Ол иһин сотору тапталлааҕын кытта көрсөр үөрүүттэн сүрэҕэ битийиктэнэ мөхсө аэропортка эрдэ кэлбитэ, ол кэннэ Русланы күүтэн регистрация оҥорор сирдэрин аттыгар турбута, оттон кини суох, суох да суох… Мүнүүтэ сыыллан ааһар, чаас тохтуу-тохтуу барар, Руслан сиргэ да тимирбитэ, халлааҥҥа да көппүтэ биллибэт, суох… Чааһы чааһынан биир сиргэ турбута, кинилэр рейстэригэр регистрация биллэрдилэр, көтөөччүлэр бииртэн биир кэлэллэр, кэмниэ-кэнэҕэс тиһэх пассажир таһаҕаһын туттаран, билиэтигэр бэлиэтэтэн, иһирдьэ дьону мунньар саалаҕа ааспыта, оттон Дина аттыгар кэлиини-барыыны, күүгүнү-хааҕыны истибэт-билбэт курдук турбут сириттэн хамсаабата, хараҕа тас аан диэкиттэн кэлээччилэртэн арахпат этэ. Араас тутуурдаахтар, сорохтор чымыдааннарын соспутунан тоҕо сууллан киирэллэрэ, биир оччо төттөрү тахсара, оттон Руслан суоҕа… «Олордуу бүттэ», – диэбиттэригэр биирдэ Дина иһирдьэ киирбитэ, тула барыта соҕотохто боруоран, сүрдээх курус буолбута, остуоруйа олоххо туох эрэ кэһиллии тахсыбыта, үөһэнэн, кый үрдүгүнэн көтө сылдьыбытын хаҕыс күүс саҕатыттан ылан, умса баттаан, аньыылаах-харалаах сиргэ төнүннэрбитэ, уку-сакы сөмөлүөккэ киирэн олорбута уонна көмүскэтэ хараҕын уутунан туолан, ып-ыраас таммахтар мөлбөрүс гыммыттара…
Оттон ити кэмҥэ Руслан инчэҕэй хаар түһэ-түһэ уостан хаалар сиигигэр суол-иис бөҕөтө тыргыллыбыт метротун диэки хааман иһэрэ. Билигин кини бу Москваҕа аҕыйах хоноругар таптаһа сылдьыбыт кыыһа Дина Дьокуускайдаан эрэр буолуохтаах диэн ээл-дээл санаан аһарда. Кола Бельды ыҥырар тус хоту дойдутугар кэргэннээх, оҕолоох, кинилэртэн ханна да барар санаата суох. Ол эрээри бу курдук көҥүлгэ көттө да, кыыс-дьахтар аймаҕы кытта быстах көрүлээри, булчутун хаана тардан дуу – сонордоспутунан барар үгэстээх.
Кини өйдүүрүнэн, эдэр эр дьонтон ким барыта сэнэх көрүҥнээх, хайа баҕарар дьахтары кытта таптаһарга бэлэм. Ол эрээри үгүстэргэ ол кыайтарбат, дьахталлар сүрдээх талымастар, охсубут сохсолорго мээнэ киирэн биэрбэттэр. Ол, бадаҕа, оҕону-урууну төрөтөн-ууһатан тэнитии, иитии курдук олус эппиэттээх уонна уустук сорудаҕы айылҕа киниэхэ сүктэрбититтэн төрүөттэнэр быһыылаах. Оттон Руслан хайа да бэйэлээх кэрэ дьүһүннээҕи кытта эрийсэн көрөргө бэлэмэ, биир табаарыһа этэринии, «кыргыттарга гипнозтааҕа», көрөн-истэн тырымнаттаҕына, үгүстэр кыайан тулуйбакка, бас бэринэргэ күһэллэллэрэ.
