Бүгүн туох эрэ ураты күн. Сарсыардаттан ийэлээх аҕалара иһирдьэнэн-таһырдьанан сыбыытаһаллар. Ботур-итир кэпсэтэллэр. Иһит-хомуос лыһыгырыыр.
Аҕалара тыһаҕастарын, Маҥаачыктарын оҕотун, тоҕо эрэ далга баайбыт. Ону улахан уол, сэттэлээх Костя таһырдьа тахса сылдьан көрдө. «Ынахтар суохтар ээ, хотоҥҥо киирбиттэр. Уу, эрэйдээҕи тоҕо баайдахтарай, тоҥуо дии…».
Уол хаарга халтарыйан охто сыһа-сыһа, тыһаҕаска сүүрэн тиийдэ.
– Оокко, Оокко!
Ооккото күөх оту курдурҕаччы сии турар эбит. Төбөтүн өрө көтөҕөн «ким кэллэ» диэбиттии көрдө, үгэһинэн килиэп көрдөөн муннунан анньыалаата. Онтон «пус» гына тыынан кэбиһэ-кэбиһэ, отун сиэн киирэн барда. Ити аата «килиэбэ суох» диэн өйдөөтө. Костя санаатыгар Оокко барытын өйдүүр, арай тыла эрэ суох. Эрдэттэн анаммыт уонна ааттаабыт киһи быһыытынан Костя «мин ньирэйим» диир толору бырааптаах.
Агрофирматтан ылан аан бастаан ынахтаммыт буоланнар, Маҥаачыктара төрүүрүн өр да кэтэспиттэрэ. Биирдэ ийэлэрэ түүнү быһа утуйбатаҕа, дьиэттэн хотоҥҥо, хотонтон дьиэҕэ сыбыытаабыта. Онон туһанан оҕолор эмиэ утуйбакка, түүннэри оонньоору тэринэн, мөҕүллүбүттэрэ. Костик: «Ньирэй диэн кыра ынах. Муостааҕа буолуо дуо? Хантан кэлэрэ буолуой? Ийэтин иһиттэн хайдах тахсарый?» – диэн саныы сытан, утуйан хаалбыта.
Сарсыарда уһуктаат, бастакы санаата «ньирэйим!» диэн этэ.
– Маама, маа-ма, Маҥаачык төрөөбүтэ дуо?
– Төрөөн, төрөөн. Чэ, тур. Таҥын. Аһаан баран тахсан көрөөр, – диэбитэ уутун хамматах ийэтэ. Костик кыл-мүлчү таҥна охсоот, остуолга чугаһыы да соруммакка, таһырдьа элэс гыммыта. Кэнниттэн хаһыы эрэ иһиллэн хаалбыта.
Саас этэ. Сып-сырдык чаҕылхай күнтэн киһи хараҕа саатара. Муус-маҥан сыа хаар сымнаан, тилэххэ сыстар буолбут этэ. Кырыыһалартан дьэҥкир муус чопчулар куоталаспыт курдук номнуо таҥнары чоккураспыттар. Күн сардаҥатын тутан ылан, күөх халлааны күөннэригэр тэйитэн, муус чопчулар саас кэлбититтэн үөрэн-көтөн, кылыгыраччы күлсэр курдуктара. Салгын сыта, эчи, минньигэһин! Маннык үчүгэйгэ, ама, дьиэҕэ хаайтаран олоруоҥ дуо!
Ыбыс-ыарахан ааны хара сорунан аһан, биирдэ им балайга баар буола түспүтэ. Хотон ньиксик сыта саба биэрбитэ. Суох, Костик куттаммат. Бүтүн биэс саастаах киһи хараҥаттан куттана сылдьыа дуо? Ханна эрэ тыастаахтык ынах тыынара, муннукка туох эрэ маҥхайара. Уол илиитин иннин диэки ууммутунан, ийэтин улахан холуоһатын ханаабаҕа хаалларан кэбиһэ сыһа-сыһа, ол диэки барбыта.
