Читать книгу «Атырдьах сэргэ» онлайн полностью📖 — Данила Макеева — MyBook.
cover

Дьэ, онтон биир киэһэ барыларын стройдатан станция диэки илдьибиттэрэ. Тимир суол станциятыгар кэлэн вагоннарга олорбуттарын кэннэ түүнү быһа, кыратык тохтоон ыла-ыла айаннаан, халлаан суһуктуйуута туга да суох аһаҕас сиригэр тиийэн сүөкэммиттэрэ. Ыксал бөҕөнөн тэйиччи боруорар ойуурга таһааран хорҕоппуттара. Чугас баҕайы сэрии тыаһа ньиргийэн иһиллэрэ. Сороҕор ойуун дүҥүрүн тыаһыныы лүһүгүрүүрэ, ардыгар пулеметтар тыастара хаппыт маһы уот салыырыныы тачыгырыыра. Күнүс тото-хана аһаппыттара, сухой паек диэни биэрбиттэрэ. Аһаан бүтээттэрин кытары саа-сэп үллэрбиттэрэ. Онтон сынньалаҥ биллэрбиттэрэ.

Халлаан хараҥарыыта стройдатан сэрии тыаһа ньиргийэр сирин диэки илпиттэрэ. Балачча өр хааман, ыас хараҥаҕа харбыалаһан инники кирбиигэ тиийбиттэрэ. Халлааҥҥа сотору-сотору онтон-мантан ракеталар сандааран тахсаллара. Трассирующай буулдьалар, оһох үөлэһиттэн көтөн тахсар кыым курдук, уһаты-туора сыыйыллаллара. Тарҕаһа соҕус сииктээх окко сыппыттара. Сотору офицердар кэлэн стройдаппыттара, сынньана тахсар ротаны солбуйуохтаахтарын иһитиннэрбиттэрэ уонна траншеяларга киллэрбиттэрэ. Оннуларын булааттарын кытары 3-с рота тыылга тахсарыгар хамаанда кэлбитэ. Сотору аттыларынан бөлөх-бөлөх саллааттар кэлэн кэтэх диэки ааспыттара. Киһитэ адьас аҕыйаабыт рота быһыылааҕа. Начаас баҕайы суй гынан хаалбыттара.

Мэхээлэ Железновтуун траншея түгэҕэр кэккэлэһэ олорон наҕылыччы табахтаабыттара. Билээгэттэн тымныы ууну омурдан ыла-ыла сухой паектарын сиэбиттэрэ. Ньиэмэстэр сотору-сотору ракетанан сырдаталлара, сэрэх хоту пулеметунан ытыалыыллара. Биһиги дьоммут эмиэ хам-дьаа хардарсаллара. Халлаан сырдыыта иннилэригэр улахан куорат тайаан сытара көстүбүтэ. Билэр дьон Новгород диэбиттэрэ. Сотору взводтарын командира кэрийэ сылдьан атаакаҕа киирэргэ бэлэмнэнэргэ эппитэ. Кинилэр роталара сытар сирин туһаайыытынан, биэрэстэ аҥаарыттан ордук сиргэ оройугар абына-табына талахтардаах, уҥа өттө сыыйа намтыыр уһун соҕус үрдэл көстөрө. Онно сытар ньиэмэстэри төттөрү охсорго бирикээстээбиттэр. Мэхээлэ сэрэнэн траншея чанчыгар ыттан, томтор аннынан сааскы уу сүүрүгүрдэр кыракый хотооло кинилэртэн хадьы соҕус ааһарын көрбүтэ. Балтараа сүүсчэкэ миэтэрэни сүүрбүт киһи онно тиийиэ эбит. Остуол ньуурунуу көнө хонууга итинтэн атын хахха суоҕа. Железновун ыҥыран:

– Онно диэри сүүрэн тиийбит киһи, – диэбитигэр киһитэ атын туох да хахха суоҕун көрөн үөхсэн субуруппахтаан баран, бииргэ тутуһа сылдьыахпыт диэбитэ.