Билсиһэн, маҥнайгы уоҕугар өйө-төйө суох тапталга ылларбыт курдук туругар да, бэйэтин Ромео дуу, Лоокуут дуу оруолун толоро сылдьардыы сананара. Оттон ыйдаҥа түүн хоһоон тылларынан саҥара-саҥара үөһэ тыыныы, сиринэн-халлаанынан андаҕайыы, үгэс курдук, биллэр дьыаланан түмүктэнэрэ, ол кэнниттэн Руслан суола сойбута баар буолара. Маннык сырыыларыттан кини кыбыстыбата, арыгы истэҕинэ, бэл чугас доҕотторугар киһиргиирэ уонна кинилэр сэҥээрдэхтэринэ, өрүү биир сөбүлүүр анекдотун кэпсиирэ: «Түөрт уонтан тахса сааһыгар хайыы-үйэ икки төгүл Сэбиэскэй Сойуус Геройа, маршалы эрэ аннынан армия генерала званиелаах, фронт командующайа Черняховскай чиккэлдьийбит көнө быһыылаах-таһаалаах, үрдүк уҥуохтаах, кыраһыабай киһи эбит. Элбэх дьахтар кутун туппут, тапталтан бэйэтэ да аккаастаммат эбит, армия генералын сырыыларын особистар биир халыҥ хара паапкаҕа тиспиттэр. Берия киирэн Сталиҥҥа дакылааттаабыт уонна паапканы биэрэн баран, тугу диирин кэтэһэн турбут. Сталин түннүк сырдыгар кыһайан, бэркэ кэрэхсээн, бүтүн чаас аҥаара дьыаланы ааҕа турбут, Берия күүтэ сатаан баран: «Что будем делать, товарищ Сталин?» – диэн ыйыппыт. Биирдэрэ кинини көрө түһээт: «А что будэм дэлать, будэм завыдовать товарищу Черняховскому», – диэн саайбыт. Онон, эр киһи күүлэйдиэн сөп, оттон дьахтар илии устун бардаҕына киниттэн сиргэнэллэр, сэлээрчэхтэн атыннык ааттаабаттар», – диэн кэпсээнин түмүктүүрэ.
Москва хаардаах-сииктээх, массыыналара харалларынан хойуу уулуссатын кыйа тротуар устун Руслан ыраах-ыраах уурталаан, сэгэлдьитэн иһэн, хайыы-үйэ Динаны умна быһыытыйбыта. Оттон Дина куоракка кэлээт, санаатыгар Руслантан сураҕы-садьыгы күүтэ сатаабыта, киниэхэ Сэргэлээхтээҕи аадырыһын биэрбит буолан, хаһан баҕарартиийэн кэлиэн сөп дии саныыра, үөрэҕин кэнниттэн уопсайын аанын аһан киирдэ да, аллара олорор вахтертан наар сурук дуу, тэлэгирээмэ дуу сураһан көрөрө да, сырыы аайы хоруй биир буолара – «туох да суох…» Ити курдук ый кэриҥэ күүтэн баран, аны куттанан барбыта – Руслан кинини атаара тоҕо эрэ кэлбэтэ? Москваттан төннүбүтэ-төннүбэтэҕэ биллибэт, ама туох эмэ иэдээҥҥэ түбэспитэ буолуо дуо? Дьолго, Руслан оройуонугар норуот тыйаатырыгар режиссерунан үлэлиирин билэрэ, ол иһин министиэристибэттэн баран ыйыталаһан көрүөххэ диэн быһаарыныыга кэлбитэ.
Санаа-оноо ыга баттаан, үөрэҕэ да үөрэх, сынньалаҥа да сынньалаҥ буолбакка ыксаабыта. Култуура министиэристибэтин дьиэтэ ханна баарын билэрэ, былырыын сайын соҕуруу култуура институтугар үөрэххэ туттарса киирбит биир дойдулаах кыыһын сирдээн, Аржаков уулуссатыгар баар этээһэ суох уһун синньигэс мас дьиэҕэ тиийэ сылдьыбыттааҕа. Тэлгэһэҕэ хойуу от долгулдьуйара, дьиэ айаҕар сааһыра барбыт дьахтар: «Оппун тэпсимэҥ!» – диэн аймана тоһуйбута, үөрэххэ туттарсыан баҕалаах, бары кэриэтэ кыыс аймах тоҕуоруспутун дьиэҕэ, арааһа, батыахтара суоҕа диэн киллэрбэккэ, докумуоннарын түннүгүнэн ылаллара.
