Ыалдьыттар барбыттарын кэнниттэн Дина саалаттан куукунаҕа иһити-хомуоһу таһан, хайа курдук кыстаммыты сууйан, өр баҕайы тэпсэҥнээн олус сылайда. Билиардаабыт хосторун дьыбааныгар улаханнык хотторбут эрэ утуйан хаһыҥыратар. Кини дьон көрөрүгэр эрэ харчынан харса суох ыһыахтанарын, киэптиирин, сөхтөрөрүн сөбүлүүр. Ыалдьыттар баалларыгар, баһаалыста – «сулус» ырыаһыттар диэн, ресторантан наймыламмыт официаннар диэн. Онтон бырааһынньык бүттэ, киэһэ буолла да – хайдыбыт хоруудаҕа түһүү буолар, Карп кэппиэйкэни да ордук ороскуоттаабат, инньэ гынан дьиэни-уоту көрөр-истэр үлэһит дьахтар туһунан истиэн да баҕарбат. Дина бырааһынньык кэмигэр хотун бэйэтэ, бырааһынньык бүтэн, дьон тарҕаста да, иһити уонна дьиэни сууйааччы хамначчыт дьахтар таһымыгар түһэ охсор. Наһаа сылайар да хайдах гыныаҥый, кини туох да тутуура суох, этэргэ дылы, турар бэйэтэ бу кыһыл көмүс килиэккэҕэ кэлэн киирдэҕэ. Килэйбит-халайбыт этээстээх дьиэҕэ-уокка кэлэригэр биир эрэ чымадаан баайдааҕа, онтон атын кини кэрэхсэтэрэ диэн туох кэлиэй, иирэ талахтыы дьылыгырас быһыыта-таһаата, номоҕон мөссүөнэ да бу баайга-дуолга тэҥнэһэр кыаҕа суоҕа. Тойоно санаата алдьаммыт күнүгэр ону биллэриэн, хайа баҕарар сирэй-харах анньыан да сөп. Аны, Карп бэйэтэ этэринии – «деловой партнердарын», быһата, үп-харчы ылсар-бэрсэр тэҥнээхтэрин эрэ кытта көрсүөхтээх, намыһах таһымҥа турааччылары билиммэт, бу сырыыга Ксеньялааҕы мааны ыалдьыттары кытта тэҥҥэ ыҥырбытын улаханнык сөбүлээбэтэҕэ. Бииргэ үөрэммит, наһаа истиҥ дьүөгэм диэн нэһиилэ тылын ылыннарбыта. Онтуката ханна баарый – дьоно бастакы остуолга нэһиилэ олороот, адьас атын өйдөөх-санаалаах, үп-харчы, баай-дуол өттүнэн букатын ураты эйгэҕэ сылдьар дьону кытта хайдах да тэҥник туттан кэпсэтэр-ипсэтэр кыахтара суох эбитин өйдөөн, саҥата-иҥэтэ суох эрдэ тыас хомуммуттар, барбыттарын билбэккэ да хаалбыт. Этэргэ дылы, Ксеньялаах икки этээстээх дьиэҕэ квартира дуомнаахтар, күннэтэ оптуобуска анньыалаһан кэлэллэр-бараллар, харчылара хамнастан хамнаска тиийэр буоллаҕына баһыыба. Оттон кини эрин эйгэтин дьонун тыла-өһө: коттедж, лимузин, Куршавель, бутик…
Дьүөгэтэ ааҕы, арааһа, сыыһа ыҥырбыт, куоракка маҥнай көрсө түспүччэ, соһуйбучча кэлэ сылдьыҥ диэн кэбиспитэ, мэйиитин хайа эрэ улаҕатыгар төрөппүт оҕом бу күн сиригэр баар диэн өйдөбүлэ ааспакка-арахпакка сылдьар быһыылааҕа. Ол иһин кинини иитэр дьону көрөөт, дэлэй-былас бардаҕа. Эмиэ да оҕолооҕум туһунан Карп биллэҕинэ киэҥ айдаан, улахан иирээн тахсыа диэн, Ксеньялааҕы бэйэтигэр чугаһатан, кинилэри албыннаһан, ону-маны ордугу-хоһуну кэпсии сылдьыбатыннар диэн ньымааттаһар быһыыта эбитэ дуу? Эрим эрэ билбэтэр диэн баҕалаах, ол иһин күлүгүттэн да дьаарханар курдуга, барыттан бары дьулайыы, дьиҥ санаатын кистии-саһыара сатааһын, быһата, элбэх айа тардыллыбыт хонуутугар сылдьар курдук өрүүтүн куттанар, сэрэнэр-сээбэҥниир дьик-дьах турук олус сылатар уонна доруобуйаны да күүскэ айгыратан эрдэҕэ…
