Киэһэ муҥхаларын сүкпүтүнэн ууга киирдилэр, оҥочолорун мааҕыын адьас кытыыга, ууга биэтэҥнии турардыы хаалларбыттара кумахха балачча үөһэ тахсыбыт.
– Оок-сиэ уубут түһэр эбит ээ, – диэтэ Көстөкүүн уонна кумахха дьурулас суолу хаалларан, оҥочону ууга анньан киллэрдэ, тумсугар үөһэ муҥханы сааһылаан уурда:
– Эһиги кытыынан миигин көрө-көрө, ыксаабакка аа-дьуо хаамсыҥ, мин эрдинэн ол тумулга тахсыам, – диэтэ. Кыыстаах уол муҥха кытыы кынатын бэчимэ быатын туппутунан кумах кытылга хааллылар, Бэргэн кедаларын устан, тобугар диэри ууга киирдэ, күн устата сылыйбыт хомо хамсаабат уута бөтөҕөтүн сымнаҕастык кууспахтаата, Ксенья үөһэнэн, кураанах сиринэн, барар буолла. Көстөкүүн эрчимнээхтик эрдиилэрин тардыалаан, үөскэ дьулуста, эрдиилэр салбахтара ууга батары түһэ-түһэ, чөҥөрүйэ эргичийэр иилэри үөскэттилэр, муҥха кыната субуруйан түһэн барда.
Уол балыгы үргүтээри быатынан ууну таһыйбахыы-таһыйбахтыы бытааннык хааман истэҕинэ, кыыһа: «Бэргэн», – диэн сипсийдэ, кини диэки хайыспытыгар Ксенья: «Ууну охсума», – диэн сөмүйэтин уоһугар туттарын көрөн мичик гынна:
– Ксенья, соруйан ууну тыаһатабын, ити аата балык кэннибитигэр баран хаалбатын, куоппатын диэн куттуур быһыым, – диэтэ.
Лаппыныахтаах муҥха ийэтэ кэлбитигэр Көстөкүүн оннуттан туран, быраҕан күдээриттэ уонна оҥочотун кытыл диэки эргитэн, күүскэ түһүөлээн эрдинэн барда. Кыыстаах уол муҥхаларын кынатын тарда-тарда, киниэхэ утары тиийдилэр, Көстөкүүн оҥочото чычаас сиргэ кэлэрин кытта ыстанан түстэ уонна икки илиитинэн хардары-таары үөс кынаты бэйэтигэр уунаҥната тардыалаабытынан уоллаах кыыс диэки нөрүччү туттан хааман тиийэн, икки кынат аллара таастыганнаах эҥээрин холбуу тутан самахтаата, эдэрдэр муҥха икки эҥээрин хомуйа субуйдулар. Долгуннарга күөрэҥнии-күөрэҥнии лаппыныах тимиҥнээн ылла. Сотору муҥха ийэтин кытыыга соһон таһаардылар – хас да балык өрөҕөтө үрүҥ көмүһүнэн туртаҥнаата, хаайыыга түбэспит сордоохтор күүскэ мөхсөн, ууну ыспахтыы лаһыйдылар. Балыгы таһаара охсоору үһүөн былдьаһа-тарыһа муҥха үрдүгэр түстүлэр, саҥа-иҥэ суох, тиһэҕэр ийэтэ кэлбитин тиэрэн, балыктары кумахха сүөкээтилэр, Көстөкүүн обургуларын хайыытыттан талахха тистэ уонна Ксеньяҕа уунна:
– Тоойуом, балары таһааран мииннээ, оттон Бэргэн биһикки өссө биир сиргэ сылдьардаахпыт, ааспыт сырыыга үппүт илиммин көрүөхпүт, чаас курдугунан эргиллиэхпит.
Кыыс балыктарын эйэҥэлэппитинэн сыыры эрчимнээхтик дабайан, үүтээн таһыгар кэллэ. Элбэх эт-балык үрдүгэр ыраастанан, остуол хараара килэрийбит сирэйигэр балыктары хатырыктаан, иһин-үөһүн ыраастаан, үөрэҕэстии оҕуста. Үрдүгэр суугунуу сипсиһэр хатыҥ сэбирдэхтэрин быыһыгар чыычаахтар чубугураһан ылаллар, уу кытыытыгар сүтэн хаалар бырдахтар манна, сииктээх буолан хойуу от-мас ортотугар, быыстала суох тыҥкынаһа көтөллөр, Ксенья салгын сиэбэтэх маҥан моонньугар, сиэхтэрин тиэрбит харытыгар түһээри ыксаталлар. Оллооҥҥо балыктаах солуурчаҕы ыйаан баран, умуллубут кутаатын саҥаттан сөргүтэн хаппыт мастары быраҕаттаан уотун күөдьүттэ, тоһутталаммыт абырҕал устун кыымнар сырсыакаластылар уонна уот амынньыардары бүтүннүү кууспаҕалаан, кутаа умайан куугунаата.