Дина хайдах да тэһийиэ-тулуйуо суох, Министиэристибэҕэ баран, ыйыталаһарга быһаарынна. Тымныы баҕайы күн туманы быыһынан харбыалаһан тиийбитэ, хаптаһын олбуор иһигэр тэлгэһэ хаара ыраастык күрдьүллүбүт, били сайын тэлэччи аһыллар түннүктэрэ кырыанан бүрүллүбүт этилэрэ. «Манна сайын үтүрүһэ-анньыһа сылдьыбыт кыргыттар барахсаттар ханна тиийээхтээтилэр? – дии санаабыта Дина, – хастара үөрэх киһитэ, төһөлөрө дойдуларыгар төннөн, сопхуоска ыанньыксыттыы хааллылар?»
Чарапчы сабыылаах күүлэ айаҕар тыс этэрбэһин тэбэммитэ буолаат, иһирдьэ атыллаата – лаампалар уоттарыттан сырдык көрүдүөр устун хааман иһэн, бокуойа суох массыыҥка бэчээттээн тачыгыратар тыаһа иһиллэр хос аана тэлэллэн турарынан өҥөс гынна уонна дорооболоһон баран:
– Норуодунай тыйаатырдарынан ким дьарыктанарый? – диэн ыйытта, ол кэнниттэн өйдөөбүтэ – сайын отун харыстаһар сааһырбыт дьахтар эбит, кини массыыҥкаҕа бэчээттээн талыгырата олорон, муннун анныгар буугунаан кэбистэ:
– Уон иккис хос…
Дина көрүдүөргэ тахсан, аҕыйахта хардыылаат, «12» диэн нүөмэри көрөн, ааны тоҥсуйбута буолан баран, аһа баттаата. Иһирдьэ түөрт остуол турар. Утары түннүк анныгар олорор кыырыктыйбыт тор курдук бытыктаах аҕамсыйбыт киһиэхэ атыллыах курдук гынна да, биирдэрэ кинини киһи киирдэ диэн кыһаллыбакка, иннигэр ууруммут кумааҕытыттан хараҕын араарбатын иһин аан ойоҕоһугар, эркини кыйа олорор буспут соломо баттаҕын кэтэҕэр эринэн кэбиспит ачыкылаах нуучча дьахтарыгар халыйда уонна норуот тыйаатырдарын туһунан саҥардыы ыйытан эрдэҕинэ, анараата бэйэтиттэн тэйитэрдии, муннукка олорор саха кыыһын диэки сапсыйан кэбистэ. Инньэ гынан төлөпүөнүнэн кэпсэтэ олорор, сүүһүгэр сарымтахтанар, санныгар ыспыт баттаҕа кытархай кырааскалаах, кулгааҕын эминньэҕэр быыкаайык кыһыл көмүс ытарҕалаах кыыска сэрэнэн чугаһаата. Кыыс төлөпүөнүнэн оҕотун мөҕөр быһыылаах: «Мин эйиэхэ саарпыккын үчүгэйдик эринээр диэбитим буолбат дуо, үрдэрдэҕиҥ дии!» Ити курдук балачча кэпсэтэн бүттэ уонна туруупкатын талыр гына ууран баран, Динаны кыыһырбыттыы көрөн кэбистэ.
– Дорообо, – диэтэ, онуоха Дина албыннаһар быһыынан, – көр эрэ, мин Руслан диэн хоту оройуон норуодунай тыйаатырын режиссерун туһунан билиэхпин баҕарбытым, билигин кини ханна баарый?
– Киниэхэ тоҕо наадыйдыҥ? – диэн, кыыс өс саҕа ыйытта.
– Кини соторутааҕыта Москваҕа сырыттаҕына, билэр кыыһым сурук ыыппыт этэ, ону ылаары, – диэн Дина эрдэттэн бэлэмнэммитинэн сымыйалаан кубарытта.
– Пахай, оччоҕо ол киһигин хоту дойду түгэҕиттэн ирдэһэҕин, Москваттан кэлэн ааспыта быданнаата… – диэн, тоҕо эрэ «ол киһигин» диэни күүскэ соҕус эппитэ.
Кыыс олус соһуйда:
– Ааспыта даа?!