Дина күөгэйэр күннэригэр элбэх уол сүрэҕин долгуппут, бэйэтэ да хардары таптал таарымтатыгар ылларбыта балачча буолуохтааҕа. Сорохтору кытта арахсыы хаһан да оһуо суох курдук сырҕан бааһы үөскэттэ диэн ытааһын-соҥооһун, айманыы-сайманыы да баара, ол эрээри барыта ааһар, сыл-хонук үгүһү оһорор, ити курдук Русланныын урукку уохтаах-омуннаах кылгас тапталларын олох да умнуох быһыылаах эбит да, Ивановтары соһуччу көрсүһүү уонча сыл кэтэҕэр хаалбыты олус сытыытык санатта, оҕото эрэйдээҕи өйдөттө, Эллээйчик ити икки этээстээх кыараҕас дьиэ быыкаайык кирдээх-хохтоох, тымныы-хамныы квартиратыгар сылдьаахтаатаҕа. Эллээйчик… Соһуччу көрсө түспүт Русланыныын олус да омуннаахтык, таарымта киирбитин курдук тапталга ылларыы туоһута уонна түмүгэ буолан, кини үөскээн хааллаҕа, эһээхэй эрдэҕиттэн ыла биирдэ көрө илик кырачаана, этин-сиинин, сүрэҕин тэбиитин сорҕото…
Дина сүр күүскэ өрө тыынна, илиитигэр кинигэ тутан олорор да, ааҕарыттан биир да тыл төбөтүгэр кыайан киирбэт, ол оннугар университеттааҕы сылларыттан күннэр-дьыллар уһуктан, субу хараҕын иннигэр элэҥнэстилэр.
Оччолорго кини кыыс оҕото, бастыҥ үөрэхтээх устудьуонка буолан кынтаһыйа сылдьара, суруйбут дакылаата университекка бастаан, научнай кэмпириэнсийэҕэ Москваҕа көтөр буолбута, Дьокуускайтан соҕотох этэ. Пассажирдар соччо элбэҕэ суохтара, сөмөлүөккэ киирэн миэстэтин булан олороот, эрээттэр икки ардыларынан хааман иһэр үрдүк уҥуохтаах, өрүкүйбүт куудара баттахтаах, бааһынайдыы ыраас хааннаах уолга хараҕа хатана түспүтэ. Чох хара арылхай харахтардыын харахтара харса түһээтин, хайдах эрэ соһуйбута, кинини хаһан эрэ чуолкай ханна эрэ көрбүтэ. Уол ханна олоруохтааҕын көрдүүр быһыылааҕа, кини эрээтигэр кэлэн тохтообута: «Манна эбит», – диэн ботугураабыта уонна кириэһилэҕэ киирэн иһэн, куударатын өрө анньыммытыгар, сонно өйүгэр чаҕылҕан кэриэтэ сандаарыс гыммыта – «Лоокуут уонна Ньургуһун» испэктээкилгэ Лоокууту оонньоон сценаҕа хааман-сиимэн дьыралдьыта сылдьан, ити курдук ураты имигэстик баттаҕын өрө анньынара. Норуодунай тыйаатырдары көрүүгэ хантан эрэ хотуттан кыттыбыт оройуон туруорбут испэктээкилэ этэ. Өссө онно: «Маннык бэртээхэй уолаттар тыаҕа, буолаары буолан хоту бааллар эбит дии», – диэн санаан аһарбыттааҕа ээ.
Ити икки ардыгар уол сүгэн киирбит суумкатын кириэһилэ анныгар анньаат, кинини көрөн сүрдээх сылаастык мичээрдээтэ:
– Дорообо, аргыстаһар дьон буолбуппут дии, – уонна мичээрдиир, тырымнас харахтар таайтара көрбүттэригэр, кыыс оҕо барахсан нохтолоох сүрэҕэ толугуруу мөҕүстэ, бэйэтэ ити тырымнас байҕалга бүүс-бүтүннүү тимириэн баҕарда. Киниэхэ хардары күлүм аллайан баран, Руслан саҥарбыта кыыһы иирдэр алыптаах санаатыттан таһаарбыта: – айан уһун, онон билсиэххэ, мин Руслан диэммин…
– Оттон мин Людмилабын, – дии охсубута Дина, тоҕо эрэ хара сарсыардаттан санаата көтөҕүллэ сылдьар буолан, дьээбэлэниэн баҕаран кэлбитэ.
