Ханна эрэ Хатыҥ Үрэххэ бүкпүт коттедж ат эккирэтэр киэҥ куукунатыгар олорон, Дина ону-маны эргитэ саныыр кэмигэр, Бэргэннээх, ыалга кыбыстан аанньа аһаабатах дьон, иккиэйэҕин эрэ арыычча батар куукуналарын дуомугар сылбархай чэйинэн дьулурутан арыылаах килиэби мэлии саахардаан сиэтилэр. Онтон Бэргэн соҕотох киэҥ хосторугар – саалаҕа киирэн, остуолга олорон, кэргэнэ биэрбит кинигэтин – Чехов кэпсээннэрин ааҕан барда. Ксенья икки чааскыны сайҕаата уонна оҕотун Эллээйчиги хайыы-үйэ ахтыбыт курдугун, сарсын сарсыарда турда да Бэргэн таайа аахтан аҕалардыы быһаарынна уонна куукунаттан тахсан, Эллээйчик хоһугар киирэн уоту уматта. Манна оҕолорун ороно, остуола, эркиҥҥэ боксерскай бэрчээккилэр ыйаммыттар, кылааһынан түспүт хаартыскалара уонна бэйэтэ сурунааллартан кырыйан ылан сыһыарбыт ойуулара – Виктор Цой, Шварценеггер, Костя Цзю, кып-кыһыл өҥнөөх омук матассыыкыла… Остуолун үрдүгэр саамай киэн туттар баайа – икки кассеталаах дьоппуон омук магнитофона. Итини хоту олорон, продснаб тойонун кытта ньымааттаһан, бэрт эрэйинэн ылбыттаахтара, оо, ону бэлэхтээбиттэригэр Эллээйчиктэрэ үөрдэ да этэ! Хаһан да төрөппүттэригэр ымманыйбатах бэйэтэ, ийэлээх аҕатын иккиэннэрин иэдэстэриттэн сыллаталаан ылбыта. Ксенья умса түһэн сыттыгы сытырҕалаата – сүрэҕи-быары ортотунан сайа охсор оҕотун сыта баар, ол иһин этиэхтэн ураты үөрүү кутун-сүрүн долгута халыйда, сыттыгы түһэҕэр туппутунан олордо. Сүрэҕин чопчута кырачаанын үлтү түһэрэн кэбиһиэм диэбиттии, сэрэнэн аан маҥнай көтөхпүт, үүт сыттаах быллайбыт сирэйиттэн сыллаабыт сайыҥҥы күнүн өйдөөтө…
Кини Бэргэнниин бэс ыйыгар үөрэхтэрэ бүтэн, дипломнарын ылан, ону бэлиэтиир банкекка сылдьан бараннар, куоракка хаалбыттара. Дина атырдьах ыйыгар оҕолонуохтааҕа, ону кэтэһэн, бары сиэрин-силигин ситэрэн, докумуонун толорон, оҕону бэйэлэрин анныларынан суруйтаран, анаммыт сирдэригэр хоту үлэлии тиийэр баҕалаахтара. Дьиэлээх хаһаайыннара Дьарааһын кинилэр эбии өссө икки ый олорор санаалаахтарын истэн утарбатаҕа, бу оҕолору иҥэ-дьаҥа суохтарын, дьону мунньубаттарын уонна куортамнаһар харчыларын уталыппакка, болдьоҕун аһарбакка төлөөн иһэллэрин иһин сөбүлүүрэ.
Оттон Бэргэннээххэ бэйэлэригэр туспа түбүк-садьык буолбута – Дина оҕото улахан буолан, эрдэттэн балыыһаҕа харыстаныыга киллэрбиттэрэ, онон күн ахсын кэриэтэ баран көрсөллөрө, үүт аһылык, кефир, дьаабылыка эҥин илдьэллэрэ. Эт-арыы олох аччаабыта эрээри, хата, фрукта чааһа дэлэйэ – Кавказ ыччаттарын итии дойдуга үүнэр отонноро быстыбата, бинэгирээтигэр, ананаһыгар тиийэ мэлдьи баара. Сахалар фруктаҕа үөрэммэтэх буолан, эбиитин сыаната да бас быстар ыараханыттан уонна бырааһынньыкка эрэ амсайар күндү ас курдук санааннар, улаханнык тууһугурбаттар этэ, биирдэ эмэтэ үөрүүлээх түгэннэргэ эрэ ылаллара.