Уп-улахан харахтаах маҥан ньирэй ырыган атахтарыгар үктэнэн салҕалыы турара. Сииктээх муннунан түбэһиэх үҥүлүйэн баран, уйуттуммакка умса баран түспүтэ. Уолчаан кыракый сүрэҕин дьикти иэйии хам туппута, бэйэтиттэн мөлтөҕү, нарыны аһыныах, көмүскэһиэх санаа, бэйэтигэр да биллибэтинэн, аан бастаан кинини толорбута…
Онтон ыла Оокко – Костик киэнэ. Аатын булуу уустуга суох этэ: «Мин киһим Оокко курдук бухатыыр буолуо!». «Мин киһим…». Оттон түөртээх балта Катюшка киэнэ – былырыын төрөөбүт Хаарчаана. Кини диэн убайыгар эрэ ымсыыран баайданар-дуолланар буолуохтаах. Оҕолор ньирэйдэрин олус таптыыллар, килиэбинэн хатаҕалыы, имэрийэ-томоруйа сылдьаллар, сырсыакалаһа оонньууллар.
Бу билигин Ооккото соҕотоҕун тымныыга баайыллан турар. «Маамаҕа этиэххэ» диэн санаа күлүмнээтин кытта дьиэтин диэки сүүрдэ.
– Бу уол эмиэ төбө сыгынньах сүүрэ сылдьар! – ийэтэ мөҕө көрүстэ.
– Маама, ити тоҕо Ооккону соҕотохтуу баайдыгыт? Тоҥуо дии. Паапа умнан кэбиспит дуо?
– Умнан, умнан. Һыллыый, билигин эһиги эбэлээххэ оонньуу бараарыҥ, сөп дуо?
– Оттон уруокпун хаһан ааҕабын?
– Киэһэ, киэһэ, кэлэн баран, – ийэтэ туохтан эрэ хомойбут көрүҥнээх, туора көрөн олорор. Костик тугу эрэ ыйытыах курдук гынан иһэн, аралдьыйан хаалла.
Онтон балтын кытта эбэлээхтэригэр бардылар. Эбээ минньигэс алаадьытын соһо сылдьан сиэн-аһаан, тастыҥ бырааттара Андрейканы кытта оонньоон-көрүлээн, күнү билбэккэ аһардылар. Хараҥарыыта убай Миисэ дьиэлэригэр илдьэттээн биэрдэ.
Арай дьиэлэрэ ип-итии гына оттуллубут, оһоххо күөс буһан будулуйа турар. Буспут эт минньигэс сыта дьиэ иһин толорбут. Хаҥас диэки салапааҥҥа сууйуллубут ынах иһэ тэлгэммит. Ийэлэрэ остуолга хаан кута турар.
– Хайа, һыллыыйдар, кэллигит дуо? Чэ сыгынньахтаныҥ. Убаай Миисэ аҕалла дуо? Эбээ тугу гына олорор?
– Эбээ буоллаҕына, иистэнэй. Андйейкаҕа этэйбэс тигэй. Онтон миэхэ тигиэх буоллаа, – Катюшка чаҕаарар. Кэм да киһиргии оҕустаҕа.
– Маамуо, бу хантан бачча элбэх эт уонна хаан ыллыгыт? Хонооһойдоох бэристилэр дуо? – диэн Костик оһох диэки баран, өрө сыҥа-сыҥа ыйытта.
– Чэ-чэ, бу да оҕону, доҕор! Онон-манан кииримэ-тахсыма, бу киһи солото суоҕар. Бар, уруоккун аах!
Костик өс киирбэх остуолга кумааҕыларын тэлгэтэн, уруогун ааҕан барда. Катюшка саалаҕа киирэн, оонньуур муннукка куукулаларын мөҕөттөөн, эмиэ да ымманыйан, оонньоон айдаарда.
Костик уруок ааҕар: «УУС. САА. МАС. ААС. СУУ. УУ. УУС СААТА….». Букубаарын син ааҕан бүтэрдэ. Онтон ахсааныгар киирдэ. «Үскэ эбэбит иккини…». Хаастарын түрдэһиннэрэн олорон, уруучукатын кирэ-кирэ, аҥаар илиитин саратан, суоттуур. «Биэс. Биэстэн биири көҕүрэтэбит… Үс. Венера Ивановна хайаан да бэйэҕит суоттаарыҥ диэбитэ ээ. Иккигэ эбэбит түөрдү… Аа, аҕыс буолар эбит. Хата, бүгүн хаан сиэхпиит…».