Ксенья дүлүҥ үрдүгэр олорон, уоту одуулаһа-одуулаһа уруккуну-хойуккуну эргитэ саныыр. Кини олох кыратыгар ийэтэ өлбүтэ, ийэтин соччо-бачча өйдөөбөт, арай күөх да күөх киэҥ алаас ортотунан ыллык суолунан сүгэн баран эрэллэрин, ийэтэ киҥинэйэн ыллыыра, көхсүгэр кулгааҕынан сыһыннаҕына, киҥкинэс ырыа иһиллэрэ. Онтон эмиэ барыта туманынан бүрүллэр. Арай олус дьэҥкэ хартыына буолан, ийэтэ хоруопка сытара, сайыҥҥы күн таһаҕас тиэйэр массыына аһаҕас кузовыгар ууран, кылабыыһаҕа илдьэ барбыттара, дириҥ да дириҥ иин иһигэр түһэрэн, буору бурҕаҥната быраҕаттыыллара, этиэх түгэнэ томтор буору таһааран хаптаһын туумбаларын туруоран эрэллэрэ санаатыгар бу баардыы тиллэр. Онтон эмиэ үгүс умнуллар, туман иһигэр сүтэр, аҕата кинини кууһан олорон туох эрэ минньигэс отоннору сиэтэрин, ханнык эрэ уоскутар тыллары саҥарарын өйдүүр.
Иккиэйэх хаалыахтарыттан ыла кинини аҕата көрөрө, соҕотох төрөппүт амарах тапталыгар куустаран улааппыта. Аҕата биирдэ атын дьахтары аҕала сылдьыбыта, ол маачахата кинини тоҕо эрэ хара ааныттан сөбүлээбэтэҕин, кыраттан да сылтаан мөҕөрүн-этэрин өйдүүр. Кини онтон олус хомойоро, кистээн да, илэ да ытыыра. Аҕата тулуйбакка, саҥа ойоҕун кытта биирдэ улаханнык иирсибитэ, дьахтар: «Аһайгын кытта үөдэн да түгэҕэр түс!» – диирин өйдүүр. Дьахтар барбыта, аҕата онтон ыла кэргэннэнэ да сатаабатаҕа, аҥаардас эдьиийэ көһөн кэлэн, кинилэр астарын-үөллэрин, таҥастарын-саптарын көрөн-истэн улаатыннарбыта. Аҕата билиҥҥэ диэри кинини атаахтатар, бэл: «Оҕолор каникулларыгар бары соҕуруу бараллар», – диэбитин иһин, харчытын мунньан, соҕуруу сынньата ыытан эрдэҕэ.
Оо, арай билигин кинини көрдүн, быйыл сааска диэри түүлүгэр да оҕустарбатах уолун кытта хаһан да харахтаабатах дьонугар ыалдьыттыы, икки эр киһини кытта өрүс арыытыгар сылдьарын биллин, бука, олох сөбүлүө суох этэ. Ол эрээри кини тоҕо эрэ Бэргэҥҥэ эрэнэр, кини туох да куһаҕаны оҥорботугар саарбаҕалаабат, арай билсибиттэрэ кылгас курдук да, туох диэххиний, атом, космос үйэтэ буолан, барыта бэрт суһаллык быһаарыллан эрдэҕэ. Былыргы дьон өйө-санаата букатын атын буоллаҕа, кинилэр таһырдьа хаар туртайарыттан, иһирдьэ уот кытарарыттан атыны көрбөтөх-билбэтэх дьон этилэрэ, Сэбиэскэй былааска эрэ саҥаҕа-сонуҥҥа үктэннэхтэрэ, оттон билигин итинник тэтиминэн кими да соһуппаккын…
Балык миинэ арыыта-сыата быргыйан тахсыбытыгар тууһаан-тумалаан, лууктаан-чочунаахтаан кэбистэ, устудьуон хобдох аһылыгар үөрэммит киһиэхэ ураты минньигэс сыта саба биэрбитигэр тулуйбакка, үөһэ устаҥалыы сылдьар балык өрөҕөтүн луосканан баһан амсайда, сүрдээх эмис, минньигэс эбит. Миини уот кытыытыгар тардарын аҕай кытта, тыа быыһыгар дьоннор кэпсэтэн күллүгүрэстилэр, чочумча буолаат, уу кэһэр саппыкыларынан оту кэһэр тыастара сардырҕаспытынан Бэргэннээх Көстөкүүн тахсан кэллилэр, иккиэн түгэҕэ хараара сиигирбит үрүксээктэри сүкпүттэр, мииннээх солуурчах уот кытыытыгар үрүҥ паарынан бургучуйа турарын көрөн, Көстөкүүн кыыһы хайҕаата:
– Маладьыас! Түргэн туттунуулаах киһи эбиккин, хайыы-үйэ ас бэлэм!