Ксенья хантан эрэ: «Оҕо ийэтин иһигэр сылдьыаҕыттан барытын өйдүүр үһү, онон кинини төрүү илигиттэн кэрэҕэ уһуйуллуохтаах», – диэни истэн, Үөрэх министиэристибэтиттэн хоту баралларыгар ылбыт борогуоннарын харчытын харыстаабакка, сүрдээх сыаналааҕын үрдүнэн, улуу худуоһунньук Левитан туһунан чаҕылхай ойуулардаах улахан альбом-кинигэни атыылаһан, Динаҕа илдьибитэ. Сиэстэрэ кыыһынан утахтарын, мииннэрин кытта кинигэни ыыппытын, Дина: «Хаһан ааҕыам буоллаҕай, эчи ыйааһына да ыарахана бэрт», – диэн суруйан төннөрбүтүн, Ксенья: «Бэлэхтиибин, хайаан да аах, саатар ойууларын көр, оҕоҕо наада», – диэн хардаран, сиэстэрэттэн хаттаан илдьэн биэрэригэр көрдөспүтэ.
Дьэ онтон биирдэ төрүүр дьиэ аанын атыллаат, үгэстэринэн, аллара эркиҥҥэ көстүүлээх сиргэ ыйаммыт ким саҥа төрөөбүтүн суруйар испииһэктэригэр: «Петрова Дина, уол, 4 кг. 800 гр.» диэни ааҕаат, Ксенья үөрүүтүттэн саҥа аллайбыта уонна аттыгар турар Бэргэнин кууһа түспүтэ. Кэмниэ-кэнэҕэс күүтүүлээх оҕолоро күн сирин көрбүт эбээт! Уонна оҕо наһаа улаханын сөхпүттэрэ, маҥнайгы оҕо диэтэххэ дьэ сүрдээх эбит!
Икки апельсинтан ураты туга да суох көннөрү билсэ кэлбит буоланнар, сонно төннөн, күөх баһаарга тэбиммиттэрэ. Онно сиэх быһаҕас ырбаахылаах, килэрийбит-молоруйбут грузин дуу, армян дуу киһититтэн сүүрбэ биэс солкуобайга көтөх муҥунан сибэкки атыыласпыттара. Грузин уол оҕо төрөөбүтүн истэн: «О, багатырь будэт!» – дии-дии сыҥалаан туран, элбэх сибэккини биэрбитэ. Дина төрөөтөҕүнэ, сэниэ киллэрэригэр наада буолуо диэн, барыта толуонунан хаарчахтаммыт кэмҥэ Ксенья эрдэттэн Дьарааһынтан көрдөһөн, куурусса этэ булларан хаһааммытын, холодильнигыттан таһааран мииннээбитэ, уулаах отонтон муорус оҥорбута, эбии фрукта атыыласпыттара.
Итинник оҥостон, төрүүр дьиэҕэ иккистээн тиийбиттэрэ. Кинилэр уруйдаан-айхаллаан, эҕэрдэлээн, Динаҕа, оҕотугар бары үтүөнү баҕаран, күлүмүрдэс аккырыыккаҕа суруйбуттарын кэнниттэн, кумааҕы лоскуйугар харда кэлбитэ: «Махтанабын, эһигини эмиэ эҕэрдэлиибин. Оҕом наһаа улахан буолан, кыайан төрөөбөккө эрэйдээн баран, хата, этэҥҥэ быыһанныбыт, билигин иккиэммит туруга үчүгэй, туох да мэһэйдэспэтэҕинэ, балыыһаттан кэмигэр тахсарбыт буолуо».