Сотору соҕус кэтэх өттүлэригэр пушкалар эстэн ньиргиспиттэрэ. Били томторго снарядтар эстэн бурҕаҥнаспыттара. Ол эрээри өр ытыалаабатахтара. Сотору соҕус, туох эрэ алдьархайы кэтэспиттии, уу чуумпу сатыылаабыта. Ол кэмҥэ роталарын командира траншеяттан ойон тахсан сыгынньах бэстилиэтинэн далбаатыы-далбаатыы:

– Ийэ дойду иһин! Сталин иһин! Атаакаҕа! Ураа! – диэн хаһыытаабыта. Онтон-мантан саллааттар ойон туран «Ураа!» хаһыытыы-хаһыытыы иннилэрин диэки сырсыбыттара. Мэхээлэ эмиэ ойон туран били хотоолугар тиийэр санаалаах иннин диэки түһүнэн кэбиспитэ. Траншеяларыттан отучча саһаан тэйиэхтэригэр диэри ньиэмэстэр ытыалаабатахтара. Сүүһүнэн киһи «Ураа!» хаһыытыыра биир кэлим «Уу-аа-аа-а!» диэн эрэ сатараан иһиллэрэ. Дьэ, онтон томтор сирэйэ уотунан күлүмнүү, автомат, пулемет тыаһынан өрө бирилии түспүтэ. Үрдүлэринэн баһаам үгүс үөрдээх чооруос чыычаах ааһарыныы буулдьа тыаһа чубугуруу түспүтэ. Мэхээлэ иннигэр, ойоҕоһугар сүүрэн иһэр дьон табыллан охтуталаабыттара. «Уу-уу-аа-а!» диэн хаһыы кэхтэрэ түһээт, атын ыһыынан-хаһыынан, ынчыгынан солбуллубута. Рота барыта ыраас хонууга хаптайарга күһэллибитэ.

Кэтэхтэригэр эмиэ пушкалар тыастара иһиллибитэ. Үрдэлгэ онон-манан буор бугуллар логлоруспуттара. Эмиэ ойон туран сырсыы буолбута. Мэхээлэ били бэлиэтии көрбүт хотоолугар тиийэрэ сүүрбэччэ ойуу хаалбытын кэннэ тулатыгар ынырыктык улуйан-кэлийэн кэлэн миинэлэр эстэн бурҕаҥнаспыттара. Өссө уончата ойоот миинэ боруоҥкатыгар ыстаммыта. Аттыгар Железнова кэлэн умса хоруйа түспүтэ. Миинэ түһэрэ сэллээтин кытары дьоно эмиэ атаакаҕа турбута. Мэхээлэлээх хотооллоругар сүүрэн тиийээт, төҥкөччү туттан баран, ону батыһа сыыйа уҥа диэки хадьы соҕус сүүрбүттэрэ. Буулдьа тыаһа үөһэнэн ыйылыыр буолбута. Онон миинэ эрэ таба түспэтэр дии саныы-саныы харса суох харбыалаһыы буолбута. Сотору үрдэл сыырынньа өттүнэн, адьас тэллэҕэр тиийбиттэрэ. Тыын ылаары умса түһэн сытан кэннин хайыспыта – Железнов тилэх баттаһа кэлэн сытар этэ. Кини кэннигэр хас да киһи көхсө үллэҥниирэ. Кинилэр хотоолу батыһа сүүрэр кэмнэригэр дьоно эмиэ хаптайбыт быһыылааҕа. Сотору сэдэх соҕус «Ураа!» хаһыы иһиллээтин кытары ньиэмэстэр ыталлара күүһүрбүтэ. Железнов Мэхээлэҕэ кэккэлэһэ түһээт:

– Гранаталарынан! – дии-дии бинтиэпкэтин быатын моонньугар иилбитэ, онтон икки илиитигэр гранаталары ылан чекатын тиистэринэн турута тарпыта. Мэхээлэ эмиэ саатын сүгээт, гранаталарын ылан эр-биир чекаларын хадьырыйталаан баран киһитин диэки хайыспыта. Железнов кинини тонолуппакка көрө сытара. Итииргээн сирэйэ кытарбыт, буор-быыл буолбут сүүһүнэн, сэҥийэтинэн көлөһүнэ араастаан тараанньыктанан түспүт, күп-күөх хараҕа тыйыһыран хаалбыт этэ. Утарыта көрсөн ылаат:

