Читать книгу «Атырдьах сэргэ» онлайн полностью📖 — Данила Макеева — MyBook.
cover

Аҥаар эҥээрин тэлгэммит, атынынан саптыбыт синиэлин кэтээт, кууһа сыппыт бинтиэпкэтин туппутунан киһитин кэнниттэн батыспыта. Дьонноро бөлөхтөөн үүммүт талахтар кэтэхтэригэр стройдаары үөмэхтэһэн эрэллэрэ. Бары үс кэккэнэн стройдаан кырылаабыттарын кэннэ командирдара майор Распутин хас да офицеры кытары тиийэн кэлбиттэрэ.

– Табаарыстар! Сааҕытын-сэпкитин туттарыҥ, туох эрэ сыыһа бирикээс тахсыбыт. Быһаарсыахпыт.., – диэн баран портупеятын устан ылан оргууй сиргэ уурбута уонна туора тахсан турунан кэбиспитэ. Мэхээлэ онно өйдөөн көрбүтэ уҥа-хаҥас өттүлэригэр сабыс-саҥа формалаах, автоматтаах саллааттар кэккэлээн тураллара. Онтон-мантан «Тоҕо? Хайдах?» диэн саҥалар иһиллэн эрдэхтэринэ, били, бөлөхтөөн турар офицердартан петлицатыгар үс шпалалаах киһи бэстилиэтин сыгынньахтыы туппутунан:

– Армия главнокомандующайын бирикээһэ. Бары сааҕытын-сэпкитин туттараҕыт. Өрөлөспүт киһини суута, силиэстийэтэ суох ытан кэбиһэр бырааптаахпыт, – диэн хаһыытыы-хаһыытыы, строй иннинэн хааман чиккэҥэлээбитэ.

Хайыахтарай, сааларын-сэптэрин – ким кыргыһыыга былдьаабыт автоматын, бэстилиэтин, атыттар бинтиэпкэлэрин – биир сиргэ чөмөхтүү быраҕа-быраҕа стройга төттөрү турунан испиттэрэ. Мэхээлэ маһа онон-манан хабырыттыбыт бинтиэпкэтин бэркэ сэрэнэн чөмөх үрдүгэр ууран баран, стройга төннөн иһэн саата нүөмэрин таһынан өссө туох ураты бэлиэлээҕин өйдүү сатаабыта. Саха киһитин сиэринэн саатын бэркэ харыстаан илдьэ сылдьыбыта. Көнөтө, тэбэрэ үчүгэйэ бэрдэ. Адьас кыҥаабыт сиригэр түһэрэрэ. Элбэхтэ үрүҥ тыынын өллөйө буолбута. Ол иһин, төттөрү биэрэр буоллахтарына, бэйэтин эрэ бинтиэпкэтин ылар санаалааҕа.

Бары сааларын-сэптэрин туттарбыттарын кэннэ аны «Формаҕытын устуҥ!» диэн бирикээстээбиттэрэ. Бу сырыыга улаханнык мөккүспэккэ, киҥинэйэн үөхсэ-үөхсэ тас таҥастарын устан чөмөхтүү бырахпыттара.

Маҥан сиидэс ис таҥаһынан эрэ хаалбыт дьону икки өттүлэриттэн автоматтаах саллааттар хонбуойдаан чугас соҕус баар землянкаҕа илдьибиттэрэ. Сэрии сэбин уурарга анаан оҥоһуллубут, ортотунан тулааһын баҕаналардаах кэҥэс соҕус землянкаҕа лыык курдук симиллибиттэрин кэннэ ааны олуйан халыгыраппыттара.

– Тоҕо биһигини хаайдылар? Туох буруйбут иһин? – диэн дьон бэйэ-бэйэлэриттэн ыйыталаспыттара. Өмүрэн, соһуйан хаалан дөйүөрбүт курдук дьон ити ыйытыылартан, дьэ, өрө оргуйа түспүттэрэ. Ханна эрэ, землянка түгэҕин диэки Распутин саҥата иһиллибитигэр айдаан хам барбыта.

– Ленинград оборонатын быраҕан, гитлеровецтарга таҥнарбыт генерал Власов бирикээһин толорон чугуйбут үһүбүт.

– Власов таҥнарбыт даа?!