Арыгы эмиэ толуоҥҥа эрэ көстөрүнэн, Бэргэн таайыттан көрдөһөн, биир бытыылка кыһылы аҕалан, дьиэлэригэр иккиэн бэлиэтээбиттэрэ. Бэргэн сотору-сотору: «Уол төрөөтө, дьэ бу дьол, хоту дойду булда-аһа дэлэй, улааттаҕына мин батыһыннара сылдьыам, иккиэн бултуохпут», – диэмэхтиирэ.
– Ким диэн ааттыыбыт? – диэн Ксенья ыйыппыта.
– Саха аймаҕы төрүттээбит ытык кырдьаҕас Эллэй аатын бириэххэ диэн мин уруккуттан ыраланабын.
Иһиттэрин-хомуостарын хомуйан баран, илиилэрин хардары-таары санныларыгар ууран куустуһан, түннүгүнэн одуулаһан олорбуттара. Ыаллара Дьарааһын эмиэ тугу эрэ суумкатыгар ыадаччы сүгэн кэлэн, дьиэтигэр киирбитэ.
– Кымырдаҕас курдук үлэһит киһи ээ, – диэбитэ Ксенья, хайҕыыра-сирэрэ биллибэттик.
– Оттон ол иһин кэм сэниэлээхтик олорон эрдэҕэ, – Бэргэҥҥэ бүгүн киһи барыта олус үчүгэй, туох барыта сырдык эрэ сыдьаайынан сандаарыйан көстөр.
Дьарааһынтан ураты тэлгэһэ иһигэр тыынар тыыннаах биллибэт этэ, арай барабыайдар сирилэһэн кэлэн, ыһылла түһэн, хадьымал төрдүттэн аһылык көрдөөн туора-маары сырсан догдоҥноспуттара, киһи ити чыычаахтары баардылаабат, хамсыыр харамай эрэ быһыытынан сыаналыыр, оттон кинилэри – дьону эмиэ үөһэттэн аллара көрөр улуу үрдүкү күүс киҥкиниир киэҥ халлааҥҥа баара буолуо дуо? Улуу өй дуу, күүс дуу баар буоллаҕына, тоҕо бу кинилэри оҕолонор дьолтон матарда? Туох буруйу оҥорбуттарын иһин? Чэ, ону көннөрөр кыах суох, ол иһин биир эрэ нөрүөн-нөргүйэн көрдөһүү баар – күн анныгар бүгүн кэлбит оҕолорун аһыннын, харыстаатын… Эбэтэр Таҥара сиргэ баар хас да миллиард киһи кыһалҕатын биирдиилээн кыайан ситэн көрбөтө дуу, оччоҕо итэҕэйээччилэр бука бары тоҕо күннэтэ малыыппа ааҕалларый? Арааһа, антах олох атын кээмэй, ким баҕарар көрдөһүүтүн арааран истэр албас, сирдээҕи көннөрү киһи төбөтүгэр сатаан батан киирбэт улууканнаах билии-көрүү баар буолан эрдэҕэ…
…Өҥүрүк куйаастар ааһаннар, салгын сөрүүдүйэн эрэрэ эрээри, күн уотуттан туох барыта күндээрэ сырдаабыт күнэ үүммүтэ. Уоппуска кэмэ, дьон даачаларыгар, тыаҕа эбэтэр соҕуруу сынньана сылдьар буолан, куорат дьоно-сэргэтэ арыый аччаан, оптуобустарга үтүрүһүү-хабырыһыы кэм ама, арай сотору үөрэх саҕаланаары, кэлиилээх-барыылаах болуоссаттарга тэнийбит оскуола дьаарбаҥкаларыгар ийэлэрин батыһа сылдьар оҕо аймах саҥата салгыҥҥа эймэһийэн олороро.