– Оо! – Уол үөрдэ: – Дьэ кэмниэ-кэнэҕс Людмилабын булар күннээх эбиппин ээ!
– Людмилатааҕар эйиэхэ Ньургуһун чугас буолбатах этэ дуо? Лоокуут этиҥ дии!
– Ону кытта билэҕин! Дьэ сүрдээх эбит дии!
Ити курдук элэктэһэ кэпсэтэ иһэн, улам ууларыгар-хаардарыгар киирэн, хас да чаастаах айаннарын уһунун да билбэккэ хаалбыттара, кэнникинэн былыргыттан билсэр дьоннуу, наһаа мэниктээннэр, кириэһилэ «харк» гыммыта, биирдэ өйдөөбүттэрэ – кинилэр мөхсөллөрүн тулуйбакка, кириэһилэ өйөнөрө арахсан хаалбыт. Сирэй-сирэйдэрин көрсөөт, күлсэн тоҕо ыстаммыттара, сонно стюардесса кэлэн мөхпүтэ, итиэннэ кириэһилэ өрөмүөнүгэр диэн ботуччу ыстараабы көрдөөбүтэ. Оччолорго хоту сир олохтоохторо харчылаах буолаллара, Руслан сиэбиттэн халыҥ кумааһынньыгы таһааран, ыстараабы төлүү охсубута уонна арыый боччумуран, ботур-итир кэпсэтэ олорбуттара. Руслан культура үлэһиттэрин мунньаҕар баран иһэр эбит этэ, онон иккиэн да хайа гостиницаҕа тиийэллэрэ биллэрэ, ол иһин сарсын киэһэ Руслан Динаҕа тиийэ сылдьыах буолан болдьоспуттара. Домодедовоттан таксинан тахсыбыттара, уол кыыһы гостиницатыгар тириэрдэн баран, бэйэтэ түһүөхтээх сиригэр айаннаабыта.
Дина сарсыҥҥыттан кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыта, пленарнай чаас кэнниттэн секцияларынан арахсыбыттара, ол тухары устудьуоннар бииртэн биир тахса-тахса дакылааттыыллара, барыларын истэн баран, киэһэ ырытыһыы буолбута, үгүстэр бэйэлэрин билиилэрин-көрүүлэрин көрдөрө сатыыр быһыылаахтара – харса суох кириитикэлэһэллэрэ, оттон Дина бу моргуорга ууну омурпут курдук адьас кыттыспатаҕа, саҥаралларын истэр курдуга да, кулгааҕын таһынан аһара олорбута – кини өйүгэр-санаатыгар Руслан эрэ этэ… Киһи элбэх диэн киниэхэ дакылааттыырга тыл да биэрбэтэхтэрэ, дакылаатын суругунан ылалларыгар, кэмпириэнсийэ түмүгүнэн тахсыахтаах уопсай хомуурунньукка киллэриэх буолан эрэннэрбиттэрэ.
Ити курдук биир күннээх кэмпириэнсийэтэ бүтэн, гостиницаҕа киирээт, фойеҕа суумка сүкпүт, сибэкки туппут Руслан турарын көрө түспүтэ. Мэктиэтигэр, күөх алаас сытынан дыргыйа түспүт сибэккини кыыс ылан баран, кэмчиэрийэ мичээрдээбитэ уонна уолу кытта нүөмэригэр лиибинэн айаннаабыттара. Биир миэстэлээх кыараҕас хоско орон ойоҕоһунан тумбаҕа эргэ тэлэбиисэр, төлөпүөн бааллара, остуол үрдүгэр эркиҥҥэ кыра араадьыйа ыйаммыт, онтон атын туох да суоҕа. Руслан чөрбөс гынаат, араадьыйаны улаатыннарбыта, диктор хоһоон ааҕара дуораһыйбыта:
У лукоморья дуб зеленый
Златая цепь на дубе том;
И днем и ночью кот ученый
Все ходит по цепи кругом.
