эҥээртэн мөлүйүөнүнэн ахсааннаах уоттаах сулустар хара өһөх буруону курдаттыы өһөн эрэр уот оннун, ытыыр курдук, чипчилиҥнии-чипчилиҥнии, көрөн турбуттара…

1927