– Давай! – диэн үөгүлэһээт, ойон туран сыыры өрө сырсыбыттара. Уончата ойоот үрдэл оройуттан аллараа эриллэн түспүт траншея диэки гранаталарын утуу-субуу элиппиттэрэ. Онтон сааларын эһэ охсон ылаат, хабарҕалара хайдарынан хаһыытыы-хаһыытыы, саба сүүрэн киирбиттэрэ. Мэхээлэ траншеяҕа ыстанан киирээт, уҥа диэки күлүҥнэһэр өстөөхтөрү ытыалаан баһырҕаппыта. Онтон саатын туора илгээт, умса түһэ сытар ньиэмэс автоматын хабан ылан ытыалаан татыгыраппыта. Ботуруона бүтээтин кытары эмиэ ыһыктан кэбиһээт, атын өлүктэн автоматын сулбу тардан ылбыта. Ити курдук, хаста да автоматын уларыта-уларыта, ытыалаан тибиирдибитэ. Кинилэр кэннилэриттэн хас да киһи траншеяҕа ыстанан киирэн ньиэмэстэри кытары кэйгэллэһэн барбыттара. Сотору дьонноро тиийэн кэлэн ньиэмэстэр иккис траншеяларыгар үргүлдьү ааспыттара.

Мэхээлэ брустверга турар пулемету ылаат, кэннилэриттэн ыстаммыта, Железнов ботуруон хааламмыт лиэнтэлэрдээх тимир холбуканы харбаан ылан кэнниттэн батыспыта. Анараа траншеяҕа тиийэн куотан унньулуһан эрэр ньиэмэстэри ытыалаан тибиирдибиттэрэ. Өр-өтөр буолбатаҕа снарядтар, миинэлэр ыйылаһан кэлэн уот будулҕан ортотугар буола түспүттэрэ. Траншея түгэҕэр умса түһэн сыттахтарына сир мэктиэтигэр өрүтэ түллэҥнээн олорбута. Уот аҕырымныырын кытары аны ньиэмэстэр утары атаакаҕа турбуттара. Эмиэ ытыалаһыы өрө күүдэпчилэнэ түспүтэ. Мэхээлэ пулеметун уоһа кытарыар диэри ытыалаан, ботуруонун барытын тэбээн кэбиспитэ. Онтон аттыгар сытар автоматы ылан тибиирдибитэ.

Ол кэмҥэ Железнов пулемет ботуруона булан аҕалбыта. Ону иитэн хачыгыраспыттара. Ити курдук өстөөх хаста киирэн көрбүтүн төттөрү охсубуттарын кэннэ аны ньиэмэс самолеттара кэлэн буомбалаан лигийбиттэрэ. Эмиэ били тимир суол станциятыгар буолбут алдьархай түбүлээбитэ. Сир ийэ иэнэ мэктиэтигэр өрүтэ кэдэҥэлээн ыларга дылыта. Самолеттар барааттарын кытары уу чуумпу сатыылаабыта. Мэхээлэ саба түспүт буору тоҕо сүгэн оргууй олорбута. Кулгааҕа куп-куугунас, хараҕа ирим-дьирим буолбут этэ. Төбөтүн илгистэ-илгистэ, тарбаҕынан кулгаахтарын хастыбыта. Онтон өндөйөн көрбүтэ ньиэмэстэр эмиэ тура хааман иһэллэрэ. Пулеметун ылан ытыалаан сигийбитинэн барбыта. Аттыгар Железнов автомата тарылыыра. Аны биһиги дьоммут диэкиттэн снарядтар кэлэн ньиэмэстэр сыаптарыгар түһэн тоҕута барбыттара. Анарааҥҥылар эмиэ төттөрү чугуйбуттара. Биһиги дьоммут соторутааҕыта төлө охсон ылбыт траншеяларыттан бэрт сэдэхтик ытыалыыллара. Арааһа, тыыннаах хаалбыт киһи аҕыйаабыт быһыылааҕа.