– Оо, ыт эбит дии…

– Биһиги бирикээһи эрэ толорбуппут. Таҥнарбатахпыт, – диэн маарыҥҥытааҕар өссө күүстээх күйгүөр буола түспүтэ.

– Тохтооҥ! Тохтооҥ! Чуумпуруҥ! Биһиэхэ Москваҕа куттал суоһаата диэн төгүрүктээһини тоҕо көтөн Старай Русса туһаайыытынан тахсарга бирикээстээбиттэрэ. Биһиги ону толорбуппут. Сэриигэ быһыы-майгы түргэнник уларыйар. Төгүрүктээһинтэн тоҕо көтөн тахсар кэммитигэр генерал Власов ньиэмэстэргэ таҥнарбыт. Биһигини… Биһигини эмиэ таҥнарыыга буруйдууллар. Быһаарыахтара. Быһаарсаллар ини.., – диэн Распутин кэһиэхтээх саҥата иһиллибитигэр уу чуумпу сатыылаабыта. Хараҥа муннук диэкиттэн ким эрэ ыҥыранар, ынчыктыыр кэриэтэ:

– Тогда нам хана. Всех расстреляют, – диэбитигэр сатыылаабыт чуумпу өссө ыараабыкка дылы буолбута. Мэхээлэ тулааһын баҕанаҕа өйөнөн туран: «Эс, ама барыбытын таһааран ытан кэбиһэллэр үһүө. Туох буруйбут иһин?! Эмиэ ыар эрииргэ түбэстим ээ, быһыыта», – дии санаабыта. Дойдутугар чуут хаайыыга түбэһэ сыһан сэриигэ барар буолан быыһаммыта. Манна да кэлэн баран, эмиэ туох да буруйа суоҕар саа уоһугар турар куттал суоһаабытыттан сүрэҕэ нүөлүйбэхтээбитэ. Ити туран дойдутун, дьонун, ааспыт олоҕун санаан тулатыгар туох баарын умнан ылбыта.

* * *

Сэрии буолбут сураҕын истэллэригэр кини уон сэттэтин саҥа ааспыт уол этэ. Түөрт кылаас үөрэхтээх буолан холкуос суотчутунан үлэлиирэ. Мэхээлэ ийэ-аҕа таптала диэни билбэккэ улааппыта. Аҕатын эдьиийигэр, аҥаардас дьахтарга иитиллибитэ. Эдьиийэ сэрии буолуо аҕыйах ый иннинэ хотоҥҥо ынах ыы олорон эмискэ нукус гынаат өлөн хаалбыта. Онтон ыла дьукаахтарын кытары буккуһан олорбута. Сэрии саҕаланар сылыгар, кыһайбыт курдук уот кураан сатыылаабыта. Холкуостарын бэрэссэдээтэлэ Сэмэн Харылаампыйабыс бэбиэскэ тутан сэриигэ аттаммыта. Кинини кытары үлэни-хамнаһы кыайар эр дьон бары хомуллубуттара. От ыйын бүтүүтэ Мэхээлэни бэрэссэдээтэлинэн талбыттара. Алаастар кубарыччы кууран, туохха да кыайтарбат аһыҥа түһэн, арыый кыанар дьоннорун өрүскэ оттото киллэрбиттэрэ. Мэхээлэ дьонун кытары өрүскэ киирэн тахсыбытын кэннэ хонуу биригэдьиирэ Сөдүөт оҕонньор:

– Иэдээн буолла… Сүөһүбүтүн-аспытын хайдах сыл таһаарабыт. Манна бэрт аҕыйах оттоохпут. Маралаайы үрэҕэр дьонно тэрийэн ыытыахха. Салайааччынан Бүөтүрү анаатахха саатар сэттэ-аҕыс оту туруорар инилэр. Үнүр дулҕалаах, уулаах сиригэр киһи тирбэҕэлэһиэх ото баар эбит диэн эрэрэ, – диэбитэ.

Иккиэн бэрт өр олорон, сыымайдаан сэттэ киһини – икки оҕонньору, үс эдэрчи, оҕото-уруута суох дьахтары уонна Ыстапаан, Дьуонуска диэн чороччу улаатан эрэр уолаттары тэрийэн ыытарга диэн быһаарбыттара. Барааччыларга биир аты, икки оҕуһу биэрэр буолбуттара. Сөдүөт үс-түөрт оҕонньору хомус баайыытыгар туруоруох буолбута.