– Ааһымына, кэргэнигэр, оҕотугар олус ыксаан иһэрэ…
Дина хараҕар кыыс кэпсээн оппоҥнуур кырааскалаах уоһа, сүүһүгэр лэппийбит, санныгар ыспыт кытарахай баттаҕа соҕотохто харах саатарыныы чаҕылхай, күлүмүрдэс буоллулар, онтон хаар кыыдамныырыныы, тохтоло суох маҥан кыырпахтар элэҥнэстилэр, ол кэнниттэн барыта кып-кыһыл таҥаһынан сабыллыбыт курдук кытаран-наҕаран хаалла: «Бэйи, сатанымаары гынным ээ», – дии санаат, таһырдьаны былдьаста.
Күүлэҕэ баҕанаттан тутуһан туран, тымныы салгыны өрүһүспүттүү эҕирийбэхтээтэ, төҥкөйөн, күрдьүк хаарын ытыһан, иэдэһин суураланна, арыый дьэгдьийэн: «Оок-сиэ, охто сыстым ээ, Руслан… Адьас да ойохтоох, оҕолоох эрээри быстах көрсүү оҥосто сылдьыбыт эбит дии, букатын холостуой уоллуу туттара-хаптара дии, оо, тоҕо сүрэй, тугун куһаҕанай…»
Кыһыл өҥ сүтэн, тулата дьэҥкэрбитэ да, сүрдээх курус буола түһэн, сүрэҕэ тымныынан хаарыйбахтыырга дылыта, иэдэһигэр сырсан тахсаат, мууһура тоҥор таммахтары үтүлүгүнэн туура сотто-сотто оптуобус тохтобулун диэки барбыта. Хоһугар киирэн, кимниин да кэпсэппэккэ, тугу да саҥарбакка, сыттыгар умса түһэн, уйа-хайа суох ытаабыта. Бииргэ үөрэнэр кыргыттара тула көтө сылдьан:
– Хайа, туох буоллуҥ? Туох буоллуҥ? – дэһэллэрэ.
Ытаан-ытаан баран, арыый уоскуйан дьэ кэпсээбитэ:
– Руслан кэргэннээх уонна оҕолоох эбит, хайыы-үйэ Москваттан төннөн, дойдутугар барбыт…
Кыргыттара аймалаһа түспүттэрэ:
– Бу ыты көр…
– Кэргэнигэр суруйуохха…
– Ээ, онтуҥ туһата суох, оройуон култууратын салаатыгар уонна баартыйа райкомугар үҥсэр ордук…
– Тохтооҥ! – Дина күүскэ төлө биэрбитинэн, оронугар олоро түспүтэ, – мин кинини ханна да үҥсүбэппин, барытыгар бэйэм буруйдаахпын, Руслантан кэргэннээҕин-кэргэнэ суоҕун, олоҕун-дьаһаҕын туһунан биирдэ да ыйыппатаҕым, кини миэхэ эмиэ тугу да эрэннэрбэтэҕэ, онон албыннаата диир кыаҕым суох…
Итинтэн сотору кэмэ кэлбэт буолбутун уорбалаан, баран бырааска көрдөрбүтэ уонна оҕо үөскээбитин билэн, барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолбута. Үөрэҕин да бүтэрэ илигиттэн, дьиэтэ-уота суох сылдьан, устудьуон истипиэндьийэтигэр хайдах оҕону иитиэн сөбүн сатаан тобулбатаҕа. Оҕону төрөтөр туһунан саныан да куттанара. Ол түүн көрүдүөр уһугар баар таҥас өтүүктүүр кыракый хоско киирэн, хатанан олорон, биэдэрэҕэ ууну оргутан, ип-итии ууга атаҕын уган, остуол үрдүгэр тахса-тахса аллара муостаҕа ыстаныталаан, оҕотун түһэрэргэ холоммута да, туох да биллибэтэҕэ.