Күн буруо, быыл быыһынан кытаран киирэн барбыта. Сотору халлаан хараҥаран кыргыһыы сэллээбитэ. Ону кытары биһиги дьоммутуттан эбии күүс кэлэн Мэхээлэлээҕи төттөрү таһаарбыттара. Маарыын сарсыарда 250 киһилээх ротаттан ахсыа эрэ буолан ордубут этилэр. Үс күн инники кирбии кэтэх өттүгэр сытыаран баран, тыылга таһааран эмиэ штрафной ротаҕа холбообуттара. Уонча хонугунан Старай Руссаттан саҕалаан Демьянскай тоҕойу босхолуур кыргыһыыларга кыттыбыттара. Ити курдук кыһыны быһа кыргыһыы үөһүгэр сылдьыбыттара. Өлбүттэри, бааһырбыттары саҥа дьонунан солбуйан иһэллэрэ.

Биирдэ саҥа кэлбиттэр ортолоругар уруккута майор чыыннаах, военторг начальнига киһи баара. Ити кэмнэргэ үгүс үрдүкү командирдар сытыы тыллаах саллааттар «ВПЖ» (военно-полевая жена) диэн ааттаабыт дьахтардаах буолаллар эбит этэ. Ол дьахталлар ардыгар атаахтаан да ылаллара ханна барыай? Онон командарм военторг начальнигар хонуутааҕы байыаннай ойоҕор үчүгэй саппыкыны тигэргэ бирикээстээбит. Ол дьахтар саҥа саппыкыланан баран дьүөгэлэригэр киһиргээбэккэ буолуо дуо. Аны военторг начальнигын штаб начальнига ыҥыран ылан бэйэтин ВПЖ-гар өссө үчүгэй саппыкыны сакаастаабыт. Оттон майорга оннук тирии суох буолан биэрбит. Ол түмүгэр сылтах булан майор эрэйдээҕи трибуналга сууттаан, бары чыынын-хаанын быһан туран штрафной ротаҕа ыыппыттар.

Кыс ортото сэттэ медсестра кыыһы аҕалбыттара. Чугуйуу буолбутугар кыргыттар эрэйдээхтэр эмиэ куоппуттар. Өлүү болдьохтоох дьилэй дууһалаах командирдаах заградотряд туһаайыытынан тахсан кэлбиттэрин тутан ылан штрафной ротаҕа ыыппыттар. Командирдара кыргыттары көрөн:

– Дьэ, буолуохтаатаҕа! Кыргыттары сэриигэ киллэрэр, өссө штрафной ротаҕа ыытар буоллахпыт үһү. Кинилэр сэриилэһиэ суохтаахтар эбээт, оҕолонуохтаахтар, – диэн баран дириҥник өрө тыынан ылбыта.

Кыргыттар тыыннаах хаалалларын туһугар тугу барытын оҥорорго сүбэлэспиттэрэ. Ол эрээри, бастакы кыргыһыыга биир кыыс миинэҕэ түбэһээхтээбитэ. Икки атаҕын дэлби тэптэрбит муҥнаах сыыллар да кыаҕа суох буолан сытара. Дьүөгэлэрэ кинини Галя диэн ааттыыллара. Командирдара Мэхээлэҕэ кинини хайаан да тыылга таһаарарга бирикээстээбитэ. Галя, Мэхээлэ сүгэн баран сорох сиргэ сыылан, ардыгар ойон туран сүүрэн истэҕинэ, сотору-сотору: «Аны миигин штрафник диэбэттэр ини», – дии иһээхтээбитэ, онтон өйүн сүтэрбитэ. Кыыс хатыҥыр баҕайы этэ, ону таһынан атаҕын быһа тэптэрэн адьас кыракый оҕо курдуга. Мэхээлэ төһө сатыырынан бааһырбыттар буруйдарын боруостаабыттарынан ааҕыллалларын туһунан быһаара сатаабыта уонна кыаммакка хараҕын уута икки иэдэһинэн халыйа испитэ. Оҕо курдук түөһүгэр көтөҕөн, кутталлаах сири ааһан истэҕинэ, Галя быстах кэмҥэ өйдөнөн кини ытыы иһэрин көрөн:

– Ытаама. Мин атаҕа суох да буолларбын тыыннаах хааллым дии. Хата, эн бэйэҥ тыыннаах хаала сатаа, – диэн сибигинэйбитэ. Онуоха киһитэ ордук тэптэн ытаабыта.

