Читать книгу «Сайсары күөлгэ түбэлтэ» онлайн полностью📖 — Егора Неймохова — MyBook.

Соһуччу сорудах

Силиэдэбэтэл Захар Захарович Элиэнэп прокуратура дьиэтин туруору кирилиэһинэн аллара түһэн иһэн, ааҥҥа сыһыарыллыбыт биллэриини көрөн аһарда: «Арба да, сарсын субуотунньук этэ дуу, бэйи, даачабар тахсан бараан истээх соммун аҕаллахпына сатаныыһы, – дии санаата уонна чаһытын көрдө. – Алтаны ааһан эрэр, Марианна үлэтиттэн кэлэрэ өссө чаас курдук баар, онуоха диэри эргийиэхпин сөп эбит…» – халтаҥ сонун тимэхтэнэ-тимэхтэнэ, тахсар aaҥҥa чугаһаан эрдэҕинэ:

– Захар Захарович! – диэн кэнниттэн ыҥырбыттарыгар эргилиннэ – прокурор көмөлөһөөччүтэ Мальцев кирилиэс биттэҕиттэн тутуһан тиэтэйэ-саарайа түһэн эрэр. – Захар Захарович, хайа, бэҕэһээҥҥи партиябытын ситэрбэппит дуо, мин дьиэбэр ырытан, хотор барыйааны буллум дуу дии сылдьабын.

– Оо, бүгүн бириэмэм кэмчи ээ, билигин даачабар бара сылдьыахтаахпын, – Элиэнэп тоҕо эрэ эмиэ чаһытын көрүннэ итиэннэ мичээрдээтэ. – Чэ, сарсыҥҥа диэри көһөрүөххэ, тайм-аут ыларбын көҥүллээ.

Мальцев күллэ, сапсыйан кэбистэ:

– Сөбүлэһэбин, бачча хойут ол тоҕо даачалаатыҥ?

– Сарсыҥҥы субуотунньукка кэтэр таҥас-сап ылыныа этим.

– Аа, чэ, сарсыҥҥа диэри.

– Пока, – Захар Захарович уҥа илиитин күөрэс гыннарда уонна кытаанах куруһуналардаах ааны сэгэтэн таһырдьа атыллаата.

Тымныйбыт xapaҥa уулуссаҕа электричество лаампаларын уоттара сандаарсаллар. «Бырааһынньык кэнниттэн массыынаны туруоруллуо, ыал гарааһын күөнтүүр сатаммат» – Элиэнэп дипломат-суумкатын кыбынан, филиал иннинээҕи уулуссаны туораан «Север» ресторан кэтэҕэр олбуор иһигэр киирдэ. Хаһан эрэ, маҥнай бу проспекка хастыы да этээстээх дьиэлэр тутуллалларын саҕана оҥоһуллубут уонча тус-туспа хостоох, намыһах эрээри уһун таас гараж биир аанын тэлэччи аста. «Запорожеһа» күлүүһү эрийэ тутарын кытта собуоттанан бирилээтэ. Аргыый аҕай кэннинэн астаран таҕыста, гараж аанын хатаата итиэннэ проспектан Петровскай уулуссатыгар салайан айаннаан сирилэттэ. Хатыҥ Ypэx, Сэргэлээх даачаларыгар миэстэ ордубакка, аны Бүлүү суолунан сири биэрэр буолбуттара.

Захар Захарович силиэдэбэтэл буолбута ыраатта да, баччааҥҥа диэри даачаҕа эрэ кыһаллыбат этэ, кэмниэ кэнэҕэс Бүлүү суолугар даачаланан эрэр. Кырдьык, сайын үлэлээн, дэлби сылайан баран, быылынан-буорунан, таас дьиэ сыралҕана өҥүрүк куйааһынан киһини ыксатар куораттан уу чуумпу тыа быыһыгар, чэбдик салгыҥҥа үктэнэр дьикти үчүгэй буолар эбит… Бэл, бу кэмҥэ, сэтинньи ый үүннэр да, Элиэнэп даачатыгар тахса сылдьарын, таһырдьааҥҥы куукуна оһоҕун тигинэччи оттон баран, ол иннигэр ону-маны толкуйдуу олорорун олус сөбүлүүр. Оччоҕо кыра эрдэҕинэ аҕатынаан оттуулларыгар былыргы өтөххө киирэн уот оттоллорун, аҕатын хоонньугар, улаҕа сытан, хараҥа муннуктары куттана одуулаһарын өйдөөн кэлэр. Ыас хараҥаттан туох эрэ сибиэҥнээн-сарбыҥнаан тахсан эрэр курдуга, онтон дьиксинэн түүрүллэн, аҕатын кэтит көхсүгэр төбөтүн кистии анньан, суорҕан анныгар тиритиэҕинэн тиритэн кирийэн сытара.