Диналаах балыыһаттан тахсар күннэрэ үүммүтүгэр, Бэргэннээх балыыһаҕа такси үлэһэн тиийбиттэрэ. Динаны батыһыннаран, оҕону көтөҕөн аҕалбыт сиэстэрэҕэ бытыылкалаах шампанскайы кытта хоруопкалаах кэмпиэти биэрбиттэригэр, күлэ-күлэ эппитэ:
– Уолгут бөдөҥө сүрдээх, бэйэтэ хааман бардын.
Оҕону бэйэтин да, киртиппит сууларын да сууйарга бэлэм уулаах-хаардаах сир диэн, эмиэ сайыҥҥы уоппускаларыгар тыаҕа барбыт Бэргэн таайын аах дьиэлэригэр аҕалбыттара. Дина маҥнай утаа оҕотун эмтэрэн, кинилэри кытта олорбута. Саҥа ийэлээх аҕа сонуннарыгар оҕолорун былдьаһа-былдьаһа көтөҕөллөрө, уолчаан соччо-бачча ытаабат этэ, тиэрэ көтөхтөрө сылдьан, ыас хара харахтарынан сүр боччумнаахтык дьиэ үрдүн одуулаһарын көрө-көрө үөрэллэрэ:
– Оок-сиэ, хайдах өрөмүөн ыытыахха сөбүй диэн толкуйдуур быһыылаах, – сып-сымнаҕас сирэйиттэн сырылаччы сыллыыллара, дьикти сытыттан мэйиилэрэ туймаарыҥныыра, «дьэ бу дьол» диэн саныыллара.
Дина сыыйа эмиийиттэн арааран, уолчааны гре-кефир диэн анал оҕо үүтүнэн аһатар буолбуттара. Бэргэн күннэтэ үүт куукунатыгар баран уочараттыыра, кефир иһитигэр баата бүөлээх аһылыгы аҕалбытын бытыылкаҕа кутан, суосканан иһэрдэллэрин уоллара сүр омуннаахтык эмэн чомурҕатарын көрө-көрө үөрсэллэрэ. Дина эмтэрбэт буолуоҕуттан эмиийин үүт киирбэт гына былаатынан тууна баанан кэбиспитэ уонна кинилэртэн барбыта, ити тухары оҕотуттан матарыттан хомойор курдук биир да тылы быктарбатаҕа. Бэргэннээх маннык күндү бэйэлээҕи, маҥнайгы оҕотун туох да саҥата-иҥэтэ суох, аһыйбакка-харыһыйбакка биэрбит Динаттан сөҕө да, махтана да санаабыттара да, тастарыгар биллэрбэтэхтэрэ.
Дьэ ити курдук оҕолоро арыый бороохтуйан, үөрэх саҕаланыытын куоттара сыһан, анаппыт хоту оройуоннарыгар тиийбиттэрэ. Кинилэри күүтэн олороллоро, сүрдээх үчүгэйдик көрсөн, тута дьиэнэн-уотунан хааччыйбыттара. Оҕолоро ити хоту кыраайга борбуйун көтөхпүтэ, кини аан маҥнай сыылаҥхайдыыр буолуута, онтон оронтон, дьыбаантан тутуһан хааман барыыта, тута дьааһыла, оҕо саадын киһитэ буолуута туспа үөрүү этэ.
Кинилэр хоту көһөн барыахтарыттан куоракка хаалбыт Дина биирдэ да кинилэри кытта билсиһэ сатаабатаҕа, онтон Ксенья үөрэрэ эрэ – Эллээйчик кинилэр оҕолоро, атын ким да быдьаһар бырааба суох, онон төрөппүт ийэтэ адьас чугаһаабат буоллаҕына – олус үчүгэй! Кинилэргэ Дина туһунан сурах-садьык син тиийэрэ, ол иһин кыыс оҕото уран мөссүөнүнэн умсугутан, баай киһини булбутун, байбытын-көммүтүн, араас үрдүк сололоохтор ортолоругар эргичийэ сылдьарын истэллэрэ.