Кыргыттар бары даҕаны олус хорсун уонна күүстээх санаалаах этилэр. Кинилэр аттыларыгар куттаҕас саллааттар бааллара кими барытын абардыах курдуга. Кыргыттарга дурда-хахха буоларга анаммыт биир кус сүрэх атаакаҕа киирэн иһэн талах төрдүгэр мээнэ халлааны ытыалыы сытарын көрөн, хайдахтаах да түгэҥҥэ бэйэ бодотун туттунар командирдара уҥуох-уҥуоҕа хамсыар диэри уордайбыта. Чуут ол саллааты ытан кэбиһэ сыспыта. Сотору командирдарын туруорсуутунан кыргыттары штрафной ротаттан босхолообуттара.

Итирэн баран араас буруйу оҥорон түбэспиттэр кытта бааллара. Мэхээлэ урут арыгыны хаһан испитэ баарай, онон өлүүтүн атын дьоҥҥо биэрээччи. Железнов даҕаны итирэр гына испэтигэр сүбэлиирэ. Итирик киһи сэриигэ буолуохтааҕар, ханна баҕарар алдьархайга түбэһиэн сөп диирэ. Биһиги дьоммут арыгыга түбэстилэр да иннилэрин-кэннилэрин билбэт гына иһэллэрин ньиэмэстэр эмиэ билэллэр эбит этэ. Ол иһин чугуйалларыгар тимир суол станцияларыгар, атын да улахан суолталаах нэһилиэнньэлээх пууннарга соруйан испиирдээх цистернэлэри хаалларан бараллар эбит. Биирдэ итирэн хаалан ньиэмэстэргэ билиэн түбэһэ сыһан баран, күрээбит танкистары аҕалбыттара. Кинилэр тимир суол станциятын өмүтүннэрэн былдьаан ылар бирикээһи ылан баран, чаҕылхайдык толорбуттар. Онтон бүтүн цистернэ испиир турарын көрөн кыайыыларын сууйбуттар. Сотору соҕус ньиэмэстэр туох да утарылаһыыны көрсүбэккэ станцияны төттөрү ылбыттар. Биһиги дьоммут өлөр итирик буолан биэрбиттэр. Таанкалар бары экипажтара суох тураллар үһү.

Сааһыары миинэ эмтэркэйэ Железнов хаҥас саннын хаптаҕайыгар таппыта. Мэхээлэ ыараханнык бааһырбыт табаарыһын сүгэн санчааска илдьэн биэрбитэ. Арахсалларыгар киһитэ:

– Мин этэҥҥэ буоллахпына аны штрафнойга төннүбэппин. Эн кытаат, тыыннаах хаала сатаа, – диэн баран өлүөр илиитинэн бүк тардан иэдэһиттэн уураан ылбыта. Мэхээлэ хараҕа туманныран, күөмэйин туох эрэ бүөлүү анньан тугу да булан эппэккэ киһитин түөһүгэр илиитин ууран ылаат таһырдьаны былдьаспыта. Железнова бааһырыаҕыттан ыла улаханнык соҕотохсуйбута. Кинини кытары төгүрүктээһинтэн тахсан штрафнойга түбэспит дьонтон биир да киһи ордубатаҕа. Кыргыһыы саамай кытаанаҕар сылдьан ким өлөн, ким бааһыран туораан испиттэр. Арай, кинини эрэ буулдьа да, оскуолка да таба илигэ.

