Көмүс үктэллээх, симилиэс сиксиктээх, алтан ардайдаах турар хайаларынан дьүөкэттэнэн, күөх лиэнтэни сыыйа тарпыт курдук көҕөрөн көстөр мыраанынан сэлэлэнэн, тоҥ көмүһү уулларан куппуттуу, үллэр үс үөһэ, үрүҥ күнү утары көрдөххө, үрүлүйэ тохтон, көҥүлүнэн сүүрүгүрэн түһэр эбээт Өлүөнэ өрүһүм.
Уйгу быйаҥ уолбат улуу тымыра, мөлүйүөнтэн мөлүйүөн тыынар тыыннааҕы утаҕын ханнара, өлбөт мэҥэ уутун кэриэтэ тыын уга, уһаты түһэн сытаахтыыр. Кэтит кэскил киэҥ, уһун кэһиитэ буолан, тылбыйар кынаттаах төбөтүн-төрдүн көтөн булбат, уоттаах харахтаах уҥуоргу өттүн кыайан көрбөт, көҥүл, уйгу олох туоната буолан килбэйэ устаахтыыр ини кини бэйэлээх!
Оо, эбэм күн ортотун саҕана, үөл-дьүөлгэ, үүт тураан чуумпуга көстөр киэҥ нэлэмэн кэтит ньуура дьиктитин, кэрэтин эбитин! Сулууда тааһынан дуйдаабыт курдук, мэндээрэн-мандааран устата-туората биллибэккэ килбэйэ күндээрэ, аны ийэ дойдубун уйгуурдуом диэххэ айылаах, уоран, ууллан, нэлэйэ-хотойо аргыый устара ууһун, намыынын эбитин!
Оччоҕо бэл үөһэ үрдүк халлааҥҥа үөрэ-күлүмнүү турар үрүҥ күн кэрэхсээн, аллара сатыылаан, таптаан, сыста түһэн, сиэркилэ таас гынан күлүм сандаа ньуурун көрүнэр.
Эҥээриттэн туругурбут нуолур хампа өллүргэлээх, мотуок солко мутукча талбаалаах чэлгийэр дьарҕаатын тардыммыт чээл күөх тыата, ийэтин эйгэтин, уутун ортотун көрөөрү, сындыыс маҥан тойон мыраан хайатыгар умса-төннө түһэн өрө ыттан тахсан, чарапчыланан баран, ылы-чып, элээннии-сэлэлии онтон билиҥҥэ диэри одуулуу турар курдук эбээт!
Оттон иһинээҕи иирэ талахтара ийэлэрин илгэтиттэн илэ үөрэн, эт-сүрэх сэбирдэхтэринэн илибирии мөхсөллөр. Арыытааҕы араас хампа отторо бастыҥалаах төбөлөрүн көтөҕөн, имнэрэ кэйэн, нусхаһа-күөгэйэ, үрүмэччи курдук, өрө көтүөххэ айылаахтык көй-күргүөм үҥкүүнү түһэрэллэр, көмүс симэх курдук ирбэнньиктийэ оонньууллар: талах быыһыттан тапталлаахтык көрдөллөр – кинилэр, от быыһыттан күлэ көрүстэллэр – кинилэр, эбэтэр килбигийбит кыыстыы мичээрдэрин кистээн бараннар, нус-хас гынан, нуоҕай төбөлөрүн хоҥкуталлар биитэр элэк гыммыттыы: «Бу эн барахсан ама эбэҥ илгэтин, быйаҥын билбэккэ кутуруйа-соҥуйа сылдьаҕын дуо?» – диэбиттии, иэдэстэрэ кыыһан, күлэ түһэн бараннар, иирэ күлүгэр саһан хаалаллар.
Хор, ол курдук Өлүөнэ өрүһүм күн ортотун саҕана оттуун-мастыын күлэр, оонньуур!