Хантан эрэ аҕалара кэллэ.
«Эн тоҕо илиигин сууммакка аһыыгын? Маамаҥ итинник диэн үөйэтэй дуо? Ээ? Ыл, тоҕо, тоҕо!.. Айакуу! Ыый-ыый… Чэ. Итиэннэ билэй буолаай, сөп дуо? Сөп-сөп. Маама, аны хаһан да гыныам суоҕа! Ыы, оҕом барахсан, чэ, маладьыас…» – нөҥүө хостон Катюшка саҥата айманар.
Костик үөһэ тыынар уонна эмиэ тэтэрээтигэр бүк түһэр. «Алтаттан көҕүрэтэбит үһү. Буолар… буолар – үс. Биэскэ эбэбит үһү… Уу, тоҕо ыараханай!».
– Катюшка, калькуляторбын ханна гынныҥ? Манна сыппыта дии, булан биэр!
– Олох да мин ылбатаҕым! Остуолга сыппыта дии! – Катюшка эппиэтэ бэлэм.
Остуолга ыһыллыбыт кумааҕылар түөрэ хаһыллаллар. Киэҥ айдаан тардыллар. Тиһэҕэр, дьыбаан анныттан булуллан, куоскаларын оҕото балыллар. Костик уон таһынан эбэри билбэт буоллаҕына, калькуляторынан хайдах туттары баҕас сатыыр. Компьютерынан оонньууга кылааһын оҕолорун ырааҕынан хааллартыыр.
Аҕалара кэлэн, саалаҕа телевизор холбоото. Уолчаан кыһаллан суоттуу сатыыр да, аралдьыйан хаалар. «И нежная бархатная пена… Камей-натюрель… и идеальная поверхность Лок-эвэй… Чэ байы көнөтүк туттан олойдубут эрэ! Билигин уйуокпутун саҕалыыбыт… Ментос – свежее решение! Мэниктээмэҥ! Оҕолоой, мин тугу эйэ кэпсиэм… Тайд – чистота, чисто – Тайд…».
Барыта булкуллар. Тиһэҕэр Костик сылайар, ситэри суоттаабакка, оскуола аһан ньиргийэн олорор балтыгар оонньуу барар. Биирдэстэрэ учуутал, биирдэстэрэ дириэктэр буолан бэркэ оонньоотулар. Онтон сасыһа оонньоон иһирдьэнэн-таһырдьанан сырсыакалаһан ийэлэриттэн мөҕүлүннүлэр.
Костик күүлэҕэ тоҥ отон ыла таҕыста. Отоҥҥо сүөгэй, күөрчэх кутан баран, «мороженай» дии-дии балтынаан сөбүлээн сиэччилэр. Күүлэ муннугар туох эрэ үрүҥ сытарын көрөн аһарда. Бастаан кыһаммата, онтон дьиктиргээн, өҥөйөн көрөн баран, отоннооҕун эрэ, туохтааҕын барытын умнан, дьиэҕэ сүүрэн киирдэ. Күөһүн хоторо турар ийэтин иннигэр тиийэн хорус гынна.
– Тыый, бу туох буоллуҥ, нохоо? Таһырдьа мээнэ сыгынньах тахсыма диэн эппэтэҕим дуо?
Туох эрэ кытаанах кэлэн күөмэйигэр турарга дылы гынна, ону ыйыста сатыы туран, хараҕын уута сарт түстэ.
– Маама… Ооккону… эһиги дуо? Итиннэ… дуо?!!