Лаҥхаайыкы уонна Элэһин диэн бэрт хойуу хомустаах күөллэри таһынан Улахан Эбэ диэн алта арыылаах, бу эҥээр олорор дьону иитэр-аһатар күөл хомуһун баайарга быһаарыммыттара. Оҕонньотторго көмөҕө олдьот уолаттары анаабыттара.

Кыһарҕаннаах кыһын ыган кэлбитэ. Күһүн хаар түһүөн эрэ иннинэ субан сүөһүлэри сүүрбэччэ көстөөх сиргэ, өрүскэ кыстата киллэрбиттэрэ. Ол сүөһүлэр кыстыыр хотоннорун, үлэһиттэр олоруохтаах балаҕаннарын тутуу, аһыҥа сиириттэн тоҕус сорунан быыһаабыт дуона суох бурдуктарын быһыы, кыстыкка киирии атын да бытархай, ол эрээри хайдах да уталытыллыбат үлэлэрэ дьон-сэргэ хара көлөһүнүн супту уулаабыта, сыратын-сылбатын быспыта.

Кыһын кыһалҕанан, тымныынан кыһарыйан тиийэн кэлбитэ. Ас-үөл олус кырыымчык этэ. Туох чорбойорун барытын фроҥҥа диэн туура тутан ылаллара. Олунньу саҥатыгар Мэхээлэ өрүскэ кыстаан олорор дьонугар өйүө сыыһа илдьэ таарыйа, билсэ диэн барбыта. Аара хонон дьонугар тиийбитэ этэҥҥэ олороллор этэ. Төннөрүгэр ата ыран хаалан икки хоммута. «Кыһыл Сулус» холкуоска хонон турбутун кэннэ, сарсыарда дьиэлээх оҕонньор хатыҥ үөстээх чэйи иһэ олорон, төһө да эмээхсининээн үһүөйэх эрэ буоллаллар:

– Эһиги диэки дьон-сэргэ хайдах олороллор. Биһиэхэ хас да киһи хоргуйан өллө, – диэн сибигинэйэн кэпсээбитэ. Мэхээлэ ити кэпсээни бэркэ дьулайа истибитэ. Кинилэргэ да хоргуйуу ыган иһэрин бүтэйдии сэрэйэрэ. Барарын саҕана оҕонньор:

– Дьэ, тукаам. Олус эдэргиттэн ыар бурҕалдьыны кэппит оҕо эбиккин. Кытаатан дьоҥҥун-сэргэҕин харыстыы сатаа, – диэбитэ.

Халлаан өссө да ситэ сырдыы илигэ. Ол эрээри тула өттө бүдүк-бадык соҕус да буоллар син көстөрө. Ата арыый сынньаммыт курдук айаннаан сэксэлдьийэн иһэн, хоммут ыалыттан балтараа биэрэстэ курдук тэйээт, турунан кэбиспитэ. Иччитэ муоһатын хамсатан самыытын таһыйан көрбүтэ да, баҕаналыы тэбинэн, баһын илгистэ-илгистэ турбута. Сыарҕаттан түһэн иннигэр тиийбитэ туох эрэ харааран сытара. Куйахата «дьыр» гына түспүтэ, чугаһаабакка туран ыраахтан ыҥыран көрбүтэ да, саҥа суох буолбута. Хайыай, тиийэн умса түһэ сытар киһини эргитэ тардаары гыммыта номнуо адаарыччы тоҥон хаалбыт этэ.

Сүрэҕэ айаҕар бүөлүү анньан атыгар нэһиилэ тиийбитэ. Тоҥуу хаарынан эргитэн хоммут ыалыгар төттөрү барбыта. Оҕонньор истээт:

– Оо, хайа сордоох эбитэ буолла, – диэн уһуутаан кэбиспитэ. Балачча өр дөйбүт курдук олоро түһэн баран: – Тукаам, эн куула суолунан бар. Нөҥүө алааска киирдэххинэ уҥа суолу тутуһаар. Оччоҕо дойдулуур суолгар тахсыаҕыҥ. Мин сэбиэккэ киирэн тыллаатахпына сатанар, – диэбитэ.