Оо, дьиктитэ-кэрэтэ бэрт Өлүөнэ эбэм сааскы сөрүүн түүҥҥэ! Күөх кууппал халлаан тохтор, оонньуур уоттаах мөһүүрэ бэргэһэтин кэппитин кэннэ, туох барыта – киһилиин-сүөһүлүүн – утуйбутун кэннэ, арай кини эрэ аргыый устарын кубулуппат. Сааскы түүҥҥү сөрүүн салгыны көй-най түөһүгэр көтөҕөн аҕалан, кут бороҥ суорҕанынан суулаан, кууһар-ууруур курдук күөгүлээн, удьурдаах сүүрүгэр биэбэйдээн, итир тыалынан хамсатан, ибир долгунунан бигээн, халааныгар, талааныгар нарылаан, дьоллоох уунан кими, тугу барытын кини утутарга дылы…
Оччоҕо халлаан күлүмнүүр уот харах сулуһунуун кини хараҥа күөх толбонноох ньууругар түһэн, тырымныы бигэнэн, умсумахтаан бараннар, күллэ-күлбүтүнэн утуйарга, уостарга дылы гыналлар… Оттон Өлүөнэ эбэм биир кэм тохтообокко бара, уста турар… Онуоха нуктаан, нухарыйан эрэр бойбор хара тыата, утуктаабытын кэмсиммит курдук, сүүһүн аннынан көрөн, хам-бааччы сукуллан туран, аһыйа-соҥуйа, уоран ытыы хааларга дылы гынар. Бэл-бэл диэтэр добун халлаан көй хара хараҥатынан күөйэ-хаайа түһэн сабаары гынар да, син биир Өлүөнэ өрүс толбон күөх иэнэ, сир-халлаан ыпсыытынан нэлэйэ кэтирээн, күлүк таас курдук килбэйэ-томтойо көстөр. Оччоҕо буоллаҕына, куотан баран элэк гынардыы, кирис гына түһэр уонна уута кэлэн хаптайа сытар биэрэгэр тиийэн, илитиэпкэ хотуур истиэнэтэ туртас-кылбас гынарын курдук, ымаҥнаан ылбахтыыр. Эбэтэр кубулунан, түүҥҥү тымныыттан тоҥон, аргыый иттэ баран эрэрдии, хаптайа сыстаҥныы, төгүллүү долгуйа сыырыгар тахсар уонна тиийбит бэлиэтин биллэрэн, эстэр чаҕылҕан курдук килбэс гынан баран харааран, көҕөрөн, сүтэн, сыыйа утуйарга дылы гынар. Онтон анараа өттүн икки атахтаахха биллэрбэт…
Хор, ол курдук Өлүөнэ эбэм түүнү аҕалар, аһарар!
Оо, Өлүөнэ эбэм өссө дьиктитэ-кэрэтэ бэрт сааскы сарсыарда! Эйэҕэс хаана эргийэн, эҥин эриэккэс өҥүнэн килбэйэ оонньуур ньуурун көрдөххүнэ, өрө көтүөх курдук сүрэҕиҥ үөрэр, өйдөрү-санаалары, сүрэхтэри-быардары кини эрэ дьүһүнэ ыйыстан кээһэр. Сандааран-күндээрэн халлааным сырдыырыгар, алмаас таас курдук күлүмнүү, оҕо ыраастык, эйэҕэстик ымайан эрэринии, илэ бааччы мичиҥниир. Кыһыл көмүһүн кыырпаҕа быһыылаах, кыыс оҕо дьэдьэн иҥинээҕэр ордуктук кыыһан, тэтэрэ дьиримниир.
Арылык сандаа күнүм амырыын түүнү антах үүрэн, айхаллаах уотунан арыллан, аалай саһарҕанан сырдыырыгар Алданын айылҕата, атын да салааларын алтан-көмүс аалыы кыырпахтара кылабаччыһа, тырымнаһа, дуйдуу-солотуулуу толбоннура тохтон, долгуйа усталлара олуһун эбитин!
Итини барытын аҥатаҕа, атааҕа суох, эр сүрэхтээх, эрчим санаалаах эрдэ турар киһим көрөн, көмүскэтин иччитин күндүлүүр, күүстээх түөһүнэн толору көҥүллүк тыынар. Ол эбэм сарсыардааҥҥы күлүм төлбөн ньуурун күндүтүттэн, кустуктуу өҥнөнөр толон төгүл, илэ мичил долгунуттан, бэл-бэл диэтэр көй салгын солотуу нуолур хотоҕойдоохторо, ньалҕалдьыгас ньаассын солко куорсуннаахтара, көмүс күөмэй, көҥдөй көмөгөй, күөрэгэй далбарайдар, көрө-көрө көччүйэн, көй муора салгыны көтөҕүүлээх тойуктарынан толороллор. Оччоҕо от-мас барыта ийэлэрин чөмчүүк таммаҕынан симэнэн бараннар, хамсаабакка, им-дьим иһиллии иһийэллэр, үмүрүһэ лаглаһан, үөрдүһэ чуумпураллар.