Аны санаатахха, аҕата хорсун киһи эбит – күһүҥҥү ытыс таһынар ыас хараҥаҕа соҕотоҕун сылдьарыттан, ол-бу иччилээх-абааһылаах диэбит өтөхтөргө, дьиэлэргэ хоноруттан адьас кыһаллыбат этэ.

Сорох кырдьаҕастар, бэл, аҕатын өлүүтүн ол-бу иччилэргэ, абааһыларга күтүрүөхтүү саҥараллара да, кини оччоттон итэҕэйбэтэ. Оо, ол дьулаан күн… Хойукка диэри түүн түһээн ол күҥҥэ тиийэн хаалан бэрт эрэйи көрөн, баттатан уһуктара. Ол күн… Кини, оччолорго уончалаах эрэ уолчаан, от мунньа сылдьыбыта, аҕата элгээҥҥэ үппүт илимнэрин көрө хаалбыта. Кини биир субууну оҥорон бүтэн эрдэҕинэ, элгээн диэки дьон кэпсэтэн күллүгүрэһэргэ дылы гыммыта, онтон: «Ааа-аа-аа-а!!» – диэн ынырыктаах хаһыы иһиллибитэ уонна уу чуумпу бүрүүкээбитэ.

Уол ити алдьархай хаһыыттан эт-этэ бүтүннүү саласпыта, кыраабылын ыраах элитээт, муҥ кыраайынан күөлгэ ыстаммыта, лабаалар сирэйин сытыытык быһа охсоллоругар, дөлүһүөн хатыылара ыарыылаахтык тэһитэ кэйэллэригэр кыһаллыбакка сүүрэн маҕыйбыта, сыыр үрдүгэр кэлэн эппэҥнии турбута – күөл ортотугар умса эргийбит тыы устан дыгдаҥныыра уонна ким да суох этэ…

– Аҕаа… – аҕылыырын кыатана сатыы-сатыы, нэһиилэ төлө биэрбитэ, онтон төттөрү сүүрбүтэ, хараҕын уутун харытын сыыһынан хаһыйа-хаһыйа, аҕылыырыттан аһыйан эрэр агдакатын иһиттэн биир эрэ тылы этэн кыыкыныы-кыыкыныы, сүүрэн муҥнаммыта: «Аҕаа… Аҕаа-а… Аҕаа-аа-аа…»

Захар Захарович үөһэ тыынан кэбиспитэ. Ол күн нэһилиэгин дьоно кэлэннэр, күөлү муҥхалаан аҕатын булан таһаарбыттара, төбөтүгэр баастаах этэ, ону ууга түһэригэр уу анныгар маска охсулуннаҕа диэн быһаарбыттара. Оо, билигин эбитэ буоллар… Кытылга, бука, туох эмэ суол-иис хаалбыта буолуо ээ – ону итинниккэ түбэһэ илик дьон омуннанан үөмэхтэһэн кэлэн, барытын үлтү тэпсэн кэбиспиттэрэ. Сарсыныгар оройуон кииниттэн кэлбит милииссийэ үлэһитэ сельсовет бэрэссэдээтэлэ оҥорбут түмүгүн кытта сөбүлэспитэ: «Балыктыы сырыттаҕына, тыыта түөрэ эргийбит…»

Санаатыгар буолан, фара уотун сырдыгар суол кытыытыгар ГАИ инспектора эриэн маһынан далбаатыы турарын дьэ өйдөөн көрдө: «Чочур Мураан анныгар кэлэн эрэр эбиппин, ГАИ поһа, тоҕо тохтоттохторой?»

Элиэнэп мунаахсыйда, массыынатын бытаарта. Сайын даачаттан иһэр чааһынай массыыналаахтары харса суох тохтотон бэрэбиэркэлиир буолаллара – арыгы испит дуу, суох дуу, массыынатын туруга хайдаҕый…

Старшина эбит, чугаһаан кэлэн чиэс биэрдэ:

– Бырастыы гыныҥ, силиэдэбэтэл Захар Захарович Элиэнэпкин дуо? Баһаалыста, биһиги вагончикпытыгар киир, силиэстийэ управлениетын начаалынньыга Хомподоев эйигин собуоннаатын диэбитэ.

Элиэнэп дьиибэргээтэ: «Биир чаас анараа өттүгэр көрсүбүппүт дии, ол икки ардыгар туох суһал дьыалата көһүннэҕэй…» Старшинаны батыһан вагончикка киирдэ, рация аттыгар олорор младшай сержант формалаах кыыстыын кэҕис гынан дорооболосто.