Ол эрээри сылтан сыл хоту олорорго улам кытаатан барбыта – судаарыстыба маҕаһыыннара эстэннэр, туох барыта чааһынай атыыһыттар илиилэрин иһигэр киирэн, ас-таҥас сыаната сиэрэ суох ыарыырын ааһан, аны аанньа тиэллэн тиийбэт буолбута. Хас биирдии кэппиэйкэни ааҕа-суоттуу сылдьар атыыһыттарга дьоно хойуутунан, сырыыта-айана судургутунан Дьокуускайга эбэтэр киин улуустарга эргинэллэрэ быдан барыстааҕа. Аһы-таҥаһы ыраах тиэйэн илдьэн атыылыыллара ночооттоох буолан, ыраах улуустарга бара да сатаабат этилэрэ, арай хотуттан төрүттээх-уустаах бэйэлэрин ыччаттара эрэ бар дьонноругар көмөлөһө сатаан, табаары аҕаларга сыралаһаллара.
Бэргэннээх маҥнай хоту тиийэллэригэр, уларыта тутуу дьалхаана саҥа тиийэн эрэрэ, онон соторутааҥҥа диэри ньиргийэн олорбут промышленнай бөһүөлэктэри баттаспыттара. Бу бөһүөлэктэргэ киһи бөҕөтө тоҕуоруйан, сылаас-тымныы уулаах, ванналаах-туалеттаах толору хааччыллыылаах дьиэлэргэ күннээн-күөнэхтээн, астарын-үөллэрин, таҥастарын-саптарын, ханна да суох Дьоппуон табаарыгар тиийэ хоту муоранан быһа аҕалына олорбуттар.
Таһыттан ааны аһан киирээти кытта тилэри сиэркилэлэринэн күлүмүрдээбит уһун эркиннэрдээх, халыҥ көбүөрдэр тэлгэммиттэринэн күөгэлдьиччи хааман, араас оһуор-бичик ойуулаах фойенан хас да сүүс киһи киирэр саалатыгар сымнаҕас кириэһилэлэргэ тиэрэ түһэн олорон, кэнсиэр, киинэ көрөр Дьокуускайга да сэдэх култуура Дыбарыаһа баара.
Онтон эмискэ, таарымта киирбитинии, уларыта тутуу диэн ааттанар түптэ-түрүлүөн саба бүрүүкээн, үп-харчы биирдэ мэлийэн, харчыта суох хаалбыт үлэһиттэр, сүнньүнэн, күннээх Украина дьоно, дойдуларыгар көһөр айдааныгар түспүттэрэ. Дьиэ-уот бары көрүүтэ-харайыыта суох быраҕыллан, сэрии буолан ааспытын курдук садаҕаланан, дьиэтин тэрилэ мэлийэн, түннүктэрэ-үөлэстэрэ аҥаһан тураллара, Дыбарыас көрүөхтэн сүөргү буолан, кириэһилэлэрэ тононон, сиэркилэлэрэ урусхалланан, дьардьамата эрэ хаалбыта, хаар-тыал сирилиир хосторунан быралгы ыттар үөрдүһэн төттөрү-таары сырсыаккалаһаллара, бэл кинилэр да тыалга-кууска аһаҕас хосторго уйаланыахтарын баҕарбаттара.
Дьон бултаан-балыктаан эрэ хара таһаарынан олорор курдук балаһыанньалара үөскээбитэ, ол иһин хоту сиргэ чугас аймаҕа-уруута суох Бэргэннээх куораты былдьаһарга быһаарыммыттара, хайа уонна Эллээйчиктэрэ сотору оскуоланы бүтэриэ дии, оччоҕо ыраах хоту олорон, хайдах үөрэттэриэхтэрэй?