Хор, ол курдук Өлүөнэ эбэм күлүмнүү күлэр сарсыарданы күндээрэ, көрүлүү, чэлгийэ, мичиҥнии көрсөр!
Оттон улуу халлаан уҕалдьыта киирэн, холоҥсотун, дьаарын үүрээри, холуон холоругунан ытыйан, иирэр силлиэнэн силбиэтэнэн, уһуктаах уотунан өтөрүтэ түһүтэлээн, уордаах этиҥинэн дьабарыттан, хара сыыр курдук харах уута ындыылаах өһөх хара былыттарынан хаайа-үүйэ көтөн, хаххалаан кэллэҕинэ, мэндээрбит-мандаарбыт бэйэтин мичээрин кистээн, симилиэс өҥүн курдук тыйыһыран-ыгыллан, тимир өҥүн курдук дьэбидийэн, харааран баран, имэҥнээх үлүгэрдик иһин түгэҕиттэн эппэҥнээн аҕылаан, итийэн-кутуйан, Өлүөнэ эбэм илэ мөккүһэр: быстыбыт сыыр курдук хара баалланар; күөх чуоҕур атыыр оҕус үҥкүрүйэн-күөлэһийэн эрэрин курдук, үллэр-түллэр долгунунан харбаһар; кыыһыран, хара халҕаһа хаастарын быһыта-хайыта тыытан, уордаахтык дьалкыйар; көхсө кыараан, көҥүл-босхо бараары, күүгэн, көлөһүн алла-алла, күүстээхтик күллүргүү-халлыргыы, күр таас хайатыгар тахсан түөһүнэн милкийэр. Үрүҥ күнү хаххалаан, хараҥанан сабардаан, буор дойду ньургун чэчир ыччатын ыксаппыт халлааҥҥа, хонноҕуттан-быттыгыттан аҕылаан, сиэлэ-кутуруга туруору ыстанан, ыйылыы-ыйылыы охсуһан эрэр атыыр курдук өрө-таҥнары мэҥийэн, үрүҥ баалынан үөһэ-аллара ыһа-ыһа, өрүтэ ыстана-ыстана, үллэ-түллэ, былыты быһыта сынньаары, чаҕылҕаны сабыта охсоору, үөһэ харбаһар. Онтон, кэлин тиһэҕэр тиийэн, бухатыыр киһи таас хайаҕа батыйатын үлтү кырбаан, курустаал таас ыйылыы-ыйылыы үлтү бытарыйан, үөһэ кыырайан эрэрин курдук, дьэҥкир уутунан ыһыахтанар.
Оччоҕо буоллаҕына ол сир-халлаан уоттаах, уордаах оонньуутугар ол курдук уоҕа-кылына киирдэҕинэ, ханнык да улахан хараап аалы халҕаһатын анныгар киллэрэн тимирдэн баран, кырылас кумаҕынан көмөн, кэриэс уҥуох оҥоруохтаах.
Оннук этиҥ, чаҕылҕан, өрүс, баал оонньуутугар, охсуһуутугар туох барыта, киһилиин-сүөһүлүүн, көтөрдүүн-сүүрэрдиин, оттуун-мастыын харахтарыттан уу-хаар баспытынан иһийэн ньимийэллэр. Арай эрэллээх эҥээр хара тыа илин эҕэрдэлээх халлааҥҥа иэҕэйэ-нусхайа, хоҥкуйа-тоҥхойо, үҥэн-сүктэн көрдөһөр. Онтон сүҥкэн өрүһүм кыайан-хотон, хараҥа былыт, эргэ олох ытыы-соҥуу, уостан эрэрин курдук, хараҕын уута саккыраан баран халбарыйар. Ол кэнниттэн өтүйэ, кыстык курдук былыттар өрүтэ үүнэн тахсаннар, арылык халлаан айыы сардаҥата дьэ арылла түһэрин кытта, Өлүөнэ өрүс күлбүт-үөрбүт көмүс ньуура эмиэ күлүмнүү оонньоон кэлэр.
Онтон иһиттэн ыраас айыы сандаа сырдык салгын түһэн ийэ дойдубутун арчылыыр. Оччоҕо уруккутааҕар ордуктук улуу үрэҕим илгэтэ чэлгийэн, дьэрэлийэн, күөгэйэ долгуйан, дьиэрэһийэн-дуораһыйан, күлүмнүү күлэр эбээт!