Ол күнтэн ыла собус-соруйан ыараханы көтөҕө сатыыра, сүүрэрэ-көтөрө, оҕо куоттун диэн эмп да иһэн көрбүтэ, оттон иһигэр баар үөскэх олоххо тардыһыыта күүстээҕэ – эми да, араас хамсаныыны-имсэниини да тулуйбута. Кыргыттары кытта хайдах да гынар быыһы-хайаҕаһы тобулбакка сырыттахтарына, ааспыт күһүн эргэ тахсыбыт дьүөгэтэ Ксенья тиийэн кэлбитэ уонна кэргэнэ Бэргэнниин оҕону иитэ ылыахтарын баҕаралларын туһунан эппитигэр, оо, үөрдэ да этэ! Баар-суох дьүөгэтэ сирдээҕи ааньал буолан көстүбүтэ, оччоҕо кини быыһанар ээ! Кэлин кэргэн да таҕыстаҕына, оҕоломмутун туһунан ким да билиэ суоҕа, Ксеньялаах Бэргэн бэйэбит төрөппүт оҕобут диэхтэрэ да – бүттэҕэ ол. Оҕо үөскээбит остуоруйатын кыргыттара билэллэр эрээри, үөрэхтэрин бүтэрэн аан дойду үрдүнэн ыһыллыахтара, оттон сир үрдэ киэҥ, киһи эрэ элбэх, кини эдэр сааһыгар алҕаһаабытын ким өйдүү-саныы сылдьыа буоллаҕай?
– Биллэн турар, Ксенья, оҕобун эйиэхэ үөрүүнү кытта биэрэбин, – диэбитэ.
Сарсыныгар, Ксенья иккистээн уопсайга кэлбитигэр: «Мин киэһэ аайы хайаан да хаамыахтаахпын», – диэн Дина Сайсары күөлгэ диэри атааран биэрбитэ. Атахтарын тыаһа хаачыргыырын быыһыгар дьүөгэтэ тугу этэрин кытта барытын сөбүлэһэн иһэрэ:
– Оҕону бэйэбит араспаанньабатынан суруйтарыахпыт… Бэргэнэбис диэн буолуо… биһиги хоту ананныбыт, оччоҕо оҕоҕун өр кэмҥэ көрбөтүҥ буолуо…
– Саатар эрэ, кинини мин хаһан да оҕом диэн эһиэхэ санатыам суоҕа, кини үөскээн хаалыыта эдэр сааһым алҕаһа буоллун, ким сыыспатаҕа баарай…
– Эн, Дина, ыалдьыбаккын, доруобайгын, онон оҕо да доруобай, чэгиэн-чэбдик буоларыгар адьаһын саарбаҕалаабаппын…
Кыргыттар арахсалларыгар куустуһан сыллаһан ылбыттара, Дина төннөрүгэр, өр кэмҥэ ыарык буолан санныттан ыга дьаакырдаабыт кыһалҕата ааһан, олус чэпчээн хаалбыт этэ, оҕону түһэртэрэ сатыыр кыһалҕаттан тахсан, наһаа үөрэн-көтөн иһэрэ, туолбут ыйдаҥа туналҕан сырдыгар тунал хаарынан сабыллыбыт сир-дойду, дьиэ-уот олус кэрэтийэн көстүбүтэ. Дьылҕа диэн эр киһи уонна дьахтар түбэһиэх түгэннэриттэн, көрсүһүүлэриттэн турар, арай Руслан атын рейсинэн көппүт буоллун эбэтэр, чэ, саатар, биир да сөмөлүөккэ эрээри, атын кириэһилэҕэ олорбут буоллун, оччоҕо бу айдаан, ыксал, кэлиэх-барыах сири булбакка, муннугу-ханныгы кэйии хаһан да тахсыа суох этэ. Оттон билсэн баран, дьолбун бу буллум, барыта иннибэр кэрэттэн кэрэ буолуо диэн ыраланыыта олус хаҕыстык, холустук үлтү барбыта. Киһи олоруон да баҕарбат курдук ыар күннэр тирээн ааспыттара…
Чэ, хата, барыта этэҥҥэ быһаарыллар суолга киирдэ. Хааман иһэн, кыыс бэйэтэ бэйэтиниин кэпсэтэ испитэ:
– Таҥара баар эбит, оҕом эрэйдээҕи, хата, үчүгэй дьон, бэйэм доҕотторум ылар буоллулар…
О проекте
О подписке