Хоргуйан, тоҥон суолга охтубут киһини көрөн Мэхээлэ улаханнык саллыбыта. Хараҕар адаарыччы тоҥмут, үп-үрүҥүнэн туртаччы көрбүт киһи көстөн кэлэ турара. Уһун суолу быһа дьонун-сэргэтин хоргуйууттан хайдах быыһыыр үүтү-хайаҕаһы тобула сатыы испитэ. Мантан саас улахан быстарыы буоларын көхсүнэн сэрэйэрэ. Сорох ыаллар аҥаардас үөрэ отунан эрэ хонор буолбуттара ыраатта. Тиийэн Сөдүөт, Бүөтүр оҕонньору кытары сүбэлэстэххэ сатаныыһы, кырдьаҕас дьон, баҕар, тугу эмэ тобулуохтара дии санаабыта.

Борук-сорук буолуута Улахан Эбэ арҕаа баһынааҕы үрдүк сыыры ырбыт ат сыарҕаҕа үтүрүттэрэн сиэлэн сэксэйбитэ буолан түспүтэ. Күөлгэ киирэн омоох суолунан дьиэлэрин диэки үннэрэн иһэн, эбэ киэҥ көхсүгэр тиийэн суолларын сүтэрэн кэбиспиттэрэ. Манан хаһан да, туох да сылдьыбатаҕын курдук тибэн кэбиспит этэ. Уҥуор боруорар дьиэлэр, биир-икки оһох кыыма кытыастар сирин диэки тоҥуу хаарынан мочоохтотон испиттэрэ. Ата бэйэтэ да ыран иһэр буолан, уол сыарҕаттан түһэн кэнниттэн хааман батыччахтаабыта.

Сэдэгэр арыытын соҕуруу баһынан үнүөхтэтэн истэхтэринэ эмискэ ата умса баран түспүтэ. Мэхээлэ көрдөҕүнэ хаар өрүкүс гынаатын кытары, муҥха таһаарар чардаат саҕа хап-хара уу дэбидис гына түспүтэ. Ол хара ортотугар ата, кутуруга бурал гынаат, муус анныгар барбыта. Сыарҕата сыҥааҕыттан иҥнэн таҥнары хойуостан хаалбыта.

Соһуйуу бөҕөнү соһуйан, атын муус анныттан хостуу тардан таһаарыахтыы муоһатын мэтэйэ-мэтэйэ тардыбытыгар – «пис» гынар тыас иһиллибитэ да, тиэрэ таһылла түспүтэ…

Тоҥуу хаары оймоон, ийэ-хара көлөһүнэ сарт түһэн дьиэтигэр нэһиилэ сыһыллан тиийбитэ. Тиэргэҥҥэ киирэн иһэн эргиллэ түһээт, Сөдүөт оҕонньордооххо ааспыта.

– Айыы таҥарам! – Маарыйа эмээхсин Мэхээлэ кэпсээнин истэн баран кириэстэнэн ылбыта. Сөдүөт, сэҥийэтигэр абына-табына үүммүт бытыгын имэринэ-имэринэ, балачча өр саҥата суох олорбута. Онтон:

– Өйөмҥө түстэҕэ дии, – диэбитэ уонна сорох дьыл эбэҕэ бытархан тымныыга да тоҥмот сиикэйдэр хаарынан бүрүллэн сытан хаалааччылар диэн кэпсээн соһуппута.

– Эн эрэ буолбатах. Кыс ортото атын ууга былдьаппыт дьон туһунан хаста да истибитим. Былыр оҕонньоттор итинниги эбэ ылаары ыллаҕа дииллэрэ. Үс хонон баран биирдэ хостууллара үһү. Онон эн да аккын үс хонон баран хостуур инибит.

Үһүс күнүгэр хаһыа да буолан ууга түспүт аты хостообуттара. Оһолго өлбүтүн туһунан аахталаан баран, этин холкуостаахтарга түҥэппиттэрэ. Ити түбэлтэ Мэхээлэҕэ өй укпута. Ону Сөдүөт оҕонньорго эппитигэр маҥнай саба саҥарбыта. Биир ырыган ат этэ төһө өр бараахтыай?.. Сотору дьон эмиэ хоргуйар куттала суоһаабыта. Мэхээлэ эмиэ Сөдүөккэ тиийбитэ. Сүбэлэһэн баран түүн хотоҥҥо тахсан биир сүөһүнү өлөрбүттэрэ. Сарсыҥҥытыгар аһыы оту сиэн өлбүт диэн аахталаабыттара. Этин дьоҥҥо түҥэппиттэрэ. Ол да өр барбатаҕа.