– Һыллыый, бээ, тохтоо. Хайдах…
Эһиги… Өлөрбүттэр, биллэр баҕайы! Маама иҥсэлээх баҕайы!.. Иҥсэлээхтэр!.. Сиэҥ! Сиэҥ бэйэҕит!.. – уол сарылыы-сарылыы дабдыҥнаата, остуол кытыытыгар турар көстүрүүлэлээх күөһү алҕас тоҕо садьыйда. Иһит-хомуос мас муостаҕа сууллан лаҥкынааһына, оҕо сарылааһына – улахан айдаан буолла. Хостон сүүрэн тахсыбыт Катюшка убайын аһынан эмиэ ытаан барда. Тугун-ханныгын быһаарсыбатар да, убайын үтүктэн: «Маама топпот!» – диэн хатылыы турда…
Элбэх сыллар ааһыахтара. Ол эрэн бу күн оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар хаһан да сүппэттик хатанан хаалыаҕа. Оҕо уйан дууһатын биир кэбирэх быата быһа баран, олоххо биир бастакы охсууну көрүстэҕэ. Ытаа, Костик, ытаа – уһуун-уһун олоххор бииртэн биир, улахан да, кыра да охсуулар баар буолуохтара. Ким билиэй, баҕар, кииллийэн, охсууттан охсууга кытаатан, киһи бэрдэ буолуоҥ. Ол эрэн ити быһа барбыт быа эн дууһаҕар ханнык үтүө өрүттэргин симэлиппитэ биллибэт эбээт.
Оттон улахан дьон ситэри үчүгэйдик өйдөөбөккө, соһуйан, өмүттэн, даллаһан турдулар.
1998 сыл
Саас кэлэр сибикитэ эрдэттэн биллибитэ.
Биир түүн бэркэ билэр атастара – тыал обургу «уhукту-уу-уҥ» диэбиттии уhуннук улуйбута, мастар көмнөх хаардарын сиргэ тэбээбитэ. Халыҥ хаарга баттатан, утуйан-улугуран, чуумпуран турбут тыа иhэ соҕотохто сэргэхсийэ түспүтэ. Көһүйбүт систэрин көннөрөн, мастар халыҥ саҕынньахтарын киэр илгистибиттэрэ.
Сотору салгын сылыйан, күн сардаҥата сытыырхайан, лабаалары быыһылаан киирэн, туохха да бэриниэ суохтук дьапталлан сыппыт халыҥ хаары тэһитэ сиэн барбыта. Сылаас суорҕан хаар оннук харса суох кимэн киириини тулуйбакка, бэрт сотору иинэн-хатан, ууллан барбыта. Муус чопчулар лыҥкынаспыттара, үрүччэлэр кылыгыраспыттара, харах уутунуу дьэп-дьэҥкир чалбахтар онно-манна мэндээриччи көрбүттэрэ. Ыраас уу, кылыгыраччы күлэ-күлэ, бэйэтин былааһын билинэн, субу эрэ кэмҥэ муҥутуур соругун толорон, саас алгыһын, олох илдьитин тиэрдэн, ойуурдарга, сыһыыларга сырсымахтаан, оонньоомохтоон хаалбыта. Ууллубут хаар, ыраас уу, ирэн эрэр сир сыта, туохха да маарыннаабат күндү сыт – саас сыта салгыҥҥа тарҕаммыта. Соҕурууттан көтөрдөр кэлэн, ахтылҕаннарын таһааран, көмүс дорҕоон кутуллубута. Ойуур иһэ, хонуулар, күөллэр бүтүннүү үөрүүнэн, кэрэни эрэ кэтэһиинэн, уруйунан-айхалынан туоларга дылы буолбуттара.
Ойуур үөһэ тыынан ыларга дылы гыммыта. Сир анныгар силистэр түллэҥнэһэн ылбыттара. Хара буор сирэйдэннэллэр да, күтүрдэр, сырдык, сылаас кэм эргийэрин син билэ, кэтэһэ сыталлар эбит ээ! Чэҥ муус билиэнтэн босхолоноот, утаппыттыы ыраас ууну ыймахтаан барбыттара, онтон умнас устун үөһэ утаарбыттара. Ону кытта үллэн, тыҥаан турбут үнүгэстэр аһыллан, нарыын-нарын күөх сэбирдэхтэрин сэрэнэн тэнитэн барбыттара. Мутукча күөҕэ, оһуор курдук сайбаччы симэнэн, лабаа ахсын сандааран турара көрүөххэ кэрэ да буоллаҕа!