Үүтээн кэтэҕэр аһы харайар чычаас омуһах баар эбит, сүгэн кэлбит балыктарын онно уктулар уонна тииккэ саайыллыбыт урукумуонньукка илиилэрин суунан баран, остуолга кэлэн олордулар. Ксенья тимир миискэҕэ балык үөрэҕэстэрин биир-биир таһааран уурталаата, ол кэмҥэ Бэргэн суумкатыттан шампаннаах үрүҥ арыгы кылбаһыйбыт бытыылкаларын таһаарбытын, Көстөкүүн уруйдуу көрүстэ:
– Дьэ бу бэрт! Быраатым ол иһин убайыгар хайаан илии тутуура суох кэлиэй?! Биһиэхэ билигин баартыйа Киин Кэмитиэтин арыгылааһыны утары уурааҕа тахсыбыта диэннэр, хантан да бу аһы тымтыктанан да булбаппыт, арыгыны Горбачев кытаанахтык бопто. Оттон урут, биһиги эдэрбитигэр, куоракка бэл «түүҥҥү маҕаһыын» диэн баар буолара, суукка хайа да кэмигэр тиийэн ыларбыт, аны Күөх баһаарга буочукалаах кыһыл арыгыны аҕыйах харчыга атыылаһан, тотуоххар диэри иһиэххин сөбө. Билигин бобуу-хаайыы кытаанах, сүүрбэ биирин туола илик ыччакка олох да биэрбэттэр, бээрэ эн хаһыҥ буолла?
– Сүүрбэ икким.
– Оок-сиэ, мүччү хапсыбыккын. Урут да ыһыах уонна оттооһун кэмигэр олох биир да бытыылканы бычыгыраппат гына бобон кэбиһэллэрэ. Итини адьас сыыһа дьаһал диибин, нууччаларга «бобуулаах отон минньигэс» диэн өс хоһооно баарыгар дылы, дьоннор ордук тууһугуран арыгыга охтоллор, туохтарын да тэбээн туран атыылаһаллар. Букатын дэлэччи тардан кэбиһиэххэ наада, ким төһөнү баҕарарынан ыллын, истин!
– Оттон улаханнык иһээччилэр умайан өлүөхтэрэ суоҕа дуо? – Ксенья сэмэйдик тыл кыбытан киһитин өссө өрүкүттэ:
– Умайдыннар! Ол биир-икки арыгыһыт мохоорбутуттан ый-күн төттөрү эргийиэхтэрэ суоҕа. Ол оннугар арыгынан үспүкүлээннээһин, испэттиин була-тала сатыыллара, онон арыгыһыт буолан бараллара тохтуох этэ.
Бэрт үөрүйэхтик туттан, шампанскайы тыаһаппакка эрэ аста, үрүҥүн бүөтүн төлө охсон, куруускалартан бииригэр шаманскайы, иккиһигэр үрүҥ арыгыны кутан кылыгыратта, бэйэтин куруускатын туппутунан умуллан эрэр кутаа иннигэр сөһүргэстээтэ, чохтору тарыйан уоту күөдьүттэ уонна аҕыйах тылы ботугураан алҕаан баран, чох үрдүгэр кутта, уот күлүм гынна:
– Дьэ, оҕолорум, эһэкээммит үөрдэ – этэҥҥэ сылдьаргытын, дьоллоох-соргулаах ыал буоларгытын тускулаата.
Остуолугар кэлэн, эбии арыгы куттан баран, куруускатын күөрэччи көтөхтө:
– Чэ эрэ, бастакы туоһу Бэргэн биһикки дойдубут туһугар көтөҕүөххэ! Төһө да тэлэһийэн атын сиргэ тиийэн-түгэнэн хаалларбын да, дойдубун санаабатах күнүм диэн суох! Өллөхпүнэ мантан дойдубар илдьэн кистээриҥ диэн кэриэспин этиэҕим, чэ, «тэп» гыннаран кэбиһиэҕиҥ! – этиитин тиһэх дорҕооннорун кытта убаҕаһы кыллырҕатан кэбистэ, кинини үтүктэн, Бэргэн бэйэтин өлүүтүн эмиэ мэлиттэ.
Ксенья куруусканы уоһугар тириэрдэн баран төттөрү уурбутугар, Көстөкүүн аймана түстэ:
– Тыый, тоойуом, биһиги дойдубут туһугар испэтэххинэ улахан аньыыны оҥостоҕун! Сампаан диэн тар уута буоллаҕа, ону баҕас иһэн кэбис!