Аҕыйах хонугунан Сөдүөт Мэхээлэни дьиэтиттэн ыҥыран таһааран, мас кыска тиийэн дүлүҥҥэ олорбута.Саҥата суох кураанах хамсатын уобан олорбохтуу түһэн баран:

– Дьэ, тукаам, эмиэ ынырыктаах кураан сайын үүнэр буолла. Күн-дьыл туруга оннук. Киһи сиэмэни буорга түһэрэн туһаммата буолуо оҥоробун. Онон маннык санааҕа кэллим… Ыһыы сиэмэтин үс гыммыт биирин ордоруохха, атынын чып кистэлэҥинэн ыалларынан түҥэтиэххэ. Эн эдэриҥ бэрт… Ити дьаһалы барытын мин оҥоруом. Түбэһэр да буоллахха, буруйа миэхэ, олоруохпун олорбут киһиэхэ буолуоҕа, – диэбитэ.

Сөдүөт оҕонньор эппитин курдук дьаһаммыттара. Ыһыы сиэмэтин сороҕун маҥхааһай муостатын анныгар кистээбиттэрэ. Ону бадьыылаҕа тартаран сайын окко үлэлиир дьоннорун аһатар санаалаахтара.

Муус устар ортотун диэки уполминзаг начальнига Дмитриев диэн киһи тиийэн кэлбитэ. Онно Үрүмэччи Өрүүнэ диэн бэрт элбэх саҥалаах ыанньыксыт дьахтар эт, бурдук үллэстибиттэрин туһунан айахтатан кэбиспит этэ. Дьэ, доҕоор, силиэстийэ бөҕө буолбат дуо?! Буруйу барытын Сөдүөт оҕонньор бэйэтигэр ылыммыта. Ол үрдүнэн райком бюротугар Мэхээлэни дьүүллээн баран, дьыала тэрийэргэ диэн быһаарбыттара. Арай, итини НКВД начальнига Яковлев утарбыта. Кини: «Тарабукин эдэр киһи, киниэхэ холкуос бэрэссэдээтэлин быһыытынан бэриллибит боруонньатын устан фроҥҥа ыытыахха диэн этиилээхпин. Дойдуга эдэр дьон наадалар. Илиитигэр саа-саадах тутан дойдутун көмүскээтин.

Оттон бу дьыалаҕа тустаах буруйдаах Семенов Федот Николаевич буруйун билиммитэ. Дьыала тэриллибитэ. Мин этэрим итинэн бүтэр», – диэбитэ.

Бюро чилиэннэрэ саҥата суох сөҥөн олорбуттара. Онтон икки хас киһи НКВД начальнигын этиитэ саамай сөптөөҕүн ыйан туран, социалистическай баайы-дуолу ыскайдааччыларга кыр өстөөхтөргө курдук сыһыаннаһыахтаахпыт диэн уоттаах-төлөннөөх тыл эппиттэрэ. Мэхээлэ кинилэр этэллэрин-тыыналларын истэ-истэ иэнэ кэдэҥнииргэ, куйахата бүрүтэ тыытарга дылы гыммыта. Хараҕар Сөдүөт оҕонньор, кураанах хамсатын оборон сообурҕата-сообурҕата, бүк түһэн олороро, кинини тутан баралларыгар дьон соһуйбут, куттаммыт сирэйдэрэ, Үрүмэччи Өрүүнэ күлүгүрбүт мөссүөнэ көстөн ааһыталаабыта.

Өрүс эстиэн аҕай иннинэ сэриигэ барааччылары Дьокуускайга киллэрбиттэрэ. Манна да өр туппатахтара. Бастакы борохуотунан салгыы айаннаабыттара. Онтон аҕыйах хонукка үөрэтэ түһээт, маршевай ротаҕа холбоон тимир суолунан түүннэри-күннэри түһэрэн Ленинград таһыгар аҕалбыттара. Биир түүн саҥа кэлбиттэри балачча кэтит үрэҕи туоратан инники кирбиигэ киллэрбиттэрэ. Баара эрэ нэдиэлэ курдук сэриилэһээт, төгүрүктээһиҥҥэ түбэспиттэрэ. Онтон төлө көтөн тахсан баран аны бэйэлэрин дьонноруттан ытыллар куттал суоһаатаҕа.