Хор, оннук үлүскэннээх сүүрүктээх, үс үллэр үөстээх, быстыбат быйаҥнаах, барҕа баайдаах биһиги, сахалар, Өлүөнэ өрүс эбэбит!
1926
Сайыҥҥы киэһэ айдаана нам барда. Чэбдик кэрэ бараан түүн көй салгын буолан күөгэйэ көтөн кэлэн, алыптаах илиитинэн сыыйа, аргыый аҕай араҕас ими саба тутта. Аан дойдуну күлүк бороҥ кут-ньуолах сөрүүкэтэр суорҕанынан: «Чэ, оҕом, утуй, уоскуй», – диэбиттии, алгыы-таптыы саба тарта.
Барыта сымнаата, чуумпурда. Хампа намыл тыа им-ньим баран, сүүһүн аннынан көрөн сургуллан турда. Көстөр ыырым, дойдум бүтүннүү даҕаны, ыйытан баран ылыммыкка дылы, ылы-чып барда. Күнүс оҕолор сөтүөлээн аймыыр уулара, таас кыырпаҕын курдук өрө сандаара ыһыллара тохтоон, үөл-дьүөл буолан, луҥкуран сытта. Сайылык буор сыбахтаах балаҕаннара кыччаан, намтаан, күнүс көрбөтөх киһи манна ыал баар буолуо дуо диэх курдук, иҥэн-сүтэн, күл курдук боруһан, хаптаһан тураллар. Онуоха, дьон баарын соруйан биллэрээри гыммыттыы, арай илин ыал түптэлэрин буруота ордук сырдаан, көҕөрөн, тыа баһынан халлаан сиигин курдук унаарыйа сыыйыллан турбута.
Уонна им-ньим, ылы-чып, сып-сымнаҕас, сөп-сөрүүн.
Ол эрээри утуйа илик киһи, быһыыта, син баар эбит: сайылык арҕаа уһугар тиил оҕуруоттаах икки ыалтан илин диэкититтэн биир киһи, сонун сөрүү туттан, аргыый бэдьээлээн хааман оҕуруоту тахсан, туос түннүгэ туртайан көстөр балаҕаҥҥа, халҕанын тыаһаппакка, сэрэнэн үктээн киирэн кэллэ. Көрдөххө, туус маҥан баттахтаах, кыра уҥуохтаах, бэрт диэн нарын, хайдах эрэ сырдыкка дылы сэбэрэлээх, кыра соҕус ньохчоҕор, быллаллыбыт уостаах, мыччыллыбыт сирэйдээх, киһи таптыан курдук Мыычаар диэн оҕонньор буолан биэрдэ. Киирэн уҥа, сытар оронун диэки туллар-туллар, татыр-тутур хааман кэлбитигэр, бастаһа сытар Дьаллай диэн уол ыйытта:
– Оҕонньоор, бу ханна сырыттыҥ?
– Ээ, таһараа ыалга, – диэтэ аргыый Мыычаар, өрө тыына-тыына.
– Оттон тоҕо хойутаатыҥ? Мин ханна бардаҕай диэтим ээ.
– Ээ, бэйэм…
– Ол бэйэҥ тоҕо?
– Дьэ бэркэ да ыйыттыҥ, доҕор… Былыргыбын, доҕорбун санаан… – диэн баран, түргэн соҕустук өлбүт доҕорун Аанчыгы көрөөрү, кулун суорҕанын бүрүнэ тардынан сытан барда. Санаатын түмээри, хараҕын быһа симэн, чапчааһын курдук сүүһүн быччыһыннаран, тугу да истибэтэрбин, Аанчыкпын көрдөрбүн дии санаан сытта. Ол сыттаҕына уола:
– Ол ханнык доҕоргун? – диэн эмиэ ыйытта.
Мыычаар тохтуу түһэн баран:
– Аанчык диэни, – диэтэ.
– Ону эн тоҕо ити ыалга тахсан саныыгын?