Олох уларыйбатаҕа буоллар, Ксенья туох да иһин хотуттан кэлиэ суох этэ, бииринэн, кини хоту сир көнө, судургу уонна аламаҕай дьонун-сэргэтин сөбүлээбитэ, иккиһинэн, куоракка тиийдэхпитинэ, Дина – билигин кыаҕырбыт хотун – оҕотун былдьаһан да турдаҕына көҥүлэ диэнтэн куттанара. Оҕолоро эрэйдээх кинилэр төрөппүт ийэлээх аҕата буолбатахтарын сэрэйбэтэ, дьолго, кинилэр устуоруйаларын билэр киһи бу дойдуга суоҕа абырыыра. Куоракка биир куттал онно баара – ким эмэ кистэлэҥи арыйан, олус ыарыылаах кырдьыгы этэн кэбиһиэ диэн. Куһаҕаны эрэ көрдүү сатыыр, онтон үөрэр-көтөр кэдэрги кэмэлдьилээхтэр орто дойдуга хаһан баҕарар бааллар эбээт…
Бу олорон Ксенья Бэргэнигэр махтана санаата – кини оҕолонор кыаҕа суоҕа биллибитин кэнниттэн арахсан, төрүүр-ууһуур атын да дьахтары булбута буоллар, туох диэн буруйдуоҥ этэй? Оттон кини бэрт эрэллээхтик биир бурҕалдьыны сосуһа сылдьар уонна Эллээйчиккэ хара ааныттан олох ылларан, билигин хайаларын да киирэр-тахсар күннэрэ уолчааннара эрэ.
Оҕолоро да сүрдээх толкуйдаах, лоп бааччы этэ, маҥнайгы кылаастан саҕалаан наар «биэс» сыаналарынан үөрэнэн, атыттарга холобур буолбута, төрөппүттэр мунньахтарыгар Эллээйчик хайҕаннаҕын аайы Ксенья ис-иһиттэн дьоллоноро, киэн тутта атын төрөппүттэри кылап гына көрөрө, дьэ онно бааллара оҕолоро куһаҕаннык үөрэнэн, бэрээдэги кэһэн, мэлдьи сэмэлэнэр буолан, сири-буору кымыстыы олорор ийэлэр, оттон сорохторо сирэйдэрэ-харахтара холлон, синнэригэр түһэн, дьорҕооттук туттан, учууталлары кытта мөккүһэн, күргүйдэһэн да тураллара.
Ксенья хас төрөппүттэр мунньахтарын кэнниттэн дьиэтигэр үөрэн-көтөн кэлэрэ, уруогун ааҕа эбэтэр остуолга оонньуу олорор Эллээйчигин кэтэҕиттэн сыллаан ылара, киэһэ утуйаары сытан, учууталлар оҕолорун хайдах хайҕаабыттарын, туох диэбиттэрин Бэргэҥҥэ эгэ-дьаҕа сиһилии кэпсиирэ, онтон олус астынан, иккиэн ыга куустуһан нус-хас утуйан хаалаллара.
Эллээйчик кинилэри арай биирдэ ыксата сылдьыбыттааҕа, ол куоракка көһүөхтэрин эрэ иннинэ хоту улуус оскуолатыгар үөрэнэ сырыттаҕына этэ. Биирдэ күнүс балыыһаттан оҕотун аһатаары кэлбитэ, уола салбаҕырбыт сирэйдээх-харахтаах көрсүбүтэ, үрдүнэн үрүҥ чыычаах көппөтүнүү атаахтык үөскээбит буолан, дьонуттан толлубата, ол иһин ийэтэ киирэрин кытта өс саҕа малтаччы ыйытан чаҕылыннарбыта:
– Ийээ, мин аҕам атын киһи дуо?
Ксенья олус соһуйан, тутан киирбит суумкатын муостаҕа төлө ыһыктан кэбиспитэ, атахтарын таҥаһын олорон эрэ уларытталларыгар аналлаах, киирэр ааҥҥа туруорбут олоппоһугар лах гыммыта:
– Туох даа?!
– Сордоҥ Вовка: «Эн нууччалыы дьүһүннээххин, оттон ийэлээх аҕаҥ мас сахалар, ол аата, эн дьиҥнээх аҕаҥ нуучча быһыылаах», – диир.