* * *

Төгүрүктээһинтэн тахсыбыт дьону бу землянкаҕа үс күн хаайан сытыарбыттара. «Ийэ дойдубун таҥнарбыппар буруйдаахпын, ону билинэбин» диэн ис хоһоонноох суруктаах кумааҕыга илии баттата сатаабыттара. Ол бэйэни ытылларга уурар бириигэбэр кэриэтэ этэ. Ол иһин бары онно илии баттыыртан кыккыраччы аккаастаммыттара.

Төрдүс күннэригэр барыларын үүрэн таһааран стройдаппыттара. Майор Распутин строй иннигэр ойон тахсан: «Табаарыстар! Биһиги – Ийэ дойдубут дьиҥнээх патриоттарабыт, таҥнарыахсыттарга түбэстибит», – диэн хаһыытаан эрдэҕинэ, били полковник тутан туран бэстилиэтинэн ыппыта. Командирдара түөһүн харбаммытынан: «Сволочь! Фашист…» – диэн хардьыгыныы-хардьыгыныы, киниэхэ иккитэ-үстэ утары хардыылаан эрдэҕинэ өссө аны атын офицердар иккитэ-үстэ ыппыттара. Распутин уҥа илиитин өлөрүөхсүттэрин диэки ууммутунан умса баран түспүтэ.

Итинник харса-хабыра суох быһыыттан уонна оһуобай отдел үлэһиттэрэ хас биирдиилэрин самнарар, хам баттыыр тутууларыттан-хабыыларыттан сүрдэрэ тостубут дьоҥҥо «таҥнарыахсыт бирикээһин толорон Ленинград оборонатын бырахпыттарын иһин штрафной ротаҕа ыытарга» диэн бирикээһи иһитиннэрбиттэрэ.

Ити күн өлбүт дьонтон уһуллубут, буулдьа, оскуолак дьөлүтэ көппүт суола чөҥөрүйэ сылдьар, ситэ да сууллубатах таҥаһы кэтэрдэн баран, икки өттүлэриттэн автоматтаах дьон арыаллаан илин диэки илпиттэрэ. Ыкса киэһэ уруккута ханнык эрэ улахан холкуос көнньүүһүнэтигэр аҕалан олохтообуттара. Манна уонча хонук устата эмиэ кинилэр курдук дьылҕаламмыт дьону мунньан икки сүүс биэс уонча байыастаах штрафной ротаны тэрийбиттэрэ. Мэхээлэ Железновтуун тутуһа сылдьан биир взводка түбэспитэ. Роталарын командира, сааһырбыт лейтенант Мэхээлэлээх Железнов биир взводка барыахтарын баҕаралларын утарбатаҕа. Ас-үөл олус кэмчи этэ. Хаппыыстанан хойуннарыллыбыт уу судураан миин, биир быһыы килиэп сыыһынан күҥҥэ иккитэ аһаталлара.

Биир күн кинилэр взводтарын түптэ түрүлүөн үрдүгэр түһэрэн, массыыналарга тиэйэн ханна эрэ илдьэ барбыттара. Балачча өр айаннаан тимир суол станциятыгар тиийэн кэлбиттэрэ. Тэйиччиттэн сааһыт харабыллардаах сылдьан вагоннартан таһаҕас сүөкээбиттэрэ. Ыксатыы, ыгыы-түүрүү кытаанаҕа этэ. Дьэс манньыат курдук, кып-кыһыл сирэйдээх капитан биир кэм:

– Быстрее! Быстрее! Как сонные мухи еле двигаетесь, – дии-дии, төттөрү-таары кэлэрэ-барара. Араас дьааһыктары, кууллары тэлиэгэлээх аттарга, массыыналарга тиэйэ-тиэйэ ыытан иһэллэрэ. Мэхээлэ хараҕар киирэн аһытар көлөһүнүн соттор да бокуойа суох сылдьан, уҥа-хаҥас өттүн көрдөҕүнэ сүүһүнэн киһи сүүрэ-хаама былаастаан үлэлии сылдьаллара.