– Бу – силиэдэбэтэл Элиэнэп, Хомподоевы холбоо эрэ, – диэтэ старшина кыыска.

– Хомподоев истэр, – бэркэ билэр куолаһа дуораһыйбытыгар, Захар Захарович ыйытардыы старшинаны көрдө, анарааҥҥыта, рация диэки кыҥнах гынаат, сипсийдэ: «Саҥар…»

– Бу мин, Элиэнэппин, миэхэ наадыйдыҥ дуо?

– Оо, Захар Захарович, мунньахтаары эйигин кэтэһэ олоробут, биир дьыаланы эйиэхэ биэриэхтээхпин, мааҕын көрсөрбөр этиэх буола олорон таһыччы умнан кэбиспиппин, сарсын бэйэм командировкаҕа көтөбүн, сибилигин кэл. Дьиэҕэр төлөпүөннүү сатыы олорбутум, хата, даачалаабыккын Мальцевтан истэн… Чэ, күүтэбин…

– Сөп, сотору тиийиэм…

Силиэстийэ управлениетын начаалынньыга Хомподоев хоһуттан күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ таҕыстылар, прокуратураҕа өр кэмҥэ силиэдэбэтэлинэн үлэлиир Харлампьевич оҕонньор Захар Захаровиһы батыһан кини кабинетыгар кииристэ:

– Сахаар, – диэтэ кини, үгэһинэн, сахалыы унаарытан. – Маҥнайгы силиэстийэ түмүгэ, өлөрүөхсүтү була охсуу түргэнэ, кэбэҕэһэ сүрдээх. Итинниги саарбаҕалыыр баҕайы. Маннык түгэҥҥэ өрүү сэрэхтээхтик, итэҕэйэр-итэҕэйбэт иккэрдинэн сыһыаннаһар куолу, – оҕонньор эдэр силиэдэбэтэл тулуйбатах-тэһийбэтэх быһыынан кэҕиҥниирин көрөн эбэн биэрдэ. – Итини бэйэҥ да бэркэ билэриҥ чахчы, мин уруккута үөрэппит оҕом буоларгынан эрэ этэбин. Бастакы силиэстийэ олус көтүмэхтик оҥоһуллубут. Өлөрүөхсүтү тута буллубут диэн уоскуйан хаалбыттар. Дьиҥэр, мунаах ыйытыылар элбэхтэр. Давыдов тоҕо, туох соруктаах итиччэ түүн Александровалыын Сайсары күөлүгэр кэллэ? Кинилэрдиин ким эмэ сылдьыспыта дуо? Хаар түүнү быһа түһэр. Суолу-ииһи симэлиппит диэн быһаарыы астыга суох. Сахаар, эн бэһис автобус суоппардарын кытта кэпсэт, өлөрүү автобус тиһэх тохтобулуттан соччо ырааҕа суох ээ. Баҕар, ким эмэ Александрованы эрдэ көрбүтэ буолуо. Бириэмэҕин өйдөө – судмедэксперт быһаарыытынан, Александрова бастакы чыыһыла үүнэр түүнүгэр сүүрбэ үс чаастан икки чаас иһигэр өлбүт, ол аата автобус сырыыта бүтэрин саҕана. Ити кэмҥэ дьон автобуска бэрт сэдэх буолааччы. Онон суоппар кинини эбэтэр Давыдовы өйдүөн сөп. Иккиһинэн, Хомподоев сөпкө этэр. Күөл чугаһыгар Александрова билэр дьоннооҕо буолаарай, ону чуолкайдаа.

Захар Захарович биир-икки тылынан быһыта охсон хардара-хардара, сөбүлэһэрин өйдөтөн кэҕилдьийэ олордо. Харлампьевич тахсыбытын кэннэ Элиэнэп сейфэттэн паапканы ылла. Харлампьевич – итинник киһи, бэрт биллэр суоллары да хат-хат лэбэйэрин, быһаара сатыырын сөбүлүүр. Ол эрээри үчүгэйи эрэ баҕаран сүбэлииргэ кыһаллан эрдэҕэ…