Кыыс аньыыны оҥороору гыммытыттан куттаммыт курдук куруускатын хантатан кэбистэ, омунугар буолан, амтанын да билбэккэ хаалла.
– Маладьыас! – хаһаайын хайҕаата уонна сонно иккистээн кутуталаата. – Сайын барахсан үгэннээн турара үчүгэй даҕаны, сотору ыһыахтар, онтон бары күргүөмнээн окко киириэхпит буоллаҕа. Тоойуом, – диэтэ кини Ксеньяҕа туһаайан, – бу Бэргэн ийэлээх аҕата үчүгэйкээн дьон этилэр, хомойуох иһин, Таҥара кинилэргэ уһуннук олорор кыаҕы биэрбэтэҕэ… Ол иһин биһиги нэһилиэк дьоно бука бары Бэргэммитин сөбүлүүбүт, ытыктыыбыт, өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх дииллэринии, хата, кини ийэлээх аҕатын – хаарыаннаах дьону ааттатыа, оттон эн туох дьонноох-сэргэлээх оҕоҕунуй?
– Аҕам баар, ийэм кырабар суох буолбута…
– Оо, дьэ куһаҕан, бырастыы гын мин ону билбэт буолан ыйыттым. Чэ, бу Бэргэн дьонун уонна эн ийэҥ барахсан кэриэһигэр туран эрэ көтөҕүөҕүҥ.
Ксенья иһигэр соччо сөбүлээбэтэр да, хайыай – туран баран эмиэ куруускатын барытын таҥхатарыгар тиийдэ. Эр дьон, балыктарын сии-сии, күө-дьаа буолан кэпсэтэ олороллор, шампанскайдара диэн тута киһи төбөтүгэр тахсар ас эбит, хайдах эрэ тулата барыта сүрдээх үчүгэй буола түстэ, Бэргэннээх Көстөкүүнү былыр-былыргыттан билэр дьонун курдук санаата. Ити икки ардыгар Көстөкүүн эмиэ куруускаларга кута охсон, дорҕоонноохтук эттэ:
– Чэ, саҥа ыаллар дьолгут-соргугут туһугар! Мин, Бэргэни кыра эрдэҕиттэн билэр аҕа саастаах биир дойдулааҕа буоларбынан, эҕэрдэлиибин уонна көтөхтөрөбүн!
Кыыс маҥнай улаханнык соһуйда, тугу эрэ утарсыах курдук уоһун чорбоҥнотон баран хаалла. Онтон санаата көтөҕөллүбүтүгэр, шампанскайтан мэйиитэ эргичийэрэ эпсэн: «Чэ, ол эрээри саҥа ыал диирэ эмиэ да сөп курдук, ол да иһин баччалаах сиргэ кэлистэҕэ. Уонна Бэргэн туох куһаҕаннаах уолуй? Арыый сиһилии билсибэккэ эрэ хааллахпыт дуу?..» Куруускаларын охсуһуннараары ууммуттарын көрөн, Ксенья саҥа ыал туһугар иһэрин саараҥныах курдук гынан баран, куруускатын үөһэ кырыытынан таарыйда. Истилэр.
– Дьэ бу бэрт! – диэн биһириирин биллэрэн баран, Көстөкүүн эмиэ куруускатын тобоҕолоото. – Оҕолоор, маннык боппуруостаахпын, эһиги үүтээҥҥэ утуйаҕыт дуу эбэтэр балааккаҕа дуу?
– Балаакка эмиэ баар дуо? – Бэргэн ыйытта.
– Баар-баар.
– Чэ, оччоҕо хайыыбыт? – уол кыыһын диэки көрбүтүгэр биирдэрэ туох да диэн саҥарбата, мэктиэтигэр, тылыттан матан хаалбыкка дылы: «Бүгүн төннүбэт эбиппит дуу?» – диэн санаа элэс гынан ааста уонна саннын ыгдах гыннарда, онуоха Бэргэн:
– Балаакката ордук буолара дуу, бачча үчүгэйгэ салгыннаах сиргэ сыыр үөһэ, күөх хонууга балааккаҕа сытар, аллара эбэ долгуннара кытылга кыллыр-халлыр охсуллалларын иһиллиир олус үчүгэй буолааччы, – диэтэ.
Көстөкүүн кинилэри саҥата суох көрөн турбахтаан баран, кэпсэтиигэ кытынна:
– Үчүгэй, эн этэриҥ курдук мантан икки сүүсчэкэ хаамыылаах сиргэ арыыбыт тумсугар күөх оттоох көнө хонуу баар, онно балааккаланар ордук буолуо.
О проекте
О подписке