Ити сырыттахтарына эмискэ сирена тыаһа улуйа түспүтэ. Зениткэлэр үлэлээн тибийбиттэрэ. Онтон былыт быыһыттан ньиэмэс самолеттара, киһи уйулҕатын көтүтүөх, ыйылаан-уйулаан таҥнары халаахтаһан түспүттэрэ. Өлөр өлүү дүбдүргэнэ биирдэ тоҕо тардыллыбыта. Мэхээлэ туора сүүрэн истэҕинэ, харабылга турбут саллаат сытан эрэ үрдүнэн ытыалаан бирилэппитэ. Сонно умса баран түспүтэ. Тулатыгар буомбалар эстэн, сир мэктиэтигэр өрүтэ эккирээн ылара. Үрдүгэр бытархай таас, буор курулаччы кутуллара. Өйө көтөн, хаһытыы-хаһытыы сирэйин хоту сыыллан иһэн буомба тоҕо тэппит аҥхайыгар төкүнүйбүтэ. Онтон тахсаары тарбачыЇһан иЇһэн көрбүтэ биир самолет адьас кинини эрэ туһаайбытынан ытыалаан, уотунан кытыаста-кытыаста таҥнары сурулаан иһэрэ. Онтон быыһаныахтыы тиэрэ баран түһээт, хоһооно суох хаһытыы-хаһытыы илиитинэн далбаатана, атаҕынан тэбиэлэнэ сатаабыта. Самолета кини туһугар кэлээт өрө мэтэрийэн тахсыбыта. Ол кэнниттэн аны иккис самолет таҥнары халаахтаан эрэрэ. Ыксаан эмиэ үөһэ тарбачыһан истэҕинэ ким эрэ атаҕыттан төттөрү соһон ылбыта. Ап-аһыы хабархай сыттаах сииктээх буорга төбөтүн умса баттаабыта. Онуоха, сири дьөлө хаһан киириэхтии, икки илиитинэн бокуойа суох буору тарбыы сыппыта. Төһө кэм ааспыта буолла, ким эрэ эргитэ тарпытыгар өйдөммүтэ уу-чуумпу буолбут этэ.

– Вставай! Быстро за работу, – диэн ойутан туруорбуттара. Буомбалааһын улахан иэдээни оҥорбут этэ. Онтон-мантан өһөх хара буруо халлааҥҥа харбаһан эрэрэ. Оһоҕоһо субуллан хаалбыт ат, киһи куйахата күүрүөхтүү ыйылыы-ыйылыы, тура сатаан илин атаҕынан сири табыйара. Бэрт элбэх киһи күөрэ-лаҥкы охтон сыталлара.

Мэхээлэ, төһө да ууну-уоту ортотунан аастар, бу бастакы буомбалааһыҥҥа түбэһиитэ этэ. Онон уйулҕата улаханнык хамсаабыта. Халлаантан таҥнары сатыылаан түһэр, өлөр өлүүнэн уһуурар күтүрдэртэн ханна да баран быыһаныа суох курдук этэ да, син тыыннаах хаалбыт. Бэл, дьуккуруйан да көрбөтөх этэ. Ол эрээри, уҥуоҕа-иҥиэҕэ босхо баран, салыбырас буолан хаалбыт курдуга.

Аны онно-манна өрө күүдэпчилэнэр уоту умуруоруу түбүгэр түспүттэрэ. Ити икки ардыгар халлаан хараҥаран барбыта. Уот улахана сөҕүрүйээтин кытары эмиэ таһаҕас сүөкээһинэ саҕаламмыта. Мэхээлэлээх хаһыа да буолан буомбалааһын кэмигэр түөрэ түһэн хаалбыт вагонтан кууллары массыынаҕа тиэйбиттэрэ. Ол сылдьан алдьаммыт куултан тохтубут куруппаны сиэптэригэр хааламмыттара. Сырдыга буоллар харабыл саллааттар ону барытын төттөрү сүөкэтиэхтэрэ эбитэ буолуо. Хата, түүн хойут бүтэннэр массыынаҕа олордоот төттөрү утаарбыттара.

Железнов эмиэ сиэбигэр балачча куруппаны куттубут этэ. Көнньүүһүнэлэригэр кэлэн баран, синиэл сиэҕин биэтэһин хайа тардан ылан, бобута баайан оҥорбут мөһөөччүктэригэр куппуттара ортотун чуут кыайбат буолбута. Ону кистии сылдьан биирдии ытыһы ылан уу ньамаан мииннэрин хойуннараллара. Бэйэлэрэ хааһы оҥостор кыахтара суоҕа.