Ийэтэ ону истэн өрө тыыммыта, хата иитиэх оҕо буоларын туһунан тугу да эппэтэхтэр эбит.
– Сордоҥ Вова диэн кимий?
– Оттон ити… Щукин Вова…
– Эллээйчик, бииргэ үөрэнэр табаарыскын хос ааттыырыҥ куһаҕан. Оттон аҕаҥ биһикки төрүттэрбитигэр сахалартан ураты араас омуктар бааллара үһү – нуучча казактара, поляк сыылынайдара, олохтоох эбэҥкилэр. Онон эйиэхэ европейскай хааныҥ, өбүгэлэриҥ дьүһүннэрэ-бодолоро хас да көлүөнэ кэнниттэн эргийэн кэллэҕэ дии, ити уустук боппуруос, улааттаххына үөрэтиэҥ-билиэҥ, оттон Щукин Вованы кытта аны оонньоомо, кини билиҥҥиттэн оҥорон көрө-көрө сымыйа хобу-сиби тарҕатара олус куһаҕан, биирдэ баран эттэххэ, кини сиртэн да быга илик оҕочоос дии, онно тугун дьыалатай?! – олус кыыһыран-кыйаханан, тугу да эбии булан эппэккэ, хоһугар киирэн хаалбыта. Уолун уоскуппута курдук буолла да, дьиҥэр ыллахха бэйэтэ сымыйалаата, ол эрээри Эллээйчиккэ «эн ийэҥ-аҕаҥ атыттар» диири син биир тыыннаах этиттэн быстарар кэриэтэ ыарыылаахтык саныыра.
Ол киэһэ Бэргэн үлэтиттэн кэлбитигэр, оҕото моһуоктаах ыйытыытын туһунан ботур-итир кэпсээбитэ.
– Уоһугар уоһаҕа куурбакка сылдьан, хобу-сиби тарҕатар туох буолбут оҕонуй – ол Щукин Вова?! Дьэ ити буоллаҕына, мин сарсын оскуола дириэктэригэр бардаҕым! – кэргэнэ кыыһырбыта.
Кырдьык, дириэктэри кытта Бэргэн кэпсэтиэҕиттэн араас уорбалааһынынан ким да оҕолорун сирэй-харах анньыбат буолбута. Ол да буоллар, дьэбиннээх тимир үөрбэ кэлэн сүрэхтэрин ыарыылаахтык таппыт быһыылааҕа, хаһан эрэ кырдьыгынан кэпсиэхтээхпит диэн санааттан иккиэн да олус саллаллара, «сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар» диэбиттии, ол туһугар олус ыарахан, хобдох түгэни уһата-кэҥэтэ сатыыллара, син биир киһи өлөр өлүү киниэхэ кэлиэхтээҕин санаабакка кыһалларын курдук…
Ксенья өрө тыынан баран, эркиҥҥэ ыйаммыт хаартыскаҕа оҕолор ортолоругар турар Эллээйчигин сыллаан ылла уонна уотун умулларан, хостон тахсан, Бэргэнигэр чугаһаата. Эрэ киниэхэ кыһаллыбакка, бэркэ тартаран кинигэтин ааҕар, онуоха Ксенья «Сириус» эргэ радиолатын холбоон, Моцарт «Реквиемын» пластинкатын туруорда. Сонно санньыар музыка кутуллубутугар, Бэргэн кинигэтин үрдүнэн көрө түстэ.
– Өйдүүгүн дуо, Бэргээн, аан маҥнай билсибит күммүтүн, ити музыканы истэ, эн таайыҥ аах дьиэлэригэр иккиэйэҕин олорбуппутун?
– Өйдүүбүн, хайдах өйдөөбөт буолуомуй…
Таһырдьа ыас хараҥа, оттон манна, кыараҕас хоско, чаҕыл сырдык, ыар нүһэр музыка дьүрүһүйэр, дьүрүһүйэр…
О проекте
О подписке