Халлаан ылааран барбыта. Сотору уу-хаар тахсыбыта. Траншеялара киһини сототунан уу чаалыйан эрэйдиир буолбута. Бу кэмҥэ сэрии арыый аҕырымнаан ыларга дылы гыммыта. Мэхээлэ саҥа кэлбит дьонтон биир сааһыра барбыт Сухов диэн киһилиин уонна эдэркээн Кузнецовтуун доҕордоспута. Сухов Сибиир олохтооҕо, холкуостаах. Пушканы соһор аттары көрүүгэ-харайыыга сылдьан, дьөһөгөй оҕолорун олус сордуур младшай лейтенаны кытта кыыһырсан баран хараҕын ылан кэбиһэн штрафной ротаҕа түбэспит. Оттон Кузнецов аан бастаан атаакаҕа киирэн иһэн, куттанан снаряд воронкатыгар күн аҥаара олорбут буруйун кыа хаанынан боруостуу кэлбит. Суховы кутурук маһын курдук батыһа сылдьар, адьас аҕа туттан кэбиспит быһыылааҕа. Мэхээлэ маҥнай кинилэри туораттан кэтээн көрө сылдьыбыта, онтон биир түүн үһүөн инники кирбииттэн өссө арыый иһирдьэ киирэн кистэлэҥ харабыллааһыҥҥа сылдьаннар чугаһаспыттара.

Онно сытан тымныйбыта дуу, Кузнецов сарсыныгар иһэ ыалдьан эрэйдэммитэ. Мэхээлэ иһэ ыарыйдаҕына ииппит эдьиийэ сытыган эрбэһини оргутан иһэрдэрин санаан киһитин оннук эмтээбитэ. Эрбэһин баҕас траншея таһыгар элбэх этэ. Өс киирбэх киһитэ кыырт буолан хаалбыта. Дьэ, онтон ыла аһыылларыгар, утуйалларыгар бары бииргэ суулаһан сылдьаллара.

Биир түүн кинилэри сибиэһэй дьон кэлэн солбуйбуттара. Штрафниктары тыылга таһааран, поезка олордон Москва диэки илпиттэрэ. Онтон Орел куорат туһаайыытынан тиэрдэн ый курдук сынньаппыттара. Өссө эбии дьону аҕалтаабыттара.

Дьэ, онтон, от ыйын 5 күнүн сарсыардатыттан, харса суох кимэн киирии саҕаламмыта. Штрафниктар сыһыарыллыбыт чаастара, өстөөх төһө да күүскэ утарсыбытын иһин, хас да күн устата син кыра-кыралаан сыҕарыйан иһэн улахан бөҕөргөтүнүүлээх балаһаҕа кэлэн харан хаалбыта. Мэхээлэлээх роталара кимэн киирэн иһэр туһаайыытынан, сыһыы анараа өттүгэр баар дьоҕус үрдэлгэ оҥоһуллубут дзоттан икки пулемет кими да быктарбат гына сабыта тибиирэн иһэллэрэ.

Дзоту суох оҥорорго бирикээс ылбыт саллаат сирин ортотугар да тиийбэккэ өлбүтэ. Утуу-субуу өссө сэттэ киһи барбытын тэһитэ ытыалаан кэбиспиттэрэ. Дьэ, онтон тохсус киһинэн Мэхээлэ барарыгар бирикээстэммитэ. Уол оҕо уйана-хатана биллэр, күн-хаан туллар кэмэ тирээн кэлбитэ. Мэхээлэ дьонун көмөлөһүннэрэн каскатын тула эрбэһин анньыммыта, ньиэмэс плащпалаткатын бүрүнэ быраҕыммыта. Алталыы гранатаны икки гына холбуу баайбыттара уонна алта диискэлээх ньиэмэс автоматын биэрбиттэрэ.

Хайыыр да кыаҕа суоҕа. Сибилигин аҕай, хараҕын ортотугар, аҕыс киһини уот тобураҕынан сабыта тибиирдэн өлөрбүт хонууларыгар сыыллан тахсарыгар тиийбитэ. Араастаан күөрэ-лаҥкы түһэн өлө сытар дьону быыһынан, төһө кыалларынан, сиргэ хам сыстан сыылан иһэн, хаан сытыттан аҕынньыта төллөн өҕүйэ сыһа-сыһа, сыҕарыйдар сыҕарыйан испитэ. Дьоно кинини хаххалаан ытыалыылларын күүһүрдүбүттэрэ. Өлбүт дьонунан хаххаланан, сир аппатын-дьаппатын барытын туһана сатаан, бэрт өр сыыллан дзоттан хадьы соҕус тиийэн траншеяҕа үҥкүрүс гыммыта. Кини дьолугар биир да ньиэмэс саллаата суох сирэ түбэспит этэ. Тохтоон тыын ыла түһэр, көлөһүнүн да соттор түгэнэ суоҕа. Автоматын адьас бэлэм туппутунан траншея устун дөрүн-дөрүн пулемет ытыалаан күпсүйэр сирин диэки үөмпүтэ. Ол иһэн хаҥас диэки муҥур траншеяҕа түөрт-биэс саллаат аһыы олороругар түбэһэ түспүтэ. Анарааҥҥылар кинини көрөн, соһуйан, харахтарын тиэрэ көрөн кэбиспиттэрэ. Тутан туран уһун уочаратынан барыларын хаптаппыта. Арааһа, аһыыр кэмнэригэр түбэһэн маныаха диэри тыыннаах кэлбиппин ээ дии саныы-саныы, салгыы ньохчооройдообута.