Иннигэр уурбут паапкатын чугаһата тарта, дьыаланы арыйталаан үрдүнэн-аннынан көрдө. «Александрова Гелена Семеновна, 1953 с. төрүөх, Салдыннааҕы олох-дьаһах комбинатын атах таҥаһын тигэр сыаҕын сэбиэдиссэйэ»… «Интэриэһинэй… саха, партията суох…» Сөөп, бу өлөрүөхсүт Давыдов Федор көрдөрүүтэ: «Алтынньы 31 күнүгэр киэһэ биэс ааһыыта ыалбыт Хамсеев миэхэ киирбитэ. Биһиги дуобаттаабыппыт, биир бытыылка буокканы испиппит, онтон Хамсеев дьиэтигэр тахсыбыта уонна кэргэниттэн кистээн бытыылка буокканы киллэрбитин дуобаттыы-дуобаттыы (өссө дуобаттаахтар ээ!) испиппит. Өссө эбинэр санаа киирбитэ. Миэхэ үс солкуобай баара, Хамсеев биэс солкуобайы эппитэ, онон маҕаһыыҥҥа бэрт тиэтэлинэн барбытым, буокка атыыланан бүтэрэ – сэттэ чаас буолара чугаһаабыт этэ. Икки буокканы ылбытым, Хамсеевтыын ону иһэ-иһэ дуобаттыы олордохпутуна, Александрова Гелена кэлбитэ, мин кинини 1971 сыллаахтан билэбин. Гелена кэлбитин үдүк-бадык өйдүүбүн. Улаханнык итирбит быһыылааҕым. Киниэхэ арыгы иһэрдэ сатыырбытын аккаастанар курдуга. Онтон Геленаны атаара бардым быһыылааҕа (быһыылааҕа!), Сайсары күөлгэ сылдьарбыт, Геленаны кууһа, ууруу сатыырым түүл-бит курдук. Онтон Гелена миигин улаханнык өһүргэттэ быһыылааҕа (быһыылааҕа!), хаһыытыы түһээт, быһаҕынан түөскэ сырбаппытым… Онтон дьиэбэр хайдах тиийбиппин билбэппин, сарсыарда милииссийэ үлэһиттэрэ кэлэн дьиэбиттэн ылбыттара…» (Тоҕо судургутай, уопсайынан, Чехов уулуссатыттан кинилэр хайдах Сайсары күөлгэ тиийэн хааллылар, икки бытыылканы соҕотоҕун испит итирик киһи, бэрдэ буоллар, автобус тохтобулугар эрэ тиэрдиэн сөбө…)

Элиэнэп аны Давыдов дьиэтигэр оҥоһуллубут дьэҥдьиир боротокуолун аахта: «… Давыдов дьиэтиттэн үс быһах көһүннэ, олортон тимирин уһуна 12 см, төрдүнэн – 2 см, ончоҕо – 0,2 см саха быһаҕа Александрованы өлөрүүгэ туһаныллыбыт буолуон сөп. Быһах судмедэксперкэ бэрилиннэ. Дьэҥдьииргэ 41 размердаах, тилэҕэ, оһо элэйбит кирзовай саппыкы көһүннэ, саппыкыга хаан таммалаабытын санатар дьэбинниҥи хараҥа бээтинэлэр бааллар…»

Аны бу судмедэксперт быһаарыыта: «Быһахха ханнык да хаан бэлиэлэрэ суохтар… Саппыкыга көстүбүт хаан бөлөҕө – В альфа (III) – өлүөхсүт Александрова хаанын бөлөҕөр сөп түбэһэр…» Кырдьык, дьэ, бу уорбалааһыны бигэргэтэр чиҥ дакаастабыл… Быһылаан тахсыбыт сирин боротокуола: «Өлүк иттэннэри сытар. Илиилэрэ быластыы быраҕыллыбыттар. Атахтарын тыылыы тэппит.

Өлүк таҥаһа: истээх хара тирии сонноох, бары тимэхтэрэ бүтүннэр эрээри, соно нэлэккэй, хоҥор өҥнөөх кримплен көстүүмнээх, иккис уонна төрдүс тимэхтэрэ төлөрүтүллүбүттэр, хаҥас өттүгэр, үһүс тимэхтэн биир сантиметр курдук үрдүккэ 2х1 сантиметр курдук ньолбуһах алдьаныы…»

Элиэнэп: «Чэ, бэйи, сарсын сиһилии…» – дии санаат, атын лииһи арыйда – өлүк хаартыскалара чугастан, тэйиччиттэн… Эмискэ силиэдэбэтэл илиитэ дьигис гынан паапканы мүччү тута сыста – хаартыскаҕа санаарҕаабыттыы саймаарыччы көрбүт, бэрт холку-номоҕон дьүһүннээх кыыс. «Александрова, Александрова…» – Захар Захарович хаартысканы көрөн туран, толкуйдаата. – «Капитолина араспаанньата эмиэ Александрова этэ дии…»