– Тукаам, эн тугун билээхтиэҥий? Аһыылаах, таптыыр доҕорун куоттарбыт киһи туой, сылдьарын былаһын тухары бу дойдуга булуох курдук кинини, кини курдугу көрдүү сылдьар идэлээх. Ол үкчү эн аһыылааҕыҥ, тапталлааҕыҥ курдук түбэстэҕинэ, ону киһи сүрдээх үчүгэйдик көрөр, саныыр баҕайыта. Хор, ол курдук буолар… Бу таһараа ыал оҕолоро, түбэһиэн иһин, ааттыын-суоллуун үкчү мин Аанчыгым курдук эбит. Инньэ гынан кинини көрдөхпүнэ, сүрэҕим үөрэр, Аанчыгым бу тиллэн сылдьарын курдук саныыбын. Арыый санаам чэпчиир, – диэн баран, Мыычаар эмиэ кулун суорҕанын бүрүнэн барда.
– Ол Аанчык диэн тугуҥ этэй?
Мыычаар дириҥник өрө тыынна уонна: «Чэ бэйи, мин эйиэхэ кэпсиим даҕаны», – дии-дии, сыттыгын дуомун көннөрөн баран, уот диэки хайыһан, тобуга токуллан сытан аргыый кэпсээн барда.
– Мин төрдө-ууһа суох, хабалаҕа ылларбыт, баай ситимигэр иҥиннэрэн көлөһүннээн сиэбит, бэрт дьадаҥы, кылгас киһиттэн төрөөммүн, кыра оҕо эрдэхпинэ ыалга иитиллэ бэриллибитим үһү. Бэрт диэн эрэйдээхтик үөскээбитим: уоннаахпар саха хотуурунан аҕыс былас оту оттообутум. Ол сайын этим иккитэ быстыбыта. Ону ити эн ааҕар түөҥҥүнэн быһыта сиэппиттэрэ. Уон ордуга түөртээхпэр төрөөбүт ийэм-аҕам уҥуохтарын, дьаҥҥа өлбүттэрин кэннэ, бэйэм соҕотоҕун иин хаһан туппутум.
Ол ииппит дьонум оҕото суох, сэниэтиҥи дьон этилэр. Чугаһынан табыгастаах дьахтар суоҕа. Оччотооҕуга барыта халыымынан этэ. Инньэ гынан мин хайдах эрэ сүүрбэбин туолуохпар диэри сырыттым. Сүүрбэ биирбэр барыыбар, оччоҕо ыраас харахтаах-көстөөх этим, дьонум дьэ ойох ыл диэн хаайаллар. Арай биирдэ дьэ быһа киэргэнэн, ийэм кумааһынай курун курданан, аҕам билэлээх түнэ этэрбэһин кэтэн, күһүн ат көрдүүр аатынан мин дьонум ыйаахтарынан, муна-муна, Моорук нэһилиэгэ Куома диэн киһи кыыһын көрө кэллим.
Балаҕан дьиэҕэ көтөн түспүтүм, сэнэх, орто соҕус ыал быһыылаах эбит. Арай кэтэҕэриин ороҥҥо биир ып-ыраас хааннаах, сүрдээх киһи иһигэр киирбэх, номоҕон уһун ньылбаа сирэйдээх, сыыйыллаҕас муруннаах, төп-төгүрүгүнэн саһарчы көрбүт, сиртэн-буортан тэйбиккэ дылы кыыс оҕо саҥа сиидэс ырбаахы тигэ олорор эбит. Чэ дуу, көрөөт, адьас сүрэҕим тэбэ түстэ: хайдах эрэ хааным-сииним итийэргэ дылы гынна, сүрдээхтик чэпчии, атаҕым сири билбэт буола үөрдүм, омуна суох: «Дьолбун даа, кини мин ойоҕум, доҕорум буолуо буоллаҕа, үчүгэйин даа», – диэн манньыйан, уйадыйан хааллым. Хор, ол курдук, көрөөт соҕотохто сүрэҕим-быарым ортотунан киллэрдим. Киһи оҕордук муода буолар эбит этэ. Оттон бу сааһым тухары үчүгэйи даҕаны, куһаҕаны даҕаны көрбөхтөөтүм ини, ол тухары биирдэ даҕаны ол курдук буолбатаҕым.