Титирик Уол бу сааскы уруйдаах көртөн матымаары, кылгас, синньигэс силистэрин буорга дириҥник ыыта сатаабыта. Кини аттыгар баараҕай тиит халлааҥҥа харбаһан, күнү-ыйы сабардаан, бөдөҥ бөллөрүттэҕэс силистэринэн дириҥник хара буору уобан, хаһан да хамсыа-сууллуо суохтук сымарыттан турара. Кини күлүгэр түбэспит буруйдаах буолан, Титирик эрэйдээххэ сырдык, күн уота баҕалаах буолара, уу-хаар, ас да тиийбэтэ. Модьу силистэр эрийэ кууһаннар, иҥэмтэлээх аһы барытын оборон ылаллара. Сабарай Тиит кыраҕа ымыттыбат идэлээҕэ, эгэ быыкаа, саҥа быга сатыыр титириктэргэ кыһаныа дуо? Арай ханна эрэ аньыылаах дууһа өлөн, ала буркун буолан кыланан, ытаан-соҥоон аастаҕына, күүстээх тыалтан идэмэрдээхтик кыычыгырыыра ынчык курдук иһиллэрэ. Сабарай Тиит тугу санаан, ахтан, туохтан үөрэн-хомойон турарын ким да билбэт. Халлаан диэки модун лабааларын өрө үтэн, бу сиргэ букатыннаахтык кэлбиттии сананан улуутуйан турара.
Сабарай Тиит бу сиргэ билбит үөрүүтэ – соҕотох доҕоро Дэгиэ Тыҥырах этэ. Ол обургу саас эрдэ, тымныы саҥа уҕарыйан эрдэҕинэ, доҕорун кэлэн билсэн барара. Сабарай Тиит ону эрдэттэн билэн, хаарын бүтүннүү тэбэнэн көрсөрө. Тыҥырахтаах көтөр чыҥырҕас саҥатын иһиттэҕинэ, бүтүн бэйэтэ дьигиһийэн, илгистэн ылара. Бүтүннүү сэгэйэн, били сымарыттыбыта ханна да суох буола түһэрэ. Кырдьаҕас мас бу курдук уларыйарын кыракый титириктэр олус муодарҕыы, сөҕө көрөллөрө.
Дэгиэ Тыҥырах кырдьаҕас доҕорун уруйдаан, саҥаран чыҥырҕаабытынан, модун кынаттарынан сапсыммытынан, күүстээх атахтарынан тиит лабааларыгар хатана түһэрэ. Кини наар биир сөбүлээн олорор сирдээҕэ. Ол лабаата ыарахан көтөр олороруттан хатырыга сулламмыт этэ. Дэгиэ Тыҥырах бу олорон тугу көрбүтүн-билбитин кэпсиирэ. Онон хата аттынааҕы мастар таарыччы аан дойду сонунун барытын истэн-билэн хаалаллара.
Ойуур иһин нус-хас олоҕун аймыах айылаах киһи-сүөһү чугаһынан суох этэ. Ол иһин кэм, күн хаамыыта дьыл эргиириттэн тутулуктанан, сылтан сыл биир күдьүс бара турара. Арай хам-түм да буоллар, тайах атаралаан ааһара. Оттон кыра кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр ханна барыай…
Биирдэ торҕон эһэ Муҥур Тиит хатырыгын хайыта тыыппыта. Күтүр, сииктээх буору тоҕута тирэнэн, кыра оту-маһы ибилитэ тэпсэн, часкыйа-часкыйа олуонатык хамсаммыта ынырыга бэрдэ. Муҥур Тиит эрэйдээх тута дьэҥкир сымаланан ытаан барбыта. Дириҥ бааһын оһоруна сатаабыта эрээри, ол кэмтэн иинэн-хатан барбыта, өрүттүбэтэҕэ. Билигин төбөтүгэр эрэ барбах күөх бытыгыраан баран, хайыта хатан, буорайан тураахтыыр.