Дзокка тиийэн, ааны тэлэйэ тардан баран биир баайыы гранатаны иһирдьэ элитээт туора ыстаммыта. Сүрдээх улахан, бүтэҥи тыас ньиргийэ түспүтэ. Тутуу баттаһа иккис баайыытын быраҕан баран эмиэ төттөрү ойоот, үөрүүтүттэн даллайан олорон хаалбыта. Ол кэмҥэ, ити үлүгэртэн хайдах тыыннаах хаалбыт күтүр эбитэ буолла, биир ньиэмэс офицера балааскайдаан тахсан иһэн, кини диэки туһаайа-туһаайа, бэстилиэтинэн хаста да ытан баһырҕаппыта. Мэхээлэ уҥа илиитэ «ньир» гына түһээт, былаат курдук буолан хаалбыта. Ойон туран истэҕинэ анарааҥҥыта өссө чугаһаан кэлэн, адьас икки-үс хаамыы сиртэн ытан саайбыта. Мэхээлэ охтон иһэн түөһүгэр иилинэ сылдьан автоматын элбэрээгин хаҥас илиитинэн төлө тардан, ааһа бакылдьыйан эрэр офицеры сууллары ытан түһэрбитэ. Хабарҕатыттан хаан тыгыалыырын өлүөр илиитинэн саба туттан сыттаҕына, дьоно ыһыы-хаһыы бөҕөнү түһэрэн саба сырсан кэлэн бөҕөргөтүнүү иккис балаһатыгар ааспыттара. Мэхээлэ таһыгар ротатын командира кэлэн сөһүргэстии түспүтэ. Онтон:

– Живой! Живой! Ай, да молодец! Санита-аар! Санитар! – дии-дии тула холоруктаабыта. Санитар кэлэн хабарҕатын халыҥ гына бэрэбээскилээн, уҥа илиитин эмиэ ыга кэлгийэн баран:

– В рубашке родился. Пули навылет прошли, – диэн баран өйөөн туруорбута. Рота командира санчааска тиэрдэ охсорго бирикээстээт дьонун эккирэтэ ыстаммыта.

Кырдьык, бааһырыылара халымыр соҕус буолан биэрбиттэрэ. Били, ньиэмэс офицера бастакы ытыалааһыныгар биир буулдьа уҥа илиитин быччыҥын тобулу көтөн ааспыт этэ. Иккиһин, тутан туран сыыһа ытан, хаҥас сыҥааҕын аннынан көп этин дьөлө ыппыт. Онон ый иһинэн үтүөрэн госпитальтан тахсар буолбута. Үтүөрэн тахсааччылары анал хамыыһыйа көрөн хайа чааска баралларын быһаарара. Ону таһынан, штрафниктар оһуобай отдел үлэһиттэрин чыыскалааһынын ааһаллара. Мэхээлэни сиэстэрэ кыргыттарга киэргэнэн ып-ыраастык таҥнар, одеколон сытынан дыргыйар оһуобай отдел капитана атаҕын төбөтүттэн саҕалаан өрө көрөн таһааран баран, олоппоһугар тиэрэ түһэн чочумча, бу туох киһитэ киирдэ диэбиттии, сыныйан көрбүтэ. Онтон дьыалатын арыйталаан ааҕа түһэн баран: