Бэргэн сарсыныгар эксээмэнигэр бэлэмнэнэн, Пушкин аатынан бибилэтиэкэҕэ күнү быһа олорон баран, киэһэриитэ аахпыт кинигэлэрин туттарда уонна сылайбыта таайан Ленин проспегын устун аа-дьуо саллаҥнаан истэ. Оптуобус тохтобулун аттынан ааһан истэҕинэ ким эрэ чуолкайдык: «Бэргэн!» – диэн ыҥырбытыгар тохтуу түстэ. Тохтобулга турар дьон быыһыттан биир дэриэбинэттэн сылдьар киһитэ Көстөкүүн күлбүтүнэн утары хааман кэллэ. Уол кинини көрөн эмиэ мичээрдээтэ, кырдьык, маҥнай үөрэнэ киирдэҕин утаа, куоракка дойдутун киһитин көрүстэҕинэ олус үөрэр буолара, билигин куорат олоҕор син үөрэннэ да, син биир дойду киһитэ күндү, оттон бу Көстөкүүнү көрбөтөҕө үйэ буолла, кини сопхуос биир бастыҥ суоппара этэ, Бэргэннээх оскуоланы бүтэрэллэрин саҕана атын оройуон кыыһын кэргэн ылан көһөн барбыт айыытынан, дойдутугар кэлэн да барбат. Дьоннор өссө күлэр буолаллара: «Көстөкүүммүт сылдьан-сылдьан баран, бэйэтэ сүктэн барбыт», – диэн.
– Бэргэн, дорообо, көрбөтөх ыраатта, хайдах-туох сылдьаҕын? Тугунан дьарыктанаҕын?
– Сылдьыы үчүгэй, бэйэм устудьуоммун.
– Ханна үөрэнэҕин?
– Техфакка.
– Бүтэрдэххинэ, туох үлэһит буолаҕын?
– Хайа инсэньиэрэ.
– Оок-сиэ, саахта үлэһитэ буолан, сир анныттан тахсыа суоххун, туох абааһы үөрэҕэр киирбиккиний? Оттон Уурунуу Уйбаан уола Бээчэ эйигиттэн кыратык аҕа буолуохтаах этэ, бэлиитикэнэн дьарыктанар устуоруйа үөрэҕин бүтэрэн, хоту тиийэн хайыы-үйэ хомсомуол оройкуомун бастакы сэкирэтээрэ үһү, сотору оройкуомҥа баартыйа сэкирэтээринэн өрө тахсыаҕа. Ол курдук, бартыбыалын кыбыммытынан дабайан, бары үрдэллэри турбутунан ааһан иһиэҕэ, аҕыйах сылынан манна «Үрүҥ дьиэҕэ» кэлэн, сылаас кириэһилэҕэ «лах» гына түһүөҕэ. Уурунуулар аймах бары да оннук сатабыллаах, хайа да былааска далбарга сылдьары сатыыр дьон, ыраахтааҕы да саҕана баай сурахтаахтара, сэбиэскэйгэ да ат үрдүттэн түспэттэр.
– Бары бартыбыал кыбынан баран ат үрдүгэр сырыттахпытына, ким хара үлэнэн дьарыктаныай? – бу өртөн көрбөтөх биир дойдулааҕа хара ааныттан талан ылбыт идэтин сирэн барбытын Бэргэн сөбүлээбэтэ, ону Көстөкүүн да өйдөөтө быһыылаах, Уурунуулар сатабылларын туһунан кэпсээнин тохтотон, эйэ дэмнээхтик унаарытта:
– Чэ, ити оонньоон этэбин, күндү тааһы – алмааһы, кыһыл көмүһү ирдэһэн булар-талар үлэһит буолсугун, биһиги эҥээртэн оннук киһи тахса илигэ.
– Көстөкүүн, билигин ханна бааргыный?
– Ээ, мин Нам киһитэ буолбутум ыраатта, идэбинэн суоппардыыбын, окко киириэх иннинэ аҕыйах күнү көҥүллэтэн куоракка киирэ сылдьабын. Бу киэһэ төттөрү тахсабын, тиийэн илиммин-муҥхабын тэринэн, сарсын эбэбэр балыктыы киириэм, эһиги куоракка хайдах тэһийэн-тулуйан олороргутун сөҕөбүн, эчи киһитэ-массыыната элбэҕин, сыта-сымара куһаҕанын! Мин аҕыйах хоноору адьас сөп буоллум, тыабын-хонуубун, өрүспүн суохтаатым аҕай. Хата эн үөрэҕиҥ бүттэҕинэ миэхэ тахса сырыт, бу икки ардыгар өр гынан тиийиэҥ дуо? Уолбун балыктата илдьэ барыам.
– Ээй, хаһан онно… – диэн иһэн, Бэргэн сарсын тиһэх эксээмэнин туттарарын, онон быйылгы дьыллааҕы үөрэҕэ бүтэрин өйдөөн саҥа аллайда: – Көстөкүүн, арба даҕаны эн бу киэһэ тахсабын диэтиҥ дуу? Оттон мин табаарыспын илдьэ сарсын киэһэ эһиэхэ бардахпына хайдаҕый? Илдьэ сылдьыаҥ дуо?
– Илдьэ сылдьымына! – дии охсоот, Көстөкүүн үөннээхтик мүчүйдэ: – Ол табаарыһыҥ кимий? Кыыс буолаарай?
Бэргэн өрүһүспүт курдук:
– Кыыс-кыыс, – диирин кытта, киһитэ үөрэн өттүгүн охсунна:
– Тууй-сиэ, бу дьаадараны көр! – ити саамай хайҕаатаҕына туттар тыла быһыылаах: – дьэ маладьыас! Кэлиҥ-кэлиҥ, бырааппын уонна кийииппин туох кыайарбынан сынньатан бөҕө буоллаҕа дии, өрүс да киэҥ, балык да баар!
– «Кийииппин» диэмэ, ол өссө да биллэ илик, балыктыыр тэрил барыта баар ини?
– Туох диэн эттэххиний, оннооҕор буолуох миниистирдэри эҥин балыктатар буолуллара, иккиэйэх уоллаах кыыһы хайдах эмэ илдьэ сылдьар инибин. Кыра салаа үрэҕинэн киирдэххэ хомоҕо үүтээннээхпин, онно тиийиэхпит.
– Оок-сиэ кыыһым онно сөбүлэһэр үһү дуо? Оттон дэриэбинэттэн чугас балыктаан көрбөппүт дуо?
– Хайа, ол дэриэбинэ таһынааҕы ууну сомсоон, туох туһа кэлиэй? Бөһүөлэк оҕото-уруута тобус-толору буолуохтара. Чэ, ол эрээри антах тиийэн көрүөхпүт. Төһөтүн да иннигэр олус бэрт! Убайыҥ ааҕы үөрдэр киһи буолбуккун, мин, хата, бастакынан биллэрэн, дьоҥҥуттан махтал тылларын ылыыһыбын.
Бэргэн ону истэн, мэктиэтигэр, икки илиитинэн сапсыйда:
– Кэбиис-кэбис, туох да иһин дьоммор этимэ, этэбин дии – билигин ол кыыстыын билсэ эрэ сылдьабыт, эйиэхэ барсарга сөбүлэһэрэ да биллибэт, билигин баран чуолкайын билиэм. Хата, эн ыалгар төлөпүөннээххин дуо? Мин кыыһым туох диэбитин хайаан да иһитиннэриэм, – Көстөкүүнтэн төлөпүөн нүөмэрин ылаат, Бэргэн кыыс олорор уопсайыгар оптуобуһунан айаннаата.
Ксенья маҥнай Намҥа сынньана тахсар туһунан истэн саараата, эмиэ: «Ол хаһан билбит дьоммор барабын, сүрэ бэрт дии», – диэмэхтээн баран, сарсыныгар төннөллөрүн истэн бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэтэрдии ботугураата:
– Эмиэ да бачча үчүгэйгэ тыаҕа, өрүскэ сылдьар бэрт да буолуо, аны хаһан соҕурууттан кэлэн тыам сирин салгынынан тыыныамый?
Итини истэн, Бэргэн өссө омуннуран өрүкүнэйдэ:
– Билигин Сахабыт сирин сайынын саамай үчүгэй кэмэ, аны биир ыйынан кэлиэххитигэр диэри сай ортото ааһан от-мас кэхтэ быһыытыйыа. Онон хайаан да бардыбыт, мин эмиэ тылбын биэрэбин, туох да куһаҕаны оҥоруом суоҕа диэн.
– Чэ, буоллун, баҕар, эн этэриҥ да курдук буоллун.
Бэргэн үөрүүтүттэн көтүөн кыната эрэ суох буолан уопсай дьиэтигэр ыстанна, хоһо кураанах, уолаттара мэлигирдэр. Үлэҕэ кэтэр судургу таҥаһын-сабын булунна уонна Сайсары маҕаһыыныгар баран, килиэп, кэнсиэрбэ, толуонугар көрдөһөн үрүҥ арыгыны кытта шампанскай атыыласта. Онтон уопсай дьиэҕэ киирэн, аллара вахтаттан Көстөкүүн куоракка түһэ сытар ыалыгар эрийэн, киһитин булла, сарсын кыыһынаан иккиэн барар буолбуттарын иһитиннэрдэ, биир дойдулааҕа: «Дьэ бэрт эбит», – диэн биһирээтэ.
Уол кирилиэс биирдии үктэлин нөҥүө ойуолаан, хоһугар төннөн киирэн, ыскаап анныгар быраҕыллыбыт эргэ үрүксээгин булан, атыыласпыт аһын кытта уларыттар таҥаһын, куруускатын укта. Итинэн кини оҥостон бүппүт курдук буолла. Онтон киэһэ хойукка диэри олорон, сарсыҥ-ҥы күн тиһэх эксээмэнигэр бэлэмнэннэ. Уолаттар кэлбэтилэр. Бары бэрт холкулар, сарсыҥҥы эксээмэни ааһалларын бары да билэн сырыттахтара. Математическай ырытыыны тутар, сахатытан Кубалыырап диэн ааттыыр нуучча оҕонньордоро, Лебедев ыччаттары эрэйдээбэт үтүө киһи, эксээмэн тутарыгар билиэттэри түҥэтээт, аудиторияттан тахсан барара, онон шпаргалканы төһө баҕарар туһанан, бэл учебниктары да талбыт арыйталаан, билбэт да боппуруостарыгар бэлэмнэнэллэрэ. Учууталлара тоҥ күөс быстыҥа буолан баран төннөрө уонна кэлбитин биллэрэн аан айаҕар көхсүн этитэ-этитэ турбахтыыра. Ол иһин кини эксээмэнигэр саамай мөлтөх «ортону» ылара, үгүстэр «үчүгэйинэн», «туйгунунан» ааһаллара. Онон, уолаттар да, Бэргэн да сарсыҥҥы эксээмэн этэҥҥэ ааһыахтааҕын саарбаҕалаабат этилэр.
Уол кинигэлэрин онон-манан элэҥнэччи ааҕан баран, оронун оҥостон утуйардыы сытта, уолаттара, арааһа, омук дойдутун умсугутар киинэлэриттэн босхолонон да баран, атын туох эрэ кэрэхсэбиллээх дьарыгы булан, бүгүн да кэлбэт буоллулар быһыылаах, онон бу түүн соҕотоҕун хонор туруктанна, бары да Лебедев сымнаҕастык тутарыгар үөрэммит буолан, кини эксээмэнигэр бүдүрүйбэттэрин билэн сырыттахтара. Түннүгүнэн үрүҥ түүн налыйбыта көстөр, «Биллибэт дьахтар» олус боччумуран кинини бэрт таайтарыылаахтык, болҕомтолоохтук одуулаһар.
Ыалларыгар, Диналаах хосторугар, ким эрэ гитараҕа оонньуур, струналар тугу эрэ үҥсэргиирдии лыҥкынаһаллар, онтон санаа-оноо ыраата устаҥныыр, кэрэни, үчүгэйи күүтэр үөрүүттэн сүрэх эппэйэ тэбэр, сарсын, сарсын…
Эрдэттэн сэрэйбиттэрин курдук, Лебедев оҕонньорго туох да эрэйэ суох туттардылар. Бэргэн «туйгун» сыананы ылан, хоһугар кэлэн чэй испитэ буолаат, үрүксээгин туппутунан автовокзалага тэбиннэ. Оптуобус хоҥнуо арыый да эрдэ, онон уол мас ыскаамыйаҕа олорон, хайа эрэ бичтэр итирэн баран муомалаһалларын одуулаһа олордо. Сыыҥк-сыраан аллан, таҥастара-саптара холто буолан, дьэ сирэй-харах дьаабы, бу сордоохтор хайдах маннык ынырык олоххо тиийиэххэ диэри таҥнары түҥкэлэйбиттэрэ буолуой?! Саҥа төрүүллэригэр ийэлээх аҕалара үөрэн-көтөн көрүстэхтэрэ, онтон олох хаҕыс долгуннара быраҕаттыылларыгар түбэһэн, бу айылаах буоллахтара, туох диэн бу дьону буруйдуоҥуй, олох оннук эрэ дииргэр тиийэҕин, кинилэри аһыныахха эрэ сөптөөх…
Онтон Бэргэн чарапчы иһигэр бөлүөхсүбүт дьону көрбөхтөөтө, куорат таһыгар айаннааччылар суумка тутуурдаахтар, сорохтор үрүксээк сүкпүттэр, саамай ырааталлара Покровскайга, Намҥа баран эрдэхтэрэ, хас биирдиилэрэ туспа үөрүүлээх-хомолтолоох, бэйэлэрэ араас кыһалҕалаах сырыттахтара. Сир-дойду киэҥ, араас дьон элбэх…
Ити олорон сыыр диэки көрөөт, сүрэҕэ мөҕүл гынна – маҥан былаачыйалаах Ксенья сиртэн-буортан тэйэрдии чэпчэкитик туттан, хааман-сиимэн сэгэлдьитэн иһэр. Олоххо араас дьикти буоларынан, күүтүллэбэтэх түгэннэр соһуччу тосхойоллорунан уратылаах, быйыл сааска диэри маннык кэрэ кыыс күн сиригэр баара буолуо диэн санаабат да этэ, билигин бу наскылдьыйан иһэрэ үчүгэйин! Бэйиэт буоллар, хоһоон суруйуо эбит да, суох киһитигэр суох, арай аан маҥнай университекка киирбиттэрин кэнниттэн оскуолаҕа бииргэ үөрэммит уола, кэлин университет саха тылын факультетыгар киирбит Бааска, кистии-саба Арбита диэн бобуулаах бэйиэт «Долгуннар» диэн биирдик этиллэр эрээри, тус-туһунан өйдөбүллэрдээх тылларынан – омонимнарынан суруллубут бэйиэмэтин илиитинэн устубутун аҕалан уһултарбытын өйдөөтө, онно бааллара дии маннык тыллар:
Муус солко былааккын эринэн,
Кэлиий даа, мин күнүм күлүмэ,
Мин курдук эрэллээх эринэн
Дьоллонор төлкөҕүн күлүмэ…
Кэрэ кыыс туналыҥнатан иһэрин көрөн, санаатыгар бөҕүнэн-сыыһынан туолбут куорат уулуссалара быдан сырдаан-сэргэхсийэн кэллилэр, тула аалыҥнаһар дьон кытта тупсан хаалбыкка дылы буоллулар, ойон турбутун бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла, тиэтэйэ-саарайа кыыска утары барда.
– Хайа, күүттүҥ дуо? Бириэмэ билигин да баар дии, – Ксенья мичээрдиир, кини тута сылдьар чэпчэки таҥас суумкатын уол ылла:
– Суох, улаханнык күүппэтим, сөпкө кэллиҥ, оптуобуспут барыар диэри өссө да бириэмэ баар…
Сотору оптуобус күлтэһийэн кэлэн хорус гынна, наһаа элбэх буолбатахтар эрээри, син биир анньыалаһан-үтүөлэһэн иһирдьэ киирдилэр. Уоллаах кыыс кэлин олбоххо тиийэн сэргэстэһэ олордулар. Намҥа тиийэн, быыллаах суолу кыйа күөх от бытыгыраабытынан оргууй аҕай хаамыстылар, кыыс итииргээн дуу эбэтэр килбигийэриттэн дуу сирэйэ тэтэрэ кыыспыт, хата, Көстөкүүннэрин дьиэтэ автовокзалтан соччо ырааҕа суох эбит, үс мастаах күрүө сиэрдийэтин быыһынан Ксенья чэпчэкитик элэс гынна, оттон Бэргэн бэйэтин кыаҕын көрдөрөр баҕата тулуппата бадахтаах – үрүт сиэрдийэттэн тайанан, күрүөнү үрдүнэн ыстанан кэбистэ. Халҕан тыаһаата, кинилэр кэлэллэрин түннүгүнэн кэтэһэн олорбут быһыылаах – тобуга лоппоруттан тахсыбыт эргэ шкерэнэн уонна кубарыйбыт футболканан сылдьар Көстөкүүн утары матаһыйан кэллэ:
– Дорооболоруҥ! Кэлимээри гыннылар дуу диэн ыксыы сыстым, чэ, бэрт, манна хоноҕут дуу эбэтэр эбэҕэ киирэбит дуу?
– Ээ, киирэн буоллаҕа дии, сарсын төннөбүт, Ксенья соҕуруу барыахтаах, – дии оҕуста Бэргэн.
– Һок-сиэ! – Көстөкүүн сөҕөн баһын быһа илгиһиннэ, – уот ылардыы сырыылаах дьон буоллугут, ол да буоллар кэлбиккит бэрт, тоойуом, эн аатыҥ Ксенья диэн дуу?
– Ксенья, – кыыс улаханнык кыбыстан умса туттан турда.
– Мин эйиэхэ боростуой таҥас-сап булан биэриэм, ууну-хаары ортотунан сылдьарга мааны былаачыйанан сылдьар сатаммат.
– Уларыттар таҥастаахпын ээ… – диэтэ Ксенья арыычча иһиллэрдик.
– Оччоҕо үчүгэй, чэ, дьиэҕэ киириэҕиҥ.
Таһырдьа куйаарбытыгар холоотоххо, дьиэ иһэ лаппа сөрүүн эбит, ким да суоҕун дьиктиргээн, Бэргэн атаһыттан ыйытта:
– Хайа, оттон кэргэниҥ?
– Ээ, дойдутугар ыһыахтыы барбыта, кини – Мэҥэ Хаҥалас, иккиэн араас оройуоннарбыт эрээри, манна дьолбутун булан олордохпут. Чэ, туох баарынан аһааҥ, киэһэ ууттан тахсыбытынан балыгы мииннээн иһиэхпит.
Сонун астан күөрчэх баарын уоллаах кыыс килиэби булкуйа-булкуйа сиэн, начаас миискэ түгэҕин көрдүлэр, аһаан бүтэн, айанныырдыы тэриннилэр. Көстөкүүн уоллуун хоско киирэн таҥастарын уларытыннылар, оттон хаһаайын ыйан биэрбит атын хоһугар Ксенья киирэн, былаачыйатын оннугар спортивнай көстүүм кэттэ. Кини хостон тахсыбытын көрбөхтөөн баран, Көстөкүүн саҥата суох таҥас ыйыыр ыскаап аннын хасыһан, дьоҕус бириһиэн сону кытта ыстааны уунна:
– Маны куормаҥ таһынан кэтэн кэбис, эмээхсиним таҥаһа, эйиэхэ сөп буолуо, төһө да бөһүөлэккэ итии курдугун иннигэр эбэҕэ чэлгиэннээх буолааччы, тоҥуоҥ.
Ксенья тугу да саҥарбакка, сонноох ыстааны туппутунан эмиэ хоһугар элэс гынна уонна сотору олору дьыраччы анньынан таҕыста.
– Дьэ бу бэрт, дьиҥнээх балыксыт бодотун ылыммыккын, – Көстөкүүн кыыһы хайҕаата.
Үһүөн таһырдьа таҕыстылар, хаһаайын үрүксээк сүгүүлээх, эрдиилэри кытта бензиннээх канистры тутта, Бэргэҥҥэ муҥханы сүктэрдэ. Туруору сыыры түһэллэрин кытта иннилэригэр өрүс улаҕата-уорҕата биллибэт киэҥ иэнэ нэлэһийэ түстэ, кыратык да тохтоон ылбакка мөхсөн дьирбиилэнэ оонньуур эрэһэ долгуннар урсуннарыгар күн уотун түһэрэн чаҕылыҥныы оонньууллар, үөһүнэн мотуордаах оҥочолор кыҥкынаһа тыаһыы төттөрү-таары сыыйыллаллар.
– Эбэбитигэр кириэстэнэн баран айаннаатахпыт, – диэтэ Көстөкүүн уу саппыкытын уһун осторун өрө тардан, оҥочотун кэннигэр ыйаммыт мотуорун биинтэлээх «атаҕын» өрө тардан кытылтан тэйиччи анньарыгар, оҥочотун иһигэр хапсаҕайдык ойон киирдэ, оҥочо иннигэр уурбут канистрын ылан, кэннигэр илдьэн туруупкаларын холбоото уонна:
– Чэ, киириҥ, – диэтэ.
Кыыстаах уол оҥочо иннигэр сэргэстэстилэр, мотуордаах оҥочо сүүрүгү тоҕо силэйэн айаннаан куугунатта, сөрүүн тыал сирилэччи охсулунна. Кырдьык, куйаас күн сатыылаан турар диэн санаабаккын, сөрүүн, өссө өр айаннаатахха дьагдьайан барыах курдуккун. Өрүс үөһүнэн чоҕу толору тиэммит самоходка айаннаан иһэрин ыраахтан тумнан, кэннинэн аастылар, үллэҥнэһэн тахсар баалларга охсуллан, өрө-таҥнары хачайданан ыллылар. Балачча өр айаннаатылар, улахан арыыны эргийэ баран иһэн Көстөкүүн мотуордаах оҥочотун эргитэ тутан, омос көрдөххө тыы да батыа суох айылаах синньигэс аппаны батыста. Тааска-кумахха охсуллумаары адьас бытааннык айаннаатылар, кумах кытыл икки өттүттэн субу анньан турар, илиигин ууннуҥ да, илибирэс иирэлэри харбаан ылыаххын сөп.
Бэргэн уу түгэҕэр анньыллыахпыт диэн сээбэҥнии санаата да, киһитэ сылдьа үөрүйэх быһыылаах, бэрт холкутук мотуорун салайа олордо. Балачча оннук сыккыраппыттарын кэнниттэн кэҥэс хомоҕо тахсан кэллилэр. Мотуор туруору сыыр анныгар кэлэн, сыыйа умулунна, бэйэлэрэ күөртээн таһаарбыт долгуннара оҥочолорун ойоҕоһугар охсулуннулар.
– Дьэ, оҕолоор, кэллибит, – диэтэ Көстөкүүн, оҥочолорун өрө тардан тимир сыабынан талахха баайдылар. – Манна ким да таарыйааччыта суох, ити быыкаа ханаал курдук бу хомолуун ситимнэһэрин өйдөөн көрбөт буолан абырыыллар, буллахтарына даҕаны: «Манан туох батан киириэ буоллаҕай?» – диэн эрдэхтэрэ. Оттон бу мин ампаардаах аһым, сөп буола-буола кэлэн сиирбэр сөп гына балыгы баһан барааччыбын.
Эмпэрэ сыыры өрө дабайдылар. Туох эрэ ыллыкка маарынныыр суол омоонунан от-мас быыһынан барбахтаан истэхтэринэ, эмискэ иннилэригэр дьоҕус үүтээн арылла түстэ. Иннигэр аргы мас, онтон бэттэх буорга батары көмүллүбүт чуурка атахтардаах хаптаһын остуол, лааппы, аттыгар умайбыт чох ыһыллыбыт, хаптаччы барбыт кэриэрбит баанка кытыытыгар сытар кулуһун онно.
– Дьэ бу мин бас билэр фазендабар кэллибит, – Көстөкүүннэрэ иннин диэки даллах гынна, – баһаалыста, ийэҕит-аҕаҕыт дьиэтигэр кэлбиттии сананыҥ.
– Наһаа үчүгэй дии! – Ксенья тулатын көрө-көрө үөрэн саҥа аллайда, – куоракка олорон маннык үтүө айылҕа баарын умнан да ылабыт.
– Дьэ бэрт, астыммыт буоллаххытына бэрт, – Көстөкүүн муҥханы ылан аргыга намылычы бырахта уонна үүтээнтэн илимнэри тутан таҕыста, – Бэргэн, манан арыыга күөл баар, эн биһикки киирэн илимнэ үтүөххэ, киэһэрэн балык кытыыга аһыы тахсыыта муҥхалыахпыт, оттон Ксенья, уотта отто, чэйдэ өрө тур.
О проекте
О подписке