Ол хас да сыллааҕыта, Захар Захарович маҥнай үөрэҕин бүтэрдэҕин утаа этэ. Саҥардыы силиэдэбэтэллээн эрэр Элиэнэп уоппускатыгар Хара Муора кытылыгар курорка сынньаммыта. Оччолорго холостуой киһини туох тутуо баарай – санаата да бултуу, баҕарда да курорка барар кыахтааҕа. Муораҕа дуоһуйуор диэри сөтүөлээн, умсаахтаан баран, итии кумахха кэтэх тардыста сытан: «Хайаа, ити саха курдук киһи», – диэн саҥаны истээт, хараҕын аспыта – аттыгар икки кыыс турара, ууттан саҥардыы тахсан, купальниктара, үтүктүспүттүү санныларыгар тарҕата намылыппыт ньаассын баттахтара инчэҕэйэ, соһуйбут курдук кинини өгүрүк-төгүрүк көрөллөрө… Элиэнэп олоро түспүтэ уонна, төһө да сахаларын өйдөөтөр, атын туох да диэн ыйытыан билбэккэ:

– Эһиги сахаларгыт дуо? – диэбитэ.

Кыргыттар соһуйбуттара, онтон үөрэ түспүттэрэ. Билсибиттэрэ. Биирдэрэ – этиргэн, мыс курдук эттээх-сииннээх, намыһах уҥуохтаах кыыс Мила – Сунтаар оройуонуттан кэлбит, онно учууталлыыр эбит, оттон иккиһэ – кулуһун курдук көнө уҥуохтаах кырасыабай кыыс: «Капа… Капитолинабын», – диэбитэ уонна эппитэ:

– Ресторан үлэһитэбин. Оттон эн туох үлэһиккиний?

– Мин дуо? – Элиэнэп мух-мах буолан иһэн өрүһүммүтэ. – Органнарга.

– Ханнык? – аны Милата кыттыспыта. – КГБ дуо?

– Суох…

– Аа, милииссийэ буоллаҕа, – Мила, уҥа илиитин күөрэччи тутан туран, театр сценатыттан саҥарардыы бэрт дорҕоонноохтук: – Моя милиция меня бережет… – диэн эрдэҕинэ Капитолина быһа түспүтэ:

– Чэ, Мила, тохтоо, артыыстаама.

Кырдьыга, Элиэнэп кинилэри улаханнык аахайбатаҕа, онтон киэһэ кэнсиэркэ ыҥырбыттарыгар саараҥнаан баран сөбүлэспитэ – ханныгын да иһин, биир дойдулаахтара буоллахтара.

«Билигин, Гелена Александрова өлүүтүнэн сибээстээн, Капитолина эмиэ күөрэйэн кэллэ дуу? Баҕар, аймахтыы буолбатах, көннөрү биир араспаанньалаахтара дуу? Ол эрээри бокуонньук хаартыската үүт-үкчү Капитолина курдук ээ… Захар Захарович бу икки киһи хайаан да аймахтыыларын сүрэҕинэн сэрэйэ-сэрэйэ, дьыала лиистэрин арыйталаата: «Оо, ол иһин да… Бу кэллэ: «Туоһу К.С. Александрова, 1951 с. төрүөх, «Сайсары» ресторан оркестрын солистката: «Балтым Геля алтынньы 31 күнүгэр киэһэ 6 чаас саҕана мин дьиэбиттэн барбыта. Мин үлэбиттэн түүн 1 чаас саҕана бүтэн кыбартыырабар кэлбитим – Геля суоҕа. Дьүөгэлэригэр хонноҕо диэн улаханнык аахайбатаҕым, сарсыныгар кэлбэтэҕэр дьиксинэн эрдэхпинэ, киэһэ милииссийэттэн кэлбиттэрэ…»

Остуолга турар төлөпүөн эмискэччи тырылыы түстэ, Элиэнэп туруупканы ылла.

– Сахаар, хайа, хаһан кэлэҕин, – кэргэнин Марианна саҥата иһилиннэ. – Аспыт сойоору гынна, эйигин кэтэһэ олоробут.

– Билигин тиийиэм, – Захар Захарович туруупканы уурда, онтон сейфэтин аһан паапкайы ууран иһэн, тугу эрэ өйдөөн арыйда, санаарҕаабыттыы саймаарыччы көрбүт кыыс хаартыскатын сыныйан одууласта.

«Өлөрүөхсүт – Давыдов буолуо дуо? Ол эрээри силиэстийэлээһин көтүмэхтик саҕаламмыт, – дии санаата. – Ити гынан баран Давыдов көрдөрүүлэрэ да мунаахтар, «быһыылаахпын», «курдук» эҥин буолан, дьонум саараҥныахтарын саараҥнаабыттар».