– Истэҕин дуо? Анаабыт курдук! «Руслан уонна Людмиланы» ааҕаллар, үчүгэй бит! Ол аата, биһигини Москва уруйдуу-айхаллыы көрүстэ, ити олус үчүгэй бэлиэ, Людмила!
– Руслан, мин оонньоон эппитим, аатым Людмила буолбатах, дьиҥинэн Дина диэммин.
– Дина? Өссө үчүгэй! Люда да, Дина да биир төрүттээх тыллар буоллахтара, «хмуриться не надо, Дина»!
Дина ваннайга киирэн тахсыан икки ардыгар Руслан остуолга аһы тэлгэтэн, халбаһыыны, булочканы кырбаан уурталыы охсубут этэ, кыыс тахсыбытыгар остуолга аҕалан олордубута, сонно шампанскай бүөтэ «пөс» гына аһыллыбыта, тугу эрэ элбэҕи эрээри, улахан суолтата суоҕу кэпсэтэ-кэпсэтэ олорбуттара. Бүгүн көрсөөт, баччааҥҥа диэри хайдах бэйэ-бэйэбитин билсибэккэ олорбут бэйэбитий диэххэ айылаах сөбүлэһэ-таптаһа охсубут сүрэхтэр бииргэ тэбэллэригэр сөкүүндэттэн аттарыллан мүнүүтэ, онтон түмүллэн чаастан чаас ааһара, оо, түргэн даҕаны! Туох да тохтоло суох кыырайа көтөн сурулаан иһэр охтуу, бириэмэ элэстэнэрэ чыпчылҕан түгэн буоллаҕа…
Сөмөлүөккэ тоҕо кинилэр аан маҥнай билистилэр? «Ыал буолуу киэҥ куйаар үрдүк киэлитигэр оҥоһуллар» дииллэрин курдук дуо? Аны гостиница нүөмэригэр киирэллэрин кытта уолдьах курдук, араадьыйанан кэлэ турар «Руслан уонна Людмила»… Ити барыта туох эрэ улахан дьолу түстүүр буолбатах дуо? Оттон тырымнас харахтар чүөмпэлэригэр угуйан-тардан илдьэ тураллар, бүүс-бүтүннүү тимириэх айылааххын, уой да уой…
Сахаларын сириттэн кыраман ыраах бу бүччүм хоско оргууй аҕай сэһэргэһэ олорон, сылаастык имэрийэ көрөр харахтартан, соруйан дуу, алҕаска дуу таарыйан ылбыт тарбахтартан Дина сирэйэ итийбэхтиирэ, сүрэҕэ мөхсөрө, киһи тылынан сатаан кэпсээбэт дьикти-кэрэ туругар киирбитэ, тула баар барыта уоскуйбут, тохтообут умнуллубат умсугутуулаах түгэнэ… Москва куоракка бу иккиэйэҕин олордохторо үчүгэйин, уонна ама маннык түгэн киниэхэ иккистээн тоҕооһуо дуо? Урут да кавалердар бааллара эрээри, бу курдук дьиктилээхтик, таайтарыылаахтык билсиһии саҕалана илигэ…
Эмискэ, туймаардар сытынан тунуйар куудара баттах субу кэллэ, дириҥ чүөмпэ ыас хара харахтар, уоһугар билиннэ сымнаҕас уос туустаах амтана… Туймаарыы, тапталтан тумнастыы, барыны барытын умнуу хатыламмат түгэнэ… Араадьыйанан «Руслан уонна Люмилаттан» ааҕаллар дуу эбэтэр сүрэҕиттэн саҕыллан тахсаллар дуу бу тыллар –
Вы слышите ль влюбленный шепот,
И поцелуев сладкий звук,
И прерывающийся ропот
Последней робости?..
Москваҕа биир нэдиэлэ остуоруйаҕа курдук оннук алыптаах этэ, ол эрээри, хомойуох иһин, туох барыта бүтэр-түмүктэнэр уһуктаах буоллаҕа, Дина дьиэтигэр эргиллэр күнэ үүммүтэ, Руслан өссө хас да хонукка хаалыахтааҕа. Бүтэһик түүннэрин бииргэ утуйдахтарын сарсыардатыгар арахсалларыгар, элэ-была тылларын этэн, Руслан: «Аэропортка атаара хайаан да кэлиэм», – диэн андаҕар аҥаардаах эрэннэриитин кытта арахсыбыттара.
О проекте
О подписке