Ол саҕана Титирик Уол саҥардыы сиртэн сэрбэйэн, нарын күөх мутукчанан сайбаччы симэнэн, киэргэнэн турара. Эһэ күтүр кинини мүччү-хаччы үктээн ааспыта. Аттыгар тэҥҥэ улааппыт доҕорун, Хатырык Атаҕы, силистэри түөрэн, ибили хайыта тыыппыта. Оо, онно истибитэ, хаарыаннаах күн сырдыгыттан матан эрэр, өлөр өлүүттэн куттанар аймалҕаны! Хатырык Атах сип-синньигэстик, көтөр-сүүрэр истибэтинэн, салгыны хамсатан ытыыра. Аан дойдутун кытары бырастыылаһар, ситэ олох олорботоҕун кэмсинэр этэ ол ытыырыгар. Титирик Уол тугу да уларытар, сатаан көмөлөһөр кыаҕа суоҕуттан тэҥҥэ ытаспыта. Доҕоро икки күн ытаан тыҥкынаан баран, иһиллибэт буолбута, чээл күөх мутукчата тохтон түспүтэ, бэйэтэ хаппыт амынньыарга кубулуйбута.
Муҥур Тиит ыалдьа илигинэ, сороҕор ону-маны кэпсээн суугунуур буолара. Былыыр-былыр, кини эдэр, чиргэл эрдэҕинэ, бэрт дьикти харамайдар охсуллан ааспыттар. Көтөргө да, сүүрэргэ да майгыннаабат, ыыр-дьаар аһыы сыттаах үһүлэр. Түүтэ суох хаптаҕай сирэйдээхтэр, нэс табалары миинэ сылдьаллар, сороҕор түһэн, икки атахтарынан хаамаллар. Хатырыктара буоллаҕына сымнаҕас, ыыһаммыт аһыы сыт уонна таба сыттаахтара үһү. Дьэ ол аһыы сыттаах Кыһыл Тылтан ойуур олохтоохторо өлөрдүү куттаналлара. Төһө да Кыһыл Тыл салыыр абытайдаах уот ыарыытын бэйэлэринэн билбэтэллэр, өбүгэлэрин үйэлээх кутталлара хас биирдиилэригэр туораахтан сиэмэҕэ бэриллэн, дириҥник иҥэн сылдьара.
Мастар кинилэр үйэлээх чуумпуларын үрэйбит биллибэт харамайдары сэрэхтээхтик үөһэттэн таҥнары одуулаабыттар… Сэрэйбит сэрэх, бэрт сотору Кыһыл Тыл эккэлээн эрэрдии үөрэ-көтө чачыгыраабыт, хаппыт амынньыардары омуннаахтык салаабыт. Аһыы буруо ойуур иһин толорбут. Мастар уолуйан, суугунаһан ылбыттар. Ол гынан баран, табалаах дьон үүнэн турар маһы тоһуппакка, хаппыт амынньыардары хомуйан Кыһыл Тылларын аһаппыттара. Улахан суолу-ииһи хаалларбакка, табаларыгар олороот, кэлбиттэрин курдук түргэнник элэс гынан хаалбыттар.
Муҥур Тиит этэринэн, оннук харамайдар бу Ойуур бүтэр уһугар элбэхтэр үһү. Дьолго, билиҥҥэ диэри бу түҥ тайҕаны таба хаампакка, мастар үйэлээх чуумпуларын уйгуурдубакка сырыттахтара.
Быйыл саас Сабарай Тиит туохтан эрэ дьаахханыах санаата кэллэ. Кини мутукчатын иннэлэрин барытын үөһэ, Куйаар диэки, саратан турара. Куйаарга эҥин араас ииччэх-бааччах санаалар көтө сылдьалларыттан, сорохторун иннэлэрин төбөлөрүнэн илимнээн тутан ылара. Онон сороҕор буолуон иннинээҕини өтө көрөн билэрэ.
…Быйыл Куйаарга туох эрэ уларыйбыт. Туох эрэ иэдээн имэ биллэр курдуга. Онтон куттанан иэнэ кэдэҥнээбитигэр, сүүһүнэн чэгиэн иннэлэрэ хатан, бытарыһан түспүттэрэ… Күнтэн күн ол иэдээнэ чугаһаан иһэрин билэн, дьиппинийэн, тыҥаан турбута.
О проекте
О подписке