Онтон туран, мин уоран туой хараҕым кырыытынан одуулаһа, кыҥаһа олордохпуна, бии кыыһым, Аанчыгым бокуонньук, оо, оччоҕо үчүгэй да этэ, уу долгунун курдук хааман (күөх ырбаахылаах этэ) чуулааҥҥа киирэн хаалла. Ол түүн хонон, сарсыҥҥытыгар дьиэбэр төннөн, аҕыйах хонон баран, аҕабыныын иккиэн кэпсэтэн, халыымын сөбүлэһэн, Аанчык сөбүлүүр буолан, мин сааскытыгар (дьоно буолуохсуттар биир сылы уораннар эрдэ биэртэрэ) уон биэстээх кыыһы сүгүннэрэн аҕалабын. Дьэ биһи бэйэ-бэйэбитин олус таптастыбыт. Оҕордук сүрэхпит, санаабыт биир буолла, сорох ардыгар букатын оҕо курдук оонньуур этибит. Биирдэспит суоҕар биирдэспит тылыттан-өһүттэн матан тэһийбэт, бииргэ сылдьар буолан хааллыбыт. Кини туох хамсыыра барыта миэхэ күндү, үчүгэй, сүрэҕим ортотунан киирэр этэ. Эчи Аанчыгым барахсан бэйэтэ да майгына үчүгэйэ, иккиэн да биирбит, хайабыт да төрдүнэн, баайынан киэбирбэт, киэбирэ үөрэммэтэх буолан, тэҥмит да бэрдэ. Ыарахан сылдьан сайын куйаас баҕайы күн от мунньа туран «уутай» диирин өйдүүбүн эбээ…
Онтон биирдэ, ол сайын Аанчыгым оһоҕостоох сырыттаҕына, ийэм буолуохсут сымыйанан хобулаан – оҕордук саха да эмээхситтэрэ кулахайдаах, дьиэктээх буолаллар эбит этэ – киһи ойоҕун үөрэтэр, таһыйар баҕайыта, үөрэтэн биэр диэн, Аанчыкпын сыстым. Онтон ыла Аанчыгым миигиттэн хоргуппута. Ону билигин кэмсиммитим, илиибин-атахпын кыраммытым иһин, аны кэлэн Аанчыгым мин тылбын истэрэ биллибэт, – диэн баран, оҕонньор харбыт курдук ах барда, хараҕын уута иэдэһин устун сүүрэн түстэ…
– Ол кырбаатаҕым киэһэ утуйаары ороммор кэлбитим, арай Аанчыгым сык-сык ытыы сытар эбит. Эрэйдээҕим оҕото онно тугу-тугу санаабыта, төһө хоргуппута буолуой? Ону мин, дьүлэй куҥ, халыҥ тирии, билиэм дуо?! Ол тухары биир тылы эппэтэҕэ, бүтэйдии ытаабыта, оттон мин, акаары, дьон ойохторун бары сынньаллар дии, мин сыспатахпына, сии, саат да буолаа ини диэх курдук саныыр киһи этим…
Дьэ онтон бэттэх Аанчыгым күн-түүн дьүдьэйэргэ барбыта. Саҥата-иҥэтэ аҕыйаан, туой санааргыыр этэ. Арай мин биирдэ тыанан быһа түһэн ыалтан истэхпинэ, Аанчыгым, ынах хомуйа сылдьан, дьүөдэ үрдүгэр дүлүҥҥэ соҕотоҕун олорор эбит. Ол олорон: «Хаарыан дьоммуттан, доҕотторбуттан бостуой арахсаммын… Манна миигин атаҕастыыллар…» – дии-дии, иннигэр турар титириккэ кэпсээбит курдук, ытыы олорор эбит… Дьэ оҕордук үчүгэй дьүһүнэ кэхтэн, иҥин хаана хаһыҥнаабыт от сүмэһинин курдук сүтэн, хараҕа хатыы тахсан, быһыылыын-тутуулуун, хаамардыын-сиимэрдиин уларыйан, били кыыс Аанчык бэйэтэ ханна да суох буолан, иинэн-хатан барбыта. Ол аайы соруйан кыһайбыт курдук, мин дьонум буолуохсуттар кубулуппакка үлэ үксүн, кытаанаҕын үлэлэтэн истилэр. Хара олоруор диэри, кыайбатар даҕаны, бурдук тардар, муус көтөҕөр, от мунньар, бурдук быһар, бугул угар киһи кини буолта. Аны санаатахха, туох да олус сылайар, илистэр эбит. Туой хотуолуур, түүн аанньа утуйбат буолта. Мин хайдах сытан хаалбакка сылдьыбытын бэркиһиибин. Киһи да иҥиирдээх буолар эбит этэ. Оттон ийэм күтүр: «Бачча эдэр эрээри айгыстан оҕолор, ар дьаалы хотун, оттон киһи эрэ хат буолар баҕайыта», – диирэ. Мин даҕаны, акаары, испэр: «Олус да айгыстар ээ», – дии саныырым.
Онтон сайын Амма диэн алта көстөөх үрэххэ Аанчык биһигини оттото утаардылар. Бу алта көс сиргэ түүннэри-күннэри аҕыс ыйдаах дьахтар хааман киирдэ. Оҕуһу миин дии сатаан кэбиһэбин, мииммэт. Сатаатахха оҕуспут айаас кунан этэ. Киирэн оттоотубут. Аанчыгым, урут кини тугу да саҥарбат бэйэтэ, туой атаҕым, баһым ыалдьар, сүрэҕим көбөр, тулуйбаппын диир буолла. Арай биир киэһэ күн киириитэ тахсан чаанньыгын өрөн баран отуутугар сыта түстэ. Мин утуйдаҕа диибин, онтукам аны санаатахха ытаабыт эбит, быһыыта. Онтон мин отууга таҕыстым. Онуоха туран, ааттаһар курдук, сүрдээх үчүгэйдик саһарчы көрбүтүнэн хааман кэлэн, санныбар илиитин ууран баран: «Мыычаар, доҕорум оҕотоо, аһын даа, кыайан тулуйарбыттан аастым, – диэтэ уонна: – Бостуой эргэ бараммын, хаарыан дьонум, ийэм, аҕам, доҕотторум, ханна эрэ баар буоллугут… Саатар биирдэ баҕас эһигини көрдөҕүм дуу, мин бу муҥнана сылдьабын…» – дии-дии, уйаара-кэйээрэ суох оҕолуу ытаата. Онно мин киһи эмиэ уйадыйан икки хараҕым уута лэппээским үрдүгэр таммалаабытын өйдүүбүн. Ону санаатахпына, билигин даҕаны сүрэҕим ыалдьар. Кырыйдаҕым аайы өссө ордук уйадыйан иһэргэ дылыбын, – диэн баран оҕонньор эмиэ харбыт курдук ах барда, хараҕын уута чаччаарыйбыт иэдэһин устун сүүрэн түһэн сыттыгар халыйда…
Уол муннун тыаһа утуйда быһыылаах. Оҕонньор, ону сэрэйдэ гынан баран, кыһаммата. Кини хоонньугар ыстанан тахсыбыт куосканы имэрийэ-имэрийэ, киниэхэ кэпсиир курдук, аргыый кэпсии сытта.
– Онтон дьэ күһүнүгэр от-мас сайын барахсан кэлиитигэр чэлгийэ симэммит күөх нуоҕай өллүргэтэ тохтон-хоронон барда, көҕөрөн көстөр торҕо тыа күкээрэн, сэндээрэн көстөр буолла. Сэмэнэп саҕана хас эмэ хонугу мэлдьи өһөөн-сааһаан туран ардах бөҕө түстэ. Күн-ый дьаабыта биллибэт буолла. Күөх халлаан күлэр ньуура сабыллан, хараҥаран, хараара сытыйбыт от түгэҕинэн отуу оҥостубут курдук, бүрүйэ сүүдүрүүннэннэ.
Дьэ ол күннэргэ мин Аанчыгым өлөр охтуутун охтубута. Күнүһүгэр ыалдьа-ыалдьа, уу баһа, ынах ыы сылдьаахтаабыт эбит. Ону биллэрбэккэ кистээбитэ. Кини ол хоргуһа дуу, хоргуппутун күүһэ эбитэ дуу, ону билбэтим. Ол түүнүгэр, сарсыарда таҥара сырдаан эрдэҕинэ, Аанчыгым быыһаммакка эрэ барбыта.
Билигин даҕаны, бу отут сыла туолан эрдэҕинэ, миэхэ бу баар курдук кини иэйэн-туойан, ынчыктаан кулуннуу мөхсө сытара…
Эрэйдээҕим сыыһа баттаҕын куруук тараанара, онтуката үрэллэн, биир кэм лаглаҕай гына иилистэн баран сыттыгар ыһыллан, туох да күүһэ-көмөтө суох, сирэйин ооккото муннуктанан, ыарыы бөҕө кэбилээн, дьүһүн-бодо буолан баран: «Өллүм, өллүм…» – диэн хаһыытаабыта, аймаммыта, дириҥ ынчыга сүрэхпэр билиҥҥэ диэри баас буолан сылдьар… Онтон бэттэх киһи ынчыгын тулуйан истибэппин.
О проекте
О подписке